Ыал буолуу үгэстэрэ (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)
Хааһах Уйбаан
ЫАЛ БУОЛУУ ҮГЭСТЭРЭ
Дьокуускай 2022
УДК ББК
Хааһах Уйбаан К 13 Ыал буолуу үгэстэрэ / И.И.Каженкин-Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай, 2022. – 105 с. Агентство CIP НБР Саха
АННОТАЦИЯ
Саха омук сайдар кэскилэ ыал олоҕуттан тутулуктанар. Ыал оҕону төрөтүүгэ, иитиигэ, улаатыннарыыга уонна үлэҕэ үөрэтиигэ анала аймахтары, омугу сайыннарыыга туһуланар. Омук сайдан иһиитин уонна дьонун ахсааннара эбиллэрин элбэх оҕолор төрөөн улааталлара үөскэтэр. Ону ситиһэр туһугар ыал буолуу үгэстэрин тутуһа сылдьыы ирдэнэр. Омук дьонун эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтүн, буор куттара сайдыылааҕын, уонна үлэни кыайа-хото үлэлиир кыахтаналларын ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу хааччыйар.
Народ саха с давних времен имеет свои учения для развития семьи и народа.
Каженкин Иван Иванович – Хааһах Уйбаан.
ААН ТЫЛ
Ыал оҕону төрөтүүгэ, иитиигэ, улаатыннарыыга уонна үлэҕэ үөрэтиигэ, өйүн-санаатын, куттарын сайыннарыыга, киһи буолууну ситиһиннэриигэ аналланарыттан омук сайдыыта ыал олоҕуттан быһаччы тутулуктанар.
Омук дьоно ахсааннара эбиллэн, сайдан иһиилэрин оҕолор төрөөн, улаатыылара, үлэни-хамнаһы кыайыылара үөскэтэр. Ол иһин өй-санаа, Кут-сүр, таҥара үөрэхтэрин баһылаан үрүҥү, үчүгэйи уонна хараны, куһаҕаны таба арааран олохторугар туһаналлара, кырдьаҕас көлүөнэлэри солбуйан, барыга-барытыгар баһыйан иһиилэриттэн омук сайдыыта үөскүүрэ ыал олоҕуттан тутулуктанар.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлар көҥүллэринэн барыылара улаатан ыал буолуу үгэстэрин тутуһаллара биллэрдик аҕыйаата уонна эргэ барыахтарын иннинэ элбэхтик күүлэйдии сылдьалларыттан хайа эр киһиттэн оҕоломмуттарын билбэттэрэ элбээтэ, ону тэҥэ оҕо иитиитэ, үөрэтиитэ мөлтөөтө, ол иһин эдэрдэр куһаҕан быһыылары оҥороллоро биллэрдик үксээбитин уһуннук олорор салайааччылар кистии сатыыллар.
Ыал буолуу былыргы үгэстэрин кытаанахтык тутустахха эрэ доруобай, сайдыылаах буор куттаах оҕо төрүүрүттэн үлэни кыайа-хото үлэлээн омугу сайыннарара кыалларын билигин ырыынак кэмигэр туһаннахха эрэ табыллар кэмэ кэллэ.
Оҕону иитии уонна үөрэтии кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын үөскэтэринэн омук сайдыытын саҕалыыр аналлаах үөрэх, сахалар Кут-сүр, таҥара үөрэхтэрэ туттуллар кэмэ кэллэ. Бу оҕону иитэргэ аналлаах Кут-сүр үөрэҕэ сахаларга олус былыргы кэмнэргэ үөскээн сайдыбыт уонна билигин да туһанылла сылдьар. Уһун үйэлээх, кырдьаҕас омуктарга ыалы тэрийии туһунан үөрэхтэр, үгэстэр былыргы кэмнэргэ үөскээбиттэр. Бу үгэстэри омук үйэтин уһатар санааланнаҕына дириҥник үөрэтэрэ уонна олоҕор туһанара аныгы үйэҕэ ирдэнэр көрдөбүл буолла.
Үгэстэр хантан да халлаантан түспэттэр. Дьон олоххо туһалаах быһыылары элбэхтик хатылаан оҥороллоруттан, ол быһыылара үгэстэргэ кубулуйан үйэлэргэ туһалыы, өйү-санааны салайа сылдьаллар. Оҕо өйө-санаата, ийэ кута кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэринэн иитилиннэҕинэ үйэтин тухары умнуллубат туруктанарын тэҥэ, баҕа санаа буолан оҥорор быһыыларын салайар.
Үгэстэр өйү-санааны салайаллар. Киһи санаатын элбэхтэ хос-хос хатылаан, күүһүрдэн үгэскэ кубулутар. Кэлин бу үөскээбит үгэс киһини бэйэтин салайар кыахтанар. Ол иһин сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этиини үөскэппиттэр.
Сэбиэскэй былаас өр кэмҥэ албыныгар киллэрэн олох үөрэҕэ диэн баарын букатын да умнан, аҥардастыы үөрэнии эрэ киһи өйүн-санаатын салайарын курдук сыыһа саныы сылдьабыт. Олох үөрэҕэ диэн ааттанар былыргы үйэлэргэ үөскээбит үгэстэр бары сахалыы таҥара үөрэҕэр холбуу киирсэн сылдьалларын саҥа үөрэтэн эрэбит. Элбэх ыаллар омугу үөскэтэллэр. Кэлэр көлүөнэлэр төрүт уус ыалга төрөөн, иитиллэн, улаатан таҕыстахтарына өйдөрө-санаалара туруктаах, ийэ куттара иитиилээх уонна буор куттара сайдыылаах буолар, ол аата ыал олоҕуттан омук үйэтин уһуна тутулуктанар.
Ыаллар үлэни-хамнаһы кыайар эр дьон баһылаан салайар кэмнэригэр үөскээбиттэр. Ыалы эр дьон салайаллар, оҕолору үлэҕэ, араас хамсаныылары сатаан, табан оҥорорго үөрэтэллэр. Ыал эр дьон удьуордарын, утумнарын, буор куттарын салҕаан, кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэн иһэр аналлааҕын аныгы кэмҥэ харыстааһын эрэйиллэр кэмэ тиийэн кэллэ. Киһи кэлэр көлүөнэлэригэр удьуорун, этин-сиинин уонна утумун, буор кутун биэрэн иһэр. Ол аата омугу этин-сиинин сайдыыта уонна киһи хамсаныылары оҥорорго аналлаах өйө-санаата, буор кута эрэ сайыннараллара быһаарыллар.
Элбэх ыаллар мунньустан омугу үөскэтэллэр. Ол аата омук үйэтэ уһааһына ыаллартан, ыаллар олохторуттан уонна оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, үлэҕэ үөрэтэллэриттэн быһаччы тутулуктанар.
Ыал буолуу былыргы үгэстэрэ омук үйэтэ уһууругар быһаччы тириэрдэллэрин билэн үрүҥ айыы итэҕэлин тарҕатааччылар ордук кыһанан харыстыахтара уонна бу кэмҥэ саҥалыы олоххо киирэригэр улаханнык кыһаныахтара этэ.
Биһиги ыал буолуу үгэстэрин тустарынан үлэбитин саха омук үйэтин уһатар санааттан суруйдубут. Атын бэчээккэ тахсыбыт үлэлэрбитин интернеттэн, Сахалыы Википедия иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан ылан туһаныахха сөп.
Автор бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт аймахтарыгар, билэр дьонугар истиҥ махталын тириэрдэр.
САХАЛЫЫ ӨЙ – САНАА УРАТЫЛАРА
Омук уһун үйэни ситиһэр кыаҕа өй-санаа үөрэҕиттэн быһаччы тутулуктанар. Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ олус былыргы кэмнэргэ, дьон өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ үөскээбитэ өй, ай, ый, ийэ, уйа диэн аан бастаан үөскээбит уонна киһи өйүн-санаатын салайар тыллартан биллэр.
Туспа омук буолуу дьоҥҥо иҥэн сылдьар өй-санаа уратыларыттан тутулуктааҕа саҥарар тыллааҕар ордук улахан суолталаах. Ол курдук дорҕооннор дьайыыларыттан үөскүүр өй-санаа тыллары үөскэтэр уонна үгэскэ кубулуйан уһун үйэлэргэ уларыйбакка, сүтэн хаалбакка өйгө-санааҕа иҥэн сылдьар.
Хас биирдии дорҕооҥҥо бэйэтигэр сөптөөх өй-санаа иҥэн сылдьан киһиэхэ дьайар. Өй-санаа дорҕооннор дьайыыларыттан тутулуктанан тыллары үөскэтэр, онтон тыл үгэскэ кубулуйан киһи оҥорор быһыытын салайар, туох эмэ быһыыны оҥотторор. Бар, кэл, ыл, тут диэн киһини, ити быһыылары оҥор диэн соруйуу тыллара буолаллар. Киһи бу соруйууну толордоҕуна тыл дьайыыта тиийэр диэн быһаарыллар.
Куһаҕан дорҕооннор куһаҕаҥҥа тириэрдэр тыллары үөскэтэллэр. “Па” диэн саха киһитэ тугу сирбитин, сиргэнэрин, куһаҕаны ааттыыр. “Па-па” диэн хатыланнаҕына куһаҕана өссө улаатар.
Саха дьахталлара баар-суох оҕолорун аҕаларын “па-па” диэн куһаҕан суолталаах дорҕооннордоох тылынан ааттатаннар оҕолоро аҕаларын сөбүлээбэтин, сирэрин үөскэтэллэр. Саха эр дьонун мөлтөтүү бу дорҕооннортон саҕаланар уонна билигин да салҕана турара хомолтону үөскэтэр. “Субу кэмтэн ыла миигин куһаҕан тылынан ыҥырыма” диэн эттэххэ оҕо истэн, толоруон сөп.
Олус былыргы кэмнэртэн үөскээбит өй-санаа уратылара үгэстэри үөскэтэн тылга киирэн иҥэн иһэллэр. Сахабыт тылыгар атын омуктарга суох өй-санаа уратылара иҥэн сылдьалларын булан ылыталааһын үгэстэри быһаарыыга ордук улаханнык туһалыыр:
1. Саха киһитэ кэпсэтэр киһитин хаһан баҕарар сыаналыырыттан, тэҥник туттарыттан, бэйэтин киниттэн ордуктук, үрдүктүк санамматыттан, улаатымсыйбатыттан куруук “эн” диэн ааттаан ыҥырар. Бу эн диэн ыҥырыы олохсуйбута саха дьоно бары былыргыттан тэҥнэрин, ханнык да диктатураны олохтуу сылдьыбатахтарын биллэрэр. Бу быһаарыы сахаларга эр киһи уонна дьахтар тэҥнэрин биллэрэрэ ордук улахан суолталаах уонна аныгы үйэҕэ демократия үөрэҕэр сөп түбэһэринэн ордук табыллар. Ол аата сахалар өйдөрө-санаалара былыр-былыргыттан демократия үөрэҕин тутуһан үөскээбитин туһана сылдьаллар.
Нууччалар салайааччылары, тойоттору “вы” диэн тупсаран ааттаан ыҥыраллара былыргы кэмнэргэ тойоттор, сэриилээн кыайбыттар аһара баһылыылларын, улахамсыктарын, бэйэлэрин атыттартан үрдүктүк тутталларын, диктатураны үөскэппиттэрин быһаарар. Ол да буоллар сыыйа билсиһэн бардахтарына “ты” диэн ыҥырсыыны киллэрэллэрэ киһи киһиэхэ тэҥнэһиитэ хойутаабытын да иһин, син кэлэрин биллэрэр.
2. Сахалар киһини эрэ “кини” дииллэр, “кимий?” диэн ыҥыраллар, киһи буоларын билинэллэр. Киһи атын кыыллартан, көтөрдөртөн уратытын, ордугун, өйдөөҕүн, үһүс кута, салгын кута сайдарын билинэннэр итинник араарыыны үөскэппиттэр уонна олохторугар тутуһа сылдьаллар. Киһи үс кута үһүөн сайыннахтарына эрэ киһи буолууну ситиһэр. Ол курдук салгын кут сайдыыта эрэ киһи буолууну ситиһиигэ, киһилии быһыыланыыга тириэрдэр. Бары атын тыыннаах харамайдар, салгын куттара сайдыбаттар, ол иһин маллары кытта холбонон “ол”, “бу” диэн этиллэллэр, “тугуй?” диэн ыҥырыллаллар.
Кут-сүр үөрэҕин нууччалар билбэттэриттэн киһи үс куттаах диэн үөрэҕи тутуспаттар, салгын кут киһи өйө-санаата сайдыытын быһаарарын, кыыллартан улахан уратыны үөскэтэрин билбэттэр. Ол иһин бэйэлэрин кыыллары кытта тэҥнээн “кто”, “кому” диэн бииргэ ааттана, ыҥыра сылдьаллар.
3. Сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун тутуһаллар. Бу тутулук күнүс кэнниттэн түүн, сайын кэнниттэн кыһын кэлэриттэн быһаччы тутуллан үөскээбит. Ол иһин айылҕаҕа туох барыта икки өрүттээх тутулуктаахтара хаһан да уларыйбаттар. Биир өрүтү арааран тутустахха, олох ол диэки халыйан бардаҕына, кэмэ кэллэҕинэ хайаан да көнөр, иккис өрүт үөскээн тахсарыттан өрүттэр солбуйсан биэриилэрэ син-биир тиийэн кэлэр.
Өй-санаа сайдыыны ситистэҕинэ, олоххо үөскээн турар тэҥнэһии уратыларын араарар кыахтаннаҕына, икки өрүтү үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн икки аҥы арааран туһанар. Арай бу икки өрүттэн биир өрүтэ көстөр, биллэр буоллаҕына, атына биллибэт, көрдөөтөххө, таба көрдөххө эрэ биллэр уратылаах. Ол иһин “Мэтээл икки өрүттээх” диэн өс хоһооно үөскээбит. Бу өс хоһооно икки өрүттэн биир өрүтэ көстө сылдьар, онтон атына көстүбэт, кэтэххэ саһан сылдьарын быһаарар. Айылҕаҕа туох барыта икки өрүттээҕин курдук, икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэрин сахалар билэллэр уонна “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно оҥорон тутуһа сылдьаллар.
Сахалар бу, айылҕа кэмэ кэллэҕинэ уларыйарын, солбуйсан биэрэллэрин билиилэрэ айыы диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытыгар иҥэн сылдьарын тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар уонна суруйааччылар билбэттэр, уларыта, суох оҥоро сатыыллар. Киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин арааран билэр үлэһиттэр тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар киирэн биэрбэттэрэ эрэйиллэр.
Православнай таҥара үөрэҕэ биир Христос таҥара баар диэн диктатураны үөскэтэн, атыттары барыларын хам баттаабыт, суох оҥорон симэлиппит. Ол да буоллар өй-санаа икки өрүтүн тутуһан сайдара хаһан да уларыйбат. Ол иһин өй-санаа аҥар өрүтүн диэки халыйыыта үөскээтэҕинэ төһө эрэ кэминэн хайаан да көнөр, икки өрүт солбуйсан биэриитэ үөскээн тахсар кэмэ тиийэн кэлэр.
4. Өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт сахалар Кут-сүр үөрэҕин оҥорон олохторугар туһаналлар. Киһи үс куттааҕын арааран билэллэр. Ол курдук үүнээйилэр биир, буор эрэ куттаахтар, тыынар-тыыннаахтар икки; буор уонна ийэ куттаахтар, онтон киһи үс; буор, ийэ уонна салгын куттардаах. Киһи салгын кута сайдарыттан өйө-санаата түргэнник билиини баһылыыр кыахтанар, ол иһин саҥаны айыыны оҥорон сайдыыны, олох тупсуутун ситиһэн иһэр. Өй-санаа сайдыытын бу уратыларын сахалар былыргы кэмнэргэ билэннэр, Кут-сүр үөрэҕин үөскэтэн туһана сылдьаллар.
Православнай таҥара үөрэҕэ “душа” диэн баарын билинэр эрээри киһиэхэ уонна тыынар-тыыннаахтарга биирин курдук сыыһа өйдөбүлү үөскэтэн, бэйэлэрин кыылларга тэҥнээн “кто”, “кому” диэн холбуу ыҥырыыны туһаналлара, киһи өйө-санаата сайдыытын уратыларын билбэттэрин биллэрэр.
5. Сахалар олус былыргы кэмнэртэн өйдөрө-санаалара сайдан иһэрин үгэстэри үөскэтэн ситиспиттэр, өй-санаа, таҥара үөрэҕин оҥорон баһылаабыттар уонна өй-санаа сайдан иһэринэн элбэх таҥаралары үөскэппитин туһана сылдьаллар. Өй-санаа сайдан, тупсан иһэрин биллэрэн, саҥа таҥара үөскээн тахсан дьон өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥэн иһэриттэн, элбэх таҥаралар үөскээн солбуйсан биэрэн иһэллэрэ үгэс буолан өйдөнөн хаалан, билигин сахалар элбэх таҥаралары билэллэр.
Олус уһун үйэлээх сахалар киһи өйө-санаата өр кэмнээх уларыйыыларын, сайдыыны ситиһэн испиттэрин барыларын билэн, үгэс оҥостунан олохторугар туһаммыттарын биллэрэн, элбэх таҥаралар үөскээбиттэрин барыларын туһана сылдьаллар.
Билигин айылҕа уларыйан аны харыстааһыҥҥа, көмүскээһиҥҥэ наадыйбытын кэнниттэн сахалар саҥа таҥараны үөскэттилэр. Бу саҥа таҥара – “Харыстас” таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар уонна аныгы дьон баҕа санааларыгар сөп түбэһэн киэҥник тарҕанар кэмэ кэллэ. Дьон олохторугар тугу барытын, айылҕаны эмиэ харыстыыр санаалара улаатыытыттан, бу таҥара сайдан, тарҕанан дьону түмэр кыахтанна.
6. Үтэһэ туолуута диэн үөрэх киһи кыра куһаҕаны оҥоро сылдьыыта сыыйа-баайа улаатан, мунньуллан кэлин тиһэҕэр аһара улахан куһаҕаны оҥорууга тириэрдэрин быһааран биэрэр аналлаах. Бу үөрэх киһи үчүгэйи оҥорорун таһынан куһаҕаны эмиэ оҥорорун уонна ол куһаҕана улаатан барбатын, куһаҕан үгэскэ кубулуйбатын ситиһиини үөскэтэр сыаллаах туттуллар.
7. Олус былыргы кэмнэртэн киһи өйө-санаата кыыллар өйдөрүттэн-санааларыттан туспа арахсан, бэйэтин киһи диэн ааттаммыт кэмиттэн киһилии өйө-санаата сайдан барбыт. Киһи уонна кыыл, сүөһү өйө-санаата олус чугас сылдьарынан, кыратык сыыһа-халты тутуннахха киһи быһыытын аһара барыы үөскээн кэлэринэн сахаларга “Киһи диэн киһи буоллаҕа” диэн киһини аһара арбаабат, киһиргэс буолууга тириэрдибэт аналлаах өс хоһооно туттулла сылдьар.
Ханнык баҕарар киһини аһара киһиргэтэн, арбаан абааһыга кубулутуохха сөп. Киһиэхэ киһилии сыһыаннастахха эрэ киһи буолан сылдьара, олоҕун олороро кыалларын сахалар тутуһаллар, оҕолорун кыра эрдэҕиттэн иитэн, үөрэтэн киһи буолууну ситиһиннэрэллэр.
8. Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанарын үөскэтэр “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн аналлаах үөрэҕи сахалар оҥорон туһаналлар. Бу үөрэх аан бастаан дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыыларын оҕо арааран биллэҕинэ уонна олору оҥорбокко үөрэннэҕинэ, үчүгэй быһыылары элбэҕи оҥорор кыахтанарын быһаарар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэр оҕону “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн кыра эрдэҕиттэн үөрэтэннэр үчүгэйи оҥорорун элбэтэллэр.
9. Ыалы тэрийиигэ сахалар “Хаан тупсарыыта” диэн аналлаах үөрэҕи туһанан атын аймахтары кытта оҕолорун холбуу сатыыллара. Ол иһин уол ыраах сирдэртэн ойох ыларын, онтон кыыс атын аймахтарга эргэ тахсарын ситиһэллэрэ. Бу үөрэх сахалар атын омуктары кытта холбоһон иһэллэрин үөскэтэринэн омук уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдэрин туһана сылдьаллар.
10. Былыргы кэмҥэ төрөппүттэр уоллаах кыыс оҕолоро өссө кыра эрдэхтэринэ, улаатан саастарын ситтэхтэринэ холбоһуохтара диэн эрдэттэн кэпсэтэн, илии охсуһан кэбиһэллэрэ. Бу кэпсэтии быалаһыы диэн ааттанара, төлөрүйэ охсубат кытаанах буолара.
11. Ыал олоҕо уустугун, таптал эмиэ уостан, уларыйан хааларын сахалар былыргыттан билэллэриттэн ыал олоҕун харыстыыр аналлаах баайы-малы эрдэттэн мунньан, ыалы тэрийиигэ туһаналлар. Ол баай-мал кыыс өттүттэн энньэ, онтон уол өттүттэн халыым диэн ааттаналлар уонна сыаналарынан тэҥнээх соҕус буолан баай-мал тэҥнэһиитин үөскэтэннэр кэргэнниилэр өйдөрүн-санааларын кытта тэҥнииргэ аналланан туттуллаллар.
Үлэ баайы-малы уонна киһилии быһыыны үөскэтэринэн энньэ уонна халыым ыал буолууга киһилии быһыыланыыны киллэрэн биэрэр уратыларын сахалар туһаналлар.
12. Тэҥнээҕи булунуу диэн үөрэх ыалы тэрийиигэ аналланар уонна ыраахха диэри, оҕолор улааттахтарына биирдэ туһалааҕа биллэр уратылаах. Тэҥ өйдөөх-санаалаах, баайдаах-маллаах төрөппүттэр ииппит, үөрэппит оҕолоро “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини, айылҕа төрүт тутулугун тутуһаннар киһилии быһыылаах буола улааталлара элбэҕин сахалар олохторугар тутуһаллар.
13. Төрүччү үөрэҕэ диэн аймахтыылары уонна буор куттарын үөрэтэр аналлаах үөрэҕи оҥорон сахалар саҥа ыалы тэрийиигэ сирдэтэллэр. Сахалар аймахтыы сыһыаннарын тохсус көлүөнэҕэ диэри тутуһаллар, билсиһэ сылдьаллар. Ол курдук аймахтаһыы сокуона диэни былыргы кэмнэргэ үөскэппиттэрин билигин да туһаналлар. (1,149).
Ыал буолууга төрүччү үөрэҕин туһаныы кэлэр көлүөнэлэр эттэрэ-сииннэрэ бөҕөргүүрүн, тупсарын үөскэтэрин таһынан, үлэни-хамнаһы кыайалларын уонна өйдөрүн-санааларын уратыларын быһаарарын сахалар туһана сылдьаллар.
Ким да мөлтөх доруобуйалаах, дьадаҥы, үлэни кыайбат, куһаҕан майгылаах, кыра ычалаах оҕолонуон, кэлэр көлүөнэлэниэн баҕарбат. Бу омук сайдыытын тутаах быраабылатын аныгы дьахталлар бары билэн кыыс эрдэхтэриттэн тутуһаллара эрэйиллэр. Ол иһин ыал буолааччылар төрүттэрин доруобуйаларын туругун, эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтүн, үлэни төһө кыайалларын, майгыларын уратыларын саҥа билсиһэн эрдэхтэриттэн төрүччү үөрэҕин туһанан билэллэрэ ирдэнэр.
14. Ыал буолааччылар эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтүн, буор куттара төһө сайдыылааҕын Кут-сүр үөрэҕин туһанан быһаарыыны сахалар тутуһаллар. Бу үөрэх киһи төһө сайдыылаах буор куттааҕын төрөппүттэрин үлэлэрин үөрэтэн быһаарарынан ыал буолууга улахан суолталаах. Эдэрдэр улаатан иһэн төһө сайдыылаах буор куттаахтарын билэллэрэ, өссө сайыннара сылдьаллара эрэйиллэр.
Өй-санаа уратыларын дьайыыларын туһалара уһун кэмҥэ биллэн тахсаллар. Ол курдук кыра эрдэҕинэ үөрэ-көтө сылдьар үчүгэй баҕайы оҕону аһара атаахтатан кэбистэххэ, улааттаҕына “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этиигэ сөп түбэһэн хааллаҕына, сыыһа иитии куһаҕана, бэйэмсэх буолан хаалбыта биллэн тахсан улаханнык хомотуон сөп. Бу өй-санаа уратыларын дьайыыларын сахалар тутуһа сылдьалларыттан олохторугар уһун үйэни ситиһэллэр.
Онон сахалыы өй-санаа үөрэҕэ атын омуктарга маарыннаабат уратыларын төрөппүттэр билэллэрэ, олохторугар туһаналлара кэлэр көлүөнэлэрэ уһун үйэни ситиһэллэрин үөскэтэр.
ОЛОХХО УЛАРЫЙЫЫЛАР КИИРИИЛЭРЭ
Уһун үйэлээх саха дьонун олохторугар кэмиттэн кэмигэр киирэр уларыйыылар умнуллубакка иҥэн сылдьаллара остуоруйаларга, олоҥхолорго улаханнык тупсарыллан кэпсэнэллэр. Олоҥхо кэмигэр буолар сэриилэр, охсуһуулар омуктар икки ардыларыгар саҥа, үһүс омук үөскээн тахсан атыттары, икки кырдьаҕастары олохтоох сирдэриттэн үтүрүйэриттэн, үүрэриттэн, туоратарыттан хамсааһыннар тахсалларыттан үөскүүллэрэ бэлиэтэнэр. Ол иһин үс саха үөскүүр кэмигэр элбэх сэриилэр үөдүйэллэрэ олоҥхолорго уустаан-ураннаан кэпсэнэллэриттэн кэлэр көлүөнэлэр улаханнык тупсарыллыбыты билэллэр. (2,173).
Дьон олоҕо тосту уларыйыыта онно сөптөөх хамсааһыннартан үөскээн тахсаллар. Бу хамсааһыннар үөскээһиннэрэ дьон олоҕун тус-туспа кэрдиис кэмнэргэ араараллар. Саха дьонун уһун үйэлээх олохторо уларыйан, улаханнык хамсаан ылбыт кэмнэрин булуталаан ылан, ол кэмнэр үөскэппит уларыйыыларын быһаара сатыахха сөп.
Ол ааспыт кэмнэри, бу курдук тус-туспа арааран ааттаатахха бэйэ-бэйэлэригэр булкуллан хаалбаттара ситиһиллэр:
- Былыргы дьыллар быдан мындааларыгар диэн ааттанан олоҥхо кэмигэр буолан ааспыт уларыйыылар олоҥхолорго бэйэлэригэр ахтыллаллар.
- Олус былыргы кэмнэр диэн олоҥхо кэмин кэнниттэн кэлэр олус уһун кэми, нууччалар өссө кэлэ илик кэмнэрин этэбит. Бу олус уһун кэм сурукка киирбэтэҕинэн былыргы үһүйээннэртэн, остуоруйалартан, кэпсээннэртэн уонна атын омуктар быстах-быстах суруйууларыттан онон-манан билэргэ тиийиллэр.
- Былыргы кэм диэн туспа арааран нууччалар кэлбиттэрин кэннинээҕи, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэми ахтабыт. Бу кэм кыра-кыратык да буоллар сурукка киирбитинэн сахалар олохторугар киирбит уларыйыылар син биллэллэр. Ыал буолуу үгэстэрэ олус былыргы кэмтэн үөскээн баран, бу кэмҥэ биллэрдик уларыйбатахтара. Арай эр киһи биир ойохтоох буоларын православнай таҥара үөрэҕэ ыган киллэрбитэ. Ыраахтааҕы былааһа сахалар олохторугар улаханнык орооспотоҕуттан ыал буолуу үгэстэрэ уруккуларынан хаалбыттара. Арай салайар былаас уонна православнай таҥара үөрэҕэ, үөрэхтээһини сыыйа киллэрэн, саха дьонун өйдөрүн-санааларын кыралаан сайыннаран испиттэрэ. (3,25).
- Урукку кэм диэн сэбиэскэй былаас кэмин эттэхпитинэ, баай-мал барыта салайааччылар, биир партия бас билиилэригэр киирбитинэн, ыал буолуу үгэстэрэ олус улаханнык уларыйбыт кэмнэрэ этилэр. Дьахталлар былыргы кэмҥэ олус баттана сылдьыбыт аатыраннар саҥа былаас көмөтүнэн олохторугар элбэх чэпчэтиилэри оҥотторору ситиспиттэрэ. Бэйэлэрэ көҥүллэринэн, талан ылыыларынан ыал буолуулара, эргэ тахсыылара олоххо киирбититтэн эр дьон удьуордара, утумнара, буор куттара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитэ быстан хаалбыта. (1,64).
- Билиҥҥи кэм диэн дьон олоҕо сэбиэскэй былаас эстибитин кэнниттэн тосту уларыйбытын, былыргы ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ төннөн эрэрин билинэммит, туспа арааран ааттыыбыт. Бу кэмҥэ ырыынак сыһыаннаһыылара олоххо киирэннэр дьон байыыны-тайыыны ситиһэ сатыыр баҕа санаалара туолан үлэ-хамнас көнөн, олох тупсан эрэр кэмэ буолар. Омук олоҕор уларыйыылар киириилэрэ ыал олохсуйбут үгэстэрин уларытар, туох эрэ саҥаны, тупсууну киллэрэр. Бу киирэр уларыйыылар олоххо туһаны аҕаллахтарына омук олоҕо уһуур, ахсааннара эбиллэр кыахтанар, онтон туһата суох эбэтэр буортулаах буолан хааллахтарына, омук кэхтэр, мөлтүүр. Сэбиэскэй былаас оҥорбут уларытыылара дьон олоҕор туһата суохтарынан уонна улахан буортуну оҥорбуттарынан, билигин Россия дьонун ахсааннара аҕыйаан иһэрэ, үлэ-хамнас олус бытааннык көнөрө бэлиэтэнэр.
Олоҥхо кэмин саҕанааҕы сахалар олохторо олоҥхолорго, остуоруйаларга уонна былыргы кэпсээннэргэ кэпсэнэллэр. Оччотооҕу кэмнэрдээҕи суругу-бичиги сахалар сүтэрэн кэбиспиттэринэн, олус былыргы билиилэрин уус-уран айымньылартан, өс хоһоонноруттан уонна тылбытыттан эрэ билэргэ тиийэбит. Олоҥхолорго уонна остуоруйаларга кэпсэнэр кэмнэргэ тус-туспа ыаллар баар эбиттэрэ кэргэн кэпсэтэллэриттэн арыллар.
Ыаллар үлэни-хамнаһы кыайар эр дьон баһылаан салайар кэмнэриттэн үөскээбиттэр. Эр дьон үйэлэрин тухары үлэлээн, элбэхтик хамсанан буор куту үйэлэрин тухары үөскэтинэллэр. Ыалы кыайа-хото үлэлиир эр дьон салайаллара ордук табыллар. Ыал эр дьон удьуордарын, утумнарын, үлэттэн, хамсаныылартан үөскээбит буор куттарын салҕаан, кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэн иһэр аналлаах. Төрөппүттэриттэн ылыммыт сайдыылаах буор куттаах төрөөбүт оҕо үлэни сатыыра, дьоҕура элбэҕэ сайдыы түргэнник киирэрин үөскэтэр. Бу быһаарыы сокуоҥҥа киирэн туттулла сылдьарынан оҕо аҕатын араспаанньатын ылан улаатара буолар.
Аҕа оруолун туһунан Уткин К.Д. маннык суруйар:
- Аҕа ыал, дьиэ кэргэн олоҕор баһылык буолара мөккүһүллүбэт кырдьык. Былыр-былыргыттан олохсуйбут үгэс. Аҕа – баһылык буолар айылҕаттан анала. (4,117). Биһиги аҕа айылҕаттан ыалы баһылыыр аналын сайдыылаах буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэринэн быһаарабыт.
Элбэх ыаллар мунньустан омугу үөскэтэллэр. Ол аата омук үйэтэ уһааһына ыаллартан, ыаллар олохторуттан, оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, үлэҕэ үөрэтэллэриттэн быһаччы тутулуктанар.
Иитии диэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиини, онтон үөрэтии диэн салгын кута үөрэтиллэрин сахалар тус-туспа арааран этэллэр. Биһиги ыаллар тустарынан үлэбитин саха омук үйэтин кэлэр үйэлэргэ уһатар санааттан суруйдубут.
Суругу-бичиги баһылаабыт нууччалар кэлиилэриттэн ыла кэмнэри онон-манан да буоллар сурукка киллэрбиттэринэн туһанан сахалар олохторун, араас үгэстэрин билиэххэ сөп. В.Серошевскай “Якуты” диэн улахан үлэтиттэн сахалар былыргы кэмнээҕи олохторун туһунан толору кэриэтэ билиэххэ сөп.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр сахалар олохторун үөрэҕин А.Е.Кулаковскай, П.А.Ойуунускай, Алампа элбэхтик суруйбуттара. Бу сахалар олохторугар улахан уларыйыылары киллэрбит кэм этэ. Ыалы тэрийии былыргы үгэстэрэ барылара төрдүттэн уларыйбыттара, үгүстэрэ быраҕыллыбыттара, хаалбыттара, дьахталлар көҥүллэринэн барыыларыттан ханна эрэ суолга көрсө түспүт, ханнык эрэ эр киһини көрө түһээт да сөбүлүү охсон, ыал буолар саҥа үгэстэрэ үөскээн олоххо киирбитэ.
Билигин Россияҕа ырыынак сыһыаннаһыыларын олоххо киллэрэ сатааһын, баайы-малы үллэстии бара турар. Салайар былаастар экономика барыһы биэрэр тэрилтэлэрин бас билиини үллэстэннэр аһара байан олороллоро үлэһиттэри туоратан батталы үөскэтэр. Үлэһиттэр хантан да көмө ылаллара аҕыйаан, уурайан бэйэлэрэ эрэ кыайалларынан үлэлии сатыыллара олохсуйда.
Экономика мөлтөөбүтүгэр эбии өй-санаа үөрэҕэ эмиэ мөлтөөн сылдьар. Эйэлээх олох уһаабытыттан эр дьон мөлтөөһүннэрэ өссө улаатта. Ол курдук ыаллар уол оҕолорун ордук атаахтык иитэллэриттэн, үлэҕэ үөрэнэллэрэ хаалан хаалбытыттан төрөппүттэр бэлэмнэригэр улааталлар, ол иһин бэлэмҥэ үөрэнэн хааланнар дьахталлар баһылааһыннарыгар түбэһэллэр.
Сэбиэскэй былаас ыал олоҕун улаханнык уларыппыта. Дьахталлары көҥүллэринэн ыытан, аны ыалы дьахтар бэйэтин мээрэйинэн талан ылан тэрийэр кэмэ кэлэн хаалбыта өйгө-санааҕа улахан халыйыыны үөскэттэ. Аҥардас дьахталлар элбээннэр оҕолор бас-баттах, атаахтык иитиллэллэрэ үксээн, араас хамсааһыннарга кыттыһаллара элбээтэ. Бу оҕону иитии, үөрэтии халыйыыта үйэлэргэ баһылаабыт нуучча омук эстиитигэр, симэлийиитигэр тириэрдэр кыахтанна.
Сахалар ыал олоҕун бу халыйыытыгар нууччалары үтүктэллэрэ элбэҕиттэн эмиэ киирэн биэрэн сылдьаллар. Биһиги бу халыйыыны көннөрөргө аналлаах бу үлэбитин суруйдубут. Билигин Россияҕа үйэлэргэ баһылаан сылдьыбыт нуучча омук мөлтөөн, ахсааннара аҕыйаан иһэринэн саҥа омук үөскүүр кэмэ кэлэн турар. Россия арҕаа өттүгэр Украина республиката демократия үөрэҕин тутуһан сайдыыны ситиһии таһымыгар тахсан иһэрэ таһыттан баттааһыны оҥорор. Кавказ омуктарын эр дьоно күүстээхтэрэ, үлэни кыайаллара биллэн, атыттар үтүктэр санааларын улаатыннаран Россия иһигэр баттааһыны улаатыннарар.
Мусульманнар ыал буолууга сахалар былыргы үгэстэрин, кыыс ыраас кыыһынан эргэ барарын тутуһа сылдьалларыттан, эр дьон сайдыылаах буор куттара кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэриттэн, бу омуктар сайдыыны ситиһэллэрэ салҕанан иһэр.
Нууччалар уонна олохтоохтор үлэни кыайбаттарыттан Орто Азия омуктара, кытайдар үлэлии кэлэн элбээһиннэрэ нуучча дьахталлара кинилэргэ эргэ тахсыыларын үксэттэ. Саҥа үөскээбит бааһынайдар хайа омук диэн ааттанан улааталларыттан Россияҕа нуучча омук солбуллуута тутулуктанар.
Саха сиригэр нууччалар кэлиилэриттэн сыыйа үөскээн иһэр якут омук үчүгэй аата элбэҕиттэн, сахалартан ылыммыт сайдыылаах буор куттанан үлэни кыайалларыттан тутулуктанан ахсааннара үксүүр кэмэ кэлэн иһэр. Олохтоох нууччалар бэйэлэринэн якут буолары сөбүлүүллэрэ элбээтэ. Ол курдук якут олохтоох омукка киирсэринэн айылҕа уларыйыыларын тулуйа үөрэммитэ элбэҕиттэн этэ-сиинэ бөҕөргүүрэ онно туһалыыр.
Билигин Саха сиригэр икки омук сайдан иһиитэ биллибэтинэн баран иһэр. Сайдан иһэр саха омугу кытта нууччалар эбиллэн биэрэр якут омуктара күөнтэһии суолугар киирэн эрэллэр. Бу күөнтэһиигэ сахалыы таҥара уонна Кут-сүр үөрэҕин тутуһар сахалар ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрдэхтэринэ сайдыыны баһылыахтарын сөп.
Сэбиэскэй былаас көмөтүнэн оҕону иитии, үөрэтии атаахтатыы диэки улаханнык халыйан сылдьарыттан, хайы-сах улаатан хаалбыттары эбиискэ үөрэтэн, киһи быһыытыгар киллэрэ сатааһын олохсуйдаҕына уонна сахалыы таҥара үөрэҕэ тарҕаннаҕына дьон Кут-сүр үөрэҕин туһанан өйдөрө-санаалара тупсуута саҕаланнаҕына сайдыыны ситиһии кыаллар кыахтанар. Онон сахаларга ыал олоҕо сэбиэскэй былаас кэмигэр былыргы кэмнэртэн улаханнык уларыйан, төрдө-ууһа биллибэт, сайдыыта суох дьадаҥы буор куттаах, үлэни-хамнаһы кыайбат, үлэлиэхтэрин баҕарбат оҕолору төрөтүүгэ тиийбитин уонна онно эбии кыра эрдэхтэринэ атаахтык иитии диэки халыйан сылдьарын билигин көннөрүү эрэйиллэр.
КЭРГЭН уонна ЫАЛ УРАТЫЛАРА
Дьон эр киһиэхэ уонна дьахтарга арахсыыларын уратыларын туһунан үһүйээннэргэ ахтыллыбат. Арай Үөһээ дойдуттан түһэн үтүө дьахтарга эр дьон оҕо оҥороллорун туһунан кэпсэнэллэр. (5,14). Бу кэпсээннэри ырыта түстэххэ, дьахталлар олохтоох омук буолаллара биллэрин таһынан, эр дьоҥҥо кимнээхтэрэ да биллибэт кэлиилэр бааллара быһаарыллар.
Былыргы дьыллар быдан мындааларыттан дьон бииргэ, элбэх буолан кыттыһан олорорго үөрэммиттэр. Халлаан тымныы кэмигэр уот оттон олорор дьиэни ититии, аһы буһарыы олоххо киириитэ дьону бииргэ олорорго күһэйэн өйдөрө-санаалара сайдыытын, тупсуутун түргэтэппит. Ону тэҥэ улахан бултары кыттыһан бултааһын бииргэ үлэлээһини үөскэппит. Уһун үйэлэргэ дьон бииргэ олоруулара олох, өй-санаа сайдан иһиититтэн эмиэ уларыйбыт. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун быһаарар этии эр дьон уонна дьахталлар бииргэ олорууларын икки өрүттэрин арааран быһаарыыга эмиэ туттуллар:
1. Кэргэн. Бу кэмҥэ дьахтар баһылаан салайара уонна элбэх эр киһилэнэрэ кэргэннии бииргэ олорууну үөскэппит.
2. Ыал. Үлэ сайдан иһиитэ эр киһи баһылаан салайарын олоххо киллэрэн удьуорун, утумун тарҕатарга анаан ыалы үөскэппит. Кыахтаах эр киһи элбэх дьахталланара кэргэн олоҕор төннүүгэ тириэрдэрин да иһин, эр киһи удьуорун, утумун салгыыра уларыйбат.
Бу дьон бииргэ олорууларын икки өрүттэрин төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт. Бу икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэриэхтэрин сөп:
1. Кэргэн. Бу олоҥхо кэмин иннинэ туттулла сылдьыбыт былыргы олох үөскэппит тыла. Кэргэн диэн олус былыргы кэмнэргэ дьон элбэх буолан бииргэ олорорууларын туспа көрүҥүн, биир өрүтүн быһаарар тыл. Бу тыл ыал диэн өйдөбүл, саҥа тыл үөскүөн быдан иннинэ туттуллууга киирэн сылдьыбыт.
Ол кэмҥэ дьон дьахталлар баһылаан салайыыларынан олорбуттар, наукаҕа матриархат диэн аатынан биллэр. Элбэх буолан бииргэ олороллоруттан, сылдьалларыттан, кэргэннэһэн хаалалларыттан, оҕолоро ким оҕото буолара биллибэтиттэн, дьахталлар оҕолору кыттыһан көрөллөр-истэллэр эбит.
Олус былыргы кэмнэргэ кыахтаах эр дьон хас да ойохтонор кэмнэригэр ойоҕу кэргэн диэн ааттааһын олохсуйбута дьахталлар элбэхтэрэ көҥүллэрин эмиэ кэҥэтэрин биллэрэр. Кэргэн диэн тыл элбэх буолан бииргэ олорууну биллэрэр суолталааҕын иһин, билигин ыал диэн тыл оннугар туттулла сылдьарын тэҥэ, эр киһини, ойоҕу эмиэ биллэрэр суолталанан хаалбыт. Өй-санаа уларыйыыта туттуллар тыл өйдөбүлүн эмиэ уларытар. Бу кэмҥэ кэргэн диэн тыл төһө да ыаллар баалларын иһин туттулла сылдьара өй-санаа эргийэн биэрэрэ кэмиттэн кэмигэр кэлэн иһэриттэн эмиэ тутулуктанар.
Ыаллар төһө да элбэхтэрин иһин, кэргэннии олорооччулар эмиэ баалларыттан билигин, бу тыллар иккиэн бииргэ кэриэтэ туттулла сылдьаллар. Эр киһи уонна дьахтар сыһыаннара уларыйыытын, омук сайдан иһэр кэмигэр кэргэн ыалга кубулуйуута кэлэн иһэрин, бу ыал диэн тыл туттулла сылдьара элбээһинэ биллэрэр уратылаах.
2. Ыал. Үлэ-хамнас сайдан барыытын үөскэппит эр дьон баһылыыр, салайар былааһы эмиэ ылбыттарын кэннэ, бу ыал диэн тыл олоххо киирбит. Эр киһи уонна дьахтар ыал буолан бииргэ олоруулара сайдан олоххо киириититтэн оҕолоро кими удьуордуура, утумнуура быһаарыллар кыахтаммыт. Ыал эр киһи удьуора уонна утума кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитин үөскэтэр аналлаах тэриллибит.
Кыыс оҕо ыраас кыыһынан эргэ таҕыстаҕына ойох диэн ааттанар уонна эр киһи буор кутун утумнуур оҕону төрөтөр кыахтанар. Күүстээх, кыахтаах эр киһиттэн кини буор кутун утумнуур оҕону ыраас кыыс эрэ төрөтөр. Ол иһин ыал эр киһи утумун салгыыр аналланар.
Дьон олохторун бу икки өрүттэрэ; кэргэн уонна ыал, кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэриэхтэрин сөп. Омукка сайдыы хамсааһына киирдэҕинэ, саҥа омук үөскээһинэ тиийэн кэллэҕинэ ыал кэргэн диэҥҥэ уларыйан хаалыан сөп.
Кэргэн уонна ыал уратылара итинник арыллан тахсалларын тэҥэ, аныгы олоххо ыалтан кэргэҥҥэ көһүү сыыйа-баайа баран иһэр. Эр дьон элбэх ойохтоохторо ыалы буолбакка кэргэннии олорууну үөскэтэр. Дьахтар хас да эр киһилэннэҕинэ кэргэн олоҕор төннүү буолар. Дьон олохторун икки өрүттэрэ солбуйсан биэрэллэрин быһааран, бу икки тыл тэҥҥэ кэриэтэ туттулла сылдьаллар.
Туойунан араас иһиттэри оҥорон уокка буһаран туһаҕа таһаарар кэмнэригэр үлэни-хамнаһы, кэргэннэри дьахталлар баһылыыр эрдэхтэринэ, биир дьахтар элбэх эр киһилээх буолара. Бу кэмҥэ оҕолоро хайа эр киһиттэн төрөөбүтэ биллибэт эбит.
Үлэ-хамнас, бултааһын сайдыыта эр дьон буор куттара төһө сайдыылааҕыттан улахан тутулуктааҕа быһаарыллан олоҕу баһылаан салайыыларын киллэрбитэ. Дьахталлар оҕо төрөтүүтүнэн, иитиитинэн, аһы-үөлү бэлэмнээһининэн, таҥаһы-сабы тигиинэн кыайа-хото дьарыктаналлара быһаарыллан олохсуйан хаалбыт. Эр дьон баһылаан салайар кэмнэригэр кыахтаах, баай эр киһи хас да кэргэннээх буолара бобуллубат эбит.
Үлэ-хамнас сайдан иһиитин тэҥэ, Кут-сүр үөрэҕэ үөскээн кыахтаах эр киһи удьуора, утума, буор кутун сайдыыта аймахтар, омук сайдыытыгар ордук улахан суолталаахтарын арыйан таһаарбыт. Күүстээх, кыахтаах эр киһиттэн киниэхэ маарынныыр оҕолор төрүүллэрэ биллибитин кэнниттэн сайдыыны, тупсууну ситиһиэхтэрин баҕалаахтар үтүктэннэр олоххо киллэрбиттэр.
Эр дьон утумнарын харыстыыр былыргы үгэстэри үөскэтэн олохторугар туһанан аймахтар, омуктар сайдыыны ситиспиттэр. Бу үгэстэри кытаанахтык тутуһар мусульманнар билигин сайдан, ахсааннара элбээн, күүстээх, кыахтаах эр дьонноро үксээн иһэллэриттэн Россияҕа эрэ буолбакка, Аан дойдуга баһылыыр оруолга тахсан иһэллэрин 2021 сыллаахха Афганистаҥҥа талибтар арҕаа дойдулар сэриилэрин кыайыылара, үүрүүлэрэ биллэрэр.
