Иһинээҕитигэр көс

Уруhуйдуубун (Айыы уола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Уруhуйдуубун


Күһүҥҥү тымныы ардахтаах күн
Түннүгүм анныгар олорон,
Таһырдьаны уруһуйдуубун,
Кумааҕыга харанан суруйан,
Уруһуйдуубун, уруһуйдуубун.

Уруһуйдуубун хараҥа халлааны,
Түннүкпүн суурайар ардаҕы,
Тыал сайа охсор саһарбыт хатыҥын,
Кумааҕыга харанан суруйан
Уруһуйдуубун, уруһуйдуубун.

Күһүҥҥү тымныы ардахтаах күн
Түннүгүм анныгар олорон
Таһырдьаны уруһуйдуубун
Кумааҕыга харанан суруйан,
Уруһуйдуубун, уруһуйдуубун.