Элиэнэ эбэккэм (Суорун Омоллоон)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Элиэнэ эбэккэм[уларыт]

Эҥсиллэр Элиэнэ эбэккэм,
Эн миэхэ харахпар бу бааргын:
Көрөбүн күндэлэс долгуҥҥун,
Күөх унаар күлүмнэс урсуҥҥун.

Саныыбын — Сайсарыҥ аларын,
Саас кэлэн ньургуһун быгарын.
Мырааҥҥар мутукча тылларын,
Уу кэлэн Күөх хонуу туоларын.

Субу баар оһуохай дуораана,
Колхозпут ыһыаҕын дьиэрээнэ,
Кэҕэ кыыл кэрэ чуор кэпсээнэ,
Борокуот аалларбыт чугдаана.

Таптыыбын Дьокуускай куораккын,
Талааннаах сэбиэскэй ыччаккын,
Табанан айанныыр кыһыҥҥын,
Талыы чээл кыыс кэрэ сайыҥҥын.

Эҥсиллэр Элиэнэ эбэккэм,
Эн миэхэ харахпар бу бааргын:
Көрөбүн күндэлэс долгуҥҥун,
Күөх унаар күлүмнэс урсуҥҥун.