Үлэ-олох үөрэҕэ (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)
ҮЛЭ - ОЛОХ ҮӨРЭҔЭ Дьокуускай 2010
Бэйэтин кэмигэр тыа дьонун олоҕор сайдыыны, үөрэҕи киллэрэр туһугар бары кыаҕын ууран саҥа православнай таҥара дьиэтин тутуспутун, саҥа оскуоланы тутан биэрбитин иһин ыраахтааҕы аатыттан үс мэтээлинэн наҕараадаламмыт хос эһэм Тихон Михайлович Каженкин сырдык кэриэһигэр аныыбын.
Автор.
АННОТАЦИЯ
Уһун кыһыннаах, хабараан тымныылаах дойдубутугар тимири уһаарар уонна уһанар идэни баһылаабыт, үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир саха тимир уустара олох салгыы сайдарын ситиспиттэрэ.
Саха дьоно уустар, үлэһиттэр.
В суровой стране опередили всех в развитии и объединили их сильнейшие, изготавливающие лучшие железные орудия труда кузнецы - саха.
Иван Иванович Каженкин – Хааһах Уйбаан.
МЭТЭЭЛЛЭЭХ ТИЭХЭЭН
Боотурускай улууһун 1 Хайахсыт (билиҥҥитэ Чурапчы улууһун Арыылаах) нэһилиэгэ 1710 сыллаахха үөскээбит. Былыргы кэмнэргэ элбэх сырыылаах, дьалхааннаах Айаан айанын суола бу нэһилиэгинэн ааһар этэ.
Бу нэһилиэккэ араас идэлээх, эр санаалаах хорсун-хоодуот дьон баар буолуталаабыттар. Олортон биирдэстэринэн ыраахтааҕыттан 3 мэтээлинэн наҕараадаламмыт Тихон Михайлович Каженкин буолар. Кини 1852 сыллаахха төрөөбүт.
Бастатан туран кини үөскээбит, олорбут нэһилиэгин историческай түгэннэригэр тохтуохпут. Бу нэһилиэккэ бэрт эрдэттэн таҥара дьиэтэ тутуллубут. Уйбаан уонна Мөрүөн Боппуоктар бу күөл арыытыгар бастакы часовняны 1858 сыллаахха туттарбыттар. Часовня 1862 сыллаахха сибэтии буолан үлэҕэ киирбит. Ити кэмтэн ыла манна олохтоохтор бастакы куолакал тыаһын истэр буолбуттар. Бастакы аҕабыытынан нуучча киһитэ Алексий Ясенецкий буолбут.
Биһиги кэпсээн билиһиннэрэр Тихон Михайловичпыт бу тутуллубут часовняны 10-ча саастааҕар сөҕө махтайа көрбүтэ, куолакал тыаһын илэ кулгааҕынан истибитэ чахчы. Тихон төрөөбүт үөскээбит нэһилиэгин киинэ Арыылаах биир кырдьаҕас дэриэбинэнэн биллэр. Манна 100-150 сыл анараа өттүгэр тутуллубут хас даҕаны мас тутуулардаах. Олортон биирдэстэригэр Тихон Каженкин сиэннэрэ күн бүгүнүгэр диэри дьиэ-уот оҥостон олороллор. Онно эһэлэрин, эбэлэрин малларын, дьиэлэрин сорох тээбириннэрин кэриэстээн илдьэ, көрө сылдьаллар.
Бу нэһилиэккэ Тихоны көрбүт, бэйэтин кытта илэ кэпсэппит, кинини үчүгэйдик билэр 85-тии саастаах Попов Михаил Ксенофонтович уонна Попов Никифор Николаевич диэн кырдьаҕастар бааллара. Kинилэр Тихон Kаженкин туһунан элбэҕи кэпсээбиттэрэ, билиһиннэрбиттэрэ. Олору таһынан Тихон сиэннэрэ элбэх информацияны биэрбиттэрэ.
Тихоннаах кыһынын төрөппүттэрин алаастарыгар «Хос Көлүйэҕэ» кыстыыллара. Бу олус кэрэ айылҕалаах сир, хас даҕаны кыракый көлүкэлэрдээх, утум-ситим сытар кыра алаастар. Бу сиргэ эһэлэрин, эбэлэрин ампаардара бэрт чэгиэнник-чэбдиктик турар. Онно өбүгэлэрин маллара, булт тэриллэрэ, туттубут сэптэрэ-сэбиргэллэрэ олус кичэллик ууруллубуттар. Олору Тихон улахан сиэнэ - Иван Дмитрьевич, 86 сааһыгар өлбүтэ, бэйэтин оҕолоругар, сиэттэригэр көрдөрөр, кэпсиир этэ. Маннык үөрэҕи биһиги олус үтүө үгэһинэн сыаналыыбыт. Тихон бэйэтэ туппут бэртээхэй дьиэтин оскуолаҕа сиэртибэлээн баран урукку дьиэтигэр кыстыыр буолбут.
Тихон кэргэнэ Бороскуобуйа. Кини айылҕаттан бэриллибит ураты идэлээх эбит. Ону бэйэтин үйэтигэр кимиэхэ даҕаны биллэрбэккэ чып кистээн сылдьан үйэтин моҥообут. Баҕар онон да сибээстээн буолуо Тихоннаах отордуур «Мычаата» диэн сирдэригэр Болугур Айыыта уонна Бахсы Айыыта кэлитэлии сылдьыбыттара үһү диэн кырдьаҕастар кистии-саба кэпсэтэллэрэ.
Тихоннаах сайылыктара «Суут Үрүйэ», олус бүөмчү сир. Сайылыгын дьиэтэ 5 муннуктаах бабаарына. Онно ампаара, салгыы сайыҥҥы сүөһү титиигэ сыһыары тутуллубут. Маннык архитектуралаах сайылыктар манна бааллара отой биллибэт. Арай маннык тутуулаах кыһыҥҥы кыстыктар баар буолааччылар.
Тихон ыччаттара сайынын мустан эһэлэрин, эбэлэрин сайылыктарынан, алаастарынан сылдьан, кинилэр өтөхтөрүгэр уот оттон «аһатан-сиэтэн» кэриэстээн ааһаллар. Биһиги Тихон сайылыгар сырыттахпытына, кини улахан сиэнэ Иван Дмитрьевич «биһиги эһэбит сөбүлээн миинэр, көлүнэр биир эрэ соноҕостооҕо» үһү диэн кэпсээбитэ. Ону санаппыттыы дуу, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, суос-соҕотох соноҕос ат, былыргы Тихон сылдьыбыт ыллыгынан соруктаах аҕайдык оргууй хааман кэлбитэ. Соноҕос сайылык дьиэтин аһара түһэн, урукку Тихон ууһун кыһатыгар кэлэн тохтообута. Бу дьикти түгэн соһумара бэрдиттэн биһиги ах баран турбуппут уонна «оҕонньорбут ата илэ бэйэтинэн көһүннэҕэ» диэн ботугураһан эрэ хаалбыппыт.
Мэтээллээх Тихон 1922 сыллаахха аҕатын дьиэтигэр кыстаан олорон өлбүт. Кини өлөр ыарыытыгар ыллара сыттаҕына Дьокуускайтан Софроний архыырай 1 Хайахсыт таҥаратын дьиэтигэр тахса сылдьан Тихон дьиэтигэр бэйэтинэн тиийэ сылдьыбыт уонна молитвалаан, ыллаан ааспыта үһү. Маннык чиэскэ боростуой, үөрэҕэ, үрдүк солото суох дьоннор тиксибэттэр этэ дэһэллэр. Онон Тихон таҥара дьиэтин тутуутугар улахан үтүөлээх буолан итинник чиэскэ тиксибит буолуохтаах. Кини уҥуоҕун бэйэтэ тутуспут 1 Хайахсыт таҥаратын дьиэтин, күн тахсыытын көрсөр илин истиэнэтигэр, кини ыкса табаарыһа Горбунов Николай Семеновичтыын биир ииҥҥэ уҥуох туппуттар.
1 Хайахсыт саҥа таҥаратын дьиэтин 5 нэһилиэк дьоно үбүлээн, күүстэрин холбоон 1897 сыллаахха тутуутун саҕалаабыттар. Таҥара дьиэтин Таатта киһитэ Луковцев Владимир Захарович маастардаан туттарбыт. Бу дьиэ тутуутугар Тихон Каженкин сүгэ тутан болуотунньуктаабыт.
Бу саҥа тутуллубут таҥара дьиэтэ тус-туспа ааттардаах хас даҕаны сүһүөх дьиэлэртэн тутуллубут, уһуна 17 саһаан, колокольнятын үрдүгэ 30 миэтэрэ, онон Илин Хаҥаласка саамай улахан, үрдүк таҥара дьиэтинэн биллибит. Дьиэ маһын 5 нэһилиэк хас биирдии ыалларыгар 2-лии бэрэбинэнэн түһээн түһэрэн, бөдөҥ талыы мастарынан туппуттар. Сорох истиэнэтин бэрэбинэлэрэ 40-тан тахса см кэтиттээхтэр, 24 см халыҥнаахтар. Балары быыһынан быһах да төбөтө киирбэт гына ыпсаран түһэртээбиттэр. Дьиэ иһин сырдыга 4-5 м. Ааннара 2,5-3,0 м үрдүктэрдээхтэр. Бу ааннар 100 сылы мэлдьи эрийэ-буруйа тардыбакка, хамсаан да көрбөккө, ньим-бааччы тыаһа суох сабылла тураллар. Ол да иһин буоллаҕа, бачча улахан дьиэ баара суоҕа 3 кирпииччэ оһохторунан соторутааҥҥыга диэри бэркэ ититиллэн турбута. Дьэ бу, маһынан тутуу дьиҥнээх хаачыстыбатын көрдөрөр сахалар уустарын улуу тутуулара диир кыахтаахпыт.
ТАҤАРА ДЬИЭТИН КИРИЭҺЭ
Тихон Михайлович таҥара дьиэтин тутуутугар оҥорбут ураты үтүөтүнэн, бу улахан кириэһи бэйэтэ тэрийэн, үбүлээн босхо оҥотторбута уонна кыһыл көмүһүнэн дуйдаппыта буолар. Итини таһынан бу кириэһи миэстэтигэр, колокольня үрдүгэр таһааран туруоран күн уотугар күлүмүрдэтэн кэбиспит. Кириэс үрдүгэ биэс аршин, туората 3 аршин, ыйааһына 4 аҥар буут эбит. Оччолорго улахан кириэһи оҥоруу олус уустук дьыала эбит. Ол курдук бу кириэһи аан бастаан Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгин киһитэ Оргуй уус оҥоро сатаан баран кыайбатах. Ону Тихон ити кириэс оҥоһуутун бэйэтигэр ылыммыт. Кини биир дойдулааҕын Маттаҕа уус диэни булбут. Кириэс улахана бэрт буолан, дьиэ иһигэр хайдах даҕаны батаран оҥоруллубат эбит. Онон Тихон бэйэтин сайылыгар таһырдьа уһанар былааннанан уус кыһатын сайылыгын арҕаа өттүгэр оҥостубут. Оччолорго бэлэм сыыйыы тимир суох буолан болгуону кытардан, балтанан эллээн сыыйыы тимири бэлэмнииллэр. Дьэ итиннэ дэлэлээх эр бэртэрэ балталаабыттара, тириппиттэрэ-хоруппуттара буолуой? Дэлэлээх элбэх киил мас оттуллубута, уматыллыбыта биллибэт. Кинилэр уһаммыт кыһаларын онно, тимирдэрин чааһата билиҥҥээҥҥэ диэри көстөллөр.
Тихон ылыммыт, эрэннэрбит кириэһин лоп курдук бириэмэтигэр оҥорон, кыһыл көмүһүнэн дуйдатан, колокольня үрдүгэр таһааран туруоран биэрбит. Бу кириэһи тимир болгуоттан уустарга оҥорторуутугар, кыһыл көмүһүнэн дуйдатыытыгар Тихон төһө сылгыта, ынаҕа, онтон дьон хамнаһын төлөөһүнүгэр төһө үбэ-харчыта ороскуоттаммыта биллибэт. Кириэс бэйэтин сыаната урукку харчынан 85 солк. сыаналаммыт.
КУОЛАКАЛ
Тихон иккис үтүөтүнэн 52 буут ыйааһыннаах ийэ куолакалы Лена өрүс кытылыттан тиэйэн таһааран 20-тэн тахса миэтэрэ үрдүктээх таҥара дьиэтин колокольнятыгар ыйаан биэрбитэ буолар. Таҥара дьиэтин кириэһин таһааран күн уотугар күлүмүрдэтэн баран, аны Аллараа Бэстээххэ борохуотунан тиэллэн кэлэн кумахха сүөкэммит 52 буут ыйааһыннаах куолакалы тиэйэн таһааран ыйыахтаахтар. Маны нэһилиэк бас-көс дьонноро мустан мунньахтаабыттар, куолакалы тиэйэн таһаарар киһини була сатаабыттар да ким да сөбүлэспэтэх. Ону Тихон истэ олорбут уонна мунньахха кыттыгаһа суох эрээри этэрдээх буолбут: «Бу нэһилиэги салайан олорор ааттаах дьон эрээри итини кыайан тобулбатыгыт, туох иһин салайааччы буолан мөтөһөн олороҕут. Ити кэпсэтэ, быһаара сатыыр куолакалгытын мин тиэйэн таһаарабын»,- диэбит. Кини булугас-талыгас өйдөөҕүн билэр буоланнар да, баҕар сытыы да тылыттан толлон дуу, били бас-көс дьоннор ах баран бэйэ-бэйэлэригэр сэлээннэспиттии саҥарбакка ньимиһэн олорбуттар. Онуоха Тихон эбэн эппит: «Чэ, баай дьон миэхэҕэ биир иһит арыгыта уонна бэйэм соноҕоспор ханыы буолар үчүгэй, таһаҕасчыт атта булан кулуҥ»,- диэн усулуобуйа туруорбут. Кини эппитин толорон биир иһит арыгыны була охсон биэрбиттэр. Онтон көмө буолар аты мин бэйэм булуом диэн тойотторго чэпчэтиини оҥорордуу усулуобуйатын аҥарын төттөрү ылбыт уонна икки биэрэстэлээх дьиэтин диэки тэптэрэ турбут. Ити ыкса саас эбит, онон уһатар-кэҥэтэр кыах суох буолан Тихон икки хонук иһигэр тоҥ хатыҥы түөрэн, модьу-таҕа силис сыарҕаны оҥостубут. Бэйэтин соноҕоһугар ханыы аты Бырдыынап диэн хос ааттаах Сыромятниковтан уларсан куолакалы тиэйэ айаннаабыт.
Икки үтүө атынан айаннаан билиҥҥитэ Аллараа Бэстээх чугаһыгар Дьаарбаҥ Суукка олорор күүһүнэн аатырбыт татаар киһитигэр Аргылла Сэмэҥҥэ хоно тиийбит. Киһитэ дьиэтигэр баар буолан биэрбит. Хоноһо туох сыаллаах-соруктаах айаннан кэлбитин дьиэлээххэ кэпсээбит уонна били биир иһит арыгытын остуолга туруоран кэбиспит. Ол кэннэ: «Арай эн эрэ көмөлөстөххүнэ, миигин нэһилиэк тойотторуттан-баайдарыттан быыһыаҥ, онон эн күн-ый буол, көмөлөс»,- диэн ылыннарыылаахтык тылын-өһүн киллэрэн көрдөспүт. Онуоха Аргылла Сэмэн балай да олорбохтоон баран: «Чэ, көмөлөһөн көрүөм, эчи кэһииҥ да боччума бэрт, эн тылгын быһа гынар кэрэгэй буолсу»,- диэбит.
Киэһэ астарыттан аһаан, ичигэстик хонон баран: «Ол тэрили мин көрбүтүм, билэбин, инчэҕэй кумахха хам тоҥо сытар»,- диэн буолбут. Сарсыарда куолакалы хоннорор сэби-сэбиргэли тэринэн биэрэккэ киирбиттэр. Син балайда үлэлэһэн, куолакалы хоннороннор сыарҕаҕа тиэйэргэ бэлэм буолбуттар. Сэмэн татаар куолакал үрүт тутааҕыттан ылан тардыалаан көрбүт уонна Тихоны: «Сыарҕаҕын манна сыһыары тартар»,- диэбит. «Мин бу тэрили иҥнэри тартахпына сыарҕаҕын куолакал анныгар сыҕарытан биэрээр»,- диэн эбэн биэрбит. Оннук кэпсэтэн, сөпсөһөн баран, Аргылла тирэҕин булунан баран: «Чэ, тиэйэн көрүөххэ»,- диэт, куолакалы иҥнэри тарпыт, онуоха Тихон сыарҕаны куолакал анныгар төһө киириэҕинэн сыҕарыппыт. Онуоха Сэмэн куолакалы ыыппытыгар куолакал сыарҕа үрдүгэр олоро түспүт. Ол кэнниттэн Тихон куолакал алын бүүрүгүн кээмэйдээн ылан сыарҕатын баттыгар олук бысталаабыт. Ити кэнниттэн Сэмэн татаар куолакалы сыҕарыҥнатан олукка лап гына түһэрбит. Ону киһитэ кирис өтүүнэн ыгыта тардан кэлгийэн кэбиспит. Инньэ гынан Тихон кыһыҥҥы суолу баттаһан куолакалы тиэйэн таһааран таҥара дьиэтин соҕуруу өттүгэр тартаран кэбиспит.
Бу кэлбит куолакал бөдөҥө-садаҥа киһини барытын сөхтөрбүт, маннык ыарахан тэрили Тихон тиэйэн аҕалбытын иһин дьон махталын ылбыт, онон кинини утары ким да тугу да эппэт буолбут. Аны маннык ыарахан куолакалы 20-тэн тахса миэтэрэ үрдүккэ таһааран колокольняҕа ыйааһын боппуруоһа тирээн кэлбит. Бу да сырыыга Тихон булугас-талыгас мындыр өйө эмиэ наада буолбут. Онон куолакалы букатыннаах оннун булларыыны бэйэтэ баһылаан-көһүлээн дьаһайарыгар тиийбит. Кини бырайыагынан таҥара дьиэтин хаҥас өттүгэр куолакалы эрийэн быанан соһон үөһээ таһаарар аналлаах тэрили туттарбыт. Ол тутуу холуодьастан биэдэрэлээх ууну быанан көтөхтөрөн таһаарар оҥоһукка маарынныыр эрээри, тоннаҕа чугаһыыр ыйааһыннаах куолакалы уйар модьу оҥоруу буолбут. Маны уран уустар тулутуохтара дуо, өр-өтөр гыммакка бэлэм оҥорбуттар. Бэрт элбэх кирис өтүүлэри ыаллартан хомуйан, салҕаталаан, хас да хос гына холботолоон уһун ханаат быаны бэлэмнээбиттэр. Ханааты куолакал ыйанар сиринэн эргитэн, таҥара дьиэтин соҕуруу өттүгэр турар куолакал ыйанар кулгааҕар баайбыттар. Ханаат аҥар төбөтүн бэрэбинэттэн оҥоруллубут эргийэр кииҥҥэ баайбыттар. Бу аллараа бэрэбинэ көлүөһэни хас да киһи төһүүнэн эргитэн куолакалы тэйгэччи ыйаан, көтөхтөрөн ыйанар сиригэр таһаарбыттар. Үөһээ таһааран колокольня уҥа өттүгэр аналлаах көхөҕө иилбиттэр. Онтукалара колокольняны иҥнэри тардыах былааннааҕын эрдэттэн билэн Тихон сүбэтинэн илин өттүгэр көһөрөн биэрбиттэр.
Дьэ ити курдук Хайахсыт Николаевскай таҥаратын дьиэтэ икки сыл устата тутуллан 1899 сыллаахха тутуута бүппүт. Бу таҥара дьиэтэ 1900 с. кулун тутар 29 күнүгэр Үрдүк сололоох Дьокуускайдааҕы, Бүлүүтээҕи епископ-аркыырай сөбүлэҥинэн, кини улахан мэлииппэтинэн үлэҕэ киллэриллибит. Бу сүдү тутууга элбэх сыратын биэрбит, бэйэтин баайын, элбэх ынаҕын-сылгытын сиэртибэлээн туран улахан, уустук үлэлэрин оҥорторбут Тихон Михайлович Каженкины ыраахтааҕы үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадалаабыт.
ОСКУОЛА ТУТУУТА
1900 с. саҥа таҥара дьиэтэ үлэҕэ киириитинэн сибээстээн церковно-приходской оскуола тутуута маннааҕы бас-көс дьон мунньаҕынан быһаарыллыбыта. Онуоха Тихон үгэһинэн аан бастакынан тыл көтөҕөн бу оскуоланы мин тутабын, онно бэйэбэр тутуммут саҥа дьиэбин биэрэбин диэбит. Ону таһынан 1200 солк. бэйэбиттэн үбүлээн саҥа мас кэртэрэн, онно салҕаан улахан оскуоланы тутарга быһаарыммытын мунньаҕынан бигэргэппиттэр.
Оскуола былаанын Иван Винокуров аҕабыыт уонна учуутал Онисим Слепцов оҥорбуттар. Ити саас оскуола маһын Тихон эрдэттэн кэрдибитинэн барбыт. «Хос Көлүйэ» диэн бэйэтэ олорор алааһыттан саҥа дьиэтин көһөрөн аҕалан уонна саҥалыы салҕаан сайын устата оскуоланы тутан бүтэрбит. Бу оскуолаҕа 30-тан тахса оҕо үөрэнэр кылаастаах, учительскайдаах, остуорас олорор хостоох, ону таһынан пекарнялаах улахан дьиэ буолбут. Дьэ бу бөдөҥ дьиэни кылгас сайын устата сүһүөҕэр туруоран буор босхо оскуолаҕа биэрии туохха да холобура суох үтүө быһыы буолар. Маннык түргэнник тутулуннар даҕаны бу дьиэ тутуутун хаачыстыбата эҥкилэ суох буолан, бөҕөтүк-таҕатык 70 сыл осуолаҕа туһалаабытын таһынан, сороҕо билигин даҕаны туһалыы турар. Тихон Михайлович Каженкин оскуола дьиэтин босхо тутан биэрбитин иһин ыраахтааҕы үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Арыылаах оскуолата революция иннинэ Тихон Михайлович Каженкин аатын сүгэр 1 кылаастаах духовнай-приходской оскуола диэн ааттанар эбит.
Тихон оскуола дьиэтин тутуутунан эрэ муҥурдамматах. Кини бэйэтэ туппут оскуолатыгар попечителинэн үлэлээбит, кыһынын остуо-растаан оскуола оһоҕун бэйэтэ оттубут. Остуорастаан, үлэлээн ылбыт хамнаһыттан сыл аайы оскуолатын туһатыгар 25 солкуобайы босхо аныыр эбит. Маннык нэһилиэгин дьонун ыччаттара үөрэхтэнэллэригэр кини ис дууһатыттан бэриниилээхтик сыһыаннаспыт. Ол туоһутунан Тихон Каженкин Саха сиригэр церковно-приходской оскуолалар аһыллыбыттара 25 уонна Россияҕа Романовтар династиялара 300 сылын туолар юбилейдарын бэлиэтээһиннэригэр боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Тихон Михайлович туһунан матырыйааллары Саха республикатын Киин архибыттан Попов Семен Романович хомуйбута уонна «Арыылаах оскуолатын 90 сыла» диэн кинигэтигэр суруйбута. Ол кинигэттэн быһа тардыылары Тихон Михайловиһы, кыайыылаах үлэһит киһини билиһиннэрээри бэчээттээтибит.
ААН ТЫЛ
Айылҕаҕа киһи үөскээһинин туһунан быһаарыыга наука чуолкай эппиэти булан биэрэ илигинэн бу боппуруос билигин даҕаны оннун була илик. Биһиэхэ сахаларга «Туох барыта икки өрүттээх» диэн олус дириҥ уонна киэҥ өйдөбүллээх айылҕа сүрүн тутулугун быһаарар этии баар. Айылҕа сүрүн тутулугунан тэҥнэһии балаһыанньата буоларынан туох баар барыта икки өрүттээх, икки өттүттэн кытаанах тутулуктааҕынан киһи үөскээһинэ бу быһаарыыга эмиэ сөп түбэстэҕинэ эрэ табыллар.
Киһи үөскээһинин быһаарыыга кэлин кэмҥэ олохсуйбут икки утарыта хайысханы тутуһар өйдөбүллэр манныктар:
Бастакытынан, уһун үйэлэр тухары өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт араас таҥара үөрэхтэрэ «Сначало было слово» диэн айылҕаҕа аан маҥнай тыл, өй-санаа баар буолбута диэни тутуһаллар, Айылҕаны барытын «Таҥара, будда, бог уонна аллах айбыта» диэн этэллэр, оннук үөрэҕи киэҥник тарҕаталлар. Киһи үөскээбитэ олус былыргыта бэрдиттэн уонна биллэр бэлиэлэрэ симэлийбиттэриттэн бу быһаарыыны саарбахтааччылар, ол иһиттэн утарааччылар эмиэ элбэхтэр.
Билигин өй-санаа үөрэхтэрэ өссө сайдан истэхтэринэ киһи өйө-санаата этинээҕэр-сиининээҕэр төһө эмэ уһун үйэлээҕэ түүллэри үөрэтиинэн дакаастанан иһэр. Ол курдук киһи өллөҕүнэ өйө-санаата айыы буолан Yөһээ дойдуга мунньулланнар кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүгэр-санааларыгар түүл буолан киирэннэр дьон сайдыыны ситиһэллэрин түргэтэтэн биэрэллэрин биһиги «Түүллэри тойоннооһун» диэн үлэбититтэн булуохха сөп.
Иккиһинэн, киһи эбисийээнэттэн ыла сайдан киһи буолбута диэн этиини материалистар тутуһаллара иккис өрүтүнэн эмиэ олохтоох. Ол курдук киһи этэ-сиинэ айылҕаҕа баар уонна онно үөскүүр эттиктэртэн хомуллан үөскүүрэ эбии дакаастабылга наадыйбат. Сэбиэскэй Сойууска коммунистар кыайан-хотон, материалистар аҥардастыы баһылаан-көһүлээн салайар эрдэхтэринэ бу быһаарыыны сүрүнүнэн ааҕаллара. Дьон сайдыыны ситиһиилэрин аҥардастыы эт-сиин сайдыытын курдук билинии «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга сөп түбэспэтиттэн, сайдыы суолун сыыһа хайысханан салайбыттарыттан билигин бэйэлэрэ лаппа мөлтөөбүттэриттэн тутуспут үөрэхтэрин сыыһата кырдьык билиннэ.
Эт-сиин уонна өй-санаа тус-туспалар диэн быһаарыыны ырытыыны «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр саҕалаабыппыт. Биһиги быһаарыыбытынан бу бэйэ-бэйэлэригэр үгүстүк сөп түбэспэт, сороҕор утарыта хайысханы тутуһар икки тус-туспа өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, тэҥнэһэн, биир тылы булунан, хардары-таары аһара барбаттарын ситистэҕинэ эрэ киһи, киһи буола улаатар уонна киһилии быһыыланар кыахтанар.
Биһиги сахалар «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этиилэригэр олоҕурабыт. Бу этии олус дириҥ өйдөбүллээҕин бары үлэлэрбитинэн дакаастыы сатыыбыт. Оҕо кыра эрдэҕиттэн улаатан иһиитигэр этэ-сиинэ аан маҥнай баһылаан сайдыытыгар бэлэм билиини төрөппүттэриттэн ылынан өйө-санаата сайдарын, онтон улаатан баран бэйэтин өйө-санаата сайыннаҕына үөрэх-билии көмөтүнэн этин-сиинин көрөн-истэн харыстыырын, уһун үйэни ситиһэрин сахалар үөрэхтэрэ быһаарар.
Айылҕаҕа туох барыта икки өрүттээх тутулуктааҕыттан киһи үөскээһинэ эмиэ икки өрүттээх уонна бу икки өрүттэр куруук бииргэ сырыттахтарына, бэйэлэрин аһара барар санааларын тэҥнээн, ситэрсэн, толорсон биэрдэхтэринэ эрэ киһи олоҕо туруктаах буолан сайдыыны ситиһэр, олоҕу олорор кыахтанар.
Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата тус-туспалар, тус-туспа үөскүүллэр. Киһи этэ-сиинэ эбисийээнэттэн салгыы сайдан үлэни-хамнаһы кыайа-хото оҥорорго үөрэниитэ өйүн-санаатын сайыннаран киһи буолууну ситиһиитэ хас оҕо төрөөн улаатарын аайы өйө-санаата саҥалыы сайдан, салҕанан, хатыланан баран иһэр. Ити иһин олох сайдыытын уустуктара хас көлүөнэ дьон улаатан истэхтэрин аайы олох уларыйыытыттан тутулуктанан тус-туспатык сайдаллар.
Биһиги үөрэхпит сүрүн төрүтүнэн сахалар «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн этиилэрэ буолар. Хас биирдии оҕо кыра эрдэҕиттэн этэ-сиинэ улаатан уонна өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситистэҕинэ эрэ киһилии быһыылары, дьоҥҥо туһалаах дьыалалары оҥорон олоҕу сайыннарарын биһиги быһаарабыт.
Оҕо төрөппүттэринэн ийэ кута иитиллэн, өйө-санаата сайдан, салгын кутун баҕа санаата киһилии баҕа санааны үөскэттэҕинэ, олору үгэс оҥостон иҥэриннэҕинэ эрэ киһи буолуу диэки олоҕо салаллар, бэйэтин олоҕор элбэх үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах дьыалалары оҥорор кыахтанар. Yлэ - киһини киһи оҥорор. Киһилии киһи - үлэһит. Yлэһит дьон элбэхтэр. Баар дьонтон барыларыттан аҥардарыттан лаппа ордуктарын үлэһит дьон ылаллар. Бу дьон үлэлээн-хамсаан туох эмэ туһалааҕы оҥороннор олоҕу иннин, сайдыы диэки хамсаталлар. Туох барыта икки өрүттээҕин курдук дьон үлэлээбэт өттүлэрэ үлэһиттэр оҥорон таһаарбыттарын үллэстииттэн туһананнар олохторун олороллор. Бу курдук бэлэми туһанар өйдөөх-санаалаах дьон элбээтэхтэринэ олох сайдыыта мөлтүүр, бытаарар.
