Ыһыах түһүмэллээх ырыалара (Тоҥ Суорун)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ЫҺЫАХ ТҮҺҮМЭЛЛЭЭХ ЫРЫАЛАРА

I. ҮРҮҤ АЙЫЫ ТҮҺҮМЭЛЭ[уларыт]

Дьиэ-буо!
Үүнэн үрдээн тахсар
Үрүҥ маҕан күнүм
Үрүҥ Айыы тойон буолан
Орто (туруу бараан) дойду
Оҥоһуллан үөскүүр күнүгэр
Үүнэр от-мас төлкөтө диэн,
Үөскүүр сүөһү үйэтин туһа диэн,
Кэлэр ыччат кэскилэ буоллун диэн,
Уҥа өттүгэр
Тоҕус субан туруйа курдук
Уолан уол оҕо доҕуһуолланан,
Хаҥас өттүгэр
Сэттэ тыһы кыталык курдук
Кыыс сэнньэлгэлэнэн түһэн,
«Бу орто туруу бараан,
Дьалкыйар уулаах,
Күөгэйэр күөх от үктэллээх,
Көр дьаҕыл дойду
Тэлээгэлии эргичийэн,
Көлүөһэлии күөччэхтэнэн төгүрүйэн,
Түһүрүйэн үөскээбит
Түһүмэллээх түһүү маҕан дойду
Төлкөтө барахсан
Үйэттэн үйэҕэ
Үрэллибэтин!» — диэн
Төлкөлөөн өрө көппүтэ.

Ити көппүт төлкөтүн быһыытынан
Көҕөн кус
Күөмэйин түүтүн курдук
Күрүөх улуус оҕолоруом,
Көнньүнэн үөскээбит
Көрдөөх-нардаах
Көр дьаҕыл туруу дойдубутугар
Оонньоон, көрүлээн уурайар
Уруйдаах күммүт
Уочарата буолла эбээт!
Чэйиҥ эрэ,
Хоннохтоһон тураммыт
Тоҥонохпутуттан тутуһаммыт,
Бу дьоллоох томторбутугар
Тоҕуоруйан тохтоон,
Оонньоон, уруйдаан уурайыаҕыҥ
Көҕүйэн туран,
Көрүлээн-нарылаан уурайыаҕыҥ!

2. ДЬӨҺӨГӨЙ ТҮҺҮМЭЛЭ[уларыт]

Дьиэ-буо!
Орто дойду сылгытын Иэйэхситэ
Үүт Дьөһөгөй айыы
Моонньохтоох тойон баабыр сэргэлээх
Симэхтээх көмүстээх
Сири иһиттээх,
Күөгүлээх көмүстээх
Көгүөр иһиттээх,
Синньэлээх дьэрэкээннээх бэһиэйэхтээх,
Көмүстээх төкүнүйэр күҥкүлээҥкилээх,
Матаарчах айах бааралаах
Чороон иһит тускулаах,
Кэриэн иһит кэскиллээх.

Бу орто дойдутун
Сылгытын кутун сүрүн
Сиргэмтэх сиэр сылгынан сиэрэйдээн,
Хаҥыл хара сылгынан ханыылаан,
Баараҕай маҕан биэнэн бааралаан,
Кугас сылгынан холбооттоон;
Оруктуйар кутуруктаах,
Үөрүктүйэр сиэллээх,
Өрүкүйэр көҕүллээх,
Көҕүйэн кистиир,
Көмөлүйэн саҥарар
Күөх көҕөччөр дьүһүннээх
Күөнтээн сылдьар
Көмүскэллээх көҕөччөр атыырынан
Күрүөлээн түһэрбитэ.

Бу сылгы сүөһү
Бу орто дойдуга түһэн
Уйгутугар улаатан,
Уруйугар туругуран,
Отугар уойан,
Устата биллибэт гына
Уһаан кэҥээн барбыта.

Кэнчээри ыччат кэскилэ
Кэнэҕэски үйэҕэ диэри
Кэҥэрийбэтин диэммит
Кэриэммитин кэккэлэтэн олоробут.
Төрүүр оҕобут төлкөтө
Үйэттэн үйэҕэ
Үрэллибэтин диэммит
Түүлээх түһүлгэни
Түһүрүйэн олоробут.
Ыччат оҕобут ыйааҕа
Ыһыллыбатын диэн
Ыра буоллун диэммит
Ыһыахпытын ыһан олоробут.
Уруй! Уруй! Уруй!

3. СИР ИЧЧИТИН ТҮҺҮМЭЛЭ[уларыт]

Дьиэ-буо!
Сир дойду иччитэ
Ньидьир Баай эмээхсин
Эгэлгэлээн туран
Этэн биэрбит кэскилин туһа
Баараҕай Иэйэхсит
Маҕан ынаҕы бааралаан,
Ходьоҥ Иэйэхсит ийэбит
Кугас ынаҕы холбоон,
Эдьэт Иэйэхсит ийэбит
Эбэн-сабан ииттэрэн,
Холоҥсолоох хотоҥҥо хонор
Хоноҕор муостаах
Оҕус сүөһүбутүн
Хонуубутугар үүрдүбүт,
Халаачык муостаах
Ханыы хара ыиахпытын
Алааска атаардыбыт,
Сылгы сүөһүбүтүн
Сыһыыбытыгар үүрдүбүт,
Сыл таһаартаатыбыт
Хараҕйлаах хара кулуммутун
Ханыылаан тураммыт
Хадьымалга үүрдүбүт.
Сэттэ уон быластаах
Сиэлинэн хатан оҥорбут
Сэлэбит быатын
Сэргэттэн сэргэтигэр эрийэн,
Сиэллээн ситэрэн,
Сиэр кулуну
Сиэтиһиннэри иилэммит
Ситэрэн ииппиппит.
Талахтаах чабычахха
Араҕас илгэ диэн
Арыы оҥорон
Айхаллыы олоробут.
Сарбынньахтаах саар ыаҕаска
Арыылаах суоратынан
Ac үрдэ диэн
Айылгы тардан
Аһаан-сиэн эрэбит.
Уруй! Уруй! Уруй!

Мэҥэ-Хаҥалас оройуона, Тараҕай нэһилиэгэ, И. И. Бурнашев-Toҥ Суорун диэн биллэр норуот ырыаһытыттан Г. У. Эргис суруйуута. Якутскай, 1943 с.

Тоҥ Суорун (И. И. Бурнашев) Ырыа-тойук.

Г. У. Эргис суруйталаабыта уонна бэчээккэ бэлэмнээбитэ. Якутскай, 1944, стр. 63—87.