Иһинээҕитигэр көс

Хап-хара кырдьаҕас куоска (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Өрдөөҥҥүтэ мин билбитим Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Отуппун туола иликпинэ (В. Потапова)



Хап-хара кырдьаҕас куоска


Тымныыга, хараҥаҕа олороро,
Хап-хара кырдьаҕас куоска.
Оргууй санньыйа көрөннөр,
Өйбөр хатана сөҥөннөр,
Уоттара өспүт харахтара
Мин уйулҕабын таарыйтара.

Хаарыан эдэркээн кэмнэрин,
“Чээн, барахсаны”, — дэнэрин,
Эрэйдээх түһүүрэ, бадаҕа, —
Ол курдук олохто ырааҕа.

Дьүлэй таастан үөстээх сүрэҕэ
Биирдэ да долгуйан ылбатаҕа,—
Кырдьыбыт, буорайбыт эрэйдээҕи
Хаһаайката таһырдьа бырахтаҕа.

Тымныыга, хараҥаҕа олороро,
Хап-хара кырдьаҕас куоска.
Оргууй санньыйа көрөннөр,
Өйбөр хатана сөҥөннөр,
Уоттара өспүт харахтара
Мин уйулҕабын таарыйтара...