Yлэлиир эрэйдээх, эти-сиини куруук хамсатыахха наада. Yлэлиир киһи тулуурдаах, ылыммыт сыалын ситиһээри дьулуурдаах уонна дьүккүөрдээх, ол иһин өйө-санаата туруктаах.
Тугу эмэ туһалааҕы оҥоруу киһиэхэ ыарахан. Эти-сиини хамсатыахха, ону-маны толкуйдуохха, быһаарыахха, тэҥнээн көрүөххэ наада. Илиинэн үлэлиир өссө ыарахан. Элбэҕи көтөҕүөххэ, сүгүөххэ, тардыалыахха, соһуохха наада. Өбүгэлэрин саҕаттан уһун үйэлэрин тухары ыарахан илии үлэтин үлэлии үөрэнэннэр сахалар үлэттэн «Эт-тирии баранар» диэн этиилэрэ быһаччы илиинэн үлэҕэ сыһыаннаах. Өйө-санаата сайдан иһэр киһи үлэни-хамнаһы сатыырга сыыйа үөрэнэн испитэ биллэр. Олус былыргы таастан оҥоруллубут туттар тэриллэри археологтар булан, хаһан таһааран хас тыһыынча сыллардаахха дьон бу тэриллэринэн туһана сылдьыбыттарын дакаастыыллар. Киһи бэйэтэ оҥостон туттар тэриллэрэ сайдан иһиилэрин тэҥэ өйө-санаата эмиэ сайдан иһэр. Ити курдук үлэ-хамнас уустуктара киһи өйүн-санаатын салгыы сайыннараннар кыыл, сүөһү өйүттэн-санаатыттан туспа арахсан киһи буолууну ситиһии кыаллыбыта. Икки аҥар тыһыынча сыллартан саҕалаан киһи курдук таҥаралар баар буолуулара дьон үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын үтүктэннэр үчүгэй быһыылары оҥороллоро элбээһинигэр, киһи киһиэхэ сыһыаныгар эйэлээх буолуу олохсуйарыгар тириэрдибитэ, өй-санаа сайдыытын ситиһэргэ кыах биэрбитэ.
Киһи диэн өй-санаа сайдыыта, өссө үрдүк таһымҥа тахсыбытын көрдөрөр, бэлиэтиир ураты тыл. Саха тылыгар бу тыл өссө хаһан үөскээбитэ биллибэт ыраах. Олус былыргы кэмнэргэ киһи диэн тыл Күҥҥэ тэҥнэнэр сүдү суолталаах тыл эбит. Бу тыл өй-санаа сайдан сиэринэн, сокуоннарынан салаллан олоҕу олорор, кыыл, сүөһү өйүттэн-санаатыттан арахсан суобастаныыны, кэмсиниини, бэрээдэктэниини, быһалыы киһи буолууну билигин да быһаарар аналын илдьэ сылдьар. Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор баҕа санааны дьоҥҥо Киһи таҥара биэрэр. Ол аата үчүгэй киһи буолууга баҕа санааны үөскэтинии, иҥэринии Киһи таҥаралаах буоллахха эрэ ситиһиллэр өй-санаа тутаах көрдөбүлэ буолар.
Хас биирдии саха тылын дорҕооно киһи өйүгэр-санаатыгар тус-туспа өйдөбүллэри үөскэтэрин таба өйдөөн тылбытын ордук күүскэ харыстыырбыт наада. Yлэ-хамнас туһунан суруйууга саха тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин уонна киһи өйдөөн-санаан туран оҥорор быһыылара, хамсаныылара таах, туох да быһаарыыта суох оҥоруллар хамнааһыннартан туспа уратылаахтарын арааран быһаарарын таба туһаныахха наада.
Бары биир санаалаахтарбытыгар, бу ыарахан ырыынак кэмигэр үлэбитин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт Т.М.Каженкин сиэннэригэр уонна хос сиэннэригэр истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Киһи буолан, киһи быһыылаахтых биирдэ бэриллэр олоххутун олорон, үлэлээн-хамсаан кэлэр көлүөнэлэргит байылыаттык, киһи быһыылаахтык, уһун, дьоллоох олоҕу олороллорун ситиһэллэригэр олук ууран биэрэр кыахтааххытын таба туһанаргытыгар баҕарабыт.
ХАМСАА уонна ХАМНАА
Саха тыла олус былыргы кэмҥэ үөскээн оннун булуммут тыл. Биһиги тылбыт Айылҕа дорҕоонноруттан үөскээбит тутулугун билигин да сүтэрбэккэ иҥэринэн илдьэ сылдьар. Ол курдук «ы» дорҕоон уһаатаҕына «ыы» диэн дорҕооҥҥо кубулуйдаҕына ытааһын илэ саҕаланар, «р» диэн дорҕоон уһаатаҕына, хатыланнаҕына ырдьыгынааһыны, кыыһырыыны биллэрэр. Хас биирдии тус-туспа Айылҕа дорҕооннорун иҥэринэн үөскээбит тыл ураты күүстээх, иччилээх, ол курдук дорҕоон киһиэхэ дьайыыта хаһан да уларыйбат.
Тыл иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьар. Ол аата элбэхтик «ыы» дорҕоону саҥара сырыттахха сотору кэминэн дьиҥнээх ытааһын тиийэн кэлиэн сөп. Онтон үгүстүк «рр» дорҕоону туттар киһи кыыһырымтаҕай буолара ханнык да саарбаҕа суох. Ол иһин саха тылын дорҕооннорун суолталарын билэн сэрэнэн, кэмнээн туһаныы ирдэниллэр.
Саха тыла олус былыргы кэмнэргэ, киһи өйө-санаата саҥа үөскээн, сайдан истэҕинэ үөскээбит тыл буолан тыыннааҕы уонна тыына суоҕу эбэтэр өйдөөҕү уонна өйө-суоҕу туспа арааран быһаарар аналлаах тыллардаах. Бу тыллар; оҥоһуу уонна оҥоруу диэннэр, бэйэ-бэйэлэриттэн биирдии эрэ дорҕоонунан, ол эбэтэр суруйдахха биирдии буукубанан уратылаһаллар эрээри дьиҥнээх суолталара букатын тус-туспалар.
Биһиги үлэ-хамнас туһунан суруйуубутун саха тыла ити уратыларыттан тирэх ылан саҕалыырбыт ордук оруннаах. Дьоҥҥо киһи буолуу өйө-санаата үөскээбитин кэнниттэн аан маҥнай өйө-санаата суохтартан, сүөһүлэртэн уонна тыына суохтартан бэйэни туспа араарыныыга тириэрдибитэ саха тылыгар чуолкайдык киһини атыттартан туспатык ааттааһынтан биллэр.
Манна аан бастакынан саха киһитэ бэйэтин эрэ атын тыынар-тыыннаахтартан барыларыттан туспа араарынан «Ким», «Кимий?», «Кини» диэн ааттаан ыҥырарын бэлиэтиэххэ наада. Бу киһи өйө-санаата саҥа үөскээн, сайдан эрэр кэмигэр Сир үрдүгэр баар өйө-санаата суох тыынар-тыыннаахтартан бэйэтин туспа араарынар, үрдүктүк туруорунар бэлиэтэ буолан саха тылыгар иҥмит. Саха тылын бу уратыта киһилии өй-санаа, атын кыылларга буолбакка, киһиэхэ эрэ баар буоларын чопчулаан быһаарар.
Бэйэтиттэн, киһиттэн атын бары тыынар-тыыннаахтары, кыыллары, көтөрдөрү, үөннэри уонна атын Сир үрдүгэр туох баары барытын саха киһитэ «Ол», «Бу», «Туох», «Тугуй?» диэн ааттаан ыҥырар. Бары киһилии өй-санаа кыайан иҥмэт тыынар-тыыннаахтара уонна араас маллар-саллар, оттор-мастар бары бииргэ, холбуу итинник ааттаналлар.
Манна «Оҥоһуу» уонна «Оҥоруу» диэн Айылҕаҕа бэйэтэ оҥоһуллубутун дуу эбэтэр киһи оҥорон, тутан дьэндэппитин дуу тус-туспа араартаан быһаарар тыллары аан бастакынан ааҕыахха наада. Бу тыллары арыыйда киэҥник быһаарыыны биһиги «Айылҕа бэйэтин ыраастанар» диэн үлэбититтэн булуохха сөп.
Өйдөөн-санаан туран уонна ханнык да өйө-санаата, быһаарыыта суох оҥоруллар быһыылары саха тылыгар араарар ураты тыллар эмиэ бааллар. Бу тыллар төһө даҕаны бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспыттарын, биирдии эрэ дорҕооннорунан, буукубаларынан уратыласпыттарын иһин суолталара уонна хайдах үөскээбиттэрэ букатын тус-туспалар.
Сахалыы киһи өйдөөн-санаан туран тугу эмэ оҥороро «Хамсаа» диэн тылынан бэриллэр. Бу тыл «Хам» уонна «Саай» диэн тыллартан холбонон үөскээбит буолан өйдөөн-санаан, анаан-минээн оҥоруллар хамсаныылары, бу хамсаныылартан үөскүүр үлэни быһаарар. Ол аата бу хамсааһынтан туох тахсарын, үөскүүрүн, туохха сабыдыаллыырын киһи өйдөөх-санаалаах буолан эрдэттэн билэрин, өйүгэр-санаатыгар оҥорон көрбүтүн быһаарар.
Киһи бэйэтэ тугу эмэ оҥороору хамсанара барыта «Хамсаа» диэн тылынан бэриллэрэ ордук табатык өйдөнөр. Киһи өйдөөн-санаан, быһаарынан баран хамсаатаҕына эрэ тугу эмэ туһалааҕы оҥороро табылларын биллэрэр.
Айылҕаҕа араас хамнааһыннар элбэхтэр, туох барыта мээнэ хамныыра элбэх. Ол курдук тыал мас төбөтүн куруук хамнатар. Туох да туһата суох икки өттүгэр иэҕэҥнэтэр. Өрүскэ муус хамнаата диибит. Муус бэйэтэ сүүрүк хоту устан ааһарын, хамныырын итинник этэбит.
Ити курдук өйө-санаата, ханнык да быһаарыыта суох, эппит хоту тугу эмэ оҥоруу «Хамнаа» диэн тылынан бэриллэр. Хамнаа диэн тыл «Хам» уонна «Наай» диэн тыллартан холбонон үөскээбит. Ол иһин мээлэ, туох да быһаарыыта, өйө-санаата суох «наай барбыт» хамнааһыны эрэ бэлиэтиир.
Сахаларга үлэ-хамнас тус-туспа араарыллыыта, баай уонна дьадаҥы, үлэ биэрээччи уонна үлэһит хаһан үөскээбиттэрэ букатын биллибэт былыргы төрүттээхтэр. Хамнаа диэн тылтан хамначчыт диэн хамнаска үлэлиир үлэһити бэлиэтиир аналлаах тыл үөскээн оннун булуммут. Ол аата бу тыл туох да толкуйа, быһаарыыта суох хамныыбын, ким эрэ эппитин, соруйбутун толоробун диэн олох көнө өйдөбүллээх. Хамначчыт буолууну сахалар соччо сөбүлээбэттэрэ итинтэн тутулуктаах. Тоҕо диэтэххэ саха киһитэ бэйэтэ быһаарынан, тугу эмэ тобулан үлэлиирин, хамсыырын ордук сөбүлүүр.
Бэйэтэ өйдөөн-санаан, тугу эмэ быһаарынан үлэлиир киһи хаһан да хамначчыт буолбат. Хамсыыр диэн тылтан хамсатар диэн тугу эмэ саҥалыы оҥорор, сыҕарытар диэн туспа тыл үөскээн син биир өйдөөн-санаан туран оҥоруллар дьыалалары быһаарар.
Бу икки олус маарыннаһар тыллар уратылара ити курдук олус киэҥ уонна дириҥ силистээхтэр. Бу тылларбыт дорҕооннорунан уратылара аан маҥнай киһиэхэ өйө-санаата киирэн киһилии быһыыланар, өйдөөн-санаан туран бары дьыалаларын оҥорор кэмиттэн ыла үөскээбиттэр. Ол иһин саха тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин уонна билигин даҕаны бэйэтинэн, уларыйбакка сылдьарын дакаастыыллар.
YЛЭ - ОЛОХ ҮӨРЭҔЭ
Айылҕаҕа өйдөрө-санаалара сайдан үрдүк таһымы кыайан ситиспэт кыыллар, көтөрдөр уонна балыктар бары аһылыктарын эрэ булунаары, тыыннаах сылдьаары кыахтара баарынан хамнаналлар, олохторун олороллор. Бу кыыллар олохторугар, өйдөрүгэр-санааларыгар мөлүйүөнүнэн сылларга ханнык да улахан уларыйыылар киирбэттэриттэн эттэрэ-сииннэрэ уонна тугунан аһылыктаналлара, дьарыктаналлара билигин даҕаны уларыйбакка бэйэлэринэн сылдьаллар.
Киһи мэйиитэ улаатан өйө-санаата сайдар турукка киириитэ, бэйэтин кыыллартан, сүөһүлэртэн араарыммыта төһө былыргы кэмнэргэ буолбута билигин даҕаны кыайан быһаарылла илик. Дьон олохторугар сайдыыны ситиһиилэрин бэлиэтээн сурукка киллэриэхтэриттэн, ол аата кэнники 5 эбэтэр 10 тыһыынча сыллар усталарыгар өй-санаа олус күүскэ сайынна, ситиһии бөҕө бэлиэтэннэ. Онтон бу кэм устата өйдөрө-санаалара төрүт да эбиллибитэ биллибэт эбисийээнэлэр билигин да итии дойдуларга элбэхтэр.
Киһи өйө-санаата сайдыыта төһө да уустугун иһин кут-сүр үөрэҕин көмөтүнэн тус-туспа араартаатахха чопчу быһаарыыларга олоҕурара, туох уратылаахтара биллэр. Олох уонна хамсаныы куруук бииргэ сылдьаллар, биир төрүттээхтэр. Хамсаныыттан өй-санаа үөскүүр, элбэхтэ хатыланнаҕына киһиэхэ буор кут үөскээн мэйиигэ, эккэ-сииҥҥэ мунньуллар. Киһи санаатын күүһүнэн дьайан араас хамсаныылары оҥороруттан этэ-сиинэ эрчиллэн, үөрэнэн үөрүйэх буолар. Хамсаныылартан киһи буор кутун өйө-санаата эбиллэр, үлэлиир-хамсыыр дьоҕура улаатар. Киһиэхэ төрөппүттэриттэн бэриллэр буор кута өй-санаа өйдөбүллэринэн талаан, сатабыл, дьоҕур диэн ааттаналлар уонна инники көлүөнэлэр олус уһун кэмҥэ үөрэммит үөрүйэхтэрэ мунньулланнар кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр баайдара буолаллар.
Сахалар «Yлэлиир-хамсыыр» диэн холбуу этиини куруук туһаналлар. Эт-сиин куруук хамсаннаҕына эрэ табыллар, бука бары сүһүөхтэрэ хамсаан, тэнийэн, имиллэн биэрэн иһиэхтээхтэр. «Сүһүөҕү тэнитии» диэн сүһүөхтэри ууннары тардынан, тыыллаҥнаан эрчийии ааттанар. Сүһүөхтэр, сис тоноҕосторо өр кэмҥэ хамнаабатахтарына хам хатыраннар хамныыр кыахтара кыччаан иһэр, тымырдар кыарааннар хааны-сиини сүүрдэллэрэ мөлтүүр, ол иһин киһи үйэтэ кылгыыр. Үлэ эрэ эти-сиини эрчийэр, хамсатар. Эт-сиин хамсааһыҥҥа, үлэҕэ, эрчийиигэ куруук наадыйар.
Yлэттэн-хамнастан өй-санаа сайдыытын үрдүкү таһымын ситиһэн иһэр киһи үйэттэн үйэҕэ олорор олоҕун тупсаран, сири-дойдуну улахан тутууларынан киэргэтэн иһэрин тэҥэ, сылдьар, сынньанар сирдэрин эмиэ оҥостор. Өй-санаа сайдыыта араас күүстээх, кыахтаах тиэхиникэлэри айан үлэ бары көрүҥнэригэр киэҥник туһанарга тириэрдиитэ, киһи үлэлээри, тутаары, этин-сиинин кыһалҕаттан хамсатара аҕыйаан иһиитин үөскэтэр. Ол аата олох тупсан иһиититтэн киһи үлэни сыал-сорук оҥостон хамсанара аҕыйаан биэрэн иһэрин аналлаах, эккэ-сииҥҥэ туһалаах хамсаныылары, анаан-минээн оҥорон, эти-сиини эрчийэн, дьарыктаан биэрэрэ ирдэнэр.
Олус былыргы кэмнэргэ олох иһин охсуһуу, ас-таҥас булунуу туһугар киһи өйө-санаата күүскэ үлэлээн сайдыыны ситиһэн иһэр кыахтаммыта, илиитигэр маһы тутан атын кыыллартан көмүскэнэргэ уонна бултуурга туһаныаҕыттан ыла өйө-санаата сайдыыта ордук күүскэ эбиллэн барбыта.
Киһи өйө-санаата сайдыытыгар үлэ ылар оруола ураты үрдүк. «Yлэ – олох үөрэҕэ» диэн этии үлэттэн өй-санаа үөрэнэн, сайдан эти-сиини хамсатан, эрчийэн иһэрин быһаарар. Олус былыргы кэмнэргэ дьон үөрдүһэн, бииргэ олорор эрдэхтэринэ күүстээх, кыахтаах эр киһи аҥардастыы баһылыыр, салайар этэ. Өй-санаа сайдан иһиитэ аҥардастыы күүс-уох, эт-сиин баһылааһыныгар тосту уларыйыыны киллэрбитэ. Ол курдук аҥардас мас баалкыга холоотоххо, онно тааһы баайдахха, охсор күүһэ лаппа улаатара аны өйдөөх, үлэлиир тэрили оҥостор киһи баһылаан салайыытыгар тириэрдибитэ.
Араас матырыйааллары тупсаран, уһуктаан, биилээн оҥоруу өй-санаа лаппа сайдан киһи кыыллартан, сүөһүлэртэн арахсан барыытын бэлиэтиир. Дьон сайдыытын биир биллэр уратытынан туттар сэби-сэбиргэли оҥостуоҕуттан ыла өйө-санаата ордук сайдыбыт, үөрэҕи-билиини ситиспит киһи сирдээн салайыыта олоҕурбута. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар киһилии сыһыан үөскээн сайдан, үгэс буолан олохсуйан барбыта.
Киһи үлэни-хамнаһы сатыыр буола сайдыаҕыттан, сатаан саҥарыаҕыттан ыла өйө-санаата күүскэ сайдан кыыллартан, сүөһүттэн уратыланан, өй-санаа быһаарыыларынан, сиэргэ олоҕуран олоҕун оҥостор буолбута. Сиэр диэн сахалар олохторун сокуона үөскээбитэ, «Сиэри кэһимэ», «Киһи буол» диэн өй-санаа үөрэҕэ сайдан барбыта. Киһи өй-санаа соччо киирбэт дьонуттан, сүөһүлэртэн туспа арахсыыта, бэйэтин киһи диэн ааттаныыта киһилии быһыылары оҥорор, сиэри тутуһар буолуоҕуттан ыла саҕаламмыта.
Сиэр диэн саха киһитэ барыта тутуһуохтаах аналлаах өй-санаа кыйыата, аһара барбат хааччаҕа буолар. Аныгы үйэҕэ бу өй-санаа хааччаҕа сокуоннарга уларыйан, дьайыыта ордук күүһүрдэ. Бу кыйыа икки өрүттэн, икки ардыларынан, ханан эрэ ортотунан барыыны бэлиэтиир уонна киһи оҥорор быһыытын аһара барбаты быһаарар.
Сиэр диэн тыл дьүһүнү эмиэ бэлиэтиир. Үрүҥ уонна хара дьүһүннэр буккуһан холбоспуттарыттан үөскээбит буолан араас көрүҥнэри биэрэр. Ол курдук сырдык сиэрэйтэн, хараҥа сиэрэйгэ диэри үрүҥ уонна хара буккуһуутун көрдөрөр.
Сахалар олохторун сокуона «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарар. Ол курдук киһи оҥорор быһыылара үчүгэй, үрүҥ уонна куһаҕан, хара диэннэргэ арахсаллар. Онтон сиэр диэн бу икки дьүһүн холбоспуттарыттан үөскээбит буолан икки өрүт икки ардынан быһаарыыны ылыныыны дьүһүннээн көрдөрөр.
Сиэр диэн сахалар олохторун сокуона үчүгэй, үрүҥ уонна куһаҕан, хара икки ардыларынан таба, икки өрүт сөбүлүүр, ол эбэтэр икки өрүт санааларыгар син сөп түбэһэр быһаарыы баар буоларын биллэрэр.
Сахалар сүрэҕэ суох, мөлтөх, сытан иһэр киһини «Сүөһү курдук сытыма» диэн туруоран үлэлэтэ сатыыллар. Тулуура тиийбэккэ аһара арыгы иһэн итирэн, куһаҕаннык быһыыланар киһини «Сүөһү курдук» диэн этэллэрэ эмиэ баар. Ол аата өйө-санаата киһиэхэ тиийбэт улахан кыыл сүөһү диэн ааттанар.
Киһи үлэһит, үлэлиир буоллаҕына эрэ киһи буолар. «Yлэ – олох үөрэҕэ» диэн этии киһи үлэлиириттэн олорор олоҕун тупсаран иһэринэн сүөһүттэн уратылааҕын быһаарар.
Өй-санаа сайдан истэҕинэ үтүөҕэ баҕарыы уонна киһи буолуу өйө-санаата холбоһоннор киһини сирдиир, инники диэки ыҥырар күүскэ, таҥараҕа кубулуйбуттара. Айыылаах-таҥаралаах буолуу киһи өйө-санаата язычествоттан салгыы сайдан өссө үрдүк таһымҥа тахсыбытын биллэрэр. Саха дьоно таҥараны уонна айыыны билинэллэрин, итэҕэйэллэрин, бу икки өйдөбүллэри былыр-былыргыттан бииргэ холбоон туһаналлара быһаарар.
Уһун үйэлэргэ киһи олох иһин охсуһан, үлэҕэ-хамнаска үөрэнэн, этин-сиинин эрчийэн испитэ. Ол кэмнэртэн ыла саҕалаан сахалар өй-санаа буор кут буолан мунньуллан иһэр диэн этиилэрэ дакаастанар. Бэйэтэ үлэни-хамнаһы баһылаан, этин-сиинин үөрэтэн, эрчийэн, үөрүйэх оҥорбут киһи өйө-санаата мунньуллан буор куту үөскэтэр. Буор кут хамсаныылартан үөскүүр эт-сиин өйө-санаата. Yөрүйэх буолуохха диэри уһуннук эрчиллии, куруук үлэлии-хамсана сылдьыы буор кут үөскүүрүгэр тириэрдэр. Буор кут мэйии дириҥ түгэҕэр, бары быччыҥнарга олохсуйар буолан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтанар. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ киһи буор кута салгыы бэриллэн иһэрэ өй-санаа сайдыытын, ситиһиини ылынар кыаҕын түргэтэтэр. Ол аата үлэни-хамнаһы баһылаан өйдөрүн-санааларын сайыннаран иһэр аймахтар, омуктар өйдөрө-санаалара, буор куттара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, эдэрдэр түргэнник сайдан иһиини ситиһэллэригэр кыах биэрэр.
Сахалар «Төрүт уус киһи» диэн быһаарыылара бу киһи үтүө, үлэһит, уус төрүттээх, төрөппүттэрдээх буолан сайдыылаах буор куттаах, ол иһин үлэҕэ-хамнаска үөрүйэҕэ, тулуура, дьулуура элбэҕин быһаарар. Ол аата төрүт-уус киһи оҕото диэн быһаарыы бу киһи сайдыылаах буор куттааҕын, этэ-сиинэ үлэҕэ-хамнаска үөрүйэҕин, дьоҕура, талаана элбэҕин биллэрэр.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэ биир киһи олоҕунан муҥурданан хаалбат, хас да киһи, көлүөнэлэр олохторун устата салҕанан баран иһэр. Ол иһин «Төрүт уус киһи оҕото» диэн этии оҕо төрөппүттэрин, эһэлэрин, эбэлэрин, хос эһэлэрин уонна эбэлэрин олохторун холбуу ылан быһаарар.
Туттар сэби-сэбиргэли оҥостору киһи билэн, туһаныаҕыттан ыла олорор олоҕо сыыйа-баайа тупсан барбыта. Олус былыргы дьон урут үксүгэр хайа хаспахтарыгар олохсуйар эбит буоллахтарына, билигин хайа баҕарар сиргэ ураһа туттан олорор кыахтаммыттара, олорор сирдэрин кэҥэтэн, бултаан, балыктаан саҥа сирдэри баһылаабыттара.
Киһи айылҕа кыылларыттан аан бастаан ыты дьиэтиппитэ биллэр. Ол кэнниттэн табаны, ынах сүөһүнү, онтон сылгыны көрүү-истии, иитии, үлэҕэ-хамнаска туһаныы кыаллыбыта. Айылҕа кыылларын дьиэтитииттэн үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта үрдээн, ас-таҥас элбээн барбыта, киэҥ сирдэри баһылааһын саҕаламмыта.
Дьон-норуот ахсааннара биллэрдик эбиллэн, сири-дойдуну баһылааһыннара тэнийбитэ, үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта үрдээн баай-мал мунньуллуута саҕаламмыта, дьон баайга уонна дьадаҥыга арахсыылара биллэр уратыламмыта. Олус былыргы кэмнэргэ ким күүстээх, кыахтаах дьону баһылаан салайар эбит буоллаҕына, билигин өйө-санаата ордук сайдыбыт киһи баһылаан салайар кыахтаммыта.
Дьон бары баҕа санаалара биирдэр. Бука бары кыахтара баарынан хайдах эрэ олохторо тупсарыгар кыһаналлар, баҕара саныыллар, үлэлээн-хамсаан олорор сирдэрин оҥостоллор. Бу баҕа санааларын толорууга бары кыахтарын уурдахтарына ситиһиэхтэрин сөп. Олоҕу тупсарыы дьон бары майгыларын курдук эмиэ икки өрүттээх:
1. Yгүстэр үлэлээн-хамсаан, оҥорон-тутан олохторун тупсаран иһэллэр. «Киһи бэйэтэ оҥорбутун ордук сыаналыыр, астынар» диэн этииттэн үлэ киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор уратылара сайдыыны ситиһии диэки хайысхалаахтарын быһаарыахха сөп. Дьон олохторун сыалын үлэ-хамнас, оҥоруу, тутуу диэки салайдахтарына кэлэр көлүөнэлэрин үлэҕэ үөрэтэннэр өйдөрө-санаалара салгыы сайдан иһэрин ситиһэллэр.
2. Сорохтор соччо үлэлээбэккэ эрэ олохторун баайдык, талымнык, сынньалаҥнык олоруохтарын баҕара саныыллар. Бу дьон аҕыйаҕа суохтарын биллэр өс хоһоонноро: «Работа не волк, в лес не убежит», «Yлэ куобах буолбатах, куотан хаалыа суоҕа» диэннэр соччо ыксаабакка, эрэйдэммэккэ эрэ үлэлиэххэ сөбүн биллэрэллэр.
Саха дьонугар үлэ тыыннаах буолууну, сүрэҕи кытта сибээстээх. Сүрэх куруук үлэлиир, тэбиэлиир, киһи хаанын тохтообокко эрэ хачайдыыр. Хаһан да тохтоон, сынньанан да ылбат. Сүрэх киһи тыыннаах буоларын хааччыйар. Ол иһин сүрэх диэн тыл иккис өйдөбүлэ үлэни кытта сибээстээх уонна «Тохтообокко үлэлиир», «Yйэтин тухары үлэлиир» диэн өйдөбүлү биэрэр.
«Сүрэҕэ суох» диэн соччо үлэлиэн баҕарбат, үлэлии үөрэммэтэх киһини этэллэр. Бу олус дириҥ түгэхтээх этии киһи үлэлээбэтэҕинэ, этин-сиинин эрчийбэтэҕинэ тыыннаах сылдьара эмиэ уустугурарын быһаччы быһаарарын ситэ өйдөөн туһана иликпит.
Кэлин кэмҥэ биһиэхэ үрдүк үөрэхтээһин сайдан үөрэх өттүн өрө туппут дьон үлэни-хамнаһы баһылааһыннарын курдук өйдөбүл үөскээбитэ сүрэҕэ суох соҕус, чэпчэки үлэни көрдүүр дьону элбэтэн, дьиҥнээх оҥорор, тутар үлэнэн дьарыктанааччылар аанньа ахтыллыбаттарыгар, ахсааннара аҕыйыырыгар тириэрдибитэ.
Олох тупсара үлэттэн эрэ үөскүүр. Күүстээх үлэттэн. Дьон үгүстэрэ, бэртэрэ хас да көлүөнэ устата үлэлээн-хамсаан баайы-малы мунньуналлар, эдэр көлүөнэлэрин үлэҕэ-хамнаска үөрэтэн өссө күүстээх үлэһит оҥороллор. Бу аймах дьон буор куттара тулуурдаах, дьулуурдаах, үлэҕэ үөрүйэх, ол иһин үлэни-хамнаһы кыайаллар, үгэстэргэ үөрэнэннэр ийэ куттара, өйдөрө-санаалара туруктаах буолан олохторун устата сыыһа-халты туттубаккалар, быстах суолга киирэн биэрбэккэлэр баайдара-маллара элбээн, хаҥаан иһэр, уһуннук, эйэлээхтик, киһи быһыылаахтык олороллор.
Биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит оҕуһунан үлэлииллэрэ уонна ат мииннэрэн кэргэннэрин сүгүннэрэн аҕалаллара. Билигин дьон үлэтэ-хамнаһа олус күүскэ сайдыбыттарын бэлиэтинэн араас омуктар сылтан сыл аайы тупсан, киэркэйэн иһэр массыыналарынан чугас сиргэ айанныыллар, ыраахха самолеттарынан көтөллөр.
Yөрэх-билии сайдан билигин марксизм үөрэҕин билбэт киһи аан дойдуга аҕыйах. Бу үөрэх – үлэ туһунан үөрэх. Ону таба өйдөөн туһаммыппыт эбитэ буоллар сайдыыбыт атын омуктартан хаалан хаалыа суоҕа этэ. Марксизм үөрэҕин салҕааччыларбыт дэнээччилэр В.И.Ленин уонна И.В.Сталин хас киһи барыта тэҥ уонна үлэһит буолуохтаах диэн олус быһаччы, туруору көнө быһаарыыны ылыныылара Россия дьонун өйдөрө-санаалара сайдыытын хааччахтаабыта, дириҥник буортулаабыта.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр хас киһини барыларын маарынната, дьадаҥыларга тэҥнии сатааһынтан уонна оҥорон таһаарыыттан туһаныыларын эмиэ тэҥнээһин олох, үлэ-хамнас сайдыытыгар ээл-лээл сыһыаннаһыыларыгар тириэрдибитэ. Дьон бары тэҥнэһиилэрин үөскэтии намыһах өйдөөхтөр-санаалаахтар атын дьону ордук санааһыннарын аһара күөртээн, күөдьүтэн арыычча талааннаах, табыллыылаах дьон үлэлэрин-хамнастарын, саҥаны айан олоххо киллэрэллэрин атахтыыра. Ол иһин сайдыыны ситиһиибит олус бытаарбыта, атын омуктартан ыраах хаалбыппыт.
Сэттэ уонтан тахса сыл устата сэбиэскэй былаас «Киһи барыта тэҥ» диэн ыйыыны тутуһан дьону барыларын тэҥнии сатаабыта чахчы кыаллыбата. Дьон өйдөрө-санаалара тус-туспатын курдук эттэрэ-сииннэрэ, үлэни кыайар дьоҕурдара эмиэ тус-туспаларын уонна кыайан тэҥнэммэттэрин өр сыллаах күүһүлээн ыытыллыбыт эксперимент түмүгэр дакаастаммытын итэҕэйдибит диэххэ сөп.
Kиһи барыта тэҥ буолар кыахтара суох. Дьон бары араастар. Сорох мөлтөх, ыарыһах, өйө тиийбэт. Мөлтөх өттүлэрэ атыттар көмөлөрүгэр, ыйан биэрэллэригэр наадыйаллар, үтүктэ, батыһа сатыыллар. Дьон барыларыттан мөлтөх өйдөөх-санаалаах өттүлэрэ уонтан сүүрбэччэ бырыһыаҥҥа диэри ахсааннарын хаһан баҕарар ылаллар.
Салайар партия сыыһа хайысханы тутуспутуттан экономика сайдыыны ситиспэккэ билигин пенсия кээмэйэ олус намыһах. Ону ситиһиннэрэ сатааннар араас элбэх эбии көмөлөрү, льготалары оҥороллор этэ. Тастан кэлэр көмөҕө өйөнүү бэйэ кыахтаах да буоллаҕына онтун сатаан туһамматын үөскэтэр. Аны государство биэрэр көмөлөрүгэр дьон үөрэнэн, өйөнөн хааланнар бэйэлэрин оҥорор-тутар кыахтара аҕыйаан барбыта.
Перестройка кэнниттэн биир партия салайар былааһа уурайбыта. Билигин бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох хас да кыра партиялар үөскээннэр государствоны салайыыга кыттыһаллар эрээри бары салайааччылары түмэр «Единая Россия» партия эмиэ аҥардастыы баһылыыр кэмэ эргийэн кэллэ.
Дьон арыыччалара, инициативалаах, сайдыылаах өттүлэрэ күүстэрэ-кыахтара элбэх, өйдөрө-санаалара сайдыыны ситиһии диэки тардыһыылаах, доруобуйалара үчүгэй, тахсыылаахтык үлэлииллэр, элбэх барыһы киллэрэллэр, салайар былааска сыыйа тахсан иһэллэр. Дьон бу араҥалара сайдыыны ситиһиэн баҕарар государство сүрүн тирэҕэ буолар кыахтаахтар.
Yлэҕэ-хамнаска саҥаны арыйыы уонна олору олоххо быһаччы туһаныы сайдыыны аҕаларын туоһутун сахалар уһун үйэлээх олохторун холобуруттан булуохха сөп. Ол курдук хоту сирдэригэр төттөрү үтүрүллэн кэлэн испит сахалар төрүттэрэ сайдыбыт, тупсубут тимири уһаарыыны уонна уһаныыны соҕурууттан илдьэ кэлэннэр, сайдыыны-үүнүүнү хоту сиргэ аҕаланнар саха омук элбиирин, киэҥ сиргэ тэнийэрин үөскэппиттэр.
САХАЛАР ТӨРҮТТЭРЭ - ТИМИР УУСТАРА
Былыргы кэмҥэ саҥа омуктар үөскээн, тэнийэн бараннар суох буола симэлийэн хаалаллара элбэх буолуон сөп. Ол курдук сурук-бичик, государстволар өссө да суох кэмнэригэр ханнык омуктар хаһан үөскээ¬биттэрин уонна хайа дойдуларга олоро сылдьыбыттарын бэйэлэрин тылынан уус-уран айымньыларыттан, атын, сайдыылаах омуктар кинилэр тустарынан суруйууларыттан, сирдэр-дойдулар ааттарыттан уонна археологтар хаһан, булан үөрэтиилэринэн эрэ бигэргэтиэххэ сөп. Бэйэлэрин олохторугар экономикаҕа биллэр ситиһиилэри оҥорбут омуктар уһун үйэлээх буолууну ситиһэннэр ааттара-суоллара сир-дойду аайы киэҥник тарҕаналлар.
Саха сиригэр олохтоох омуктар тимири уһааран туһанар буолбуттара биһиги эрабыт иннинэ бэһис эбэтэр үһүс үйэлэртэн саҕаламмыт буолуон сөп диэн учуонайдар быһаараллар. (1,79). Тааһы уулларан тимири уһааран уонна тимиринэн уһанан араас сэби-сэбиргэли оҥостон туһаныы, аан маҥнай бу сүҥкэн арыйыыны, саҥаны айыыны оҥорбут омуктар олохторугар, кинилэр сайдыыны-үүнүүнү ситиһиилэригэр олус улахан оруолу ылбыта биллэр.
Сибииргэ, Алтайга олохтоох омуктар тимири уһаарыыны баһылааннар уонна онтон араас сэрии сэбин оҥостоннор Европа дойдуларын барыларын сэриилээн кыайан саҥа государстволары үөскэппиттэрин Мурад Аджи «Тюрки и мир. Сокровенная история» диэн улахан үлэтигэр дириҥник арыйар.
История докумуоннара бигэргэтэллэринэн нууччалар уон сэттис үйэ саҕаланыытыгар Саха сиригэр кэлиилэригэр толору тимир сэптээх-сэбиргэллээх уонна куйахтаах, элбэх ахсааннаах аттаах сэриилээх норуоту көрсүбүттэр. Бу норуот чулуу дьоно, тимир уустара, бэйэлэрин кэмнэригэр тимиринэн уhаныыны үрдүк таhымнаах сайдыыга таhаарбыттар. (2,76).
1646 сыллаахха Василий Пушкин диэн воевода Москваҕа ыыппыт биллэриитигэр сахалар уһааран туһанар тимирдэригэр олус үчүгэй, «то железо против лутчего неметцкого» диэн сыанабылы биэрбит.(3,29). Ол кэмҥэ сахалар тимир уустара бэйэлэрэ уhааран таhаарбыт тимирдэринэн уhанан оҥорор тэриллэрин чугастааҕы омуктарга атыылаан эргинэллэрин туhунан В.Л.Серошевскай бэйэтин «Якуты» диэн үлэтигэр бэлиэтиир. (4,368).
Саха омук олус уhун үйэлээх омук буолара кэнники кэмҥэ сыыйа дакаастанан иhэр. Кинилэр маннык уhун үйэлэниини ситиһиилэрэ олох үгүс ыарахан кэмнэригэр оҥорон таhаарар экономикалара, ол аата тимири уhаараллара уонна уhаналлара уhун үйэлэр тухары дьоҥҥо туhалыыра өссө эбиллэн иhэриттэн, хас да омуктар чугасаhан бииргэ олордохторуна, сахалар ордук сайдыылаах, кыайыылаах-хотуулаах буолан тахсаннар, биллэн-көстөн, атын омуктары баhыйан, бэйэлэригэр холбоон бараллар эбит. Ити курдук нууччалар кэлиилэригэр Илин Сибииргэ сахалар тимири уhааран уонна тимиринэн уhанан оҥорбут тэриллэринэн атын омуктары кытта эргинэри киэҥник баhылаабыт соҕотох омуктар эбиттэр. (5,117).
Сахалар олохторун былыргы кэпсээннэринэн нууччалар кэлиэхтэрин быдан иннинэ Саха сиригэр сахалары кытта хоролор бииргэ; хочолорго, үрэхтэргэ уонна алаастарга, онтон эбэҥкилэр ойуурдарга олорбуттар. Сайдыылаах тимир ууһа сахалар бииргэ олорор хоролорун лаппа баһыйан бэйэлэригэр холбоон барыларын сахалыы саҥарар саха омук оҥорбуттар, дьарыктаммыт дьарыктарын, ынах сүөһү көрүүтүн бэйэлэригэр ылыммыттар. Уон сэттис үйэҕэ нууччалар кэлэн сурукка киллэриилэригэр хоролуу саҥарар, хоробун диэн ааттанар биир да киһи суох эбит. Арай кинилэр ааттара-суоллара эрэ олоро сылдьыбыт сирдэригэр-уоттарыгар иҥэн хаалбыттара билигин да элбэхтэр.
Билигин сахалар бэйэлэрин олус былыргы төрүттэрин туhунан норуот уус-уран айымньыларыгар кэпсэнэр төрүт дьарыктарыттан, кыр-дьаҕастар ахтыыларыттан уонна итэҕэллэриттэн эрэ быhаарар кыахтаахтар. Ол курдук нууччалар, соҕурууттан аҕалыллар тимир сэптэринэн анаан-минээн хааччыйаннар, онтон коммунистар кытаанахтык ылсаннар сүүрбэһис үйэ ортотуттан саҕалаан са¬халар тимири уһанар дьарыктарын букатыннаахтык умуннаран эрэллэр.
Онон, Улуу тимир ууhа саха омук былыргы төрүтэ буоларын чуолкайдык дакаастыыр наадаҕа сахалар былыргы итэҕэллэрин уонна уус-уран айымньыларын хаттаан, саҥалыы олох сиэринэн ырытан көрөрбүт биһиэхэ маннык быһаарыылары биэрэр:
1. Сахалар итэҕэллэрэ Күнү,маҕан уоту кытта сибээстээх.
«Сах» диэн былыргы сахалар Күн таҥараларын аата эбит диэн Г.В.Ксенофонтов бэйэтин «Шаманизм и христианство» диэн үлэтигэр быhаарар. (6,245). Маннык быhаарыытын кини сахалар куруук туттар «Сах билэр» уонна «саҕар» диэн тылларыгар олоҕуран оҥорор. «Сах билэр» диэн этии тугу барытын билэр, быһаарар кыахтаах «Сах» диэн таҥара баарын биллэрэр. Итинтэн салгыы кини «Саха» диэн тылы «Сах» диэн таҥара аатыттан үөскээбит Күҥҥэ сүгүрүйэр киhи диэн быhаарар.
Ити быһаарыыга өссө киэҥник тарҕаммыт «Сах сиэтин» диэн этии баарын эбэн биэриэххэ сөп. Бу этии «Сах» уот буоларын уонна тугу барытын суох гына сиэн, ыраастаан кэбиһэрин чуолкайдык арааран бэлиэтиирин ыйыахха сөп. Итини тэҥэ «Сах» диэн уоту умат, сырдат диэн суоталааҕыттан уустар таҥараларын аата үөскээбитэ сөп.
Былыр-былыргыттан сахалар үҥэр-сүктэр таҥаралара маҕан уот-Күн буолар. Сир үрдүгэр баар уоттартан Күн уотун атылыытынан, кыымынан сандаарар кыhа уота, маҕан уот ааттанар. Сахалар итэҕэллэринэн умайа турар кыhа уотун ханнык да абааhы кыайбат-хоппот, сандаарыччы умайар кыhа уота саха дьонун абааhы аймаҕыттан араҥаччылыыр, ол иhин кинилэр кыhа уотугар сүгүрүйэллэр. Итини тэҥэ бу кыhа уотун сырдыгыттан сахалар төрүт дьарыктара, тимирдэрин уhаарыыта тутулуктанар. Саха дьоло кыhа уотугар, бу уот хайдах умайарыттан, сардаҥатыттан, үөрүү-дьол, кыайыы-хотуу, ситиhии тахсар. Ити курдук кыhа уота умайан сандааран, аламай маҕан Күн таҥараҕа кубулуйан билигин даҕаны саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьар. (7,67).
Саха дьоно уоттан ордук улахан тутулуктаахтарын бэлиэтинэн кинилэр ханна да сырыттахтарына уокка ас бэрсэн аhаталлара буолар, уот иччититтэн көмө-тирэх көрдүүллэрэ, бу бэлиэ, сахалар уоту ураты ытыктыылларын бэлиэтинэн ааҕыллар. Сах диэн сахалар уот таҥараларын аата.
Сахалар итэҕэллэринэн Аарыма Улуу ойуун - бу улуу Уус, тимир ууhа буолар. Кинини эмиэ ойуун курдук ханнык да абааhылар аймахтара кыайбаттар, кыhа уотун сардаҥата, уус чуолҕаннаах тимирэ харыстыылларыттан бары, куһаҕан санаалаахтар тэйэн биэрэллэр.
Итэҕэлтэн төрүттээх, тутулуктаах, соҕотох бу быhаарыы былыргы сахалар төрүттэрин сүрүн дьарыктарынан тимири уhаарыы уонна тимиринэн уhаныы буоларын халбаннаабат гына дакаастыыр. Ол курдук оччотооҕу кэмҥэ умайан кытыастар оһоххо кутуллубут таастан убаҕас тимири уулларан таhаарыы, атын билбэт, үөрэҕэ суох дьон өйдөрүгэр-санааларыгар ураты күүhүнэн, ойуун абылааһынынан оҥоhулларын курдук өйдөбүлү хаалларара чуолкай. Ол иһин тимир уһаарааччы уус улахан ап¬таах, хомуһуннаах ойууҥҥа тэҥнэнэр. (8,49).
Ойуун кыырарыгар кэтэр таҥаһа ураты тигиилээх, оҥоруулаах тирии таҥас буолар. Бу таҥас анаан-минээн оҥоруллубут тимир тэриллэрдээх, араас чуорааннарынан киэргэтиллэр. Улахан ойуун толору таҥаһа үс буут ыйааһыннаах тимир оҥоруулардаах. (9,312).
Ойуун ити таҥаһын тимир киэргэллэрэ былыргы ойуун бэйэтэ тимир ууһа буоларын кэрэһилээн көрдөрөллөр. Итиннэ эбии ойуун дүҥүрэ быарык диэн тутарга аналлаах улахан тимир кэриэстээх. Ойуун бу кэриэстэн тута сылдьан дүҥүрүн эргитэн иһигэр туох баарын көрөөччүлэргэ үгүстүк көрдөрөрүттэн кэриэс тимир эмиэ итэҕэл бэлиэтигэр кубулуйбут.
Былыргы сахалар атын омуктартан уратыларын туоһулуур бэлиэлэрдээхтэр. Бухатыырдара түөстэригэр иилинэр төгүрүк тимир куйахтара, ойууннарын таҥаһыгар тигиллэр төгүрүк тимирдэрэ күн диэн ааттаналлар. Дьахталлар түүлээх бэргэһэлэрин иннигэр күн диэн ааттаах үрүҥ көмүстэн оҥоруллубут төгүрүгү иилинэллэрэ. (10,111). Итини тэҥэ дьахталлар түөстэригэр кэтэр симэхтэрин үрүҥ көмүстэн оҥоруллубут төгүрүгэ эмиэ күн диэн ааттанар. Ити бэлиэлэр барылара сахалар Күн дьоно буолалларын бигэргэтэллэр.
Саха дьахталлара былыргы кэмнэргэ эр дьону кытта тэҥҥэ сэриилэһэ, куйах кэтэ сылдьыбыттарыгар сөп. Бу быһаарыыны туоһулуур көстүүнэн саха дьахталларын түөскэ кэтэр илин кэбиһэр уонна көхсүгэ кэтиллэр кэлин кэбиһэр симэхтэрэ буолар. Бу симэхтэр оҥоруулара былыргы бухатыырдар тириигэ тигиллибит кэтэн кэбиһиллэр чыллырыыт куйахтарыгар маарынныыр. Дьахталлар симэхтэригэр баар күннэрэ уонна бухатыырдар куйахтарын күнэ биир суолталаахтара биһиги быһаарыыбыт табатын чуолкайдыыллар. Билиҥҥи саха дьахталларын кэтэр киэргэллэрэ былыргы сэрииһит тимир куйаҕа тупсарыллан, кыччатыллан, киэргэтиллэн оҥоруллубута буолар.
2. Сахалар сүдү тылынан уус-уран айымньылара-улуу олоҥхолоро саталлаах тимир ууhа бэйэтэ уhанан оҥорбут саҥа сэриитин сэбин уонна бухатыыры көмүскүүр аналлаах дуулаҕа куйаҕын уруйдаан-айхаллаан, ыллаан-туойан туспа дьон истиилэригэр - билиилэригэр тириэрдэр ньымата буолар. Олоҥхоҕо туойуллар бухатыыр аатырбыт тимир Ууhа уhанан оҥорбут дуулаҕа куйаҕын кэтэн, үҥүүтүнэн-батыйатынан сэбилэнэн, анарааҥҥы, туспа уус оҥорбут куйаҕын кэппит, сэби¬нэн сэбилэммит туора омук бухатыырын кыайыыта, бу Уус оҥорбут тимир сэбэ-сэбиргэлэ ордук үчүгэйин, бөҕөтүн-таҕатын, сытыытын чуолкайдык дакаастаан көрдөрөр. Кыайбыт бухатыыр аатын кытта кини куйаҕын уонна сэриилэhэр сэбин уhанан оҥорбут тимир Ууhун аата ахтыллара олоҥхоҕо Уус бас¬такы миэстэни ыларын көрдөрөр. Ол аата, Уус бэйэтэ уhанан оҥорбут тэриллэринэн туhанан, кини бухатыыра кыайыыны ситиhиитин атын дьоҥҥо уустаан-ураннаан кэпсиирэ олоҥхо буолан сылдьар.
Онон, сахалар улуу олоҥхолоро, бу аатырар тимир Ууhа бэйэтэ уhааран таhаарбыт тимиринэн уhанан оҥорбут дуулаҕа куйаҕын уонна сэриилэhэр сэбин уруйдаан-айхаллаан хайгыырын бар дьонун истиитигэр-билиилэригэр таhаарар ньымата буолара быһаарыллар.
Маннык этиини чуолкайдыыр наадаҕа сахалар саамай сөбүлүүр суруйааччылара уонна сирдьиттэрэ П.А.Ойуунускай үгүс олоҥхоhуттартан истэн, хомуйан сурукка киллэрбит аатырар «Дьурулуйар Ньургун Боотур» диэн олоҥхотун ыламмыт саҥалыы ырытан көрүөхпүт.
Олоҥхо киириитигэр кэпсэнэринэн урааҥхай-саха өссө үөскүөн иннинэ улуу тимир ууһа Күөттээни баар буолбут. Кини тимиринэн уһанан сэрии сэбин оҥорон отут биэс биис ууһун барыларын хааччыйбыт.(11,14). Олоҥхоҕо кэпсэнэр Улуу Уус Бахсылааны Ньургун Боотур бухатыыр сэриигэ туттар тэриллэрин кытта куйаҕын уhанан оҥорор. (11,86-89). Кини оҥорбут куйаҕын кэтэн уонна сэриитин сэбинэн туhанан Улуу бухатыыр Ньургун Боотур атын уустар уһанан оҥорон сэбилээбит бухатыырдарын барыларын кыайар. Итинэн, олоҥхоҕо кэпсэнэр бары геройдары барыларын салайааччы уонна баhылааччы, бастаан иһээччи тимир Ууhа буолара чуолкайданан тахсар.
Бу быhаарыыны өссө чуолкайдыырга «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхоҕо кэпсэнэр Улуу Уус оннооҕор бухатыыры бэйэтин уларытан ти¬мир үҥүүгэ кубулутан оҥорорун бэлиэтиэххэ наада. Онон, олоҥхо диэн сахалар тимир уустара бэйэлэрин хайҕанар уонна арбанар уус-уран тойуктара буолара быhаарыллар. Олох салгыы сайдан истэҕинэ олоҥхоҕо тимир ууһун ырыатын кэнниттэн сылгы, ынах сүөһүлээх дьон тойуктара уонна олохторун кэпсээннэрэ салҕанан эбиллэн бэриллибиттэр.
Олоҥхоҕо сылгы, ынах көрүүтүгэр үлэлиир дьон үлэһит, ылгын уолаттар курдук кэпсэнэллэр. Үлэни итинник аттаран туруоруу, оччо-тооҕу кэмҥэ саха дьонун сүрүн дьарыктара тимири уһаныы буоларын арааран бэлиэтиир уонна тимир ууһа баһылаан иһэрин, барыларын салайарын быһаарар.
3. Уус диэн тыл бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан үөскээн тахсан иhэр хас даҕаны суолталарын быhаарыылара, бу тыл саха омук бастакы төрүтэ уус киһи буоларын чуолкайдык көрдөрөр. (12,35).
Уус - диэн тыл саха омук төрүт тыла. Бу тыл быhаарыыта сахаларга ураты дириҥ суолталаах. Ол курдук олус былыргы кэмҥэ бу уус диэн тыл аан маҥнайгы суолтатынан биир киhини, тимир, көмүc уонна мас ууhун атын дьонтон туспа арааран бэлиэтээн көрдөрөр эбит уонна сатабыллаах, кыайар-хотор үлэһит киhи диэн эбии өйдөбүллээн биэрэр.
Мантан салгыы бу соҕотох уус киhи кэргэннэнэн аймах-билэ дьону үөскэттэҕинэ, аны уус диэн тыл хаан-уруу аймах, бөлөх дьону көрдөрөр буолар. Онтон хаан-уруу аймахтар өссө элбээннэр киэҥ, улуу аймах-дьон буоллахтарына уонна чугастааҕы уустартан үрдээтэхтэринэ улуу уус дьоно диэн ааттаналлар. Кинилэр олорор, үлэлиир уонна баhылаабыт сирдэрэ-уоттара улуу уус сирэ диэн ааттанар.
Кэнники кэмҥэ улуу уус диэн тыллар холбоhон кылгаабыттара улуус диэн тыл буолан билигин туттулла сылдьар уонна саха дьоно уустар¬тан төрүттээхтэрин кэрэhилээн көрдөрөр. (5,22).
Сахалар сорох төрүттэрэ Байкал күөл кытыытыгар курыканнары кытта бииргэ иккис үйэт¬тэн саҕалаан ахсыс үйэ бүтүүтүгэр диэри олорбуттар эбит. Сахалар уустара бу кэмнээҕи олохторун академик А.П.Окладников бэйэтин үлэлэригэр толору үөрэтэн дакаастаабыта. Кини быhаарыытынан сахалар төрүттэрэ бу сиргэ олороннор ордук тимири уhаарыынан уонна уhаныынан дьарык¬таммыттар. (2,71). Кэлин атын омуктарга баһыттаран, үтүрүллэн, бу хоту сирдэригэр төннөн кэлэн олохсуйбуттар.
4. Саха сиригэр бэлиэ сирдэр уустарга сыhыаннаах ааттарынан ааттаммыттара элбэхтик биллэллэр. Ол курдук Уус Күөлэ, Көмөрдөөх, Уус алааhа, Уус уҥуоҕа уонна да атын ааттардаах сирдэр бааллар. (13,141). Сири-дойдуну уустар ааттарынан ааттааһын тимир уустара саха дьонугар ураты ытыктанар уонна биллэр дьон буолалларын билигин даҕаны бэлиэтии сылдьаллар.
5. Сахалар былыргы үhүйээн кэпсээннэригэр тимир уустара ордук элбэхтик ахтыллаллар уонна саҥа сирдэргэ тиийэн олохсуйууга бас-таан иhээччи эбэтэр салайааччы эбиттэр. Кинилэр киэҥ сири-дойдуну сахалар баhылыылларыгар саҥа тимир туттар тэриллэри оҥорон дьоҥҥо тарҕаталлара улахан оруолу ылбыт.(12,276).
Итини тэҥэ сахалар былыргы кэпсээннэригэр ахтыллар тимир уус-тара, атын туох да туспа дьарыга суох, ол аата булдунан эбэтэр сүөhү иитиитинэн дьарыктаммакка эрэ, куруук тимири уhаараллар уонна уһаналлар эбит. Бэйэлэрэ оҥорбут тэриллэрин тула олорор дьоҥҥо атыылааhынынан уонна эргиниинэн ииттинэн олорор аҕа уустара элбэхтэрин В.Серошевскай бэлиэтээбит. (4,366). Ол аата саха уустара оччотооҕу кэмнэртэн ыла тимири уһаарыыны уонна уһаныыны туспа үлэ көрүҥэр арааран дьарыктаналлара үлэлэри билиҥҥи курдук идэлэринэн көрөн араарыыларга сөп түбэһэр.
6. Саха дьоно бэйэлэрэ уhааран, уhанан оҥорбут тимир сэптэригэр-сэбиргэллэригэр ытыктабыллара уонна тапталлара ордук ааспыт үйэҕэ олорбут дьоҥҥо иҥэн сылдьыбыт. Кинилэр бэйэлэрин үйэлэригэр, олохторугар-дьаhахтарыгар туттубут бары тэриллэрин олохтоох уустара оҥорбуттарын, кэлии тимир оҥоруулары кытта тэҥнээн, сыаналаан көрөр кыахтаах эбиттэр. Ол курдук соҕурууттан аҕалыллыбыт тимир таҕаан сотору кэминэн уокка умайан атаҕа туллан түһэр буоллаҕына, саха ууһа оҥорбут таҕаана хаһаайка үйэтин ааһан кэлэр көлүөнэлэригэр тиийэ бэриллэр кыахтаах бөҕө эбит. Саха уустара оҥорбут тэриллэрин олохтоохтор уура сылдьан өр кэмҥэ туhаммыттара биллэр. Сүүрбэhис үйэ саҕаланыытыттан ортотугар тиийэ кэмҥэ соҕурууттан кэлэр тимир маллар ордук элбээннэр уонна тупсаннар саха уустарын оҥоруулара сыыйа үтүрүттэрэн, дьон туhаналлара лаппа аҕыйаан барбыттар.
Төһө да тула өттүттэн үтүрүйдэллэр саха дьоно былыр-былыргыттан бэйэлэрэ оҥорор тимир оҥорууларыгар тапталлара, олору олустук сыаналыыллара бэйэлэрэ оҥорон туhанар быhахтарыгар билигин даҕаны иҥэн сылдьар. Саха киhитэ тимир ууhа охсубут үчүгэй быhаҕа суох буоллаҕына, туоҕа эрэ суох, итэҕэс курдук сананара хаала илик.
7. Сахалар тимири уһаарар уонна уһанар дьарыктарын туһунан суруйуулар урукку кэмҥэ соччо биһирэммэттэр этэ. Революция инни-нээҕи сахалар ити дьарыктарын суруйааччылар Р.Маак уонна В.Серошевскай толору үөрэппиттэрэ. Кинилэр оччотооҕу кэмҥэ саха уустара ханна төһө тимири уһааралларын уонна ол тимиртэн тугу уһанан оҥороллорун барытын ааҕан-суоттаан бэлиэтээбиттэр. Ол курдук Бүлүү эҥэргэ тимири уһаарыынан Марха уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар олорор 217 киһи дьарыктанар эбиттэр. Кинилэр 1860 сыллаахха 840 буут тимири уһааран таһаарбыттар. Онтон ити кэмҥэ Илин Хаҥалас улууһугар Хачыкаат уонна Дьөппөн нэһилиэктэрин олохтоохторо 2000 буут тимири уһаарбыттар. Бу тимирдэринэн уустар Саха сирин олохтоохторо барылара туттар тимир тэриллэрин, тоһоҕотуттан улахан иэччэхтэригэр диэри уһанан оҥорбуттар. Ити кэмҥэ улахан уустар оннооҕор нарезтаах бинтиэпкэ саалары бэйэлэрэ оҥорон атыыга таһаараллара биллэр. (14,373).
Бу тимири уһаарыынан уонна уһаныынан дьарыктанар үлэһиттэрдээх нэһилиэктэр сахалар былыр-былыргыттан мунньустан олохсуйбут түөлбэлэринэн, тимири уһаарар, уһанар кииннэринэн эбиттэр. Бу нэһилиэктэртэн саҕалаан сахалар киэҥ сиргэ тэнийэн барбыттар уонна бэйэлэрин тимиртэн уһанан оҥорууларын Саха сирин бүтүннүүтүн үрдүнэн тарҕатаннар, кэлин барыларын баһылаабыттар.
