Иһинээҕитигэр көс

Чоҕой уонна Ньоҕой (чабырҕах)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Былыргы чабырҕах


Икки чугас доҕор
Чоҕой уонна Ньоҕой
Илэ-чахчы биллэр
Ини-биилэр дииллэр.
Чоҕой наһаа ньоҕой,
Ньоҕой наһаа чоҕой.
Чоҕой алыс ньаҕай,
Ньоҕой арыый аҕай.
Чоҕой алыс хаҥыл,
Ньоҕой арыый наҕыл.
Чоҕор олор оһос,
Ньоҕой оһох оһос.
Моку эрэ диэтэр,
Моҕо эрэ түстэр,
Чоҕой иһэ тэстэр,
Ньоҕой сэмээр истэр.
Чоҕой ыксаан барар,
Ньоҕой ыгдах гынар.
Чоҕой түһэн иьэр,
Ньоҕой көрөн туһэр.
Чоҕой оро кэбэр,
Ньоҕой сыыйа сыыйа кимэр.
Чоҕой дьоло хаһар,
Ньоҕой көҥу хаһар.
Чоҕой эһэн тэйэр,
Ньоҕой түөрэн тэйэр
Икки чугас доҕор
Чоҕой уонна Ньоҕой
Илэ-чахчы биллэр
Ини-биилэр дииллэр.
Чоҕой наһаа ньоҕой
Ньоҕой наһаа чоҕой..