Хаар сиргэ көмнөҕүнэн түһэр...(Варвара Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хаар өлбөт үйэлээх... (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Yрүҥ өҥ үчүгэй даҕаны!.. (В. Потапова)




Хаар сиргэ көмнөҕүнэн түһэр
Мин дууһабын долгута аймаан,
Хайдах эрэ үрүҥ көмүһү
Санатар сэбирдэҕи тамнаан.

Хаартан сорохтор санньыйаллар:
"Тыйыс тымныыны санатар", - дииллэр,
Хаар барахсаны таныйаллар:
"Хаһан бүтүөх хаарый?" - дэһэллэр.

Оттон миэхэ, хаарга дьэ эрэ,
Күн ийэ, кыһана-мүһэнэ,
Оҕотун сылаастык үллүйэрэ
Санатар мэлдьи бу түгэҥҥэ.

Арай, саҥата суох буолан,хаар,
Саҥата суохтары харайар
Yрдүк аналы ылынан,
Yлэлиир бэркэ кыһанан.

Хаар, түһүүй сиргэ көмнөҕүнэн,
Дьон дууһатын долгута аймаан,
Хайдах эрэ үрүҥ көмүһүнэн
Сандаарар сэбирдэххин тамнаан!