Олох сайдан истэҕинэ соҕуруу дойдулары кытта сибээс улаатан, улахан фабрикалар оҥорор тимир тэриллэригэр сыыйа баһытта¬ран барбыттарын да иһин саха уустара тимири уһааралларын уонна уһаналларын революция буолуор диэри бырахпатахтар. Оччотооҕу дьиикэй ырыынак усулуобуйатыгар оҥорон таһаарар тимир оҥорууларын хаачыстыбалара үчүгэйэ бэрт буолан уонна олохтоохтор өйөбүллэри¬нэн туһанан итинник өр кэмҥэ үлэлээбиттэр.
Бу мөлтөһүөр сайдыылаах былыргыттан туһаныллыбыт дьарыгы саха дьонун өйдөрүттэн кэнники кэмҥэ букатыннаахтык сүтэрэн эрэллэр. Кырдьык, коммунистар партиялара баһылаан ыытар политикатыгар кыра омук дьоно туспа оҥорон таһаарар дьарыктаахтара букатын табыллыбат суол этэ. Саха дьонун мөлтөтүүгэ биир сүрүн сыалларын, кинилэртэн оҥорон таһаарар сүрүн дьарыктарын былдьааһыны коммунистар ситиспиттэрэ, тимири уһааралларын уонна уһаналларын тохтоппуттара. Саха сирин олохтоохторун барыларын соҕурууттан аҕалыллар тимир малларынан хааччыйаннар уонна аҥардастыы сылгы, ынах көрүүтүн эрэ хааллараннар, сахалар тимири уһааралларын уонна уһаналларын букатын да умуннара сатаабыттара.
Итинэн, дакаастабылларбытын түмэн быhаардахпытына сахалар үҥэр-сүктэр таҥаралара маҕан Күн буолара быһаарыллар. Бу маҕан Күн сирдээҕи атылыылара, кыhа уонна оhох уоттара сахалар сүгүрүйэр уонна ытыктыыр итэҕэллэрин бэлиэлэригэр киирсэллэр. Онтон сахалар улуу ойууннара улуу уус бэйэтинэн, үлэ киһитэ буолар. Ити курдук былыргы сахалар биир баһылыыр төрүттэрэ тимир уустара буолаллара саарбаҕа суохтук дакаастанар.
Сахалар Илин Сибииргэ тарҕаналларыгар тимир сэби-сэбиргэли оҥорон олохтоох дьоҥҥо тарҕатаннар, сайдыыны, олох иннин диэки хамсааһынын ситиспиттэр. Оччотооҕу кэмнэргэ сахалар тимири уhаарары уонна тимиртэн уhанан дьоҥҥо наадалааҕы барытын оҥорору баhылааннар атын омуктарга үүнүүнү-сайдыыны аҕалар омук эбиттэр. Ол иhин үгүс кыра омуктар кинилэр диэки буолбуттар, итэҕэллэрин ылыммыттар уонна тылларын үөрэппиттэр. Ити курдук былыргы саха дьоно маҥнайгы промышленность төрүтүн бастакынан баhылаан Илин Сибииргэ тарҕатааччы эбиттэр, бэйэлэрэ оҥорон таһаарар тимир тэриллэринэн эргинэн атыыны-эргиэни тэниппиттэр уонна киэҥ сири-дойдуну баһылаабыттар.
Тааһы уулларан тимири уһааран уонна тимиринэн уһанан араас сэби-сэбиргэли оҥостон туһаныы, аан маҥнай бу сүҥкэн арыйыыны оҥорбут омуктар олохторугар, кинилэр сайдыыны-үүнүүнү ситиһиилэригэр олус улахан оруолу ылбыта биллэр. Сахалар кэлин 2,5 тыһыынча сыллааҕыта улуу арыйыылары оҥороннор тимири уһаарыыны уонна уһаныыны олоххо киллэрэннэр, сайдыылара салҕанан барбыт, саҥаны арыйыыларын ситиһиилээхтик туһананнар киэҥ сирдэри баһылаабыттар.
Дьулуруйар Ньургун Боотур олоҥхого ахтыллар үс уус төрдө Кытай Бахсылааны оҕонньор - тимир ууһа. Бу тимир уустарын төрдө буолбут оҕонньор аата икки тус-туспа, билигин баар аҕа уустарын ааттара холбоспуттарыттан үөскээбитэ туспа быһаарыыга наадыйар. Олус уһун үйэлээх саха омук олоҕуттан холобур ыллахха, омуктар маннык холбуу ааттаныылара өр кэмҥэ бииргэ олорон холбоһууларыттан, буккуллубут хааннаах саҥа омук сайдан, үүнэн тахсыытыттын үөскүүр. Урааҥхай саха диэн холбуу ааттаах омук саха уонна урааҥхай омуктар холбоһууларыттан үөскээн саха сирин хоту өттүгэр, Бүлүүгэ тиийэ олоро сылдьыбыттарын туһунан Г.В.Ксенофонтов эмиэ суруйбута.
Бахсы уустара кытайдар сирдэригэр олорбут кэмнэригэр тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылаабыттарын олоҥхоҕо ахтыллар Кытай Бахсылааны уус аата туоһулуур. Итини тэҥэ бу бииргэ олоруу түмүгэр холбуу ааттаах бааһынай омук үөскээн салгыы сайдыбытын бу уус холбуу аата эмиэ быһаарар.
Бахсы диэн олус былыргы төрүттээх тыл сахаларга киэҥник тарҕаммыт. Yрдүк халлааҥҥа Кытай Бахсы диэн уус төрдө баара биллэр. Урукку кэмҥэ «Бакши» диэн түүр-монгол тылларыгар учууталы, итэҕэли тарҕатааччыны ааттыыллара. (15,8).
Омоҕой Баай дьонугар Туймаада хочотугар олохтоох Баатылылар, Баҕарахтар, Тулагылар, Бахсылар, Байаҕантайдар киирсэллэр. Саха сиригэр Омоҕой Баай олохсуйан олордоҕуна кэнники кэлбит Эллэй Боотур тимир, мас ууһа эбит. Омоҕой Баай ууһа, Түөнэ Моҕуол диэн, син сылгы-ынах иһитин оҥорооччу буолан баран, Эллэй Боотурга тиийбэт уус этэ диэн былыргы кэпсээннэргэ ахтылларын туһунан Сэһэн Боло суруйан хаалларбыта биллэр.
Бахсы уустара Эллэй дьоно хаҥаластар кэлэн үтүрүйүөхтэригэр диэри Туймаада хочотугар тимири уһаарааччылар олохторугар олорбуттар. Олус былыргы тимири уһаарааччылар, бахсылар, соҕуруу дойдуларга тэлэһийэн саҥаны арыйан, туһаҕа таһааран, сайдыыны ситиһэн иһээччилэргэ баһыттаран, хаҥаластар кэлбиттэрин кэннэ үтүрүллэн, сыҕарыйан биэрбиттэр.
Бахсылар аҕаларын ууһун дьоно билигин даҕаны Саха сиригэр Мэҥэ уонна Чурапчы улуустарын кытыытыгар олороллор. Олус былыргы дьарыктарын умнубуттарын да иһин ааттара-суоллара Улуу тимир ууһун Кытай Бахсылааны аатыгар кубулуйан үйэлэргэ умнуллубат. Итини тэҥэ Бахсы уустара тимири уһааран уонна уһанан саҥаны арыйбыт, айыыны элбэхтик оҥорбут улуу ааттарын-суоларын Бахсы Айыытын аата эмиэ харыстыыр, үйэ-саас тухары умнуллубат, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр оҥорор.
Саха – уус. Сах таҥаралаах тимир ууһа – саха киһитэ. Саха омук тимири уһааран уонна тимиринэн уһанан дьоҥҥо, хайа да омук дьонугар, олус туһалаах дьыаланы оҥороруттан быстыбат уһун үйэлэммит. Тымныы сиргэ олохтоох омуктарга саха омук тимири уһаарар уонна уһанар дьарыга бастаан иһэр, олус туһалаах дьарык. Тимир сэбэ-сэбиргэлэ суох олус тымныылаах Саха сиригэр тыыннаах буолуу уустугурар. Ол иһин олохтоох кыра омуктар саха буола уларыйыылара олус түргэнник барбытыгар сөп.
Билигин сахалар хууннары кытта бииргэ олорбуттара уонна хууннар сахалыы саҥараллара остуоруйа үөрэхтээхтэринэн дакаастана сылдьар. Тимир ууһа дьарыктаах сахалар сэриитимсийбит хууннарга олус туһалаах дьыаланы, сэрии сэбин оҥороннор уһун үйэлэргэ бииргэ сылдьыбыттар.
Монголлар саҥа сайдан, үүнэн тахсыыларыгар сахалары кытта Амурга бииргэ олорбуттарын монгол тылыгар элбэх саха тыла киирэ сылдьара дакаастыыр. Ол курдук монголлар дойдуларын эмиэ сахалар курдук улуу уустарынан, улуустарынан арааралларын сурукка киллэрбиттэрэ. Хатарыылаах саабыланы, куйаҕы уонна оҕу монголлар кыайыылаах сэриилэригэр саха уустара оҥорон, уһанан биэрбиттэрэ диэн этиибитин сотору кэминэн үөрэхтээхтэр дакаастыахтарын сөп. Бу саҥа сэрии сэптэрин монголлар киэҥник туһананнар улуу кыайыылары ситиспиттэрин, билигин монголлары намтата сатааннар Европаҕа, ол аата наукаҕа билиммэккэ сылдьаллар.
Оччотооҕу кэмҥэ сахалары монголлар улаханнык ытыктыылларын бэлиэтинэн сэриилээн арҕаа диэки баран иһэннэр Байкал күөл кытыытыттан хоту көспүттэрэ быданнаабыт сахалар тобохторун булан Амур өрүскэ көһөрүүлэрэ ааҕыллыан сөп. Ол кэмҥэ монголлар бииргэ олорор сахалара Амур өрүскэ олохтоохторун иһин аймахтарын булан онно көһөрбүттэр. Байкал кытыытыттан булбут сахаларын Амурга көһөрөн илдьэн былыргы төрүттэрин кытта холбообуттар. Бу быһаарыы Л.Н.Гумилев оҥорбут орто үйэлэргэ омуктар олохсуйууларын картатыгар сөп түбэһэр. Онно баай аҕа уустара – байаҕантайдар олорбут сирдэрэ Амур биэрэктэринэн ойууланан көрдөрүллэр.
А.П.Окладников эрдэтээҕи үлэлэригэр Саха сиригэр тимири уһаарыыны Байкал күөл аттыгар олорбут биистэр аҕалбыттар диэбит эбит буоллаҕына, ол көрүүтүн 60-с сыллардаахтан уларытан тимири уһаарыыны Амуртан аҕалбыттарыгар сөп диэн этэр. (16,40-41).
И.В.Константинов Усть-Миллээҕи хаһыыларга көстүбүт тимир тэриллэр Амур өрүс аттыгар көстүбүттэргэ маарынныылларын быһаарар. Саха сиригэр тимиртэн оҥоруллубут туттар тэриллэр хаһан оҥоруллубуттарын радиоуглероднай ньыманы туһанан быһаардахха биһиги эрэбит иннинэ иккис үйэттэн биэс сүүс сыллардаахха диэри кэмҥэ эбит. (17,97).
Сахалар уустара ханнык баҕарар омуктары кытта бииргэ олордохторуна сүрүн дьарыктара дьоҥҥо ордук туһалааҕыттан улаханнык ытыктанар эбиттэр. Ол иһин нууччалар маҥнай кэлиилэригэр элбэх чинчийэр үлэлэригэр, хараабылларын туталларыгар туттуллар тимирдэрин барыларын уһанан оҥорбуттарын таһынан, Амур өрүс эҥэригэр буолуталаабыт элбэх сэриилэргэ казактар сахалар куйахтарын кэтэн киирсэллэр эбит.
Онон орто үйэлэр кэмнэригэр саха омук тимири уһаарар уонна уһанар дьарыгы баһылаан, дьоҥҥо барыларыгар олус туһалаах тэриллэри, маллары, сэптэри оҥорон олус уһун үйэлэммит. Ол аата омук салгыы сайдан иһэригэр, атын омуктары бэйэтигэр холбууругар, уһун үйэлэнэригэр олоххо ордук улахан туһалаах дьарыгынан дьарыктанара, үлэни-хамнаһы кыайара, атыттары үөрэтэрэ улахан оруолу ылара дакаастанар.
Биhиги сахалар уhун кэмҥэ атын омук батталыгар, көрүүтүгэр-истиитигэр олороммут Улуу Уус өбүгэлэрбитинэн киэн туттарбытын умуннаран кэбиhэ сыстылар. Былыргы охсуhуулаах-өлөрсүүлээх үйэлэргэ үтүө тимир уустарбыт, аатырар бухатыырдарбыт көрөн-харайан көмүскээннэр баччаҕа тиийэн кэлэн олордохпут. Кинилэр суохтара эбитэ буоллар арааhынай «сараһыннар», «илээттэр», «кыргыстар», «буруттар» биhиги өбүгэлэрбитин былыр үйэҕэ сурахтара да суох гына оҥорон, «тыал буолбуттарга» кыттыһыннарбыттара ырааппыт буолуо этэ.
Билигин сахалар улаханнык ытыктыыр уонна киэн туттар өбүгэлэрбитин кэриэстиэҕиҥ уонна кинилэр курдук үлэлээн-хамсаан саҥа олоҕу, промышленность үйэтин Сахабыт сиригэр сайыннарарга бары күүспүтүн уурарга кыһанарбытыгар сөп буолла.
ЭННЬЭ уонна ХАЛЫЫМ
Саха дьоно, Айылҕаттан аналларын быһыытынан, Сир үрдүгэр, Орто дойдуга кылгас кэмҥэ олорон ааһалларыгар, бэйэлэрин утумнааччылары төрөтөннөр уонна иитэннэр-үөрэтэннэр, сирдээҕи олохторугар ситиспит ситиһиилэрэ салҕанан баран иһиэхтэрин баҕараллар, олохторун сыала оҥостоллор.
Былыргы саха дьоно саҥа ыалы, урууну тэрийиигэ олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһалларын остуоруйа кэпсээннэриттэн билэ¬бит. Кинилэр төһө эмэ эрдэттэн быһааран, тэринэн, элбэхтик кэпсэтэн уонна сүбэлэһэн, урууну олохтоохтук тэрийэллэр эбит. Бу киһи олоҕор буолан ааһар биир ураты суолталаах түгэҥҥэ кыттыгастаах өрүттэр бары кыахтарын уонна баайдарын холбооннор бэйэлэрин үтүө баҕа са¬нааларын олоххо киллэрээри дьулуһаллар.
Сахалар уһун үйэлэргэ олохторун уопутуттан үөрэх ылынаннар, уруу тэрийиитигэр аналлаах олохсуйбут үгэстэрдээхтэр. Ол үгэстэргэ аан бастакынан энньэ уонна халыым киирсэллэр.
Саха дьоно былыр-былыргыттан туох барыта икки өрүттээҕин арааран билэн олохторугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар туһана сылдьыбыттарын энньэни уонна халыымы дириҥник быһаарыы дакаастыыр. Ол курдук таптал ордук эт-сиин баҕа санаатыттан тутулуктанар буоллаҕына, баай-мал, энньэ уонна халыым быһаччы өйтөн-санааттан эрэ тутулуктаахтар. Өй-санаа эбиллэн, үлэ-хамнас тупсан иһиититтэн баай-мал мунньуллан, эбиллэн иһэр. Бу икки тутулуктар; таптал уонна баай-мал бииргэ холбостохторуна, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон биэрдэхтэринэ бигэ олохтоох саҥа ыал үөскүүр, тэриллэр кыахтанар.
Аан маҥнай таптал абылаҥар ылларбыт эдэрдэр өбүгэлэр, төрүттэр, баай-мал, олох олоруу тустарынан санааларыгар да оҕустаран көрбөттөрүн «Таптаатым да тайахтаахха тахсыам» эбэтэр «Сөбүлээтим да сүгэһэрдээххэ сүктүөм» диэн дьахталлар этиилэрэ быһаарар. Аҥардастыы таптал абылаҥар ылларыы дьиҥ олоххо соччо туһаны аҕалбатын бу этиилэр аҥар эрэ өрүттэрэ туһалааҕа биллэрэр. Ол курдук аҥардас тайахтаах эрэ киһи аныгы дьахтары көрөр-харайар, оҕолорун иитэр-улаатынарар, үөрэттэрэр кыаҕа аҕыйах буолара ханнык да саарбаҕа суох. Эдэрдэр уһуну-киэҥи саныылларыгар, быстах санааларыгар баһыттаран барбаттарын туһугар ыал буолуу, олох олоруу туһунан эбиискэ билиини-көрүүнү ылыналлара, иҥэринэллэрэ наадалаах, аҥардастыы үчүгэй дьүһүҥҥэ умсугуйуу олоххо соччо туһата суоҕун арааран билэллэрэ эрэйиллэр. Манна кэлэн ыал буолуу, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии эмиэ икки өрүттээҕэ арыллар. Ыал буолуу икки өрүттээх тутулуктааҕын былыргы сахалар арааран билэн олохторугар энньэни уонна халыымы киэҥник туһана сылдьыбыттара бигэргэтэр.
Урукку ыраахтааҕы кэмин, ырыынак үйэтин саҕана энньэтэ уонна халыыма суох быстар дьадаҥы дьон эрэ холбоһоллор этэ. Ол иһин кинилэр бэйэ-бэйэлэрин иннилэригэр баай-мал өттүнэн улахан эбээһинэстэрэ суох холбоһоллоро уонна төрөтөр оҕолорун хаа-чыстыбаларыгар, эттэрин-сииннэрин, өйдөрүн-санааларын туругар, син-биир дьадаҥылар, хамначчыттар буолуохтара диэн, оннук улахан оруолу уурбаттар эбит.
Оччотооҕу кэмнэргэ бары кыыс оҕолоох ыаллар, кыыстара улааттаҕына мааны бэйэлээх баай ыал хотуна буолан олоруон баҕараллара, ол иһин дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах үөрэҕи барытын баһылыырын ситиһэллэрэ уонна ордук ийэ буолар кыаҕын харыстааннар, сиэр-майгы үөрэҕин тутуһарын, кыахтара баарынан хааччыйаллар этэ.
Былыргы кэмнэргэ эр-ойох буолууга сахалар «Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй»,- диэн өс хоһоонун таба өйдүүр эрдэхтэринэ олохторугар кытаанахтык тутуһаллар эбит. Оччотооҕу кэмҥэ дьон бары тоҕус көлүөнэҕэ диэри хаан аймахтарын билэн, чугас аймаҕынан ааҕан билсиһэллэр, сылдьыһаллар эбит. Өссө үгүстэр ыраах аймахтарын уон икки көлүөнэҕэ диэри билэллэрэ былыргы кэпсээннэргэ ахтыллаллар.
Саха дьоно урукку кэмнэргэ аймах-хаан дьон сайдан, элбээн иһиилэригэр холбоһор уоллаах кыыс киһилии хаачыстыбалара сөп түбэһэллэригэр улаханнык кыһаналларын биллэрэллэр. Ол инниттэн төһө эмэ эрдэттэн эргэ барар кыыс уонна кини энньэтэ бэлэмнэнэр уонна дьон билиитигэр таһаарыллар. Бу быһыы эргэ тахсар кыыска бары; өй-санаа уонна баай-мал өттүнэн тэҥнээх күтүөт уол көстөрүгэр эрдэттэн олук ууран бэлэмнииргэ аналланар.
Ыал буолар оҕолор аймахтарын төрүччүлэрин ыраахха диэри үөрэтиини оҕолор төрөппүттэрэ баһылаан-көһүлээн салайаллара. Былыргы кэмнэргэ төрүттэрин таланнар уонна «Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй» диэн өс хоһоонунан салайтаран кэлэр көлүөнэлэрэ үчүгэй доруобуйалаах, үлэһит, уус төрүттээх буолууларын эрдэттэн хааччыйаллар эбит.
Дьон баайы-малы үгүс сылларга илиилэрин араарбакка, түүннэри-күннэри баран-кэлэн, утуйбакка-олорбокко үлэлээн-хамсаан сыыйа мунньуналлар. Аны туран кыра да баайы, сөптөөҕүн көрөн тутуннахха уонна көрөн-харайан харыстаатахха, ыскайдаабатахха эрэ иҥэн-сүтэн, симэлийэн хаалбакка мунньуллан туһалыыр. Ити иһин уһуннук үлэлээн тугу эмэни мунньунан, оҕолоругар ордорон, кэннилэригэр хаалларар буолбут дьон, кэлэр көлүөнэлэригэр, оҕолоругар туруорар көрдөбүллэрэ лаппа үрдээн, кытаатан иһэр.
Бу үрдээн, кытаатан иһэр көрдөбүллэрин кэлэр көлүөнэлэрэ толорор кыахтаналларын туһугар кинилэр аан маҥнай ыал буолуохтаах оҕолор киһилии үчүгэй хаачыстыбаларын быһаарарга кыһаналлар. Ити иһин, саха дьоно саҥа ыалы, урууну тэрийиилэригэр кэлэр көлүөнэлэрин киһилии хаачыстыбаларын, кэргэннии буолар оҕолор төрүччүлэрин ыраахха диэри үөрэтэн көрөн сыаналыыллар. Ити сыанабылга саҥа аймахтар төһө үлэһиттэрэ, тугу ситиспиттэрэ уонна майгылара-сигилилэрэ хайдаҕа барыта ыраас мууска ууруллан сыаналанар.
Саха дьоно быһааралларынан кэргэн буолуу эбэтэр уруу тэрийии диэн икки суол тус-туспа өйдөбүллээх. Ити икки өйдөбүллэри бииргэ холбоотоххо эрэ кэргэн буолуу уһун үйэлээх уонна ордук эрэллээх буолар. Бу өйдөбүллэртэн бастакыта, ол аата, уол уонна кыыс бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһиилэрэ, тапталлара буолар, онтон иккиһинэн, саҥа ыалы, хаһаайыстыбаны, дьиэни-уоту тэриниилэрэ, баайдара-маллара эбиискэ, иккис көрдөбүлүнэн киирсэр. Маннык тэрийэн саҥа ыалы олохтооһуҥҥа икки кыттыһар өрүттэр, ол аата кыыстаах уол аймахтара, кыахтара баарынан көмөлөрүн холбуулларын энньэ уонна халыым баара билэргэтэр.
Ыал буолууга ордук улахан оруоллааҕынан кыыс оҕону ааҕыахха сөп. Дьиэ-уот малын-салын тэриниигэ, көрүүгэ-истиигэ, ол аата саҥа хаһаайыстыбаны тэрийиигэ кыыс оҕо оруола ордук үрдүк буолар. Ол курдук соҕотох дьиэ иһин бытархай мала-сала, араас иһитэ-хомуоһа уонна таҥаһа-саба барыта, кыыс оҕо көрүүтүнэн, кини тутуутунан, дьаһайыытынан оҥоруллар. Ити иһин кыыс оҕо төрөппүттэрэ саҥа ыал, хаһаайыстыба тэрийиитигэр ордук элбэх ороскуоту аан бастакынан сүгэллэрэ быһаарыллар.
Кыыстаах ыаллар кыыс оҕолоро сааһын ситиитигэр ыал буоларыгар анаан, энньэ диэн ааттаах саҥа дьиэ-уот иһитин-хомуоһун уонна араас таҥаһын сабын барытын бэлэмнииллэр. Ол аата, кыыс оҕо саҥа хаһаайыстыбаны тэриниитигэр эрдэттэн бэлэмнэнэн, дьиэ-уот баайын-малын мунньуна сылдьар.
Онон, энньэ диэн, эргэ тахсан саҥа дьиэни-уоту тэринэр кыыс оҕо, бу саҥа дьиэ, ыал тэрээһинигэр кыттыһар кылаата, кини баайа-мала буолар. Ити иһин былыргы дьоҥҥо кыыс оҕо эргэ барарга бэлэмнэнэригэр аан маҥнай кыыс бэйэтин аата-суола, ол кэнниттэн кини энньэтин кээмэйэ ыйыллан дьон билиилэригэр таһаарыллар эбит. Маны өссө чуолкайдаатахпытына, эргэ тахсар кыыс энньэтин кээмэйэ, кини саҥа хаһаайыстыбаны, ыалы тэринэригэр төһө кыахтааҕын, бэлэмнээҕин, баайдааҕын-маллааҕын чуолкайдык көрдөрөр бэлиэ буолара быһаарыллар.
Айылҕаттан аналын быһыытынан уол оҕо талан ылар аналлааҕын бы¬лыргы сахалар эмиэ учуоттууллар, аахсаллар. Ол иһин уол оҕо сааһын ситтэҕинэ кэргэн ылаары талан ылбыт, сөбүлүүр кыыһыгар суорумньу ыытан ыйыттарар. Бу ыйыттарыы уол оҕо талан ылар кыаҕын уонна эдэрдэр бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэллэрин, тапталларын быһаарар. Уол ыйыттарыытыгар кыыс сөбүлэҥин биэрдэҕинэ кэргэн кэпсэтии салҕанар, саҥа ыалы, дьиэни-уоту тэрийии туһунан кэпсэтиигэ киирэллэр. Аан маҥнай кыыстаах ыаллар төһө бэлэмнээхтэрин ааҕынан, олорун сыанаҕа таһаараннар, биһиги саҥа ыалга бачча сыаналаах малы-салы биэрэбит, кыыс энньэтэ бачча сыаналаах диэн бар дьон истиилэригэр таһаараллар. Кинилэр ити, саҥа ыалы тэрийиигэ кыттыһар баайдара уонна маллара барылара холбоон энньэ диэн ааттанар.
Ити кэнниттэн уоллаах дьон кыыс энньэтин суумматын кытта сөбүлэстэхтэринэ, илии охсуһаллар. Ол аата кэргэннии буолууга уонна саҥа ыалы, дьиэни-уоту тэрийиигэ сөбүлэһэллэрин биллэрэллэр. Бу сөбүлэһии биир тутаах көрүҥүнэн кыыс энньэтин сыанатын саҕа сыаналаах баайынан уонна малынан уол оҕо бэйэтэ эбэтэр аймах дьонун көмөлөрүнэн кыттыһара хайаан да көрдөнүллэр. Маннык уол өттүттэн саҥа ыалы тэрийиигэ баайынан уонна малынан кыттыһыы аата сахалыы халыым диэн ааттанар.
Саха дьонун олохторун үөрэҕинэн тэҥ олохтоох, тэҥ баайдаах, тэҥ өйдөөх-санаалаах эдэр дьон холбоһон саҥа ыалы үөскэттэхтэринэ олохторо салгыы биир тэҥник сайдан иһэригэр олук ууруллар, бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннаһыыларыгар атаҕастабыла, сиилээһинэ суох дьиҥнээх тэҥнээх буолуу иҥэриллэр. Ол иһин саҥа ыалы тэрийиигэ икки өрүттэр кыттыгастара, кыыс энньэтэ уонна уол халыыма араа-бараа тэҥ сыаналаахтарын эрдэттэн хааччыйаллар.
Ыал буолууну маннык тэрийии, төрөппүттэр эрдэттэн кыһанан-мүһэнэн оҕолоро бэйэтин «Тэҥнээҕин булунан», ол аата бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнээхтик, эйэлээхтик, хардарыта баттабыла, атаҕастабыла суох сыһыаннаһаннар, оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин киһилии өйгө-санааҕа иккиэн тэҥҥэ иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр, сөптөөх баайдаах уонна маллаах буолалларыгар улаханнык кыһаналларын көрдөрөр.
Олох араас уустуктарыттан уонна таптал баайы-малы, өйү-санааны аахсыбатыттан элбэх энньэлээх кыыһы кэргэн ылыы эбэтэр кыыска элбэх халыымынан кыттыһыы аҕыйах да буоллар баар буолара кэпсэнэр. Ол эрээри маннык тэҥэ суох кэргэнниилэр олохторо ордук уустук, хайа-хайаларыгар тэҥэ суох сыһыаннарыттан кэлэр көлүөнэлэрэ туруга суох өйдөөх-санаалаах буола улааталлара биллэр. Баай ыалга кийиит буолан кэлбит кыра энньэлээх кыыс туоратыллар, көннөрү үлэһит, хамнаһа суох хамначчыт буолар дьылҕаланара хаһан да хаалбат.
Онон, былыргы сахалар оҕолоро ыал буолан, тэҥнээхтэрин булунан, саҥа хаһаайыстыбаны тэринэн туспа буруону таһааралларыгар, илэ бааччы туох наадатынан, кыахтара баарынан икки аймахтара тэҥҥэ көмөлөһөллөрүн энньэни уонна халыымы туһанан тэрийэллэрэ быһаарар.
Итинник быһаардахпытына энньэ диэн кыыс оҕо кэргэн баран саҥа дьиэни, ыалы тэриниитигэр бары бэйэтин аймахтарын көмөлөрө ааттанар, оттон халыым диэн, саҥа хаһаайыстыбаны тэриниигэ уол оҕо кыыска кыттыһар баайын-малын барытын холбуу аата буолара быһаарыллар.
Ити курдук былыргы сахалар, эдэр оҕолоро холбоһон кэргэннии буолууларын уонна саҥа хаһаайыстыбаны тэрийиини холбоон бииргэ оҥороллор. Маннык бөҕө тирэхтээх уонна сүрүн сыаллаах-соруктаах тэриллибит саҥа ыаллар бэйэлэрин олохторугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар сыһыаннара үчүгэйгэ тардыстыылаах буолар. Кинилэр бэйэлэрин төрөтөр оҕолоругар сыһыаннара, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиилэрэ, кырдьык даҕаны, дьиҥнээх бэйэлэрин утумнааччыларын иитэн, үөрэтэн хаалларарга туһуланаллар.
