Иһинээҕитигэр көс

Ыам ыйын 1-гы күнэ (Күндэ)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыам ыйын 1-гы күнэ


Сэлиик ат сиэлэн иһэр
Сиэлин курдук,
Өрт уота
Өрө күлүбүрүү турарын курдук,
Кыһыл уот
Кытыаста турарын курдук,
 
Аламай күн анна,
Аан дойду үрдэ,
Кыһыл симэҕинэн киэргэйдэ,
Кыһыл былааҕа
Кытара тэлээрдэ...