Саха тылыгар киһи этиттэн-сииниттэн тутулуктаах уларыйыылары бэлиэтиир тыллар элбэхтэр. Кыыс оҕо эргэ таҕыстаҕына этигэр-сиинигэр уларыйыы киириитэ сахабыт тылыгар киирэн иҥмит:
1. Ойох. Ойох диэн ыраас кыыһынан эргэ тахсыбыт кыыс ааттанар.
2. Кэргэн. Иккистээн эбэтэр кыыһын сүтэрэн баран эргэ тахсыбыт дьахтар ааттанар. Иккис оҕото эр киһини утумнуур буолуон сөп.
3. Сэлээрчэх. Билигин маннык майгылаах дьахталлар элбээтилэр. Күүлэйдии сылдьалларыттан ыал буоларга аналлара суохтар.
Билигин сайдыылаах дойдуларга дьахталлар ханнык эр киһиттэн оҕоломмуттарын билбэттэрэ үөскээтэ. Бу быһыы сахаларга эмиэ тарҕанан эрэриттэн оҕолорун аҕаларын билбэт дьахталлар элбээтилэр. Былыргы кэргэн диэн улахан ыал өйдөбүлэ элбэх дьоҥҥо туттуллара аныгы кэмҥэ тиийэн кэлэн иһэр.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр аҕа оруолун мөлтөтүү кэргэн диэн өйдөбүл эргийэн кэлиитин үөскэттэ. Саҥа кэргэн тахсааччы дьахталлар кими, хас эр киһини кытта сылдьыспыттарын билбэттэриттэн, сайдыыта суох буор куттаах оҕолору төрөтөннөр күүстээх, кыахтаах эр дьон аҕыйаан иһэллэриттэн омук атыттарга баһыттарыыта үөскээн, уларыйара тиийэн кэлэр.
Эргэ тахсан да баран, кэлэ-бара араас эр дьону кытта сибээстэһэ сылдьалларыттан, кэргэн диэн быһаарыыга аныгы дьахталлар бары кэриэтэ сөп түбэһэн сылдьаллар. Ол иһин билигин ДНК диэн уустук аналиһы оҥороннор оҕо төрөппүттэрэ ким буоларын быһаара сатыырга кытта тиийбиттэрэ сайдыы курдук сыыһа сыаналанар.
Сэбиэскэй былаас дьахталлары көҥүллэринэн эргэ тахсалларын олоххо киллэрэн, үчүгэйи, баҕа санаалара туолуутун үөскэппитэ. Билигин дьахтар бэйэтинэн мээрэйдэнэн кэргэн тахсыыта олоххо киирбитэ ыраатта. Ол аата эрдэттэн бэрэбиэркэлэһэн, боруобалаһан баран сөбүлэстэхтэринэ эбэтэр оҕо үөскээтэҕинэ кэргэн тахсыылара аныгы олоххо киирэн сылдьара кэргэннии олоххо төннүүгэ тириэрдэр.
Илиинэн үлэлээһин билигин аҕыйаан иһэриттэн үлэ сайдыыны быһаарара улаханнык уларыйда. Эр киһи хайдах үлэһитинэн сыаналаммат кэмэ кэлбитинэн төрүүр оҕолор үлэни өссө кыайбаттара, үлэлиэхтэрин баҕарбаттара улаатан иһэр.
Эр киһи үлэни кыайара, элбэхтик хамсанара, буор кута сайдыылааҕа дьахтар сөбүлүүрүгэр тириэрдэрэ билигин, үөрэх-билии аһара баһыйбытыттан хаалан сылдьар. Сайдыыны ситиспит диэн ааттанар арҕааҥҥы омуктар эр дьонноро мөлтөөһүннэриттэн билигин эстии, симэлийии, уларыйыы суолунан баран иһэллэрин үтүктэ сатааһын диэн олоххо халыйыыны үөскэтии буолар.
Сахалар өй-санаа үөрэҕин баһылаабыттара саха тылыгар иҥэн саха тыла иччилээх. Ол аата хас биирдии саха тылыгар өй-санаа, үгэс иҥэн сылдьар. Бу тылга иҥмит үгэс өйгө-санааҕа урутаан дьайыыта тиийэр. Дьахтар урут эргэ тахса сылдьыбыт буоллаҕына кэргэн диэн ааттанар. Ойоҕум диир оннугар кэргэним диэн ааттааһын билигин ордук элбэхтик туттулла сылдьара, өй-санаа дьайыыта тылы туттууга син-биир тиийэрин биллэрэр.
Дьон олоҕо кэмэ кэллэҕинэ эргийэн биэрэрин сахалар билэллэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун олохторугар туһана сылдьаллар. Айыы диэн тыл киһи оҥорор быһыыта икки аҥы арахсарын, үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсарын, бу тыл икки; үчүгэй уонна куһаҕан өрүттээх өйдөбүллээҕэ быһаарар. Өй-санаа уратыта, икки өрүтэ иҥмит тылбытын тыл үөрэхтээхтэрэ уларыта сатыылларыттан үлэһиттэр харыстыыллара ирдэнэр кэмэ кэллэ.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥы буолуу үчүгэйинэн ааҕыллара, билигин ырыынак кэмигэр ол хаалан, аны баайдар үчүгэй буоллулар. Өй-санаа бу уларыйан, солбуйсан биэриитин араас суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар билбэккэ хаалбыттара улахан хомолтону үөскэтэр.
Олус былыргы кэмнэргэ дьон өйө-санаата сайдан, тупсан, үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта эбиллэн истэҕинэ, эр дьон баһылыыр, салайар кэмнэрэ кэлэн кэргэн диэн бииргэ олоруу атынынан, эр дьон утумнарын, буор куттарын сайыннарааччынан, кэлэр көлүөнэлэргэ тарҕатааччынан, ыал диэнинэн солбуллубут.
Бу кэмҥэ сахалар сайдыыны ситиһии, эр дьону күүһүрдүү кэмигэр киирэн олороллоруттан ыал олоҕун оннугар түһэрии эрэйиллэр. Ол курдук ыал олоҕуттан омук сайдан иһэрэ быһаччы тутулуктанар.
Онон сахалар былыргы кэмнэртэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун тутуһар аналлаах үөрэҕи халбаҥнаабакка тутуһалларыттан олохторугар улахан да уларыйыылар үөскээн киирэллэригэр куруук бэлэмнэр уонна бу уларыйыыларга таба быһаарыыны ылынар кыахтара улаатан биэрэр.
БЫЛЫРГЫ КЭМҤЭ ЫАЛЫ ТЭРИЙИИ
Былыргы ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ ыалы тэрийии үгэстэрин нуучча суруксуттарын үлэлэриттэн булан туһанар кыахтаахпыт. Сахалыы аанньа билбэт кэлии дьон суруйбуттара саба быраҕан, үрдүттэн быһаарыылара элбэхтэрин да иһин, “Суруллубут суоруллубат” диэн этиигэ сөп түбэһэннэр улахан туһалаахтар.
Бу омуктар суруйууларын таба өйдөөн туһанар туһугар сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ өс хоһооннорунан этиллэн сылдьалларын холбоон туһаннахха эрэ табыллар. Айыы диэн тылы “үчүгэй” эрэ оҥоро сатыыр тыл үөрэхтээхтэрэ “Айыылаах айыыта таайар” диэн этиини таба өйдөөтөхтөрүнэ халыйан сылдьар өйдөрө-санаалара көнүө этэ. Ол курдук киһи куһаҕан айыыны оҥорон кэбиспитэ хаһан баҕарар тарда сылдьарыттан, өссө куһаҕан айыыны оҥороругар тириэрдиэн сөбө, бу этии туһалаах суолтатын өссө улаатыннарар.
Сахалар өс хоһоонноро барылара кэриэтэ олус былыргы кэмнэргэ үөскээн олоххо киирбиттэр. Оччотооҕу кэмнэргэ сурук-бичик суоҕунан, туох билии барыта үгэскэ кубулуйдахтарына дьон ону толорор, олохторугар туһанар кыахтаналларын билэр эбиттэр. Дьон уһун үйэлэргэ билбит олоххо туһалаах билиилэрэ үгэстэргэ кубулуйан өс хоһооннорун үөскэппиттэрэ билигин да туттулла сылдьаллар.
“Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй” диэн өс хоһооно ыалы тэрийии саҥа саҕаланан, эдэрдэр билсиһиэхтэрин инниттэн, баҕа санаа саҥа үөскүөҕүттэн ыла туттуллан барар аналлаах. Ол курдук ыраах сирдэртэн ойох ылар, эргэ тахсар төһө да үлэтэ элбэҕин, эрэйдээҕин иһин, аймахтар сайдыыларыгар, хааннарын тупсарыыларыгар, төрүүр оҕолорун эттэрэ-сииннэрэ бөҕөргүүрүгэр улахан туһаны оҥорорун сахалар билэн куруук туһана сылдьаллар. (6,151).
“Сирэйигэр суорат кутан салыаҥ суоҕа” диэн өс хоһооно ойоҕу, эри талан ылыыга аҥардастыы сирэйин эрэ көрөн ылбаты биллэрэр суолталаах. Дьахтар эбэтэр эр киһи сирэйдэриттэн атын үчүгэйдэрэ, өйдөрө-санаалара, тулуурдара уонна үлэни кыайаллара ыал буолууга ордук улахан туһалаахтарын арыйар. Билигин бу өс хоһооно дьахталлар уонна эр дьон кырасыабай, кэрэ буола сатыыр санаалара улааппытыттан хаалан сылдьар. Былыргы өбүгэбит Эллэй Боотур Омоҕой Баай көйгө эрээри үлэһит, доруобуйата бөҕө кыыһын талан ылан сахалар ахсааннарын элбэппитин уонна өй-санаа, үлэ өттүнэн сайыннарбытын эдэрдэр умнубатахтарына табыллар. (7,73).
“Суор оҕото суор, тураах оҕото тураах” диэн өс хоһооно дьон бэйэ-бэйэлэриттэн улахан уратылаахтарын, маарыннаспаттара элбэҕин биллэрэн кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиигэ туһанарга ыҥырар. Үлэһит киһи оҕото үлэһит буолара биллибитэ ырааппытын “Төрүт уус ыал ыччата” диэн этии баара биллэрэр.
Н.Якутскай ыал буолууну тэрийии туһунан маннык суруйар:
- Маайа, эн киһи сирбэт да дьонун сиритэлээн эрэҕин. Били “Сирэн-сирэн сиргидэххэ түбэһиэҥ” диэн өс хоһооно баарыгар дылы, киһи үөйбэтэх киһитин булан эргэ тахса сылдьаайаҕыный. Бу кэлэн олорор оҕо бэрт өйдөөх, үтүө төрүттээх киһи”. (8,19).
Ыал хаһан үөскээбитэ биллибэт былыргы. Ол эрээри үлэ-хамнас сайдан эр дьон баһылыыр кэмнэрэ кэлбитин кэннэ ыал үөскээбит. Ол курдук ыалы былыр-былыргыттан эр дьон баһылыыллар, салайаллар, кинилэр сайдыылаах буор куттарын тарҕатар аналлаахтар. Билигин даҕаны омук сайдыытын үлэ эрэ аҕаларынан, Аан дойду үрдүнэн эр дьон баһылыыллара уларыйар кыаҕа суоҕунан, ыал олоҕо үйэлэргэ уларыйбатаҕына эрэ табыллар.
Ыал эр дьон удьуордарын, утумнарын салгыырга аналлааҕыттан бу кэмҥэ ордук харыстанарыгар кыһаныы эрэйиллэр буолла. Ол курдук арҕааҥҥы омуктар бэйэлэрэ уларыйар кэмнэригэр киирбиттэриттэн ыал олоҕор араас уларытыылары, тупсарыылары диэн ааттаан киллэрэ сатыыллара элбээтэ. Сайдан иһэр саха омуга эстиигэ киирэн эрэр омуктары үтүктүбэтэҕинэ сатанар.
Омук сайдыытыгар, уһун үйэлэниитигэр кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэр удьуордааһын уонна утумнааһын улахан туһалаахтар. Удьуордааһын диэн эт-сиин уонна утумнааһын диэн буор кут бэриллиитэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан иһэллэрэ ирдэнэр. Эр дьон буор куту үйэлэрин тухары үлэлээн, хамсаан үөскэппиттэрэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн сайдыыны ситиһиини түргэтэтэр аналлааҕа хаһан да уларыйбат.
Үлэһит, үлэни-хамнаһы кыайар эр дьон удьуордарын, утумнарын кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэллэрин хааччыйыы омук үйэтин уһатыыга ордук улахан туһалаах. Ол иһин күүстээх, кыахтаах эр дьонтон ыраас кыыс эрэ буор кутун ылынан утумнуур оҕону төрөтөр кыахтааҕын туһаныы ирдэнэр. Омугу кыайыылаах үлэ эрэ сайыннарара эр дьон буор куттарын харыстыыры ирдиир.
Таҥара үөрэхтэрин үлэһиттэр, эр дьон үөскэппиттэр, билигин даҕаны бу үөрэҕи кинилэр баһылаан салайаллар. Сахалар ыал буолууну киһи үйэтигэр биирдэ буолар уонна уларыйбат диэн ааҕаллар. Ыал буолуу туһунан нууччалар “Крест нести” диэн ураты ыараханын быһаарар этиилэрэ ону ордук чуолкайдаан биэрэр.
Сахалар ыал буоллахтарына арахсыбаттар, ол оннугар эр киһи кыахтаах уонна баайдаах буоллаҕына иккис кэргэнин ылан кэбиһиэн сөп. Ол барыта оҕолор өйдөрүн-санааларын харыстыыртан уонна баайы-малы үллэстии үөскээбэтиттэн улахан туһалаах.
Көрсүө, сэмэй майгылаах киһи ыарахан үлэни, ыал буолууну тулуйар, кыайар кыаҕа улаатарыттан уонна сыыһа-халты туттунара аҕыйыырыттан сахалыы таҥара үөрэҕэ көрсүө, сэмэй буолууну оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ тутуһар.
Олус былыргы кэмҥэ саха дьоно үлэлэринэн-хамнастарынан тутулуктанан баайдарга уонна үлэһиттэргэ, дьадаҥыларга арахсан уһун үйэлэргэ олорбуттар. Үлэһит дьон бу икки өрүттэрин өйдөрө-санаалара улахан уратылаахтарын, утарыта хайысхалаахтарын арааран билэн өс хоһоонноругар киллэрбиттэр:
“Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһооно былыргы кэмҥэ ыалы тэрийиигэ баайдар уонна дьадаҥылар тус-туспа үгэстэри тутуһалларын арыйар. Ол курдук баайдар уонна дьадаҥылар өйдөрүн-санааларын уратылара үгүс өттүнэн утарыта хайысхалаахтара ыал буолан бииргэ олорууларын оҕону иитиилэрэ атаахтатыы өттүгэр халыйарыттан туһата суох оҥорор. Бу быһаарыы дьоҥҥо биллэр дакаастабылынан оҕолорун иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр баай уонна дьадаҥы төрөппүттэр тугу барытын тус-туспатык этэллэриттэн, оҕолоро хайаларын да үөрэҕин ситэн ылымматыттан, үчүгэй үгэстэри үөскэтиммэтиттэн быстах майгыланан хаалара элбиирэ буолар.
Былыргы кэмҥэ улахан баайдар чугас да аймахтарын кыра хамнастаах үлэһит, хамначчыт оҥостоллоро биллэр. Баайдарга үлэлээн, ону-маны сыаналааҕы оҥорон, барыһы биэрэр үлэһиттэр эрэ туһалаахтарыттан өйдөрө-санаалара уларыйан, элбэх барыһы ыла сатыыллара улааппыт.
Ыал буолуу диэн эр киһи уонна дьахтар сөбүлэһэн холбоһоннор, биир санааланыыларыттан үөскүүр уонна икки өрүттээх тутулуктаах:
1. Оҕо төрөтүүлэрэ, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиилэрэ, онтон иитэн, үөрэтэн улаатыннарыылара буолар.
2. Ыал баайы-малы мунньунааччы, элбэтээччи буоларын ахсааннара эбиллэн иһэриттэн өссө улаатара биллэрэр. Элбэх ахсааннаахтары аһынан, тугунан барытынан хааччыйыыга үгүс баай-мал наадатыттан ыаллар байар санаалара улаатарыттан оҕолорун үлэҕэ үөрэтэллэрэ эбиллэр.
Баайдар өйдөрө-санаалара уратытынан, баайдара элбэҕинэн оҕону көҥүлүнэн ыытан атаахтатан иитэр уратылаахтар. “Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун” диэн өйгө-санааҕа иитиллэр баайдар оҕолоро туохха барытыгар аһара барар санаалара улаатарыттан, быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээн олохторун кылгатан кэбиһэллэрэ үксээн хаалар.
Дьадаҥы, үлэһит киһи оҕотун көрсүө, сэмэй буолууга, киһилии быһыыланыыга, тугу барытын харыстыырга, үлэни-хамнаһы сатыырга, кыайарга, кыамматтары аһынарга, көмөлөһөргө иитэр, үөрэтэр. Киһилии быһыылаах, үлэни сатыыр, кыайар оҕолор үлэһиттэртэн иитиллэн, үөрэтиллэн улаатан тахсалларыттан, омук сайдыытын үлэһиттэр баһылаан иһэллэр. Өй-санаа бу сөп түбэспэт уратыларын дьайыыларыттан баайдар уонна үлэһиттэр, дьадаҥылар былыргы кэмнэргэ тус-туспа ыаллары тэрийэллэрэ. Биир эмэ ураты быһыы баар буола сылдьыбыта кэпсээҥҥэ киирбитэ биллэр. Ол курдук кыанар ыаллар Суоһалдьыйа Толбонноох диэн ааттаах, үчүгэй көрүҥнээх, мааны кыыстарын хойутатан кэбиһэн баран улахан баайдарга эргэ биэрэ сатаабыттара табыллыбатаҕын туһунан кэпсээҥҥэ киирбит.
Киһи буолуу диэн үлэһиттэр оҕолоро ситиһэ сатыыр баҕа санаалара дьоҥҥо барыларыгар сөп түбэһэн таҥара үөрэҕэр кубулуйбута Аан дойдуга тарҕаммыт. Киһи буолуу диэн сахалар оҕо өйүн-санаатын кыра эрдэҕиттэн сайыннарар үөрэхтэрэ. “Тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥор” диэн үөрэхтэн саҕаланан баран киһи быһыылаах буолууга тириэрдэриттэн оҕо өйө-санаата сайдыытыгар билигин даҕаны улахан туһаны оҥорор.
Былыргы кэмнэргэ кыыс оҕо анала диэн сааһа ситтэр эрэ сөптөөх эр киһини булан эргэ тахсыы уонна сайдыылаах буор куттаах эр киһини утумнуур оҕолору төрөтүү, иитии, үөрэтии, улаатыннарыы, киһи буолууну ситиһиннэрии буолара билигин, омук сайдыыны ситиһэр кэмигэр оннугар түстэҕинэ табыллар.
Кыыс сааһа ситэригэр төрөппүттэрэ араас таҥаһын-сабын, иһитин-хомуоһун, баайын-малын, ол аата энньэтин бэлэмнииллэрэ. Сааһа ситтэр эрэ энньэтэ төһөтө быһаарыллан дьон билиитигэр тахсара, күтүөттэр, ойох ылыахтарын баҕалаахтар кэлэн ыйыталаспытынан барыылара саҕаланара.
Кыыс эргэ тахсарыгар саамай сыаналааҕа ыраас кыыһынан буолара кытаанахтык ирдэнэрэ. Ол курдук ыраас кыыс эрэ эр киһини утумнуур буор куттаах оҕону төрөтөрө улаханнык сыаналанара үлэни табан, сатаан үлэлээһин аймахтары, омугу сайыннарарынан быһаарыллар.
Ыалы тэрийээччинэн кыыс буолар. Ол барыта эргэ тахсар кыыс энньэтэ төһөтө эрдэттэн биллэриттэн уонна күтүөт уол кыыс энньэтигэр сөп түбэһэр халыымы төлүүрүттэн быһаарыллар. Ол аата ыалы кыыс тэрийэр, онно күтүөт кэлэн холбоһор, кыттыһар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн саҥа ыалы тэрийии икки өрүттэнэрин сахалар тутуһаллар: 1. Уоллаах кыыс бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһиилэрэ.
2. Ыалы тэрийиигэ төрөппүттэр баайы-малы үллэрэн, тэҥнээн биэриилэрэ кыыс өттө энньэ, онтон уол өлүүтэ халыым диэн ааттаналлар. Уол кыыһы көрөн сөбүлээтэҕинэ суорумньу ыытан ыал буолуу кэпсэтиитин саҕалыыр. Кэпсэтии саҕаланыытыгар кыыс сөбүлүүрүн ыйыталлар. Кыыс сөбүлээбитин кэнниттэн энньэ уонна халыым туһунан сөбүлэһэллэр, уруу хаһан буоларын быһаарсаллар.
Дьахтар уонна эр киһи сөбүлэһиилэрэ күн-дьыл баран истэҕинэ мөлтөөн, уларыйан барара былыргы кэмнэргэ да баар этэ. Оҕолор төрөөһүннэрэ уонна баай-мал эбиллэн иһэрэ ыалы бөҕөргөтүүгэ туһата улаатан иһэрэ. Ол курдук арахсан барааччыга оҕолор да, баай-мал да араарыллан бэриллибэтэ ыалы туруктаах оҥороро. Былыргы кэмнэргэ сахалар кут-сүр үөрэҕин олохторугар халбаҥнаабакка эрэ тутуһаллара уонна эт-сиин сайдыытыгар ылар улахан оруолун билинэллэрэ. Эр киһи утумун, буор кутун ордук кыһанан харыстыыллара, ыраас кыыс оҕону ойох ыллаҕына кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин тутуһаллара.
Былыргы, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ ыал буолуу үгэстэрин тутуһар эрдэхтэринэ сахалар ахсааннара биэс төгүл эбиллибитэ, күүскэ, таһаарыылаахтык үлэлиири кыайаллара, элбэх сүөһүнү иитэллэрэ уонна күүстээх, кыахтаах эр дьон элбэх этилэрэ.
Онон сахалар былыргы кэмҥэ ыалы тэрийэр үгэстэрэ эр дьону, омугу сайыннарар аналлаахтара. Кинилэр сайдыылаах буор куттара кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэллэрэ эттэрэ-сииннэрэ тупсуутугар тириэрдэрин туһана сылдьаллар эбит.
УРУККУ КЭМҤЭ ЫАЛЫ ТЭРИЙИИ
Олус былыргы кэмнэртэн киһи өйө-санаата кыыллар өйдөрүттэн-санааларыттан өссө сайдан, туспа арахсан, бэйэтин киһи диэн ааттаммыт кэмиттэн киһилии өйө-санаата үөскээн оҥорор быһыылара тупсан, киһилии быһыыларга кубулуйан барбыттар. Дьон өйүгэр-санаатыгар киирбит бу уларыйыы киһи буолар баҕа санааны киллэрэн Киһи таҥараны үөскэппитэ Аан дойдуга тарҕаммыт.
Киһи араас хамсаныылары оҥорор кыахтааҕыттан, күүһэ-уоҕа элбэҕиттэн сыыһа-халты туттунан куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ хаһан да суох буолбат. Онно эбии тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан, киһиргиириттэн сыыһа-халты туттунара өссө эбиллэриттэн куһаҕаны оҥороро эмиэ үксүүр. Ол иһин өйү-санааны, оҥорор быһыыны быһаарар айыы диэн сахалыы тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх, киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин холбуу ылан быһаарар. Ол аата киһи оҥорбут быһыыта кыайан үчүгэй буолбатаҕына, куһаҕаҥҥа кубулуйуон сөбүн бу тыл биллэрэр.
Киһи өйүн-санаатын уонна оҥорор быһыыларын бу уларыйбат уратытын тыл үөрэхтээхтэрэ билэллэрэ уонна тутуһаллара ирдэнэр.
Киһи уонна кыыл, сүөһү өйө-санаата олус чугас сылдьарынан, кыратык сыыһа-халты туттуннахха киһи быһыытын аһара барыы үөскээн кэлэринэн сахаларга “Киһи диэн киһи буоллаҕа” диэн киһини аһара арбаабат, киһиргэс буолууга тириэрдибэт аналлаах өс хоһооно туттулла сылдьар.
Ханнык баҕарар киһини аһара киһиргэтэн, арбаан абааһыга кубулутуохха сөп. Ол иһин сахалар киһи көрсүө, сэмэй буоллаҕына эрэ сыыһа-халты туттунара аҕыйыырын олохторугар туһаналлар, оҕолорун үөрэтэллэр. Киһиэхэ киһилии сыһыаннастахха эрэ киһи буолан сылдьара, олоҕун олороро кыалларыттан сахалар киһи буолуу уонна Киһи таҥара үөрэҕин үөскэтэн сайыннарбыттар.
Ыраахтааҕы былааһа үлэһиттэри, дьадаҥылары уһуннук үлэлэтэн баран кыра хамнаһы төлөөн аһара баттыырыттан, киһинэн да аахпатыттан үлэһиттэр 1917 сыллааҕы өрө туруулара кыайыылары ситиспиттэрэ уонна иэстэбили үөскэппиттэрэ. Саата-сэбэ суох эйэлээхтик забастовкаларга кыттыспыт үлэһиттэри саллааттарынан элбэхтик ытыалаппыт ыраахтааҕыны тутан ылан, хаайа сылдьан баран бэйэтин ытан кэбиспиттэрэ.
Тыһыынча сыллартан ордук кэмҥэ сайдыбыт православнай таҥара дьиэтэ аһара байан уонна диктатураны үөскэтэн аҥардастыы баайдар диэки буолан, халыйан хаалбытыттан үлэһиттэр, саллааттар өрө турууларыгар баайдар өттүлэрин тутуспута. Бу сыыһа суолу тутуһуу содулуттан саҥа үөскээбит дьадаҥылар сэбиэскэй былаастара бары таҥара дьиэлэрин үлтү сыстарбыта, үлэһиттэрин барыларын репрессийэлээбитэ.
Маҥнайгы пятилетка сылларыгар баайдар батталларыттан чахчы босхоломмут үлэһиттэр аһара күүскэ үлэлээннэр дойду сайдыыны ситиһэрин үөскэппиттэрэ. Промышленность сайдыытын урутаан тутуһуу түмүгэр ССРС Аан дойду иккис сэриитигэр кыайыыны ситиһэрэ кыаллыбыта.
Дьон бары тэҥнэр диэн сымыйа этиини тутуһан сэбиэскэй былаас үлэһиттэри, дьадаҥылары барыларын ыган туран үлэлэппитин таһынан, үөрэхтээһини саҕалаан баран эстиэҕэр диэри салгыы ыыппыта. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун тутуспакка аһара баран “Бука бары үрдүк үөрэххэ” диэн ыҥырыыны туһанан үөрэҕи аһара ыыппытын түмүгэр, үлэни мөлтөтөн, хаалыыга тириэрдибитэ. Бары үөрэҕи, чэпчэки үлэни эккирэппиттэриттэн үлэ кыаттарбата үөскээбитэ, ас-таҥас быста аҕыйаабыта.
Сэбиэскэй былаас саҥа олоҕу саҕалаабыта, дьон бары “тэҥнэр” диэн сымыйа этиини сайыннарбыта уонна олох урукку үгэстэрин суох оҥорон умуннарбыта. Саҥа үгэстэри оҥорон туһаҕа киллэрэ сатаабыттара эрээри, өй-санаа сайдыыта бытааныттан олор туһалыы охсубатахтара. “Моральный кодекс строителей коммунизма” диэн саҥа үөрэҕи оҥорон киллэрбиттэрэ эрээри, бириэмэлэрэ кылгаан биэрэн таах хаалбыта.
Сүрэҕэ суох, дьадаҥы дьону үлэлэтэ сатаан үчүгэй үлэһиттэри таҥнары тардыыны үөскэппиттэрэ. Ол курдук үлэлиэн баҕарбат киһи таах үлэлээбитэ буолан саллаҥныырыттан үлэ оҥорон таһаарыыта олус аллараа түспүтэ.
Бэрээдэги тутууга октябреноктартан, пионердартан саҕалаан бары комсомолецтар, партиялаахтар кыттыһалларын үөскэтэн элбэх ситиһиилэри оҥорбуттара. Дьон киһи буолуу үөрэҕин бары баһылаабыттарын таһынан өссө аһара барыыны оҥорон, оҕо төрөөтөр эрэ киһи буолар диэн сыыһа быһаарыыга тиийэн хааланнар, оҕолору иитиини атаахтатыы өттүгэр халыппыттара.
Дьахталлар көҥүл иһин охсуһууну аһара ыытаннар бэйэлэрэ көҥүллэринэн барыыларыгар туһаммыттара, онно эбии араас элбэх туһалаах чэпчэтиилэри оҥотторбуттарын таһынан, эр дьонтон төһө эмэ уһун үйэлээх эрээри, пиэнсийэҕэ эрдэлээн тахсары кытта ситиспиттэрэ.
Дойдуга бас билиини барытын уопсайдаан, чааһынай бас билиини суох оҥорбуттарынан туһанан, эргэ тахсар кыыс энньэтин уонна уол кыттыһар халыымын, урукку ыарахан олох хаалынньаҥынан, батталлааҕынан ааттаан тохтоппуттара. Ыал буолааччылар бары быстар дьадаҥылар курдук, ханна эмэ көрсүһэ түстэхтэринэ, туга да суох холбоһон иһиилэрэ олоххо киирбитэ.
Ыал буолуу былыргы үгэстэрин уларытыы туох содуллаах буолан тахсарын суруйааччы Сиэн Чолбодук маннык арыйар:
- Сөҕөрө диэн – аны урукку курдук суорумньунан эҥин кэпсэтэр, кыыһы, уолу дьоно орооһон холботолууллара бобуллар курдук этэллэр. Онон аны сыһыыттан-хонууттан булсуһан тутуһан, ойохтуу-эрдии буолуохтаахтар. “Хайдах ол, сүөһү курдук”, - диэн Даайа ону ылыммат. “Соҕотох кыыспын ол сыһыыга-хонууга көрсө түспүт мээнэ киһиэхэ биэрбэппин, доҕор, туох аатай, хайа билбэт киһитигэр”. (9,28).
Эдэрдэргэ эттэрин-сииннэрин баҕа санаата элбэҕиттэн уонна туттунар күүстэрэ аҕыйаҕыттан ханна көрсүһэ түстэллэр, таптаабыт курдук санаатылар даҕаны ыал буола оонньуу охсуулара олоххо киирбитэ. Бу аҥардастыы эт-сиин баҕатынан, имэҥ салайыытынан ыал буолуу сайдыыта дьон үлэҕэ-хамнаска мөлтөх, ол оннугар элбэх уу-хаар саҥалаах, сайдыыта суох буор куттаах дьадаҥылар бастаан иһиилэрин үөскэппитэ. (1,56).
Дьон ыал буолууларын сэбиэккэ туоһулаан сурукка киллэрэллэрэ. Бары баайдара суоҕуттан ыал арахсыытыгар баай-мал үллэстиитэ диэн айдаан тахсыбата үчүгэйинэн ааҕыллара. Былыргы кэмнэргэ кыыс оҕолору төрөппүттэрэ тэрийэн ыал оҥороллорун, кинилэр баҕа санааларын ситиһэ сатааһыннарын курдук сыаналаан баттабыл, атаҕастабыл курдук ааҕан туораппыттара. Сэбиэскэй былааска үөрэҕи аһара баран өрө тутууларыттан дьахталлар ыал олоҕунан, оҕону иитиинэн, үөрэтиинэн дьиэҕэ олорон эрэ дьарыктаналларын баттабылынан аахпыттара, бырахпыттара, бэйэлэрэ аралдьыйалларын ордорон кыра хамнастаах, бытархай үлэлэргэ үлэлии сылдьалларын сөбүлээбиттэрэ.
Сэбиэскэй былаас дьахталлары былыргы үйэҕэ аһара баттанан олорбуттара диэн туоһулааһыныттан саҥа былаас олортон босхолоон, көҥүллэринэн ыыппыттара, бэйэлэрэ талбыттарынан эр киһини талан ылан эргэ тахсаллара олоххо киирбитэ.
Үлэһиттэр, дьадаҥылар былааһы былдьаан ылбыттарын кэнниттэн ыал олоҕун туһунан ханнык да үөрэхтэрэ, билиилэрэ суоҕа. Былыргыны үрэйиэххэ, алдьатыахха диэн санаалара аһара барбыта, оннооҕор уопсай, кэргэннии олорууну киллэрэн боруобалыы сылдьыбыттара да, хата тохтоппуттара.
Эдэрдэр ханна эмэ көрсүһэ түстэхтэринэ, эттэрин-сииннэрин баҕа санаата элбэҕиттэн сөбүлэһэ оҕустахтарына, ыал буолан иһэллэрин олохтообуттара. Элбэх саҥалаах, ыһа-тоҕо уу-хаар кэпсээннээх, барыны-бары кыайар курдук туттунааччылар, араас сүрэҕэ суохтар, дьахтарга урутаан түһээччилэр бастакы оруолга тахсыбыттара.
Дьадаҥылар бары салайар былааска тииһиммиттэриттэн, үөрэҕи элбэхтик ылбыттарыттан үлэни-хамнаһы кыайбат сайдыыта суох буор куттара дьоҥҥо барыларыгар киэҥник тарҕанар кыахтаммыта.
Көрсүө, сэмэй майгылаах, үлэни-хамнаһы кыайааччылар үрдүктүк сыаналанар кэмнэрэ кэлбитэ эрээри, ахсааннара аҕыйах этэ, элбэхтик саҥарааччыларга, мөлтөх үлэһиттэргэ улаханнык баһыттараннар, кинилэр быыстарыгар биллибэт буолан барбыттара.
Төһө эрэ кэминэн үлэни мөлтөх үлэһиттэр баһылааннар былааннар туолбаттара үөскээбитэ. Ону тупсара сатааннар бары былааннары кыччатыы үлэтин салайааччылар куруук ыыталлара.
74 сыллар ааспыттарын кэннэ сыаналаатахха Россия дьоно барылара дьадаҥылар сайдыыта суох буор куттарынан сутуллан үлэни-хамнаһы кыайааччылар быста аҕыйаабыттара быһаарыллар. Үлэ-хамнас атын омуктартан хаалыыта саҕаланан сэбиэскэй былаас эстибитэ, дьону аҥардастыы үөрэхтии сатааһын мөлтөх өрүтэ арыллан биллибитэ. Олоххо үөскээбит бу халыйыыны тупсарар, көннөрөр сыалтан дойдуну салайар былаас уларыйан ырыынак сыһыаннаһыылара олоххо киирэр кэмнэрэ син кэлбитэ.
Үөрэҕи аһара өрө тутууттан, “үчүгэй” диэн ааттаан арбааһынтан үлэ куһаҕан өйдөбүллэммитэ, дьон күүскэ үлэлиир санаалара быста аҕыйаабыта. Ханнык эрэ кыаммат, итэҕэстээх дьон үлэһит буолалларын курдук этиилэр көр-күлүү курдук тарҕаммыттара.
Дьон бары оҕолорбутун үөрэттэрэбит диэн санааларыттан үөрэх баар сирдэригэр мунньусталлара үксээбитэ. Дьахталлар ордук кыһанан үрдүк үөрэҕи ситиһэр кыахтаммыттара, эр дьон үксүлэрэ дэриэбинэлэргэ үлэлии хаалбыттара.
Үрдүк үөрэхтээх дьахталлар үөрэҕэ суох эр киһиэхэ эргэ тахсаллара быста аҕыйаабыта, арыычча кыанар эр дьон нуучча дьахтарын кэргэн ылаллара олоххо киирбитэ, олохтоох омук дьахталлара аҥардас хаалыылара элбээбитэ. Сэбиэскэй былаас үтүөтүнэн омукка аҥардас дьахталлар, тулаайах оҕолор үксээбиттэрэ, дьон олохторо көммүтүттэн оҕолору иитии сымнаан, букатын да хаала сыһан, атаахтатыы диэки халыйбыта.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьоҥҥо үчүгэйдик иһиллэр ыҥырыылары элбэхтик туһаналлара. “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн үчүгэйдик иһиллэр, оҕо иитиитигэр быһаччы сыһыаннаах ыҥырыыны киэҥник туһананнар, оҕолору барыларын атаахтык, маанылаан иитиини тарҕаппыттара.
Атаахтык иитиллэр эдэрдэр өйдөрө-санаалара аһара барара элбээн араас быстах быһыыга түбэһэллэрэ үксүүрүттэн сыыһа-халты туттунуулары оҥоро охсоллоруттан олохторун кылгатан кэбиһэллэрэ элбээн иһэрин тэҥэ, тулуура суохтарыттан үгүстүк арыгыга ыллараллара уонна ханнык да үлэни кыайа-хото үлэлээбэттэрэ биллэн барбыта. Өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥоруу түмүгүнэн дьон аһара барар санаалара элбээбитэ. Араас сыыһа-халты туттунааччылар элбээбиттэрин тэҥэ, арыгыһыттар, наркоманнар үксээбиттэрэ. Бу өй-санаа үөрэҕэр оҥоруллубут халыйыылар түмүктэринэн Россия дьоно үлэни-хамнаһы кыайбаттара улаатан, майгылара куһаҕан өттүгэр уларыйбытын тэҥэ, ахсааннара аҕыйаан иһиитэ үөскээбитэ.
Сэбиэскэй былаас тобохторо; суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр, “айыы үөрэҕэ” диэн албын итэҕэли оҥороннор өй-санаа үөрэҕин билбэт буолбут, атеистыы санааланан хаалбыт дьону албыннарыгар киллэрэ сылдьаллар. “Айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этии оҕо өйүн-санаатын ордук күүскэ буккуйар, ону-маны, буолары-буолбаты оҥоро сатыырын үксэтэн, сыыһа-халты туттунарын элбэтэр.
Эдэрдэр айыыны оҥорор санаалара элбээбитэ ыал олоҕо туруктаах буолуутун суох оҥорбута. Ону тэҥэ тыл үөрэхтээхтэрэ солун диэн тылы “сонун” диэн сахаларга суох тылынан солбуйаннар солумсах буолуулара улаатан саҥаттан саҥаны боруобалыыр санаалара улаатан саҥа ыаллар арахсыылара үксээбитэ.
Билигин ырыынак кэмигэр төрөппүттэр оҕолорун өйө-санаата киһи буолуу, киһилии быһыыланыы диэки хайысхаланан сайдарын баҕардахтарына, бу сыыһа, албын үөрэҕи тохтотторуо этилэр.
Онон сэбиэскэй былаас ыал буолуу былыргы үгэстэрин суох оҥорон дьадаҥылар сайдыыта суох, үлэлиэхтэрин, хамсаныахтарын баҕарбат буор куттарын дьоҥҥо барыларыгар тарҕатан үлэһит дьону аҕыйаппыта уонна эр дьону быста мөлтөтөн үлэ-хамнас кыаллыбатын үөскэппититтэн бу былаас бэйэтэ эстибитэ.
БИЛИҤҤИ КЭМҤЭ ЫАЛЫ ТЭРИЙИИ
Дьон өйүгэр-санаатыгар биллэр уларыйыылар киириилэрэ саҥа көлүөнэлэр солбуйсан иһиилэрин кэнниттэн кэлэр. Ол курдук эдэрдэр олох саҥа үгэстэригэр үөрэннэхтэринэ олохторугар уларыйыылары киллэрэр кыахтаналлар.
Дьон өйүгэр-санаатыгар куһаҕан, бэлэмҥэ үөрэтэр дьайыылаах сэбиэскэй былаас үс көлүөнэ дьон уларыйбыттарын кэнниттэн сыыһата, өйгө-санааҕа халыйыыны үөскэппитэ, үлэни куһаҕан диэҥҥэ түһэрбитэ биллэн тахсан эйэлээхтик уларыйбыта.
Салайар былаас эйэлээхтик уларыйыыта араас репрессийэлэри үөскэппэтэҕинэн, урукку салайар былааһы арбаан мааныламмыт суруйааччылар, учуонайдар бэйэлэринэн үлэлии, оҕолору үөрэтэ сылдьалларыттан, өй-санаа улаханнык уларыйыыта билигин да биллэ илик. Ол курдук сэбиэскэй былаас аһара ыыппыт үөрэхтээһинэ аҕыйаан ырыынак көрдөбүллэригэр сөп түбэһэрэ, үөрэнии сыаната быһыллан харчыга үөрэтиигэ көһөрүллүөн сөп этэ эрээри, билигин да кыаллыбакка, олоххо киирбэккэ сылдьар.
Сэбиэскэй былаас “коммунизм” кэмигэр бары-барыта босхо буолуоҕа диэн албына дьон үлэлээбэттэрин, ким эрэ бэлэмин кэтэһэлэрин үөскэтэн сайыннарбыта. Дьон баҕарбыттарын барытын үөрэхтээх буолуу аҕаларын курдук сыыһа санааҕа оҕустараннар, солумсахтара улаатан араас үөрэхтэри ситиһэ сатаабыттара уонна баҕа санаалара хаһан туоларын кэтэһэ сылдьаллара өссө да хаала илик, хата салҕанан иһэр.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун умнан үөрэх “үчүгэй” диэн аһара арбааһын үлэни куһаҕаҥҥа түһэрбитэ, ким да үлэлиэн баҕарбата үөскээбитэ. Үөрэҕи кыайбатах куһаҕан оҕо үлэһит буолан кыра хамнаска үйэтин тухары эрэйдэнэрин курдук сыыһа өйдөбүл олоҕуран хаалбыта.
Сэбиэскэй былаас саҕана үөрэххэ үтүрүттэрэн куһаҕан диэн ааттаммыт үлэ, билигин даҕаны үчүгэй диэҥҥэ уларыйа илик. Ол барыта тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ ханнык да нуормата суох, уһуннук, элбэхтик үлэлээбиттэрин иһин хамнастара намыһаҕынан быһаарыллар. Төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үөрэх эрэ “үчүгэй” диэн этэн иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ, бары үөрэҕи эрэ эккирэтэ, ситиһэ сатыылларын хааллара, уларыта илик.
Ол да буоллар ырыынак көрдөбүллэрэ олоххо киириилэриттэн кыайыылаах үлэһиттэр сыыйа байан иһиилэрэ үөрэҕи эрэ “үчүгэй” диэн аһара арбааһын үөскээбитин тохтотон иһэр. Үлэһит дьоҥҥо баай-мал мунньуллуута үлэ хаачыстыбатын тупсарыыны, чэпчэтэн иһиини үөскэтэн үлэни үчүгэйгэ таһаарар.
Сэбиэскэй былаас дьон олоҕор оҥорбут олус улахан куһаҕанынан дьахталларга аһара баран көмөлөһөн эргэ барыыларын көҥүллэринэн ыыппыта буолар. Дьахтар талбытынан, сөбүлээбитинэн эргэ тахсара эр дьон утумнара, сайдыылаах буор куттара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн салгыы сайдарын, тупсарын суох оҥорон кэбиспитэ. Бу былаас эстибитин да иһин, ити көҥүлүнэн барыы салҕанан иһэр.
Биһиги детсадка уонна оскуолаҕа кыыс оҕолору уолаттартан туспа уонна быдан кылгастык үөрэтиини олоххо киллэриини тутуһабыт. Ол аата кыыс оҕо этэ-сиинэ ситиитигэр ыраас кыыһынан эргэ тахсан кыахтаах, күүстээх эр дьон буор куттарын оҕо төрөтөн тарҕатарыгар ыҥырабыт. Билигин кыахтаах, күүстээх эр дьон элбээннэр эдэр ойохторун хааччыйарга толору кыахтаннылар.
Кыыс оҕо ыраас кыыһынан эргэ барарыгар ордук улахан буортуну элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” оҥорор буолла. Бу сымыйа үөрэх “айыы үчүгэй” диэн этэрэ эдэр кыргыттар бары бэйэ-бэйэлэрин үтүктэр күүстэриттэн уонна айыыны оҥорор санаалара улаатан кыыстарын харыстаабаттара эбиллэн иһэр. Уһуннук үөрэтэр оскуоланы эдэр дьахталлар үөрэнэн бүтэрэр буоллулар. Ол иһин бу сымыйа “айыы үөрэҕин” тохтотор кэм буолла.
Салайар былаас дьадаҥылары “үчүгэйдэр” диэн арбаабыта дьайыытыттан дьадаҥылар ыал буолуулара элбээн Россия дьоно барылара дьадаҥылар аанньа үлэлээбэт, сүрэҕэ суох буор куттарынан буккуллан хааланнар, үлэһиттэр чахчы аҕыйаатылар уонна хаһан элбииллэрэ өссө да ыраах, арай саҥа көлүөнэлэр улаатан солбуллан истэхтэринэ кыаллыан сөп. Ханнык да үлэ көрүҥэ кыаттарбат кэмэ кэлбититтэн ССРС-ка ас, таҥас тиийбэтэ үөскээбититтэн, бу былаас бэйэтэ эстибитин умнуо суоҕа этибит. Бу дьадаҥылар аанньа үлэлээбэт буолууларын ыарыыта билигин да дьайа сылдьарыттан, дьон чэпчэки үлэни көрдүүллэрэ улаатан үлэ-хамнас кыайан сайда илик. Элбэх сирдээх Россияҕа тыа хаһаайыстыбатын үлэлэрэ балысханнык сайдыахтарын сөп этэ эрээри, ханнык да улахан хамсааһын баара биллибэт, арай кыратык тупсан эрэрэ биллэр.
2019 сыллаахха Россияҕа үлэтэ суохтар элбэхтэр диэн суруйаллар. Урукку специальностарынан туһанан бары чэпчэки, элбэх хамнастаах үлэни көрдүү сатыыллара, билигин кыаллыбат кэмэ кэлбититтэн, үлэлээбэккэ сылдьааччылар аҕыйаабаттар.
Үлэҕэ ыҥыра сатааччылар үлэтэ суохтардааҕар элбэх эбиттэр. Бу үлэлэри сатаан үлэлииргэ саҥалыы үөрэнии ирдэнэриттэн үлэҕэ кэлээччилэр аҕыйахтар эбит. Үлэҕэ ыҥырааччылар элбэхтэриттэн кэлии үлэһиттэр ахсааннара сыл аайы эбиллэн иһэр.
Сэбиэскэй былаас оҥорбут сыыһаларыттан тутулуктанан үөрэҕи ылыныы Россияҕа өссө да сайда илик. 1991 сыллаахха былаас уларыйан ырыынак сыһыаннаһыылара син киирбиттэрэ эрээри, ыал буолуу үгэстэрин 2020 сылга диэри таарыйа, кыратык да уларыта иликтэр. Ол барыта сэбиэскэй былаас араас үөрэхтээхтэрэ билигин да салайар үлэҕэ уларыйбакка олороллоруттан тутулуктанар.
Араас ыарыһах оҕолор төрүүллэрэ элбээбитин туһунан кыралаан кэпсэтиилэр тахсаллар эрээри, ватсааптан аһара бара иликтэр. Россияҕа баһылыыр нуучча омук ахсаана аҕыйаан иһэрин кистии сатааннар, бэчээт үлэтигэр хааччахтары киллэрэннэр, бу боппуруоһу таарыйбакка кыһана сатыыллар.