ТОЙОН уонна ХОТУН
Ытыктабыллаах дьоммутун «Тойоттор уонна хотуттар» диэн ыҥырдахпытына, сорохтор баҕар хомойбут курдук сананыахтара. Итинник хом санаа киириитигэр бу тылларбыт сүрүн өйдөбүллэрин ситэ билбэккэ, сыаналаабакка сылдьарбыт тириэрдэр. Ааспыт «социализм» кэмигэр чааһынай бас билиини букатыннаахтык эһии, дьону барыларын тэҥнии сатаан туох да бас билэр, дьаһайар баайа-мала суох, дьадаҥыларга кубулутуу, ким да, тугу да саҥалыы оҥорорго уонна баары даҕаны харыстыырга кыһамматтарыгар тириэрдэн кэбиспитэ, бу тылларбыт мөлтөөһүннэрин үөскэппитэ.
Онтон билигин, ырыынак сыһыана киирэн эрэр кэмигэр, ити ааспыт кэмҥэ олохсуйбут өйү-санааны сыыйа уларытан, урукку, чааһынай бас билии баарын саҕанааҕы оннугар түһэрии үлэтэ ыытыллар. Ол аата, киһи кыра да буоллар бэйэтэ бас билэр, салайар дьыалаланнаҕына, баайданнаҕына-малланнаҕына өйө-санаата сайдыыта тирэхтэнэн дириҥ силистэнэригэр, сайдыыны ситиһэригэр олук уурулларын таба туһаныахпытын наада.
Былыргы кэмҥэ сахалар аан маҥнай аҕа уустарынан олорбуттар. Аҕа ууһун баһылыга «Аҕа тойон»- диэн ааттаах буолуохтааҕын билигин ханнык даҕаны саха киһитэ саарбахтаабат. Итини тэҥэ сахаларга «Аҕа»- диэн тыл суолтатыгар «Тойон» - диэн тыл киэҥник туттуллар эбит. Ол туттулла сылдьыбыт бэлиэтинэн, ыаллар кийииттэрэ кэргэнин аҕатын «Тойонум», онтон кэргэнин ийэтин «Хотунум» диэн ааттаан билигин даҕаны ыҥырара буолар. Ити иһин, маннык сыһыаннаһыы олус былыргыттан олохсуйбут үгэс буолара быһаарыллар. Онон, бу үгэс сахалар олохторугар аҕа уонна ийэ аан маҥнайгы дуоһунастаах дьон буолалларын уонна элбэх ахсааннаах дьиэ кэргэни хааччыйар туох баар үлэни-хамнаһы барытын бэйэлэрэ салайан олорбуттарын көрдөрөр.
Ол курдук «Аҕа» уонна «Ийэ» диэн тыллар оннуларыгар «Тойон» уонна «Хотун» диэн тыллар туттулла сылдьыбыт бэлиэлэрэ ити ааттаммыт үгэстэргэ иҥэн ордон хаалбыт.
Билигин туттуллар «Тойонноо»- диэн тыл урукку кэмҥэ тойон киһи улахан былаастааҕын, били этэргэ дылы: «Кутургуйа таптаабытынан тахсар, тойон талбытынан дьаһайар»,- диэн этиигэ толору сөп түбэһэ сылдьыбытын көрдөрөр. Оччотооҕу суут-сокуон мөлтөх кэмигэр сыыһа-халты, аһара туттуулар хайа да өттүттэн таһаарыллаллара биллэллэр. Ол да буоллар маннык сыаналааһыны аҥардастыы куһаҕан эрэ өттүттэн көрөн быһаарыы курдук өйдүөххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, оччотооҕу, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ Саха сирин олохтоохторун үгүс өттүлэрэ бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын сөптөөхтүк тэрийэн дьаһанар сэниэ ыаллар эбиттэр. Ол аата, хас биирдии ыал баһылыктара, аҕа уонна ийэ эбэтэр тойон уонна хотун, бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын, элбэх ынахтарын, сылгыларын көрөн салайыыга уонна сайыннарыыга, элбэтиигэ бары кыахтарын ууран кыһаналлар эбит.
Билигин саха дьоно бу тойон, хотун диэн тыллартан куттаммат уонна абааһы көрбөт кэмнэрэ эргийэн кэллэ. Туох да куһаҕаны аҕалбат, көннөрү бэйэлэрин чааһынай хаһаайыстыбаларын үчүгэйдик баһылаабыт, үлэни-хамнаһы сөптөөхтүк көрөн салайар уонна бэйэлэрин оҕолорун, сиэннэрин үлэҕэ-үөрэххэ, үчүгэй майгыга үөрэппит элбэх оҕолордоох аҕа уонна ийэ итинник ааттаналлар.
«Социализм» кэмигэр ким да тугу да бэйэтэ бас билбэтэ, барытын государство эрэ бас билэр этэ. Онтон билигин ырыынак кэмигэр олохтоох дьоҥҥо кыратык эмэтик чааһынай бас билиини син киллэрэн иһэллэр. Маннык чааһынай бас билиини эрэллээхтик дьаһайар уонна үксэтэр дьонунан аҕа уонна ийэ, улаатыннаран ааттаатахха тойон уонна хотун эрэ буолуохтарын сөп. Кинилэр бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын бөҕө туруктаахтык тэринэннэр, үлэлэрэ-хамнастара таһаарыыланнаҕына, тубустаҕына Саха республикатын туруга эмиэ бөҕө буолуоҕа.
Онон, Саха республикатын бөҕөргөтөргө аан маҥнай аҕа уонна ийэ оруолларын үрдэтэн, баайдарын-дуолларын хаҥатан, кинилэри тойон уонна хотун буолууларыгар тириэрдиэххэ наада. Итини тэҥэ эдэрдэр, ийэ уонна аҕа буолуу сотору кэминэн, хас да оҕолоннохторуна, дьиэ кэргэн ахсаана эбилиннэҕинэ уонна хаһаайыстыба кэҥээн улааттаҕына, кинилэри бэйэтэ хотун уонна тойон буолууга тириэрдэрин итэҕэйиэхтэрин наада. Ол курдук оҕолордоох ыал ийэтэ уонна аҕата элбэх киһилээх хаһаайыс¬тыба үлэтин-хамнаһын көрөн-истэн салайдахтарына, баайдарын-малларын дьаһайдахтарына эрэ табыллар. Кинилэр бэйэлэрэ үлэлээн-хамсаан, сөптөөхтүк салайан хаһаайыстыбаларын сайыннардахтарына уонна оҕолорун үлэҕэ-хамнаска, үчүгэй майгыга, киһилии быһыыга үөрэттэхтэринэ үчүгэй, талааннаах салайааччылар үүнэн тахсаллар. Онтон элбэх киһини көрөр-истэр, үөрэтэр уонна салайар дьонунан былыргыттан тойон уонна хотун буолалларын бары билэбит.
Ыал аҕалара уонна ийэлэрэ дьиҥнээх салайааччы, тойон уонна хотун буоллахтарына, оҕолоро кинилэри ытыктабыллаахтык ийэ уонна аҕа диэн ааттаан ыҥыра үөрэннэхтэринэ оҕолорун иитэр уонна үөрэтэр күүстэрэ өссө үрдүөхтээх. Төрөппүттэр бэйэлэрин олохторунан оҕолоругар холобур көрдөрөллөр, үлэлээн-хамсаан баайы-малы мунньунарга, ыал олоҕун уустуктарын хайдах туоруурга үөрэтэллэр.
Кинилэр оҕолоругар, кэннилэригэр хаалар кэнчээри ыччаттарыгар, үйэлэрин тухары муспут баайдарын-малларын харыстыыр, элбэтэр, туйах хатарааччыларыгар туруорар көрдөбүллэрэ эмиэ үрдээн биэриэхтээх. Ийэ уонна аҕа оруоллара үрдээһинэ оҕо иитиитигэр сыһыан тосту уларыйыытыгар, төгүрүччү сайдыылаах, тулуурдаах, үчүгэй майгылаах, үлэни-хамнаһы кыайар эдэр көлүөнэни иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга тириэрдиэхтээх. Ити иһин сахабыт дьонугар ытыктабыллаахтык, бука бары элбэх ыччаттардаах, кыанар хаһаайыстыбалаах «Тойон уонна Хотун буолуҥ» диэн ыҥырыыбытын тириэрдиэхпит этэ.
ОҔОНУ YЛЭҔЭ YӨРЭТИИ УРАТЫЛАРА
Урукку үлэлэрбитигэр киһини хаһан баҕарар санаата салайарын быһаарбыппыт. Ол курдук киһи баһын иһигэр киирэн кэлэн иһэр араас элбэх санааларыттан, бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнээн көрөн талан ылан өйүгэр-санаатыгар, үгэстэригэр ордук сөп түбэһэрин, бэйэтигэр, этигэр-сиинигэр туһалааҕын урут, бастаан оҥорор. Тугу эмэ талан ылыы, талымастааһын атын туохха эмэ тэҥнээн көрүү, сыаналааһын баар буоллаҕына эрэ кыаллар кыахтаах. Киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥоруон иннинэ өйүгэр-санаатыгар урут иҥэриллибит билиитигэр, үгэстэригэр, ол аата ийэ кутугар тэҥнээн көрөр, онтон ол тэҥнээн көрүүтүн түмүгүнэн ханнык быһыыны оҥорорун талан ылан оҥорор. Оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэнэн, туһа киһитэ буолан, туһалааҕы оҥорон, этин-сиинин хамсаттаҕына, үөрэттэҕинэ, ийэ кута үлэнэн иитилиннэҕинэ, үгэс үөскээтэҕинэ үлэҕэ-хамнаска сыһыамах, сыстаҕас буола улаатар.
Кут-сүр үөрэҕин быһаарыыларынан элбэх санаалартан холбонон, мунньуллан үгэс, онтон кут үөскүүр. Санаа хайа эмэ диэки хайысхаланан хамныыра быччыҥнарга дьайыыны оҥороруттан онно сөптөөх хамсааһыннар үөскүүллэр. Киһи тугу эмэ оҥороро барыта тус-туспа хамсааһыннартан хомуллан, таҥыллан үөскүүллэр. Хас да элбэх хамсааһыннартан түмүллэн быһыы үөскүүр.
Холобурга, балаакканы туруора үөрэнэргэ аан маҥнай көрөн-истэн миэстэтин талаҕын, онтон атаҕын, тирэхтэрин туруортуугун, бүрүйэҕин уонна тиирэ тардан тирэхтэригэр баайталыыгын. Ити үлэлэртэн барыларыттан холбонон балаакка туруоруута кыаллар, биир эмэ үлэтин көрүҥэ сатамматаҕына, табыллыбатаҕына балаакка кыайан турбатыгар тиийэр.
Yлэлии үөрэнии диэн хас да элбэх хамсаныылары холбоон таба оҥорорго үөрэнии, эти-сиини эрчийии аата. «Yлэлии үөрүйэх» диэн уустук хамсаныылардаах үлэни табатык, үчүгэйдик оҥоро үөрэммит киһини этэллэр.
Мас кэрдэргэ үөрэнии сүгэни кыайа-хото хамсатан, күүскэ охсуолууру тэҥэ, аны хас оҕустах аайы сүгэ суолугар, олугар таба түһэрэн охсору эрэйэр. Таба охсубат киһи дэлби кэрдиистээн кэбистэҕинэ маһы охторор кыаҕа лаппа аҕыйыыр. Маһы кэрдэн охторору таһынан сүгэ угун оҥостору уонна сытыылааһын үлэлэрин киһи баһылаатаҕына эрэ мас кэрдээччи буолар кыахтанар.
Эти-сиини үөрэтэн үөрүйэх оҥоруу холобурун аармыйа олоҕуттан булуохха сөп. Ол курдук автоматы, карабины хараҕы быһа симэн баран хомуйа үөрэнии киһини үөрүйэх оҥорор. Элбэхтик эрчиллэн илии иминэн автоматы хомуйууга үөрэммит киһиэхэ көрөрө наадата суох, тарбахтара тутан көрөн билэргэ үөрэнэллэр. Олус элбэхтик, биирдик хамсанан киһи этин-сиинин үөрэтэрин сахалар «Тутан-хабан көрүү» диэн этэллэр.
Yлэлииргэ кыра эрдэхтэн үөрэнэн үлэни үгэс оҥостуу киһиэхэ наада. Yлэлиир үгэс эти-сиини үлэлииргэ үөрүйэх буолуутун үөскэтэр. Уһуннук үлэлээн, барыны бары оҥоро, тута үөрэммит киһини «Yлэлии үөрүйэх» диэн этэллэр. Сатыыр, оҥоро-тута үөрэммит киһи оҥорбута, туппута тута харахха быраҕыллан, киэркэйэн, тупсан көстөр.
Хамсаныыттан үөскүүр үгэстэри быһаарыыга «Илиитэ бара үөрүйэх» диэн этии баар. Бу этии ханнык баҕарар, үчүгэй да, куһаҕан да дьыалалары киһи элбэхтэ оҥордоҕуна илиитэ бара үөрэнэрин, соннук үгэс үөскүүрүн быһаарар. Туох барытын курдук бу этии бэйэтэ эмиэ икки өрүттээх. Киһи оҥорор быһыытыгар куһаҕан өттө урут бастаан дьайарын таба быһаарар буолан үчүгэйи оҥорууга бу этии соччо туттуллубат. Ол курдук охсуһа, киһини кырбыы үөрэммит киһи урут бастаан сутуруга тиийэ охсор буола үөрэнэн хааларын биллэрэр. Ол иһин оҕону үөрэтиигэ сахалар аан маҥнай оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута быһалыы үөскүүр кэмигэр, куһаҕан быһыылары, киһи оҥорбот быһыыларын оҥорбот буоларга үөрэтэллэрэ, куһаҕан үгэстэр үөскээбэттэригэр, иҥмэттэригэр тириэрдэрэ, оҕо үчүгэй майгылаах буоларыгар олук уурара.
«Илиитин араарбат үлэһит» диэн иллэҥ буолбакка куруук үлэлии-хамсыы сылдьар киһини этэллэр. Yлэлии үөрэммит киһи хаһан баҕарар, кыах эрэ баар буоллар үлэлээн-хамсаан иһэр, үлэлээбэтэҕинэ, тугу эмэ оҥорботоҕуна хайдах да табыллыбат.
Туох барыта кыраттан саҕаланар. Аан маҥнай кыраттан саҕалаан оҥорорго үөрэнии ордук тиийимтиэ. Ол курдук баһылыахтаах дьыаланы хос-хос хатылаан оҥорон үгэс буолан иҥэрин ситиһии наада. Кыраттан саҕалаан, салҕаан, онтон сыыйа кыралары холботолоотоххо улаханы оҥоруу дьэ кыаллар. Оҕо кубиктартан сааһылаан, дьаарыстаан, үрүт үрдүлэригэр уурталаан үлэлии, тута үөрэнэрэ ордук тиийимтиэ.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн хас биирдии хамсаныыларын хос-хос хатылаан, олус элбэхтэ хамсатан, илиилэринэн таба хамсанарга үөрэнэр. Аан маҥнай киниэхэ оронун үрдүнэн ыйанан турар оонньууру таба охсуолаан хамсатыы улахан эрэйинэн ситиһиллэр. Онтон салгыы суп-суон тарбахтарын эрийэ-буруйа хамсатан кыра оонньууру таба харбаан ылыыта олус улахан кыайыыга кубулуйар.
Илиини сапсыйан быраһаайдаһа уонна илии тутуһан дорооболоһо үөрэниини оҕо саҥа улаатан иһэн улахан киһи көрдөрөн илиитин хамсатан биэрбитин үтүктэн сотору үөрэнэр, элбэхтэ хатылаатаҕына тугу үөрэппитин хас киһи аайы көрдөрөр кыахтанар.
Оҕо бэйэтэ тутан-хабан тугу оҥорбута барыта өйүгэр-санаатыгар саҥаны арыйыы, ситиһии, урут билбэтин, оҥорботун оҥоруу буолар. Олус элбэхтэ хос-хос хатылаан оҥорон хас биирдии быһыытын кыайан оҥорор кыахтанар. Оҕо ньуосканы таба тутан айаҕар угар буола үөрэниитэ уһун кэми ылар. Ньуосканы таба тутуу олус уустук үлэ буоларын оҕону аһаппыт ийэлэр, эбэлэр бары билэллэр. Аан маҥнай туох эмэ аһылыгы ньуоскаҕа иҥиннэрэн аҕалан айаҕар таба уктаҕына үөрүү, улахан кыайыы, ситиһии буолар. Көрдөрөн, үтүгүннэрэн, хайҕаан биэрдэххэ үөрэнэрэ лаппа түргэтиир. Көрөн үөрэнэн, таба хамсанар буоллар эрэ сотору кэминэн ньуосканан аһыырга үөрэнэ охсор.
Ньуосканан аһыы үөрэнии оҕо илиитин уонна айаҕын эрэ тэҥнээн хамсаныытыттан кыаллар аҕыйах хамсаныылаах үлэҕэ киирсэр. Бу үлэҕэ ньуосканы тохпокко эрэ айахха аҕалан таба уган ыйыстыахха эрэ наада. Онтон эмэри, ыйыстары оҕо кыра эрдэҕиттэн сатыыр. Айаҕар үүт амтана билиннэр эрэ эмэн соппойбутунан барарга төрүөҕүттэн ыла үөрүйэх. Ол аата эмэр хамсаныыны оҥоруу оҕо буор кутугар ууруллан сылдьар.
Куруускаттан үүтү иһэргэ оҕо лаппа улаатан, үс сааһыгар тиийэн иһэн эрэ үөрэнэрэ кыаллар. Манна тыҥаны, күөмэйи хамсатан уонна куруусканы тэҥнээн, сыыйа иҥнэрэн биэрэн үүтү сыпсырыйыахха наадата улахан уустугу үөскэтэр. Ол иһин оҕо улаатан этин-сиинин кыайа-хото хамсатар, салайар буоллаҕына эрэ куруускаттан иһэри сатыыр кыахтанар.
Улахан киһи оҥорор бары быһыыларын табатык оҥорорго оҕо олус өр кэмҥэ үөрэнэр. Киниэхэ буор кут үөскээн олохсуйан иһэрэ үөрэниини түргэтэтэр. Төрүт уус төрүттээх оҕо уһанар, оҥорор дьоҕура атыттартан быдан түргэн уонна элбэх буоларын саха дьоно бары билэллэр. «Баардаах баара биллиэҕэ» диэн этии уус төрүттээх оҕо дьарыктаннаҕына уустук да үлэни улахан эрэйэ суох кыайарын быһаарар. Кэлэр көлүөнэлэр үчүгэй төрүттээх-уустаах дьонтон үөскээн тахсалларын төрөппүттэр быһаарар кыахтара улаханын былыргы кэмнэргэ сахалар төрүччүнү үөрэтэн, энньэ уонна халыым көмөтүнэн туһанан ситиһэллэрин сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин суох оҥорбутуттан билигин умнан, хаалларан сылдьарыт.
Туһалааҕы оҥоро, үлэлии кэмигэр үөрэммэтэҕинэ оҕо өйө-санаата атынынан, куһаҕанынан даҕаны олус түргэнник туолан хаалыан сөп. Эти-сиини элбэхтик хамсатан үлэлэтэ, туһалааҕы оҥотторо үөрэппэтэххэ оҕо сынньалаҥнык сылдьарга, бэлэми туһанарга ордук түргэнник үөрэниэн, ол аата оннук үгэстэр эмиэ үөскүөхтэрин сөп.
Киһи олус табыллан, тахсыылаахтык үлэлиир кэмэ сарсыарда эрдэттэн, күн тахсыытыттан саҕаланар. Оҕо улаатан иһэн сарсыарда бэйэтэ уһуктан турар буола үөрэниитэ олус ыараханнык кыаллар дьыала. Улаатан, үүнэн иһэр эт-сиин утуйарга наадыйарын кыайа-хото салайан биэрии өй-санаа тулуурдаах, эти-сиини салайар кыахтаах буолаҕына эрэ ситиһиллэр кыахтанар.
Билигин оҕо телевизор, видик көрөн киэһэ хойутаан утуйар. Ордук үчүгэй киинэлэри, передачалары киэһэ хойут, түүн биэрэллэрэ оҕо хойутаан утуйарын үөскэтэр. Олус тулуурдаах буола үөрэннэҕинэ эрэ оҕо сарсыарда уһуктан турууну кыайар кыахтанар.
Ким барыта сыта, утуйа түһүөн баҕарар, утуйар минньигэс, таттарыылаах, туох эрэ олус ыксаллаах эрэ ыган эбэтэр сахалар этэллэринэн «Кыһалҕа кыһайан» киһи сарсыарда эрдэ туран, этин-сиинин хамсатан, үлэлиир кыахтаах. Эт-сиин утуйуон, сынньаныан баҕарар, ону өй-санаа күһэйэн, күүһүлээн хамсатара, ону-маны оҥоттороро «Кыһалҕа кыһайар» диэн этиинэн толору бэриллэр.
Билигин биһиги дойдубутугар дьон баайдарга уонна дьадаҥыларга арахсыбыттарын кэннэ оҕону үлэҕэ үөрэтии икки аҥы арахсара, эмиэ икки өрүттээҕэ чуолкайдык быһаарылынна.
Баай уонна дьадаҥы, үлэһит дьон оҕолорун иитэр-үөрэтэр ньымалара тус-туһунаннар, кыайан тэҥнэһэр кыахтара суох. Өссө утарыта турар өйдөбүллэрэ элбэхтэр. Билигин биһиэхэ баай уонна үлэһит дьон тус-туспа арахсыбыттарынан, бу дьон өйдөрүн-санааларын уратыларын төһө кыайарбытынан дириҥник быһаараммыт олоххо туһанарбыт наада буолла.
Биир ийэттэн, аҕаттан төрөөбүт оҕолор тус-туспа дьоҥҥо иитилиннэхтэринэ өйдөрө-санаалара эмиэ ураты, ииппит дьоннорун курдук, кинилэр өйдөрүнэн-санааларынан салаллар. Өй-санаа бу курдук аҥардас иитиититтэн уратылаах буола сайдарын революция саҕана бииргэ төрөөбүт уолаттар утарыта кылаастарга, баайдарга уонна дьадаҥыларга кыттыһан сэриилэһэ сылдьыбыттара дакаастыыр. Өй-санаа үөскээһинин уратыларын үгүс суруйааччылар таба арыйаллар. С.П.Ефремов «Ини-бии» диэн драматыгар уолаттар тус-туспа өйдөөх-санаалаах буола улаатыыларыгар ииппит, улаатыннарбыт дьонун дьайыыларын ырытан суруйбута.
Сэбиэскэй былаас салайар кэмигэр баай уонна дьадаҥы диэн арахсыыны суох оҥорбуттара, дьон бары үлэһиттэр диэн холбуу ааттаналлара эрээри, кэлин сэбиэскэй былаас эстиитин иннинэ син-биир икки аҥы арахсыбыттара:
1. Салайааччыларга.
2. Бары үлэһиттэргэ.
Салайар партия эрэллээх чилиэннэриттэн бары салайааччылары талан ылаллара, дуоһунастарыгар аныыллара. Ол иһин кэлин коммунистар партиялара аҥардас салайааччылар партияларыгар кубулуйбута. Дойдубутун салайааччылар баһылаан-көһүлээн, сокуоннары бэйэлэрин тустарыгар эргитэн, көҥүл күөнэхтээн, бэйэлэригэр араас элбэх чэпчэтиилэри оҥостунан олорбуттара. Бары үлэһиттэри биир халыыпка симэ сатааһыны улахан эрэйинэн, репрессия көмөтүнэн да буоллар ситиспиттэрэ.
Кэлин, эстиилэрин саҕана коммунистар партияларын «Yлэһиттэр партиялара» диэн ааттыыллара аатыгар эрэ хаалбыта. Кыайа-хото үлэлиир биир эмэ үлэһити талан, партия чилиэнинэн ылан кэккэлэригэр, аҕыйах үлэһиттэр баалларын ситиһэллэрэ ханнык да биллэр оруолу ылбакка, куоластааһыҥҥа эрэ кытталлара.
Биһиги дойбубутугар олох хаамыытын ыган биэрэн түргэтэтии куруук туттуллар. Киэн-куоҥ, суола-ииһэ суох олус тымныы дойдубутугар, атын сайдыылаах омуктартан хаалсыбат олоҕу оҥосто охсоорубут араас хамсааһыннарга киирэн биэрэбит. Ол курдук революциялар, социализмы, коммунизмы тутуулар дьон олоҕун эмискэ уларытыынан ситиһиллэ сатаныллар суолларга киирсэллэр. Билигин перестройка уларыта тутуутун кэнниттэн аны баайдар эрэ государствобытын сайыннарыахтара диэн санаа, аһара барда. Ол иһин баайдары, бас билээччилэри түргэнник үөскэтэ охсоору сэбиэскэй государство өр сылларга мунньубут баайын-малын салайааччылар бэйэлэрин икки ардыларыгар үллэстиилэрин түмүгэр аһара баай дьон эмискэ элбээтилэр.
Биһиги билиҥҥи олохпут биир уратытынан салайар, тэрийэр дьон хамнастара олус эбиллэн, эбиискэ пиэнсийэлэнэннэр үлэһиттэртэн туспа арахсаннар саҥа, бэлэмҥэ тииһиммит элбэх баайдары үөскэттилэр. Ити баайдар быыстарыгар үлэлээн-хамсаан, атыылаан-эргинэн баайы-малы булуммут, мунньуммут дьон бааллар да ахсааннара аҕыйах.
Баай киһи бэйэтин туһугар олоҕун олорор. Аан маҥнай бэйэтин баайын, үчүгэйин туһунан санаата олохсуйан, күүһүрэр. Бу санаатын күүһэ кыра оҕотун көрүүгэ-истиигэ, кэлэр көлүөнэлэрин иитиигэ-үөрэтиигэ кэккэ токуруйуулары таһаарарыттан «Баай дьон олохторо кылгас» диэн этии үөскээбит. Баай дьон оҕолорун иитэллэрэ маннык уратылаахтар:
1. Оҕо кыра эрдэҕинэ бары көрдөөбүтүн барытын толорор, маанылыыр, атаахтатар.
2. Оҕото барыта бэлэми туһанарыгар үөрэтэр.
3. Улаатан истэҕинэ бары баҕатын толорон иһэр.
Маннык үөрэтии түмүгүнэн баай киһи оҕотун өйө-санаата ханнык да хааччаҕа суох, ол аата киһи быһыытын билиммэккэ, сиэри тутуспакка сайдар, үүнэр. Ханнык баҕарар баҕатын толотторо үөрэнэн урут бастаан быстах, этин-сиинин баҕатын толорор киһи буола улаатар. Ийэ кута үгэстэргэ, тулуурдаах буолууга кыра эрдэҕинэ үөрэтиллибэтэҕэ өйө-санаата туруга суох, арыгыга, наркотикка түргэнник ылларымтыа, ыарахан диир үлэтин букатын үлэлээбэт киһи буола улаатарыгар тириэрдэр. Саха дьонун олохторун үөрэҕэ этэринэн оҕолорун маннык үөрэтэр баай аймахтар уһун үйэлэрэ суохтар, үһүс көлүөнэлэриттэн ыла мөлтөөн, эстэргэ, симэлийэргэ бараллар. Сайдыыны ситиспит, баайдара-маллара элбээбит дойдулар эдэрдэрэ билигин наркотикка ылларыыларын уонна секс аһара барыытын утары охсуһаллара элбээн иһэрэ ити быһаарыы табатын биллэрэр.
Баай дьон оҕолорун үөрэтэр ньымалара «Халлаан хабарҕатынан», «Көҥүлүнэн барбыт» киһини иитэн улаатыннарар. Билигин айыы үөрэҕин айааччылар оҕо өйө-санаата ити курдук, баайдардыы сайдан барарыгар ыҥыраллар. Маннык сыыһа үөрэтии оҕо өйө-санаата ханнык да хааччаҕы билбэтиттэн, туруга суоҕуттан быстах быһыыга түбэһэн эрдэ өлөн, өйө-санаата Үөһээ дойдуга көтөн, айыы буоларыгар тириэрдэр кыахтаах.
«Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун» диэн этии баай дьон оҕолорун үөрэтэр ньымаларын толору арыйар. Бу этии «Көҥүлүнэн барбыт», ханнык да хааччаҕа суох, мин эрэ баарбын диэн өйгө-санааҕа үөрэтии түмүгүттэн үөскээн тахсар.
Баайдар күрэхтэһэр, илин былдьаһар санаалара ордук күүскэ сайдар. Ким эмэ «Миигиттэн ордуо дуо?» диэн санаалара кыайан батарбакка туохха барытыгар күрэхтэһэ, хайаан да бастакы буола сатыыллара күүһүрэр. Дьон байан бардахтарына киһи киһиэхэ сыһыаныгар санаа күүһэ дьайарын табан сыаналаабаттар. Урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт курдук ханнык баҕарар киһи санаата атын дьон санааларын ситимин иһигэр сылдьар. Бу санаалар сыыйа-баайа да буоллаллар киһиэхэ, ордук үчүгэй үгэстэргэ үөрэммэтэх кини оҕолоругар, куруук дьайа сылдьалларын кэлин, коммунистар өй-санаа үөрэҕин суох оҥороннор, аахсыбат кэмнэрбит бааллара эрээри, билигин өй-санаа, таҥара үөрэҕин билиммэттэриттэн бэйэлэрэ улаханнык мөлтөөтүлэр.
«Күүстээххэ күүстээх көрсүөҕэ» диэн этии аҥардастыы айбардааһын куруук салҕанан бара турбатын, күүһүнэн, бардамынан өртөйүү киһилии быһыы буолбатын, хайаан да хардата кэлэрин быһаарар. Бу этии ханнык баҕарар баттааһыҥҥа сөп түбэһэр утарсар күүс хайаан да үөскүүрүн биллэрэр уонна үөрэхтээх дьон бары билэр физика төрүт сокуонугар сөп түбэһэр.
