Иһинээҕитигэр көс

Учууталга (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сырдыктан, сылаастаан тирэнэн,
Сибэкки күн диэки талаһар.
Кэскилбит,- ођобут ол тэңэ
Кэрэђэ, сырдыкка дьулуһар.
Улуукан үөрэђи, билиини,
Учуутал, биэрэђин ыччакка,
Эрэли. Дьуруулу, дьанары
Иитэђин киниэхэ күннэтэ,
Дууһађа күн тэңэ сыдьаайан.
Учуутал-үлэһит бастыңа,
Ийэђэ, ађађа тэңнэнэн,
Учуутал –итээччи туйгуна.
Эйиэхэ,тапталлаах учуутал,
Ып-ыраас,сып -сырдык санаалар.
Ол иһин эйиэхэ эрэлбин-
Эдэрхээн ыччаппыт дьылҕата,

1976 с