Нууччаларга холоотоххо олохтоох кыра омуктар ахсааннара биллэрдик эбиллэр. Манна ыал буолуу былыргы үгэстэрин тутуһар Кавказ омуктара, мусульманнар баһылаан иһэллэр. Ахсааннара биллэрдик эбиллэрин тэҥэ, ыал буолуу туһалаах былыргы үгэстэрин кытаанахтык тутуһа сылдьалларыттан эр дьоннорун күүстэрэ-уохтара эмиэ элбэх, ол иһин уолаттара араас күрэхтэһиилэргэ бастакы миэстэлэри ылаллар.
Ыал буолууну тэрийиини аҥардастыы күөдьүйэн кэлэ-кэлэ мөлтөөн хаалар имэҥҥэ эрэ олоҕурдан кэбиһии олус улахан сыыһаҕа киллэрэр. Имэҥ хаһан баҕарар күөдьүйэн кэлиэн сөбүттэн ыал буолууга талан ылыыны быстах кэмнээх оҥорор. Бу сыыһаны сэбиэскэй былаас дьахталлары көҥүллэринэн ыытан олоххо киллэрэн кэбиспитэ билигин да салҕанан иһэрэ хомолтону эрэ үөскэтэр.
Ыал буолуу диэн кыыс уонна уол икки ардыларыгар сөбүлэһии уонна сөбүлэһиини түһэрсии буолар. Ыал буолуу кэнниттэн үөскээбит имэҥ туһата улахан буолар. Ону тэҥэ имэҥэ да суох кэпсэтиинэн ыал буолааччылар кытта бааллар, элбэхтэр уонна бэрт эйэлээхтик, уһуннук олороллор, элбэх оҕолорун киһи быһыылаахтык иитэллэр, үлэҕэ үөрэтэллэр. Билигин ырыынак, баай-мал ордук суолталаммыт кэмигэр ыал буолууга баай-мал эдэрдэри холбооттуур көмөтүн туһаныы эрэйиллэр буолла. Ыал баайыгар-малыгар кыыс энньэтэ уонна уол халыыма киирсэннэр ыал баайын төрүтүн үөскэтэллэр.
Аныгы, сайдыылаах диэн ааттыыр үйэбитигэр ыал олоҕун төрдүттэн уларытыылар тахсан эрэллэр эрээри, куһаҕан өттүгэр халыйыыны үөскэтэллэр. Арҕааҥҥы дойдулар атыттартан элбэх сайдыыны ситиспит аатыраарылар ыал олоҕун төрдүттэн алдьатан эрэллэр. Дьахтар дьахтары, эр киһи эр киһини кытта ыал буолалларын сокуон ылынан көҥүллээбиттэрин таһынан, өссө аһара баран, бу сымыйа ыаллар оҕо иитэллэрин эмиэ көҥүллээн эрэллэр.
Арҕааҥҥы омуктар уларыйар кэмнэригэр киирэн олороллоруттан итинник, дьон сайдыыларыгар сөп түбэспэт, төттөрү дьайыылаах сокуоннары ылынан иһэллэр. Саҥа омук үөскээһинэ дьахталлар баһылаан салайыыларынан барарынан итинник, быстах кэмнээх уларыйыылар киириэхтэрин сөп.
Биһиги, былыргы төрүттэрбитин билинэр сахалар ыал олоҕор итинник тосту уларыйыылар киирэллэрин сөбүлээбэппит. Маннык уларыйыылар аһара бараннар омугу уларытан кэбиһиэхтэрин сөп.
Ыал буолуу сүрүн сыалынан төрөппүттэр удьуордарын, утумнарын, буор куттарын салгыыр оҕолору төрөтүү уонна иитэн, үөрэтэн киһи буолууну ситиһиннэрдэххэ табылларын хаһан баҕарар тутуһа сырыттахха эрэ омук уһун үйэлэнэр кыахтанар.
Эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолара кыра эрдэхтэринэ атаахтык иитиллэллэриттэн улаатан иһэр. Эдэр, саҥа холбоспут ыаллар солумсахтара улаатан тапталлара солуйа, сойо охсоруттан арахсыылара эбиллэн иһэр. Бу арахсыылар элбээннэр сотору холбоһооччулар аҥардарыгар тиийэрэ саарбаҕа суох буолла.
Эр уонна ойох арахсыылара оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр улахан куһаҕан охсууну оҥорор. Оҕо өйө-санаата тосту уларыйарыттан куһаҕан өттүгэр халыйан хаалыан сөбө улаатар. Аҥардас дьахталлар уол оҕону кыайан ииппэттэрэ былыргыттан биллэриттэн “Тулаайах оҕо” диэн этии баар. Ийэ куттара үчүгэй үгэстэринэн иитиитэ суох, туруга суох өйдөөх-санаалаах, бас-баттах майгылаах эдэрдэр элбээннэр араас хамсааһыннар үөскүүллэригэр тириэрдэннэр омук эстиитин үөскэтиэхтэрин сөп.
Ыал буолуу сүрүн сыалынан төрөппүттэр бэйэлэрин эттэрин-сииннэрин удьуордуур уонна буор куттарын утумнуур оҕолору төрөтөллөрө буолар. Кыыс оҕо ыраас кыыһынан эргэ таҕыстаҕына ыал олоҕо туруктанар, инники сыалланар, күтүөтү таба талан ылыыттан төрөтөр оҕолоро сайдыылаах буор куттаах буолара уонна олоҕор ситиһиилэри оҥороро кыаллар кыахтанар.
Онон аныгы, ырыынак үйэтигэр аймахтары уонна омук сайдыытын, ахсаана эбиллиитин, үлэни кыайарын үөскэтэргэ аналлаах ыал буолуу былыргы үгэстэрин оннуларыгар түһэрии эрэйиллэр.
КЫЫС ОМУК АНАЛА
Саха төрүт тылларыгар барыларыгар өй-санаа, үгэстэр иҥэн сылдьаллар. Ол иһин саха тыла иччилээх диэн ааттанар. “Кыы” диэн кычыгырыыр тыаһы үгүс киһи тулуйан истибэт. “Кыы” диэн тыаска “с” диэн ыһар, тарҕатар дорҕоон эбиллиититтэн кыыс диэн тыл үөскээбит. Бу тыл “ыы” диэн ытааһын дорҕооннорун дьайыыларыттан уратылаах, сэрэхтээх тыл буолара кыыс этин-сиинин уратытынан быһаарыллар.
Кыыс диэн тылбыт өйдөбүлэ сыыйа намтаан кыра оҕолорго эрэ сыһыаннаах буолан иһэр. Чахчы ыраас кыыһы начаалынай кылаас оҕолоруттан эрэ булуохха сөп диэн этии олус хомолтолоохтук иһиллэр. Айылҕа ыраас кыыһы анаан-минээн бэлиэтээн чараас бүрүөһүнү үөскэппит уонна эр киһи буор кутун харыстыыр аналлаабыта, билигин өй-санаа үөрэҕин тутуспат атеистар элбээннэр хаалан сылдьар.
Былыргы кэмнэргэ ыраас кыыс оҕо аатыгар “куо” диэн тыл эбиллэрэ. Ол аата бу кыыс ырааһа анаан-минээн бэлиэтэнэрэ. Эргэ тахсарыгар ураты кыһанан симииллэрэ, маанытык таҥыннараллара, эр киһини утумнуур оҕону төрөтөр кыаҕа улаханыттан эргэ барар кыаҕа биллэрдик үрдүүрэ.
Кыыс диэн тыл элбэх ахсааҥҥа туттулларыгар кыргыттар диэҥҥэ уларыйара кыыс оҕо уратытын өссө чуолкайдаан, чиҥэтэн биэрэргэ аналлаах. “Кыр” диэн алдьаныы тыаһа, туох эрэ кыра, чараас алдьанарыгар итинник тыас тахсар. Бу тыас өссө абырахтаммат гына алдьаныыны биллэрэрэ тыл суолтатыгар ордук табыллар.
Кут-сүр үөрэҕин саҥалыы үөрэтэн буор кут диэн киһи бары быччыҥнарыгар үөскүүр өйү-санааны быһаарар мунньуллуу буоларын уонна эр киһи сиэмэтин кытта буор кута дьахтарга бэриллэрин быһаарбыппыт кэнниттэн омук сайдыыны ситиһэригэр улахан туһалааҕа билиннэ. Ыраас кыыс эрэ эр киһини утумнуур оҕону төрөтөрө быһаарыллан кыргыттары саҥалыы сыаналааһын уонна улаатан истэхтэринэ харыстааһын олоххо киириэ этэ.
Өй-санаа туохтан да иҥнибэт, истиэнэ да кыайан хаайбат. Араас чараас эрэһиинэни туһанан эр киһи сиэмэтин тута сатааһын буор куту кыайан хаайбат. Син-биир дьахтар киэлитигэр киирэн иҥэн хаалара кэлэр оҕо кими утумнууруттан биллэр. Атын киһиттэн оҕолоох дьахтары кэргэн ылбыт киһи бастакы оҕото кинини маарынныыра аҕыйах буолар. Ыал буолуу былыргы үгэстэрин тутуһан кыыс оҕо эргэ барыар диэри улаханнык харыстанара, төрөппүттэрэ көрө-истэ сылдьаллара эрэйиллэр. Сайдыылаах буор куттаах, ол аата дьоҕурдаах, сатабыллаах уонна талааннаах дьонноох аймахтар кийииттэрин ылалларыгар, эр киһилэрин утумнуур кэлэр көлүөнэлэниэхтэрин баҕарар санаалара туоларын туһугар, кыыһа алдьамматах буоларын кытаанахтык ирдииллэрэ.
Төрүт уус аймахтар хас да көлүөнэлэр усталарыгар күүскэ үлэлээн-хамсаан үөскэтинэн мунньуммут буор куттара кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэригэр баҕараллар. Бу баҕа санаа туоларын, кыыс ыраас буоллаҕына эрэ толорор кыахтанарын былыргы кэмнэртэн ыла сахалар билбиттэр. Ол иһин ыал буолуу үгэстэрин туһанан эр дьон үлэни кыайалларын, сатабылы, талааны үөскэтэр буор куттарын кэлэр көлүөнэлэргэ тарҕатан аймахтары, омугу сайыннараллар.
Эргэ барар кэмигэр кыыс ыраас кыыһынан сылдьарын араас биллэр ньымалары туһанан бэрэбиэркэлии сатыыллара:
- Кыра эрдэҕиттэн кыыстарын көрөр-истэр төрөппүттэр биэрэр эрэллээх тыллара уонна киэргэтэн симииллэрэ, маанытык таҥыннараллара бастакы дакаастабылынан буолара.
- Уруу кэнниттэн эдэрдэр аан бастаан хоонньоһон турдахтарына орон таҥаһын көрүү эбиискэ туоһулааһыҥҥа киирсэрэ.
- Оҕо төрөөн, улаатан истэҕинэ кимиэхэ маарынныыра, ким курдук хамсанара толору ырытыллан быһаарыллара.
Кийиит саҥа аймахтарыгар уол оҕолору төрөттөҕүнэ уонна кинилэр улаатан истэхтэринэ ылар оруола улаханнык үрдээн биэрэр. Уол аҕатын араспаанньатын ылынара аймахтары элбэтэр аналлааҕын быһаарар. Ыаллар кийииттэрин сыаналыыллара, араас кэһиини, бэлэхтэри оҥороллоро элбиир.
Оҕолор улаатан истэхтэринэ дьон ортотугар ылар оруоллара уларыйара сахабыт тылыгар иҥмит. Өссө ыал буола илик эдэрдэр уол уонна кыыс диэн ааттаналлар. Ойох ылыы, эргэ тахсыы кэнниттэн эдэрдэр ааттара уларыйар. Уол эр киһи буолар, ыалы барынан-бары хааччыйара саҕаланар, кыыс дьахтарга кубулуйан оҕо төрөтүүнэн, иитиитинэн дьарыктанар кэмэ кэлэр.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар уол уонна кыыс эмиэ сөп түбэһэллэр. Хайа аймахтары элбэтэллэриттэн уонна сайыннаралларыттан тутулуктанан икки өрүттэрэ арыллар:
1. Уол атын аймахтартан ойох ылан бэйэтин аймахтарын элбэтэр, үлэлээн киллэрэр барыһа бэйэтигэр эбиллэр.
2. Кыыс атын аймахтарга эргэ баран саҥа аймахтар ахсааннарын элбэтэр. Ол иһин “Кыыс омук анала” диэн этиини үөскэппиттэр.
“Кыыс омук анала” диэн этии олус былыргы, ыаллар саҥа үөскүүр кэмнэриттэн баар. Олус былыргы кэмнэргэ хас биирдии нэһилиэктэр, улуустар туспа хааннаах дьоҥҥо киирсэннэр, атын омуктар эбиттэр. Сахалар олоҥхо кэмин саҕаттан элбэх омуктары бэйэлэригэр холбообуттар. Ол курдук олоҥхоҕо кэпсэнэр кэмҥэ 35 биис уустара бааллара билигин да биллэр курдуктара нэһилиэктэр, аҕа уустарын ааттарыгар иҥэн сылдьаллар.
Теле диэн ааттаах Сибииргэ аатырбыт омуктар сыдьааннара төлөйдөр диэн дьон Төлөй нэһилиэгин үөскэппиттэр. Кытай сиригэр олорон тимир уустарынан аатырбыт бахсылар аймахтара билигин Бахсы нэһилиэгэр олороллор.
Урукку ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ сахалар сиртэн тутулуктара олус улахана. Бары ыаллар өлүү сирдэриттэн туһа таһаарынан айахтарын ииттэр кыахтаналлара.
От сир аайы сыл ахсын тус-туспатык үүнэр. Былыргы кэмҥэ нэһилиэктэр хас сыл аайы сирдэрэ төһө үүммүтүттэн көрөн саҥалыы үллэстэллэрэ. Бу кэмҥэ кыргыттар атын ыалга кэргэн бараллара айылҕаттан аналлара буоларын табан туһаналлара. Сири үллэстиигэ уустуктары, улахан буккуурдары киллэрэрин иһин кыргыттары, дьахталлары сири үллэстиигэ кыттыһыннарбаттар этэ.
Ыраахтааҕы былааһа эстэрин саҕана сири бас билиигэ эр дьоҥҥо уонна дьахталларга тэҥнэһии киирэн испитэ. Улахан баай төрөппүттэрдээх кыргыттарга энньэ сири биэрии үөскээн араас буккуурдары киллэрбитэ. Ханна эрэ атын нэһилиэккэ энньэ сирин быһан биэрии олохсуйбута сири үллэстиигэ уустуктары үөскэппитэ. Сири үллэстэр кэмтэн саҕалаан “Кыыс омук анала” диэн этии үөскээн тарҕаммыта сөп. Бу этии сахаларга былыргыттан баар. Кыыс атын ыалларга, омуктарга кэргэн баран кинилэр кэлэр көлүөнэлэрин үөскэтэрин, кинилэри элбэтэрин биллэрэр.
Былыргы кэмнэргэ кыыһы эргэ биэрии омуктар икки ардыларыгар эйэни олохтуурун, саҥа аймахтары үөскэтэрин эмиэ туһаналлар эбит. Ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ сахалар кыыс оҕолору сири, атын баайы-малы үллэстиигэ кыттыһыннарбаттар эбит. Кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн атын аймахтарга кэргэн барарын билэрэ, улаатан иһэн кыыһын харыстанара аналлаах ирдэнэр көрдөбүлгэ киирсэрэ. Аймахтары утумнааһыны буор кут үөскэтэрин сахалар билэн эргэ тахсар кыыс ырааһынан сылдьарын төрөппүттэрэ ситиһэллэрэ.
Эргэ тахсыыга ыраас кыыс сыаната үрдүүрэ, ол иһин эргэ барар кыаҕа биллэрдик улаатара. Оччотооҕу кэмҥэ эр дьон удьуордарын, утумнарын, буор куттара салҕанан иһэрин баҕаралларын ыраас кыыһы ойох ыллахтарына ситиһэллэрин билэллэрэ.
Ол кэмҥэ күүстээхтэн күүстээх, кыахтаахтан кыахтаах төрүүр диэн быһаарыыны кытаанахтык тутуһаллара, эр киһи сайдыылаах буор кутун харыстыыллара, ыраас кыыһы ойох ылан кэлэр көлүөнэлэригэр үчүгэй хаачыстыбаларын, буор куттарын биэрэ сатыыллара.
Оҕо төрөөтөҕүнэ ким курдуга, кимиэхэ маарынныыра быһаарыллара, онтон улаатан истэҕинэ саҥата-иҥэтэ, хамсаныылары хайдах оҥороро кэтээн көрүүгэ түбэһэллэрэ, сыана быһаллара, билгэлии сатыыллара. Улаатан истэҕинэ үлэҕэ үөрэтиигэ хайдах хамсанара, туохха дьоҕурдааҕа, сатабыла, талаана быһаарыллан иһэриттэн буор кута хайдаҕа биллэн тахсара.
Эрдэттэн кыыһа алдьаммыт кийиит сыанабыла түһэрэ. Дьонугар төттөрү да ыытан кэбиһээччилэр көстөллөрө. Ол барыта төрүт уус аймахтар хас эмэ көлүөнэлэр усталарына сайдыбыт буор куттарын харыстыыллара үгэскэ кубулуйан сылдьарын толоруу буолара.
Кыыс эргэ барарыгар анал баайдаах энньэлээх буолара ирдэнэрэ. Сэбиэскэй былаас кэмигэр быстар дьадаҥылар былааһы ылан баһылааннар энньэтэ, халыыма суох ыал буолууну олоххо киллэрбиттэрэ. Дьадаҥылар төрөтөр оҕолорун син-биир хамначчыт буолуо диэн туһалаах хаачыстыбалаах, сайдыылаах буор куттаах төрүүрүгэр кыһамматтара, суолта биэрбэттэрэ.
Бэйэлэрин киһилии майгылаах, төрүт уус ыал курдук сананар ыаллар кыыс оҕолоро хайаан да энньэлээх, онно сөп түбэһэр халыымы уол дьоно төлөөтөхтөрүнэ эрэ ыал буолууга сөбүлэһэрэ. Дьадаҥылар дьадаҥылары, үлэһиттэр үлэһиттэри, баайдар баайдары кытта холбоһон ыалы үөскэтэллэрэ былыргыттан олохсуйбута.
“Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһооно ити өй-санаа арахсыытыттан үөскээбит. Баай уонна дьадаҥы өйдөрө-санаалара сөп түбэспэттэр, утарыта хайысхалаахтар. Баай дьон дьадаҥылары туһанар, үлэлэтэн барыһы киллэринэр өйдөрө-санаалара улаханыттан дьадаҥы аймахтарын да бэйэлэригэр хаһан да тэҥнээбэттэр.
Билигин биһиэхэ ырыынак олоҕо киирэн дьон байа-тайа сатыыр санаалара улаатыытыттан уонна олохторугар ситиспит ситиһиилэрин, баайдарын-малларын ыһан-тоҕон кэбиспэт, туруктаах өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэниэхтэрин бары баҕараллара улаатта. Бу улахан баҕа санаа туоларын туһугар ойох ылааччылар эрдэттэн кыһанан, ыраас кыыһы булан ылан ыалы тэрийиэ этилэр.
Айылҕа кыыс оҕоҕо аналлаах бүрүөһүнү айан бүөлээбитэ эр дьон сайдыыны ситиһэллэрин, буор куттара кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэрин үөскэтэр. Кыахтаах, күүстээх эр киһи удьуора, утума, ол аата буор кута салҕанарын, бу бүрүөһүн хааччыйар аналлаах.
Омугу үлэ эрэ сайыннарар. Эр дьон күүскэ, кыахтаахтык үлэлээн, сатабыллаахтык оҥорон, тутан баайы-малы элбэтэллэр. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ харчыны эргитии барыстаах үлэтэ эбиллибититтэн мөлтөхтөр да элбэх барыһы ылыахтарын сөбө улаатта эрээри, сахалар ыча диэн өй-санаа туругун, майгы уратыларын быһаарар билиилэрэ уларыйа охсубат, байыыны ситиһии ураты уустуктарын, элбэх үлэни, тулууру эрэйэрин биллэрэр.
Омук сайдан иһэр кэмигэр эр дьон баһылаан салайаллар. Билигин саха омуга сайдыыны ситиһии таһымыгар тахсыбытынан, кинилэр Кут-сүр үөрэҕин тутуһан, үйэлэрин тухары сайдан иһэр буор куттарын кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэргэ улаханнык кыһаныа этилэр.
Кыыс оҕо аналынан эргэ тахсан кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии буоларын кытаанахтык тутуһуу сайдыыны ситиһэн иһэр омуктан ирдэнэр. Кыахтаах, күүстээх эр дьоно суох буолуу омугу атыттарга баһыттарыыга, эстиигэ, симэлийиигэ тириэрдэрэ хаһан да уларыйбат. Күүстээх тустууктарбыт, кыахтаах үлэһиттэрбит аҕыйааннар сахалар симэлийэр кутталлара, бу кэмҥэ өссө улаатан иһэр. Ол иһин ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрии ирдэнэр көрдөбүл буолла.
Уол уонна кыыс олохторун сыаллара тус-туспалар. Уол кыайа-хото үлэлиир, булар-талар кыаҕа улахан уонна ыалы хааччыйыыга туһуланар буоллаҕына, кыыс сааһа ситтэр эрэ эргэ тахсан сайдыылаах буор куттаах кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр анала бастаан иһэр. Ол аата кыыс аан маҥнай этэ-сиинэ ситэрин кытта оҕолору төрөтөн, улаатыннаран баран, ол кэнниттэн араас үөрэҕинэн, үлэнэн дьарыктанара ыал олоҕо табылларын үөскэтэрин туһаныы эрэйиллэр.
Олох биир сиргэ турбат, уларыйыы киирэн иһэр. Төрүүр кэмэ ааспыт дьахтар эр киһиттэн тугунан да итэҕэстийбэккэ ыарахан диэн ааттанар үлэлэри үлэлиир кыахтанар. Билигин биһиэхэ, саҥа үөскээһин кэмин ааспыт, сайдан иһэр саха омукка элбэх үлэни-хамнаһы кыайар уолаттар, эр дьон ордук туһалаахтар. Ол иһин эр дьону бөҕөргөтүү, аҕа оруолун үрдэтии, ыал аҕаларыгар көмөлөһүү эрэйиллэр кэмэ кэллэ.
Ити үтүө сыалы ситиһэргэ туһуламмыт биһиги баҕа санаабыт уолаттары кыыс оҕолортон туспа арааран детсадтарга, оскуолаҕа иитиэ, үөрэтиэ этибит диэҥҥэ тирэҕирэр. Бу санаабытын “Эдэр саас” хаһыакка 1999 сыллаахха бэчээттэппиппит. (10).
Итини тэҥэ кыыс оҕолору уһуннук үөрэтэ сатаабакка сааһын ситтэр эрэ эргэ барарын ситиһии кыргыттар ыраас кыыстарынан эргэ тахсалларын оннугар түһэриэ этэ диэн баҕа санаалаахпыт. Ол барыта оҕо улаатан иһэн айыыны, дьон билбэттэрин, уратыны оҥорор санаата элбиириттэн уонна атыттары үтүктэриттэн кыыс оҕолору харыстаан, анаан-минээн оҥоруллуо этэ.
Былыргыттан дьадаҥы төрүттээх суруйааччылар, учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэллэрэ оҕолор айыыны оҥорор санааларын аһара күөртүүрүттэн уһуннук үөрэнэр оскуоланы күүлэйдии үөрэммит эдэр дьахталлар үөрэнэн бүтэрэллэрин үөскэттэ. Төрөппүттэр бу элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” оскуолаҕа үөрэтиини тохтоттороллоро ирдэнэр кэмэ кэллэ. Ол курдук ыаллар баар-суох оҕолорун өйүн-санаатын сымыйа үөрэҕинэн буккуйан, араас айыыны оҥотторо сатаан, сыыһа-халты туттунарын үөскэтии тохтотуллара хайаан да ирдэнэр буолла.
Кыыс оҕо ханна эрэ сыыһа туттунан кыыһын былдьаттаҕына былыргы кэмҥэ сууттааһын, “Саат куттарыыта” диэн баар этэ. Бу төлөбүр кыыс оҕо баайыттан тутулуктанан элбэх буолара биллэр. Тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үөрэҕэ” диэн сымыйа үөрэҕи айаннар кыыс оҕо айыыны оҥорор санаатын аһара күөртүүллэриттэн саха омук сайдарын мэһэйдии сатыыллара быһаарыллар буолла.
Кыыс оҕоттон омук кыаҕа, күүһэ быһаччы тутуллар. Кыргыттары харыстааһын диэн үөрэх аан бастаан омугу, эр дьон утумнарын, буор куттарын харыстааһын буолар. Эр дьоно мөлтөөбүт омук өр барбат, атыттар ыгыыларыттан, үлэлиир үлэлэрин былдьааһыннарыттан симэлийэр, уларыйар дьылҕаланар.
Омук күүһэ мөлтөөһүнүн спордунан дьарыктаныыттан булан ылыахха сөп. Тустуу киһи күүһүн уонна хамсаныыларга дьоҕурун быһааран билиигэ туһата олус улахан. Россия улахан тустууктара барылара кэриэтэ Кавказ омуктарын уолаттара буоллулар. Улахан, күүстээх тустууктара суох буолбут нуучча омук билигин мөлтөөһүн, уларыйыы кэмигэр киирэн сылдьар. Сахалар бу халыйыыга эмиэ киирэн биэрэн сылдьалларыттан анаан-минээн ыал буолуу үгэстэрин киллэрэн харыстаныы ирдэнэр кэмэ тиийэн кэллэ.
Онон саха омук ыал буолууга туһанар былыргы үгэһинэн кыыс оҕо эргэ барыар диэри кыыһын, ырааһын харыстааһына буолар.
АҤАРДАС КИҺИ
Сахалар оҕо этэ-сиинэ улаатан, өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситиһиитин биллэр бэлиэтинэн ыал буолуутун ааҕаллар. Ыал буолуу киһи этин-сиинин баҕатын ханнаран, өйө-санаата сайдыытын өссө үрдүк таһымҥа таһаарара, инники диэки сирдиирэ, олох тупсуутун ситиһэр баҕа санаалары үөскэтэрэ быһаарыллар.
Ыал буолуу киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар киллэрэр уратыларын сахалар үөрэтэн билбиттэрэ ырааппыт. Киһи кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр санаата ыал буоларыгар күһэйэн олоҕун инники сыалын ситиһэригэр тириэрдэр. Ол иһин ыал буолбатах киһини туспа арааран, өйүгэр-санаатыгар итэҕэс, халыйыы баарын биллэрэн “Аҥардас киһи” диэн ааттаабыттар. Ол аата аҥардас киһи диэн өйө-санаата туруга суох, киһи аҥара эрэ буолара быһаарыллар.
Ыал буолуу эт-сиин баҕа санаатын толорон киһи өйө-санаата тупсарын, үчүгэй туһунан элбэхтик саныырын үөскэтэр. Элбэх үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй быһыылары оҥороро үксүүрүн сахалар өй-санаа, таҥараларын үөрэҕэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.
Кыыс оҕо сааһын ситтэр, 16 сааһын туоллар эрэ баҕа санаата эргэ тахсыы диэки уларыйар. Ону сахалар тутуһаннар бу кэмҥэ эргэ биэрэллэр. Ыраас кыыс оҕо эр киһи сайдыылаах этин-сиинин, буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэр кыахтанарын билигин, саха омук сайдыыны ситиһэр кэмигэр хайаан да тутуһуу ирдэнэр. Бу умнуллан хаала сыспыт былыргылар билиилэрин олоххо хаттаан киллэриигэ үрүҥ айыы итэҕэлин тутуһааччылар күүскэ ылсыһар кыахтаахтар.
Эр киһи сааһыран истэҕинэ буор кута сайдан иһэриттан үлэни-хамнаһы баһылаан баран ойох ылара сайдыылаах буор куттаах оҕону төрөтөр кыаҕын улаатыннарар, онтон кыыс оҕо сааһын ситтэр эрэ эргэ тахсан эр киһи буор кутун оҕотугар иҥэрэрэ эрэйиллэр.
Ыал буолуу оҕо улаатан киһи буолууну ситиһэрин үөскэтэр. Сахалар бу бэлиэ кэм өйгө-санааҕа киллэрэр уратытын арааран билэн “Киһи буолуу” диэн оҕо өйүн-санаатын иитэр, үөрэтэр үөрэҕи олохтообуттар. Ыал буолуу кэнниттэн киһи этин-сиинин баҕа санаата туолуута үөскүүрүттэн өйүн-санаатын туруга бөҕөргүүр, олоҕор саҥа ситиһиилэри оҥорор, тупсарыылары киллэрэр кыаҕа улаатарын тэҥэ, киһи буолуу үөрэҕин ситиспитэ бэлиэтэнэр. Ол аата киһи буолууну ситиһии диэн киһи ыал буоллаҕына ситиһиллэр бэлиэ кэм буолар.
Олох үөрэҕин өбүгэлэрбит үөрэхтэриттэн ылынан иһэрбит ордук табыллар. Ол курдук сахаларга ыал буолуу уратыларын туһунан элбэх этиилэрдээхтэр:
- Кэргэнэ суох киһи “Аҥардас киһи” диэн ааттанар. Ол аата киһи аҥара эрэ диэн өйдөбүллээх. Этэ-сиинэ төһө да баарын иһин, өйө-санаата итэҕэстээх, аҥара эрэ буолар. Кэргэнэ суох киһиэхэ этин-сиинин баҕата туолбатыттан, хаатыйаланан сылдьарыттан өйүгэр-санаатыгар улахан итэҕэс үөскүүрүн сахалар былыр-былыргыттан билэн тылларыгар киллэрбиттэр. Уол уонна кыыс сөбүлэһэн ыалы үөскэттэхтэринэ эттэрин-сииннэрин баҕа санаата туоларыттан киһи буолууну ситиһэллэрэ кыаллар. Өссө атын туһалаах санаалары үөскэтинэннэр киһилии быһыылары оҥорор кыахтара улаатар.
- “Муҥур куруҥах киһи”, “Муҥур буруо, муус оһох” диэн этиилэринэн аҥардас киһи олоҕо улахан итэҕэстэрдээҕэ, элбэх баҕа санаата кыайан туолбата арыллар. Ол итэҕэстэр өйгө-санааҕа уһун кэмҥэ дьайыылара өй-санаа уларыйыытыгар, хайа эрэ диэки халыйыытыгар тириэрдиэн сөп. Бу этии аҥардас киһи үйэтэ бэйэтинэн бүтэн, быстан хааларын биллэрэрэ ордук хомолтолоох суолталаах.
- “Кытыйанан хамыйаҕынан кырбаһа олорор” диэн этии эргэ тахсыбатах кыыс, дьахтар өйө-санаата уларыйыытын, куһаҕан өттүгэр халыйыытын, этин-сиинин баҕата хамматыттан тулуура суох буолуута улаатан, сыыһа туттунара элбиирин быһааран биллэрэр.
- “Кэргэнэ суох дьахтар иччитэ суох сүөһү кэриэтэ” диэн этии аҥардас дьахтар баҕа санаата туолбатыттан эрэйдээх олоҕун, муна-тэнэ сылдьарын, атын эр дьону батыһа, көрүтэлии сатыырын кылгастык биллэрэр.
Омук олоҕор араас хамсааһыннар үөскээн тахсыылара өй-санаа туругуттан улахан тутулуктаах. Дьон ыал буолуулара аҕыйааһына, ыаллар арахсыылара элбээһинэ аҥардас сылдьааччылары үксэтэн туруга суох өйдөөхтөр-санаалаахтар элбииллэрин үөскэтэрэ омук эстиитигэр тириэрдиэхтэрин сөп.
Кэргэнниилэр арахсыылара өйдөрүгэр-санааларыгар олус улахан охсууну оҥорор. Дьон сыһыаннарыгар “Атырдьах маһыныы арахсыы” диэн тиийэн кэллэҕинэ “Үөдэн да түһэҕэр түс” диэн этии үөскээн тахсарыгар тириэрдиэн сөп. Арахсыбыт ыаллар оҕолоро “Тулаайах оҕоҕо” кубулуйарыттан өйө-санаата улаханнык буорту буолан атаахтааһын диэки халыйан хаалыан сөп.
“Аҥардас киһи” бэйэмсэх санаата улаатар. Туох булбута барыта бэйэтигэр эрэ аналланарыттан, бэйэтин эрэ билиитинэн туһанарыттан үрдүктүк туттунара эбиллэн иһэр. Ол уларыйыыны бэлиэтээн “Сааһырбыт киһи ыал буолара уустук” диэн этэллэр. Ону тэҥэ аҥардас, эттэрин-сииннэрин баҕата туолбатах дьон элбээһиннэрэ араас хамсааһыннар үөскээһиннэригэр тириэрдиэн сөп.
Ыал буолуу диэн атын киһини кытта сөбүлэһиини, холбоһууну, кини туһугар олоҕу олорууну, баҕа санаатын толорууга кыһаныыны үөскэтэриттэн киһи бэйэмсэх өйүн-санаатын улаханнык уларытарын, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһарын эрэйэр. Аныгы атаахтык иитиллэр эдэрдэр ыал буолаат арахсалларын төрүтэ итиннэ, бэйэмсэхтэрэ улааппытыгар саһан сылдьар. Атаах оҕо бэйэмсэҕэ улаханыттан, бэйэтиттэн атын кимиэхэ даҕаны үчүгэйи оҥорор санаата суоҕуттан уонна олору ыгааһын күүһүнэн оҥордоҕуна даҕаны халы-мааргытык тахсарыттан ыаллар арахсыылара элбиир.
Омук олоҕор туруга суох өйдөөхтөр-санаалаахтар элбээтэхтэринэ “Муостаах муостааҕы көрсүөҕэ” диэн этии олоххо киирэриттэн араас, буолар-буолбат, ол-бу, ураты баҕа санааларын толоро сатааччылар элбиэхтэрин уонна салайар былааһы сөбүлээбэттэрин биллэрэр хамсааһыннары үөскэтэллэрэ кэлиэн сөп. Дьон олоҕо туруктаах буолуутун үөскэтэр салайар былаас ыал буолуу туһатын билэн, кыыс оҕолор ыраас кыыстарынан эргэ баралларын, анаан-минээн тэрийэрэ эрэйиллэр көрдөбүл буолар.
Бу көрдөбүл туолуута улахан уустугу оҥорбот. Төрөппүт кыыс оҕотун кыра эрдэҕиттэн харыстаан, энньэтин бэлэмнээн, сааһа ситтэр эрэ сөптөөх эр киһини булан эргэ биэрэрэ эрэйиллэр. Омук сайдыыны ситиһэрин туһугар дьахталлар оҕо төрөтүүтүнэн уонна иитиитинэн дьарыктаналлара быдан улахан туһалаах.
Ыал буолуу киһи инники олоҕор ананар кэскиллээх санаалары киллэрэн, элбэтэн өссө ситиһиилэри оҥорорун үөскэтэр, оҕо улаатан иһэн өйө-санаата үрдээн иһэр таһымын, киһи быһыылаах буолууну ситиһэн иһэрин биллэрэр. Киһи ыал буоллаҕына тапталы билэн, аһынар, харыстыыр, көмөлөһөр санаата биллэрдик улаатан өйө-санаата тупсарын иһин киһиэхэ ыал буолуу кэлэр кэмин аһаран кэбиспэтэххэ туһата улаатар.
“Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн этии дьахтар оҕо төрөтөр кэмэ кылгаһын биллэрэр. Бу олоххо туһалаах этиини тутуһан дьахталлар эргэ тахсалларын хойутатыахтара суоҕа этэ. Ол курдук дьахтар хойутаан баран оҕолоноро ыарыһах оҕону төрөтөрүн элбэтэр.
Онон ыал буолуу диэн киһи этэ-сиинэ ситэн, өйө-санаата сайдан, тупсан айылҕаттан аналын толорон, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэргэ чахчы кыһаныыта ааттанар.
ЫАЛЫ ТЭРИЙИИ
Саҥа ыалы тэрийиигэ былыргы кэмнэргэ төрөппүттэр ылар оруоллара олус улахан этэ. Кинилэр оҕолоро ыал буоларыгар эрдэттэн кыһананнар аймахтара, омук ахсаана элбиирин, эттэрэ-сииннэрэ тупсарын уонна буор куттара сайдарын ситиһэр этилэр.
Былыргы кэмнэргэ олоххо улаханнык уопутурбут төрөппүттэр кэскиллээх быһаарыылара ыалы тэрийиигэ хайаан да ирдэнэрэ, төрүччү үөрэҕин туһанан саҥа аймах буола сатааччылар төрүттэрин ыраахха диэри үөрэтэллэрэ, эттэрэ-сииннэрэ уонна буор куттара төһө сайдыылааҕын ырытан баран быһаарыыны ылыналлара.
Билигин төрөппүттэр ыалы тэрийиигэ быһаарар оруолу ылалларын сэбиэскэй былаас суох оҥорбутун оннугар, былыргытыгар төнүннэрии ирдэнэр кэмэ кэллэ. Ыал буолуу былыргы үгэстэрин туһаныы эрэ дьон эттэрин-сииннэрин уонна буор куттарын тупсарарын, аймахтары, омугу сайыннарарын билэн олоххо туһаныы ирдэнэр буолла.
Сайдыылаах буор кута суох, араас ыарыылардаах кэлэр көлүөнэлээх буолуохтарын ханнык да төрөппүт баҕарбат. Саастарын сиппит эдэрдэр эттэрин-сииннэрин быстах санаатыгар оҕустаран сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэллэрэ хаһан баҕарар баар. Эдэрдэр улаатан иһэн быстах быһыыга түбэһиэхтэрин сөбүттэн, олоххо уопутурбут төрөппүттэр оҕолорун харыстыыр кыахтарын туһанан көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэрэ аан бастаан эрэйиллэр.
Ыалы тэрийиигэ аймахтаһан хаалыыны үөскэппэт буолууну төрөппүттэр эрэ хааччыйар кыахтаахтар. Чугас аймахтар оҕолоро ыарыһах буолан хаалара элбэҕин былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билэннэр аймахтаһыы сокуона диэни үөскэтэн ыал буолууну тэрийиигэ туһаналлар. Сахалар чугас, биир хаан аймахтарын тоҕус көлүөнэҕэ диэри билэллэрэ, билсиһэ сылдьаллара, бу сокуону тутуһууга көмө буолар аналлаах.
Төрөппүттэр төрүччү үөрэҕин тутуһалларыттан ыраах, чугас хаан аймахтарын арааран билэллэриттэн, оҕолоро атыны талан ыларыгар улахан көмөнү оҥороллоро эрэйиллэр. Ыал диэн кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэргэ аналлаах кыыс уонна эр киһи икки ардыларыгар сөбүлэһиини түһэрсии буолар. Сөбүлэһии диэн үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар икки ардыларыгар үөскүүр тэҥнэһиини үөскэтэр үһүс өрүт ааттанар. Ол аата ыал буолуу үчүгэй да, куһаҕан да буолбакка, тэҥнэһиини тутуһан сөп түбэһиини үөскэттэҕинэ табыллар, уһун үйэлэнэр кыахтанар.
Ыалы тэрийии диэн уустук, аймахтары, омугу сайыннарар аналлаах дьыаланы быһаарыыга сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи тутуһан икки өрүттээх быһыылары хайаан да оҥороллор:
1. Уол уонна кыыс бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһиилэрэ.
2. Кыыс энньэтэ уонна уол халыыма сөп түбэһиилэрэ, тэҥнэһиилэрэ эрэйиллэр.
Ыалы тэрийиигэ эрдэттэн бэлэмнэнэр бу элбэх үлэлэри төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:
1. Кыыс оҕо улаатан иһэн эргэ барарын билэрэ төрөппүттэрэ энньэтин бэлэмнииллэриттэн биллэн өйүгэр-санаатыгар эрдэттэн олохсуйар. Чугас олохтоох уоллаах кыыс араас урууларга, ыһыахтарга, муҥхаларга сылдьан билсиһэллэрэ, сөбүлүү көрсөллөрө биллэр. Онно эбэн төрөппүттэр оҕолоро ыал буолар сааһын ситтэҕинэ бары билэр аҥардарын көрсүһүннэрэ, билсиһиннэрэ сатыыллар.
Уолаттар өттүлэриттэн ыраах сирдэргэ анаан-минээн тиийэн көрүү, билсиһии оҥоруллара улахан туһалаах. Ол курдук эргэ тахсар кыыс баара уонна энньэтэ төһө буолара эрдэттэн быһаарыллан дьон билиитигэр тахсарыттан эр дьон төһө халыымы уйунар кыахтарын суоттанан суорумньулары ыытан кыыстаах ыалга тиийэн билсиһиилэри саҕалыыллара. Билигин дьахталлар элбэхтик туттар биирдэ көрөөт сөбүлээбитим диэн этиилэрин, оччолорго куруук кэриэтэ туһаналлара. Хантан эрэ кэлбит, күтүөттүөн баҕарбыт уолу көрдөрөөт даҕаны, сөбүлүүрүн дуу, суоҕун дуу кыыстан ыйыппытынан бараллара биллэр. Бу ыйыталаһыыга төрөппүттэр күтүөтү кытта кэпсэтэн, билсиһэн сөбүлээбиттэрэ эрдэттэн билиннэҕинэ, ыалы тэрийиини кыыс баҕа санаата быһаарар кэмэ кэлэрэ.
Кыыс оҕо күтүөтү сөбүлүүрүн биллэрдэҕинэ ыалы тэрийии үлэтэ салҕанан барара, энньэ уонна халыым төһөтө быһаарыллара, уруу хаһан буоларын кэпсэтэллэрэ.
Кыыс сөбүлээбэтэҕинэ кэпсэтии тохтууругар тиийэрэ. Арай күтүөтү төрөппүттэр сөбүлээтэхтэринэ тылларын ылыннара сатыыллара үөскээн тахсыан сөп.
2. Билигин ырыынак олоҕун кэмигэр харчы сыаната улаатан, туох барыта харчынан кэмнэнэр кыахтанна. Кыыс оҕо ыалы тэрийиигэ кылаата, энньэтин бэлэмнээһинэ улаатан истэҕинэ саҕаланар. Кыыстаах төрөппүттэр ыал маҥнайгы баайын-малын, энньэтин эрдэттэн бэлэмнииллэр, бу үлэ барыта аныгы үйэҕэ харчынан сыаналаннаҕына табыллар. Кыыс оҕо эргэ тахсар аналлаах. Кыыс оҕолоох ыаллар кыыстара сааһа туоллар эрэ эргэ барыахтааҕын билэллэриттэн энньэтин, араас таҥаһын, малын-салын эрдэттэн бэлэмнии сылдьаллара. Ыаллар төһө баайдаахтарыттан тутулуктанан кыыс энньэтэ араас буолара.
Энньэ диэн ыаллар кыыстара эргэ тахсарыгар, саҥа ыалы тэрийэригэр анаан араас баайы-малы, иһитин-хомуоһун тэрийэн, өлүүлээн биэриилэрэ ааттанарыттан саҥа ыалы тэрийиигэ кыыс энньэтин кээмэйэ улахан суолтаны ылар. Ыал төһө баайдааҕыттан тутулуктанан араас кээмэйдээх буолуон сөп.
Ыалы тэрийиигэ уол кыттыһааччы буолар, бэлэм энньэлээх кыыска кэлэн халыымын холбуур. Ол иһин бэйэтин өлүүтүн, халыымын эбии киллэрэн ыал баайын-малын элбэтэрэ уонна баайга-малга кыттыһан өйдөрө-санаалара тэҥнэһиитин олохтуура ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Уол ойох ыларыгар кыыс энньэтин саҕа кээмэйдээх халыым диэн ааттанар төлөбүрү төлүүр кыахтаннаҕына табыллар. Халыым диэн уол ситэн, үлэлээн-хамсаан, туһалааҕы оҥорон ыалы тэрийиигэ киллэрэр бэйэтин кылаата буолар. Саҥа ыалы тэрийиигэ көрдөнөр энньэ уонна халыым ыал төрүт баайа-мала буолан саҥа ыаллар олохторун тэринэллэригэр улаханнык туһалыыр аналлаахтар. (11,33).
Киһиэхэ айылҕа биэрбит аналынан ыал буолан оҕо төрөтүү буолар. Сахалар үөрэхтэринэн, бу аналын толорор туһугар оҕо киһи буолууну ситистэҕинэ, этэ-сиинэ ситтэҕинэ уонна өйө-санаата сайыннаҕына, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанан оҥорор быһыылара киһи быһыытыгар сөп түбэстэхтэринэ табыллар.
Киһи буолууну ситиһии диэн ыал буолуу кэнниттэн кэлэр өй-санаа уларыйыыта буолар. Ыал буола илик киһи аҥардас киһи диэн ааттанар уонна өйө-санаата арыыйда ситэ, оҕотун өйө-санаата өссө да хаала илигэ быһаарыллар. Киһи бу ыал буолар аналын толорорун туһугар сахалар былыр-былыргыттан кыһаналларын кэлэр көлүөнэлэр диэн холбуу этии баара биллэрэр.
Былыргы сахалар үөрэхтэринэн ыал, кэргэн буолууга баай-мал ылар оруола хайаан да аахсыллара табыллар. Ол курдук кыыс энньэтэ уонна уол биэрэр халыыма тэҥ сыһа сыаналаныылара кытаанахтык ирдэнэр көрдөбүл буолар. Уол кэргэн буолар кыыс энньэтигэр тэҥнээх халыымы төлөөбөтөҕүнэ ыал буолуу тохтотуллуон да сөп. Баай-мал тэҥ буолуута “Тэҥнээҕин булунуу” диэн этиинэн бигэргэтиллэр уонна төрүүр оҕо өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар улахан туһалаах оруоллааҕа быһаарыллар.
Ыал буолуу үгэстэригэр “Тэҥнээҕи булунуу” диэн үөрэҕи сахалар туһаналлар. Дьон бэйэ-бэйэлэригэр тэҥэ суохтара баай-мал төһө элбэҕиттэн улахан тутулуктаах. Элбэх баайдаахтар өйдөрө-санаалара уларыйан, бэйэмсэхтэрэ, улахамсыктара улаатан үлэһиттэри, дьадаҥылары кытта бэйэлэрин тэҥнээбэттэр.
Тэҥнээҕи булунуу диэн үөрэх дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын олохтуурунан уонна оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ киллэрэр уратыларынан сыаналанар. Ол курдук биир төрөппүтэ этэрин атына хатылаан чиҥэттэҕинэ, оҕо ону баар чахчынан ылынан толорор, өйүгэр-санаатыгар иҥэринэр кыахтанар.
