Ыраах, ыраах иһэллэр... (Өнөкөй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыраах, ыраах иһэллэр
Мин ыҥырар тылларым...

Үөмэхтэһэр таба үөрүн
Үлүскэннээх айанын
Үрүҥ туман мэһэйдээн
Үүтээммиттэн көрдөрбөт.

Арай хобо тыаһыттан
Айманаахтыыр сүрэҕим
Књњтэр дьонун көрсөөрү
Өрүкүйэ үөрэ тэбэр.

Ыраах, ыраах иһэллэр
Мин ыҥырар тылларым...

15.11.74

Махтанабын бу кэми (Өнөкөй)

Сүрүн сирэй