Иһинээҕитигэр көс

Ыһыахха дойду иччитин алҕааһын (Н. С. Семеноваттан Павлов 1945 с. суруйуута)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэттэ сиксиктээх
Сир ийэ иччитэ,
Ситимэхтээх сэһэннээх
Сирэдэһиннээх тыллаах
Айбыт айыыһыппыт,
Иэйбит иэйиэхсиппит
Сир ийэ иччитэ!
Аспыт үрдүгэр
Айылгыбыт бастыҥар
Ахтан-санаан
Аһатан эрэбит,
Аал уотунан
Айахтаан аһатабыт.
Көмүрүө чодунан остуоллаан,
Күөх уотунан күөмэйдээн
Күндүлүүбүт.
Уруй, уруй, уруй!
Айхал!
Кэччэрийбэт кэскилбитин
Тэрийэргэр,
Уларыйбат уйгубутун
Олохтуургар
Уруй, уруй, уруй!
Ыраах да буолларгын чугаһаа,
Суох да буолларгын баар буол!

Н.С. Семенова, Амма оройуонун Чыамайыкы нэһилиэгэ

Павлов 1945 с. бэс ыйын 13 күнугэр суруйбут ССНК архыыба, 5 ф., 3 уоп., 782 дь.


Перуашева-Арылыкы кинигэтиттэн ылынылынна