Иһинээҕитигэр көс

Ыһыах алгыһа (Илья Бугаев, А.С. Порядин суруйуутунан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Былыр, биэс уонтан тахса сыллаахха, Мэҥэ улууһун 1 Мэлдьэхси нэһилиэгэр, Илья Бугаев диэн орто хаһаайыстыбалаах оҕонньор баар этэ. Кини бэйэтэ бэрт ырыаһыт, олоҥхоһут, уус тыллаах киһи этэ, онно бэйэтэ ыһыаҕын алҕаабытын истибитим. Ону өйдүүрүм маннык:

Aҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Айгырыын силик,
Аҥаат-муҥаат
Аан ийэ дойду
Айылгылаах аралы далбарыгар,
Кэскиллээх киэҥ киэлитигэр
Айыллан үөскээбит
Арҕаһыттан тэһииннээх
Аһыныылаах санаалаах
Айыы дьөһөгөй аймаҕа,
Орто улуу дойду
Уруйдаах уорҕатыгар
Олохсуйан үөскээбит
Көхсүттэи тэһииннээх
Көмүскэстээх санаалаах
Күн өркөн дьонноро,
Урааҥхай саха удьуордара
Самаан сайын салаллыыта,
Үкээр куйаас түһүүтэ,
Унаар түптэни уһаттыбыт,
Тоҕойдоох бэлэни туругуртубут,

Туораах кулун туттубут;
Араҕас биэттэн аарахтаатыбыт
Кугас биэттэн хойуулаатыбыт
Кытыт биэттэн кымыстаатыбыт
Саалыр биэттэн саамаллаатыбыт,
Көҕөччөр биэттэн көйүүлээтибит;
Арыы тыа курдук
Араҕас чэчири айгыраттыбыт,
Чөҥөрө чүөмпэ курдук
Дириҥ түһэлгэни тартыбыг,
Тоҕус сиринэн томторҕолоох ойуулаах
Чороон айаҕы чуоҕуттубут,
Сэттэ сиринэн кэрэниистээх ойуулаах
Кэриэн айаҕы кэккэлэттибит,
Бычыгыныар ойуулаах
Бырадаак иһиттэри бычыгыраттыбыт,
Бачыгырас ойуулаах
Матаарчах иһиттэри бааралаатыбыт,
Симэхтээх дьэрэкээннээх
Сири иһиттэри сириэдиттибит,
Таҥалайдаах ойуулаах
Далбар чабычаҕы таттыбыт,
Сиэл бэлэхтээх
Ибир хамыйаҕынан ыһарга
Ыралаах ыһыаҕы тэрийдибит,
Төлкөлөөх түһэлгэни туруордубут!
Тордохтоох дьиэҕэ киирбэтэх,
Тобурахтаах аһы аһаабатах,
Бииллээҕи кытта билсибэтэх,
Оноолооҕу кытта орооспотох
Сыыһаҕа сылдьыбатах,
Сымыйаны саҥарбатах
Toҕyc уолан дьонунан
Былыттаах халлааҥҥа быкпатах,
Халлаан таҥаратын харахтаабатах
Аҕыс кыыс дьахталларынан —
Тоҕус чороон айаҕынан,
Аҕыс кэриэн айаҕынан
Аһаҕас айахтаах амсайбатах
Ардахтаах ас үрдүн
Дьоһуннаан тосхойор күммүт буолла,
Албан-далбан ааккытыгар
Айах тутар күммүт буолла,
Уо-чуо сураххытыгар
Чороон тосхойор күммүт буолла,
Аал уотунан айахтаан
Аһатан эрэбит,
Күөх уотунан күөмэйдээн
Күндүлээн эрэбит!
Эллэй Боотур эһэбит оҕонньор
Кэскиллээбит кэриэһэ,
Оҥкулаабыт суола
Кэнники да үөскүүр кэнчээри ыччаттар
Кэскиллэрэ буолуохтун,
Хойут төрүүр ороһу оҕолор
Тускулара буолуохтун,
Уруй-айхал буолуохтун!

Ол кэнниттэн, атаҕар туран тус илин диэки хайыһан эрэн алгыыр.

Үс халлаан
Үрдүгэр үктэллээх,
Оройугар олохтоох,
Улаан кулун оҥооччулаах,
Күрэҥ кулун күлүмэннээх,
Көҕөччөр кулун күүгэстээх,
Кугас кулун кумаардаах,
Саалыр кулун сахсырҕалаах,
Чараас чабырҕайдаах,
Даллыгыр кулгаахтаах,
Үөрбэ көҕүллээх,
Мүөрүүн түүлээх,
Нэлим сиэллээх,
Намылхай кутуруктаах,
Нанаҕар түөстээх;
Лаппаҕар самыылаах,
Таҥара бэчээттээх,
Түөрт атахтаах
Түөрэм туйахтааҕы
Төлкөлөөн биэрэр
Күрүө Дьөһөгөй тойон
Үрдүк ааккын ааттаатыбыт,
Дьоһун сураххын дьохсоттубут,
Чороон aйаҕы тосхойдубут
Ардахтаах ас үрдүн анаатыбыт,
Аал уотунан аһаттыбыт
Күөх уотунан күндүлээтибит!

