Иһинээҕитигэр көс

Ыhыах

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха кићи барахсан Саахала ааћан, Саргыта салаллан, Санаата көнөн,

  Үрүң күнү көрдөрбүт
  Үрүң аар тойону өйдүөтэ,

Аан дайдыны харахтаппыт Айыы тойону санаата.

  Ол санаан махтанан аан маңнай

Улуу тунах сађына Туңуй ыћыађынан туомнанна, Эђэрдэ элбиирин сађына Эбир ыћыађын элбэттэ,

  Кэскил кэңиирин сађына
  Дэлэй ыћыађын дэбилиттэ.
     Ол ыћыах

Туох туомнаах, Хайтай дьаћыллаах, Ким тэриирдээх,буолара

     эбитий диэтэргит, -

Улуу толоон Уйгулаах ойођућугар, Ааттаах алаас Алгыстаах сађатыгар, Үтүө үрэх Өрөгөйдөөх өрөђөтүгэр, Кийиит дьахталлар

  Киэргэнэн симэнэн баран
  Кэккэлэћэ туралларын курдук
  Кэтит чэчири
  Кэччигирэччи астылар.

Тииң кыыл кутуругун Тиэрэ туппут курдук, Тэтэркэй титириктэри Тэңилии-тићэ астылар.

  Хаар маңан хатырыктаах
  Хампа-ньалађай сэбирдэхтээх
  Хахыйах-хатың ођолорун
  Ханыылыы астылар.

Сэттэ эрбэхтээх Силик сэргэни сириэдиттилэр,

  Ађыс уостаах
  Аар сэргэни адьырыттылар,

Тођус томторђолоох Тойон сэргэни томтоттулар.

  Олор ортолоругар
  Сууллаабыт сомођо маћынан
  Сутургу ућаайах туруордулар.
     Ол ућааӣахха 

Симэхтээх сири ићиттэри Сиэллээх ситии быанан Сиэттићиннэрии-ситимнии ыйаатылар,

  Лочуругас ойуулаах
  Ућаа айађы 
  Уустуктаан субуруттулар,

Кэчигирэс ойуулаах Кэриэн айађы Кэскиллээн кэккэлиттилэр,

  Бачыгырас ойуулаах
  Мааччах ићити
  Бааралаан таттылар,

Көмүстээх көңкөлөйдөөх Хайырђастаах хамнатардаах Симэхтээх симиири Сэргэстэћинн