Иһинээҕитигэр көс

Эйэ ырыата (Суорун Омоллоон)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эйэ ырыата

[уларыт]
(Ыччат Ийэҕэ эппиэтэ)
[уларыт]
"Саха бырааһынньыга" диэн театрализованнай ораторияттан
[уларыт]

Күөх нуоҕай сибэкки күн диэки тардыылаах,
Күөрэгэй да чыычаах күөх окко уйалаах.
Дьон-норуот үрдүккэ дьулуһар,
Чэлгийэ барыыга, дьоллорго тардыһар.

Дорҕоонноох тойукпут,
Дуораһый, туой, ыллаа,
Дьон-норуот дьулуурун,
Дьоллорун уруйдаа!

Өс кыайбат эйэни — Эйэ баар дьиҥ күүстээх,
Сор кыайбат дьоллору — үлэ баар кэскиллээх
Эйэ чэл кыната сир ахсын дайыаҕа,
Сэрии уот тыыннара кыайтаран самныаҕа.

Дорҕоонноох тойукпут,
Дуораһый, туой, ыллаа,
Дьон-норуот эйэтин,
Үлэтин уруйдаа!

Кэскилбит тирэҕэ — коммунист партия,
Күн-Ленин үөрэҕэ, норуоттар иллэрэ!
Кырдьыкпыт кыайыаҕа, эйэ-ил чиҥиэҕэ,
Коммуна күннэрэ күндээрэ көрүөҕэ!

Дорҕоонноох тойукпут,
Дуораһый, туой, ыллаа,
Дьон-норуот кырдьыгын,
Кыайыытын уруйдаа!