Сэбиэскэй былаас сабыдыалынан киһи барыта тэҥ диэн үөрэҕи тутуһууттан уонна олох көнөн, баай-мал, хамнас эбиллэн барыытын сыыһа сыаналааһынтан, билигин биһиэхэ оҕону иитии-үөрэтии атын хайысханан, баайдардыы үөрэтиинэн баран иһэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ киһи буол, киһилии быһыылан, туохха барытыгар киһилии, харыстаан сыһыаннас, көрсүө, сэмэй буол диэн этэн-такайан үөрэтии хаалан сылдьар. Дьон бары биллэр-көстөр аһара баай дьону үтүктэ, буолар буолбат саҥаны, киһи билбэтин айа, оҥорботун оҥоро сатааһыннара олоҕураары сылдьар.
Баай уонна дьадаҥы, үлэһит дьон өйдөрө-санаалара тус-туспаларын салгыы ырытыы, бу икки өрүттэр оҕону иитэр-үөрэтэр ньымалара икки аҥы хайысхалаахтарын быһаарар. Ол курдук баай дьон оҕолорун сымнаҕастык, атаахтык иитэннэр хас да көлүөнэнэн мөлтүүргэ, эстэргэ тиийэр буоллахтарына, үлэһит дьон оҕолоро тулуурдара, дьулуурдара, үлэһиттэрэ баһыйан сайдыыны, байыыны сыыйа-баайа, кэлэр көлүөнэлэрэ ситиһэллэр, өйдөрө-санаалара туруктаах буолан быстах быһыыларга киирэн биэрэллэрэ аҕыйах, ол иһин ахсааннара куруук эбиллэн иһэр.
Сахаларга киһи майгынын уратытын быһаарар сэмэй диэн тыл баар. Сэмэй диэн бары сиэри тутуһар, киһи быһыытын аһара барбат, дьону кытта сыһыаныгар сымнаҕас, бэйэтэ көрсүө, олохтоммут бэрээдэги кэспэт, сокуоннары тутуһар, тугу барытын оҥороругар сыыһа-халты туттубат киһини ааттыыллар. Yгүс ахсааннаах үлэһит дьон көрсүө, сэмэй майгылаахтар.
Yлэһит киһи оҕотун үөрэтэр ньымата баай киһи оҕотун үөрэтэриттэн олус улахан уратылаах. Ол уратыта «Барыга-бары аһара барыма», «Куһаҕаны, айыыны оҥорума», «Киһи быһыытын, сиэри кэһимэ» диэн этиилэргэ олоҕурар. «Барыга-бары аһара барыма, тэҥнэһиини хамсатыма, алдьатыма» диэн Айылҕа тутаах көрдөбүлүн үлэһит дьон эрэ толороллор. Ол иһин үлэһит дьон, аймахтар олус уһун үйэлээхтэр, олохторун уһуна хас да уонунан көлүөнэлэри аһара барар. Кэлэр көлүөнэлэрин кыра эрдэхтэриттэн туруктаах өйгө-санааҕа, үлэҕэ-хамнаска иитэн-үөрэтэн улаатыннараннар оҕолоро быстах быһыыга киирэн биэрэллэрэ аҕыйах, арыгыга, наркотикка соччо ылларбаттар. Кэмигэр кэргэннэнэн, ыал буоланнар оҕолоро, аймахтара элбиллэн, тэнийэн иһэллэр.
Yлэһит дьон оҕолорун үлэҕэ үөрэтиилэрин төрүтэ итинник. Төрөппүттэрэ оҕолорун батыһыннара сылдьан, бэйэлэрэ хайдах оҥороллорун үтүгүннэрэн үлэлэтэ үөрэттэхтэринэ бэйэлэрин курдук үлэһит дьон буола улаатыннарар кыахтаналлар.
Yлэһит дьон оҕолорун өйүн-санаатын кыра эрдэҕинэ куһаҕаны оҥорорун хааччахтаан, аһара барбатын хааччыйан, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн сиэри-туому тутуһуннараллар. Кинилэр оҕолорун иитиилэрэ, үөрэтиилэрэ бу курдук сайдан барар:
1. Оҕо кыра эрдэҕинэ «Мин курдук оҥор» диэн үтүгүннэрэн, батыһыннаран бэйэтэ тугу барытын хайдах оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэр. Бу үтүктэн үөрэниитэ үгэскэ кубулуйан ийэ кутун үөскэттэҕинэ оҕото үлэһит буола улаатар кыахтанар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн туһалаах дьыалалары оҥорорго үөрэтэн, «Туһа киһитэ» буолар өйү-санааны иҥэрии, кыайар үлэтин үлэлэтэ, «Мин курдук оҥор»,- диэн этэн, үтүгүннэрэн үөрэтии үлэлииргэ үгэһи үөскэтэн үлэһит киһи буола улаатарыгар олук буолар.
2. Оҕо улаатан өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ «Айыыны, куһаҕаны оҥорума», «Айыы диэмэ» диэн өйө-санаата аһара барарын хааччахтыыр уонна «Киһи буол» диэн киһи буолар баҕа санааны иҥэрэр, киһи оҥорор бары быһыытын барытын киһилии оҥорорго үөрэтэр.
3. Оҕо үөрэнэн улахан киһи оҥорорун барытын сатыыр, билэр буоллаҕына, бэйэтэ саҥаны арыйар, онтун туһаҕа таһаарар кыаҕын хааччахтаабат. Арай бу саҥаны айыыларбыт сиэри, киһи быһыытын аһара барбат буолуулара хаһан баҕарар ирдэнэр. Үлэһит киһи оҕото улаатан истэҕинэ кыра эрдэҕинэ үөрэммит үгэстэрэ, ийэ кута тутарыттан, тохтоторуттан, сиэри-туому тутуһар, аһара барбат, аһара туттубат киһи буола улаатан олоҕун уһуннук, киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.
Маннык иитиилээх оҕо олоҕун устата быстах быһыыларга киирэн биэрбэт олохтоох, туруктаах өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатар. Кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэн тулуура, дьулуура сайдан, баҕа санаатын ситиһэр кыаҕа улаатар. Аан дойду бары таҥараларын үөрэхтэрэ өй-санаа аһара барбатын хааччыйаллар, таҥараттан ордук өйдөөх киһи суох диэн этэн, итэҕэйээччилэр өйдөрө-санаалара киһи быһыытын аһара барбатыгар үөрэтэллэрин таба өйдүөхпүт этэ.
Саха дьонун үөрэхтэрэ уол оҕону аҕа эрэ үөрэтэн туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатарыгар тириэрдэрин быһаарар. Бу үөрэх сүрүн төрүтэ оҕо кыра эрдэҕинэ үтүктэн үөрэнэрэ өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник иҥэригэр олоҕурар. Ол аата уол оҕо кыра эрдэҕинэ үтүктэр киһитэ, аҕата баар буолара, иитэрэ-үөрэтэрэ олус наадалааҕын биллэрэр.
Уол оҕо саҥаны, билбэтин оҥоро охсор кыаҕа элбэҕинэн сыыһа-халты туттунара хайаан да элбэх. Уол тугу эмэ сыыстаҕына урут бэйэтэ сыыһан, эрэйдэнэн үөрэммит аҕата, эр киһи эрэ таба өйдөөн, хам баттаан, аһара мөҕөн кэбиспэккэ, хата хайдах таба оҥорорго көрдөрөн, көмөлөһөн биэрэринэн атынынан, атыттар үөрэхтэринэн кыайан солбуллубат.
Кыыс оҕо барыта ийэлээх. Ийэтэ көрөн-истэн, батыһыннара сылдьан бэйэтин үтүгүннэрэн, тугу билэригэр-көрөрүгэр оҕотун хаһан баҕарар үөрэтэ сылдьар. Кыыс оҕо ийэтин көрөн, кини тугу оҥорорун үтүктэн иһэр буолан өйө-санаата үгэстэргэ үөрэниитэ туруктаах, быстан хаалбат, улаатан өйүн-төйүн булуор диэри биир тэҥник салҕанан барар. Ол иһин кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн үгэстэргэ үөрэнэн, ийэ кута иитиллэн өйө-санаата уол оҕотооҕор туруктаах буола улаатар кыаҕа улахан. Билигин эдэр кыргыттар ыар, хара буруйдары оҥоруулара оҕону иитии, үөрэтии төрдүттэн сыыһа хайысханан баран иһэрин биллэрэллэр.
«Омук олоҕун үөрэҕэ дьахталларыттан тутулуктаах» диэн этии олохсуйбут үгэстэргэ үөрэниигэ олоҕурар. Ити курдук олох үгэстэрэ ийэтиттэн кыыһыгар бэриллэн иһэр суоллара быстан хаалбаттар. Ийэ куруук баар. Ол иһин дьахталлар олох үөрэҕэр үөрэниилэрэ эр дьоннооҕор быдан олохтоох, бигэ тирэхтээх. Ийэ бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥарарга, бэйэтин «Ийэ» диэн ааттатарга оҕото кыра, саҥа саҥаран эрдэҕинэ үөрэтэр кыахтаах. Бэйэтин ытыктабыллаахтык «Ийэ»,- диэн ыҥырарга үөрэттэҕинэ оҕото кинини ытыктыыра, сыаналыыра эбиллэрин саха дьахталлара билэллэрэ, олохторугар туһаналлара ордук буолуо этэ. Оҕолорун өйө-санаата туруктаах, тулуурдаах буола улааттаҕына бэйэлэрэ абыраныа, кэлэр көлүөнэлэрэ салгыы сайдар кыахтаныахтара этэ. Дьахталлар бэйэлэрэ атын омук буола, атыннык саҥара сатаабатахтарына саха омук тыла хаһан даҕаны эстэн сүтэр кыаҕа суох.
Дьахтар эр киһитин ытыктыыр, эрэнэр, итэҕэйэр буоллаҕына оҕотугар аҕатын ытыктабыллаахтык «Аҕа» диэн ыҥырарыгар үөрэтиэн сөп. Оҕо төрөппүттэрин ким диэн ааттаан ыҥырара олус улахан суолталааҕын аанньа ахтыбакка, суолта биэрбэккэ сылдьабыт. Дорҕооннор киһи өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар быһаччы дьайаллар. Ол курдук «Ыы» дорҕоонтон ытааһын үөскээн тахсара, «Рр» дорҕоонтон кыыһырыы, ырдьыгынааһын үөскүүрэ хаһан да уларыйар кыаҕа суох.
Онон, төрөппүттэр оҕолорбут, сиэннэрбит, кэлэр көлүөнэлэрбит ытыктыахтарын, этэр тылбытын истиэхтэрин, туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатыахтарын баҕарар буоллахпытына иитиигэ, үөрэтиигэ улахан суолтаны биэрэн, оҕобут саҥа саҥарыаҕыттан саҕалаан бэйэбитин ким диэн ааттатарбытын быһаарыннахпытына табыллар. Саха буолуу аан маҥнайгы саҥарар тыллартан, ийэни, аҕаны ким диэн ааттаан ыҥырартан саҕаланарын умнумуохха. Итини тэҥэ киһи буолуу диэн оҕо бары оҥорор быһыыларын барыларын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор, сыыһа-халты туттубат буоллаҕына эрэ ситиһиллэр кыахтаах өй-санаа сайдыытын бэлиэтэ буоларын таба туһаныахха.
ТУҺА КИҺИТЭ
Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар ханнык оонньуурдарынан уонна туох оонньуулары оонньообута улахан оруолу ыларын аахайбакка сылдьабыт. Оҕолорбут улаатан истэхтэринэ олохтон, үлэттэн-хамнастан тэйэн иһиилэрэ кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарыгар олох, үлэ туһунан үгэстэр иҥэриллибэттэриттэн үөскүүрүн сахалар кут-сүр үөрэхтэрин сөргүтэммит саҥа билэн эрэбит. «Оҕо оонньоон-оонньоон киһи буолар» диэн этиини олус көнөтүнэн ылынар буолан хаалбыппытыттан оҕолорбутун олоххо-дьаһахха сыһыаннаах, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэр оонньуурдарынан оонньоппот буолбуппут.
Оҕо оонньуура аналлаах сыаллаах-соруктаах буолара наада. Былыргы оҕолор мас ынаҕынан, оҕуһунан, атынан оонньууллара, бу кыыллары сөбүлүүргэ, көрүүгэ-истиигэ үөрэтэр, оннук үгэһи иҥэрэр аналлаах эбитин умнан кэбиспиппититтэн, аныгы оҕолорбут тыа сиригэр үлэлииллэрин, олороллорун сөбүлээбэт буола улааталларыттан тыа сириттэн бараллара элбэх.
Мас ынахтары кэккэлэччи туруортаан, ыам кэмэ кэллэҕинэ ыан, ньирэйдэрин эмнэрэргэ, тардарга оҕо оонньуу үөрэммитэ үгэс буолан ийэ кутугар уурулуннаҕына сүөһүнү сөбүлүүр, көрөр-истэр кыаҕа улаатар. Хонууттан хомуйан ыам кэмигэр сайылыкка аҕалыы бэйэтэ туспа үлэ көрүҥэ буолан ынаҕы хомуйарга, көрдүүргэ үөрэтэр.
Ыаллаах буола оонньооһун, улахан дьон олохторун үтүктүү, кыра оҕону көрүүгэ-истиигэ үөрэнии, сааратыы олус улахан оруоллааҕын туһаммат буолбуппутуттан аныгы оҕолорбут ыал буолаат да арахса охсоллор, сорохтор букатын да ыал буолбаттар, кыра оҕону көрүү-истии туһунан ханнык да билиилэрэ суох буола улааталлар.
Оҕо улаатан бэйэтэ туспа ыалы тэринэригэр кыра эрдэҕинэ ыаллаах буола оонньоон оннук үгэһи ийэ кутугар үөскэтинэрэ наада. Манна араас таҥас сыыстарынан кыра оҕолору, кокууккалары оҥостон, олору көрө-истэ, саарата, утута оонньуура үгэс буолан кэлин ыал буолан олох олороругар олус улаханнык көмөлөһөр.
Туох эмэ араас маһынан уһана, дьиэ тута оонньооһун оҕо улааттаҕына үлэһит, тутааччы, уус киһи буоларыгар көмөлөһөр. Кыра эрдэҕинэ оонньооһунтан оннук үгэстэр үөскээннэр оҕо ийэ кута иитиллэригэр тириэрдэллэр. Сааланыы, булчут буола оонньооһун бултуур ньымаларга кыра эрдэхтэн үөрэниини, соннук үгэс үөскээнинин саҕалыыр.
Оҕо аралдьыйдын, мэниктээбэтин, оонньоотун эрэ диэн ханнык эрэ биллибэт, туох да туһата суох кылапачыйар оонньуурдарынан, араас биллибэт кыылларынан, бэйэбитигэр суох араас массыыналарынан оонньоторбут элбээһиниттэн оҕолорбут бэйэбит олохпутугар сыһыана суох дьон буола улааталлар. Киһи барыта летчик, космонавт кыайан буолбаттарын бары билэрбитинэн оҕону кыра эрдэҕиттэн албыннаабакка эрэ үөрэтиэххэ сөп.
Куһаҕан үгэстэргэ үөрэнии эмиэ оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕаланар. Төрөппүттэр кыра оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр дьиэ иһигэр арыгылыыр дьону үтүктэр күүһэ олус улаханын билэллэрэ наада. Манна итирбит дьон ырыалара, үөрэллэрэ-көтөллөрө сүрүн төрүөт буолан умнуллубат гына өйдөнөн хаалар кыахтанарын умнумуохха.
Курустаал таас үрүүмкэлэр лыҥкынас тыастара, сампааныскай арыгы тоҕо тэбэн эстэрэ, кураанах бытыылка муостаҕа төкүнүйүүтэ бары холбоон кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар хаһан да умнуллубат гына иҥэн хаалар кыахтаахтар.
Оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата сайдан иһэринэн оонньуура эмиэ уларыйан биэрэн иһэрэ наада. Манна оҕо өйө-санаата сайдыытыгар оонньуура уларыйан биэриитэ арыыйда эрдэлээн истэҕинэ өйө-санаата сайдыыта түргэтиир кыахтанар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ иитии, үөрэтии бу кэмҥэ ийэ кута иитиллэринэн ордук улахан суолталааҕын төрөппүттэр билэллэрэ, оҕолорун иитиигэ туһаналлара буоллар эрэллээх кэлэр көлүөнэлээх буолуохтара этэ. Бу үөрэххэ оҕоҕо ийэ кут үөскээһинин кэмин таба быһааран, аһаран кэбиспэккэ олоххо туһаныы ирдэнэр.
Кыра оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ аналлаах сахалар этиилэринэн «Туһа киһитэ» диэн буолар. Бу этии оҕо олох кыра эрдэҕиттэн тугу эмэни кыайар, көтөҕөр буолуоҕуттан ыла саҕалаан дьиэ иһигэр көмөлөһө, ону-маны аҕалан биэрэригэр үөрэтииттэн тирэх ылар. Оҕо ону-маны сыһан-соһон аҕалбытыттан, көмөлөспүтүттэн дьоно үөрдэхтэринэ, хайҕаатахтарына үөрэн-көтөн чаҕаарыйан, туһата өссө эбиллэн, кыаҕа баарынан көмөтө элбээн иһэрин таба туһанан үчүгэй үгэстэри иҥэринэрин ситиһиэххэ сөп.
Кыра киһи «туһалааҕын» билэн, туһаны оҥороруттан астынар, дьонун үөрдэ-көтүтэ барыга-бары саппай уопсан илин-кэлин түсүһэн иһэр. Бу кэмҥэ оҕо дьиҥнээхтик туһалыырынааҕар мэһэй-таһай буолара үгүс, ону тулуйан, хаҥыннарбакка, тэйиппэккэ тэҥҥэ илдьэ сылдьыы – саха оҕону үлэҕэ уһуйар сүрүн үгэһэ. (18,53 ).
Оҕо туһалааҕы оҥоро сатааһына үчүгэйи оҥорорго үөрэнии буолар. Туһа киһитэ буолуу оҕо олох кыра, тугу эмэни кыайан соһор буолуутуттан ыла саҕаланар. Кыайарынан туһалаах дьыалалары оҥоро үөрэниитэ үлэлииргэ, ону-маны сатыырга, үгэстэри үөскэтинэргэ туһалыыр.
Аан маҥнай туһа киһитэ буолуу туох эмэ дьиэтээҕи үлэҕэ-хамнаска көмөлөһүүттэн, көмө буолууттан, ылан-аҕалан биэрииттэн саҕаланара ордук тиийимтиэ. Ол аата эбэтэ, эһэтэ, ийэтэ эбэтэр аҕата тугу эмэ оҥороллорун көрөн туран, кыра да буоллар туһаны оҥорууттан саҕаланар. Эбэтэ быа хатарыгар биир быатын тутан биэрдэҕинэ улахан көмө буолар. Ийэтэ иһит хомуйдаҕына тирээпкэ да аҕалан биэрдэҕинэ, остуолу да сотон көмөлөстөҕүнэ улахан кыайыыны оҥорор, үлэлииргэ үөрэнэриттэн сыыйа-баайа үгэс үөскээн олохсуйар.
Эһэтигэр торуоскатын дуу, бэргэһэтин дуу аҕала охсон биэриитэ көмөлөһүү элбээн иһэрин биллэрэр. Тугу эмэ уһанар аҕатыгар туттар тэриллэрин ыла охсон биэрдэҕинэ улахан туһа, көмө киһитэ, үлэһит буолан иһэр кыахтанар. Улахан киһи тугу оҥороруттан матарбакка, туораппакка кыаҕа тиийэринэн аан маҥнай көмөлөһүннэрэн, онтон салгыы аны бэйэтигэр сөптөөх туттар тэриллэри биэрэн үлэлэтэ, бэйэтэ оҥорорун курдук тугу эмэ оҥотторо үөрэттэҕинэ бэйэтин курдук үлэһит буоларыгар олук ууран биэрэр.
Оҕо туох эмэ туһалааҕы оҥорбутуттан хайҕанар, өссө манньаланар буоллаҕына өссө элбэх туһаны оҥорон иһэр кыаҕа улаатар. Туһа киһитэ буолан тугу эмэ көмөлөһө үөрэниититтэн оҕо үлэлииргэ үгэһэ, онтон кэлин үөрүйэҕэ үөскээн олохсуйар.
Оҕоҕо туһа киһитэ буолуу олоҕор олус туһалаах хаачыстыба буоларын эдэр төрөппүттэр оҕолоро кыра эрдэҕинэ соччо аахайбаттар, улахан наадалаах дьыала курдук санаабаттарыттан кыһаммакка хаалларан, аһаран кэбиһэллэр. Ол эрээри оҕолоро улааппытын кэннэ тугу эмэ үлэлэтэ, оҥотторо, хамсата, көмөлөһүннэрэ сатаатахтарына киһилэрэ ситэ-хото оҥорон испэтиттэн, «туран-олорон биэрбэтиттэн» санааҕа ылларар кэмнэрэ кэлэр. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ үлэлииргэ үгэстэри үөскэтинэр кыаҕа туһа киһитэ буолуутуттан ордук түргэнник ситиһиллэр кыахтанарын билбэттэриттэн, өйдөөбөккө, аахайбакка, үгүс туһалаах үөрэҕи бэйэтин кэмигэр үөрэппэккэ таах хаалларан кэбиспиттэриттэн хайаан да хомойоллор.
Оҕо кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ буола оонньообута үлэлии үөрэниигэ үгэс буолан ууруллан үйэтин тухары туһалыырын умнубатахпытына, аһаран кэбиспэтэхпитинэ табыллар. Оҕо туһа киһитэ буолар кэмэ атаҕар туран хаамар буолуоҕуттан саҕаланан баран бэйэтин өйө-санаата киириититтэн, ол аата 6 сааһын кэнниттэн, аҕыйаан барарын умнубаппыт наада. Бу кэмҥэ оҕо үлэлиир үгэстэргэ үөрэнэн ийэ кута иитиллэрэ ураты түргэн. Имигэс этэ-сиинэ үлэ араас уустук хамсаныыларын олус түргэнник баһылыыр кыахтааҕын маннык холобуртан билиэххэ сөп. Ол курдук сабы иннэҕэ угуу уустук, сытыы харах, имигэс илии наада. Оҕо иннэҕэ сабы угарга үөрэннэҕинэ, тып курдук уга охсон кэбиһэринэн улахан киһини да кыайыан сөп.
Оҕо улаатан бэйэтин өйө-санаата салайар кэмигэр киирбитин кэннэ тугу барытын оҥороругар аан бастаан бэйэтигэр туһалаах өттүн оҥорорго дьулуһар. Бу баҕа санаа аһара баран хаалыыта бэйэмсэх буолуута улаатарыгар тириэрдэн төрөппүттэрин этиилэрин ылыммата элбиир. Кыра эрдэҕинэ үлэлииргэ-хамсыырга, туһа киһитэ буолууга үөрэммит үгэстэрэ эрэ дьайалларыттан улаатан, бэйэтин араас баҕа санаалара элбээбит эдэр киһи, кыра эмэ бириэмэ булунан кырдьаҕас төрөппүттэригэр көмөлөһөр кыахтанар. Онон кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлиир үгэстэргэ үөрэммэтэх эдэр киһи улаатан баран кыайа-хото үлэлиир-хамсыыр киһиэхэ кубулуйара отой аҕыйах.
Элбэхтик ыаллаах буола оонньуу үөрэммит оҕо элбэх оҕолонон, урууланан төрүт ыал ийэтэ, аҕата буолар кыаҕа олус улахан. Ол курдук кыра эрдэҕинэ тугу оонньообутуттан үөскээбит үгэстэрэ, ийэ кута киһини үйэтин тухары салайаллар. Аҥардас ийэ ииппит оҕото соҕотоҕун улаатан баран, ыал буолан элбэх оҕолоноро-урууланара саарбах соҕус. Эмиэ ийэтин курдук аҥардас ийэ буолар кыаҕа ордук улахан буолан хаалара кэлин хомотуон сөп.
Оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата сайдан иһэринэн тугу саҥаны оҥорбута, билбитэ, көрбүтэ өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы, урут билбэтин, оҥорботун оҥоруу буолан ууруллан, иҥэн иһэрэ ураты күүстээх. Оҕо саҥаны айан, киһи оҥорботун оҥорон иһэрэ хаһан баҕарар элбэх. Ол курдук хос ааныгар ыйанан биэтэҥнии оонньоотоҕуна тохтотон, бу куһаҕан быһыы, үчүгэй оҕо манныгы оҥорбот диэн этэргэ тиийиллэр. Холодильник эбэтэр ыскаап аанын аһан-сабан лабырҕаттаҕына эмиэ үчүгэй оҕо маннык быһыылары оҥорбот диэн тохтоттоххо эрэ табыллар. Оҕону үчүгэй быһыылары оҥорорго үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын үтүгүннэрэн үөрэтии үчүгэй киһи – таҥара үөскээһинигэр тириэрдибитин табатык өйдөөн, оҕону иитиигэ туһаныахпытын наада.
Онон оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ оонньоон, көмөлөһө сылдьан, туһа киһитэ буола үөрэммит үгэстэрэ ийэ кутун үөскэтэллэр уонна үйэтин тухары дьайа сылдьаллар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ буолууга, үлэҕэ-хамнаска, үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын оҥорорго үөрэтии, улаатан үчүгэй майгылаах, кыайыылаах үлэһит буоларыгар олук буолар.
YЛЭ ИККИ АРААСТААХ
Саха дьоно «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этэллэр уонна былыр-былыргыттан үлэ икки араастааҕын арааран билэллэр. Салайааччы, дьаһайааччы, тойон киһи элбэхтик өйүн үлэлэтэрин, кэтэх тардыстан сытан эбэтэр оһох иннигэр оллоонноон олорон эрэ санаатыгар оҥорон, тэҥнээн көрөн, сыаналаан быһаарарын, илии үлэтинэн, отунан-маһынан дьарыктанааччыттан букатын атынын «Тойону отунан-маһынан оҥорбоккун» диэн этии баара быһаарар.
Олох сайдан, экономика күүһүрэн истэҕинэ үлэ икки арааска арахсара ордук биллэр буолла. Yлэ икки араастара манныктар: 1. Илии үлэтэ. Эти-сиини күүскэ хамсатан бэйэ күүһүнэн, сүгэн-көтөҕөн үлэлээһин.
2. Өй үлэтэ. Бу үлэҕэ сымнаҕас, элбэх хамсаныыта суох үгүстүк олорон эрэ өйүнэн-санаанан үлэлэнэр сурук, үөрэх, салалта үлэлэрэ бары киирсэллэр.
Урукку кэмҥэ тиэхиникэ сайда илигинэ биһиги дойдубутугар үлэ барыта кэриэтэ илии үлэтин күүһүнэн барара. Сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойутаан туран, үгүстүк көтөҕөн, сүгэн араас үлэни үлэлииллэрэ. Бу үлэҕэ ким кыахтаах, күүстээх, элбэхтик үлэлээн тугу эмэ ситиһэрэ көстө биллэрэ. Үлэ оҥорумтуота биир киһи күүһүнэн-кыаҕынан кэмнэнэрэ уонна норуокка «Бери побольше, кидай подальше» диэн этиинэн сыаналанара.
Кэнники кэмҥэ үгүс саха дьонун оҥорон таһаарар үлэлэринэн сүөһү; таба, сылгы уонна ынах көрүүтэ буолла. Сайыҥҥы кэмҥэ от өлгөмнүк үүннэҕинэ, кыайа-хото оттоон элбэх сылгыны, ынаҕы сыл таһаарыы кыаллар. Уһун кыһыннаах, бытарҕан тымныылаах дойдубутугар тыа хаһаайыстыбатын үлэлэрэ билигин даҕаны олус ыараханнык илии үлэтин күүһүнэн үлэлэнэллэр. Ходуһаларга от үүнүүтэ уонна оту оттооһун айылҕаттан аһара улахан тутулуктааҕа кыратык даҕаны уларыйа илик.
Былыргы кэмнэргэ бэрэбинэ дьиэни уонна кирпииччэ оһоҕу оҥосто үөрэниэххэ диэри унньуктаах уһун кыһыны быһа тоҥон хаалымаары көмүлүөк оһоҕу оттууга үгүс кыах-күүс барара. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга саха ыалыгар уокка оттунар маһы бэлэмнээһин биир сүрүн үлэлэринэн буолара, күҥҥэ биирдии сыарҕа оттук маһы сиэн кэбиһэр көмүлүөк оһоҕу куруук оттон биэрэ турдахха эрэ, дьиэ иһэ чоҥкуйа тоҥмот этэ.
Тас үлэ диэҥҥэ дьиэ таһыгар үлэлэнэр бары үлэлэр киирсэллэр. Тыа дьоно ааҕалларынан, бу үлэлэр ордук ыарахан, кытаанах үлэлэринэн ааҕыллаллар. Биһиги хатан, тыйыс тымныыбытыгар, тыалга-кууска күнү быһа таһырдьа сылдьыы бэйэтэ ыарахан, сылаас, түү да таҥастаах киһи тоҥон хаалымаары куруук хамсана сырыттаҕына эрэ сатанар. Эр дьон бэртэрэ, доруобайдара эрэ үйэлэрин тухары тас үлэни кыайаллар.
Тыа сиригэр оҥорор, тутар үлэлэр бары кэриэтэ тас үлэлэргэ киирсэллэр. Бу ыарахан үлэлэри үлэлээн-хамсаан тугу эмэ туһалааҕы оҥордохторуна, ситистэхтэринэ эр дьон үлэлэрэ сыаналанар.
Дьиэ тас үлэлэригэр киирсэллэр; мас кэрдиитэ, тиэйиитэ, эрбээһинэ, хайытыыта, кыстааһына, муус киллэриитэ, тиэргэн хаарын күрдьүүтэ, хотоҥҥо от тиэйиитэ, киллэриитэ, уу баһыыта уонна да атыттар. Бу быстах диэн ааттанар үлэлэри барыларын эр дьон сүрүн үлэлэрин тас өттүнэн оҥороллор.
