Чуумпу (Күннүк Уурастыырап)
Тас көрүҥэ
(Балтыбар Вераҕа)
Туһэн ааспыт самыыр сыта
Саба биэрдэ сүрэхпэр.
Тааһы эҥсэр муора тыаһа
Намтаан хаалла биэрэккэ.
Сөрүүн, ньулуун сүөгэй курдук,
Үтүө киэһэ эргийдэ,
Онтон киэһэ хоһум ордук
Чуумпу буолла, дьэгдьийдэ,
Чугас саадка хонук чыычаах
«Чууп» диэн баран ах барда.
Оол, муораҕа, ырыых-ыраах,
Уот ый тахсан кытарда.
Түүн буолла. Кавказ үрдүбэр
Хараара утуктаата.
Бигиир дуй долгун түөһүгэр
Бэл ый кытта нуктаата.
Үчүгзйиэн көҥүл сирбэр
Чуумпу түһэн турара,—
Советскай Союз ийэбэр
Туйгун дьолу кутара!
Улуу дьол үрдүк махталын
Улаханын мин биллим.
Бу кыраай үтүө салгынын,
Кымыс курдук, мин истим.
1936