Бастыҥ чороону ылан, бэйэтин диэки иҥнэри тутан илиитин иһинэн үс төгүл уокка кутан биэрэр.

Ол анараа өттүгэр
Сэттэ халлаан
Кирбиитигэр дьиэлээх,
Aҕыс халлаан
Арҕаһыгар алаһалаах,
Ньууругар дойдулаах,
Уруйдаах олохтоох,
Айхаллаах дьаарбаҥнаах,
Оройугар толкуйдаах,
Уһугар атахтаах,
Уордаах уол оҕону,
Кыыдааннаах кыыс оҕону
Салгын кутун салайан биэрэр,
Ийэ кутун иҥэрэн биэрэр,
Дьоллоох олоҕун тускулаан биэрэр
Уһун үйэтин оҥкулаан биэрэр
Айыы Тойон!
Имэҥнээх тэллэхтээх,
Дьалыҥнаах суорҕаннаах
Дэлбэй Иэйэхсит хотун!
Үрдүк ааккытын ааттаатыбыт,
Суон-бигэ сураххытын сохсоттубут,
Айахтаах амсайбатах
Ардахтаах ас үрдүн
Анаан аһатабыт,
Сиэллээх көйөлгөнү көтөхтүбүт,
Чороон айаҕы тосхойдубут!

Эмиэ чороонуттан иҥнэрэн, илиитин иһинэн, үс төгүл кутан биэрэр. Уонна сайыҥҥы күн тахсыытын диэки хайыһар.

Хоноҕор муостааҕы
Кутун-сүрүн холбоон биэрэр,
Аһаҕас туйахтааҕы
Анаан айан биэрэр,
Арыы быйаҥ ааттыктаах,
Араҕас илгэ алаһалаах,
Иэдьэгэй бадарааннаах,
Сөҥ сүөгэй сүдүрүүннээх,
Уйгу быйаҥ олохтоох,
Кэтит кэһии кэскиллээх
Буойа Быһыттаах Боһол тойон!
Ол анараа өттүгэр
Үргүүк сүөһүлээх Үрүҥ Күөкэс;
Ол анараа өттүгэр
Ала сүөһүлээх Анды Кунай;
Ол анараа өттүгэр
Эриэн сүөһүлээх Эбириэччин Баай;
Ол анараа өттүгэр
Саадьаҕай сүөһүлээх Саймарыын Баай;
Ол анараа өттүгэр
Кугас сүөһүлээх Хомпоруун Хотой;
Ол анараа өттүгэр
Күрдьүгэс сүөһүлээх Күрүө Баай;
Ол анараа өттүгэр
Дойду иччитэ Толоон Баай!
Антах көрөн күлүм аллайыҥ
Бэттэх көрөн мичик аллайыҥ!
Айахтаах амсайбатах
Ардахтаах ас үрдүн
Айах туттубут,
Тоҕус томторҕолоох
Чороон айаҕы тосхойдубут!
Албан ааккытын ааттаатыбыт,
Дьоһун сураххытын дьохсоттубут,
Аал уотунан аһаттыбыт
Күөх уотунан күндүлээтибит!

Чороонноох кымыһыттан эмиэ, илиитин иһинэн иҥнэри тутан, уотугар кутан биэрэр.

Ити кэнниттэн алгыыр киһи сиэллээх ибиир хамыйаҕы ылар. Онно били таҥалайдаах далбар чабычахха толору кутуллан, тардыллан турар арыылаах кымыһыттан баһан ылан, тутан туран, аан дойду иччитин алҕаан баран сиэллээх чэчиргэ ыһан биэрэр. Онтон сүргэ далай иччитин алҕаан ыһар. Xapа тыа иччитин алҕаан ыһар. Мандаардаах мас иччитэ диэн алҕаан ыһар. Ойуулаах от иччитэ диэн алҕаан ыһар. Ол курдук ыһарынан ыһыах диэн аатырар.

А. С. Порядин суруйуутунан, 1944 с. НА СО ССФ Архыыба, ф. 5, oп. 3, № 590. Бу алгыһы Г. У. Эргис нууччалыы тылбаастаан, хос быһааран таһаарбыта. Сборник статей и материалов по этнографии народов Якутии. Вып. II. Якутск, 1961, стр. 65—76. </poem>