Иһинээҕитигэр көс

Чочур Мураан анныгар (Моисей Ефимов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Чочур Мураан анныгар
                   туман өрүкүйэр...
Оттон мин санаабар
                   ити отуу буруота —
Былыыр-былыр аан маҥнай
                      Туймаада эбэбэр
Иччи буолбут икки атах
                      умаппыт кутаата.
Оо, суох! Ол эрэн,
                  дьэ хантан ол муҥнаах
Оттубут уота-күөһэ
                  унаарыай итинник?
Арай олох баар сэдибин туоһулаан
Тардыста ини буруота
                    халлааҥҥа симиктик.
Оччоҕо көстөр дуу
                үйэлэри курдаттыы
Эллэй түптэтэ налыйа устара?
Эбэтэр революция
                кыымынан сардыргыыр
Маҥнайгы маевка
                кутаата буолаарай?
Оо, суох! Бу манна
                 кэлэр кэм тыына баар —
Костер тула пионер
                  ырыата дьиэрэйдэ...
Туман өрүкүйдэ
              Чочур Мураан анныгар...
Туманы силэйэн
              көтөр аал күөрэйдэ.