Тус-туспа өйдөөх-санаалаах төрөппүттэр оҕолорун атын атыннык этэн иитэ, үөрэтэ сатыылларыттан хайалара да этэрин ылыммат буолар, иҥэринэр кыаҕа аҕыйыыр. Ол курдук биир төрөппүт кэмпиэти сиирин боппутун кэннэ, атына көҥүллээн кэбистэҕинэ, оҕо төрөппүттэрин тус-туспа араарара үөскээн, хайалара да этэрин истибэт кэмэ кэлиэн сөп. Кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрө-санаалара туруктаах буола улааталларын туһугар төрөппүттэр эрдэттэн кыһанан бэйэлэригэр тэҥнээхтэрин булуна сатыылларын сахалар үөрэхтэрэ ирдиир.
Уол уонна кыыс диэн дьон икки өрүттэрэ, ыал буола иликтэринэ итинник ааттаналлар. Ыал буолуу эккэ-сииҥҥэ киллэрэр уратылара саха тылыгар иҥмиттэр. Уол дьахтары биллэҕинэ эр киһи буолар. Кыыс эр киһилиин сылдьыстаҕына дьахтар буола уларыйар.
Бука бары омукпут өссө уһун үйэлээх буолуон, сайдыыны ситиһиэн баҕарабыт. Бу баҕа санаабыт туоларын туһугар ыал буолуу былыргы үгэстэрин аныгы сокуоҥҥа киллэрэн олоххо туһанарбыт эрэйиллэр.
Ыал аймахтар ахсааннарын элбэтэн омук сайдыытын үөскэтэр. Төрүт уус ыалга төрөөн, иитиллэн, үлэлии үөрэммит оҕо аан бастаан аймахтарын сайыннарар, элбэтэр, онтон үлэни кыайа-хото үлэлээн, бэйэтин кылаатын киллэрэн омук сайдыытыгар көмөлөһөр. Үлэни сатабыллаахтык үлэлээн атыттар үтүктэллэрин, батыһалларын үөскэттэҕинэ омук дьонун ахсааннара эбиллэригэр тириэрдэр.
Саха дьоно оҕолору кэлэр көлүөнэлэринэн ааттаан кыһанан көрөллөр-истэллэр, кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэллэр. Оҕо өйө-санаата сайдыытын, кэмэ кэллэҕинэ уларыйыытын Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарын олоххо туһаналлар.
Онон өй-санаа туһалаах үөрэхтэрэ омугу уһун үйэлииллэр. Саха омуга уһун үйэни ситиһэн иһэрэ Кут-сүр уонна таҥара үөрэхтэрин тутуһа сылдьарынан быһаарыллар.
ЫАЛ БУОЛУУ ҮГЭСТЭРЭ
Оҕо улаатан киһи буолууну ситиһиитэ ойох ыллаҕына эбэтэр эргэ таҕыстаҕына, ол аата саҥа ыалы үөскэттэҕинэ туолар диэн ааҕыллар. Бу киһи өйө-санаата тосту уларыйар кэмэ ыал буолан урууну оҥоруунан бэлиэтэнэр. Хомойуох иһин киһи олоҕо бүтэр, муҥурданар кэмэ тиийэн кэлэринэн эдэрдэр саҥа ыалы үөскэтиилэрэ кэлэр көлүөнэлэри төрөтөн, киһи быһыылаахтык иитэн, үөрэтэн аймахтары, омук ахсаанын элбэтэн сайыннаран иһиигэ аналланар.
Ыал буолууну сахалар тэрийиилэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:
1. Эт-сиин баҕа санаатын дьайыыта киһиэхэ улахан. Оҕо улаатан сааһын ситиитигэр баҕа санаата өссө улаатар. Ыал буолуу уол уонна кыыс эттэрин-сииннэрин баҕа санаатын ханнарыыга, толорууга уонна кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиигэ аналланарыттан олох тутаах сыалынан ааҕыллар.
2. Сахалар үөрэхтэрэ ыал буолууга энньэни уонна халыымы эбии киллэрэн биэрэн үлэттэн үөскүүр өй-санаа көрдөбүллэрин, киһилии быһыыны, өйү-санааны тутуһууну эбэн биэрэр. Энньэ уонна халыым ыал баайа-мала эбиллиитин үөскэтэннэр, эбиискэ тутулук буолан, таптал, имэҥ умсулҕана аҕыйаатаҕына ыал арахсан, ыһыллан хааларын тохтоторго туһалыыллар.
Ыал буолуу сүрүн сыалынан оҕо төрөтүүтэ, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии буолар. Төрүүр оҕо бары хаачыстыбатын, этин-сиинин, буор кутун тупсарыыга ыал буолуу былыргы үгэстэрэ икки өрүтү тутуһан туһаны оҥороллор:
1. Оҕо этин-сиинин тупсуутун, доруобуйата бөҕөргүүрүн ситиһиигэ төрүччү үөрэҕин туһанар.
2. Оҕо өйүн-санаатын; буор, ийэ, салгын куттарын уонна сүрүн сайыннарыыга, киһи буолууну ситиһэригэр туһалыыр.
Оҕо этэ-сиинэ тупсан төрүүрэ атын аймахтары, омуктары кытта холбоһууттан үөскүүрүн сахалар былыргыттан билэн “Хаан тупсарыыта” диэн аналлаах үөрэҕи олохтоон туһаналлар. Былыргы сахалар оҕо ыал буоларыгар улахан суолтаны биэрэн аналлаах үгэстэри үөскэппиттэр. Бу үгэстэр аан маҥнай ыал төрүүр оҕото төрөппүттэрин удьуордуулларын уонна утумнуулларын ситиһиигэ аналлаахтар.
Удьуордааһын диэн кэлэр көлүөнэлэргэ төрөппүттэрин эттэрин-сииннэрин уратылара, онтон утумнааһын диэн хамсаныылары оҥорууга дьоҕурдара, буор куттара уонна өй-санаа атын үөрүйэхтэрэ бэриллэн иһиилэрэ ааттаналлар. Төрөппүттэртэн оҕолоругар эттэрэ-сииннэрэ, буор куттара уонна үчүгэй үөрүйэхтэрэ бэриллэн иһэллэрин салгыырга ыал буолуу үгэстэрэ туһалыыллар.
Олус былыргы кэмнэртэн сахалар ыал буолууга тутуһар үгэстэрэ өс хоһоонноро буолан сылдьаллар:
- “Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй” диэн өс хоһооно киһи ыраах сиртэн ойох ыларын эбэтэр эргэ тахсарын ситиһиигэ аналланан ыаллар оҕолоро доруобай буоларын хааччыйар.
- Ыал буолууга аналлаах “Хаан тупсарыыта” диэн үгэһи туһаналлара атын омуктары кытта холбоһууларын сайыннаран иһэриттэн эт-сиин тупсарын уонна дьон үйэлэрэ уһуурун ситиһэр кыахтаналлар.
Хаан тупсарыыта эти-сиини тупсаран омук уһун үйэни ситиһэригэр туһалыыр. Тупсарыллыбыт хааннаах бааһынайдар эттэрэ-сииннэрэ, тас көрүҥнэрэ тупсан, уҥуохтара көнөн, улаатан иһэрин сааһырбыт дьон көрөн да билэллэр.
Ыал буолууга эт-сиин ылар оруола улаханынан бөҕө, доруобай эттээх-сииннээх дьон элбэх оҕону төрөтөр кыахтаахтарын туһаныы эрэйиллэр. Былыргы төрүппүт Эллэй Боотур бөҕө доруобуйалаах, көйгө, үлэһит кыыһы ойох ылан сахалары элбэппитин эр дьон бары туһана сылдьыахтара этэ. (5,30).
- “Тэҥнээҕи булунуу” диэн үөрэх тэҥнээхтэр төрөппүт оҕолоро өйө-санаата туруктаах буола улаатарын төрүттүүрүн сахалар тутуһаллар.
Удьуор диэн оҕо төрөппүттэрин, өбүгэлэрин этин-сиинин уратыларын иҥэринэн төрүүрэ ааттанар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн удьуордааһын эмиэ икки өрүттээх:
1. Төрөппүттэр үчүгэй, туһалаах хаачыстыбаларын удьуордааһын.
2. Олоххо буортуну оҥорор хаачыстыбалар, араас бодоҥнор, ыарыылар кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиилэрин тохтотууга ыал буолуу үгэстэрин уонна төрүччү үөрэҕин тутуһуу туһалыыр.
Күүс диэн эт-сиин уратытын, үлэни оҥорор кыаҕын быһаарыы ааттанар. Күүстээх эттээх-сииннээх киһи оҕото удьуордаатаҕына кини курдук көрүҥнээх, күүстээх буолара быһаарыллар.
Утумнааһын диэн төрөппүтүттэн оҕотугар буор кута, хамсаныылары оҥорор кыаҕа уонна атын, үөрүйэх буолбут өйө-санаата бэриллиитэ ааттанар. Буор кут диэн киһи хамсаныылары оҥорор өйө-санаата, кыаҕа буоларынан уонна хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьарынан кэлэр көлүөнэлэр сайдан, тупсан иһиилэрин быһаарар. Хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьар өй-санаа, бу быччыҥы санаа хоту күүскэ хамсатара буор кутуттан, кыаҕыттан тутулуктанар.
Кыаҕа аҕыйах киһи хамсаныылары оҥороро бытаан, сыылба да буолуон уонна сатаан, табан хамсанымыан сөп. Ол иһин кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр буор кут олус күүскэ харыстаныахтааҕын быһааран ыал буолуу үгэстэрэ хааччыйаллар.
Буор кут “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэр:
1. Сайдыылаах, уустук, күүстээх хамсаныылары оҥорор кыахтаах буор кут аймах, омук сайдан иһиитин үөскэтэр.
2. Дьадаҥы, хамсаныылары сатаан, табан оҥорбот, сүрэҕэ суох, элбэхтик кыайан хамсаммат буор кут эмиэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэриттэн омук мөлтүүр кэмэ тиийэн кэлиэн сөп.
Буор кут хас да көлүөнэлэр усталарыгар сайдар. Ол иһин утуму харыстааһын аймахтар сайдыыларыгар ордук улахан суолталаах. Күүс диэн эт-сиин күүһэ, онтон кыах диэн өй-санаа, буор кут уратыта, хамсаныыларга дьоҕура ааттанар. Ол аата буор кут хамсаныылары хайдах оҥороро кыаҕыттан улаханнык тутулуктанар.
Сайдыыта суох буор куттаах дьону туспа арааран ыалы тэрийиэх инниттэн туоратыыны сахалар “Тэҥнээҕи булунуу” диэн былыргы үгэстэрэ оҥорор. Ол курдук үлэһит дьон оҕолоро үлэһиттэри кытта ыал буоллахтарына, үлэһит, сайдыылаах буор куттара кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн өссө сайдар кыахтанарын ситиһэллэр.
Ыал буолууга туттуллар былыргыттан олохсуйбут үгэстэри кыах баарынан арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:
1. Ыал буолааччылар билсиһиилэрин саҕалыахтарын иннинэ төрүччүлэрин ыраахха диэри үөрэтэллэрэ уонна онон ыйдаран баҕа санааларын салайаллара ирдэнэр көрдөбүл буолар.
2. Кыыс оҕо атын эр киһини өссө билэ илигин төрөппүттэрэ туоһулууллар. Эр киһи утумун, сайдыылаах буор кута кэлэр көлүөнэтигэр бэриллэн иһэрин үөскэтээри бу үгэс туттуллар.
3. Уол уонна кыыс сөбүлэһиилэрэ.
4. Энньэни уонна халыымы быһаарсыы.
Ыал буолааччылар билсиһиилэригэр төрүччү үөрэҕэ хайаан да туттуллара кэлэр көлүөнэлэр сайдыыларын үөскэтэр аналлаах. “Бодоҥноохтон бодоҥ төрүүр” диэн этии араас ыарыылаахтар, дьадаҥылар оҕолоро соннук бодоҥноох буолууларын быһаарарынан төрүччү үөрэҕэ олору туоратарынан туһата улаатар.
Уол уонна кыыс сөбүлэһиилэрэ аан маҥнай эт-сиин баҕа санаатын көрдөбүллэриттэн тутулуктанар. Ол аата ыал буолууга айылҕаттан көрдөбүл бастаан иһэр. Онтон үлэ баайы-малы үөскэтэринэн, энньэ уонна халыым эбиискэ киириитэ ыал буолууга киһилии быһыыны, үлэни оҥорууну киллэрэн биэрэр аналлаахтар.
Ыал буолуу кыыс, дьахтар өйүн-санаатын улаханнык уларытара саха тылынан бэлиэтэнэн этиллэ сылдьар:
- Ойох. Ыраас кыыһынан эргэ тахсыбыт кыыс ойох диэн ааттанар. Ойох уонна атын дьахталлар уратыларын “Киһи ойоҕо, ойох буолбат” диэн өс хоһооно баара биллэрэр. (6,165). Итини тэҥэ, бу ойох диэн тыл “ой-ох” диэн саҥа аллайыыттан үөскээбитэ, бу тыл үөскээбит уратытын, бүрүөһүн алдьаныытын биллэрэрэ ордук суолталаах.
Күтүөт уол болдьообут кэмигэр кэлбэтэҕиттэн нэһилиэктэрин баайдара: “Кулубабыт кыыһа дэлэ киэбирбэтэҕэ. Орто дойдуга холооннооҕо суоҕун курдук туттара. Хата ханнык эрэ суол киһитэ хоонньоһон аастаҕа, саатта! Билигин хайа баҕарар уолга эргэ барыан баҕарбытын да иһин, киһи ойоҕо буола сылдьыбыт дьахтары ким ылыай!” – дэһэр буолбуттара. (8,55).
Ойох эрэ эр киһини утумнуур оҕону төрөтөрүн былыргылар билэннэр кыыс оҕону кыһанан харыстыыллара, эргэ тахсарыгар улахан суолтаны биэрэллэрэ, киэргэтэллэрэ, симииллэрэ, энньэтин толору хомуйаллара, сааһа ситтэр эрэ эргэ биэрэ охсоллоро. Ол барыта эт-сиин баҕата эмиэ элбэҕиттэн уонна “Дьахтар кулгааҕынан таптыыр” диэн өс хоһооно кыыс бэйэтэ быһаарыыны ылынарыгар араас албыҥҥа киирэн биэрэрэ элбэҕин биллэрэринэн, уһаппакка эрэ оннун буллара охсорго кыһаналлара.
Омук сайдан иһэр кыаҕын харыстааһын диэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр удьуорун, этин-сиинин уонна утумун, буор кутун харыстааһын ааттанар. Ити баҕа санаалары ойох эрэ толорор кыахтанарын сахалар билэллэр.
- Кэргэн. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит кэргэн диэн тыл билигин даҕаны сүппэккэ, туттулла сылдьара кыыстарын хайа эр киһиэхэ биэрбиттэрин билбэт дьахталлар элбэхтэриттэн тутулуктаах. Ол курдук кыыһа суох эргэ тахсыбыт дьахтар кэргэн диэн ааттанара уларыйан хаалбат. Кэргэн ыал олоҕун үгэстэрин тутустаҕына иккис оҕотуттан салгыы оҕолоро эр киһини утумнуохтарын сөп.
- Күүлэйдиир дьахтар. Бэйэтин быстах баҕа санааларын толоро сылдьар дьахтар ааттанар. Араас сэлээрчэхтэр, дьэгээрбэлэр, соруохалар ыал буолууга аналлара суохтар уонна сахаларга даҕаны элбээн ылар кэмнээхтэрин үгүс тыллар бааллара биллэрэр. Күүлэйдиир дьахталлар элбээтэхтэринэ омук уларыйара, атын саҥа үөскүүр омугунан солбуллара тиийэн кэлиэн сөп.
Ыал буолуу былыргы үгэстэрэ эр киһи удьуорун, утумун харыстыылларыттан омук үйэтэ уһуурун үөскэтэллэр. Эр киһи эдэр ойохтоох буоллаҕына, саастара үллэстэн тэҥнэһэн хаалалларын тэҥэ, оҕолоро эр киһиттэн ылыммыт сайдыылаах буор куттаах буолан төрүүрэ ситиһиллэр.
Айылҕа сүрүн тутулуга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өттүттэн тутулуктааҕа хаһан да уларыйбат. Ол курдук Сир Күҥҥэ чугаһаан хааллаҕына сир-дойду уотунан умайыан, онтон Сир Күнтэн ыраатан, тэйэн биэрдэҕинэ космос тымныыта баһылыан сөп. Ол иһин Сир Күнтэн биир тэҥ соҕус ырааҕынан, ити икки өрүттэр икки ардыларынан, тэҥнэһиини үөскэтэр миэстэтинэн көтө сырыттаҕына, итии уонна тымныы, сырдык уонна хараҥа алтыһара тыыннаах айылҕаны үөскэтэр, ол иһин Сиргэ олох баар буолар кэмигэр билигин олоробут.
Ыал буолуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Ол курдук эр киһи уонна дьахтар дьон икки өрүттэрин үөскэтэллэр. Кинилэр биир тылы булан сөбүлэһэн, холбоһон олоҕу олорууларыттан ыал буолуу үөскүүр уонна бу ыаллар оҕолорун хайдах иитэллэриттэн аймахтар уонна омук сайдан иһиитэ тутулуктанар.
Омуктар сайдан иһиилэрэ биирдиилээн ыаллар олохторуттан быһаччы тутулуктаах. Ыал кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр уонна иитэр, үөрэтэр аналлааҕыттан омуктар сайдыыларын төрүттүүр. Кэлэр көлүөнэлэр киһи быһыылаах, көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир кыахтанан улааттахтарына омук ахсаана эбиллэр уонна үлэни кыайан сайдыыны ситиһэр кыахтанар.
Сахалар оҕо өйө-санаата сайдыытын, улаатан киһи буолууну ситиһиитин биир тутаах бэлиэтинэн ыал буоларын ааҕаллар. Оҕо улаатан этэ-сиинэ уонна өйө-санаата ситтэҕинэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар кэмэ кэллэҕинэ, киһи буолуу өйүн-санаатын баһылаатаҕына, ситистэҕинэ бэйэтэ төрөппүттэриттэн туспа баран саҥа ыалы олохтуура табыллар.
Ыал буолуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук ыал буолуу бастакы өрүтүнэн таптал, бэйэ-бэйэни сөбүлэһии ааҕыллар, иккис өрүтүнэн баай-мал; энньэ уонна халыым көмө тирэҕи үөскэтэллэр. Аныгы, ырыынак, байыы-тайыы үйэтэ баайа суох киһи диэни суох оҥорор. Былыргы кэмҥэ сахалар энньэни уонна халыымы туһананнар, ыал буолааччылар баайдара-маллара тэҥнэһиитин үөскэтэннэр бөҕө туруктаах ыалы тэрийэллэр этэ.
Былыргы кэмнэргэ дьон табатык эбэтэр табата суох оҥорууну тус-туспа араарарга сөп уонна сыыһа диэн тыллары туһанарга киллэрбиттэр. Бу тыллар киһи оҥорор быһыыларын быһаарыыга эмиэ туһанылла сылдьыбыттар. Сөбүгэр диэн сөп түбэһиини биллэрэр тылбыт баара, сөп, кыайан үчүгэй буолбатын быһаарар.
Дьон өйө-санаата өссө сайдан истэҕинэ оҥорор быһыыларын уратыларынан арахсыылара үчүгэй уонна куһаҕан диэн тыллар үөскүүллэригэр тириэрдибит. Бу тыллар туттуллууга киирбиттэрин кэннэ сөп уонна сыыһа диэн тыллар суолталара арыычча кыччаан, кыра, быстах дьыалалары быһаарар кыахтанан сылдьаллар.
Сөп диэн тылтан салгыы сайдан сөбүлээһин диэн өйдөбүл үөскээбит. Ол аата сөбүлээһин диэн туох барыта сөп түбэстэҕинэ ааттанар. Сөбүлүүр киһи сыта, тас көрүҥэ, туга барыта баҕа санааҕа сөп түбэстэҕинэ сөбүлээһин үөскүүр. Ол курдук сөбүлүүр киһи саҥата, тугу саҥарара, оҥороро барыта сөп түбэстэҕинэ табыллар.
Киһи киһини сөбүлээһинэ салгыы сайдан иһэр көрүҥнэрдээх:
1. Сөбүлүү көрүү төһө эмэ ыраахтан саҕаланыан сөп. Киһи киһини сөбүлүү көрүүтэ тас көрүҥү кытта быһаччы сибээстээх. Ол аата үчүгэй көрүҥ диэн олохсуйбут баҕа санааҕа сөп түбэһии эрэйиллэр.
2. Харах хараҕы көрөн сөбүлээһинэ, хардары сөбүлээһини үөскэтиэн сөп. Сөбүлүү көрсөр харахтар бэйэ-бэйэлэригэр тардыһыылара үөскүүр.
3. Сөбүлүү көрсүү кэнниттэн билсиһии, кэпсэтии, төрүччүнү үөрэтии, бииргэ сылдьыы саҕаланар кыахтанар.
4. Билсиһииттэн чугасаһыы саҕаланар. Эт-сиин сөбүлэһиитэ, бэйэ-бэйэҕэ тардыһыыта сөбүлүүр сыты таһаарар, сөбүлээһин үөскүүр. Сахалар ол иһин сөбүлүүллэрин сыллаан ылан биллэрэллэр.
Эдэрдэр бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһиилэрин кэнниттэн төрөппүттэр төрүччү үөрэҕинэн дьарыктаналлар, энньэ уонна халыым туһунан салгыы кэпсэтэллэр. Ыалы тэрийиигэ икки өрүтү; сөбүлээһиини уонна баай-мал тэҥнэһиитин холбоон туһаныы ыал бөҕө тирэхтээх буоларын, арахса охсуу уустугурарын үөскэтэрин билигин ырыынак, баай-мал баһылыыр кэмигэр туһаныы эрэйиллэр.
Оҕо улаатан сааһын ситтэҕинэ уол оҕо ойох ылар, онтон кыыс эргэ тахсар, өйдөрүгэр-санааларыгар улахан уларыйыылар киирэллэр. Сахалар бу бэлиэ кэм үөскүүрүн арааран билэннэр, киһи буолууну ситиһии диэн чопчу бэлиэтээн ааттаабыттар. Уол оҕо ойох ыллаҕына эр киһи аатырар. Кыыс эргэ таҕыстаҕына эр киһини биллэҕинэ, этигэр-сиинигэр биллэр уларыйыы киирбитин бэлиэтээн, аата дьахтар диэҥҥэ уларыйар.
Эргэ тахсыы диэн бары кыргыттар баҕа санаалара. Кинилэр бу баҕа санааларын улаатталлар, эттэрэ-сииннэрэ ситтэр эрэ толорор кыахтаналлар. Арай кимиэхэ эргэ тахсыахха диэн быһаарыыны ылыныы уустуктары үөскэтэрэ хаһан да аҕыйаабат. Ол курдук киһи этин-сиинин сайдыыны ситиһэр уратыларын сахалар билэллэриттэн ыал буолууга улахан оруолу уураллар. Былыргы ыраахтааҕы баарын саҕана кыыс оҕону улааттар, этэ-сиинэ ситтэр эрэ төрөппүттэрэ эрдэттэн кэпсэтэн, кыыстара сөбүлүүр күтүөтүн булан, талан эргэ биэрэн, оннун булларан кэбиһэллэрэ.
Кыыс оҕо эргэ барбакка хойутаатаҕына этин-сиинин баҕатын тулуйбакка ханнык эрэ сайдыыта суох, дьадаҥы буор куттаах эр киһини кытта тутуһан кэбиһиэн сөбүн эмиэ аахсаннар сааһын ситтэр эрэ эргэ биэрэ сатыыллара.
“Тэҥнээҕи булунуу” диэн этии кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруктаныытыгар ананар. Ол курдук бэйэлэрин тэҥнээхтик сананар ийэ уонна аҕа оҕолоругар туруорар көрдөбүллэрэ тэҥнэһэринэн оҕо өйө-санаата туруктаах буола улаатарын үөскэтэллэр.
Кыргыттар бары баай киһиэхэ эргэ тахсыахтарын баҕалара баһаам. Кинилэр бэлэмҥэ, мааныга, бары-барыта баарыгар көҥүл күүлэйдии сылдьар, сынньана сытар санаалара элбэх. Кыра оҕону көрүү элбэх бириэмэни ылара онно эмиэ олук буолар. Ол иһин ырыынак кэмигэр баай киһи кыргыттары талан ылар кыахтанарын туһанар кэм кэллэ.
Баай киһи ойоҕо буолуу төһө да үчүгэйин, бэлэми туһаныы элбээбитин да иһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэр уратылаах. Ол курдук баай киһи баҕа санаата элбэҕин курдук таптала эмиэ элбиэн сөп. Баай киһи көрсүүлэннэҕинэ эбэтэр иккис кэргэнин ылан кэбистэҕинэ эр киһини үллэстии ыган кэлиэн сөп.
Киһи барыта байыан-тайыан, олоҕо көнүөн баҕарар, ол иһин кыайарынан үлэлиир. Баай-мал мунньуллар, эбиллэр төрүтүнэн ыал ааҕыллар. Ыаллар төрөтөр оҕолоро элбээн истэхтэринэ баайдара-маллара элбииригэр улаатан иһэр оҕолорун үлэлээн көмөлөрө улаханнык туһалыыр. Кыра эрдэхтэриттэн үлэлии, туһа киһитэ буола үөрэммит оҕолор үлэни кыайар кыахтара улаатар.
Былыргы да кэмнэргэ ыаллар табыллан бииргэ олорбокколор арахсар түбэлтэлэрэ биирдэ-эмэтэ буолар эбит. Маннык түбэлтэҕэ арахсан барааччыга, эр киһи да, дьахтар да буоллун, баай-мал мунньуллубута арааран биэриллибэт эбит. Барбыт киһи барбытынан, туоҕа да суох барарга тиийэрэ ыал арахсыытын аҕыйатар кыаҕа улаханын, ол кэмнэргэ таба туһаналлар эбит.
Бу быһаарыыны билигин да олоххо туһаныахха сөп. Ол курдук ыал олоҕун бөҕөргөтүүнү ханнык баҕарар дойду оҥорор кыахтаах. Арахсыы билигин ордук элбээн турдаҕына, кэргэннэрин быраҕан баран атын сиргэ, атыттарга барар киһиэхэ ыал баайыттан-малыттан арааран биэрии тохтоотоҕуна, быраҕан барааччыга ханнык эмэ мэһэй үөскүүрэ, толкуйдуу, ыараҥната түһэригэр туһалыа этэ.
Аҥардастыы ийэлэри эрэ аһара баран өрө тутуу, арбааһын, кинилэр эрэ баалларын курдук этэ сылдьыы, аҥар өрүтү, аҕалары аанньа ахтыбакка, умнууга, намтатыыга тириэрдэр. Оҕону ахтыыга, хайҕааһыҥҥа аҥардас ийэ эрэ буолбакка аҕаны холбуу, ыал диэн этэн, бу ыаллар оҕолоро диэнинэн билиһиннэриэххэ сөп этэ.
Сылга хас даҕаны ийэлэр күннэрин тэрийэн ыытыы төһө да ийэлэри өрө туппутун иһин аҕалары атаҕастыыр, суохтарын курдук өйдөбүлү оҥороро оҕолорго куһаҕан сабыдыаллаах. Ийэлэри аһара өрө тутуу, арбааһын аҕалары намтатан, умуннаран кэбиһэрэ оҕону иитиигэ улахан халыйыыны оҥорорун иһин тохтотуохха сөп этэ.
Уол оҕону иитиигэ аҕа оруола үрдүгэ, бастаан иһэрэ ордук. Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата туруктаахтык, ол аата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан сайдарын туһугар төрөппүттэрэ; эр киһи уонна дьахтар иккиэн тэҥҥэ кыттыһаллара ирдэнэр.
Кыахтаах дойду ыал олоҕун харыстыыр аналлаах. Ыал олоҕо туруктанарыгар дойдутун көмөтө диэн аналлаах ыал олоҕун харыстыыр сокуоннары ылыныы уонна олору толоруу буолуо этэ.
Аныгы үйэҕэ арҕаа дойдуларга элбээн эрэр гомосексуалистар уонна лесбиянкалар ыал олоҕун тутулуктарын, оҕону иитии төрүттэрин, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа сокуонун тутуһууну суох оҥороллор, итини тэҥэ кэлэр көлүөнэлэри суох оҥорон дьону эстиигэ тириэрдэр улахан халыйыылары үөскэтэллэр.
Бу халыйбыт өйдөөх-санаалаах дьон омугу сайыннарыахтара диэн санааҕа киирии сымыйалааһын, албыҥҥа киллэрии буолар. Кинилэргэ ыал буолууну букатын көҥүллээмиэххэ, онтон оҕону иитиигэ отой да чугаһатымыахха сөп этэ. Бу бэйэлэрин эттэрин-сииннэрин баҕата ханарын эрэ ситиһэ сатыыр дьон оҕону иитиигэ аҥар өттүгэр барар аһара халыйыыны үөскэтэллэр. Кинилэр оҕону иитиилэрэ аҥар өттүгэр; эр киһи дуу, дьахтар дуу диэки халыйан хаалыыта туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэри үөскэтэрэ омук сайдыытыгар улахан буортуну оҥорор.
Онон аныгы сайдыылаах диир үйэбитигэр ыал буолуу үгэстэрэ харыстабылга киирэр аналлаахтар. Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата сайдыыта уһун үйэлэргэ уларыйбаттарынан ыал буолуу үгэстэрэ былыргыларынан хаалыахтара этэ.
ЭННЬЭ уонна ХАЛЫЫМ
Оҕо улаатан киһи буолууну ситиспитин туоһутунан ыал буолуута ааҕыллар. Ыал буолуу киһи араас баҕа санаатын элбэх өттүнэн толорорунан икки өрүттэнэн тахсар: 1. Ыал буолуу эт-сиин баҕа санаатын толорор.
2. Кыыс энньэтэ уонна уол халыыма холбоһоннор ыалга баай-мал мунньуллан иһэрин үөскэтэннэр байыыны ситиһэр санааларын толороллоругар тирэх буолаллар. (11,33). Ыал буолуу аан бастаан дьон эттэрин-сииннэрин көрдөбүлүн, баҕа санаатын толорор, онтон үлэ баайы-малы үөскэтэринэн, энньэ уонна халыым эбиискэ киириитэ ыал буолууга киһилии быһыыланыыны киллэрэн биэрэр аналлаахтар.
Энньэ уонна халыым ыал буолуу иккис өрүтүн, үлэни сайыннарыыны уонна киһилии быһыылаах буолууну үөскэтэллэриттэн сайдан иһэр омук дьоно хайаан да тутуһа сылдьаллара ирдэнэр.
Энньэ диэн сахаларга былыр-былыргыттан баар, туттулла сылдьар тыл. Халыым диэн тыл ыал буолуу үгэстэригэр тупсарыы киириитин биллэрэр аналлаах түүрдэр тыллара. Былыргы кэмнэргэ сахалар сулуу диэн олус киэҥ, элбэх өйдөбүллээх тылы туһаналлара билигин таба өйдөммөккө уустуктары үөскэтиэн сөп.
Ыал олоҕо туруктаныытыгар баай-мал ылар оруола үрдүгүн былыргы кэмҥэ туһаналлара. Билигин ырыынак кэмэ кэлбитинэн былыргылар бу тутаах билиилэрэ туһаныллар кэмэ кэллэ. Аныгы үйэҕэ торуоскалаах эрэ киһи мааны дьахтары көрөрө-истэрэ кыаллыбат кэмэ кэлэн турарыттан баай-мал оруола өссө үрдээтэ.
Дьон уһун сылларга бииргэ олорон муспут баайдарыттан-малларыттан тутулуктаныылара ыал олоҕо туруктаах буоларын улаатыннарар. Былыргы кэмҥэ кыра оҕолору быалаһар эрдэхтэринэ кэпсэтиини чиҥэтэн бэриллэр 5 таба ахсаана саастарын ситиэхтэригэр диэри лаппа элбээн хаалара кэпсэтии уларыйа охсубатын үөскэтэрэ.
Халыым диэн атыы курдук буолара диэн сэбиэскэй былаас албына этэ. Энньэни уонна халыымы туһанан саҥа ыаллар баайдарын-малларын тэҥнээһин, өйдөрө-санаалара тэҥнэһиитин аан бастаан үөскэтэрэ. Кыыстаах дьон кыыс энньэтин хомуйан, бэлэмнээн эрдэттэн сыанатын быһаараллара күтүөт кэлэн талан ыларыгар туһалыыра. Ыаллар кыыстара энньэтигэр төһө тэриирдээх буоларын сыаналаан ойох ылар уол сылгынан эбэтэр ынаҕынан халыымын төлүүрүн ирдииллэрэ.
Энньэ – былыргы баай ыал кыыһыгар чаастаан баай биэриитэ ааттанар. Эргэ тахсар кыыс өлүүтүн-чааһын; сири, киһини, сүөһүнү, малы, ураһаны төрүөбүттэриттэн илдьэ барар. Ону энньэ-сэтии диэн ааттыыллара. (12,196).
Кыыс эргэ тахсарыгар ыраас кыыһынан буоларын былыргы сахалар кытаанахтык ирдииллэр этэ. С.И.Боло суруйарынан: “Дьахтар хоруоҥкалаах, тыаһыырдаах (кыабакалаах) боруок, холумтан охсунардаах сарыы, түнэ эбэтэр убаһа көхсө тураҕас сыайалаах буолара үһү. (12,87).
Сыппа сыалыйа иннинэн быалаах, онто иҥиир сабынан тигиллэр, эрин кытта хоонньоһоругар итинник таҥнар. Ону ийэтэ эрэ көрөр, сыппа тигиитэ көтүллүбүт буоллаҕына, кыыһа уурайан, дьахтар аатын ылара үһү. (13,57).
Кыыс ситтэр эрэ эргэ тахсар аналыттан кыыстаах төрөппүттэр энньэтин улаатан истэҕинэ бэлэмнии, мунньуна сылдьаллара. Ол иһин кыыс оҕо энньэтин кээмэйэ эрдэттэн биллэн дьон билиитигэр тахсара ситиһиллэр. Бу энньэ диэн кыыс дьоно төһө баайдарыттан тутулуктанан араас кээмэйдээх буолуон сөп. Энньэ кээмэйэ улахана кыыс тас көрүҥэр биллэр эбиискэ буолан эбиллэн эргэ тахсыыга улаханнык көмөлөһөр аналланар.
Сахаларга “Ыал ийэтинэн” диэн этии баар. Ыалы тэрийиигэ кыыс оҕо ылар оруола олус улахан. Уол киллэрэр халыыма кыыс энньэтигэр тэҥнээх буолара ыал буолааччылар баай-мал өттүнэн тэҥнэһиилэрин үөскэтэн өйдөрүн-санааларын кытта тэҥниир аналлаах. Төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнээхтик, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыылара оҕолорун иитэллэригэр атаахтатыы өттүгэр халыйыыны үөскэтэн кэбиһэллэрин тохтотууга уонна оҕо “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини кыра эрдэҕиттэн тутуһа үөрэнэригэр аналланар.
Ыал буолуу диэн кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии саҕаланыыта ааттанар. Эрдэттэн баайдара-маллара бэлэмнэнэрин, хомулларын кыыс энньэтэ баара биллэрэр. Энньэ диэн кыыс ыалы тэрийиигэ киллэрэр кылаата, бэйэтин баайа-мала буолар. Ол иһин уол киллэрэр халыыма кыыс энньэтигэр тэҥнээх буолара ирдэнэр. Энньэ уонна халыым кээмэйдэрэ тэҥ буолуута төрөппүттэр өйдөрө-санаалара тэҥнэһиитин үөскэтэн оҕо иитиитэ туруктанарыгар, икки өрүттэнэригэр туһалыыр уратылаах.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьон бары кэриэтэ баайдара-маллара аҕыйах, дьадаҥы эрдэхтэринэ, үлэлиир, оҥорор кыахтарынан эрэ араараллара. Билигин ырыынак кэмигэр дьон сорохторо байан-тайан истэхтэринэ, баай-мал ылар оруола улаатан, үрдээн биэрэр. Ол иһин саҥа ыалы тэрийиигэ энньэ уонна халыым туттуллан, ылар оруоллара ордук улаатара ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Кыыс энньэтин кытта уол халыыма тэҥнэһиилэрэ ыал буолааччылар икки ардыларыгар баай уонна мал тэҥнэһиитин үөскэтэннэр “Тэҥнээҕи булунуу” диэн үөрэххэ сөп түбэһэллэр. Баай-мал тэҥ буолара өй-санаа тэҥнэһиитин үөскэтэн ыал олоҕо туруктанарын тэҥэ, оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ тэҥнээх дьайыыны оҥороллоругар тириэрдэр. Тэҥнээх төрөппүттэр ииппит, улаатыннарбыт оҕолоро “Үрүҥү уонна хараны”, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныыта икки төрөппүттэрин көрдөбүллэригэр сөп түбэһэрэ үөскээн өйө-санаата туруктанар.
Онон энньэ уонна халыым бааллара ыалы тэрийэр эр киһи уонна дьахтар баайдарын уонна өйдөрүн-санааларын тэҥнээн биэрэн оҕолорун иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр тэҥнэһиини үөскэтэр.
ХААН ТУПСАРЫЫТА
Сахалар олус уһун үйэни ситиһэн иһэллэрин олоххо тупсууну аҕаларга аналлаах кынаттаах этиилэрэ бигэргэтэллэр. Ол курдук “Хаан тупсарыыта” диэн этии киһиэхэ, дьоҥҥо сайдан, эттэрэ-сииннэрэ тупсан иһиилэрин үөскэтэргэ аналлаах саамай тутаах этии буолар уонна атын омук киһитин кытта холбоһон ыал буолан оҕону төрөтүү улахан туһалааҕын биллэрэр.
Саха дьоно былыр-былыргыттан бу этиини туһанан төһө кыахтара баарынан ыраах сирдэртэн кэргэн ылан саҥа ыалы олохтууллара “Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук” диэн өс хоһоонугар сөп түбэһэрэ. Ол курдук кыахтаах баайдар атын, ыраах улуустартан ойох ылан ыал буолууну олохтууллара. Дьадаҥылар, кыахтара кыралар чугастааҕы ыалларын кытта ыал буолаллара, оҕолорун син-биир хамначчыттар буолуохтара диэн хааннарын тупсарыыга кыһамматтара.
“Хаан тупсарыыта” диэн быһаарыы ыаллар төрөтөр оҕолорун этин-сиинин бөҕөргөтүүгэ, тупсарыыга аналланарын сахалар билэн олохторугар туһана сылдьаллар, чугас аймахтарын тоҕус көлүөнэҕэ диэри бары билэллэр. Төрүүр оҕолор эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтө, ыарыыларга ылларбаттара аймахтар сайдан, элбээн иһэллэрин хааччыйарын билэн туһаналлара. Былыргы эмп-том суох кэмигэр киһи айылҕаттан бөҕө оҥоһуулааҕа эрэ олоҕун уһуннук олорорун ситиһиигэ тириэрдэрин сахалар билэн эдэрдэр ыал буолууларын анаан-минээн төрөппүттэрэ тэрийэллэрэ. Ол курдук эр дьон ойохторун ыраах сирдэртэн ылар былыргы үгэстээхтэрин В.Л. Серошевскай “Якуты” диэн үлэтигэр бэлиэтээбит. (14,73).
Ыалы тэрийиигэ сахалар “Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй” диэн өс хоһоонун туһаналлара хаан тупсарыытыттан быһаччы тутулуктаах уонна саха омуга уһун үйэлэргэ сайдан, ахсааннара элбээн иһэллэрин хааччыйарыттан маннык уһун үйэни ситиһэн олоробут.
Атын омук киһитин кытта холбоһон оҕо төрөтүү “Хаан тупсарыыта” диэн ааттанар. Ол курдук атын омук киһитэ аймахтаһыыта олус ырааҕынан төрөтөр оҕолоро бөҕө доруобуйаланара эрдэттэн биллэн хааччыллар кыахтанар.
Эт-сиин салгыы олоҕу олорор, сайдар кыаҕа улаатарыгар “Хаан тупсарыыта” оҥорор туһалара манныктар: - доруобай оҕо төрөөн кыра ыарыыларга ылларбат буолар.
- оҕо күүстээх, кыахтаах эттээх-сииннээх буолан төрүүр.
- төрүүр оҕолор хас да көлүөнэлэр усталарыгар салгыы сайдыылара үөскээн олохсуйар.
“Хаан тупсарыыта” аймахтар, омуктар сайдар кыахтарын биллэрдик улаатыннарар, эти-сиини тупсарар. Атын омуктардыын элбэхтик холбоһон ыал буолбуттардаах омук сайдыыны ситиһэр, этин-сиинин тупсарар кыаҕа улаатан тахсар. Сахалар олоҥхо кэмин саҕаттан хаан тупсарыытын туһана сылдьалларын оччотооҕу кэмнэргэ 35 тус-туспа биистэртэн холбоһон үөскээбиттэрин билинэллэрэ быһаарар.
“Хаан тупсарыытын”, ол аата атын омуктуун холбоһон ыал буолуу, оҕолонуу кэнниттэн төрүт омук өйө-санаата баһыйдаҕына, саҥарар тылын оҕотугар үөрэттэҕинэ эрэ бэйэтин омуга сайдар, саҥа киһинэн эбиллэр кыахтанарын ситиһэрэ уустуктанан, эбиискэ үлэлэнэн тахсар. Ол иһин хаан тупсарыыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:
1. Хаан тупсарыыта омук дьонун этин-сиинин бөҕөргөтөр, элбэх оҕолоноллорун, оҕолорун доруобуйата бөҕөргүүрүн төрүттүүр. Бу быһаарыыны чуолкайдыырга нууччалар кэлбиттэрин кэннэ икки сүүс сыллар усталарыгар сахалар ахсааннара биэс төгүлтэн ордук эбиллибитин холобурунан ылыахпытын сөп.
19-с үйэ бүтүүтүгэр уонна 20-с үйэ саҕаланыытыгар саха дьонун биир саастарыгар тиийэ илик оҕолорун өлүүлэрэ Россия оҕолорунааҕар 2,2 төгүлүнэн аҕыйах эбит. Бу быһаарыы оҕолор эттэрэ-сииннэрэ хаан тупсарыытыттан бөҕөргөөбүтүн туоһулуур.
2. Атын омугу кытта холбоһуу ханнык эрэ кээмэйи аһара бардаҕына омук бэйэтэ атын омукка уларыйыытын үөскэтиэн сөбүттэн билигин үөрэх-билии сайдыбыт кэмигэр табан харыстаныы, омук төрүт тылларын уларыппат буолуу ирдэнэр.
Аныгы сайдан иһэр үйэҕэ аналлаах саха тылын харыстааһын туһунан “Чолбон” сурунаалга 2 / 2004 сыллаахха суруйбуппут. (15,61). Бу үлэбитигэр саха буолууга өй-санаа өйдөбүллэрэ иҥмит сахалыы төрүт тылларын билии уонна былыргыларыттан уларыппат буолуу суолтата улаханын арыйбыппыт.
Омук уларыйыыта кэлиитин саҥарар тыла атын омук тылыгар уларыйан барыыта саҕалыыр. Омук тылын саппааһыттан киирии тыллар төһө кээмэйин ыллахтарына уларыйыы тахсарын билэргэ В.В.Радлов хомуйбут дааннайдарын туһаныахха сөп. Ол курдук саха тылыгар түүр омук тыллара 32 бырыһыаныттан ордугун ылаллар, онтон монгол тыла 25 бырыһыаныгар тиийэр эбит. Сахабыт тылын үксэ уонна төрүт тылларбыт түүр омук тыла буоларынан бэйэбитин түүр омуктарынан ааҕынабыт.
Эт-сиин уонна өй-санаа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи икки өрүтүн үөскэтэллэр. Бу икки өрүттэртэн хайалара да аһара барбакка, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаахтык сайыннахтарына эрэ киһи олоҕо табыллара, онтон омук уларыйан хаалбата ситиһиллэр.
“Хаан тупсарыыта” эти-сиини тупсарыыга, бөҕөргөтүүгэ аналланар, онтон хаан тупсарыытыттан өй-санаа уонна саҥарар тыл улаханнык буккуллар, айгырыыр. Ол курдук бааһынайдар икки омук тылынан буккуйа саҥаралларыттан олоххо туһалаах үгэстэргэ үөрэниилэрэ хаалан хааларыттан, өйдөрө-санаалара туруга суоҕа улаатар, араас хамсааһыннары үөскэтиэхтэрин сөбүн тэҥэ, омук уларыйыытын саҕалыахтарын сөп.
Омук төһө элбэх бааһынайдары бэйэтигэр холбуур да сайдыыны ситиһэр кыаҕа улаатан иһэр. Арай оҕо кыра, саҥа саҥаран эрдэҕинэ сахалыы саҥарарга ийэтэ үөрэтэрэ уонна ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитэрэ ирдэнэр көрдөбүл буоларын тутуһа сылдьыы эрэйиллэр. Ол иһин саха омук сайдарын туһугар ийэ оруола аһара үрдүүр.
Омук дьонун ахсаанын ийэ оҕону төрөтөрө уонна иитэрэ-үөрэтэрэ элбэтэр. Ол иһин ийэ үөрэҕэ омук сайдарыгар олус улахан туһалааҕын билэн оҕо төрүт кутун ийэ кут диэн ааттаабыттар.
Сахалар билигин нууччалардыын холбоһон эт-сиин сайдыытын, тупсуутун ситиһэн иһэллэр, сирэйдэрэ маҥхайбытын тэҥэ, атахтара эмиэ көнөн иһэр, онтон нуучча тылын бары бүттүүн үөрэтэннэр өйдөрө-санаалара сайдыбытын тэҥэ, саха тылын, өйүн-санаатын хаалларан кэбиһиэх курдуктара улаатан хаалар:
- Сайдыыны үөрэх-билии аҕалар. Атын сайдыылаах омук тылын үөрэттэххэ, билиитин иҥэриннэххэ сайдыы-үүнүү кэлэринэн, аҕыйах ахсааннаах омук дьоно сайдыылаах омук тылынан саҥараллара аһара элбээтэҕинэ төрөөбүт тылларын уларытан кэбиһиэхтэрин сөп.
- Үлэ, хамнас өйү-санааны уларытар. Аҕыйах ахсааннаах омук дьоно атын үлэҕэ көстөхтөрүнэ уонна ону үлэлии үөрэннэхтэринэ өйдөрө-санаалара ол үлэ көрдөбүлүнэн, үлэни эрдэ баһылаабыт омук тылынан уларыйан хааларыгар тиийиэн сөп.
Сайдыыны ситиһэн иһэр омук саҥарар тыла уларыйар диэн этиини тутуһан оҕону кыра эрдэҕинэ ийэтэ эрэ төрөөбүт тылынан саҥарда үөрэтэринэн уонна ийэ кутун иитэринэн оҕо ийэтинэн хайа омугун быһаарар туһалаах буолара быһаарыллар.
Уһун үйэлэргэ омугу бэйэтинэн хаалларан, тылын, өйүн-санаатын уларыппакка эрэ туһаннара сатааһын сайдыыны ситиһииттэн туоратыы, хаалларыы буолан тахсар. Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар саха тылын аһара көмүскээн, былыргы олоҥхо кэмин саҕанааҕы таһымынан хааллара сатааһыннара аһара барыы, халыйыы буолар уонна түргэнник сайдан иһэр олохтон хаалан хаалыыга тириэрдиэн сөп.
