Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хатан санаа хампарыйда,
Сытыы сырыы сынтарыйда,
Өтүрү
Өйдүүр өй өлбөөдүйдэ,
Өһүннэ,
Өһүлүннэ.
Аны кэлээн
Айылгылаах санааны
Ата5ар туруоран
Аан дайдым айма5ын
Аралдьытыам дуо?
Аны кэлэн
Идэкилээх идэлэнэн
Иитиллибит иһирэх
Ийэ сирим илгэтигэр
Истиң санааны
Иһитиннэриэм дуо?
Аанай-туонай абабын,
Сүүнэ-сүрүн сүттүбүн…
1926
|
|
Сүрүн сирэйгэ