Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
* * *
Уулларбыт хорҕолдьун куддук
Унаарыччы көрбүт
Уу долгун харахтаах,
Ураты үчүгэй
Уһун дьураа муруннаах,
Хамныыр эрэ
Хайгыы көрөр
Хара дьураа хаастаах,
Сайыҥҥы күн тахсар
Саһарҕатын куддук
Арыы саһыл хааннаах,
Уус киһи одуулаан көрөн
ОӨорбутугар холобурдаах
Ойуу куддук уостаах,
Уута һуох көмүс көддүк
Уйула һуох тиистээх,
Хара солкону хайыталаан баран
Ханыылыы уурбут куддук
Хара ньалҕахай астаах...
Хаарыан доҕорбун
Хайыһан көрөөт,
Хара быарым
Хамныар дылы
Хайгыы һанаатым...
|
|
Алампа
Сүрүн сирэйгэ
[[Category:]]