Сахалар бука бары сайдыыны ситиһиэхпитин баҕарабыт. Аҕыйах ахсааннаах омукка сайдыыны ситиһии омук дьылҕатыгар улахан уустуктары үөскэтэринэн сахалыы тылбытын, өйбүт-санаабыт уратыларын, Кут-сүр уонна таҥарабыт үөрэҕин өссө дириҥник үөрэтиэ, билиэ, олоххо киллэрэн оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһана сылдьыа этибит.
Билигин Аан дойду үрдүнэн айылҕаны харыстааһын өйө-санаата тарҕанан эрэр. Дьон бары сахалыы “Харыстас” таҥара үөрэҕин ылыннахтарына уонна Күн таҥара үөрэҕин тутустахтарына, саха тыла омуктарга сайдыыны аҕалара билиннэҕинэ, итэҕэйдэхтэринэ атын омуктар эмиэ саха тылын үөрэтиэхтэрэ, билиэхтэрэ.
Онон аймахтар, омук сайдыытыгар, ахсааннара эбиллиитигэр сахалар “Хаан тупсарыыта” диэн үөрэхтэрэ улаханнык туһалыыр.
ТЭҤНЭЭҔИ БУЛУНУУ
Сахалар уһун, киэҥ, дириҥ өйдөөхтөрө-санаалаахтара эдэрдэри холбоон ыал буолууну тэрийэр үйэлээх үгэстэриттэн биллэр. Ыал буолууга “Тэҥнээҕи булунуу” диэн аналлаах этии баара билигин, дьон баайдарга уонна дьадаҥыларга арахсыбыттарын кэннэ сөптөөх быһаарыыны, табан өйдөөһүнү уонна туһаныыны эрэйэр буолла.
Кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэригэр ытыктаһан сыһыаннаһыылара, убаастаһаллара этэр тылларыгар, туттар быһыыларыгар ханан эрэ биллэрин оҕолоро улаатан иһэн таба туһаныан сөп. Хайалара эрэ атынын аанньа ахтыбата, “Кини билбэт” диэн этиитэ оҕолорун өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанан, оҕото киниэхэ сыһыанын тосту уларытан кэбиһиэн сөп.
Кэргэнниилэр тэҥнээх, ол аата тэҥ соҕус үөрэхтээхтэрэ, үлэһиттэрэ, баайдаахтара, бэйэ-бэйэлэрин ытыктаһыылара оҕолоро туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатарыгар олук, тирэх буолар. Сахалар олохторун үөрэхтэригэр кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара сайдыыта бастакы оруолу ыларыттан ыал буолууга “Тэҥнээҕи булунуу” диэн үөрэҕи туһана сылдьаллар.
Ийэ уонна аҕа биир тылы булунан оҕолорун киһи буолууга биирдик этэн ииттэхтэринэ, үөрэттэхтэринэ, оҕолоро “Туох барыта икки өрүттээх”; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах диэн этиилэри тутуһар, олоххо үөскээн турар тэҥнэһиини хамсаппат, көрсүө, сэмэй киһи буола улаатар кыахтанар.
“Тэҥнээҕин булунан” диэн этии ыал буолууга уонна оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ олус улахан суолталааҕын таба өйдөөн ырыынак олоҕун кэмигэр туһана сырыттахпытына табыллар. Кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэллэрэ, ытыктаһаллара, тэҥнээхтик туттуналлара саҥа улаатан, өйө-санаата сайдан бэйэлэрин солбуйуохтаах оҕолорун иитиигэ дьайыыта ураты күүстээх.
Ийэ уонна аҕа тэҥнээхтик туттуналлара, бэйэ-бэйэлэрин ытыктаһаллара оҕолоро “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини кыра эрдэҕиттэн билэ, тутуһа үөрэнэрин үөскэтэн, өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар тириэрдэр. Хайалара эрэ аһара баһыйара ыал олоҕор диктатураны киллэрэн оҕо иитиитин халытыан сөп.
Ийэ хаһан баҕарар сымнаҕас, оҕотун атаахтатара, таптыырын араастаан биллэрэрэ элбэх. Ону-маны минньигэһи сиэтэринэн, маанытык, халыҥнык таҥыннара сатыырынан, сынньатара, сытыарара элбэҕинэн аҕаны лаппа баһыйар. Ол иһин аҥардас ийэ уол оҕону аһара атаахтатан кэбиһэр кыаҕа улаатан хаалар.
Оҕону бэрээдэккэ, үлэҕэ-хамнаска үөрэтии диэн туһааннаах кэмигэр ыгыыны, көрдөбүлү кытаатыннаран биэрдэххэ эрэ ситиһиллэр кыахтаахтарын умнубатахха табыллар. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ оҕону бэрээдэккэ, үлэҕэ үөрэтиигэ туттулуннаҕына сыыһа-халты туттунуу аҕыйыыра ситиһиллэр.
“Мөҕүллүбэт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн этиини таба өйдөөн, оҕо сыыһа-халты тутуннаҕына көннөрөн, эбиискэ үөрэтэн биэриини туһаныы хайаан да эрэйиллэр. Үлэ эрэйдээх, ыарахан, улахан тулуурдаах, өһөс буоллахха эрэ үлэ-хамнас кыаттарар. Аҕа чиҥ, кытаанах көрдөбүллээҕинэн, бэрээдэги тутуһуннарар, ыарахан үлэни үлэлэтэр кыахтааҕынан уонна бэйэтин батыһыннаран, үтүгүннэрэн биэрэринэн уол оҕону иитиигэ, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиигэ туһата улахана биллэр.
Ийэ уонна аҕа бэйэ-бэйэлэрин кытта тэҥнээхтик, убаастаһан сыһыаннаһыылара, хайалара эрэ эппитин атына чиҥэтэн, хатылаан биэрдэҕинэ, ханнык баҕарар быһаарыы оҕоҕо дириҥник иҥэр уонна соннук толоруллар кыахтанарын туһана сылдьыы ирдэнэр. Оҕо минньигэс кэмпиэти элбэҕи сиирин ийэтэ боппутун кэннэ аҕатыгар тиийэн: “Ылан кулу”,- диэн көрдөөтөҕүнэ, аҕата оҕотугар үчүгэйи оҥорор курдук санаатыттан ылан биэрдэҕинэ, оҕо ийэтэ эппитин аанньа ахтыбат, истибэт, толорбот буола улаатыан сөп.
Саха дьоно оҕолоро ыал буоларыгар олус улахан болҕомтолорун уураллара. Оҕолоро ыал буоларыгар бэйэтин тэҥнээҕин булунарыгар кыахтара баарынан көмөлөһөллөрө уонна сахалар былыргы үгэстэрин туһаналлара. Ыал буолуу сүрүн сыала, соруга манныктар:
1. Доруобай эттээх-сииннээх, буор кута сайдыбыт, үлэни кыайар кыахтаах, киэҥ ычалаах кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии.
2. Кыыс энньэтиттэн уонна уол халыымыттан холбоон саҕаламмыт ыал баайа-мала салгыы эбиллэн иһэрин ситиһии.
Бу сыаллары төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:
1. Кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэргэ сахалар “Төрүт-уус ыал оҕото” диэн быһаарыыны аан маҥнайгыттан, оҕолоро өссө билсиһиэхтэрин инниттэн ыла туһаналлар. Ыал буолууга аан маҥнай оҕолор төрөппүттэрэ, аймахтара бары өттүнэн ырытыыга; төрүччүлэрин үөрэтиигэ, ычаларын быһаарыыга, үлэлэрин, ситиһиилэрин ааҕыыга түбэһэллэрэ эрэйиллэр. Ол барыта үлэни кыайар кыахтаах, доруобай оҕолору төрөтүүгэ аналланалларын иһин төрөппүттэр бары туһаныахтара этэ.
Кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруктанарыгар икки төрөппүт этиилэрэ, үөрэтиилэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан, биирдэрэ эппитин атына хайаан да бигэргэттэҕинэ, чиҥэттэҕинэ эрэ, оҕо өйүгэр-санаатыгар дириҥник хатанан толоруллар кыахтанарын былыргы сахалар билэллэрин уонна олохторугар туһана сылдьалларын “Тэҥнээҕи булунуу” диэн этиилэрэ бигэргэтэр.
Төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүүлэрэ, хардары-таары көмөлөһүүлэрэ оҕолорун иитэллэригэр биллэн тахсар. Хайа эрэ төрөппүт атынын аанньа ахтыбатын тугунан эмэ оҕотугар биллэрдэҕинэ, оҕото эмиэ кинини аанньа ахтыбат буола улаатар. Ол курдук ийэ оҕотугар: “Аҕаҥ билбэт, сатаабат”,- диэтэҕинэ, оҕото аҕатын тугу да сатаабат эбит диэн быһалыы өйдүөн, соннук ылынан кэбиспитэ олохсуйан хаалыан сөп.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа сүрүн тутулугун оҕо кыра эрдэҕиттэн билэ, олоҕор туһана үөрэнэрин икки төрөппүттэрэ икки өттүттэн тэҥҥэ дьайыыларыттан ситиһэр кыаҕа улаатар. Бу этии оҕо “Үрүҥү, хараны арааран” олоҕор таба туһана үөрэнэригэр улахан туһаны оҥорор. Ол курдук киһи бэйэтигэр туһалааҕы үчүгэй диирэ хаһан да уларыйбатыттан, элбэхтэр үчүгэй диэн быһаарбыттара эрэ таба буолан сыаналанар.
2. Төрөппүттэр биир өйдөөх-санаалаах уонна тэҥ баайданыылара-малланыылара кинилэр дьиҥнээхтик тэҥнэһиилэрин, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүүлэрин, өйөһүүлэрин үөскэтэр. Тэҥ баайдаах, билиилээх дьон ыал буолан холбостохторуна оҕолорун иитиитигэр хайа да өттүгэр халыйыы үөскээбэт, оҕо иитиитэ киһилии быһыылаах буолууга, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһууга ананар.
Олоххо киһи билиитэ тус-туһунан буолара элбэх. Ол курдук, тыл үөрэҕин баһылаабыт киһи дьиҥнээх олоххо тиийдэҕинэ, истибитэ-билбитэ соччо туһата да суох буолуохтарын сөп. Оскуола үөрэҕин математикатын үгүс формулаларын элбэхтэр олохторугар букатын да туһаммакка эрэ олохторун олороллор. Үрдүк үөрэҕи да бүтэрбит киһи олоххо туһалаах билиилэри, үлэни-хамнаһы син-биир бэйэтэ тутан-хабан үөрэттэҕинэ эрэ табыллара быдан элбэх.
Үлэ биир көрүҥэр баһыйыы, атыныгар баһыттарыы тэҥнэһиини эмиэ үөскэтэр. Манна ордук дьиэ ис үлэтигэр дьахтар баһыйа тутан салайдаҕына, тас үлэлэргэ, ону-маны булууга-талыыга киэҥ сирдэринэн сылдьар кыахтаах эр киһи баһылыыра ордук эбэтэр хардары-таары буолуон эмиэ сөп.
Ыал буолууга “Тэҥнээҕи булунуу” диэн этиини арыыйда дириҥник быһааран, ырыттахпытына маннык тус-туспа өйдөбүллэртэн хомуллара араарыллан тахсар:
1. Тас көрүҥ тэҥнэһиитэ.
2. Баай-мал тэҥнэһиитэ өй-санаа тэҥнэһиитин үөскэтэр. Биир олохтоох ыаллар оҕолоро ыал буолан холбоһуулара өйдөрө-санаалара тэҥнэһэрин үөскэтэриттэн туруктаах өйдөөх-санаалаах оҕолору иитэн, үөрэтэн улаатыннараллара табыллар.
Бу өйдөбүллэри арыыйда дириҥник ырытыахпыт:
1. Таптал, ыал буолуу сөбүлүү көрүүттэн саҕаланар. Ол иһин тас көрүҥ баһылаан иһэрин курдук сыыһа өйдөбүл билигин үөскээн сылдьара аһара баран кэрэ буола сатааһыҥҥа тиийэн эрэр.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр сөбүлээһин тапталга кубулуйдаҕына ыал буоларга сөп буолар диэн сыыһа, дьону сүөһү таһымыгар түһэрэр итэҕэс быһаарыыны олоххо киллэрэн ханна эрэ көрсүһэ түспүт сирдэригэр ыал буола охсоллоро.
Былыргы кэмҥэ сөбүлээһин кэнниттэн эбии ыал буолуу үгэстэрэ туттулуннахтарына эрэ саҥа ыал үөскүүрэ. Хас киһиэхэ барыларыгар төрөппүтүн сөбүлүү көрүүтүттэн үөскээн тахсар үчүгэй диэн саныыр тас көстүүтэ иҥэн сылдьар. Ийэтин ордук сөбүлүүр уол оҕо, киниэхэ маарынныыр көрүҥнээх кыыһы булан кэргэн ылара элбэх. Төрөппүттэр тас көрүҥнэрэ оҕолоругар үчүгэй көрүҥ маннык буолар диэн санаатын кыра эрдэҕиттэн үөскэтэллэр, төрүттүүллэр.
2. Былыргылар билиилэриттэн ыламмыт энньэ уонна халыым диэннэри аныгы, ырыынагы тутуһар олоххо ыал буолууга анаан туһаннахпытына табыллар. Ыал буолуу иккис өрүтүн, баай-мал тэҥнэһиитин кыыс энньэтэ уонна уол халыыма тэҥнэрэ олоххо илэ киллэрэллэр. Саҥа ыал буолааччылартан хайалара да аһара баран баайынан өттөйөн бэрдимсийэрин кыыс энньэтэ уонна уол халыыма тэҥнэрэ суох оҥорор, икки өттүттэн тэҥ баайы холбооннор, тэҥнээхтэр ыал буолаллара ситиһиллэр.
Баай-мал өйү-санааны үөскэтэр. Биир тэҥ баайдаах ыаллар өйдөрө-санаалара биир тэҥ, маарынныыр буолара саарбаҕа суох. Кэргэнниилэр өйдөрө-санаалара тэҥ, олоҕу, үлэни-хамнаһы биирдик өйдөөн сыаналаатахтарына уонна ону оҕолоругар үөрэттэхтэринэ өйдөрө-санаалара туруктаахтык, кинилэри үтүктэн сайдарын ситиһэллэр. Ол курдук ийэтэ бу үлэ ыарахан, куһаҕан диэн эттэҕинэ, оҕото аҕатын үлэтин сирэр, сыаналаабат буола улаатыан сөп.
“Тэҥнээҕи булунуу” диэн ыал буолууга сүрүн көрдөбүл, сахалар олохторун үөрэҕэ буолар. Баай ыал уолларыгар кэргэн тахсыбыт дьадаҥы кыыс дьиэ үлэһитэ буолуон сөбө улаатарын курдук, дьадаҥы уол баай ыал кыыһын ыллаҕына, саҥа аймахтара анныларынан саныыллара хаалан хаалбат.
Бу өйгө-санааҕа үөскүүр уратылары сахалар былыргыттан арааран билэн “Тэҥнээҕи булунуу” диэн ыал буолууну тэрийэргэ аналлаах этиини үөскэппиттэрин эдэрдэр, саҥа ыалы тэрийээччилэр туһаннахтарына табыллар.
Онон кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнээхтэрэ, ол аата тэҥ соҕус үөрэхтээхтэрэ, баайдаахтара, маарынныыр үлэлээхтэрэ, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүүлэрин, ытыктаһыыларын үөскэтэринэн оҕолоро, кэлэр көлүөнэлэрэ туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатарыгар олук, тирэх буолар.
КЭЛЭР КӨЛҮӨНЭЛЭР
Саха дьоно оҕо төрүүрүгэр, кэлэр көлүөнэ киһитэ кэлэригэр былыргы кэмнэртэн улахан суолтаны биэрэллэрин, айыыһыт диэн ааттаах дьахтар төрүүрүгэр айыылартан анаммыт, көмөлөһөөччү баарын билинэллэрэ буолар. Бу быһаарыыны түүллэри үөрэтиинэн өссө чуолкайдаатахха айыыһыт диэн киһи ийэтэ, эбэтэ эбэтэр хос эбэтэ өлбүттэрин кэнниттэн айыы буолан Үөһээ дойдуттан көмөлөһө сатыыллара ааттанар.
Былыргы кэмҥэ дьахтар төрүүрэ уратыны, олус улахан саҥаны айыыны оҥоруунан ааҕыллара. Дьахтар төрүүрүгэр өлбүт хаан аймахтара дьахталлар айыы буолан кэлэн көмөлөһөллөрүн айыыһыт диэн ааттыыллар. Оҕо этэҥҥэ төрөөтөҕүнэ бу айыыһыттары дьахталлар мунньустан атаарыыны оҥороллоро.
Айыыһыт атаарыы – дьахтар олордоҕуна айыытын атаарыы, малааһын, алларастыы, саһаахтыы буолар. Иэйэхсит, айыыһыт диэн дьахтар таҥара, киһи, сүөһү үөскүүрүн таҥарата. (12,311).
Омук сайдыытыгар уонна сайдыы киириититтэн уларыйан хаалбакка бэйэтинэн сылдьарыгар кэлэр көлүөнэлэр ылар оруоллара олус улахан. Кинилэр өйдөрө-санаалара ханнык хайысханы тутуһан сайдарыттан омук салгыы олоҕо быһаччы тутулуктанар.
Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдыытыгар ханнык хайысханы тутуһара кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии хайдаҕыттан улахан тутулуктаах. Оҕо иитиитэ икки өрүттээҕэ икки хайысханы үөскэтэн аймахтар, омук сайдыытыгар оҥорор уратылара маннык арахсаллар:
1. Атаах оҕо. Атаах буола иитиллэн хаалбыт оҕо, төрөппүттэрин бэлэмнэригэр олоро үөрэнэн бэйэмсэҕэ улахан буолан хааларыттан аймахтар, омук сайдыыларыгар тугунан да көмөлөспөт, баар бэлэми эрэ туһанааччы буола улаатарын тэҥэ, тулуура, туттунар күүһэ суоҕуттан сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэрэ элбиир.
2. Көйгө оҕо. Үлэлии үөрэнии эрэйдээх. Бу эрэйдэри тулуйдахха, кыайдахха эрэ үлэлии үөрэнии кыаллар. Көйгө оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэлии-хамсыы үөрэммититтэн, тулуура, өһөс санаата улаханыттан элбэхтик, барыстаахтык үлэлээн, ыал олоҕун эрэйдэрин тулуйан аймахтары, омугу сайыннарар кыахтанар.
Сэбиэскэй былаас саҥа “коммунизм” таҥаратын үөскэтэн дьон өйүгэр-санаатыгар киллэрээри атын өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоро, туората сатаабыта. Көйгө оҕо диэни “куһаҕан” диэн дьаралыктаан кэбиһэннэр оҕолор атаахтык иитиллэллэрэ элбээбитэ. Ону тэҥэ “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн сыыһа ыҥырыыны туһанан оҕолору бэлэмҥэ үөрэтии улааппыта. Бу халыйыылар дьайыыларыттан эдэрдэр үлэни кыайан үлэлээбэттэрэ үөскээбититтэн сэбиэскэй былаас бэйэтэ эстибитэ.
1991 сыллаахха “перестройка” хамсааһына кыайыыны ситиһэн, дьон өйүн-санаатын хаайа сылдьыы тохтообутун, уурайбытын кэнниттэн, аны “көҥүлүнэн барар” санаалара элбээбитэ, араас таҥара үөрэхтэрин тутуһуу аһара барбыта, саҥаны айыыны оҥоро, билэ-көрө сатааһын, солумсаҕырыы сайдан тахсыбыта. Бу аһара барар санаалар билигин 2020 сыллаахха да кыччыы, аҕыйыы иликтэр.
Бу быһаарыы дакаастабылынан “айыы үөрэҕэ” диэн сымыйа үөрэх ырыынак да кэмигэр хаала, туоратылла илигэ буолар. Бу сымыйа үөрэх тохтотулла илигэ саха дьоно айыыны оҥорор, ол аата сиэри кэһэр, киһи быһыытын тутуспат санааларын тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар улаатыннаралларын биллэрэр.
Билигин салайар былаастар ыгыыларын, хаайыыларын күүһүнэн, көмөтүнэн коронавирус хаайыытыгар олоро үөрэнэннэр, дьон аһара барарга, солумсаҕыра сылдьарга үөрэнэн хаалбыттарын аҕыйатар кыахтара улаатта.
“Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн өс хоһоонун төрөппүттэр туттубаттарыттан билигин киһи быһыытын аһара барааччылар, “айыы үчүгэй” диэн этээччилэр, албын, минньигэс саҥалара элбэҕиттэн көрсүө, сэмэй, үлэһит дьону лаппа баһыйалларыттан, көрсүө, сэмэй буолуу туттуллубакка, хаалан сылдьарыттан кыайыылаах үлэһиттэр элбии иликтэр.
“Аһара барыма, киһи быһыытын тутус” диэн сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕэ этэр. Бу таҥара үөрэҕин тутуһар туһугар киһи бэйэтин баҕа санаатынан, тулуурунан, туттунар күүһүнэн аһара барар быстах, этин-сиинин санааларыттан аккаастаннаҕына, хааллардаҕына эрэ сиэри, киһи быһыытын аһара барбата табыллар. Киһи быһыытын, сиэри аһара барары Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ боборуттан, тохтоторуттан аһара бара сатааччылар, киһи быһыытын тутуспаттар элбээннэр, бу таҥара үөрэҕэ олоххо киирэ илик.
Сиэри, сахалыы таҥара үөрэҕин үөрэҕин тутуспатахха сыыһа-халты туттунуу үөскүүрүттэн иэстэбил, таҥара накааһа тиийэн кэлэрин үөрэхтэммит да дьон билэн, сэрэниэхтэрэ этэ. “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этиини киһи тутуспатаҕына сыыһа-халты туттунуу үөскүүрүттэн таҥара накааһа, иэстэбил тиийэн кэлэр.
Араас эмтэммэт ыарыылаах, кыайан, табан хамсаммат оҕолор төрөөһүннэрэ элбээһинэ кыргыттар эргэ барыахтарын иннинэ араас эр дьону кытта сылдьыһан буор куту буккуйалларыттан буолар. Ыарыһах оҕо төрөөһүнэ көҥүлүнэн барыы иэстэбилэ буолар.
Оҕо улаатан иһэн төрөппүттэрин көмөлөрүнэн, ыйан, этэн биэриилэринэн, үтүгүннэрэн үөрэтиилэринэн тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорору баһылааһына, ол аата киһи буолууну ситиһиитэ буолар. Онтон салгыы киһи быһыылаахтык олоҕун олоруута аһара барар өйүн-санаатын хааччахтыы сырыттаҕына эрэ кыаллар. Өй-санаа бу хааччаҕа сиэри үөскэтэрин сахалар бары тутуһаллар.
Сэбиэскэй былаас эстибитин кэнниттэн киһи быһыытын аһара барааччылар элбээбиттэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕэ өссө да тарҕана илик. Оҕону иитии, үөрэтии атаахтатыы, киһиргэтии өттүгэр халыйан сылдьарыттан ханнык да үлэ-хамнас кыаллыбат кэмигэр киирэн хаалан баран, кыайан онтон тахсыбакка олоробут.
Киһиэхэ үтүө, үчүгэй, олоххо туһалаах баҕа санаалары иҥэрэн биэриини таҥара үөрэҕэ оҥорор. Ким даҕаны сыыһа-халты туттунуом суоҕа диэн быһа этинэрэ табыллыбат. Ол курдук киһи биирдэ эмэтэ сыыһа-халты туттунан кэбиһэрэ куһаҕан быһыыны оҥороругар тириэрдэн бары үчүгэйи оҥорбутун сотон кэбиһиэн сөп. “Ложка дегтя портит бочку меда” диэн өс хоһооно ити быһаарыыны бигэргэтэр.
Оҕону көрсүө, сэмэй буолууга иитии диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ биэрэр көмөтө буолар. Көрсүө, сэмэй буолуу туһатын бу кэмнээҕи төрөппүттэр өй-санаа үөрэҕин билбэттэриттэн туһата суох курдук саныыллар. Оҕо туоратылла, баттана сылдьыа диэн урутаан түһэ сатыыр төрөппүттэр сыыһа санааҕа киирэн сылдьаллар. Кинилэр быстах санааларыгар оҕолоро харса-хабыра суох буоллахтарына, туохха барытыгар урутаан түһэн истэхтэринэ, ким да атаҕастаабата, онтуларын-мантыларын былдьаабата сөп курдук.
Ону баара оҕо харса-хабыра суоҕа, аһара барар санаата элбээһинэ бэйэтэ сыыһа-халты туттунарын элбэтэн, быстах быһыыга түбэһэрин үксэтэрэ ордук улахан куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Бу этиини “Не лезь вперед батьки в пекло” диэн өс хоһооно дакаастыыр. Ону тэҥэ ону-маны, саҥаны айыыны оҥорууга бастаан иһээччи эрэйгэ тэбиллэрэ, сыыһа-халты туттунууга түбэһэрэ былыргыттан биллэр.
Саха дьоно көрсүө, сэмэй буолуу аймахтар, омук ахсааннарын элбэтэрин, ханнык баҕарар үлэни кыайыыга, ситиһиигэ тириэрдэрин билэллэр. Көрсүө, сэмэй оҕо сыыһа-халты туттунара биир эмэ буолар, үлэни кыайарыгар тулуурдааҕа, өһөс санаалааҕа, үлэлии үөрэммитэ туһалыыр, ыал буоллаҕына олох ыарахаттарын тулуйар күүһэ улаханыттан арахсыыны үөскэтэрэ аҕыйыыр.
Онон кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара үлэни кыайыы-хотуу, көйгө буолуу диэки хайысханы туттустаҕына, омук сайдыыны ситиһэр кыаҕа улаатар.
ТӨРӨППYТ ОҔОТУГАР ЭРЭЛЭ
Сахаларга ыал буолуу үөрэҕэ олус былыргы кэмнэртэн сайдыбыта, үгэстэри үөскэппитэ, бу кэмҥэ диэри уларыйбакка эрэ, уруккутун курдук тиийэн кэлиэн сөбүн, сэбиэскэй былаас быһа түһэн симэлитэ сыспыта. Ыал буолууга төрөппүттэр баһылыыр оруолу ылалларын суох оҥорон, эдэрдэр бэйэлэрэ ханна эрэ көрсүһэ түһээт, быстахтык быһаарыналларын олоххо киллэрбиттэрэ, чугас аймахтыылар кэргэн буолууларыгар тириэрпитин тэҥэ, дьадаҥылар “үчүгэйдэр” диэн этиилэрэ, бу хаалынньаҥ, мөлтөх үлэһит дьон сыппах өйдөрө-санаалара аһара баран тарҕаныыларын үөскэппитэ, ол иһин үлэ-хамнас чахчы кыаллыбат кэмигэр тириэрпититтэн, бу былаас бэйэтэ эстибитэ эрээри, ол алҕас билигин да салҕанан иһэр.
Билигин ыал буолууну тэрийэр үөрэхпит оннун була, урукку олоҕор түһэ илик. Ол курдук урукку кэмҥэ ыал буолуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки сүрүн тутулуктаах, кэргэн, ыал буолааччылар бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһиилэрэ уонна энньэ, халыым диэн баай-мал көрдөбүллэрэ эбиллэн биэрэллэрэ. Кыанар, үлэһит ыаллар халыымы кыайан төлөөбөт дьадаҥы киһиэхэ кыыстарын эргэ биэрбэттэрэ. Ол барыта дьадаҥыттан дьадаҥы төрүүрүттэн эрдэттэн харыстанар олус туһалаах ньыма буолан куруук туттуллара. Ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ сахалар ыал буолуу тутулуктарын толорор, үгэстэрин тутуһар этилэр. (16,33).
Киһи олоҕор ситиһиэхтээх биир үрдүкү сыалынан оҕо төрөтөн, иитэн-үөрэтэн кэлэр көлүөнэлэри Орто дойдуга хаалларан иһиитэ буолар. Айылҕа биэрбитинэн, ол аата эт-сиин көрдөбүлүнэн, киһи бу сыалын толорор күүһэ улаханын иһин өй-санаа, олох сайдыытыттан, үөрэх-билии эбиллиититтэн тутулуктаах эбии көрдөбүллэр киирэн биэрэн иһэллэрэ олох уустуктарын үөскэтэллэр уонна сыалы толорууну уустугурдаллар.
Олох сайдан иһиититтэн ыаллар биир эмэ оҕолонорго тиийбиттэрэ төрөөһүн эрэйдэриттэн оҕолорун доруобуйата мөлтүүрүн тэҥэ, өйө-санаата сайдыытыгар төрөппүттэр көрөр-истэр, атаахтатар оруолларын аһара үрдэтэр буолла. Дьахтар эдэригэр уонна элбэхтэ оҕолонноҕуна доруобай оҕолору төрөтөр кыаҕа улаатарын ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрэн туһаныы олоххо киллэрэр.
Олоххо туох барыта аһара барыыта аҥар өттүгэр халыйыыны үөскэтэн уустуктары улаатыннарар. Төрөппүттэр оҕолорун туһугар аһара баран кыһаныылара аҥардастыы харыстааһын, көрүү-истии диэки халыйан хаалыыны үөскэтэн, оҕо өйө-санаата сайдыытын бэлэмҥэ үөрэнии, атаахтааһын өттүгэр халытар. Ол иһин оҕолоругар туруктаах өйү-санааны иҥэрэ сатыыр төрөппүттэр оҕону бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиспэккэ, бэйэтэ оҥорор-тутар баҕа санааланан, олорун ситиһэ сатыыр кыаҕын улаатыннарарга кыһаналлара эрэйиллэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэнэрэ өйө-санаата сайдыытыгар быһаарыыны ылынар кыаҕын улаатыннаран баҕа санаатын бэйэтэ толорор кыахтанарын үөскэтэр. Төрөппүт буолуу диэн киһи бэйэтэ өйдөөн-санаан туран ылынар олус улахан эппиэтинэһэ, киһи буолууну ситиһиитэ ыал буолуу кэнниттэн кэлэр. Оҕону төрөтөн, көрөн-истэн, иитэн улаатыннаран үөрэтии кэмэ сүүрбэччэ сылы ылар, онтон сиэннэр кэлэннэр олох салҕанан иһэрэ ситиһиллэр. Киһи олоҕун үгүс өттүн үлэтин-хамнаһын оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр анаатаҕына табыллар. Төһө эмэ өр кэмҥэ, сүүрбэччэ сыл устата иитиллэн, көрүллэн улааппыт оҕо өйө-санаата туруга суоҕуттан, биирдэ, арыгы иһэн дуу, наркотигы боруобалаан дуу сыыһа туттубутуттан, төрөппүт уһун кэмнээх, үйэтин үгүс өттүгэр үлэлээбит үлэтэ, инникигэ баҕа санаата барыта күдэҥҥэ көтүөн сөп. Оҕото биирдэ сыыһа туттубутуттан хаайыы киһитэ эбэтэр бэйэтэ кэлиэкэ буолан хааллаҕына, төрөппүт инникигэ эрэлэ мөлтүүр, сарбыллар.
Эдэр оҕолор сыыһа туттан быстах быһыыга түбэһэллэрэ кэлин кэмҥэ элбээбитин бары истэ-билэ сылдьабыт. Сахалар оҕону сыыһа-халты туттунарыттан харыстыырга аналлаах “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн Улуу Тойон таҥара үөрэҕин элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэр” балыттаран туһаммакка сылдьаллар. Оҕо сыыһа туттан быстах быһыыга түбэһиитэ ийэ кута, ол аата кыра, бэйэтэ өссө өйдөөбөт эрдэҕинэ, хайдах иитиллибититтэн олус улахан тутулуктааҕын биһиги быһааран, Кут-сүр үөрэҕэ оҥорон дьоҥҥо барыларыгар тириэрдэбит.
Кыра эрдэҕиттэн оҕону үлэҕэ-хамнаска үөрэтии туһалаах диэни хас биирдии төрөппүт билэр. Yлэлии үөрэнии диэн бэйэтэ хаһан да сүппэт, киһи сүрүн баайа буоларын, кэлин кэмҥэ умнан сылдьабыт. Биһиги “коммунизм” кэлэрин кэтэһэн улааппыт, тыаттан куоракка көһөн киирбит, барыта сэбиэскэй былаас бэлэмигэр үөрэммит дьон төрөппүттэрбититтэн кыра чымадаантан ураты тугу да ылбатахпыт. Ол эрээри оччотооҕу төрөппүттэр элбэхтик илиинэн үлэлииллэриттэн оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска үөрэтэннэр билигин, бу дьонтон пиэнсийэҕэ таҕысталлар даҕаны илиилэрин араарбакка, тугу кыайалларынан үлэлии-хамсыы сылдьааччылар элбэхтэр.
Кыра эрдэҕиттэн үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлии үөрэммит киһи хаһан баҕарар, иллэҥсийэ эрэ түстэр, тугу эмэ оҥоро-тута сылдьар өйө-санаата тугу эмэ оҥоруу, тупсарыы, тутуу туһугар үлэлиир хайысхаланар. Билигин кэлэн сааһырбыт дьон, хойутаан да буоллар, төрөппүттэрэ үлэни кыайа-хото үлэлииргэ кытаанах да соҕустук тутан, көйгө оҕо оҥорон үөрэппиттэригэр улаханнык махтана саныыллар.
Ол аата үлэһит киһи саамай улахан баайа – үлэлии-хамсыы, оҥоро-тута үөрэммитэ буолар. Yлэһит киһи оҕотун кыайа-хото тутан үлэҕэ-хамнаска үөрэттэҕинэ, оҕото улааттаҕына, бэйэтэ үлэлээн-хамсаан баайы-малы мунньунан барар кыаҕа улаатара кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буоларыттан үөскүүр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ханнык да сыаллара, олоххо туһата суох оонньуурдарынан таах оонньуу үөрэннэхтэринэ үйэлэрин тухары ыллыыр, оонньуур дьон буола улааталлар, киэргэнэ-киэргэнэ кэрэ буола сатыыллара эбиллэр. Манна кэлэн “Кыһалҕа кыһайар” диэн этии киһи өйүгэр-санаатыгар ордук дьайыылааҕа, туһалааҕа, үөрэтэр күүһэ улахана быһаарыллар. Оҕо ханнык да кыһалҕата суох улаатыыта, барыта бэлэмҥэ үөрэниитэ улааттаҕына олоҕор, бэйэтиттэн ураты туохха да кыһаммат киһи буолан хааларын, үлэтэ-хамнаһа мөлтүүрүн төрөппүттэр умнубатахтарына табыллар.
Урут сэбиэскэй былаас эстэн эрэр кэмигэр оҕону иитиини уонна үөрэтиини дойду бэйэтин илиитигэр толору ылан барытын босхо, төрөппүттэргэ ханнык да кыһалҕата суох оҥороро. Бу бэлэмҥэ дьону үөрэтэн кэбиһии содулуттан билигин даҕаны үгүс төрөппүттэр оҕолорун өйүн-санаатын сайыннарыыга өссө да ылсыһа иликтэрэ хомолтолоох. Билигин ырыынак кэмэ кэлэн төрөппүт ылар оруола өссө үрдээн биэрэригэр тириэрдибитэ эрэ дьайан, төрөппүттэр оҕолорун туһугар бэйэлэрэ аан бастаан кыһаналларын, үчүгэй үгэстэргэ, киһи быһыылаах буолууга, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэрин син өйдөөн туһанан эрэллэр. Кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэтиллибэтэх, ол аата ийэ кута чиҥ билиитэ-көрүүтэ суох оҕо быстах быһыылаах киһи буолара, кэлин улааттаҕына охсууланан тахсарын биһиги төрөппүттэрбит билбэккэ, аахайбакка эрэ сылдьаллар.
Тугу эмэ санаатар, туох эмэ өйүгэр көтөн түстэр эрэ оҥоро охсор киһи быстах быһыыны элбэхтик оҥоруон, сыыһа-халты туттунуон сөбүн быһааран “Санаабычча быһыылаах киһи” диэн сахалар былыргыттан этэллэрин билигин умнан, хаалларан сылдьабыт. Маннык быһыылаах киһи саҥаны айыыны, уратыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатыыра элбэҕиттэн уонна олорун үксүлэрэ табыллыбаккалар, сатаммаккалар куһаҕаны, алдьатыыны оҥорууну үксэтэн кэбиһэр уратыланар. Ол иһин сахалар санаабычча быһыылаах киһини сөбүлээбэттэр.
Айылҕа айбытынан төрөппүттэр бука бары оҕолорун харыстыыр санаалаахтар. Бу санаа биир эмэ оҕолонууттан аһара күүһүрэрэ харыстааһын аҥар өттүгэр баран, халыйан хааларын үөскэтэр. Оҕону харыстааһын аҥар өттүгэр барыыта барыттан-бары харыстыы, көмүскэһэ, эбии таҥыннара, сытыара, сынньата сатыылларыгар, ол аата көрөн-истэн харыстыыллара улаатарыгар тириэрдэр. Бу санаа төһө да үчүгэйин, оҕону сынньаппытын иһин атаах буолууга, бэлэмҥэ үөрэниигэ тириэрдэрэ ордук куһаҕан содулланан тахсар. Дьон харыстыылларыгар, көрөллөрүгэр-истэллэригэр үөрэммит оҕо, онно үөрэнэн хаалан бэйэтэ харыстаммат, үлэлээбэт, быстах быһыылаах буолара былыргыттан биллэр.
Оҕону иитиигэ итинник халыйыы биһиги аныгы төрөппүттэрбит оҕолорун хайдах харыстыыры ситэ билбэттэриттэн үөскүүр. Оҕону харыстааһын бэйэтэ эмиэ икки өрүттээҕин табан туһаммакка, билбэккэ сылдьаллара хомолтолоох:
1. Оҕону харыстааһыны кыра, кыаммат эрдэҕинэ бары оҥороллор. Ол аата кыра эрдэҕинэ көрөн-истэн харыстааһын туттуллар.
2. Ийэ кута иитиллэр кэмиттэн өйүн-санаатын сайыннарыы, сыыһа туттубатыгар, көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтии, оҕо өйө-санаата аһара барарын көрөн хааччахтааһын, тугу барытын киһи, ол аата өйүн-санаатын сайыннаран бэйэ, улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтии ааттанар.
Оҕону харыстааһын иккис өрүтүн тутуһуу киһи буолуу, киһилии быһыыланыы үөрэҕэ диэн сахалар бэйэбит таҥарабыт үөрэҕэ буолар. Оҕо өйө-санаата урутаан сайдан бэйэтин бэйэтэ харыстанар санаата үөскүүрүн ситиһии киһи буолуу диэн ааттанар. Ол аата сиэри, киһи быһыытын аһара барыма, айыыны оҥорума, сыыһа-халты туттан эдэр олоххун кылгатыма, урут оҥоруллубуту алдьатыма, харыстаа диэн өйү-санааны үөскэтэн биэрэн, оҕо бэйэтин бэйэтэ харыстаныытыгар тириэрдии буолар.
Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ ити быһаарыыны, ол аата харыстааһын иккис өрүтүн оҕо өйө-санаата киирэн иһэриттэн тутуһар уонна оҕону маннык харыстааһын кэлэр көлүөнэлэр салгыы сайдыыны ситиһии суолунан баралларын хааччыйарын быһаарар.
Киһи буолуу үөрэҕэ диэн туох барыта икки өрүттээҕин; үчүгэйдээҕин уонна куһаҕаннааҕын арааран билэн, бу өрүттэри биир-биир таба быһааран, хайа да өттүн диэки аһара барбакка, халыйан хаалбакка, икки ардыларынан, ол аата ортотунан көрөн оҥорорго үөрэнии үөрэҕэ буолар.
Таҥара үөрэҕэ диэн өйү-санааны салайан киһи буолуу суолунан сирдиир үөрэх ааттанар. Ол аата оҕо аан бастаан тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэрэ, оннук үгэстэри иҥэринэрэ ирдэнэр. Оҕо киһи оҥороруттан атыннык, тиэрэтик оҥордоҕуна киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу, саҥаны айыы буолан тахсар. Бу саҥаны айыыбыт бэйэтэ эмиэ икки өрүттэнэр, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана аан бастаан биллибэт, ол иһин хайдаҕа өссө кыайан быһаарыллыбат, итини тэҥэ, табыллыбакка хаалара үксүнэн айыыны оҥоруу куһаҕаны элбэтэн кэбиһэриттэн, аны харыстаныы ирдэнэр.
Айыыны оҥорбут кэнниттэн атыттар сыана биэриилэринэн туох быһыы оҥоруллан тахсыбыта көстөн, биллэн үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллан тахсар. Дьоҥҥо туһаны аҕаллаҕына – үчүгэй, үрүҥ айыы, онтон куһаҕан буолан таҕыстаҕына – хара айыы диэн ааттанар. Үрүҥ айыы оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ туттуллар буоллаҕына, хара айыы хаалар, умнуллар аналланар.
Оҕолору харыстыыр сыалтан сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэр. Айыы куһаҕана элбэҕин бу тыл бэйэтэ дорҕооннорун охсууларынан биллэрэрэ ордук суолталаах. Айыы диэн тыл бэйэтэ куһаҕан бүтүүлээх, “ыы” диэн ытааһын сыһыарыытынан түмүктэнэр. Бу тыл дорҕооннорун охсуулара ытааһыҥҥа тириэрдэр дьайыылаах. Ол иһин сахалар оҕолорун өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран олоххо туһанар буола илигинэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэллэрэ оҕо өйө-санаата туруктаахтык, сыыһа-халты туттунууну оҥорбокко эрэ киһи буолуу суолунан сайдарыгар туһалыыр. (17,24).
Оҕо улаатан киһи буолууну, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорору баһылыы илигинэ саҥаны айыыны оҥороро, айа сатыыра дьоҥҥо туһаны оҥороро отой аҕыйах. Хата ол оннугар сыыһа-халты буолан тахсара элбэҕинэн ордук кутталы үөскэтиэн, куһаҕаҥҥа үгүстүк тириэрдиэн сөбө быһаарыллар.
Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ оҕону киһи быһыылаах, ол аата төрөппүтүн курдук буоларга үөрэтэр. Итини тэҥэ сахалар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун тутустахпытына оҕолорбут төрөппүттэрин өй-санаа, тулуур, дьулуур өттүнэн баһыйдахтарына, омукпут өссө сайдан, күүһүрэн иһэригэр тириэрдэр кыахтаналлар. Билигин бу өс хоһоонун туһаныы хайаан да ирдэнэр кэмэ кэллэ.
Бары өй-санаа өйдөбүллэрин курдук итэҕэл эмиэ икки өрүттээх уонна бу өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан, оҕо, киһи өйө-санаата сайдыытын салайан биэрэн иһэллэр:
1. Оҕо сайдан, үүнэн, улаатан, саҥаны билэн иҥэринэн иһэр өйүн-санаатын үөрэтии таҥара үөрэҕэ, итэҕэлэ диэн буолар,
2. Инники олорон ааспыт көлүөнэлэр айыы буолбут билиилэрин итэҕэйэн ылыныы үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ааттанар. Былыргы өбүгэлэрбит билиилэрин, итэҕэллэрин, тылларын уларыппакка уһун үйэлэргэ туһана сырыттахпытына, омукпут үйэтэ уһаан иһэригэр, үрүҥ айыы итэҕэлин тутуһарбыт чахчы туһалыыр.
Олох ханнык баҕарар кэмнэригэр сыыһа-халты туттунуо, ааппытын-суолбутун түһэн биэриэ суоҕа диэн төрөппүт эрэлин оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун иитэн, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн ситиһэр кыахтааҕын билинэн оҕотун иитиитигэр ылсыһыа этэ.
Онон төрөппүттэр оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр эрэллэрин өй-санаа, Кут-сүр, сахалыы таҥара үөрэхтэрин билэллэрэ уонна оҕолорун иитиитигэр, үөрэнэн киһи буолуу үөрэҕин баһылыырыгар, ситиһэригэр туһаналлара үөскэтэр.
ЭТ-СИИН
Айылҕаҕа туох барыта икки өттүттэн тутулуктанан сайдаллар. Самаан сайын кэнниттэн кырыалаах кыһын тиийэн кэлэрэ хаһан да уларыйбатыттан икки өрүттээх буолуу куруук баар буола турар. Айылҕа бу икки өрүттээх, итиинэн уонна тымныынан дьайыылара эти-сиини ыарыылары тулуйарга эрчийэ, дьарыктыы сылдьаллар.
Киһи бэйэтэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн эмиэ икки өрүттээх:
1. Этэ-сиинэ. Сүрүн чааһа.
2. Өйө-санаата. Өй-санаа үс кукка уонна сүргэ арахсар. (18,78).
Киһи бу икки тус-туспа өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын араарбакка, ханнык эрэ сөп түбэһэр тэҥнэһиини үөскэтэн тутуһа сырыттахтарына эрэ киһи буолан сылдьыы, олох олоруу табыллар. Ол курдук өй-санаа, салгын кут көтөн, этин-сиинин быраҕан, айыы буолан хааллаҕына, киһи өйө-санаата сайдыыны ситиһэр өрүтэ көҕүрээн, кыыл таһымыгар түһэн хаалара, сахалыы “сүөһүтүгэр түспүт” диэн ааттанар. Арыгы иһиититтэн өй көтөрө араарыллан биллибитин кэнниттэн киһи бэйэтэ үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэрэ быһаарыллан олоххо киирбит.
“Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар” диэн өс хоһооно киһи этэ-сиинэ мөлтүүрүн, сылайарын, кэмэ кэллэҕинэ уларыйдаҕына табылларын биллэрэр. Ол курдук ыраахтааҕылар биир династиялара муҥутаан 300 сылга баһылаан олороллоро, онтон эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөһүнүттэн атынынан уларыйаллара биллэр.
Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата сайдан, тупсан иһиилэрэ эмиэ икки өрүккэ арахсаллар:
1. Киһитийии. Эт-сиин киһи курдук көрүҥнээх буолууну ситиһиитэ.
2. Киһи буолуу. Өй-санаа сайдан, тупсан киһилии быһыыланыыны ситиһиитэ киһи буолуу диэн ааттанар. (19,56).
Былыргы үйэлэртэн эт-сиин сайдан, тупсан бу билиҥҥи тас көрүҥүн ситиһэн, ол аата киһитийэн сылдьар. Киһитийии диэн киһи курдук көрүҥнэниини биллэрэр туспа өйдөбүл баара олус былыргы кэмнэргэ аныгы киһиэхэ соччо маарыннаабат атын көрүҥнээхтэр баар буола сылдьыбыттарын уонна киһи олортон туспа арахсыбытын биллэрэр.
Хайа хаспахтарыттан көстөр араас былыргы уруһуйдарга кыыллар уонна киһи холбоспуттарыттан үөскээбит мутаннар бааллара чахчы буола сылдьыбыты көрдөрөллөр. Киһи этэ-сиинэ тупсан киһитийиини ситиһиитэ олус уһун кэмнэргэ буолбута сөп.
