Иһинээҕитигэр көс

Уркуускай (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Уркуускай


Уруйдаах олохтоох
Уркуускай куораты
Ураты дойду улаҕатыттан
Уруурҕаан кэлэммин
Түөрт ый олордум.
Арылыйа устар
Ангара өрүс
Ыраас-дьэҥкир
Уруйдаах уутунан
Утахтанан олордум.
Үлэҕэ түбэһиминэ,
Үбү булумуна, аччыктаан,
Араччы даа сырыттарбын,
Аймах-билэ дьоннорбун
Анаарталаан,
Ахтылҕаммын аралдьыттым,
Ийэбиттэн төрүөбүт
Илэ-билэ тылбынан
Кэрэ тылы кэпсэтэн,
Уруккубун өйдөөтүм,
Улаханнык уоскуйдум.
Саппаҕырбыт санаам
Салаҥнык сайҕанна,
Өлбөөдүйбүт өйүм
Үгүстүк үөрдэ.
Күлэн көссүбүт,
Дорообонон тоһуйбут
Доҕотторбор,
Аһыммыт, аһаппыт,
Айхаллаабыт атастарбар
Барыгытыгар баһыыба буоллун!
Аан дайдыбыттан арахсан,
Атын аймахха ананан,
Үс сыл үөрэҥ-түөрэҥ,
Эрэй эгэлгэтин
Эҥэрбинэн тэлэйэн,
Кыһалҕа кытаанаҕар
Кыттыһан сылдьан
Балаҕадыйан бараммын,
Уркуускай куоракка
Уруйу көрүстүм,
Киһилии кэпсэттим,
Төрүөбүт дойдум
Төлкөлөөх олоҕун
Ирдээн истэммин,
Уҕарыйдым, уоскуйдум,
Абыранным, астынным,
Сэргэхсийдим, чэпчээтим.


Муус устар 21 к. (1931)

Антология иһинээҕитэ

Сүрүн сирэйгэ