Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Эдэр ыччакка
Саҥа үйэбит
Саргылардаах
Саастара,
Баһа-атаҕа биллибэт
Баай хара тыаларбытыттан
Сабыта халыйталаан тахсан,
Саҥалыыра кэскили
Саҕалаан эрэр...
Бүтүн омук ыччата
Бүттүүн үлэлээн,
Бар-дьон бука бары
Баайдарын холбоон,
Кыттыһан олорон,
Кыһалҕата аччаан,
Көмүс
Көлөһүнүн түмэн,
Хомуунаҕа холбоһон,
Саҥалыыра кэскилбит
Саҕаланан эрэр...
|
|