Эт-сиин кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиитэ удьуордааһын диэн ааттанар. Киһи тас көрүҥэ, этин-сиинин уратылара, үчүгэйэ уонна куһаҕана барылара кэлэр көлүөнэлэригэр удьуордааһынынан бэриллэн иһэллэр. Ол иһин ыал буолууга атын аҥары таба талан ылыы уонна сөбүлэһии аан бастаан туттуллара табыллар.
“Удьуордаан туран уустар” диэн эттэхтэринэ, бу аймах дьон бары төрүттэриттэн удьуордаан ылбыт уһанар дьоҕурдаахтарын, уустарын бэлиэтээн этэллэр. Уус буолуу диэн уһанар үөрүйэхтэри, буор куту иҥэринии, уһанарга туһалыыр уустук, нэмин билэр хамсаныылары табан оҥоруу ааттанар.
Ууска үөрэнии олус уһун кэми, кырата уонча сылы ыларын бэлиэтээн суруйаллар. Араас үлэҕэ үөрэнииттэн ууска үөрэнии уһун кэми ылара анаан-минээн бэлиэтэнэр. Ууска үөрэниигэ төрүттэртэн бэриллэр буор кут улаханнык туһалыырын сахалар билэллэр.
Эт-сиин эргэрэн барыытыгар араас бодоҥноро, эмтэммэт ыарыылара элбииллэр. Ону быһааран аныгы наукаҕа киһи геннэригэр араас мутациялар үөскүүллэр диэн этэллэр.
Ыал буолуу былыргы үгэстэрэ киһи этэ-сиинэ сайдарын, тупсарын, күүһүрэн иһэрин үөскэтэллэриттэн сайдан иһэр санаалаах омук олору тутуһа сылдьара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Сэбиэскэй былаас буолуор диэри сахалар бу үгэстэри халбаҥнаабакка эрэ тутуһа сылдьалларыттан ахсааннара эбиллэрэ уонна эр дьон күүһүрэн, кыаҕыран иһэллэрэ. Киһи этин-сиинин тупсарарга аналлаах былыргы үгэстэр өс хоһоонноро буолан сылдьаллар.
“Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй” диэн өс хоһооно ыраах сирдэртэн ойох ыллахха эбэтэр эргэ таҕыстахха төрүүр оҕолор эттэрэ-сииннэрэ тупсан араас ыарыыларга ыллараллара аҕыйыырын быһаарар.
Киһи сайдан, тупсан иһиитэ киһитийиини ситиспитэ быданнаабыт. Ол курдук араас киһи курдук көрүҥнээхтэр баар буола сылдьыбыттара бары эстибиттэр, симэлийбиттэр. Ол барыта былыргы кэмнэргэ сайдыыны ситиспит киһи атыттары барыларын бултаан, идэһэ оҥостон бүтэрбититтэн тутулуктанар. Олоҥхо кэмигэр кыаттарбыт киһини сүрэҕин уонна быарын сонно тута сииллэрэ кэпсэнэр.
Киһи өйө-санаата сайдыыта, тупсуута сиэри тутуһууну ситиһииттэн саҕаланан киһи буолууну, киһилии быһыыланыыны үөскэппит. Киһи буолар баҕа санаа киһи таҥараны үөскэтэн киһилии өйү-санааны дьоҥҥо барыларыгар тарҕаппыт.
Сахалар “Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар” диэн этиилэрэ киһи көннөрү сылайарын таһынан этэ-сиинэ элэйэрин биллэрэр. Ол курдук омук үйэтэ уһааһына дьонун эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтүттэн, ууһуур кыахтара мөлтөөбөтүттэн, аҕыйаабатыттан быһаччы тутулуктанар.
Эт-сиин айылҕаҕа үөскүүр эттиктэртэн хомуллан үөскүүр уонна кэлэр көлүөнэлэргэ соннук бэриллэн иһэр. Эт-сиин кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиитэ удьуордааһын диэн ааттанар.
Элбэх аймахтар холбоһон омугу үөскэтэллэр. Аймахтыылара чугаһаан хаалбыт аймахтар кыыс оҕолоноллоро элбээн хааларын кырдьаҕастар бэлиэтииллэр. Эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөбүт аймахтарга уол оҕолор төрүүллэрэ быста аҕыйыыр.
Уол оҕо төрүүрэ эр киһиттэн быһаччы тутулуктааҕын аныгы медицинэ науката бигэргэтэр. Күүстээх, кыахтаах эр киһи уол оҕолору төрөтөр кыаҕа улаатар. Эр дьоно мөлтөөбүт омук атыттар баһыйыыларыттан эстэр, симэлийэр турукка киирэр.
Омук мөлтөөбүтэ, сайдыбат кэмҥэ киирбитэ күүстээх, кыахтаах эр дьоно аҕыйахтарыттан биллэр. Бу быһаарыыны чуолкайдык дакаастыыр спорт көрүҥүнэн билигин көҥүл тустуу буолар. Ол курдук бу тустууга киһи күүһэ уонна хамсаныылары түргэнник оҥорор кыаҕа, дьоҕура, буор кута бииргэ холбоон быһаарыллар кыахтаналлар. Күүстээх тустууктара суох буолбуттара ырааппыт нууччалар билигин мөлтөөбүт, уларыйан эрэр омукка киирсэллэр.
Биир эмэ оҕо баар буолуута атаахтатыыны элбэтэн кэбиһэрэ омук сайдыытыгар туһаны оҥорор эдэрдэр аҕыйыылларын үөскэтэр. Ону тэҥэ оҕолор атаахтык иитиллиилэрэ аһара барар санааларын улаатыннаран сыыһа-халты туттуналлара, эдэр олохторун кылгаталлара элбээн ахсааннара өссө аҕыйыырыгар тиийэллэр.
Эр дьон мөлтөөн аҕыйаатахтарына элбээн хаалбыт дьахталлар атын омук дьонугар эргэ тахсаллара үксээн, омук ахсаана өссө аҕыйаан атын омукка уларыйан барыыта кэлиэн сөп. Ыал буолуу былыргы үгэстэрин кытаанахтык тутуһар мусульманнар Аан дойду үрдүнэн сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэллэрин тэҥэ, эр дьонун күүстэрэ-кыахтара мөлтөөн хаалбат. Православнай таҥара үөрэҕэ эр киһи биир кэргэннээх буолуохтаах диэн этиитин тутуһан уонна сайдыылаах диэн ааттанар, эстэн эрэр Европа дойдуларын үтүктэн нууччаларга биир, икки оҕолонуу олоххо киирбитэ омук ахсаана аҕыйыырын үөскэтэр.
Дьахтар эдэригэр, сааһын ситтэр эрэ төрөтөр оҕолоро доруобай буолаллара үксүүр. Бастакы оҕото төбөтүгэр трамбалаах буоларын наукаҕа быһаарбыттара, иккис оҕо эмиэ туга эрэ табыллыбат, онтон үһүс оҕо табыллан төрүүрэ биллибит. Биир эмэ оҕолоох буолуу омугу эстиигэ тириэрдэрэ итинник дакаастанар.
Онон эт-сиин туруга үчүгэйэ омук сайдарыгар, ахсаана эбиллэригэр тириэрдэрин билэн ыал буолуу былыргы үгэстэригэр аныгы сахалар төнүннэхтэринэ эрэ сайдыыны ситиһэр кыахтаналлар.
БУОР КУТУ ХАРЫСТААҺЫН
Хамсаныылары оҥорууттан хас биирдии быччыҥҥа өй-санаа үөскээн, мунньуллан иһэр. Бу өй-санаа олус элбэхтик хатыланан үөрүйэхтэри үөскэттэҕинэ быччыҥы бэйэтин хамсатар кыахтанар. Буор кут өйгө-санааҕа киирсэр уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиитэ утумнааһын диэн ааттанар.
Аныгы дьахталлар көҥүллэринэн барыыларыттан элбэх эр дьону кытта эдэр эрдэхтэриттэн сылдьыһалларыттан эр дьон буор куттара дьахтар киэлитигэр буккуллан хаалар буолла. Оҕону төрөппүт диэн ааттанар күүстээх, кыахтаах эр киһи оҕото кинини маарыннаабатын, утумнаабатын бэлиэтинэн кини курдук күүстээх, кыахтаах буолан төрөөбөтө биллэрэр. Урукку кэмҥэ күүстээхтэринэн ааҕылла сылдьыбыт биллэр дьон кэлэр көлүөнэлэрэ билигин кэлэн мөлтөөн хаалбыттара итини бигэргэтэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үчүгэй” диэн эдэрдэри сыыһа үөрэтэллэриттэн кыыс оҕолор арыычча улаата түстэллэр эрэ айыыны оҥорор санаалара улаатарыттан, ханнык эрэ кыайар айыыларын оҥоро охсоору ыксыыллар. Ол иһин ханнык эрэ оҕоҕо, көрдөөбүт эр киһиэхэ кыыстарын биэрэ охсон кэбиһэллэриттэн, уһуннук үөрэтэр оскуоланы күүлэйдии үөрэммит эдэр дьахталлар үөрэнэн бүтэрэр буоллулар. Манна ордук улахан куһаҕаны сиппит кыыс уолаттары кытта бииргэ үөрэнэрэ оҥорор.
Кут-сүр үөрэҕин тутуспат, эмиэ айыыны оҥорууга үөрэтиллэр эдэр уолаттар кыргыттары харыстыыр санаалара суох буолан, туһана охсор эрэ санаалара улаатан сылдьар. Эдэр оҕо сайдыыта суох буор кута бу дьахтар төрөтөр оҕолоругар бэриллэр кыахтанан, эргэ таҕыстаҕына даҕаны, эрин утумнуур оҕону кыайан төрөппөт. (1,64).
Россияҕа көҥүл тустууну Кавказ омуктара лаппа баһылаабыттара ыраатта. Сибиир, Азия омуктарыттан биир, икки кыра ыйааһыннарга туста сатыыллар да өнүйбэттэр. Нууччалартан бырааттыы Белоглазовтар чемпионнуу сылдьыбыттарыттан ыла хас да уонунан сыллар усталарыгар чемпионнара суохтар.
Тустуук этэ-сиинэ бөҕө, күүстээх буолара ирдэнэр, ону тэҥэ, сылбырҕата, сымсата, түргэнник уонна табатык хамсанара, ол аата кыаҕа, буор кута сайдыыта ордук улахан оруолу ылар. Күүһү уонна кыаҕы сатаан, табан хамсаныыны холбуу ылан быһаарарынан көҥүл тустуу киһи тутаах хаачыстыбаларын быһаарарга олус табыллар күрэхтэһии буолар. Сахаларга күүстээх тустууктар аҕыйааһыннара күүстээхтэр буор куттарын мөлтөхтөрүнэн буккуйан салгыы сайыннарбаттан улахан тутулуктаах. Буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ эти-сиини кытта бэриллэн иһэрин билбэттэриттэн кыыс оҕолор кыыстарын харыстаабакка атыттары, сайдыыта суох буор куттаахтары, араас дьадаҥылары кытта сылдьыһан буккуйан кэбиһэллэрэ элбээтэ. Өй-санаа туохха да хааттарбатыттан, туохтан да иҥнибэтиттэн чараас эрэһиинэни туһана сатааһын дьахталлары быһаччы албыннааһын буолар.
Сахалар үөрэхтэринэн киһи буор кутун сайдыыта маннык тупсан иһэр таһымнарга арахсар:
1. Муҥнаах.
2. Муҥкук.
3. Дьадаҥы.
4. Үлэһит.
5. Дьоҕурдаах.
6. Сатабыллаах.
7. Талааннаах.
Ыал буолууга үлэһит, дьоҕурдаах, сатабыллаах уонна талааннаах буор куттаах дьон сөп түбэһэллэр. Буор кут сайдыытын бу таһымнарын олоххо уопутурбут дьон арааран билэллэриттэн ыал буолууга төрөппүттэр ылар оруоллара ордук улаатар.
Хас биирдии быччыҥҥа хайдах хамсыырыттан тутулуктанан үөрүйэх буолуу, ол аата оннук хамсааһыннары оҥоруу өйө-санаата үөскээн иҥэн хаалар. Бу иҥмит, үөрүйэх буолбут өй-санаа эти-сиини уларыттаҕына буор кут үөскүүр. Бу үөскээбит буор кут эти-сиини кытта кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэриттэн утумнааһын үөскүүр. Буор кут өй-санаа буоларынан эти-сиини кытта холбуу бэриллэн иһэр. Эр киһи сиэмэтин кытта дьахтар киэлитигэр киирдэҕинэ онно иҥэн сылдьар. Бу сырыыга оҕо үөскээбэтэҕинэ даҕаны кэлэр сырыыга буор кут эрдэттэн оннун булуммутун өссө да туһанар, кэлэр оҕоҕо бэриллэр кыахтанар.
Өй-санаа туохтан иҥнибэт, тутуллубат. Чараас эрэһииҥкэнэн эр киһи сиэмэтин тутан ылыы кыаллар буоллаҕына, буор кут кыайан тутуллубат, син-биир киирсэн дьахтар киэлитигэр иҥэн хаалар.
Кыыс оҕо сайдыыта суох буор куттаах киһини кытта сылдьыстаҕына, хаһан эрэ төрүүр оҕото соннук сайдыыта суох буор куттаах буолан хаалар. Сайдыыта суох буор куттаах диэн муҥнаах, муҥкук, дьадаҥы буор куттаах киһи ааттанар. Хамсаныылары оҥороро бытааныттан, сыылбатыттан үлэни кыайа-хото үлэлээбэтин иһин ити, куһаҕан ааты булан иҥэрбиттэр.
Буор кут диэн киһи саамай сүрүн өйө-санаата. Бу өй-санаа эти-сиини үөрүйэх оҥороруттан уонна атын үөрүйэх буолбут өйдөртөн-санаалартан хомуллан үөскүүрүнэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр. Буор кут буккуллуута ыарыһах, кыайан хамсаммат, саҥарбат оҕолор төрүүллэригэр тириэрдэр.
Оҕо хайдах туттунарыттан, хамсанарыттан кимтэн буор кутун ылыммытын былыргылар быһаараллар эбит. “Аҕатын курдук сыыдам хамсаныылардаах” диэтэхтэринэ аҕатын утумнаабыта, буор кутун ылыммыта быһаарыллар. Ол аата аҕатын курдук үлэни кыайар кыахтааҕа биллэн тахсар.
Буор кут буккуллуутуттан аймахтар, омук күүстээх, кыахтаах эр дьоно суох буолууларыгар тиийэн атыттарга баһыттаран, симэлийэн барыыта кэлиэн сөп. Ол курдук үлэни кыайан үлэлээбэттэр кыахтаахтык үлэлээччилэргэ баһыттаран, үлэлиир сирдэриттэн туораан биэрэн иһэллэрин биһиги да билэбит. Кэлии үлэһиттэр баһыйалларыттан олохтоохтору үлэ туһаны аҕалар миэстэлэриттэн үтүрүйэн иһэллэрэ элбээтэ.
Эр дьон буор куттара буккуллан хааларыттан дьахтар буор куттаах, ол аата үлэҕэ-хамнаска кыайыыта суох оҕолор төрүүллэрэ элбээн иһэр. Ыал буолуу үгэстэрэ буор куту харыстыыр аналлаахтарыттан кыыс оҕолору саастарын ситтэллэр эрэ, ыраас кыыстарынан эргэ биэриини тутуһуу ирдэнэр көрдөбүл буолла.
Онон омугу харыстааһын диэн эр дьон күүстэрин-кыахтарын буор куттарын харыстааһын буолар уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин ситистэххэ омук үйэтэ уһуур кыахтанар.
ҮГЭСТЭР
Санаа диэн олох кыра, дуона суох курдук саныыбыт. Ону-маны, буолары-буолбаты санаабыта буола, онон аралдьытына, албыннана, ыра санааҕа ыллара сатыы сылдьарбыт элбэх. Ол араас элбэх олоххо туһата суох, быстах санаалары умнуталаан, хаалларан истэххэ олоххо туһаны аҕалар санаалар элбиэхтэрин сөп.
Араас санаалары төһө да умуннарбыт биир эмэ туһалаах дии санаабыт санааны хос-хос хатылаан саныы сырыттахха хаһан эрэ умнуллубат турукка тиийэр, онтон баҕа санааҕа кубулуйар. Ол баҕа санаа биир санааҕа кубулуйдаҕына, үгэһи үөскэтэн киһини бэйэтин хамсатар, салайар кыахтанар, ону тэҥэ бэйэтэ ол санаатын толорон кэбиһэр кэмэ кэлэн хаалыан сөп.
Санаа бу уларыйан хаалыытын сахалар арааран билэннэр, таҥара үөрэҕэр киллэрэн үчүгэйи эрэ саныы сылдьарга, онтон куһаҕаны санаабат буолууга, умнарга уонна сиэри тутуһууга үөрэтэллэр. Ол курдук куһаҕаны элбэхтик саныы сырыттахха, ол санаа эмиэ үгэскэ кубулуйан хааллаҕына, киһи бэйэтэ ол куһаҕаны оҥорон кэбиһиэн сөбө үөскүөн, сыыһа туттунуон сөп.
Өй-санаа үгэскэ кубулуйбутун биллэр бэлиэтинэн умнуллубат буолуута уонна киһи ол үгэһи толорор кыахтаныыта ааҕыллар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун быһаарар этии үгэстэргэ эмиэ дьайыыта тиийэн үгэстэр икки өрүттэнэллэр:
1. Үчүгэй, туһалаах, киһилии үгэстэр.
2. Куһаҕан, буортулаах үгэстэр.
Оҕоҕо куһаҕан үгэс үөскээн хаалара түргэнинэн, туох эмэ куһаҕаны соһуччу көрдөҕүнэ эбэтэр биирдэ да оҥорон кэбистэҕинэ онто үгэскэ кубулуйа охсоруттан, кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии туспа уратыланан тахсарын сахалар билэн Кут-сүр үөрэҕэр киллэрэн туһана сылдьаллар. Ол аата оҕо ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥотторуунан иитилиннэҕинэ үчүгэй быһыылаах оҕо буола улаатарын Кут-сүр үөрэҕэ дакаастаан төрөппүттэргэ тириэрдэр.
Оҕону кыра эрдэҕинэ Кут-сүр үөрэҕин туһанан ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитиллэр, онтон улаатан истэҕинэ “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэтиини туһанан үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарыыны сахалыы таҥара үөрэҕэ оҥорор.
Оҕо улаатан иһэн туох эмэ уратыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун, саҥаны айыыны оҥорор санаата аһара улаатарын таҥара үөрэҕэ хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэриини туһанар. Бу оҕону иитии, үөрэтии уратыларын “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн таҥара үөрэхтэрэ бааллара биллэрэр. Бу үөрэхтэр оҕо өйө-санаата сайдыыта уонна саҥаны айыыны оҥоруу оҕоҕо дьайар уратыларыттан тутулуктанан, сыыһа-халты туттубатын диэн харыстыыр аналлаахтарын билэн төрөппүттэр туһана сылдьаллара эрэйиллэр. Оҕо туох эмэ уратыны, айыыны, киһи оҥорботун, куһаҕаны оҥордоҕуна үгэс сонно үөскээн хааларыттан, куһаҕан майгыланан хаалара төрөппүттэр уһун кэмҥэ үчүгэйгэ үөрэтэ сатаабыттарын буортулаан кэбиһиэн сөп. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр куһаҕан быһыылары оҥотторбокко хааччахтаан, үчүгэйи эрэ оҥотторон, ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитиллэрин сахалар ситиһэллэр.
К.Д.Уткин билинэринэн үгэстэр икки өрүттээхтэр, үтүө уонна мөкү өйдөбүлү үөскэтэллэр. (20,41). Сахалар “Киһи киһи буоларыгар” сыччах үлэ эрэ халбаҥнаабат сүдү суолталааҕын быһааран үөрэтэллэр. Үлэ араас хамсаныылара эрэ киһи буор кутун сайыннаран сыыһа-халты туттунарын биллэрдик аҕыйатан, нэмин билэн туттунарга үөрэтэллэр. Саха киһитэ олоҕун устатыгар суолдьут сулус оҥостон, өбүгэлэрин үгэстэринэн салаллан сылдьыбыта. Сурук-бичик суох кэмигэр үгэс суолтата улахан этэ. Дьону олохсуйбут үгэстэр салайаллара, ол иһин аналлаах сиэр уонна киһи быһыыта диэн өй-санаа хааччахтарын үөскэппиттэрэ билигин да тутуһулла сылдьаллар.
Өй-санаа үгэстэри үөскэтэр. Киһи үгэстэринэн салаллан олоҕун олороро хаһан да уларыйбат. Ханна эрэ саҥа сокуону ылына охсон кэбиһии тойон илии баттыырын кытта олоххо киирэ охсорун курдук тиэтэйэр санаа халыйыыга тириэрдэр. Саҥа сокуону дьон бары ылынан, олоххо туһалааҕын итэҕэйэн, элбэхтэ хатылаан үгэс оҥоруннахтарына эрэ толоруллар кыахтаналларын билии эрэйиллэр.
Дьон өйө-санаата уларыйыыта уһун кэми, кырата үс көлүөнэ дьон уларыйыыларын кэнниттэн ситиһиллэр кыахтаах. Сэбиэскэй былаас албына үс көлүөнэ дьон уларыйбыттарын кэнниттэн биирдэ биллэн тахсан, бу былаас эстибитин таба сыаналааһын эрэйиллэр. Аныгы демократия үөрэҕин олоххо киллэрэ сатааччылар олус тиэтэйэн ылынар сокуоннарын үгүстэр сөбүлээбэттэриттэн, 2021 сыллаах быыбартан Россияҕа урукку сэбиэскэй былаас кэмигэр төннүөхтэрин баҕалаахтар бааллара билиннэ.
Саҥа демократия үөрэҕин Россия дьоно үгэс оҥостон билигин да иҥэринэ иликтэрин 2020 сыллаахха конституцияны бары куоластаан диктатура өттүгэр уларыппыттара биллэрэр. Итини тэҥэ Европа олохтоохторо аһара баран ыал буолууга киллэрэр сыыһа уларытыыларын ылымматтара, ыал омук олоҕор ылар улахан оруолун билэллэриттэн тутулуктанар.
Ыал буолуу үгэстэрэ олус былыргы кэмнэргэ үөскээн олоххо киирбиттэр уонна аймахтар, омук уһун үйэлэргэ сайдан, өссө тупсан иһэллэрин үөскэтэллэр. Киһи тупсан иһиитин тас көрүҥэ уларыйыытыттан быһааран билэ сатааһын олохсуйан сылдьар. Араас подиумнар үчүгэй диэн ааттанар тас көрүҥү көрдөөн буларга аналлаахтар.
Сахалар үөрэхтэринэн киһи сайдан иһиитэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:
1. Киһитийии. Киһи курдук көрүҥнээх буолууну ситиһии.
2. Киһи буолуу. Киһилии өй-санаа сайдыыта уонна тупсан иһиитэ.
Киһи курдук көрүҥнээх буолууну дьон олус былыргы кэмнэргэ ситиспиттэр. Киһитийии аһара барыыта оҕону төрөөтөр эрэ киһи диэн ааттааһынтан үөскээн тахсар тиэтэйии буолар. Ол курдук өй-санаа сайдыыта бытаан, оҕо өр кэмҥэ иитиллэн, үөрэнэн киһи буолууну сааһын туолуутугар эрэ ситиһэр кыахтанар.
Оҕо өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситистэҕинэ, үгэс оҥостуннаҕына үйэтин тухары киһи быһыылаахтык олоҕун олороро кыаллар кыахтанарын сахалар тутуһаллар. Киһи буолуу өйө-санаата, үгэһэ үөскээһинэ, сайдыыта уһун үйэлэргэ Киһи таҥараны үөскэтэн дьон ити баҕа санаалара үгэс буолуута ситиһиллибит.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыы киһи бары оҥорор дьыалаларыгар барыларыгар дьайыыта тиийэр. Ыал иһигэр икки өрүттээх буолуу эмиэ дьайар. Дьахтар эр киһиэхэ көмөлөһөөччү буоларын дьиэ иһигэр уҥа уонна хаҥас диэн арахсыы баара биллэрэр. Ол курдук былыргы кэмнэргэ дьахтар дьиэ хаҥас өттүгэр сылдьара көҥүллэнэрэ дьиэ иһинээҕи үлэлэринэн дьарыктанара ыал олоҕор ордук улахан туһаны оҥорорун биллэрэр.
Онон өй-санаа үгэскэ кубулуйан киһини, дьону салайара хаһан да уларыйбат. Киһи тугу элбэхтэ хатылаабытын, үчүгэйи оҥорбутун үгэс оҥостунан өссө хатылаан оҥороро, олоххо сайдыыны киллэрэр.
ТЫЛ ҮГЭҺИ ҮӨСКЭТЭР
Киһи бастакы саҥарар тыллара айылҕаҕа үөскүүр тыастары уонна араас кыыллар, көтөрдөр саҥаларын, дорҕооннорун үтүктүүттэн үөскээбиттэр. “Ма” диэн ынах маҥырыыр саҥатын дорҕооно элбэх норуоттарга иҥмитэ туттулла сылдьар.
“Хар” диэн дорҕоон куһаҕан, алдьанар тыаһы үтүктүүттэн үөскээбит уонна элбэх куһаҕан өйдөбүллээх тыллары үөскэтэр; хар, харыы, харсыы диэннэр быһаччы куһаҕаҥҥа тириэрдиэхтэрин сөп.
“Палк” диэн туох эрэ куһаҕан түһэр тыаһа. Ол иһин “па” дорҕоон куһаҕан дорҕоон. Дьахталлар оҕолорун аҕаларын “па-па” диэн куһаҕан дорҕооннордоох тылынан ааттыылларыттан уонна оҕолорунан итинник ыҥыттаралларыттан аҕалар майгылара алдьанар, оҕолоругар сыһыаннара мөлтүүр. Ону тэҥэ оҕолор бу куһаҕан дорҕоон дьайыытыттан аҕаларын аанньа ахтыбат буола улааталлар. (21,19).
Тыл дорҕооннортон хомуллан үөскүүр. Тылы үөскэтэр дорҕооннор киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор дьайыыларыттан үгэс үөскээн, бу тылга иҥэн хаалар. Дорҕооннортон үөскээбит үгэс тыл буола уларыйар. Үгэс диэн өй-санаа тылы үөскэтэр. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит саха тыла ол иһин иччилээх диэн ааттанар.
Тыл үөскүүрэ, олоххо киирэрэ, ол аата элбэх киһи туһанара үөскүүрэ олус уһун кэми ылар. Ол курдук тыл дьон өйдөрүгэр-санааларыгар тиийэн, бу тыл өйдөбүлүгэр сөп түбэһэр үгэһи үөскэттэҕинэ эрэ бары билинэр, туһанар тыллара буола уларыйар.
Биир эмэ киһи саҥа үөскээбит тылы билинэн, үтүктэн үгэс оҥоруннаҕына даҕаны, атыттарга тиийэрэ биир соччо кэми ылыан сөп. Ыраахтааҕы кэмин саҕана киирбит нуучча тылларын үгүстэрэ билигин кэлэн сахатыйдылар. Сэбиэскэй кэмҥэ киирбит тыллар үгүстэрэ бэйэлэринэн сылдьаллар, ол иһин сахалар бу кэмнээҕи ситиспит сайдыылара нууччалардыын тэҥнэстилэр. Ону тэҥэ икки омук тылын үөрэтэн билэннэр, олохторугар холбуу туһаналларыттан өйдөрө-санаалара аһара сайдар кыаҕа улаатарын ситистилэр. Билигин дьиҥнээх сайдыы омуктартан, английскай тылтан киирэр кэмэ кэллэ. Компьютери баһылааһын английскай тылы биллэххэ эрэ ситиһиллэрэ кыаллар. Саҥа киирэр сайдыыны ситиһэр сыалтан бу тыллары бэйэлэринэн, уларыта сатаабакка туһанан иһии эрэйиллэр. Сахалыыга көһөрөбүт диэн ааттаан саҥа тыллары үөскэтэ сатааһын түргэнник киирэр сайдыыттан хаалан хаалыыны үөскэтэр. Ол хаалан хаалыы саҥа тыл дьон өйүгэр-санаатыгар тиийиитэ уһун кэми ыларыттан тутулуктанар.
Тылтан үгэс үөскээһинэ диэн бу тыл дьайыытыттан киһи соннук быһыыны оҥордоҕуна уонна куруук оҥорор буоллаҕына эрэ үгэс үөскээбитэ биллэр. Оҥ диэн тылы киһи истээт даҕаны тугу эрэ оҥо хаспытынан бардаҕына, бу оҥ диэн тыл үгэс буолан дьайыыта тиийэн киһини хамсатара быһаарыллар.
Ый диэн тылы истээт да киһи тугу эрэ ыйары, көрдөрөрү өйдүүр. Ону тэҥэ халлаан ыйа эмиэ өйдөнөн кэлэр. Дьон өйө-санаата ый күн аайы уларыйарын кэтээн көрүүттэн сайдыбыт.
Быс диэн тыл тугу эрэ быһарга, бысталыырга дьаһайар. Быс диэн үгэстэн быһах диэн тыл үөскээбит. Быстах быһыылар диэн киһи ситэ быһаарбакка, туох содул үөскүүрүн билбэккэ эрэ оҥоро охсон кэбиспит быһыыта ааттанар. Була сатаан айыыны оҥоро охсон кэбиһии быстах быһыыны элбэтэн кэбиһэр.
Саҥа тыллары була сатаан оҥоруу, ол аата дорҕоонноро өй-санаа өйдөбүллэригэр сөп түбэспэтэхтэринэ, маат курдук куһаҕан дьайыыланаллар, сотору кэминэн симэлийэн, хаалан иһэллэр. Бу быһаарыыны саҥа тылы оҥоро сатааччы тыл үөрэхтээхтэрэ билэн туһаныахтара этэ.
“Ыы” диэн дорҕоону саҥара сылдьар оҕо ытанньах диэн ааттанар. “Ыы” диэн дорҕоон ытааһыны үөскэтэр. “Ы” дорҕоон сахаларга ыар, ыарахан дорҕоон. Бары эрэйдэр үөскүүр тыллара “ы” дорҕоонтон саҕаланаллар. Ыы, ыыс, ыар, ыарыы, ыарахан диэн тыллар бары куһаҕан өйдөбүллээхтэр.
Ыал буолуу диэн оонньуу, көр буолбатах, элбэх ыарахаттары кыайдахха, туораттахха, бэйэмсэх майгыны көннөрдөххө, тупсардахха, атын дьон баҕа санааларын толордоххо, үчүгэйи элбэхтик оҥордоххо эрэ ыал олоҕо табыллар кыахтанар.
“Рр” диэн ырдьыгынаан кыыллар көмүскэнэ, харыстана сатыыллар. “Рр” дорҕоону саҥатыгар элбэхтик туттар киһи кыыһырымтаҕай буолара быһаарыллар.
“Ү” диэн дорҕоон сахаларга үчүгэйи аҕалар дорҕоон, үчүгэй тыллар бары “ү” дорҕоонтон үөскүүллэр. Үүт, үтүө, үөрүү, үчүгэй диэн тыллар бары үчүгэйи биллэрэллэр.
Биһиги сайдыыны нууччалартан ылыммыппыт 400 сыл буолан эрэр. Кинилэртэн ылыммыт билиилэрбит, үгэстэрбит тылбытыгар киирэн иҥэн сылдьаллар. Ол иһин биһиги сайдыыны ситиһиибит нууччалары кытта тэҥҥэспитэ быһаарыллар. Билигин аны, түргэнник киирэр сайдыыттан хаалан хаалбат туһугар кыһанарбыт тэҥэ, атын омуктартан сайдыыны ылынарбыт эрэйиллэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ аһара сахатытыы диэки халыйаннар түргэнник киирэн иһэр сайдыыттан хаалан хаалыыны үөскэтэллэр. Аан дойду дьоно барылара билинэр республика диэн тылбытын өрөспүүбүлүкэ диэҥҥэ, тыл үөрэхтээхтэрэ уларыттараннар сайдыыттан улахан хаалыыны сурукка киллэрэн бэлиэтээтилэр. Билигин патриот диэн тылы сахатыта сатаан буккуллан сылдьаллар. Ханнык эрэ “дойдунаат” эҥин диэн саҥа дорҕооннордоох тылы оҥороннор, ол тыл хаһан үгэс буолан дьон өйдөрүгэр-санааларыгар тиийэн олохсуйуор диэри кэлэр сайдыыттан хаалан хаалыыбытын үөскэтэн эрэллэр.
Саха омуга сайдыан баҕарар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр аһара элбээн хаалбыт, ол-бу саҥа тылы булбута буола сатаан төрүт тылларбытын уларыта сатыыр тыл үөрэхтээхтэрин, суруйааччылары нэмин билэн хааччахтааһын уонна элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” тохтотуу ирдэнэр буолла.
Бары нууччалыы тыллары сахатыта сатаан, саҥа тыллары үөскэтэн, бу тыллара хас уонча сылынан дьон өйдөрүгэр-санааларыгар түһүөр, өйдөнөр буолуор диэри түргэнник киирэн иһэр сайдыыттан хаалыыны үөскэтэллэрин тыл үөрэхтээхтэрэ бэйэлэрэ да билбэттэрэ хомолтолоох.
Түргэнник сайдан иһэр олоххо атыттартан хаалсыбакка сайдыыны ситиһэн иһэр омукка тыл үөрэхтээхтэрэ букатын туһата суохтар. Араас туһата суох тыллары булбута, айбыта буола сатаан дьон өйдөрүн-санааларын үлтү буккуйаллара элбээтэ. Итини тэҥэ, бу дьон омук былыргыттан баар, туттулла сылдьар төрүт тылларын уларыта сатаан ордук улахан буортуну оҥороллор.
Ийэ диэн төрүт тылбытын Дапсы “иньэ” диэн ньаамырҕаан саҥарыыга уларыта сатаабыта өр буолла. Биир эмэ киһи кими эрэ, бэйэтиттэн акаарыны албыннаары, тылыгар киллэрээри, үктэтээри араастаан ньаамырҕаан, сыыбырҕаан саҥарарын үтүктэ сатааһын диэки халыйан барыы табыллыбат.
“Нь” дорҕоону тылга киллэрэн туһана сатааһын албыннааһыны үөскэтэр. “Аньыы” диэн сахаларга суох тылы булан тыл үөрэхтээхтэрэ, куһаҕаҥҥыт бу баар диэн ыйа, көрдөрө сатыыллара быһаччы албыннааһын буолар, диктатураны үөскэтиигэ тириэрдиэн сөп.
Айыы диэн киһи оҥорор быһыытын уратыларын; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһаарар тыл киһи тугу оҥорбута барыта икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын биллэрэрэ ордук туһалаах. Ол иһин бу тыл былыргы кэмнэртэн икки өрүттээх өйдөбүллээҕин тыл үөрэхтээхтэрэ уларыта сатыыллара сахалыы өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэспэт. (22,32).
Ай диэн тыл киһиэхэ эрэ үөскээн, салгын кута сайдан туох эмэ уратыны, саҥаны айыыны оҥорон иһэрин биллэрэр. Омук экономиката мөлтөөн, саҥаны айан сайдыыны оҥорон иһэрэ суох буоллаҕына, хаалан хааллаҕына, туох эмэ суолтата суох, дьону аралдьытар сыаллаах саҥаны айбыта буола сатааһын сайдыыта саҕаланан дьону буккуйара эбиллэр. Сайдыыны ситиспитэ буола сатааһыҥҥа аан бастаан омук саҥарар тыла киирэн хааларыттан, онно араас уларытыылары, саҥа тыллары айан туһаннара сатааһын сайдар. Тылы уларытыы холобурунан нууччаларга маат арааһа кэпсэтиигэ туттуллара элбээн, аны сурукка киирэн эрэрэ буолар.
Тыл үөрэхтээхтэрэ саҥаны айбыта буолан сахаларга туһаннара сатыыр араас тыллара; номуука, бэссэстибэ, үнүстүтүүт, бакылтыат диэннэр мааттан туох да итэҕэһэ суох куһаҕан дьайыылаахтар, бу тыллар төрүттэрэ уларыйан дьон өйүгэр түспэттэрэ улаатарыттан сотору таах хаалыахтарын сөп.
Саҥаны айбыта буола сатыыр дьон саҥарар тылларын араастаан уларытан саҥа тыллары оҥоро сатыылларыттан, тыллара сотору кэминэн уларыйан, саҥа омук тыла буолан тахсарыттан бэйэлэрэ уларыйан, атын омук буолан хаалыахтарын сөп.
Дьон саҥаны айыыны оҥорон иһэллэрэ элбээтэҕинэ саҥа тыллары була, туһана сатыыллара аһара барар кэмэ тиийэн кэлэр. Билигин биһиэхэ оннук кэми тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэннэр аҕалан кэбистилэр.
Ханнык да үлэ көрүҥэ кыаттарбатыттан дьон туох эрэ саҥаны айбыта буола сатыыллара улаатан саҥарар тылларын араастаан уларытан ньаамырҕаан саҥараллара эбилиннэ. Ийэ диэн төрүт тылбытын уларытан “иньэ” диэни тыл үөрэхтээхтэрэ киллэрэ сатаан сахалары үрэйэн, ыһан эрэллэр. Ол иһин үлэһиттэр ийэ, солун, остуоруйа уонна айыы диэн төрүт тылларбытын бу кэмтэн ыла тыл үөрэхтээхтэриттэн харыстыыр кэмнэрэ тиийэн кэллэ.
Өйгө-санааҕа сөп түбэспэт “аньыы” диэн тылы булан туһаннаран, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун сахалар тутуһа сылдьалларын суох оҥорон тыл үөрэхтээхтэрэ диктатураны үөскэтэ сатыыллар. Саха дьонугар куһаҕаҥҥыт, “аньыы” диэн бу баар диэн кумааҕыны эрэ бэрийэ сылдьаннар, аны үлэһиттэргэ ыйан биэрэр санаалара улаатта.
Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар аһара элбээн хааланнар уонна “айыы үчүгэй” диэн албын санааҕа оҕустараннар, онтон-мантан булан саҥаны айа сатыыллара элбээбитэ уонна саҥа киирэр тыллары барыларын уларыта сатыылларын тэҥэ, былыргыттан туттулла сылдьар сахабыт төрүт тылларын уларытан эрэллэрин тохтотуу эрэйиллэр буолла.
Онон икки омук тылын баһылаабыт саха омугун өйө-санаата сайдан иһэр. Ол иһин саҥа тылларынан байан иһэр саха тылын сайдыытын тохтото сатыыр тыл үөрэхтээхтэрэ букатын да туһата суохтарын тэҥэ, сахалары үрэйэ, ыһа сатыыллара быһаарыллар.
УДЬУОР УЛАРЫЙЫЫТА
Айылҕаҕа туох барыта уларыйыыта, атынынан солбуллуута кэмэ кэллэҕинэ кэлэн иһэр. Ол курдук сайын кэнниттэн кыһын кэлэрин туох да кыайан тохтоппот. Кэлэр кэмнэригэр син-биир тиийэн кэлэллэр.
Киһи үйэтэ бүтүүтэ, өлүүтэ эмиэ кэмэ кэллэҕинэ кэлэр. Төһө да хомойбуппут, аһыйбыппыт иһин өлбүт киһини сытытымаары үс хонугунан көмөн кэбиһэргэ тиийиллэр. Онтон өлбүт киһи өйө-санаата туспа баран айыы буолан Үөһээ дойдуга тахсар диэн Кут-сүр үөрэҕэр этиллэр. Онно, Үөһээ дойдуга былыргы үйэлэртэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыы буолан сылдьаллар. Бу айыылар тардар, угуйар күүстэриттэн “айыы үчүгэй” диир дьону эрдэлээн ыҥыран ылыахтарын сөп. Айыы диэн тылы элбэхтик туттубут, улаханнык саҥарбыт В.Кондаков уонна Тэрис саҥа сааһыран иһэн бэйэлэрэ айыы буолбуттара, ырыаһыт талааннаах Айыы Уола эдэригэр барбыта.
“Айыы үчүгэй” диэн этэр дьон сыыһа-халты туттуналлара элбээн эрдэлээн өлөллөрө, ону тэҥэ бэйэлэригэр тиийинэллэрэ үксээн иһэрэ Саха сиригэр бэйэлэригэр тиийинээччилэр элбэхтэринэн дакаастанар.
Олох салҕанан истэҕинэ дьон көлүөнэ аайы солбуллан, уларыйан иһэллэр. Ол иһин кинилэр ыал буолан бэйэлэрин солбуйар аналлаах оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин кэмин аһарбакка үөскэтэн истэхтэринэ эрэ аймахтар эбиллэн, омук сайдан иһэрэ ситиһиллэр.
“Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн сахалар этэллэр. Бу этии дьахтар диэн тыл туттуллар уратытынан эрэ табатык быһаарыллар. Ол курдук бу аат туһааннаах кэмигэр анаан бэриллэринэн, оҕо төрөтөр кэмигэр эрэ дьахтар диэн ааттааһын сөп түбэһэр.
“Дьа” уонна ахта диэн тыллартан үөскээбит дьахтар диэн тыл, бу кэмҥэ улахан өй-санаа ахтатыгар баарын биллэрэр. Аныгы психология науката, бу кэмҥэ дьахтар оҕо төрөтөр санаата атын санааларын барыларын баһыйарын билинэрэ, былыргы кэмнэргэ үөскээбит сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ чахчы табатын дакаастыыр.
Дьахтар 16 сааһыттан 36 сааһыгар диэри оҕо төрөтөр кыаҕа айылҕаттан бэриллибит. Бу кылгас кэми таах аһаран кэбиспэттэрин, кэлэр көлүөнэлэрин кэмин аһарбакка төрөтөллөрүн туһугар “Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн сэрэтэр этиини үөскэтэн туһаналлар.
Кыыс оҕо этэ-сиинэ ситиэҕиттэн оҕо төрөтөр аналлааҕын сахалар билэн кэмэ кэлэрин, сааһа ситэрин кытта эргэ биэрэн, оннун булларан иһэллэрэ. Ол барыта эр киһи үйэтин тухары сайдан иһэр буор кута кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин ситиһэргэ, ыаллар сайдыылаах буор куттаах оҕону төрөтөллөрүгэр аналланара.
Эр киһи буор кута үйэтин тухары араас үлэ туһалаах хамсаныыларын оҥороруттан, өйө-санаата сайдан үөрүйэхтэри үөскэтинэриттэн эбиллэн, мунньуллан иһэр. Ол иһин сааһын лаппа ситэн баран ыал буолан оҕолонноҕуна, оҕолоро өссө сайдыылаах буор куттаах буолан төрүүллэрэ ордук табыллар.
Киһи үйэтэ 100 сылынан кэмнэнэр. Элбэх дьон холбоһон биир омугу үөскэтэллэр. Сахалар билиилэринэн омук үйэтин уһуна 900 сылга тиийэр диэн ааҕаллар. Былыргылар бу кэм кэлиитин омук саҥарар тыла уларыйарыттан арааран билэн бэлиэтээбиттэр.
Омук үйэтэ уһуура дьонун этэ-сиинэ төһө бөҕөтүттэн, күүстээҕиттэн быһаччы тутулуктанар. Омук дьоно мөлтөөһүннэрин араас күүһү быһаарар күрэхтэһиилэргэ кыаттарыыларыттан булан ылыахха сөп.
Билигин Россияҕа нуучча омуга мөлтөөһүн кэмигэр киирбитин ахсааннара аҕыйаан иһэриттэн уонна күүһү-кыаҕы быһаарар спорт көрүҥэр, көҥүл тустууга атыттарга баһыттараннар чемпионнара суоҕуттан быһаарар кыах баар буолла.
Ыалга эр дьон удьуордара салҕанан баран иһиитэ мугутаан 300 сылынан быстар, уларыйар. Аймахтар удьуордара уларыйан дьахтар аймахтарыттан салҕанан баран иһиигэ тиийэр кэмэ кэлэр. 1912 сыллаахха Россияны баһылаабыттара, салайбыттара 300 сыла туолбутун бэлиэтээбит Романовтар династиялара 1917 сыллаахха эстибитэ, уларыйбыта. Былыргы кэмнэргэ сахалар аҕа уустарынан арахсан олорор эрдэхтэринэ аймахтарын үчүгэйдик билэллэрэ. Ыал буолууга тоҕус көлүөнэ иһигэр түбэһэр аймахтарын кытта холбоспотторо.
Нууччалар кэлэн сахалар аҕа уустарын үрэйээри саҥа фамилияны кириэстээбит аҕаларын киэнин ылыннарбыттара. (5,154). Итини тэҥэ оҕо аҕатын аатын фамилия оҥосторун киллэрэннэр хаан аймахтары барыларын булкуйдулар. Ыал буолууга аймахтары булкуйуу, чугаһатан кэбиһии араас ыарыһах оҕолор төрүүллэрин үксэтэриттэн нуучча омуга эстэрэ түргэтиир. Тэлэбиизэр бары ханаалларынан көстөр рекламаларга ыарыһах оҕолорго анаан көмө харчы көрдүүллэрэ элбээбитэ көрөөччүлэри хомоторун таһынан, ыарыһах оҕолор төрүүллэрэ аһара үксээбитин биллэрэр.
Билигин аймахтар уларыйаллара дьон фамилиялара уларыйарыгар тириэрдэриттэн син араарыллан биллэрин иһин, биир фамилиялаах эрээри, аймахтыы буолбатах дьон элбэхтэр, ол иһин хаан аймахтары булуу, билии уустугурар. Мөлтөөбүт аймахтар кыыс оҕолоноллоро элбээһиниттэн фамилиялара уларыйан хаалара эмиэ бэлиэтэнэр. Сахалыы ааттары ылыныы, аҕа уустарын ааттарын төнүннэрии удьуордары харыстааһыны кытаатыннаран биэриэ этэ.
Удьуордааһын диэн кэлэр көлүөнэлэргэ эт-сиин бэйэтэ уонна араас уратылара барыта бэриллэн иһиитэ ааттанар. Эт-сиин уратылара диэҥҥэ бары үчүгэйдэрин таһынан араас куһаҕаннара; эмтэммэт ыарыылара, бодоҥноро эмиэ киирсэллэр. Ыал буолуу үгэстэрин тутуспат буолуу сэбиэскэй былаас кэмигэр үөскээн тарҕаммыта, онтон аныгы дьахталлар араас эр дьону кытта сылдьыһан иһэллэриттэн кыайан эмтэммэт ыарыһах оҕолор төрүүллэрэ элбээн иһэр.
“Төрүт уус ыал” уонна “Удьуордаан туран уустар” диэн аймахтары эттэхтэринэ хас эмэ көлүөнэлэр усталарыгар бары уустарын, оҕолоро эмиэ уус буолан төрүөхтэрин сөбүн билинэллэр. Ол иһин ыаллар уустары кытта холбоһон ыалы тэрийэллэрин сөбүлүүллэр. Бу тэрийии аймахтар үлэлии үөрүйэх буор куттарын тарҕатарыттан салгыы сайдыыны ситиһэллэрин үөскэтэр.