Дьиэ ис үлэтэ – сууйуу-сотуу, ас, таҥас бэлэмнээһинин үлэлэрэ. Бу үлэлэр сылаас сиргэ үлэлэнэр үлэлэринэн, сымнаҕас үлэнэн ааҕыллаллар. Билигин араас элбэх хонтуоралар үлэлэрэ бары тэҥнэһэннэр дьиэ иһинээҕи үлэлэргэ киирсэллэр.
Өй-санаа сайдан иһиититтэн үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта быһаччы тутулуктанара уонна онтон тирэх ылан сайдыыта өй-санаа баһыйан, бастаан, олоҕу салайан иһэрин бигэргэттэ. Yөрэх-билии сайдан истэҕин аайы үгүс илии үлэлэрин араас тиэхиникэлэр солбуйаннар өй үлэтинэн дьарыктанааччылар эбиллэн иһэллэр. Сайдыылаах дойдуларга илии үлэтэ лаппа аҕыйаабыта дьон эттэрин-сииннэрин аналлаах эрчиллиилэри, хамсаныылары оҥорон эрэ дьарыктыылларыгар тириэртэ.
Өй үлэтинэн дьарыктаныыны үгүстүк илиилэринэн үлэлиир дьон чэпчэки үлэнэн ааҕаллар. Кинилэр куруук хамсанан, сүгэн-көтөҕөн үлэлииллэр, биирдэ эмэ олоро түһэн сынньанан ылаллар, ол иһин санааларыгар өй үлэтинэн дьарыктанааччы үгүстүк олорорун сынньалаҥынан ааҕаллар. Итиннэ эбии өй үлэтэ сылаас дьиэҕэ-уокка үлэлэнэриттэн, тоҥуу-хатыы суоҕуттан кырдьык да чэпчэки үлэҕэ киирсэрэ сөп.
Yөрэҕи-билиини баһылааһынтан өй үлэтинэн дьарыктаныы саҕаланар. Уһуннук олорон эрэ өй үлэтинэн дьарыктаныы эт-сиин хамсыыр-имсиир дьоҕурун сыыйа-баайа сүтэрэн барыытыгар тириэрдэр. Тыыннаах киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн туспа барар кыаҕа суох. Өй-санаа бары эньиэргийэтин эттэн-сиинтэн быһаччы ыларыттан эт-сиин мөлтөөтөҕүнэ, сыыйа-баайа өй-санаа эмиэ мөлтүүргэ тиийэр. Эти-сиини анаан-минээн дьарыктааһын, эрчийии өй үлэтинэн дьарыктанар дьоҥҥо хайаан да наада. Куруук сылаас сиргэ сылдьыы, үлэлээһин киһи тымныыны тулуйар дьоҕурун мөлтөтөрүн тэҥэ, ыарыыларга утарылаһар дьоҕурун суох оҥорон, эти-сиини мөлтөтөрүттэн тымныйан ыалдьыы кэлин кэмҥэ куорат дьонугар лаппа элбээбитэ бэлиэтэнэр.
Сахалар «Yлэлиир-хамсыыр» диэн холбуу этиини куруук туһаналлар. Эт-сиин хаһан баҕарар хамсаннаҕына эрэ табыллар, бары сүһүөхтэрэ имиллэн, тэнийэн биэрэн иһиэхтээхтэр. «Сүһүөҕү тэнитии» диэн сүһүөхтэри ууннары тардынан, тыыллаҥнаан эрчийии ааттанар. Киһи хамсыыра аҕыйаатаҕына сүһүөхтэрэ өр кэмҥэ хамсаабаккалар хам хатыраннар, уҥуохтара чарааһааннар үйэтэ кылгыыр. Эти-сиини эрчийии, хамсатыы син-биир үлэттэн тахсар. Эт-сиин хамсааһыҥҥа, үлэҕэ куруук наадыйарын умнумуохха.
Ханнык баҕарар үлэни кыайа-хото таһаарыылаахтык уонна уһуннук үлэлииргэ 50 мүнүүтэ тохтообокко үлэ кэнниттэн 10 мүнүүтэ тохтуу түһэн, эти-сиини сынньатан, өйү-санааны аралдьытан ылыы наада. Өй үлэтинэн дьарыктанар киһи бу кэмҥэ этин-сиинин эрчийиинэн, хамсаныыларынан дьарыктанан ылара этэ-сиинэ бөҕө туруктаах буоларын хааччыйыан сөп.
Сайдыылаах, үөрэхтээх-билиилээх дьон куһаҕаннык саныыр илиилэрин үлэтин үлэлээбэтэхтэринэ эбэтэр эттэрин-сииннэрин анаан-минээн хамсаныыларынан эрчийбэтэхтэринэ эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөн-ахсаан, хамсыыра-имсиирэ аҕыйаан иһэрин, үйэлэрэ кылгыырын араас суруйуулартан билиэхтэрин сөп.
Эти-сиини эрчимнээхтик хамсатан илиинэн күүскэ үлэлиир-хамсыыр кэм кэлэн бүтэрин спортсменнэр билэллэр. Киһи эдэр сэнэх эрдэҕинэ хамсанан-имсэнэн, этин-сиинин элбэхтик эрчийэн, илии үлэтинэн күүскэ үлэлээн баран, сааһыран истэҕинэ этэ-сиинэ мөлтөөн-ахсаан урукку кыайара-хоторо аҕыйаан барар.
Сааһыран истэххэ өй-санаа мунньуллан эбиллиитинэн туһанан өй үлэтинэн дьарыктаныыга киһи көһөн биэриитэ олох биир тутаах ирдэбилэ буолар. Ол курдук бэйэтэ илии үлэһитэ киһи сааһырдаҕына элбэх оҕолорун үлэлэрин-хамнастарын салайар, сиэннэрин үлэҕэ-хамнаска үөрэтэр кэмигэр илии ыарахан үлэлэриттэн тэйэн, салайар, дьаһайар үлэҕэ көһөн барыыта тиийэн кэлиэн сөп.
Онон киһи айылҕатын быһыытынан эдэр-сэнэх, кыанар эрдэҕинэ элбэхтик этин-сиинин хамсатан үлэлээн, эрчийэн, үөрүйэх оҥорон баран, сааһыран барыытыгар өй-санаа үлэтигэр көһөн дьарыктанара ирдэнэр. Киһи сааһыран истэҕинэ өй-санаа мунньустан, элбээн, дириҥээн иһэрин саха дьоно билэллэр, ол иһин өй-санаа үлэтинэн дьарыктаныы, кэлэр көлүөнэлэргэ олох уоппутуттан бэрсии ордук улахан туһаны аҕалыан сөп.
БААЙ уонна ДЬАДАҤЫ
Киһи өйүн-санаатын олорор олоҕо кыра эрдэҕиттэн чочуйан оҥорор диэни дьон-аймах бары билэллэр. «Бытие - определяет сознание» диэн омуктар этиилэрэ итини бигэргэтэр. Kиһи хайдах олохтооҕуттан өйө-санаата тутулуктааҕа ханнык да саарбах¬тааһына суох буолла. Урукку кэмҥэ дьадаҥы дьон оҕолоро муҥкук¬тар, иннилэрин-кэннилэрин ситэ быһаарыммат килбиктэр, хоргустар диэн былыргыны, ыраахтааҕы саҕанааҕы кэми суруйааччылар бэлиэтээн суруйаллара. Онтон баай дьон оҕолорун «Тот оҕото дохсун, баай оҕото бардам» диэн этиинэн майгыларын толору быһаараллар этэ. Бу этиилэр киһи олоҕут¬тан өйө-санаата тутулуктаах диэн быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэллэр.
Сэбиэскэй былаас уһун кэмҥэ Россия дьонун өйүн-санаатын буккуйан, киһи барыта тэҥ буолар диэн үөрэтэ сатаабыта. Бу үөрэх төрдүттэн сыыһата, ол аата киһи барыта кыайан тэҥнэспэттэрэ, перестройка хамсааһына үөскээһинигэр тириэрдэн сэбиэскэй былаас түргэнник, улахан утарсыыта суох сууллубута. Ол да буоллар, бу уһун кэмнээх үөрэх сабыдыалынан Россия дьоно баай уонна дьадаҥы дьон өйдөрө-санаалара төрдүттэн уратыланалларын, өссө сорох өттүлэринэн утарыта туралларын арааран, быһааран билэ иликтэр. Билигин дьон бары тэҥэ суохтарын син билинэннэр аны капиталистардыы сайдыы суолугар сыыйа киирэн эрэбит.
Дьон олоҕо биир тэҥ буолара кыайан ситиһиллибэт ыраах эбититтэн коммунизм идиэйэтэ улаханнык мөлтөөтө. Коммунизм идиэйэтэ дьон өйө-санаата олус өр кэмҥэ сайыннаҕына, көннөҕүнэ, тубустаҕына эрэ ситиһиэн сөптөөх ыра санаата буолара чахчы билиннэ. Бу ыра санааны үс көлүөнэ дьон олохторун устата күүһүлээн туран ситиһэ сатааһын кырдьык кыаллыбатын Сэбиэскэй Сойуус үрэллиитэ дакаастаата. Итини тэҥэ оҕо өйө-санаата төрөппүттэрин үгэстэриттэн, үөрэхтэриттэн, олохторуттан чиҥ билиини ылынан, үгэстэргэ үөрэнэн салгыы сайдан истэҕинэ эрэ туруктаах өйгө-санааҕа кубулуйарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарарын умнубуппут эдэрдэрбит өйдөрө-санаалара туруга суох буолуутугар, араас быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээһинигэр тириэртэ.
Сир үрдүгэр олорор дьону барыларын хайдах олохтоохторуттан көрөн биэс сүрүн араҥаҕа араарыахха сөп. Бу дьон олохторун таһымыт¬тан тутулуктанан өйдөрө-санаалара эмиэ биллэрдик уратылаһалларын тэҥнээн көрүү быһаарар:
1. Мөлтөх өйдөөх-санаалаах быстар дьадаҥы дьон. Бу дьон үгүстэрэ араас ыарыыларынан ыалдьаллар, доруобуйалара мөлтөх, үлэлиир-хамсыыр кыахтара олус аҕыйах. Олохторун тупсарар туһугар тугу да оҥо¬рор санаалара да, кыахтара да суох, атын дьон көмөлөрүгэр, көрүүлэригэр наадыйаллар, тото аһаатахтарына уонна ханна эмэ сытар сирдэннэхтэринэ бары баҕа санаалара туолар. Бу дьон кэмиттэн көрөн баар дьонтон 5 эбэтэр 10 бырыһыаннарыгар тиийэ ылаллар.
2. Тиийиммэт, аҥалатыҥы өйдөөх-санаалаах дьон. Үгүстэрэ дьадаҥылар. Бу дьон баҕа санаалара намыһах, эттэрэ-сииннэрэ, доруобуйалара мөлтөх, үлэлиэхтэрин, хамсыахтарын соччо баҕарбаттар, быстар дьадаҥы дьону ордугургуу, барыта бэлэмҥэ сылдьыахтарын баҕара саныыллар, кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үөрүйэхтэрэ суоҕуттан үлэни-хамнаһы кыайбаттар, ыгааһын, күһэйии күүһүнэн тугу эмэ кыраны, ким эмэ эппитин эбэтэр үтүктэн оҥоро сатыахтарын сөп. Бэлэмҥэ, улахан эрэйэ суох көстөргө тииһинэ сатыыллар, олус көрдөстөр. Бары дьонтон 10 эбэтэр 15 бырыһыан-нарын ылыахтарыгар сөп.
3. Дьон саамай элбэх ахсааннарын ортоку баайыылаахтар ылаллар. Бу дьон бэйэлэрин үлэлэринэн-хамнастарынан айахтарын иитти-нэллэр, үгүс туһалаах дьыалалары оҥороллор, бары баҕа санааларын, көрдөбүллэрин бэйэлэрин кыахтарыгар тэҥнээн биэрэри ситиһэллэр. Кыра эрдэхтэриттэн итиигэ-тымныыга үлэлии-хамсыы үөрэнэннэр тулуурдаахтар, дьулуурдаахтар, доруобуйалара бөҕө. Олохто¬рун тупсаран иһии, үөрэҕи-билиини баһылааһын диэки тардыһар баҕа санаалара күүстээх. Yлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлииллэр, оҕолорун бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэр. Үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэрэ олохторун сиэриттэн үөскээн тахсар. Оҕоло¬рун барыны-бары сыаналыырга, харыстыырга, хаһан да киһи быһыытын аһара барбат буолууга үөрэтэллэр. Элбэхтик Айылҕаҕа сылдьан үлэлииллэриттэн-хамсыылларыттан үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэрэ айылҕаттан туту¬луктаахтар. Ол курдук сырдыгы, үрүҥү үчүгэй, онтон хараҥаны, хараны куһаҕан диэн ылыналлар. Дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын барыларын билэллэр, оҕолорун олору оҥорбот буолууга үөрэтэллэр, ол иһин куһаҕан быһыылары оҥороллоро аҕыйах. Былыргы үгэстэри, сиэрдэри туомнары тутуһаллар, төрөппүттэрин, өбүгэлэрин ытыктыыллар, айылҕаны харыстыыллар.
Үлэһит киһи кэлэр көлүөнэлэрин туһугар олоҕун олорор. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үчүгэй, киһилии майгыга, үлэни-хамнаһы сатыырга, кыайарга үөрэтэр. Олох, дьон-аймах сайдыыны ситиһиилэрин сокуона алларааттан өрө, ол аата дьадаҥыттан байыы диэки хайысхаланан сайдан иһэр. Үлэлии-хамсыы үөрэнииттэн, тулуурдаах, дьулуурдаах буолууттан үлэһит дьон кэлэр көлүөнэлэрэ байан-тайан тахсыахтарын сөп.
Үлэһит дьон оҕолоро тулуурдаах, барыны-бары кыайыыга дьулуурда¬ах, санаабыт санааларын ситиһиигэ дьүккүөрдээх, үлэни-хамнаһы кыайар буола улааталлар. Саха үлэһит дьоно «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонун тутуһан оҕолорун иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн үчүгэйгэ тардыһар баҕа санаалара өссө күүһүрэн, хаһан баҕарар ситиһэр кыахтара элбээн иһэр.
Үлэһит дьон өйдөрө-санаалара аһара баайдар өйдөрүн-санааларын кытта хайа да өттүнэн сөп түбэспэттэр. Хата үгүс өрүттэринэн утарыта турар хайысхалаахтар. Дьадаҥы уонна аһара баай дьон өйдөрө-санаалара былыр-былыргыттан сөп түбэспэттэрин туоһутунан бэйэ-бэйэлэрин кытта аймахтыы буолан холбоспотторун былыргыны суруйааччылар уонна Сэһэн Боло бэлиэтииллэр. Оччолорго, өй-санаа сайдыытын таба сыаналыыр эрдэхтэринэ аһара баай уонна үлэһиттэр олус тус-туспа санаалара дьайан, киһилии быһыылаах оҕолору иитэн-үөрэтэн улаатыннарбаттарын билинэллэр эбит. Ийэ уонна аҕа иккиэн атыны, тиэрэни, тус-туспаны этэн үөрэттэхтэринэ, оҕолоро хайаларын да үөрэҕин ылыммат буолар уратылааҕын, быстах майгыланан хааларын оччолортон учуоттууллар, аахсаллар эбит.
Былыр-былыргыттан саха омук баайа баайыгар, дьадаҥыта дьа-даҥытыгар наардаан эр ойох буолаллара. Дьадаҥы киһи уола баай киһи кыыһын ойох ылбат, баай киһи кыыһа дьадаҥы киһи уолугар эргэ тахсыбат. Өскө баай киһи кыыһа дьадаҥы киһи уолугар эргэ таҕыстаҕына, эбэтэр баай киһи уола дьадаҥы киһи кыыһын ойох ыллаҕына, улахан үөҕүүгэ, сиилээһиҥҥэ, хоһулааһыҥҥа сылдьар. Саамай былыр улуу баайдар түһүмэхтээх уруу диэн тэрийэллэрэ үһү. Онно ат сүүрдүүлээх, күөн көрсөр бөҕөстөрдөөх, быһый дьоннор-доох уонна мүһэ былдьаһыыта диэн икки өттүттэн тардыһар күүстээх киһилээх буолаллар. Дьадаҥы ыал уруутугар баайдар, орто баайдар букатын сылдьыбаттар. (19,54-55).
4. Ортоку баай дьон. Үлэлээн-хамсаан, бары кыахтарын туһанан ортоку баайыылаах үлэһит дьонтон үүнэн, сайдан, баайы-малы мунньунан өрө тахсан иһэллэр. Сайдыы-үүнүү диэки тардыһар баҕа санаалара ордук күүстээх. Үчүгэйи, саҥаны булан олоххо киллэрэннэр өссө байан, тупсан иһиэхтэрин баҕараллар, ол туһугар үлэлииллэр. Үгүстэрэ урукку олохторун үөрэхтэ¬рин, үгэстэрин умнубакка тутуһа сылдьааччылар. Бэйэлэригэр туһалааҕын биллэхтэринэ араас сиэри-туому тутуһа сатыыллар. Дьон-аймах доруобай, эрчимнээх соҕус өттүлэрэ, сайдыыны-үүнүүнү ситиһэччилэрэ барыларыттан 10 эбэтэр 15 бырыһыаннарын ылаллар.
5. Аһара баайдар. Ханнык да сиэри-туому, итэҕэли билиммэт дьон, сокуоннары бэйэлэрин тустарыгар суруттарыахтарын баҕара саныыллар. Бу дьоҥҥо, биһиги эрэ баарбыт диэн өйдөбүл олус дириҥник иҥэр. Атын дьону барыларын аанньа ахтыбаттар, бэйэлэригэр туһаны оҥорооччуларынан эрэ ааттыыллар. Дьон ахсааннарыттан 5 эбэтэр 10 бырыһыаннарын ылыахтарын сөп.
Аһара баай дьоҥҥо үҥэр таҥаралара диэн суох. Кинилэр таҥаралара харчы, баай буолар. Дьадаҥы дьоҥҥо кыра, быстах баҕаларын толордохторуна, сиэртибэлэри, көмөлөрү оҥордохторуна бэйэлэрэ дьадаҥы дьоҥҥо тэҥнээтэххэ таҥара курдук буолан хаалаллар. Туһанар дьон аһара арбаатахтарына бэйэлэрэ даҕаны таҥара курдук сананарга түргэнник үөрэнэллэр. Сорох дьадаҥы дьоҥҥо ону-маны бэристэхтэринэ, кырдьык кинилэри абырыыр, көрөр-истэр, харыстыыр таҥараларын курдук сананаллар, бары баҕаларын толорор кыахтаах курдук көстөллөр.
Бэйэлэрэ ханнык да таҥараны итэҕэйбэт эрээрилэр кыра, дьадаҥы дьоҥҥо үчүгэй курдук көстөөрүлэр, ханнык эрэ, бэйэлэригэр туһалаах таҥараны итэҕэйэр курдук тутталлар.
Ааспыт «социализм» кэмигэр коммунистар дьону барыларын тэҥнэр диэн үөрэҕи быһаччы тутуһаннар бары дьону үгүс ахсааннаах ортоку баайыылаах үлэһиттэргэ тэҥнии сатаабыттара. Ол түмүгэр сайдыы-үүнүү диэки күүскэ тардыһыылаах, саҥаны, ситиһиини оҥоро сатыыр дьон бэртэрин туоратан, хаайталаан, суох оҥортоон кэбиһэннэр сайдыыны ситиспэт, хаалан хаалыы, «застой», най барыы кэмэ тиийэн кэлбитин бары билэбит.
Оҕону үөрэтиигэ баай киһи аһара баран иһэр. Оҕотун аһара маанылыыр, атаахтатар. Тугу да оҥорорун барытын көҥүллүүр, тугу да боппот, барыта көҥүлүнэн буолан иһэр. Тугу эмэ харыстыыр, сэрэнэн туттар диэн өйдөбүл хаһан да иҥэриллибэт. «Халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан» иитиилээх киһи буола улаатар, баайынан киэптээһин, «Мин дуо?» дэнии өйө-санаата кыра эрдэҕиттэн иҥэриллэр.
Атаах оҕо өйүгэр-санаатыгар «Мин тугу баҕарар оҥорорум көҥүл» диэн өйдөбүл киирэн олохсуйар. Ийэтэ, аҕата оҕолоро тугу оҥорорун көрбөтөхтөрүнэ, куһаҕаны оҥорорун бопсубатахтарына- хаайбатахтарына, көннөрбөтөхтөрүнэ тугу талбытын оҥороро эбиллэн иһэр, онно эбии тугу көрдөөбүтүн барытын булан биэрэн истэхтэринэ туох өйүгэр түспүтүн барытын көрдөөн, булларан иһэргэ үөрэнэр.
Маннык иитиилээх оҕо улаатан истэҕинэ бу өйө-санаата дириҥээн, кэҥээн иһэр. Тугу ба¬рытын оҥоро үөрэммитэ үчүгэйи да куһаҕаны да арааран билбэтигэр тириэрдэр, ол иһин хайатын баҕарар элбэхтик оҥорор киһиэхэ кубулуйар. Kуһаҕан быһыыны оҥоруу ордук чэпчэки, алдьатар оҥорор буолбатах, быһаара, сыаналыы сатаабакка, эрэйэ суох оҥоруллар буолан оҕо үгүстүк куһаҕаны оҥоруу диэки салаллан хаалыан сөп. Ким да буойан тохтоппотуттан куһаҕаны оҥороро эбиллэн иһэр.
Куһаҕаны оҥорбутун кэнниттэн төрөппүтэ өйдөтөн мөҥөрүн, аны маннык быһыыны оҥорума диэн этэрин оннугар көмүскэстэҕинэ, харыстастаҕына, өссө оннук быһыыны оҥороро эбиллэр. Тугу да оҥордохпуна төрөппүтүм көмүскүө диэн өйдөбүл дириҥник иҥэн, олохсуйан хаалыыта куһаҕан быһыыта элбииригэр тириэрдэр.
Сахалар былыргы баайдара оҕолорун иитэллэригэр уустуктар баал¬ларын билинэн бастакы оҕолорун дьадаҥыларга биэрэн ииттэрэн ылаллар эбит. Ыал улахан оҕотун дьадаҥы ыалга ииттэрии атын оҕолорун өйдөрүгэр-санааларыгар дьайыытын В.Ксенофонтов дакаастаабыт. Кини улахан оҕотун Г.В.Ксенофонтовы дьадаҥы ыалга ииттэрэн, киһилии майгылаах буоларын ситиспитин таһынан атын оҕолоро убайдарын үтүктэннэр бары киһи быһыылаах, олоҕу табатык сыаналыыр, дьон бары тэҥник, үчүгэйдик олороллорун туһугар олохторун да харыстаабакка охсуһар буола улааппыттар. (20,16).
Биллэр баай, улуус быыбарынай кулубатын уола Сэһэн Боло улаатыар диэри эмиэ дьадаҥы таайдарыгар иитиллибитэ. (21,4). Кини үлэһит дьоҥҥо иитиллибитэ, кинилэр курдук санааламмыта үгүс үлэлэ¬риттэн биллэр.
2000 сыл алта ыйыгар сакаастанан оҥоруллубут 249 өлөрүүлэртэн 9 эрэ арыллыбыт, 1999 сыл аҥарыгар 289 өлөрүү буолбутуттан 11 эрэ арыллыбыт. Милиция үлэһиттэрэ бу сакаастаан өлөрүүлэр туох тэриллэринэн оҥоруллубуттарын сиһилии үөрэтэллэр. Арай хайа дьону, тоҕо сакаастаан өлөрөллөрүн үөрэтэ сатаабаттар. Бу өлөрүллүбүт дьон бары кэриэтэ улахан баайдар, араас бас билии көрүҥнэрин бас билээччилэр эбиттэр. Ити өлөрүүлэр биһиги дойдубутугар бас билиини, баайы үллэстии билигин да бара турарын биир биллэр бэлиэтинэн буолаллар. (22,10). Итини тэҥэ байыыттан дьон олохторо кылгыырын, быстах быһыыларга түбэһиилэрэ элбиирин ити быһаарыы эмиэ дакаастыыр.
Россия олохтоохторун өйдөрө-санаалара икки аҥы хайдыһыылара салҕанан баран иһэр. Аһара баай дьон элбээн иһиилэрэ үгүс үлэһиттэр быста дьадайан барыыларын үөскэтэр. Ол курдук баай мунньулуннаҕына эбиллэн иһэр, эбиискэ күүстэнэр-уохтанар, баттааһыны оҥороро улаатар. Мунньуллубут баайы сатаан туһаныы государство олоҕун туруктаах оҥорор. Олус элбэх баай биир быстах өйдөөх-санаалаах киһи илиитигэр киирэн хаалар куттала, туохха, үчүгэйгэ дуу, куһаҕаҥҥа дуу туһаныллара биллибэтэ үлэһит дьон, баайы-малы оҥорооччулар олохторун туруга суох оҥорор.
БАЙЫЫ
Экономика, үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта күүскэ сайдыыта дьон олоҕо тупсан иһиитин үөскэтэр уонна түргэтэтэр. Иккис тыһыынча сылларга билии-көрүү Европаттан саҕаланан Аан дойдуга тарҕанан барбытын быһыытынан бу дойдулар билиҥҥи кэмҥэ сайдыыны баһылаан иһэллэр.
Билигин сайдыылаах дойдулар олохтоохторун үгүстэрин баҕа санаалара байыыны-тайыыны ситиһии диэки салаллан турар. Кинилэр бары үөрэхтэрэ баай-талым олох үчүгэйин, киһиэхэ барыта-бары баар буоллаҕына, олоҕо тупсарын туһунан үөрэтэллэр. Бу дьон ситиспит олохторо, үлэлэрэ кырдьык даҕаны үлэлиир киһи сөптөөх хамнаһы аахсан олоҕун баай-талым оҥосторугар кыаҕы биэрэллэр. Ол быыһыгар аһара байбыт дьон бааллара ханнык да хааччаҕы, сууту-сокуону билиммэт буолуу үөскээһинигэр эмиэ тириэрдэллэр.
Баайы-малы мунньунуу, булунуу, туох барыта икки өрүттээҕин курдук, эмиэ икки араастаах. Сорох дьон онтон-мантан булан-талан түргэнник баайы-малы булуналлар. Онтон атыттар хас да көлүөнэ устата үлэлээннэр-хамсааннар баайы-малы сыыйа мунньуналлар.
Аныгы үйэҕэ киһи олоҕор сөп түбэһэр баайдаах-маллаах буоллаҕына эрэ табыллар. Олох сайдан иһиитэ биир киһиэхэ тиксэр баай-мал эбиллэн иһиитин үөскэтэр. Урут саха ыалын балаҕанын иһигэр миэбэл диэнтэн сандалы, олоппостор эрэ баар эбит буоллахтарына, билигин ыал дьиэтин иһэ араас миэбэлинэн толорутун таһынан элбэх олоххо туттуллар тиэхиникэлэринэн эмиэ хааччылынна. Араас таҥас сууйар массыыналар, холодильниктар компьютердар, телевизордар хас ыал аайы бааллар.
Былыргы дьон оҕуһунан уонна атынан үлэлээн, айаннаан сылдьыбыт эбит буоллахтарына билигин араас тыраахтардар, массыыналар ахсааннарын киһи ааҕан сиппэт элбэхтэр. Омук массыыналара сылтан сыл аайы ордук тупсан, киэркэйэн айанныыры чэпчэтэн иһэллэр. Олох сайдан иһиититтэн дьон ситиспит ситиһиилэрин оҥорон таһаарыытынан туһаналлара эбиллэн иһэр.
Дьон бары олорор олохторун тупсаран иһиэхтэрин баҕараллар, кыахтара баарынан ол туһугар үлэлииллэр. Олох тупсуута баайы-малы кытта сибээстээх, баай-мал эбиллэн иһиитигэр тириэрдэринэн бары кэриэтэ байыахтарын баҕараллар. Киһи үлэлээн-хамсаан эбиискэ баайы-малы булан, мунньунан иһиитэ итинник, үтүөҕэ баҕарар өй-санаа үөскээн олохсуйарыгар тириэрдэр. Олох салгыы сайдан иһиитэ ити баҕа санаа өссө улаатан, үрдээн биэриитин үөскэтэр. Баай-талым олоххо баҕарыы дьон үлэҕэ-хамнаска кыа-йыыны, тупсарыыны, ситиһиини оҥороллоругар, өссө байалларыгар ыҥырар, угуйар, инники диэки сирдээн иһэр баҕа санааны үөскэтэр. Бу баҕа санаа ыҥырар, угуйар, дьону хамсатар, үлэлэтэр, саҥаны айан-тутан туһаҕа таһааран иһэллэригэр күһэйэр олус туһалаах күүс буолар. Бу күүс олоҕу иннин, сайдыы диэки сыҕарытар аналлаах.
Баай-талым олоххо баҕара, ымсыыра санааһын киһи бу олоҕунан ас¬тымматын үөскэтэн, олоҕун тупсаран иһиигэ ыҥырар. Байан иһэр дьон үлэлииллэрэ-хамсыыллара элбэх, барыы-кэлии, утуйар ууну умнуу арахсыспат аргыстарыгар кубулуйар. Байан иһии, баай эбиллэн барыыта киһи өйүн-санаатын сыыйа-баайа уларытар. Байбыт киһи бэйэтинэн астынар, дуоһуйар санаата элбиир, атын дьонтон үрдүктүк сананыыта үөскээн өйүгэр-санаатыгар олохсуйуон сөп. «Мин дуо»,- диэн этинии үксээһинэ уонна хантаччы туттунуу атын дьонтон лаппа ордугу билинии бэлиэтэ буолар. Бэйэтин билиммит киһи этиитин бас бэринэр дьоно толорботторо букатын табыллыбатын таһынан дьиэлээхтэрэ, оҕолоро бары хам баттаныыга түбэһиэхтэрин сөп. Кини эппитин курдук оҥорботоххо хайдах да сатаммат балаһыанньа үөскээһинэ аһара байбыт уонна тулуура суох дьон государствоны салайдахтарына тоталитаризм, диктатура диэки салаллан барыылара итинэн быһаарыллар.
