Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ырыа
Сассыарда. Саас. Маай ый.
Этиэххэ тыл элбэх.
Бу кэмҥэ ким баарый
Сүрэҕэ үөрбэтэх?
Маарыйа, Маарыйа!
Күөх саас эн буолаҕын,
Эн күлэр Маайынан
Бу туолан тураҕын.
Дьэ дьолуҥ улааттын,
Марууса,Маарыйа,
Киэркэйдэ эн аатыҥ
Кэрэ тыл баарынан.
Түннүгүм аннынан
Бараҕын-кэлэҕин,
Мин тугу-ханныгы
Саныырбын билэҕиэн?
Маарыйа, Маарыйа,
Эн кыыһар киэһэҕэ,
Бэрт начаас таарыйан
Сылдьыаҥ дуо, миэхэҕэ?
Күн тахсар, күн киирэр
Күлүмнүүр, мичиҥниир…
Саҥа дьол элбиирэ
Саныахха бэрдин ньии!
Күөх оттуун куустуһан,
Хатыҥныын, талахтыын
Хатыһан-куотуһан
Эн үүннүҥ, улааттыҥ.
Эн үүннүҥ, улааттыҥ
Үчүгэй дойдуга,
Сайынныҥ, ырааттыҥ
Толору дьолгунан.
Эргэҕэ саараабат
Эдэриҥ иннигэр,
Сүр хоту санаалар
Сүрэххэр иҥнилэр.
Эйиэхэ, Маарыйа,
Мин бэрди күүтэбин,
Мичиҥниир Маайынан
Бирибиэт ыытабын.
Чаас, күн-дьыл, бириэмэ
Син ааһа туруоҕа,
Дьэ Хайтах эн мииҥин
Саныырыҥ буолуоҕай?
Салпакка саҥарар
Миигинник мэниги,
Билиэххин даҕаны
Баҕарбат инигин?
1936, Сунтаар
|
|