Хаан аймахтар диэн хас да көлүөнэлэр усталарыгар биир эттээх-сииннээх, биир буор куттаах дьон ааттаналлар. Тоҕус көлүөнэлэр кэннилэриттэн аймахтаһыы ыраатан ыал буолуу көҥүллэнэр кэмэ тиийэн кэлэр. Хос хос эһэ кэнниттэн хаан аймахтаһыы өссө ыраатар, икки өттүттэн ааҕыы кэнниттэн тоҕус көлүөнэ ааһара ситиһиллэр.
Нууччалар икки өттүттэн ааҕан биир хос эһэлээх оҕолору ыал оҥорон холбуулларын сахалар ылымматтар, аймахтаһыыны чугаһатан кэбиһэр диэн ааҕаллар.
Онон аймахтар эттэрэ-сииннэрэ уларыйара кэмэ кэллэҕинэ тиийэн кэлэринэн хаан тупсарыытын туһанан омук кыралаан уларыйыыта салҕанан баран истэҕинэ үйэтэ уһуура ситиһиллэр.
ДЬОН БӨЛӨХТӨРГӨ АРАХСАЛЛАР
Дьон хаһан баҕарар тус-туспалара, уратылара элбэх. Эттэрэ-сииннэрэ уратылаахтарын таһынан өйдөрүн-санааларын туспалара эбиллэриттэн хаһан да маарыннаспаттар. Өй-санаа уратылара өр кэмҥэ уларыйбаттарын, сүтэн, симэлийэн хаалбаттарын айыы буолуу диэн киһи өлбүтүн кэннэ ордон хаалар, туспа барар уонна уһун кэмҥэ сүтэн хаалбакка дьайыыта биллэр өйө-санаата Үөһээ дойдуга сылдьара биллэрэр.
Олус былыргы кэмнэргэ дьон икки ардыларыгар үлэни хайдах үлэлииртэн тутулуктаах уратылартан үөскүүр, өй-санаа сайдыытын быһаарар арахсыылар сахалары тус-туспа бөлөхтөргө араарбыттар. Бу арахсыылар бааллара тылбытыгар киирэн иҥэн сылдьалларыттан булан ыларбыт табыллар:
1. Баайдар.
2. Кыанар ыаллар.
3. Үлэһиттэр-дьадаҥылар.
4. Үлэһиттэр-хамначчыттар.
5. Кумалааннар.
6. Кулуттар.
Дьон бу тус-туспа ааттаммыт бөлөхтөрүгэр барыларыгар үлэни төһө кыайалларыттан тутулуктаах өй-санаа, буор кут уонна ыча иҥэн сылдьаллар. Бу өй-санаа, буор кут уонна ыча үлэттэн тутулуктаах уратылара үөскэппит бөлөхтөрө дьон үлэҕэ-хамнаска сыһыаннара тус-туспатын биллэрэллэр.
Дьон бу бөлөхтөргө арахсыылара үлэҕэ сыһыаннарыттан, ол аата хайдах үлэлииллэриттэн, тугу ситиһэллэриттэн, эттэрин-сииннэрин уратыларыттан уонна майгылара хайдаҕыттан тутулуктанан үөскээбиттэр. Бу бөлөхтөр, арахсыылар үөскээһиннэрэ киһиэхэ этин-сиинин, буор кутун, ычатын туругуттан уонна баҕа санаа үөскээһиниттэн улахан тутулуктаахтар:
1. Бэйэлэрэ үлэни-хамнаһы тэрийэр, салайар, оҥорор-тутар, сыыһа-халты туттубат, киэҥ ычалаах, үөрэҕи баһылаан бары бырааптарын билэр дьон байыыны ситиһэр кыахтаналлар. Дьон ситиһэ сатыыр баҕа санаалара байыы, байыыны ситиһии, олохторун тупсаран иһии диэки хайысхалаахтар. Эттэрэ-сииннэрэ бөҕө, үтүө баҕа санаалардаах дьон арыыччалара кыайа-хото үлэлээн-хамсаан, булан-талан бэйэлэрин үйэлэригэр байыыны ситиһэллэр. Үлэни табан тэрийээччилэр, дьону талан үлэлэтээччилэр байыыны ситиһэр кыахтара улаатар.
2. Үлэни кыайа-хото үлэлээччилэр ычалара киэҥ буоллаҕына үлэттэн кэлэр баайы-малы мунньунан кыанар ыаллары үөскэтэллэр. Бу бэйэлэрин бэйэлэрэ салайынар үлэһиттэр саха дьонун үгүс өттүлэрин ылаллар.
Дьон бу бөлөхтөрүттэн аҥардарыттан ордугун үлэһиттэр ылаллар. Кинилэр үлэлээн-хамсаан элбэх туһалааҕы оҥороллоруттан уонна оҕолорун көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн ахсааннара эбиллэн иһэриттэн омугу сайыннараллар.
Үлэ-хамнас икки өрүтээҕин үлэһиттэр туһаналлар:
а. Туох эмэ дьоҥҥо туһалааҕы, атыыга-эргиэҥҥэ барары оҥорон таһааран барыһы киллэрэн баайы хаҥатан иһэллэр.
б. Атын дьон оҥорон таһааралларыгар көмөнү оҥороллор.
Туох эмэ дьоҥҥо туһалааҕы оҥорон, үлэлээн-хамсаан баайы-малы мунньунуу киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор уратылара үлэһиттэр өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьар. Үлэһиттэр баай-мал үгүс үлэттэн-хамнастан кэлэрин элбэхтик үлэлээн эрэйдэнэн билэллэр. Үлэлээн, тутан оҥорбутуттан киһи астынара, дуоһуйара кэлэрин туһанан үлэлэрин тупсарар, сайыннарар үлэни ыыталлар.
Үлэһиттэртэн сайдыылаах, ычалара кэҥээбит өттүлэрэ байыыны ситиһэннэр баайдар бөлөхтөрүгэр тахсаллар, онтон дьоҕурдаах, сатабыллаах эрээри, ычалара арыычча тиийбэт өттүлэрэ кыанар ыаллары үөскэтэллэр.
3. Араас үлэһиттэр элбэхтэр. Кыайалларынан үлэлии сатыыр үлэһиттэр дьадаҥылары элбэтэллэр. Дьадаҥы буор куттаах киһи төһө да үлэлии сатаабытын иһин оҥорбута ситэ табыллыбатыттан, сатамматыттан уонна ычата кыратыттан үлэтин оҥорон таһаарыыта өнүйбэт, туһалаах буолан тахсара аҕыйыыр. Дьон кыаммат, куһаҕаннык үлэлиир өттүлэрэ дьадаҥы үлэһиттэри элбэтэллэр.
4. Бэйэлэрэ бэйэлэрин кыайан салайыммат үлэһиттэр атын дьон баһылааһыннарыгар, салайыыларыгар киирэннэр дьадаҥылары, хамначчыттары элбэтэллэр. Атын дьон ыйан, көрдөрөн биэриилэринэн үлэлээччилэр, хамнас ылааччылар хамначчыттар диэн ааттаналлар. Сэбиэскэй былаас хамначчыттары суох оҥоробут диэн албыннаан, дьону барыларын КПСС хамначчыттара оҥостубута.
5. Үлэни кыайбатыттан атын дьон көрүүлэригэр-истиилэригэр киирбит киһи кумалааҥҥа кубулуйар. Билигин дойду биэрэр кыра пиэнсийэтигэр эрэ олорор дьон, былыргынан эттэххэ, кумалааннарга тэҥнэнэллэр. Ол курдук кыра пиэнсийэлэрэ астарыгар уонна эмтэригэр эрэ тиийэрэ кумалааннарын чахчы биллэрэр.
6. Билигин Россия дьонугар сайдыы төһө эмэ киирэн, кулуттар диэн бэйэлэрин-бэйэлэрэ бас билиммэт дьон былыргы кэмнэртэн баар эбиттэрэ, сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла суох буолбуттара.
Саха дьонугар былыргы кэмнэртэн ыла сайдыыттан тутулуктаах уларыйыы киирбитэ аһара баайдар, бу кэмҥэ баалларыттан биллэр. Бу киирбит уларыйыы дьоҥҥо туһаны оҥороро элбээтэҕинэ, үлэни сайыннардаҕына сайдыыны, тупсууну аҕалыан сөп, онтон үгүстэр дьадайыыларын үөскэттэҕинэ, үлэ миэстэтин аҕыйаттаҕына, олоххо уларыйыылар киириилэрэ саҕаланар. Сэбиэскэй былаас кэлбитин курдук элбээн иһэр дьадаҥылар былааһы ылыахтарын сөп.
Оҕо улаатан иһэн үлэҕэ үөрэнэригэр дьон бөлөхтөргө арахсыыларын тутустаҕына өйө-санаата туруктаахтык сайдар. Ол курдук үлэни баһылаан истэҕинэ билиитэ-көрүүтэ үлэһит таһымыттан сыыйа сайдан, сыыһа-халты туттунара суох буолан, сатабыла улаатан үрдүк таһымнаахтык үлэлиэн сөп.
Сахалар чэпчэкитик, халлаантан түспүт курдук кэлэр баайы сөбүлээбэттэр. Баай-мал чэпчэкитик көһүннэҕинэ, эрэйэ суох булулуннаҕына өйгө-санааҕа уратылары үөскэтэрин билэллэр:
- Чэпчэкитик, эрэйэ суох булуллубут баай-мал түргэнник ыскайданар, симэлийэр. “Умнаһыт бурдугун тыал көтүппүт” диэн өс хоһооно умнаһыт өйүн-санаатын арыйар. Умнаһыкка төһөнү да биэрдэххэ тыалга көтүтэн суох оҥоруо диэн быһааран биэрэр.
- Баай эмискэ элбээтэҕинэ суолтата суохха туһаныы элбээн хаалар. Баайы туһаныы “Харчы харчыны оҥорор” диэн этиигэ сөп түбэспэт буоллаҕына сотору симэлийэн бүтэригэр тириэрдэр.
Ыал буолууга дьон бөлөхтөргө арахсыыларын тутуһуу ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол курдук өй-санаа үгэскэ кубулуйан хаалбыта кыайан уларыйа охсубатыттан бөлөхтөн атын бөлөххө көһүү улахан уустуктары, өй-санаа тосту уларыйарын эрэйэр.
“Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһооно баай уонна дьадаҥы өйдөрүн-санааларын уратыларын арыйар. Бу уратылар ыал буолууга ордук улахан буортулаахтар, ол курдук баайдар оҕолорун иитиитигэр куһаҕан өттүгэр, атаахтатыы диэки халыйыыны оҥороллоро баайдара төһө элбэҕиттэн тутулуктанан улаатан иһэр. Баайдар уонна дьадаҥылар ыал буолуулара биир эмэ буолара кэпсээннэргэ киирбитинэн биллэр.
Сахалар ыал буолууга дьон бөлөхтөрүн өйдөрө-санаалара тус-туспаларын быһаарыыны тутуһа сылдьалларын “Тэҥнээҕи булунуу” диэн аналлаах үөрэхтэрэ баара биллэрэр. Тэҥ өйдөөх-санаалаах ыаллар оҕолоро өйө-санаата туруктаах буола улаатан үлэни-хамнаһы кыайарын, бэйэтэ ыал буолан аймахтары элбэтэрин сахалар олохторугар туһаналлар. Сэбиэскэй былаас дьон бөлөхтөргө арахсыыларын суох оҥоро сатаабыта да үйэлэргэ үөскээбит үгэстэр кыайан уларыйа охсубаттара ырыынак кэмигэр быһаарыллан таҕыста. Ол курдук былыргы кэмҥэ баай төрүттээхтэр саҥа ырыынак кэмигэр хаалан хаалбаккалар үлэни-хамнаһы тэрийэллэрэ элбэҕэ билиннэ.
Билигин ырыынак олоҕун кэмигэр дьон өйө-санаата былыргы курдук бөлөхтөргө арахсыыта сыыйа биллэн иһэр. Киһи төрүттэриттэн ылыммыт өйүн-санаатын, буор кутун, ычатын олоҕун устата сыыйа уларытара, сайыннарара ордугун сахалар үөрэхтэрэ биллэрэр.
Онон дьон бөлөхтөргө арахсыылара олохсуйбут өйдөрүттэн-санааларыттан тутулуктааҕыттан ыал буолууга улахан оруоллааҕа быһаарыллар.
ОҔО ӨЙӨ-САНААТА ҮӨСКЭЭҺИНЭ
Оҕо өйө-санаата үөскээһинэ төрөппүттэриттэн быһаччы тутулуктанан сайдар, ийэтин таба көрөр кэмиттэн ыла, өйө-санаата үөскээбитэ бэлиэтэнэн хараҕа иччилэнэр. Ийэтэ үөрэн көрдөрөн биэрдэҕинэ үтүктэн, хардары үөрэн көрдөрөргө түргэнник үөрэнэр.
Сахалар оҕо ийэ кутун иитиллэрэ ийэтин таба көрөр кэмиттэн сайдан барарын билэн кыра эрдэҕинэ кыһанан үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэриини тутуһаллар. Оҕо ийэ кута 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри күүскэ сайдар, тугу саҥаны билбитин сонно үгэс оҥостунан иҥэринэн иһэриттэн ийэ кута иитиллэр диэн этиллэр.
Оҕо баҕа санаата үөскээһинигэр төрөппүттэр ылар оруоллара олус улахан. Кинилэр хайдах салайан, ханнык баҕа санаалары иҥэрэн биэрэллэр даҕаны оҕо өйө-санаата ол диэки салаллар. Кини төрөппүттэрин хаһан баҕарар үчүгэйдэр диэн санаата баһыйарыттан үтүктэр, батыһар күүһэ улаатар.
Оҕо үчүгэй дии саныыр төрөппүттэрин үтүктэр санаата улаатан, күүстэнэн ийэ, аҕа таҥараларыгар кубулутар. Итини тэҥэ бу баҕа санаа оҕо төрөппүттэрин курдук буоларын төрүттүүр, иҥэрэр.
Төрөппүт аһара көрөн-истэн, атаахтатан, маанылаан кэбистэҕинэ, оҕоҕо бэйэм үчүгэйбин диэн санаата улаатан хааллаҕына уонна үгэскэ кубулуйдаҕына атыттары, төрөппүттэрин аннынан саныыра үөскээн, атаах буолууга тиийэн хаалыан сөп.
Оҕону аһара өрө тутуу, маанылааһын, атаахтатыы өйүн-санаатын уларытан бэйэм үчүгэйбин диэн санаатын улаатыннаран кэбиһэриттэн төрөппүттэр сэрэнэн аһара атаахтатыа, бэйэлэриттэн үрдүктүк, үчүгэйдик тутуо, аһара маанылыа суоҕа этилэр. Ол аата төрөппүт оҕотун кытта эмиэ тэҥнэһэ сылдьара эрэйиллэр.
Төрөппүттэрэ киниэхэ хайдах сыһыаннаһалларыттан оҕо кинилэр тустарынан санаата үөскээн олохсуйар уонна кэлин үгэскэ кубулуйар. Оҕоҕо кытаанахтык, биир тэҥник, көрдөбүллээхтик сыһыаннаһар төрөппүтүн ордук ытыктыыр, этэр тылын истэргэ үөрэнэн Ийэ эбэтэр Аҕа таҥаратыгар, баҕа санаатын киһитигэр кубулутар.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр оҕону атаахтатыы партия ыйыытынан, салайыытынан үөскээн олохсуйбута. “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыы төһө да истэргэ үчүгэйин иһин, оҕону төрөппүттэриттэн ордорон атаах буолууга тириэрдэриттэн уонна үөрэҕи аһара эккирэтииттэн үлэни кыайбат буолуу үөскээбитэ.
Оҕо төрөппүтүнээҕэр ордук сыаналанарын биллэҕинэ атаахтыыра уонна бэйэмсэх санаата улаатар. Ол иһин оҕону төрөппүт батыһыннара сылдьан бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэтэрэ атаахтыырын суох оҥорор. “Мин оҥорорум курдук оҥор” диэн үөрэтии оҕо улахан киһи үөрэҕин түргэнник ылынарын, үгэс оҥосторун биллэрэр.
Оҕону улаатан истэҕинэ кыратык да албыннаабакка, сымыйалаабакка ииттэххэ, үөрэттэххэ албын, сымыйа диэни билбэккэ эрэ улаатар. Туох баарын барытын оҕоҕо кэпсээтэххэ, бэйэтин кыаҕынан син өйдүөҕэ уонна хаһан да албынныа, сымыйалыа суоҕа. Олоххо кырдьыгы уонна сымыйаны, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыыны, таба туһаныыны оҕо улаатан иһэн ситиһэр үөрэҕэ буолар. Ол курдук аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын оҕо билэр, олору оҥорбот буолар кыаҕа улаатарын “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этэн сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар.
Оҕо улахан киһини, төрөппүтүн үтүктэрин ситиһии, кини киһи буолууну баһылыырын түргэтэтэр. Төрөппүттэр оҕолоругар Ийэ, Аҕа таҥараҕа кубулуйдахтарына, оҕо баҕа санаата кинилэр курдук буолууга салалларыттан киһи буолууну ситиһэрэ түргэтиир.
Оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр ыал ылар оруола олус улаханын “Төрүт уус ыал” диэн этии баара биллэрэр. Ол аата ыал эрэ оҕону киһилии быһыыланарга, үлэни таптыыр, кыайар буолууга иитэрэ, үөрэтэрэ быһаарыллар. Бу этии суолтата улаханыттан, оҕону хайдах иитэртэн, үөрэтэртэн тутулуктааҕыттан ыал аайы иҥэрбэттэр.
Туруктаах олохтоох, бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэр ыаллар оҕолоро үлэҕэ-хамнаска үөрэнэн, киһи буолууну кэмигэр ситиһэн, ыалы үөскэтэрэ хойутаабакка эрэ кэлиэн сөп. Көрсүө, сэмэй, үлэни кыайар дьон ахсааннара эбиллэн иһэриттэн аймахтар уонна омук ахсаана үксээн иһэрэ ситиһиллэр.
Олох тупсан иһэриттэн эдэрдэр атаахтык иитиллэллэрэ элбээһинэ тутулуктааҕыттан өй-санаа туруга суох буолуута үөскээн, ыал олоҕун ыарахаттарын тулуйбаттар үксээн иһэллэр.
Ыал олоҕо алдьаныыта, кэргэнниилэр арахсыылара оҕолорун өйүгэр-санаатыгар охсуута олус улахан. Аҥардас дьахтар уол оҕотун атаахтатан кэбиһэрэ элбэхтик бэлиэтэнэр. Эр киһи суоҕун араас манньанан толорон биэрэ сатыырыттан, аһара маанылаан, бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиһэрэ хаһан да уларыйан хаалбат.
“Тулаайах оҕо”, “Аҥардас дьахтар оҕото” диэн этиилэр толорута суох ыалга иитиллэр оҕолор өйдөрө-санаалара аҕата суохтарыттан итэҕэстийэрин быһаараллар. Атын, аҕалаах оҕолор тулаайах оҕо аҕата суоҕуттан ханнык эрэ итэҕэстээх курдук сананарын туһананнар туоратыахтарын сөп.
Кэргэннэриттэн арахсар дьахталлар оҕолорун туһун, өйө-санаата буорту буоларын туһунан санаабаттар, бэйэлэрин эрэ тустарыгар кыһаналлара ордук улаатан хаалар. Ону тэҥэ аҥардас дьахтар оҕото ыал буолбакка хаалара элбэх. Ол барыта оҕо ийэтин үтүктэр күүһэ улаханынан быһаарыллар.
Сахалар ыал буолуу үгэстэригэр ыал олоҕо алдьамматын, үрэллибэтин туһугар энньэни уонна халыымы киллэрэн эрдэттэн баайы-малы мунньан арахсыбаттарыгар туһаны оҥороллор. Таптал төһө эрэ кэминэн мөлтөөн, ааһан хаалыан сөптөөх, онтон ыаллар энньэттэн уонна халыымтан саҕаланар баайдара-маллара эбиллэн иһэринэн арахсыыны тохтотор күүстэнэрин туһаналлар.
Ыалы тэрийээччи, энньэтин мунньааччы кыыс буолар. Энньэ хаһан баҕарар дьахтар баайа, ол иһин бэйэтэ илдьэ сылдьар өлүүтүнэн ааҕыллар. Эр киһи арахсан барар буоллаҕына халыым эмиэ ыалга хаалар. Ыалы энньэлээн уонна халыымнаан тэрийии аан бастаан кыыска туһалыыр, кини быраабын улаатыннарар.
“Ыал ийэтинэн” диэн этии дьахталлар ыал олоҕо сайдыытыгар улахан оруолларын бэлиэтиир. Дьиэ-уот көрүүтүгэр оҕону үгэстэргэ иитиигэ, үөрэтиигэ дьахталлар эр дьону чахчы баһыйаллар, кинилэртэн ыал олоҕо барыта тутулуктанар. Кыыс улаатан иһэн энньэтин мунньунара, ол аата ыал олоҕун туһунан эдэриттэн толкуйдуу сылдьара ыал буоларыгар көмөлөһөр.
Сахалар оҕо кыра эрдэҕинэ үгэстэринэн иитиллэр кутун ийэ кут диэн былыргыттан ааттаабыттара киһи өйө-санаата сайдыытын ол кэмнэргэ дириҥник үөрэппиттэрин биллэрэр. Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар ийэтин ылар оруола олус үрдүгүн, бу киһини салайыыга быһаччы кыттыһар кутун ийэ кут диэн ааттаабыттара быһаарар.
Оҕо ийэ кута сайдар кэмигэр, ол аата 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри төрөөбүт тылынан саҥарары, сахалыы үгэстэргэ үөрэниини ийэтин көмөтүнэн баһылыыр кыахтаах. Оҕону төрөөбүт тылынан саҥарда үөрэтиини ийэ, ыал эрэ оҥороро табыллар. Хас биирдии сахалыы дорҕоону, тылы бэйэни үтүгүннэрэн, хатылатан саҥарда үөрэтии ордук табыллар. Оҕо кыра эрдэҕинэ үөрэммит үгэстэрин хаһан даҕаны умнубатыттан сахалыы саҥарарын умнубата үөскүүр.
Кырдьаҕас дьон оҕолоро өйдөөх, бэрээдэктээх буолаллар диэн этиини дьон бары билэллэр. Бу этии быһаарыыта оҕоҕо төрөппүттэриттэн бэриллэр буор кутуттан уонна кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиигэ, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэриигэ саһан сытар. Олоҕу билбит сааһырбыт киһи оҕону иитэр, үөрэтэр кыаҕа улахан, элбэх билиититтэн, үгэстэриттэн, бэйэтин холобурдарыттан оҕоҕо кэпсээн үөрэтэрэ тиийимтиэтин улаатыннарар.
Сааһырбыт киһи уһун үйэтин тухары “муоһа-туйаҕа туллан” көрсүө, сэмэй майгыннаммыта, сыыһаны-халтыны оҥорбот буолбута, оҕону иитиигэ быһаччы туһалыыр. Кини холобурун батыһан, үтүктэн оҕо көрсүө, сэмэй майгыланар кыахтанар. Оҕотун бэйэтин үтүө холобурунан үчүгэй быһыылары оҥорууга үтүгүннэрэн үөрэттэҕинэ үчүгэй, киһилии быһыылаах киһи буола улаатарын ситиһэр.
Эһэлэр уонна эбэлэр оҕону иитэр, үөрэтэр кыахтара олус улахан. Маҕан баттахтаах киһини оҕо бэйэтэ да ытыктабыллаахтык көрөр, этэр тылын истимтиэ, итэҕэйимтиэ буолар. Үрүҥ, маҕан дьүһүн хайа да киһиэхэ дьайыыта ураты күүстээх, ылыннарар, үчүгэй диэн өйдөбүлэ бастаан иһэр.
“Кырдьаҕас киһи сүбэтэ дьолго тириэрдэр” диэн этии элбэх уопуту, билиини мунньуммут киһи ол билиититтэн бэристэҕинэ улахан туһа тахсыан сөбүн биллэрэр. “Кырдьаҕастан алгыһын ыл”, “Кырдьаҕас ыт сымыйанан үрбэт”диэн өс хоһоонноро олоххо уопутурбут киһи этиитин олоххор туһан диэн ыйан биэрэллэр.
“Кэскиллээх кэс тыл” диэн өс хоһоонун табатык өйдөөн олоххо туһаныахпыт этэ. Кэскил диэн кэс уонна киллэр диэн тыллартан үөскээн олоххо кэһиини, уларыйыыны киллэр диэн өйдөбүллээх. Онтон кэс тыл диэн кырдьаҕас киһи этэн биэриитэ, олоҕун уопутун туһанан кэһиини, уларытыыны, саҥаны айыыны оҥор диэн эдэр киһиэхэ өй уган биэриитэ ааттанар. Бу өс хоһооно саха дьоно саҥаны айыыны оҥорууга, олоххо уларыйыылары киллэриигэ туһанар ураты билиилэрэ, уһун үйэлээх өйдөрө-санаалара буолар.
Өй-санаа мунньуллар, элбиир, үгэстэри үөскэтэр. Киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата эбиллэн, туох эмэ быһаарыыны ылынара дириҥээн иһэрин туһанан өй-санаа, сахалыы таҥара үөрэҕинэн дьарыктанара уонна олоҕун баай уопутунан эдэрдэри үөрэтэрэ, такайара эрэйиллэр. Кырдьаҕастар үөрэхтэрэ, этиилэрэ мунньуллан сахалыы таҥара үөрэҕин үөскэтэллэр.
Төрөппүттэр оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин сайдалларын туһун санаан, бэйэлэрин үтүө, үчүгэй холобурдарын көрдөрөн, үтүгүннэнэн ииттэхтэринэ уонна үөрэттэхтэринэ оҕолоро кинилэр курдук буола улааталларын ситиһэр кыахтаналлар.
Онон оҕо өйө-санаата үөскээһинэ, сайдыыта, үлэҕэ үөрэниитэ ыал олоҕуттан быһаччы тутулуктанар.
ОҔОНУ ИИТИИ
Оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата, ийэ кута аан бастаан иитиллэр, онтон улаатан истэҕинэ салгын кута үөрэтиллэр. Кыра эрдэҕинэ тугу саҥа көрбүтүн-билбитин, оҥорбутун сонно үгэс оҥостунан өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн иһэрэ иитиллэр диэн этиллэр уонна ийэ кутун үөскэтэн иһэр уратылаах.
Оҕо ийэтин таба көрөр кэмиттэн саҕалаан өйө-санаата, ийэ кута сайдан, эбиллэн барар, 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри күүскэ сайдар, бэлэм үгэстэринэн иитиллэн иһэр. Бу кэмҥэ тугу саҥаны билбитин, көрбүтүн сонно үгэс оҥостон иҥэринэн иһэрин иһин уонна бу өйө-санаата ийэтин көмөтүнэн үөскүүрүттэн ийэ кута диэн ааттаабыттар.
Бэлэм, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии, улахан киһи маннык оҥор диэн көрдөрөн, үтүгүннэрэн оҥотторон биэриитэ иитии диэн ааттанар. Ол иһин ийэ кут үгэстэринэн иитиллэр. Бу кэмҥэ оҕо оҥорбут быһыыларын сонно үгэскэ кубулутан иҥэринэн, мунньунан иһэриттэн ийэ кут өйө-санаата үйэтин тухары дьайа сылдьар.
Ийэ кут иитиллэрин туһанан оҕону киһи буолууга иитии, үөрэтии кыра эрдэҕинэ оҥоруллара туһатын, тиийимтиэтин улаатыннарар. Бэйэни үтүгүннэрэн, хамсаныылары оҥотторуунан үөрэтии буор кутун урутаан сайыннарар, ол иһин оҕо биир сааһыгар диэри икки атаҕар туран хаамары ситиһэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ыаллаах буола оонньоон ыал буолуу үгэһин кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэриннэҕинэ улаатан баран ыал буолар, элбэх оҕолонор баҕа санааны үөскэтинэр кыаҕа улаатар.
“Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн өс хоһооно оҕону кыра эрдэҕинэ иитии хайдах барыахтааҕын быһаарар. Кыра эрдэҕинэ көҥүлүнэн бара үөрэнэн хааллаҕына уонна ол көҥүлэ ийэ кутугар иҥнэҕинэ, улаатан баран бас-баттах быһыылаах киһи буолан хаалан төрөппүттэрин хомотуон сөп. Оҕону кыра эрдэҕинэ улахан киһи этэрин истэргэ, бэрээдэккэ, киһилии быһыыны тутуһарга иитэр, үөрэтэр төрөппүттэр оҕолоро улааттаҕына сыыһа-халты туттунуо диэн куттана сылдьаллара аҕыйыа этэ.
Оҕо улаатан иһэн төрөппүттэрин этиилэрин, үөрэхтэрин истэн, ылынан, олору толорон сыыһа өйүн-санаатын көннөрүөн, тупсарыан сөп. Киһиэхэ төрөппүтэ түүлүгэр куһаҕан көрүҥнээх көстүүтэ туга эрэ табыллыбатын, баҕа санаата туолбатын көрдөрөн, сыыһаны оҥороруттан харыстыырга аналланар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн оҕону иитии икки өрүттэнэр. Ол курдук оҕо иитиитин уратыларыттан тутулуктанан өйө-санаата икки аҥы арахсар:
1. Үчүгэй, киһилии иитиилээх.
2. Куһаҕан иитиилээх.
Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии бу икки тус-туспа өрүттэрин сахалар арааран билэн олохторугар туһаммыттара букатын ырааппыт, ийэ уонна кут диэн тыллар саҥа үөскүүр кэмнэригэр буолбута сөп. Оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторон, ийэ кутун иитэн үчүгэй үгэстэнэрин ситистэҕинэ төрөппүт үчүгэйгэ баҕарар санаата туолуон сөп.
Иитии диэн оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй, киһилии быһыылары көрөн-истэн оҥотторон, ийэ кутугар үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии ааттанар. Оҕо тугу аан маҥнай оҥорбута, өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэн иһэрин сахалар быһааран ийэ кут иитиллэр диэн этэллэр.
Үчүгэй үгэстэрдээх оҕо үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирин төрөппүттэр билэн туһаныа этилэр. Киһи үгэстэринэн салаллар. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээбит ийэ кута оҥорор быһыыларын салайыыга куруук туһалыы, быһаара сылдьара уларыйбат.
Ийэ кута үчүгэй быһыыларынан иитиллибэтэх оҕо куһаҕан иитиилээх буолан хаалыан сөп. Ол иһин төрөппүттэр оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорботугар кыһаналлар. Сахалар оҕо өйө-санаата сайдыытын, ийэ кута үөскээһинин кэмин арааран билэллэриттэн таҥара үөрэҕин туһатын улахан, өйдөрө-санаалара сиппит дьоҥҥо тарҕата сатаабаттар. Ол иһин араас таҥара дьиэлэрин тутан уонна олор салайыыларыгар киирэн диктатураны олохтооботохтор. Ол курдук киһи санаата ханна баҕарбыт сиригэр бэйэтэ тиийэн хааларынан, туох да кыайан туппатынан, дьиэлэригэр олорон эрэ араас элбэх санааларын салайар кыахтаахтарын билэллэр уонна олохторугар туһаналлар.
Былыргы кэмнэргэ сайдыбыт улахан таҥара дьиэлэрэ салайааччылар бас билиилэригэр киирэн хаалбыттарынан билигин буддизмтан уонна джайнизмтан уратылара бары диктатураларга кубулуйан сылдьаллар. Ол иһин бэйэлэрин тустарыгар кыһаналлара улаатан байыыны эккирэтэ сатыыллара улаатан хаалбыт.
Оҕо улаатан иһэн киһи буолууну ситистэҕинэ, оҥорор быһыылара бары киһи быһыылаах буолан тахсалларыттан, үрүҥү уонна хараны, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныыны ситиспитин кэнниттэн эбии үөрэтэн биэриини олох бэйэтэ оҥороруттан атын үөрэххэ кыһаммакка эрэ олоҕун олорор кыахтанар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ иитии ордук улахан суолталааҕын сахалар быһаараннар, бу кэмҥэ үөскээн мунньуллар өйүн-санаатын ийэ кут диэн атыттартан биллэр уратылааҕын иһин ааттаабыттар. Өй-санаа, куттар бары биллэр уратыларын арыйан Кут-сүр үөрэҕин үөскэтэн туһаналлар.
Оҕону тулуурдаах буолууга иитиигэ “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун туһаннахха табыллар. Бу саханы саха оҥорбут өс хоһооно киһи тулуурун, туттунар күүһүн улаатыннаран сыыһа-халты туттунара, киһи быһыытын аһара барара аҕыйыырын үөскэтэрин тэҥэ, ыарахан диэн ааттанар үлэни кыайа-хото үлэлиир кыахтанарыгар, ситиһиилэри оҥороругар тириэрдэр.
Тулуура аҕыйах киһи өйө-санаата аһара барара улаатан хааларыттан сиэри, киһи быһыытын таһынан барар быһыылары оҥоруон сөп. Өйө-санаата туруга суоҕуттан киһи оҥорор быһыылара олус улахан тутулуктаахтарын маннык куһаҕан быһыылары оҥоруулар дакаастыыллар:
- Москваҕа биир киһи 2019 сыллаахха ыам ыйыгар автобуска салгына тиийбэт курдугуттан уордайан түннүгү огнетушителинэн үлтү сынньан алдьаппыт.
Аныгы психология наукатыгар мания диэн киһи куһаҕаны оҥорор майгынын ааттыыллар, онтон маньяк диэн ол оҥорбут куһаҕан быһыытын хатылаан оҥорор киһи ааттанар: - Михаил Попков диэн милиционер 22 дьахтары өлөрөн тутуллан сууттаммыта, үйэтин тухары хаайыыга олорорго анаабыттара. Кэлин биллибитинэн өлөрбүт дьонун ахсаана 59 буолуон сөбө сабаҕаланна. М.Попков ангарскай маньяк диэн ааттанан Россияҕа бастакы миэстэни ылар буолбут.
- Новосибирскай маньяк диэн ааттанааччы Евгений Чуплинскай 19 проститутка дьахталлары өлөрбүт. 1998 сылтан 10 сыл устата дьахталлары өлөрүүнэн дьарыктаммыт. Таксист буолан олорсубут дьонун өлөртүүр эбит.
Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ куһаҕан иитиилээх оҕо куһаҕан быһыылары оҥорор кыаҕа улаатан хааларын быһаарар. Куһаҕан иитиилээх диэн кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллэн уонна куһаҕан быһыылары оҥороруттан куһаҕан үгэс үөскээн хаалыыта ааттанар. Куһаҕан үгэстээх киһи оҥорбут куһаҕан быһыытын хатылаан оҥорор кыаҕа аһара улаатарыттан маньяктар үөскүүллэр.
Киһи тулуура улааттаҕына эрэ киһилии быһыылары оҥорор кыахтанарын аныгы сайдыылаах, сымнаҕас олоххо өссө кытаанахтык тутуһа сылдьыы эрэйиллэр. Онтон тулуура суох буолуу куһаҕан быһыыны оҥорууга тириэрдиэн сөбө хаһан да суох буолбат. Ол курдук үчүгэйи уонна куһаҕаны киһи таба арааран туһаммакка куһаҕан баҕа санаатын үгэс оҥостунан кэбистэҕинэ, онтун толорон кэбиһиэн сөбө улаатан хаалар.
Онон оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн, быһыыларынан иитилиннэҕинэ олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын сахалар тутуһаллар.
ОҔОНУ ҮӨРЭТИИ
Оҕо 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри ийэ кута иитиллэр. Бу кэмтэн саҕалаан оҕо тугу оҥорорун умнубат буолуута улаатан өйө-санаата, салгын кута күүскэ сайдан барар. Сахалар оҕо өйүгэр-санаатыгар үөскүүр бу уларыйыыны арааран билэннэр салгын кут сайдар кэмэ саҕаланыытынан ааҕан бэлиэтээбиттэр. Ийэ кут иитиллэр, ол аата бэлэм, туһалаах билиилэри ийэтэ иҥэрэн биэрэр, онтон салгын кут үөрэнэр, билиини иҥэринэр. Араас элбэх үөрэхтэн оҕо үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын бэйэтэ арааран билэргэ, олоҕор туһанарга үөрэнэр. Ол иһин үөрэнии эрэйдээх.
Үөрэҕи элбэхтик хатылаан үөрэнии билиини үөскэтэр. Салгын кут билиилэртэн үөскүүр. Улаатан эрэр оҕо салгын кута сайдан, умнубат буолара улаатан санаатын кыайан салайар кыахтаннаҕына, олоххо туһалаах үөрэҕи ылынар кыаҕа улаатар.
Билиилэр өссө чиҥээтэхтэринэ, элбэхтэ хатыланнахтарына хаһан эрэ үгэскэ кубулуйуохтарын сөп. Оччоҕуна ийэ кукка уларыйаллар, умнуллубат турукка тиийэннэр, киһи араас саҥа хамсаныылары оҥорор кыахтаныан сөп.
Оҕо өйө-санаата сайдыыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр: 1. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үгэстэринэн иитиллэр.
2. 5 эбэтэр 6 сааһыттан салгын кута үөрэнэриттэн сайдар.
Икки өрүттэнии хардары-таары дьайыылары оҥороллоруттан хайаларын да хаалларан кэбиһии кыаллыбат. Аныгы үйэҕэ үөрэх оҥорор туһатын, өйү-санааны сайыннарарын төрөппүттэр билэннэр, оҕолорун үөрэтэ сатыыллара эбилиннэ.
Үөрэтии төһө да эбиллибитин иһин оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитиллэрин хаалларан кэбиһии табыллыбат, өйө-санаата халыйыытын, араас туһата суох үгэстэринэн син-биир туоларын үөскэтэр. Биһиэхэ билигин үөрэх аһара эбиллиитин түмүгүнэн оҕо ийэ кутун иитиини хаалларан кэбиспиттэриттэн, оҕолор өйдөрө-санаалара атаахтатыынан иитиллэн туруга суох буолан хаалара өссө улаатан иһэр.
Оҕо үлэҕэ үөрэнэригэр кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үгэстэри үөскэтинэрэ туһалыыр. Онтон улаатан иһэн салгын кута сайдан истэҕинэ үлэҕэ үөрэнэр. Үлэҕэ үөрэнии хамсаныылары оҥорууттан тутулуктааҕынан киһи буор кута төһө сайдыылааҕыттан быһаччы тутуллар. Ол курдук сайдыылаах буор кут хамсаныылары оҥорууну табан салайарынан үлэҕэ үөрэнии түргэтиир кыахтанар.
Үөрэх уонна үлэ киһи өйө-санаата сайдыытын икки өрүттэрэ буоланнар икки аҥы хайысхалаахтар, икки өрүтү үөскэтэллэр:
1. Үлэ хамсаныылара киһи сэрэхтээхтик, нэмин билэн хамсанарын, буор кутун үөскэтэллэр уонна кэлэр көлүөнэлэргэ утумнааһын нөҥүө бэриллэн иһэллэр.
2. Үөрэх өйү аҥардастыы сайыннарарынан киһиэхэ бэйэтигэр эрэ туһалыыр, кэлэр көлүөнэтигэр бэриллибэккэ хаалан хаалар. Ол курдук салгын кут үөрүйэхтэри үөскэппэтэҕинэ киһи өллөҕүнэ үрэллэн, ыһыллан хааларыттан кэлэр көлүөнэлэргэ туһата аҕыйыыр.
Аһара баран үөрэҕи өрө тутуу, арбааһын үлэни хаалларыыны үөскэтэн сэбиэскэй былаас эстиитигэр тириэрдибитэ. Аныгы, ырыынак олоҕор үөрэҕи аһара өрө тутары тохтотуу эрэйиллэр. Ол курдук омугу үлэ эрэ сайыннарара, үйэтин уһатара Кут-сүр үөрэҕинэн чуолкайдык быһаарыллар кыахтанна.
Үөрэҕи ситиһии киһиэхэ бэйэтигэр эрэ табылыннаҕына туһалыыр, барыһы, элбэх хамнаһы ситиһиини, чэпчэки үлэни биэриэн сөп. Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар ыгыы-хаайыы күүһүнэн аһара күүскэ үлэлээн элбэхтик эрэйдэммит дьадаҥы дьоҥҥо үөрэх чэпчэки үлэни, элбэх хамнаһы биэрэрэ ордук улахан суолталаммыта сөп.
Сэбиэскэй былаас эстиитин иннинэ “Бары үрдүк үөрэхтээх буолуҥ” диэн ыҥырыыны туһанан дьону албыннааһын өссө улааппыта. Оҕолору барыларын үрдүк үөрэхтиир туһугар партия кыһаммыта дьон өйүн-санаатын чэпчэки үлэни көрдөөһүн диэки салайбыта.
Үөрэх аһара барбытыттан оҕону иитии диэн өйдөбүл хаалан аҥардастыы үөрэҕи эрэ ситиһиннэрэ сатааһын улааппыта. Оҕолор кыра эрдэхтэринэ бэрээдэккэ үөрэнэллэрэ уонна туһа киһитэ буолан үлэлиир үгэстэри иҥэринэллэрэ букатын хаалбыта.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн ахсааны билэргэ, кинигэни ааҕарга, суруйарга үөрэтии олоххо киирбитэ. Бу үөрэхтэр төһө да улахан дьоҥҥо туһалаахтарын иһин кыра оҕоҕо туох да туһалара суох, эрдэлээн хаалар дьарыктарга киирсэллэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ, киһи быһыытын тутуһа үөрэннэҕинэ, ол үөрэҕэ үгэс буолан ийэ кутугар иҥэриттэн улаатан да баран олору тутуһа сылдьара уурайбат. Улахан киһи этэрин истэр, толорор буолууга кыра эрдэҕинэ иитэр, үөрэтэр судургу, ол курдук үөрэҕи хос-хос хатылаан үгэс оҥорон иҥэрдэххэ умнуллубат буолара улаатар. Оҕолор оҥорор быһыыларын уратыларынан икки аҥы арахсаллар:
1. Үчүгэй оҕо төрөппүтэ этэрин истэр, соннук толорор. Төрөппүтэ этэрин истэр, толорор оҕо кини курдук буолууну түргэнник ситиһэр кыаҕа улаатар.
2. Куһаҕан оҕо төрөппүтэ этэрин истибэт, толорбот буола улаатар. Ол иһин үөрэҕи да ылынара, үлэни да үлэлиирэ кыаллыбат киһиэхэ кубулуйар. Бэйэлэрэ үөрэҕэ суох төрөппүттэр оҕолорун үөрэхтээх киһи оҥороору атаахтанан кэбиһэллэрэ аһара баран сылдьарыттан үлэлиэхтэрин баҕалаахтар билигин аҕыйахтар.
Үлэһит дьон оҕолоро кыра эрдэҕиттэн кыра балтыларын, бырааттарын көрө-истэ, көмөлөһө үөрэниитэ үгэс буолан иҥэриттэн куруук итинник майгыланан хаалара биллэр. Үлэлии үөрэнэн, ону үгэс оҥостунан кэбиспиттэрэ тардарыттан үйэлэрин тухары кыайалларынан үлэлии сылдьаллар.
“Бил баһыттан сытыйар” диэн өс хоһооно баай, биллиилээх буолуу сытыйыыга тириэрдэрин быһаарара ордук улахан суолталаах. Ол курдук баайдар оҕону иитэллэрэ атаахтатыы өттүгэр халыйарыттан кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрө-санаалара туруга суох буолара үөскээн, сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэллэрин элбэтэр.
Киһи сыыһа-халты туттунара элбээтэҕинэ тугу оҥорорун барытын куһаҕаҥҥа кубулутар кыахтаах. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарга үөрэнэрэ ирдэнэр.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Үрүҥү уонна хараны араарыы” диэн аналлаах үөрэҕи оҥорон оҕолору, эдэрдэри үөрэтэр. Бу үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоххо туһаныы үөрэҕин баһылааһынтан оҕо салгыы олоҕо барыта тутуллар, өйө-санаата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун тутуһан сайдара ситиһиллэр. Ол курдук кэмэ кэллэҕинэ үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэрэ кэлэриттэн өй-санаа эмиэ уларыйдаҕына табыллара уонна бу тосту уларыйыы улахан уустуктары үөскэтиэн сөбүттэн икки өрүттээх буолууну тутуһуу өйү-санааны харыстыыр аналлаах.
“Иккиттэн биирэ таба буолуо” диэн этии киһи оҥорор быһыытын быһаарыыга хаһан баҕарар туттуллар. Ол курдук киһи тугу эмэни оҥорбута барыта үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан икки аҥы арахсан тахсаллара хаһан да уларыйбат.
“Үрүҥү, хараны кыайан араарбат” диэн этии үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоххо туһаныы эрэйдээҕин, үлэлээҕин, элбэх билиини-көрүүнү эрэйэрин биллэрэр. Оҕо аан бастаан куһаҕан диэни арааран биллэҕинэ уонна олору оҥорботоҕуна үчүгэйи оҥороро элбиирин үөскэтээри сахалар “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этиини туһанан оҕолорун үөрэтэллэр. Ол курдук тоҕус эрэ ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын арааран билии үчүгэйи уонна куһаҕаны олоххо таба арааран туһаныыны чэпчэтэр уонна оҕо киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр.
Оҕо үөрэнэн тугу саҥа билбитин барытын боруобалаан көрөн итэҕэйдэҕинэ, ону иҥэринэр кыаҕа улаатар. Манна туох уратыны, урут билбэтин оҥороору, саҥаны айыыны булан боруобалаан көрөөрү араас куһаҕаҥҥа түбэһэрэ элбээн хаалар. Билигин оҕолорго ордук кутталлааҕынан наркотиктары боруобалааһын буолар.
“Айыы үчүгэй” диэн тыл үөрэхтээхтэрэ уонна үөрэх министерствота оҕолору сыыһа хайысханы тутуһан үөрэтэллэриттэн, айыыны оҥоро сатаан наркотиктары боруобалаан көрө сылдьаннар наркоман буолан хаалааччылар элбээн иһэллэр.
Бу оҕолору үөрэтиигэ перестройка кэнниттэн киирэн хаалбыт улахан алҕас көннөҕүнэ эрэ эдэрдэр наркоман буолан эрэйдэнэллэрэ аҕыйыыр кыахтанар, ол иһин элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” тохтоттоххо эрэ табыллар кэмэ кэлбитин төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.
Онон оҕо улаатан истэҕинэ, салгын кута үөскүүр, сайдар кэмиттэн үөрэтиллэрэ саҕаланар. Ол аата туох эмэ саҥаны элбэхтэ хатылаан билиигэ кубулутан өйгө-санааҕа иҥэриниитэ үөрэнии диэн ааттанар.
ОҔОЛОРУМ ИИТИЭХТЭРЭ
Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн ииттэххэ киһи буолууну эрдэлээн ситиһэр кыахтанар. Кыра эрдэхтэриттэн киһи быһыылаах буолууга иитиллибит оҕолор, сиэннэр кырдьыбыт, кыаммат кэмнэригэр тиийбит төрөппүттэрин кыһанан көрөр-истэр кыахтара улаатарын сахалар олохторун үөрэҕэ туһанарга ыҥырар.
