Эйэ эрэ(Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эрэй, үөрүү тугун билбит
Олох бары тыйыс кэмин
Ааспыт киһи этэ турар:
«Эйэ сиргэ – эйэ эрэ!».

Хаарах уутун – хара сору
Сэрии диэни кыйдыыр тылы
Этэ турар ветеран:
«Эйэ сиргэ – эйэ эрэ!».
Эйэ буолан ийэ сиргэ
Олох устар кэрэ дуолга
Улуу тылын оргууй этэр:
«Эйэ сиргэ – эйэ эрэ!»