Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Якутскай куорат
Өлүөнэ эбэкэм үргүөрүн үрдүгэр,
Кэрискэ бырааным кэрдиитин иһигэр,
Тунаарар Туймаадам таманын киинигэр,
Туругуран тура5ын, Якутскай куоратым!
Күннэри-түүннэри эн үрдээн, тэнийэн,
Эн тутууҥ, собуотуҥ тыаһынан ньиргийэн,
Күлүмэх күүскүнэн өрүтэ күүрэҥҥин,
Күлүмнүү тураҕын, Якутскай куоратым!
Самныбыт сахабын сырдыкка салайан,
Сайдыылаах суолларын аартыгын арыйан,
Дьон-норуот дьыл5атын дьоҕурдаан айаҕын,
Дьол, көҥүл уйата, Якутскай Kyopaтым!
Туундара куйаарын тымырын булаҥнын,
Толбонноох баайдарыҥ түмүгэ буолаҥҥын,
Сахаадаҥ саргытын күлүүһүн тутаҥҥын
Сандааран тураҕын, Якутскай куоратым!
Күлүм күн анныгар күөгэйэ муҥутуур
Советскай Ийэ сир дьолугар туругур!
Үйэттэн үйэҕэ киэркэйэн үүнэ тур,
Эн, үрдүк аналлаах, Якутскай куоратым!
1947
|
|
Антология иһинээҕитэ
Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан
Сүрүн сирэйгэ төнүн