Билигин ырыынак, капитализм олоҕор сэбиэскэй былаас оҥорбут халыйыыларын, токурутууларын көннөрдөхпүтүнэ эрэ ыараабыт олоххо сайдыыны ситиһэр кыахтанабыт. Ол былаас дьахталларга көҥүлү биэрбит аатыран кыра хамнастаах үлэһиттэргэ кубулуппута, олохторун сүрүн сыалын, оҕо төрөтөллөрүн уонна иитэллэрин умналларыгар тириэрдэн кэбиспитэ, аны көннөҕүнэ эрэ табыллар.
Үлэһит дьахтар бэйэтин үйэтигэр үлэлээн дуомнаан син хамнаһы өлөрөр курдук сананар, кыра туһалааҕы оҥорор, онтон оҕото суох хаалыыта кэлэр көлүөнэҕэ үлэһит илии суох буолуутугар тириэрдэрин, аймахтар, омук эстиитэ саҕаланарын биллэхтэринэ табыллар. Билигин Россия республиката маннык ыарахан балаһыанньаҕа киирэн, олохтоох үлэһиттэр ахсааннара быста аҕыйаан, кэлии үлэһиттэр элбээн иһэр кэмнэрэ кэлэн хаалла.
Дьону барыларын бэлэмҥэ үөрэтэ сатаабыт сэбиэскэй былаас эстэн, ырыынак олоҕо кэлэн баайдар үчүгэйгэ, онтон дьадаҥылар куһаҕаннарга кубулуйбуттарын, үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэриилэрэ кэлэн ааспытын тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар ааттаахтар билбэккэ сылдьаллар. Кинилэр былыргы дьадаҥы төрүттэрин кистии сатыылларыттан үлэни сайыннарыы туһалааҕын туһунан билбэтэҕэ буолаллар.
Дьон өйүгэр-санаатыгар уһун кэмҥэ иҥмит үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр эргийэн биэрэр, солбуйсар кэмнэрэ бэйэтинэн кэлэн ааспытын Россия дьоно бары биллилэр. Ол иһин сахалар “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһоонноро толору дакаастанна.
Ырыынак кэмэ кэлэн дьон кыахтара баарынан баайы-малы мунньуна сатыыллара кинилэр олохторугар ситиһэ сатыыр баҕа санааларыгар сөп түбэһэринэн олох сайдыытын үөскэтэр. Үйэлэрин тухары үлэлээн мунньубут баайдарын-малларын оҕолоро, сиэннэрэ, кэлэр көлүөнэлэрэ сатаан, табан салайан, ыскайдаабакка туһаналларын, өссө элбэтиэхтэрин баҕара саныыллара биллэрдик улаатан оҕолорун өйдөрө-санаалара туруктанарын, тулуурга уонна үлэҕэ үөрэнэллэрин ситиһэ сатыыллар.
Дьоҥҥо баайы-малы салайыы үлэтэ эбиллибититтэн оҕолору, кэлэр көлүөнэлэри иитии, үлэҕэ-хамнаска үөрэтии кытаатан, чиҥээн биэрэрэ эрэйиллэр. Дьон көрсүө, сэмэй, киһилии майгылаах, үлэни-хамнаһы кыайар кэлэр көлүөнэлэннэхтэринэ эрэ баайдара-маллара эбиллэн иһэрин ситиһэр кыахтаналларын билиэхтэрэ этэ.
Сахалар олохторун үөрэҕэр “Оҕолорум иитиэхтэрэ” диэн кэлэр көлүөнэлэргэ туһаайыллыбыт этии баар. Былыргы кэмнэргэ ыал олоҕо тупсарыгар, сайдарыгар дойду салайааччыларын өттүттэн ханнык да биллэр көмө суох буолара. Олоххо тупсууну, сайдыыны ситиһии барыта ыал күүһүнэн, кыаҕынан уонна аймахтар көмөлөрүнэн оҥоруллар кэмнэрэ бааллара. Ырыынак кэмигэр бу балаһыанньа урукку оннугар түһэн, төттөрү эргийэн кэлбититтэн оҕо иитиитэ кытаатан, үлэҕэ үөрэтии эбиискэ киирэн биэрэрэ эрэйиллэр.
Былыргы кэмнэргэ ыаллар оҕолорун кыра эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан тугу үлэлииллэригэр барытыгар үтүгүннэрэн үөрэтэллэрэ, туһа киһитэ оҥостоллоро. “Оҕо атаҕа – ыт атаҕа” диэн этии оҕо төрөппүттэригэр көмөлөһөр кыаҕа улаханын биллэрэр. Төһө кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэр даҕаны дьонугар көмөтө улаатара, бэйэтин улахан киһилии сананара эрдэттэн үөскүүрэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран оҥорор быһыыларыгар туһанара үөскээн өйө-санаата түргэнник сайдыытыгар тирэх буолара.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэр оҕо төрөппүтүн иитиэхтээх диэн этии былыргыттан баарын сэбиэскэй былаас кэмигэр букатын да умуннарбыттара. Кырдьаҕастар кыаммат кэмнэрэ кэллэҕинэ сэбиэскэй былаас көрүө диэн санааларын түһэрбэккэ сылдьалларын үөскэппиттэрэ. Оннук санаа үөскээн олоххо киирэригэр, ол кэмҥэ пиэнсийэ кээмэйэ сөбүгэр улахана кырдьык тириэрдэрэ.
Оҕо төрөппүтүн иитиэхтээх диэн өйдөбүл билигин умнуллан сылдьар. Атаахтаан бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт биир эмэ оҕолор оннооҕор үлэлээбэккэ төрөппүттэрин бэлэмнэригэр, пиэнсийэлэригэр кыттыһан олороллоро өссө элбээн иһэрэ бэлиэтэнэр.
Оҕо улаатыытыгар төрөппүттэриттэн иэс ылан улаатар. Билигин ырыынак кэмигэр оҕо аһын, таҥаһын сыаната ыараабыта улахан уустуктары оҥордо. Дойду эмиэ көмөлөһөн оскуолаҕа босхо үөрэтиини киллэрбиттэринэн үгүстэр туһана сылдьаллар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүтүн этэрин истэ, толоро үөрэннэҕинэ бу быһыыта үгэс буолан ийэ кутугар иҥэриттэн үйэтин тухары кинилэр этэллэрин истэрэ, толороро хаалан хаалбат. Кыра эрдэҕинэ төрөппүтүгэр көмөлөһө үөрэммитэ тардарыттан кыаммат кэмэ кэллэҕинэ көмөлөһөр кыаҕа улаатарын сахалар туһаналлар.
Сахалар үөрэхтэринэн оҕо үлэҕэ үөрэниитэ көмөлөһүүттэн, тугу эмэ кыайарын аҕалан биэрэриттэн саҕаланарын туһа киһитэ буолуу диэн ааттаабыттар. Туһа киһитэ буолан үлэҕэ үөрэммит оҕо соннук үгэстэнэн хааларынан улааттаҕына үлэни кыайар кыахтанарын тэҥэ, атыттарга көмөлөһөр санаата үөскээн, үгэс буолан олохсуйар.
Бу кэмҥэ атаахтык иитиллэр, үөрэтиллэр эдэрдэр кырдьыбыт, мөлтөөбүт төрөппүттэрин быраҕан кэбиһэллэрэ элбээтэ. Ол иһин оҕо төрөппүтүн көрүөхтээх диэн сокуону Госдумаҕа ылыннылар. Аныгы сокуоннар ыгар дьайыыларын, төрөппүтүн көрөрүн-истэрин ирдиирин оҕо кыра эрдэҕинэ үлэлии үөрэммит буоллаҕына, улахан эрэйэ суох, бэйэтин баҕатынан кэриэтэ толоруон сөп.
Кыра эрдэҕиттэн атаахтаан, төрөппүттэрэ тугу оҥорбуттара барыта мин туспар оҥоруллар диэн санааҕа иитиллибит, үөрэммит оҕо бэйэмсэх санаата улаатан хааларыттан мөлтөөбүт төрөппүтүгэр көмөлөһөр, көрөр-истэр санаата суох буола улаатыан сөп.
Тугунан эмэнэн, сокуонунан ыган, хаайан бу эбиискэ курдук сананыллар үлэни оҕо ыараханынан, ыгыынан ааҕан бэрт эрэйинэн, буоллар эрэ диэн оҥоруон сөп. Оҕо төрөппүтэ кыаммат буоллаҕына көрөр-истэр эбээһинэһэ, иитиллибит иэһин төлүүрэ, улаатан бэйэтин кыанар кэмиттэн үөскүүр. Бу улахан иэһи оҕо кыра эрдэҕиттэн билэ сырыттаҕына улаатан баран толоруон сөп. Ол иһин кыра оҕо көрүүтүгэр, ийэ кута иитиллэр кэмигэр кырдьаҕастар; эбэлэр, эһэлэр кыахтара баарынан кыттыһаллара, көмөлөһөллөрө эрэйиллэр.
Былыргы кэмнэргэ, ыраахтааҕы баарын саҕана сахалар дьахталлар олоххо аналларын билэн таба суолу тутуһаллар этэ. Оччотооҕу кэмнэргэ кыыс оҕо сааһа ситтэр эрэ эргэ тахсан, ыал буолан оҕо төрөтүүтүнэн уонна иитиитинэн аан бастаан дьарыктанара. Ол кэмҥэ олох төһө да ыараханын иһин сахалар ахсааннара эбиллэн, үлэ-хамнас сыыйа сайдан испитэ.
“Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн этии дьахтар оҕо төрөтөр кэмэ кырдьык кылгаһын биллэрэр. Ол иһин кыыс сааһын ситээт оҕо төрөтүүтүнэн дьарыктанара олоххо аҕалар туһата элбэҕин ыал буолуу үгэстэрэ биллэрэллэр. Эр киһини төрөппүттэрин көмөлөрүнэн таба талан ылан сайдыылаах буор куттаах оҕолору төрөппүтүн, иитэн, үөрэтэн улаатыннарбытын кэнниттэн дьахтар бары үлэлэри үлэлээн, үөрэнэн, эр дьонтон хаалсыбакка эрэ олоруон сөп.
Оҕолоро ыал буолуутугар төрөппүттэр икки өттүттэн төрүччү үөрэҕин кытаанахтык тутуһан доруобуйаларын, майгыларын-сигилилэрин, үлэлэрин-хамнастарын дириҥник үөрэтэн баран быһаарыыны ылыналлара, эр киһи сайдыылаах буор куттааҕын, ычата киэҥин ырытан быһаараллара уонна кыыстарын ырааһынан, үчүгэйдик киэргэтэн, симээн эр киһиэхэ туттараллара. Саҥа ыаллар оҕолоро, кэлэр көлүөнэлэрэ доруобай, көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайар уонна сайдыылаах буор куттара эр киһини утумнуур буола төрүүр кыахтаналлара. (23,16).
Сааһа ситтэр эрэ кыыс оҕо эргэ барар аналлаах. Улаатан, этэ-сиинэ ситэн иһэр кыыс оҕоҕо этин-сиинин баҕата эмиэ улахан. Ол иһин сыыһа-халты туттубатын туһугар эргэ бара охсоро табыллар. Ол барыта ыраас кыыһынан эргэ тахсан эр киһини утумнуур, сайдыылаах буор куттаах оҕону төрөтөрүгэр туһалыыр. Ону тэҥэ эдэр дьахтар оҕолонноҕуна оҕото трамбата суох төрүүрэ кыаллар. Кыыс оҕо энньэтин төрөппүттэрэ улаатан сааһа ситиэр диэри бэлэмнээн кэбиһэллэрэ улааттар эрэ эргэ барарын кыратыттан билэ сылдьарыгар тириэрдэр.
Ойох диэн ыраас кыыһынан эргэ тахсыбыт дьахтар ааттанар. Ойох эрэ эр киһини утумнуур оҕону төрөтөр. Онтон кэргэн диэн ханнык буор куттаах оҕону төрөтөрө биллибэт. Ол барыта эрдэ ханнык эр дьону кытта сылдьыспытыттан тутулуктанар.
Уол оҕо ойох ылар. Үөрэнэн, үлэлээн халыымы төлүүр кыахтанан баран ойох ылара, бу кэмҥэ буор кута сайдарынан ордук туһалаах.
Буор кут диэн хамсаныылары үөскэтэр өй-санаа төрөппүтүттэн оҕотугар утумнаан бэриллэн иһэр. Киһи араас хамсаныылары оҥорор кыаҕын буор кута сайдыыта, үөрүйэхтэргэ үөрэниитэ быһаарар. Аҕата сымса, сыыдам хамсаныылардаах этэ диэтэхтэринэ, оҕото кинини утумнаатаҕына эмиэ сыыдам хамсаныыларданарын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр буор кута быһаарар. Күүстээх киһи оҕото эмиэ күүстээҕиттэн буор кут бэриллэн иһэрэ илэ биллэрэ.
Тустуук оҕото дьарыктаннаҕына төрөппүтүн баһыйа тустуохтааҕа дьахталлар көҥүллэринэн барбыттарыттан билигин букатын аахсыллыбат буола сылдьар. Арай З.Чукров уолаттара буор кут бэриллэн иһэрин дакаастыыллар. Атын биллэр тустууктарбытыттан кинилэри утумнуур, баһыйар тустууктар төрөөбүттэрэ биллибэт. Ол барыта аныгы дьахталлар эргэ тахса иликтэриттэн атын, тустууга суох, күүстэрэ мөлтөх эр дьону, өссө сайда илик буор куттаах эдэрдэри кытта сылдьыһаллара элбэҕиттэн төрүүр оҕолор буор куттара буккулларыттан тутулуктанар. (24,12).
Оҕо ийэ кутун иитиигэ сахалар билиилэрэ олус дириҥ уонна киэҥ, ол иһин аналлаах Кут-сүр үөрэҕин оҥорон туһаналлар. Кут-сүр үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдыытын табатык быһаарара аныгы науканан сыыйа дакаастанан иһэр. Ол курдук аналлаах үөрэхтээхтэр киһи мэйиитигэр үс саастааҕар тугу билбитэ баарын булбуттара.
Оҕо улаатан иһэн киһи буолууну баһылаатаҕына, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук табатык оҥорууну ситистэҕинэ, соннук үгэстэр үөскээннэр үйэтин тухары олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын сахалар тутуһаллар.
Киһилии быһыылаах киһи сиэри-туому тутуһарынан аһыныгас, харыстыыр санаата элбэҕинэн кырдьаҕас төрөппүтүн көрөр-истэр кыаҕа улаатар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга, ийэни, аҕаны ытыктыырга, үлэни-хамнаһы кыайарга үөрэннэҕинэ төрөппүтүн көрөр-истэр кыаҕа улаатарын билэн оҕолорун кыра эрдэҕинэ иитиигэ, үлэҕэ үөрэтиигэ улаханнык ылсан кыһаныахтара этэ.
Урукку холобурдары туһаннахха түөрт оҕоломмут дьахтар 20 сылынан түөрт туруу үлэһит дьону улаатыннардаҕына, бу түөрт үлэһит киһи уонна улаатан иһэр элбэх сиэннэрэ эбэлэрин, эһэлэрин кырыйдахтарына көрөр-истэр кыахтара улаатар, ону тэҥэ бэйэлэрэ кыахтаахтык үлэлээн үлэни-хамнаһы өссө сайыннарар кыахтаналлар. Бу олох үөрэҕэ “Оҕолорум иитиэхтэрэ” диэн этиинэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин билигин ырыынак ыгыылаах кэмэ кэлбитинэн хайаан да туһаныы эрэйиллэр буолла.
Ыал олоҕун сайдыыта саха дьоно урукку кэмнэртэн ыла туһаммыт суолларынан бардаҕына оҕо төрүүрэ элбээн уонна киһи буолууга иитиллэрэ тупсан аймахтар ахсааннара эбиллэн иһиитэ үөскүүр. Эдэр дьахталлар төрүүр кыахтара улаханыттан, үгүстүк төрүөхтэрин сөбүттэн сааһырдахпытына, кырыйдахпытына оҕолорбут иитиэхтэрэ диэн санаанан салайтардахтарына элбэх оҕону төрөтөр кыахтаналлар уонна оҕону көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ тупсан үлэһит, үлэни кыайар эдэрдэри элбэттэхтэринэ аймахтар, ону тэҥэ омук сайдар кыаҕа улаатар.
Кыргыттары эдэр эрдэхтэринэ үлэлэппэккэ, уһуннук үөрэппэккэ саастарын ситтэллэр эрэ эргэ биэрии, бу оҕолонуу дьыалатыгар тупсарыыны түргэнник киллэриэ этэ. Дьахтар элбэхтик оҕолонноҕуна эрэ, этин-сиинин бары баҕа санаалара туолаллар, оҕоломмут дьахтар тупсан иһэрин дьон таба көрөллөр. Ону тэҥэ оҕолоро улаатан кинини иитэр кыахтаннахтарына олоҕо көнөрүн, тупсарын биллэҕинэ, оҕо төрөтүүтүн кыайар кыахтанар. “Оҕолорум иитиэхтэрэ” диэн этии элбэх оҕону төрөтүүнү таһынан кыра эрдэҕиттэн киһилии быһыыга, көрсүө, сэмэй буолууга, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиигэ иитэр суолтата улаханын урукку кэмҥэ табан туһаналлара. (11,15).
Оҕолор элбээтэхтэринэ иитиилэрэ, үөрэтиилэрэ бэйэтэ табыллар, киһилии суолунан барар кыахтанар. Улахан оҕо улаата охсон төрөппүттэригэр көмөлөһөрө кыанар кэмиттэн ыла саҕаланар, үлэһит, салайааччы буола улаатар кыахтанар. Элбэх оҕолор түмсүүлээх, эйэлээх, аһыныгас, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөр кыахтара улаатар, үлэни-хамнаһы кыра эрдэхтэриттэн баһылааннар өйдөрө-санаалара, буор куттара сайдар. Элбэх оҕолоох, сиэннээх төрөппүттэр кырдьар саастарыгар сынньалаҥнык, сылааска сытар кыахтаналлар. Кэлэр көлүөнэлэр төрөөн, улаатан иһиилэриттэн кырдьаҕастар солбуллан, дьон уларыйан иһэллэр. Олоххо улахан уопуттаммыт кырдьаҕастар “Кэс тылы” этэн эдэрдэр олоххо уларыйыыны, саҥаны айыыны киллэрэллэрин үөскэтэллэр. Көлүөнэлэр солбуйсууларыгар өй-санаа уларыйара түргэтиир, саҥа, тупсарыы киирэн иһэринэн эргэни уларытар кэмэ кэлэр.
“Киһи күннээх, балык ыамнаах” диэн өс хоһоонун эдэрдэр билэллэрэ, туох барыта бэйэтин кэмигэр сөп түбэһэрин олохторугар туһаналлара эрэйиллэр. Эдэр, кыанар эрдэххэ кыайа-хото үлэлээн баайы-малы мунньунары, оҕолору төрөтөн, киһи быһыылаахтык иитэн улаатыннарары хойутаппат туһугар, бу өс хоһоонун айбыттар. Оҕо төрөөн улаатыыта элбэх үлэттэн, булууттан-талыыттан кыаллар уонна уһун кэми ылар. Оҕо бэйэтэ үлэһит буолуор диэри төрөппүттэрин бэлэмнэригэр сылдьарыттан кинилэргэ элбэх иэскэ киирэрин иэстээх киһи кыра эрдэҕиттэн билэ сылдьара ордук.
Былыргы кэмнэргэ оҕо улаатан иһэн кыайар үлэтин үлэлээбитинэн, дьонугар көмөлөспүтүнэн барара. Оҕоҕо улахан киһи өйө-санаата, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанара, саҥа улаатан истэҕинэ төрөппүттэригэр көмөлөһөрүттэн, үлэлиириттэн киирэн олохсуйара ордук табыллар. Үлэлии үөрэммит оҕо улахан киһи буолууну, ол аата тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорууну эрдэлээн ситиһэр кыахтанар.
Кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэммит оҕо саҥа улаатан иһэн төрөппүттэригэр көмө, туһа киһитэ буолан барар. Ыал улахан оҕото кыра бырааттарын, балыстарын көрүүгэ-истиигэ кыаҕа баарынан көмөлөһө сылдьара, кини аһыныгас буолан, кыаҕа суохтарга көмөлөһөр санаата улаатарын үөскэтэр. Кыралар улахан оҕону үтүктэн кини курдук майгыланан улааталлара, төрөппүттэрэ кыаммат кэмнэрэ кэлэригэр көмөлөһөр кыахтарын улаатыннарар.
Аһынар санаа оҕоҕо кырдьаҕас, кыаммат төрөппүттэргэ көмөлөһөр санаа киирэриттэн үөскүүр, улааттаҕына бу санаата кинилэри көрөр-истэр кыаҕы биэрэр. Атаахтык иитиллэн төрөппүттэрин бэлэмнэригэр үөрэнэн хаалбыт оҕоҕо атыттары кыратык да аһынар санаата киирэн көрбөт, хата бэйэмсэх санаата улааппыта бэйэтин аһынар санаата улаатыытын үөскэтэрэ ыарахан диэн ааттанар үлэни үлэлээбэтигэр тириэрдэр. Төрөппүттэрин быраҕар, кырдьаҕастар дьиэлэригэр олохтуур эдэрдэргэ аһынар санаа диэн баара биллибэт. Сэбиэскэй былаас кэмигэр “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыы төһө да үчүгэйдик иһиллибитин иһин, оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ сыыһаны, халыйыыны, бэлэмҥэ үөрэтиини киллэрбитэ. Бу ыҥырыыны киэҥник туһананнар оҕолор барылара атаахтык иитиллэр этилэр. Бу оҕолор улаатан баран үлэни кыайбаттарыттан, хамнас кыра диэн мыынаннар табыллан үлэлээбэттэриттэн, үлэ оҥорон таһаарыыта түспүтүттэн сэбиэскэй былаас бэйэтэ эстибитэ.
Онон “Элбэх оҕолоох буолуу дьол” диэн сахалар үөрэхтэрэ омук сайдыытыгар, ахсаана эбиллиитигэр, үлэни-хамнаһы кыайыытыгар ылар оруола ураты улаханын билиниэхпит этэ.
ОМУГУ ХАРЫСТААҺЫН
Бары омукпутун харыстыыр, уһун үйэлиир санаабыт билигин улаатан сылдьар. Нууччалардыын холбоһон саҥалыы үөскээбиппит 300 сылын ааһаммыт билигин сайдыыны ситиһии кэмигэр киирэн олорбуппут ыраатан эрэр. Ол аата саха омук сайдыыны ситиһэн иһии кэмигэр киирэн олорор.
Биһиги быһаарыыбытынан омук үйэтин уһуна 900 сылга тиийэр уонна маннык кэмнэргэ арахсар:
1. Омук саҥалыы үөскээһинин кэмэ, 300 сылы ылыан сөп.
2. Сайдыыны ситиһии кэмэ, 300 сыл курдук кэми ылар.
3. Омук мөлтөөһүнүн кэмэ, 300 сыл устата барыан сөп.
Уһун үйэлээх омуктар олохторугар тэҥнээн көрдөххө бу быһаарыы сөп түбэһэр өрүттэрэ элбэхтэр. Ол курдук 1227 сыллаахха монгол-татаар омуктарга кыаттаран саҥалыы үөскээбит нууччалар 2127 сыллаахха үйэлэрин моҥуур, уларыйар кэмнэрэ кэлэр.
Ыал буолуу үгэстэрин олоххо тутуһа сылдьыы аймахтары, омугу харыстааһын буолар. Ол курдук омук үйэтин уһуна дьонун эттэрин-сииннэрин туругуттан улахан тутулуктааҕынан ыал бөҕө эттээх-сииннээх, үлэни кыайар кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэн ахсааннарын элбэттэҕинэ омук сайдыыта ситиһиллэр.
Омук уһун үйэни ситиһэригэр анаан маннык харыстанар ньымалары туһана сырыттаҕына табыллар:
1. Омук туттулла сылдьар төрүт тылларын харыстааһын, букатын уларыппакка туһаныы ирдэнэр.
2. Сахалыы Кут-сүр, таҥара үөрэхтэрин туһаҕа киллэрии. Оҕо ийэ кутун иитии уонна үөрэтии үгэстэрин харыстааһын.
3. Ыал буолуу үйэлээх үгэстэрин олоххо киллэрии уонна туһаныы.
4. Үлэ-хамнас аныгы үйэҕэ сөп түбэһэр үгэстэрин үөскэтии.
5. Үрүҥ айыы итэҕэлин олоххо киллэрии. Былыргылар элбэх билиилэриттэн аныгы үйэҕэ сөп түбэһэр өттүлэрэ үрүҥ айыы диэн ааттаналларын талан ылан туһаныы салҕанан иһиитэ.
Саха тылын харыстааһыны тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар кыахтара баарынан оҥороллор. Билигин саха тылын харыстыырга дьахталлар ылсыһыахтара этэ, оҕолорун саҥа саҥаран эрдэхтэриттэн сахалыы саҥарарга үөрэтиини туһаныа этилэр. Ол курдук оҕо аан маҥнайгы саҥарар тылларын ийэтин үтүктэн саҥара үөрэнэрэ хаһан да уларыйбат уонна оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр үөрэммит үгэстэрэ хаһан да умнуллубаттар.
Кут-сүр үөрэҕэ сахаларга эрэ баар, уһун үйэлээх омукка олус былыргы кэмҥэ үөскээн баран, бу үйэҕэ диэри ордон кэлбит. Оҕо өйө-санаата сайдыытын, эбиллэн, мунньуллан иһиитин табатык быһаарара аныгы наука билиниитинэн бигэргэтиллэн иһэр. Кут-сүр үөрэҕин тутуһар сахалар өй-санаа аһара барарыттан сиэри тутуһан харыстанар кыахтара улаатар. (25,112).
Сахалыы таҥара үөрэҕин саамай улахан туһатынан киһи буолуу үөрэҕин былыргы кэмнэртэн арыйан туһанара буолар. Оҕо улаатан иһэн киһи буолууну ситиһиитэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныыта олоҕун киһи быһыылаахтык олороругар тириэрдэр.
Ыал диэн омук төрүтэ. Ыалтан омук сайдан, үүнэн тахсар. Ыал оҕолору төрөтөн, киһи быһыылаахтык иитэн, үлэҕэ үөрэтэн омук ахсаанын элбэтэрин тэҥэ, өйүн-санаатын сайыннарар уонна баайын элбэтэргэ аналланар.
Ыал буолуу диэн киһи айылҕаттан анала. Ол иһин аан бастаан эт-сиин көрдөбүлэ буолар. Уол уонна кыыс көрсүһэн, билсиһэн холбостохторуна эт-сиин көрдөбүлүн толорууларын саҕалыыллар. Бу быһаарыы ыал буолуу бастакы өрүтэ диэн ааттанар.
Сахалар өй-санаа үөрэҕин былыргыттан баһылааннар ыал буолуу иккис өрүтүн булан олохторугар туһана сылдьаллар. Өй-санаа киһилии быһыылаах буолуута үлэттэн саҕаланарынан үлэттэн үөскүүр энньэни уонна халыымы эбии киллэрэн биэрэннэр ыал буолуу киһилии майгынын үөскэппиттэр.
Өй-санаа ыал буолууга тутуһар көрдөбүллэрэ манныктар:
- Омук этин-сиинин уонна буор кутун харыстааһын уһун үйэни ситиһэр кыаҕын үөскэтэрин ыал буолуу үгэстэрэ хааччыйаллар.
- Ыал олоҕун таһымын сөптөөх кээмэйинэн хааччыйыы, баайы-малы табан туһанан эбиллэн иһэрин ситиһиллэр.
- Элбэх оҕолору киһилии быһыыга иитиини, үлэҕэ үөрэтиини, барынан-бары хааччыйыыны ыал оҥорор.
Эдэрдэр ыал буолууларыгар төрөппүттэрин көмөлөрүн туһанан тэрийэллэрин уонна кыыс оҕолор саастарын ситтэллэр эрэ эргэ барыыларын хойутаппаттарын туһунан Н.Никифоров “Манньыаттаах Баһылай” диэн ахтыы-сэһэнигэр суруйар. (26,79).
“Аҥардас киһи” диэн кэргэн ылбатах эр киһини эбэтэр эргэ тахсыбатах дьахтары ааттыыллара ордук эккэ-сииҥҥэ сыһыаннаах. Эт-сиин атын аҥарга баҕарар санаата эдэр эрдэҕинэ ордук күүстээх. Эр киһи туолан иһэр баҕа санаата көҕүрээн, оннугар түһэн истэҕинэ санаата туоларыттан олоҕо табыллар.
Кыыс оҕо оҥотторон төрөөтөҕүнэ эрэ этин-сиинин улахан баҕа санаата туоларыгар тириэрдэр уонна доруобай оҕону төрөтөрө эдэр эрдэҕинэ ыал буолара ордугун дакаастыыр. Ыал буолуу үгэстэрин тутустаҕына төрөппүттэрин көмөлөрүнэн үлэһит, көрсүө, сэмэй эр киһини таба талан ылар кыаҕа улаатарын туһаныыга тириэрдэр.
Өй-санаа аһара сайдыыта омугу уһун үйэлээбэт. Ону-маны саҥаны билэ-көрө сатааһын солумсаҕырыыны үөскэтэриттэн бииртэн бииргэ, атынтан атыҥҥа көтүөккэлээһин дьон туһалааҕы, улахан суолталааҕы оҥороллорун суох оҥорор, быстах быһыылары оҥоро сатааһын элбээһинэ үөскээн кэлэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ солун диэн солумсах буолууну үөскэтэр тылы “сонун” диэн сахаларга суох тылынан солбуйан эдэрдэр солумсах буолууларын улаатыннаран саха дьонугар куһаҕаны оҥороллор. Эдэр ыаллар арахсыылара элбээһинэ солумсахтара улааппытыттан ордук улахан тутулуктаах.
Өй-санаа солумсаҕырыыны үөскэттэҕинэ дьон ол-бу саҥаны айыылары оҥоро сатыыллара элбээн, сыыһа-халты туттунуулары үгүстүк оҥороллор. “Айыы үөрэҕэ” ол-бу айыыны оҥоруу “үчүгэй” диэн этэрэ эдэрдэр сыыһа-халты туттуналларын элбэтэр. Сыыһа-халты туттунуу куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэҕин үлэһит дьон бары билэллэр.
Үлэни кыайа-хото үлэлээбэт буолуу атыттарга, кыахтаахтык үлэлээччилэргэ баһыттаран, барыстаах үлэттэн үтүрүттэрэн иһиигэ тириэрдэр. “Хоро салаҥ” диэн хоро омуктары сирэн ааттаабыттарын кэнниттэн хоролор симэлийэн, саха буолан хаалбыттар. Үлэни табан, сатаан үлэлээбэт омук эстиигэ, симэлийиигэ тиийэрин ити холобуртан билии ордук табыллар.
Омук уһун үйэлээх буолуутун харыстыыр ньымалартан саамай туһалаахтарынан итэҕэл икки өрүттэрин баһылааһын уонна тэҥнээн туһаныы буолар. Ол курдук таҥара итэҕэлэ аһара бардаҕына омук уларыйара түргэтиир, онтон үрүҥ айыы итэҕэлэ баһыйдаҕына, сайдан иһэр олохтон хаалан хаалыы, туоратыллыы үөскүөн сөп. Ол иһин итэҕэл икки өрүттэрэ тэҥнэһиини тутуһа сылдьаллара эрэйиллэр.
Киһи баҕа санаата хаһан баҕарар көҥүлүнэн барыыны үөскэтэ сатыырынан хайаан да хааччахтаннаҕына эрэ табыллар. Бу хааччаҕы сахалар арааран билэн “Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн этиини оҕо иитиитигэр туһаналлар. Итини тэҥэ сиэр уонна киһи быһыыта диэн аналлаах хааччахтары оҥорон сахалар таҥараларын үөрэҕэ аһара барар өйү-санааны кытта, аһара барыыны оҥорууну эмиэ хааччахтаан киһиэхэ туһаны оҥорор.
Онон ыал буолуу былыргы үгэстэрин харыстааһын, оннугар киллэрии омугу харыстааһын буоларынан олоххо киирэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолла.
ӨЙ-САНАА ХААЧЧАХТАРА
Өй-санаа аһара, таһынан барар санаата хаһан баҕарар элбэх. Араас үөрэхтэр үксээһиннэрэ ону өссө элбэтэн иһэр. Өй-санаа киһи оҥорор кыаҕын таһынан баран хааллаҕына ыра санааҕа кубулуйар уонна таах хаалар уратылаах.
Ыра санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот таах хаалар, ол-бу араас бэйэтин аралдьытынар санаата ааттанар. Бу ыра санаалар киһи бэйэтин бэйэтэ албыннана сылдьарын үөскэтэннэр туһалааҕы оҥорорун аҕыйаталлар, суох да оҥоруохтарын сөп.
Аһара барбыт өй-санаа ыра санааҕа кубулуйан албыҥҥа киирэн биэриини үөскэтэр. Ол иһин өй-санаа аһара барбатын туһугар аналлаах хааччахтардаах буоллаҕына эрэ табылларын сахалыы таҥара үөрэҕэ быһааран сиэр уонна киһи быһыыта диэн хааччахтары оҥорон туһана сылдьарга ыҥырар.
Киһи өйө-санаата сайдыыта, тупсуута бэйэтин кыыллартан туспа араарынарын киһилии быһыылары оҥороро үөскэппит. Бу киһи бэйэтин өйүн-санаатын, тулуурун күүһүнэн уонна олох уопутун билэн туһана сылдьар хааччахтара киһи быһыылаах буолууну олоххо туһанарга тириэрдэллэр.
Киһи икки өрүттэрэ; этэ-сиинэ уонна өйө-санаата куруук тэҥнэһиини тутуһа сылдьалларын, бу аналлаах сиэр диэн өй-санаа уонна киһи быһыыта диэн хааччахтары оҥорон сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи быһыылаахтык олоҕу олорууну ситиһэр.
Өй-санаа аналлаах хааччаҕы тутуспатаҕына, аһара бардаҕына кырата сыыһа-халты туттунууну үөскэтэрин таһынан этин-сиинин букатын да быраҕан, хаалларан кэбиһиэн сөп. Киһи өйө көтөн хаалара киирэн кэлэрэ, бу быһаарыы дакаастабылынан буолар.
Өй-санаа аһара барарыттан, ол-бу, араас, буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥорон иһэриттэн киһи быстах быһыыга, араас дэҥҥэ, оһолго түбэһиэн сөбө улаатан хаалар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ ити уратыны үөрэтэн билэн аналлаах өй-санаа хааччахтарын оҥорон оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһанар. Ол хааччахтар манныктар:
1. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторон үчүгэй үгэстэринэн иитэн биэрии.
2. Ийэ, аҕа таҥаралары үөскэтэн туһаныы. Оҕо кыра эрдэҕиттэн улахан киһи этэрин истэргэ, толорорго үөрэтии.
3. Тугу барытын киһи быһыылаахтык оҥорууну, сиэри, киһи быһыытын тутуһууну ирдээһин.
4. “Айыы диэмэ” диэн куһаҕан тыллары саҥара сылдьартан куһаҕан үгэс үөскээн хааларыттан оҕо өйүн-санаатын харыстааһыны оҥоруу.
5. “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу куһаҕан буолан тахсара элбиэн сөбүттэн эрдэттэн, бу быһыы өссө оҥоруллуон инниттэн хааччахтаннаҕына эрэ табылларын тутуһуу.
6. Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн аналлаах, биллэр куһаҕан быһыылары оҥорума диэн хааччахтары оҥорон куруук туһана сылдьары эрэйэрэ оҕо оҥорор куһаҕан быһыылара аҕыйыылларын үөскэтэр.
Өй-санаа аһара барарын тохтотор бу хааччахтары киһи тутуһа сырыттаҕына эрэ олоҕо табыллар уонна үлэни кыайан олоҕун киһи быһыытын тутуһан, уһуннук олороро кыаллар. Туох барыта аһара бардаҕына халыйыыны үөскэтэрэ куһаҕаҥҥа тириэрдэриттэн, куһаҕаны элбэтэн кэбиһэр. Өй-санаа аһара барыыта таптал эмиэ аһара барарын үөскэтэр.
Тапталы имэҥи кытта буккуйуу табыллыбат. Ол курдук таптал диэн өй-санаа үлэтин күүһүнэн туһанан атын аҥары таба талан ылыы ааттанар. Ол иһин таптал өйтөн-санааттан тутулуктаах.
Имэҥ диэн эт-сиин атын аҥарга баҕарара ааттанар. Имэҥ аһара бардаҕына эт-сиин баҕатын тутуһара элбээн хааларыттан ыал олоҕун алдьатара тиийэн кэлиэн сөп. Ол курдук киһи өйө-санаата эмиэ уларыйарынан имэҥ эмиэ уларыйара элбээн хаалыан сөбүн таба сыаналааһын эрэйиллэр.
Олох тупсан истэҕинэ солумсаҕырыы улаатарыттан таптал уларыйан хаалара түргэтээн биэрэрин эдэр ыаллар арахсыылара элбээһинэ биллэрэр. Билигин эдэрдэр энньэтэ уонна халыыма суох ыал буолалларыттан оҕо төрөөһүнэ уонна иитиитин эрэйэ тулуурдара аҕыйахтар арахсыыларын эмиэ элбэтэр.
Ырыынак кэмигэр ыал буолууга энньэ уонна халыым туттуллар кэмнэрэ кэллэҕинэ ыал баайа таптал мөлтөөһүнүн тутар, тэҥнээн биэрэр кыахтанар. Арай манна ыал олоҕун алдьатааччыны, солумсаҕы, саҥа тапталы була охсон эккирэтээччини таба быһаарыы туһалыыр кыахтаах.
Ыал олоҕо алдьаннаҕына, үрэлиннэҕинэ буруйдааҕы булуу уонна эппиэккэ тардыы хайаан да ирдэнэр. Үгүс дьон олохторун уопутун таба туһаныы, ыал олоҕун алдьатан атын сиргэ, атыҥҥа барааччы буруйдаах буолара ситиһиллиэ этэ.
Ыалга арахсыы кэмэ тирээн кэллэҕинэ, арахсан барааччы буруйдаах буоларын билинии, ыал мунньуммут баайа-мала арахсыыттан үрэллибэтин, ыһыллыбатын үөскэтии, кэргэнниилэр арахсыыларын аҕыйатарга туттуллан, ыал олоҕун бөҕөргөтүө этэ. Арахсан туспа барааччы туга да суох барара сокуонунан олохсуйдаҕына, арахсааччылар, быстах санааҕа киирэн биэрээччилэр лаппа аҕыйыыллара ситиһиллиэн сөп.
Омук сайдарын туһугар ыал олоҕун бөҕөргөтүү, харыстааһын эрэ туһалыыр. Саҥа ыал буолааччыларга аналлаах көмөнү оҥорон биэриэххэ сөп. Уон сыл иһинэн арахсан хаалааччылар ону төннөрөр буоллахтарына, улахан толкуйга түһүөхтэрин сөп. Бу биһиги баҕа санаабыт түргэнник арахса охсооччулары тохтоторго туһалыан сөп.
Сэбиэскэй былаас эстиитин кэнниттэн оччотооҕу кэмҥэ туттуллубут кытаанах хааччахтар, партия ыгыыта суох буоланнар, дьон көҥүллэринэн барбыт курдук сананыылара улааппыта. Онно эбии эдэрдэри иитии, үөрэтии босхо барбытыттан ханнык да хааччахтар суохтарын курдук сыыһа өйдөбүл үөскээбитэ.
Өй-санаа хааччаҕа хаһан баҕарар туттулла сырыттаҕына эрэ табыллар, оччоҕуна эрэ аһара барара аҕыйыыр. Билигин биһиэхэ атеизм үөрэппит, аһара барар өйдөөх-санаалаах дьон элбээннэр, итэҕэл аҥар өрүтэ буолар, өй-санаа хааччахтарын үөскэтэр уонна толотторор сахалар Улуу Тойон таҥара үөрэхтэрэ олоххо киирэ илик.
Урукку кэмнэргэ кыайбыт омуктар таҥараларын үөрэҕин кыаттарбыттарга күүстэринэн, ыган-хаайан киллэрэллэр этэ. Билигин син демократия баар буолан таҥара үөрэҕин ким да күүһүлээн киллэрбэт кэмэ кэлэн турар.
Омук сайдыыта оҕону хайдах иитэртэн, үлэҕэ үөрэтэртэн улахан тутулуктаах. Ол иһин оҕо иитиитигэр улахан туһаны оҥорор сахалар таҥараларын үөрэҕэ сайдар, тарҕанар кыаҕа улаатта.
Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ, киһи буолууну ситиһэригэр аналланар, элбэх үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаалары үөскэтэн, үгэс оҥорон биэрэн үчүгэй быһыылаах, майгылаах, үлэһит киһини иитэргэ, үөрэтэргэ туһалыыр. Оҕолоругар үчүгэйи баҕарар төрөппүттэр хайаан да туһаныахтара этэ.
Бары төрөппүттэр оҕолоругар үчүгэйи баҕараллар. Арай бу үчүгэйбит тугу оҥордоххо кэлэрин арааран билии эрэйиллэр:
1. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитиллэр, үчүгэй быһыылары оҥороругар, үчүгэй майгыга үөрэтиллэр.
2. Туһа киһитэ буолан үлэни үлэлииргэ, этин-сиинин сатаан хамсанарга үөрэтии эрэйиллэр.
3. Киһи буолуу үөрэҕин ситиһэрэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанара ирдэнэр.
4. Сиэри тутуһан, киһи быһыылаахтык олоҕун олордоҕуна олох сыалын толорон уһун үйэни ситиһэр кыахтанар.
Элбэх таҥара үөрэхтэриттэн оҕолорун өйө-санаата сайдыытыгар улахан туһалаах сахалыы таҥара үөрэҕин төрөппүттэр талан ылан туһаналлар. Кинилэр бу талан ылыыларыгар үчүгэй олохтоох, сайдан иһэр ыаллары үтүктэллэрэ, батыһаллара ордук табыллар. Көрсүө, сэмэй майгылаах, үлэһит дьон оҕолоро улаатан төрөппүттэрин курдук үлэһит буолаллара, аймахтара үксээн тэнийэн иһэллэрэ, баайдара эбиллэрэ үтүктэргэ үчүгэй, олоххо туһалаах холобур буолар.
Арыгыһыт ыаллар оҕолоро арыһыгыт буолан хаалаллара элбэҕэ, үлэни кыайбаттара салгыы сайдаллара кыаллыбатын үөскэтэрин бары ыаллара көрө-билэ сылдьаллар. Ону тэҥэ сыыһа-халты туттунан быстах быһыыга түбэһэн хаалаллара элбэҕиттэн олохторун кылгатан кэбиһэллэрэ эмиэ элбэҕин бары билэллэр, ол иһин арыгыһыттары үтүктүбэккэ оҕолорун үөрэтэллэр. Итирбит киһи былыргы олоҥхоҕо кэпсэнэр куһаҕан абааһы курдук буолара эдэрдэри арыгыттан тэйитэргэ туһалыыр күүстэнэр.
Атаах буолан хаалбыт оҕо төрөппүттэрэ элбэх эрэйи көрсөллөрүн атыттар бары көрө, билэ сылдьаллар, ол иһин оҕолоругар үчүгэйи баҕарар төрөппүттэр атаахтаппакка, кыра эрдэҕиттэн үлэнэн иитэргэ, тулуурун сайыннарарга кыһаналлар.
Киһи үйэтэ кылгас, сотору кэминэн бэйэтэ мөлтүүрэ тиийэн кэлэр. Бу кэм кэлиитигэр үчүгэй, киһилии иитиилээх, үчүгэй майгылаах кэлэр көлүөнэлэр көмөлөрө эрэйиллэр кэмэ кэлэриттэн оҕотун өйө-санаата киһилии суолунан сайдарын, төрөппүт барыта сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһан ситиһиэ этэ.
Онон көрсүө, сэмэй майгылаах, ханнык баҕарар үлэни кыайар оҕо бары төрөппүттэр баҕа санааларын оҕото буолар уонна Кут-сүр, сахалыы таҥара үөрэҕин туһанан ону ситиһиэххэ сөп.
ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА
1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.
2. Ойунский П.А. Көҥүл ырыата. – Якутск: Якуткнигоиздат, 1968. – 440 с.
3. Национальная культура коренных народов Республики Саха (Якутия). – Якутск: Нац. кн. изд-во “Бичик”, 1994. – 104 с.
4. Уткин К.Д. Сах саҕаттан. Ытык санаа ыйар ыллыгынан. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 288 с.
5. Ксенофонтов Г.В. Эллэйада. – М.: Издательство “Наука”, 1977. – 248 с.
6. Саха өһүн хоһоонноро=Якутские пословицы и поговорки. – Якутск: Бичик, 2017. – 256 с.
7. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.
8. Якутскай Н. Төлкө. – Якутск: Кн. изд-во, 1973. – 768 с.
9. Сиэн Чолбодук. Күнүскү күн аннын диэки. - Дьокуускай: Бичик, 2004. – 144 с.
10. “Саха сирэ”, “Эдэр саас” хаһыат. 06.01.99.
11. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.
12. Боло С.И. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. – Якутск: Нац.кн. изд-во “Бичик”, 1994. – 352 с.
13. Федоров Г.Е., Егоров Н.Ф. Сэргэ төрдүгэр сэһэн. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991. – 160 с.
14. Серошевский В.Л. Якуты. Опыт этнографического исследования. – 2-е изд., - М., 1993. – 736 с.
15. “Чолбон” сурунаал. 2 / 2004.
16. Каженкин И.И. Үрүҥ Айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.
17. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.
18. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.
19. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай: Издательский дом “Якутия”, 2005. – 80 с.
20. Уткин К.Д. Хомуурунньук. 16 кинигэ. 2-һэ: Төрүт культура: утумнар, ситимнэр. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 272 с.
21. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2013. – 108 с.
22. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.
23. “Туймаада” хаһыат. №135. 17.01.2013.
24. “Туймаада уоттара” хаһыат. №94. 29.03.2012.
25. Каженкин И.И. “Харыстас” таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2015. – 128 с.
26. “Чолбон” сурунаал. 7 / 2018.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Сахалыы өй-санаа уратылара
Олоххо уларыйыылар киириилэрэ
Кэргэн уонна ыал уратылара
Былыргы кэмҥэ ыалы тэрийии
Урукку кэмҥэ ыалы тэрийии
Билиҥҥи кэмҥэ ыалы тэрийии
Кыыс омук анала
Аҥардас киһи
Ыалы тэрийии
Ыал буолуу үгэстэрэ
Энньэ уонна халыым
Хаан тупсарыыта
Тэҥнээҕи булунуу
Кэлэр көлүөнэлэр
Төрөппүт оҕотугар эрэлэ
Эт-сиин
Буор куту харыстааһын
Үгэстэр
Тыл үгэһи үөскэтэр
Удьуор уларыйыыта
Дьон бөлөхтөргө арахсаллар
Оҕо өйө-санаата үөскээһинэ
Оҕону иитии
Оҕону үөрэтии
Оҕолорум иитиэхтэрэ
Омугу харыстааһын
Өй-санаа хааччахтара
Туһаныллыбыт литература
Иһинээҕитэ