Иһинээҕитигэр көс

Уруйа улааттын (Ойуунускай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Уруйа улааттын


Балкыырдаах байҕалым
Баалланарын курдук,
Большевик партия
Барҕаран таҕыста.

Баттаммыт омукпун
Большевик партия
Батталтан таһаарда,
Баспытын биллэрдэ.

Үллэр долгун курдук,
Үлэһит сэриитэ
Үксээтэ-үрдээтэ,
Үрүҥнэри үүрдэ.

Батталга баҕарбыт
Баандабыт баранна,
Тэмтэрийбэт саргы —
Тэҥнэһиибит кэллэ.
 
Кыскыйар тыыннардаах,
Кыыдааннаах дьыбардаах
Төрүөбүт дойдубут
Төлкөтө олордо.

Сахабыт сиригэр
Самныбат саргыбыт,
Сандааран-күндээрэн,
Салаллаахтаан кэллэ.

Кэхтибэт кэскилбит
Кэрэлэнэн кэллэ,
Охтубат соргубут
Оҥоруута турда.

Большевик партия
Батталтан таһаарбыт
Урааҥхай сахабыт
Уруйа улааттын!