Иһинээҕитигэр көс

Хараастыбыт халлааны... (Абаҕыыныскай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

***


Хараастыбыт халлааны
Ардах түһэн дуоһутар.
Ахтылҕаннаах санааны
Харах уута уоскутар.

Былыт ааһан, күн тыган
Күлүмнүүрэ сылааһын,
Быстах санаа тарҕанан,
Күлэр-оонньуур алыһын.
 
Көргө көхтөөх күөрэгэй,
Күөххэ көтөн эн күөрэй,
Доҕоччугум суруга
Дьоллоон үөрдэр буоллаҕа.

Ыраах баары — бу баардыы,
Сыллаан-уураан ылбыттыы,
Сылаанньыйан ылаҕын,
Ыллаан-туойан бараҕын,