Иһинээҕитигэр көс

Үлэ, үөрэх туһунан өс хоһооннор

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат.

Аска аҕыйах үчүгэй, үлэҕэ үгүс үчүгэй.


Байҕал бааллаах, үлэ күүрээннээх.

Былыргы киһи - ынаҕынан, аныгы киһи - үөрэҕинэн байар.


Илии хамнаатаҕына айах хамныыр.


Киирбит күн күөрэйиэ.

Көлүүрдээх оҕус от хаата, үлэ киһитэ ас хаатa.

Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар.

Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр.

Күн сири сырдатар, үөрэх - киһини.

Кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ, быһыаҥ иннинэ былааннаа.


Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ.


Олоруохтааҕар оҥорор ордук.

Отонноотоххо оҥоойук туолар.


Өҥө өҥөнөн, үтүө үтүөнэн төлөнөр.


Сарсыарда эрдэ турбатаххына күҥҥүн сүтэриэҥ, оҕо сааскар үөрэммэтэххинэ олоххун сүтэриэҥ.

Сатаа да саhыл саҕалан.

Сатабыллаах саһыл саҕалаах.

Сир быйаҥнаах, киһи сатабыллаах.

Суон тиити быһаҕынан кэрпиккэ дылы.

Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар.

Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.

Сүрэхтээх киһи сүгүн буолбат.

Сылдьар даа сылаалаах (эбэтэр сылдьар да сыа буолбат).

Сылдьыбыт сыа аһылыктаах, утуйбут уу аһылыктаах.

Сылдьыбыт сыыһы булар.


Тиитин мин охтордум, тииҥин эн итигэстээтиҥ.

Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх - сыыр үрдүгэр тахсар.

Туттуоҥ иннинэ толкуйдаа, кэрдиэҥ иннинэ кэмнээ.


Үлэни хаһааныма, аһы хаһаан.

Үлэ үксэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй.

Үлэ сыа кырбыыр буолбатах.

Үөрэх баар - бараммат баай.


Халлаантан ас түһүө диэн айаххын атыма.

Харайбатахха, тимир да дьэбиннирэр.


Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан турбут - хараҕын хастар.

Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын аалар.

Эһэ кымырдаҕастаабытыгар дылы.