Хоһооҥҥо эрэ хоонньоһуу буоллаҕай... (Умсуура)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хоһооҥҥо эрэ
Хоонньоһуу буоллаҕай?
Ороммут кэтитэ
Муннаран кээстэҕэй?

Баара эрэ
Аҕыйах уон сыллар
Алтыһан аастылар,
Тоҕо эрэ Уон тоҕуспар
Алгыстарын хааллардылар...

Эдэрдэр эйэбитин
Баара эрэ биэрбиппит...
Бэл орон иллээбэтин
Ону баара билбэтэхпит...