Хомус (Өксөкүлээх Өлөксөй)
Айыңат хаан аймађа
Аан ийэ дайдыны
Айар күнүгэр,
- Икки атахтаађы
- Ийэ сиргэ
- Кэскиллиир күнүгэр
Ураанхай дьону
Орто дойдуга
Олохтуур күнүгэр,-
- Хохуоралаах тыллаах,
- Хоңгунас тыастаах,
- Холобура суох хоhоонноох
- Хомус барахсан
- Хомуhуннаан айбыта үhү.
Ол кэннэ таңхалаабыта үhү
Ол курдук диэн:
"Бэрт тимиринэн бэйэлээтим,
Сүдү тимирэн бэйэлээтим,
- Сыыйыы тимиринэн сыңаахтаатым,
- Дьикти тимиринэн тиэрбэстээтим,
- Тыйыс тимиринэн тыллаатым.
Араас омук
Альас саңатынан
Абылаан айдым,
Үгүс омук
Үгэтин-хоhоонунан
Үмүрүтэн түмнүм,
- Элбэх омук
- Этэр тылын
- Иңэрэн биэрдим.
- Тыл иччитин
Тыллаах-өстөөх
тыhы ыымыы чыычаах гынан
Тылгар сыhыардым,
- Саңа дуораанын
- Сайа-күдүө
- Саhыаран биэрдим.гэр
Ырыа хоhоонун
Ыралаах тыллаан
Ымыы уктум.
- Босхо бастаађы
- Муң-сор обургу
- Бођутуннаран буоллађына,
- Буомурбут кутун-сүрүн
- Булгута туойар буол!
Икки атахатаађы
Эрэй-буруй обургу
Иэдэтэр күнүгэр
Эңсиллибит көхсун
Эмтии этэр буол!
- Саха ураанхайы
- Санаа-оноо обургу
- Сылатыннаран күнүгүр
- Сарбыллыбыт санаатын
- Саатата саңарар буол!
Тыыннаах буолар кыhалђатыгар,
Өлбөт буолар мөккүөрүгэр,-
Үлэђэ өлөн-өлөн,
Сылаађа сылдьан-сылдьан,
- Тымныы кыhарыйан,
- Хараңа хаайан,
- Киэhээлик диэки
Оођой бараан ордууну булан,
Титирик дьэиђэ иhийэн,
Саах сыбах анныгар саhран,
- Кыдьыктаах кыhын хатын
- Кырыыстаах хараңатын
- Кылгата сытаан,
Сордоох уhун түүнун
Оччото сытаан,
- Кэпсээн кэбэлийэн,
- Сэhэн эстэн,
- Оонньуур уурайан,
- Утуйарга улук буолан,
- Аhыырга ас ађыйаан,
Санаалара сарбыллан,
Өйдөрө түмүллэн,
Көђүстэрэ чөңкүйэн,
Түөрт үөдэннэрэ бүөлэнэр
- буоллађына -
- Лыңкынас ырыађынан
- Тыыннарын уhатаар,
- Чуңкунас ырыађынан
- Чуңкуктырын уђарытаар,
Дьиэрэнкэй ырыађынан
Чэңкийбиттэрин дьэгдьитээр.
- Самаан сайын барахсан
- Салалланкэлэн
- Тымныыны тыhытытан,
- Кыhыны кыайан,
- Хаары хараардан,
- Күөх унаар урсуннанан,
- Күөх от үктэллэнэн
- Көр-нар күөннэнэн,
Уйгу-быйаң олохтонон,
Кэтит-кэскил кэhиилэнэн,
Уруй-туску дођордонон,
Хоргуйбуту тоторон,
Ааспыты аhатан,
Охтубуту уотан,
Үөнү-көйүүрү үөскэтэн,
Көтөрү-сүүрэри көрүлэтэн,
Хамныыр-харамайы харайан,
Икки атахтаах
Иитимньитин тэрийэн,
Босхо бастаах
Буомун төлөрүтэн,
Саха урааңхай саргытын салайдађына, -
Туңуй ыhыађы торолутар,
Дэлэй ыыађы тэнитэр,
Эбир ырыађы элбэтэр,
Эђэрдэлээх күннэригэр
Дохсун оонньууну олохтууругар,
Үтүө үңкүүнү үөдүтэригэр
Лыңкынас тыаскынан
Ырыаларын ыллыктаар,
Хоңкунас ырыаынан
Хоhооннорун холлотоор,
Кэђэ чуураан тойуккунан
Кэпсээннэрин кэђэhирдээр ! - диэбитэ үhү Үрүң Аар тойон