Эргэ уонна саҥа (Сергеев К.Г.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Чабырҕах

Эргэ уонна саҥа


1
Күлүм аллай,
Мичик тыргый!
Күндү сэгэр,
Көрдө истиий,
Кэчигир тиис
Кэпсээннэрин,
Обуйук уос остуоруйатын,
Далла кулгаах
Сэгэлдьийэн,
Кыраҕы харах
Чыпчыҥнатан,
Дьандыр-индир
Чабырҕахпын
Истэ-көрө сэргэхтээн.
Көппөт көтөр,
Сүүрбэт-сүүрэр үйэтэ,
Олох устар,
Киһи сайдар,
Майгы тупсар,
Сигили көнөр.
2
Кэччэгэй Кэтириис,
Ымсыы Ылдьаа,
Албын Алааппыйа,
Хобуоччу Хобороос,
Күнүүһүт Көстөкүүн,
Ыстырыыс Ылдьаа,
Уоруйах Огдооччуйа,
Омуннаах Омуос,
Сэлээр дьэллик
Сэбирдэх Дьэбдьиэй,
Иирбит куртах,
Иһээччи Испирдиэн,
Кураанах саппыйа,
Хаартыһыт Хаппытыан,
Өһүргэс Өрүүнэ,
Киһиргэс Кирилэ,
Уордаах Уйбаан,
Хабыаччы Харытыан,
Быдьар Былатыан,
Бардам Баһылай,
Түүлээх Түмэппий,
Биттээх Миитэрэй,
Өмүрэх Өрүүнэ,
Мэнэрик Биэрэ
Быыра быһыннылар,
Этириэс эһиннилэр.
3
Билигин:
Өйдөөх Өлөксөөс,
Мэйиилээх Мэхээс,
Нарын Настаа,
Талба Татыйаана,
Аламаҕай Алааппыйа,
Суруксут Ньукулай,
Ырыа Ыстапаан,
Үҥкүүһүт Өрүүнэ,
Хоһоонньут Хонооһой,
Хоһуун Хобороос,
Былаанньыт Былатыан,
Тракторист Тамара,
Хамбайньыар Хабырыыс,
Суотчут Суоппуйа,
Учуутал Уйбаан,
Биһиэнэ буоллулар
Бастыҥ дьоннорбут.



[[Категория:]] Н.Т. Степанов суруйуута