Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Эбэм миэхэ кэпсээбитэ:
Улуу ойууттар өллөхтөрүнэ —
Буурҕалар улуйа хараасталларын,
Мастар санньыйа хоҥкуһалларын,
Сулустар бэл барыаралларын...
Кини миэхэ өссө эппитэ:
Ытык кырдьаҕаһы көмнөхтөрүнэ —
Ыйдаҥа түүннэр ытыылларын,
Тунаархай санньыары ыһалларын,
Ойуурдар хараҥаны курданалларын...
Арай мин бас бэринэн охтуум —
Күһүҥҥү тыйыс өксүөҥҥэ:
Араҕас сэбирдэҕи кутурҕанынан
Аргыый сиргэ намылытарынан
Мунчаарыа дуо мэник тыалым?
Отчут-масчыт дьонум, уруум,
Хаайтаран олорон өһүөҥҥэ,
Сибэкки өрөгөйдөөх ыһыаҕынан
Симиэхтэрэ дуу сатыылларынан?—
Оччоҕо мин мичийэн ыллыаҕым!..
|
|