Дьон-аймах олохторун холобурдарыттан тирэх ылан өй-санаа сайдыытын уонна уларыйыытын туһунан маннык кылгас быһаарыылары оҥоруохха сөп:
1. Киһи баҕа санаата олоҕун тупсаран иһии, байыы-тайыы диэки тардыһар. Элбэхтик үлэлээн-хамсаан үгүс дьон ити баҕа санааларын бэйэлэрин олохторун устата ситиһэ сатыыллар, тупсараллар, онтон аҕыйахтара аһара толороллор.
2. Төһө эмэ кэм ааспытын кэннэ баай-талым олох өйдөрүн-санааларын буорту оҥорон, мөлтөтөн, кэлэр көлүөнэлэрин кыайан, сатаан ииппэттэриттэн аһара баай дьон аймахтарын үйэлэрэ кылгыыр, арыгыга, хааттыга ыллараннар баайдара-маллара ыһыллан сыыйа-баайа дьадайыы суолугар киирэллэр.
3. Дьадайыыттан дьон олохторо ыараатаҕына, тиийиммэт буоллахтарына өйдөрө-санаалара тупсарыттан эмиэ байар туһугар күүскэ ылсан үлэлээбитинэн, кэлэр көлүөнэлэрин үлэҕэ-хамнаска үөрэппитинэн бараллар.
Ити курдук байыы, олох көнүүтүн ситиһии эмиэ эргийэ турар аналлаах. Саха дьоно киһи майгына олоҕун уратытыттан улахан тутулуктааҕын билэннэр «Баай дьон сотору дьадайаллар» диэн этэллэрэ итинник дакаастанар.
Дьон үгүс өттүлэрэ төһө байан иһэллэр да соччонон майгылара куһаҕан өттүн диэки салаллан иһэрин, ордук кэччэгэй, кичээҥи буолан иһэллэрин былыргыны суруйааччылар элбэхтик суруйбуттара. Олортон ордук биллэринэн А.Е.Кулаковскай «Кэччэгэй баай» диэн хоһооно буолар.
Kиһи баҕа санаатын түмнэҕинэ хас да суолунан байыан, баайы мунньунуон сөп:
1. Үлэлээн-хамсаан, оҥорон-тутан, булан-талан баайы-малы сыыйа-баайа мунньунуу.
2. Төрөппүттэр баай-мал арааран биэриилэрэ.
3. Улаханнык сүүйүү.
4. Баайы уоран эбэтэр былдьаан-халаан ылан туһана сатыахха эмиэ сөп.
Бу байыы хас да көрүҥнэриттэн киһи бэйэтин кыаҕынан, өйүнэн-санаатынан быһаарынан, аныгы суукка-сокуоҥҥа сөп түбэһэринэн талан ылан туһанар кыахтаах. Байыы бу көрүҥнэрин арыыйда дириҥник ырытан көрүөхпүт:
1. Саха дьоно үлэһиттэр. Yлэлээн-хамсаан баайы-малы мунньунуу кинилэр олохторун сыала буолар. Ханнык баҕарар киһи бэйэтэ тутан-хабан оҥорбутун хаһан баҕарар ордук, чугастык сыаналыыр, астынар, атыттартан чорботор. «Плохой да свой» диэн этии хаһан баҕарар киһиэхэ чугастык ылыныллар. Бэйэ оҥорбута, туппута өйгө-санааҕа дьайыыта итинник туспа уратылааҕын тэҥэ, олус уһуннук, киһи үйэтин тухары үлэлээтэҕинэ эрэ баай-мал мунньуллара туруктаах, ыскайдаммат, уһун үйэлээх байыыны үөскэтэр.
2. Бэйэлэрэ үлэлээн-хамсаан баайы-малы мунньуммут төрөппүттэр оҕолоругар, сиэннэригэр баайдарын түҥэтэн биэрэр кыахтаналлар, кинилэри кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска үөрэтэннэр үлэ-хамнас салгыы сайдан иһэрин хааччыйар кыахтаахтар.
Төрөппүттэр үйэлэрин тухары үлэлээн-хамсаан булуммут, мунньуммут баайдарын-малларын эрэллээх, ол аата үлэһит, өйө-санаата туруктаах кэлэр көлүөнэлэригэр туттарыахтарын, хаалларыахтарын баҕарар санаалара улаатан иһэр. Ол иһин ыал байан, баайа-мала эбиллэн истэҕинэ оҕолорун үлэҕэ-хамнаска, баар баайы-малы ыскайдаабакка, табан туһанарга үөрэтиилэрэ ордук кытаатан, чиҥнээн биэрэр кыахтанар.
3. Киһи туох эмэ сүүйүүлээх оонньууга оонньоон биирдэ эмэтэ элбэҕи сүүйдэҕинэ уонна сатаан туһаннаҕына онтун туһалаах баайга-малга кубулутуон сөп. Ол эрээри сүүйүү диэн биир эмэ киһи олоҕор, биирдэ эмэ түбэһэр быһыы буоларынан куруук сүүйэ сатааһын туһата суох буолуон сөп.
Атын дьон санааларын таба учуоттаабаттан, сыаналаабаттан баайы хайдах мунньуохха сөбүн талан ылыы олус уустугурар. Кыра эрдэхтэриттэн бэлэмҥэ, барыта бары баар буоларыгар үөрэммит киһи туох да улахан эрэйэ, үлэтэ-хамнаһа суох кэлэр баайы сөбүлүүр. Ол иһин бу киһи кыайан сүүйбэтэҕинэ уоруу, алдьатыы, талааһын диэки өйө-санаата аан бастаан салаллыан сөп. Маннык өйдөөх-санаалаах эдэр киһи чэпчэкитик булунаары-талынаары, дөбөҥнүк, элбэх барыс киирэр суолун тутуһуута салгыы олоҕун сыыһа суолга салайыан сөп.
4. Уоруу уонна халабыр дьон оҥорор быһыыларыгар, сиэргэ, сокуоҥҥа сөп түбэспэттэриттэн киһилии киһи хаһан да оҥорбот куһаҕан быһыыларыгар киирсэллэр. Барыта бэлэмҥэ үөрэммит, чэпчэки олоҕу тутуһа сатааччылар билигин элбээбиттэриттэн оҕо өйө-санаата олоҕун хайа кэмиттэн маннык халыйыыга киирэрин быһаарыахпытын наада.
Киһи өйүнэн-санаатынан талан ылан ханнык быһаарыыны ылынарыгар бэйэтигэр туох, төһө барыс киирэрин, туох туһа тахсарын урут бастаан ааҕынар, бэйэтин, билэр дьонун уопуттарынан туһанар. Кыра эрдэҕинэ ийэ кута куһаҕан быһыылары оҥорбот буолууга иитиллибит буоллаҕына, олору оҥороро лаппа аҕыйыан сөп диэн «Кут-сүр үөрэҕэ» быһаарар.
Уоран булуу төһө да атыттар билбэттэринэн оҥоруллубутун иһин уоруйахха бэйэтигэр дьайыыта ураты. Түбэспэтэх уоруйах өссө уоран иһэр кыдьыкка ыллара охсор аналлаах. Аан маҥнай кыраны да уоран баран түбэспэтэҕинэ уонна уорбутун сатаан туһаннаҕына, барыстаннаҕына өссө ылыан, туһаныан баҕата батарбакка, аны онтун хатылыырыгар тиийэр. Босхону ылан туһаныы киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыта уратытыттан, олус күүстээҕиттэн «Уоруйаҕы кытта олордоххуна уоруйах буолуоҥ» диэн этии үөскээбит. Олус тулуурдаах, бэйэлэрэ үлэлии-хамсыы үөрэммит эрэ дьон итинник быстах киирэр абылаҥы кыайан тулуйар кыахтаналлар. Үгүс ахсааннаах үлэһит, оҥорор, тутар дьон бары уоруйаҕы сөбүлээбэттэр. Ол иһин уоруйах кэлин син-биир түбэһэр, оҥорбут буруйугар эппиэттиир кэмэ кэлэр.
Халаан-талаан байыы син-биир уоруу курдук бэлэми ылыы буолан баран аһара кистэммэккэ, саспакка оҥоруллар. Государство уонна суут-сокуон кыахтара мөлтөөбүт кэмигэр халабырдьыттар элбээн ылаллар. Кэлин государство күүһүрдэҕинэ уонна суут-сокуон тутуһуллар буоллаҕына халабырдьыттар, талаанньыттар сиик курдук симэлийиэхтэрин сөп.
Дьон бары баай буолуохтарын баҕара саныыллар. Уһун үйэлэрин тухары үлэлээн-үлэлээн баран тугу да мунньуммакка, байбакка хаалбыт киһи «Тоҕо манныгый?» диэн санааҕа оҕустарара сөп. Үлэһит киһи туга эмэтэ тиийбэт буолуута государствоттан олус улахан тутулуктаах. Ол курдук олус элбэх нолуоктаах, көрөр-истэр, маныыр дьонноох государствоҕа үлэһит киһи ылар хамнаһа кыра буоларын өссө К.Маркс арыйбыта.
Yлэлээн-хамсаан, оҥорон-тутан баайы-малы мунньуммут дьон баайдара араас тутуулар, тиэхиникэлэр эбэтэр ынахтар, сылгылар, табалар буолаллар. Баай-мал маннык көрүҥнэринэн мунньуллуута үлэ-хамнас сайдан, кэҥээн иһиитин үөскэтэр. Бу курдук көрүҥнээх баайы-малы быстах дьыалаҕа, көргө-күүлэйгэ туттуу кыаллыбат, ол оннугар үлэ-хамнас эбиллэн, сайдан иһэр кыаҕа улаатар.
Yлэ-хамнас баайы-малы үөскэтэр. Yлэһит киһи хамнаһа аһыттан уонна таҥаһыттан ордор кэмэ кэллэҕинэ сыыйа-баайа байан-тайан иһэр кыахтанар. Yлэһит дьону көмүскүүр сөптөөх сокуоннардаах государствоҕа үлэһиттэр сыыйа-баайа байан-тайан иһиэхтэрин сөп.
ЭМИСКЭ БАЙЫЫ СОДУЛА
Саха дьонун олохторун үөрэҕэ биир киһи олорор олоҕунан муҥурданан хаалбат. Бу үөрэх киһи өйө-санаата сайдыытын хас да көлүөнэ дьон олохторун устата олус дириҥник ырытан быһаарар. Бу үөрэххэ эмискэ байыы өйгө-санааҕа улахан содуллаах диэн этиллэр. Ол курдук, субу халлаантан түспүт курдук баай киһиэхэ бэйэтигэр туһаны, үчүгэйи оҥорон сынньалаҥнык, талбытынан сырытыннарар буоллаҕына, оҕотун, кэлэр көлүөнэтин өйүгэр-санаатыгар улахан охсууну оҥорон, сүрэҕэ суох, бэлэмҥэ үөрэммит киһиэхэ кубулутуон сөп. Маннык үөрэммит оҕо улаатан олоҕун олороругар бас-баттах иитиллибитэ улахан уустуктары үөскэтэрин «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт. (23,30).
Биир киһи олоҕо кылгас. Сахалар этэллэринэн «Түннүгүнэн чыычаах көтөн ааспытын курдук» сотору бүтэр. Кини кэнниттэн оҕолоро, сиэннэрэ хааланнар бу Орто дойдуга олох салҕанан баран иһэригэр баҕарар, ол туһугар дьулуһар, олоҕун олорор. Киһи олоҕун сүрүн сыалынан кэлэр көлүөнэлэрин иитэн-үөрэтэн киһи быһыылаах дьон оҥорон Сир үрдүгэр олоҕу салгыы сайыннарыы буоларын сахалар халбаҥнаабакка эрэ тутуһаллар.
Олоҕу олоруу «Туох барыта икки өрүттээҕин» курдук эмиэ икки өрүттээх уонна хаһан эрэ, кэмэ кэллэҕинэ эргийэн биэрэр уратылааҕын табатык сыаналааһынтан олус улахан тутулуктаах. Ол курдук олоҕу олоруу икки өрүттэрэ манныктар:
1. Киһи олоҕун устата туох эмэ туһалааҕы оҥорон, тутан, экономикаҕа барыһы киллэрэр дьарыгынан дьарыктанан, үлэлээн-хамсаан олоҕу олоруута.
2. Атын дьон экономикаҕа туһалааҕы оҥорбуттарыттан туһанан олоҕу олоруу.
Олоҕу олоруу бу икки өрүтүн биир-биир ыламмыт арыыйда дириҥник ырытан көрдүөхпүт:
1. Дьон үксэ үлэһиттэр. Олохторун устата туһалаах, барыһы оҥорор дьыалаларынан дьарыктананнар олоҕу сайдыы, үүнүү диэки сыыйа-баайа да буоллар хамсаталлар, баайы-малы мунньуналлар, уһун үйэлээх тутуулары туталлар. Олоххо туһалааҕы оҥоруу, үйэлээҕи тутуу бастакы миэстэни ылар буоллаҕына, киһи олоххо интэриэһэ улаатан киһилии олорор кыахтанарын таһынан оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин үтүө быһыыга, үлэҕэ-хамнаска иитэр-үөрэтэр кыаҕа улаатар.
Үлэ – олох үөрэҕэ диэн этии сүнньэ киһи үлэлии үөрэнэн олоҕу сайыннарарын, олох сайдыытын тэҥэ киһи өйө-санаата эмиэ сайдан иһэрин быһаарар.
Киһи бэйэтин кыаҕынан, үлэтинэн-хамнаһынан баайы-малы мунньунан баайыыны ситиһэрэ олус уустук, үлэлээх уонна уһун кэми ылар. Америка биллэр миллиардера Морган саҥа улаатан иһэн сүгэ сылдьар лотуогунан сигаретаны атыылыыртан саҕалаан баран кэлин киоск атыылаһан атыынан-эргиэнинэн дьарыктанан, баайын-малын үйэтин тухары мунньуммута. Билигин биһиэхэ даҕаны ырыынак үйэтэ кэлэн дьон кыахтаах, үлэни-хамнаһы кыайар өттүлэрэ үлэлээн-хамсаан баайы-малы мунньунар, кыаҕырар кэмнэрэ кэлэн турар.
Уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕэ биир киһи олоҕуттан салгыы баран хас да көлүөнэлэр олохторун бииргэ, холбуу ылан көрөр, сөптөөх, туһалаах быһаарыылары оҥорор. Ол курдук «Үлэһит дьон уһун үйэлээхтэр» диэн этиини кылгастык ырыттахпытына үлэлиир-хамсыыр киһи этэ-сиинэ, доруобуйата бөҕөрҕөөн уһуннук олорорун тэҥэ, оҕолорун, онтон салгыы сиэннэрин үлэҕэ-хамнаска үөрэттэҕинэ, бу аймахтар бары үйэлэрэ уһуур, салҕанан баран иһэр кыахтанар. Ол иһин биһиги үөрэхпит олох салҕанан иһиитин табатык сыаналыыра быһаарыллар.
Сахалар олохторун үөрэҕэ биир киһи олоҕуттан, үлэтиттэн-хамнаһыттан саҕаланан баран салҕанан, оҕолоро, сиэннэрэ, онтон хос сиэннэрэ улаатан олоҕу салҕаан иһэллэрин быһаарар. Олох көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллиитигэр оҕону атаахтатыы, сыыһа-халты иитии, аһара барар көлүөнэлэри улаатыннарарынан, бу дьон сыыһа-халты туттунууларын элбэтэн, аан маҥнай эр дьон ахсааннара аҕыйыырыгар тириэрдэр.
Бэйэтэ көрсүө, сэмэй, үлэһит киһи оҕолорун көрсүө, сэмэй, үлэһит буолууга үөрэттэҕинэ эрэ, бу оҕолор улаатаннар оҕолорун көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон буола улаатыннардахтарына, бу аймахтар ахсааннара эбиллэр, ол аата омуктар сайдар, элбиир кыахтаналлар.
2. Биһиги республикабытыгар сэбиэскэй былаас саҕаттан оҥорор-тутар промышленность сайдыыта суох. Айылҕабыт дьадаҥытынан тыа хаһаайыстыбатын үлэлэрэ өссө ханнык да барыһы биэрэ, олохтоохтору аһынан-үөлүнэн толору хааччыйа иликтэр.
Баайы-малы аптаах остуоруйаҕа кэпсэнэр курдук эмискэ булунуу киһи үлэлээн-хамсаан мунньунар кыаҕын таһынан барарынан, атын дьон бэлэмнэрин ылыыга, ону туһаныыга киирсэр быһыы буолар.
Олоххо бэлэми, атыттар оҥорбуттарын, туппуттарын ылан туһа-нааччылар аҕыйаатахтарына эрэ, олох сайдыы, үүнүү диэки сыҕарыйар кыахтанарын умнубатахпытына табыллар. Хас сыл аайы ааҕыллар республикабыт бюджетигэр барыс киириитэ баар буолла-ҕына эрэ сайдыы ситиһилиннэ диэн этиэххэ сөп. Биһиги республикабытыгар үлэ-хамнас сайдыыта суоҕуттан, бэлэми туһанааччылар элбэхтэриттэн бюджет итэҕэһэ хас сыл аайы улаатан иһэр.
Дьон бары кэриэтэ байыахтарын, олохторун көннөрүөхтэрин баҕарар буоллахтарына, сахалар хайдах байар туһалааҕын былыр-былыргыттан билэллэр уонна олохторугар туһаналлар. «Эмискэ байар куһаҕан», «Тыалынан киирбит холоругунан тахсар» диэн этиилэрэ онно быһаччы сыһыаннаах. Бу этиилэр олус уһун үйэлээх саха дьонун үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах олохторун үөрэҕин төрүттэринэн буолаллар. «Тыалынан киирбит холоругунан тахсар» диэн этии түргэнник байыы киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор охсуута ордук улаханын олус табатык быһаарар.
Эмискэ байыы, туохха эмэ эрэйэ суох тииһинии, киһиэхэ бэйэтигэр үчүгэйи оҥорон көҥүлүнэн, талбытынан сылдьарын хааччыйар буоллаҕына, оҕолоро, онтон үөрэнэннэр, өссө көҥүл барыыларын үөскэтэн, киһилии быһыылаах сиэнэ суох хааларыгар тириэрдиэн сөбө итинник этиилэр үөскүүллэригэр тириэрпит.
Босхону, бэлэми булан-талан байбыт дьон баайдарын араас элбэх киэргэлгэ, көмүскэ, харчыга, көргө-күүлэйгэ, аһааһыҥҥа-сиэһиҥҥэ кубулутар уратылаахтар. Маннык көрүҥнээхтик байбыт дьон элбээтэхтэринэ босхоҕо тииһиниэхтэрин баҕалаахтар, уоруйахтар, сүүлүктэр эмиэ элбииллэр.
Эмискэ байыы, элбэх харчылана түһүү диэни уоруйахтар уонна хаартыһыттар элбэхтик билбит суоллара. Сүүйэн булбут баай киһиэхэ иҥмэт, кэлбитин курдук ааһан хаалар аналлаах, атыттар ордук саныыллара олус күүскэ дьайыытыттан түргэнник симэлийэр, суох буолар дьылҕаланар. Бу дьон олус элбэх сүүйбүт харчыларыттан туох эмэ туһалааҕы оҥорбуттара бэрт аҕыйах, тугу булбуттарын барытын ыыл-мыыл гынан, ыһан-тоҕон, аһаан-сиэн, күүлэйдээн бүтэрэн иһэллэр.
Лотетеянан сүүйүү эмиэ эмискэ байыыга киирсэр. Халлаантан кэлэн түспүт курдук баай туһата кыра. Ордук массыынаны сүүйбүт дьон табыллыбаттар, босхо массыынанан олус түргэнник айанныылларыттан сыыһа-халты туттунан абаарыйаҕа түбэһэллэрэ элбээн хаалыан сөп. Ол иһин лотереянан сүүйбүт массыынаны эргитэн, атыылаан баран туһанар ордук эрэллээх диэн этии оруннаах.
Эмискэ байыы бэйэтэ киһиргэс, дэбдэҥ майгылаах киһи өйүн-санаатын олус түргэнник куһаҕан өттүгэр уларытарын «Киһини билиэххин баҕарар буоллаххына, баайда биэр»,- диэн этии бил¬лэрэр. Бу этии байбыты тулуйары, киһи быһыытын сүтэрбэт буолууну ураты тулуур¬даах дьон эрэ тулуйалларын быһаарар.
Баайы-малы чэпчэкитик булуу-талыы үөрүүтэ-көтүүтэ барыга бары олус тиэтэйэр эдэрдэри уорууга-талааһыҥҥа, эмискэ элбэҕи булуна-талына охсууга үтүрүйэр күүһэ улахан. Эмискэ байыы өйү-санааны уларытар, төрдүттэн таҥнары эргитэр. Харчы баар буола түстэҕинэ түҥэтэргэ эрэйдээх, үгүс толкуйу, ырытыыны үөскэтэрин тэҥэ, эмискэ байбыттар харчыларын туора-маары ыскайдааннар, элбэхтик, үчүгэйдик аһааннар, сууйаннар «Халлаан хабарҕаларынан, муора тобуктарынан» диэн өс хоһоонугар сөп түбэһэр буола быһыыланалларыгар тириэрдэр.
Сэбиэскэй государство үгүс сылларга дьон күүстээх үлэтинэн-хамнаһынан мунньуммут баайын-малын үллэстиини салайааччылар баһылаан-көһүлээн ыыталларыгар бэйэлэрин умнубатахтарыттан, элбэххэ тииһинэннэр, биһиэхэ саҥа баайдар эрэйэ суох, дөбөҥнүк үөскээтилэр. Ол иһин үлэлээбэккэ, эрэйдэммэккэ байар баҕа эдэр дьоҥҥо билигин аһара элбээтэ. Ыллыы, күүлэйдии, аһыы-сии сылдьан баай буолуохтарын бары баҕара саныыллара аһара барда. И.Гаврильев баайтан-малтан матан хаалымаары былдьаһан-тарыһан байа охсуон баҕарарын биллэрэр. (24,6).
Босхону булан туһана охсор баҕаттан халлаантан, айыылартан тугу эмэни ылан, онон эбинэн туһа оҥостор санаа үгүс дьоҥҥо киирэн эрэрэ куһаҕан. Дьон үтүө баҕа санааларын туһанан ааты-суолу ыла сатааччылар эмиэ элбэхтэр.
Туох эмэ санааны көтөҕөр баар буоллаҕына, дьон биллэр сымыйаны, омуннааҕы да истэллэрин, ааҕалларын, көрөллөрүн сөбүлүүллэр. Санааны көтөҕүү биирдэ эмэ туһалаах буоллаҕына, куруук санааны көтөхтөрө сылдьыы, өйөнөн хаалыы, сымыйа үгэһи үөскэтинэр сыыһа, кэлин бэйэлэрэ онтон эрэйдэниэхтэрин сөп.
Олоҕу олоруу диэн аҥардастыы ону-маны, малы-салы үллэстии, былдьаһыы-тарыһыы буолбатах. Олоххо аҥардастыы аҥар өттүн диэки барыы хайдах да табыллыбатынан биһиги дойдубутугар буолан ааспытын курдук бэлэми үллэстии сотору бүтүөҕэ. Уоран эбэтэр урут түһэн эмискэ байбыт дьон өлөллөрүгэр кэмсиниэхтэрин сөп. Оҕолорун атаахтатан, быстах быһыыга үөрэтэн кэбиһэннэр сыыһа-халты туттунуулара элбээн хаалыан сөбүн тэҥэ, босхоҕо, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт эдэр киһи ханнык да үлэни-хамнаһы кыайбатыттан, сатаабатыттан уонна кырдьаҕастары аанньа ахтыбат буола улаатарыттан кэлин төрөппүттэригэр сыһыана тымныйыан, уустугуруон сөп.
Эмискэ байыы киһи өйүн-санаатын тосту уларытарынан, бэйэтэ куһаҕан майгыннанан хаалыан сөбүттэн, онтон оҕолорун «Көҥүлүнэн барбыт» дьоҥҥо кубулутарынан, эмискэ байбыт дьон уһун үйэлэрэ суохтар, үһүс көлүөнэлэриттэн, ол аата сиэннэриттэн ыла мөлтөөн, эстэн, симэлийэн баралларын уһун үйэлээх сахалар олохторун үөрэҕэ быһаарарын умнубакка олохпутугар туһаныахпыт этэ.
ҮЛЭҺИТ КИҺИ ӨЙӨ-САНААТА
Сахаларга «Төрүт-уус киһи оҕото» диэн этии баар. Бу этии үлэһит киһи оҕото үлэһит буолар диэн эбии өйдөбүллээҕин тэҥэ, оҕо төрөппүтүн ким да буолбутун иһин үтүктэн улаатарын, кини курдук буолар кыаҕа улаханын эмиэ быһаарар.
Оҕо төрөппүтүн үтүктэн үөрэниитэ уонна өйө-санаата «Куһаҕаны», «Айыыны» оҥорума» диэн хааччахтардааҕа кини курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатарыгар тириэрдэр. Саха дьоно оҕо өйүн-санаатын билээри гыннахтарына төрөппүттэрин туһунан ыйыталаһаллара бу үтүктэн үөрэниигэ, «Төрүт уус киһи оҕото» диэн этиигэ олоҕурар.
Элбэх дьон үлэлээн-хамсаан, бэйэлэрин үлэлэринэн айахтарын ииттинэллэр, араас баайы-малы эбии мунньуналлар. Үлэһит дьон элбэхтэр. Баар дьонтон барыларыттан 50-70 бырыһыаннарыттан ордуктарын ылаллар. Дьон-аймах олохторун суола элбэх ахсааннаах өттүлэрин баҕа санааларын толоруу, кинилэр үчүгэй, үтүө, үрүҥ диэн өйдөбүллэрин ситиһии диэки сыыйа-баайа салаллан баран иһэр.
Kим элбэх ахсааннаах ол баһыйар өрүт буолара итини эмиэ быһаарар. Бу быһаарыы таба буолуута элбэх ахсааннаахтар өйдөрө-санаалара төһө сайдыылааҕыттан эмиэ олус улахан тутулуктаах. Улуу Октябрьскай революция эрэллээх кыайыытын кэнниттэн үлэһиттэр, хамначчыттар уонна саллааттар былааһы ылан бараннар, үөрэхтэрэ, билиилэрэ ситэ тиийбэккэ, кэлин күүстээх диктатура диэки салаллан хаалыылара кэнники олохторун, сайдыыларын туормастаабыта.
Биһиги бу үлэбитигэр үлэһит дьон оҕолорун үөрэтэр ньымаларын уратыларын быһаарыахпыт. Ол иһин үлэһит дьон туох үчүгэйдээхтэрин, олохторугар туох ситиһиини оҥороллорун булан арыйыы биһиги сыалбыт буолуо этэ.
Урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт курдук киһи өйүн-санаатын олорор олоҕо өр сылларга, кыра сааһыттан улаатыар диэри чочуйан оҥорор. Оҕо иитиитигэр, киһилии киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга үлэһит дьон олохторо ордук сөп түбэһэр. Киһи өйүн-санаатын быһаарар «Киһилии киһи» диэн өй¬дөбүлү үлэһит дьон үөскэппиттэрэ, үчүгэй киһи таҥараны киһи буолуу үөрэҕин тутуһар үлэһит дьон айбыттара, туһаналлара чахчы. Аһыныгас санаалаах, кыаҕа баарынан көмөлөһө сатыыр, барыны-бары харыстыыр, хаһан да аһара туттубат, үлэлээн-хамсаан тугу эмэни булунар дьону үлэһиттэр эрэ иитэн-үөрэтэн улаатыннараллар.
Yлэһиттэр олохторо, өйдөрө-санаалара, куруук үлэлииллэрэ, дьулуурдара, тулуурдара, олох ыарахаттарын тулуйаллара Айылҕа көрдөбүллэригэр олус сөп түбэһэллэр. Итини тэҥэ Айылҕаны харыстыыллара, буорту оҥорботторо, алдьаннаҕына көннөрөр үлэлэри ыыталлара дьиҥнээх үтүө санаалаах дьон, кинилэр буолалларын быһаарар.
Олох сайдан, экономика күүһүрэн, бары-барыта, киһи наадыйара баар, дэлэйэн истэҕин аайытын киһи өйө-санаата өссө бөҕөргөөн, кытаатан биэрэн иһиэхтээҕин дьон аймах үгүс өттүлэрэ арааран өйдүү иликтэрэ хомолтолоох. Бу өйдөбүлү билигин, өссө хойутуу илигинэ дьон өйдөрүгэр-санааларыгар киллэрэн иҥэрии оҥоруллубатаҕына, кырдьык, дьон-аймах салгыы олохторугар улахан уларыйыылар тахсыылара ханнык да саарбаҕа суох буолар.
Былыргы кэмҥэ баай дьону киһилии майгына суохтар диэн туспа арааран этэллэрэ биллэр. Ол этэллэрин «Баай дьон тоҕус көлүөнэ кэнниттэн уларыйаллар» диэн этиилэрэ эмиэ бигэргэтэр. Ити аата, омук уһун үйэлэнэригэр, сиэри-туому тутуһан олоҕун олороругар баай дьон ханнык да туһаны оҥорботторун билинии буолар.
Дьон олоҕор сотору-сотору уларыйар кэмнэр кэлэллэрин бы¬лыргы сахалар билэллэрин ити этиилэрэ эмиэ бигэргэтэр. Баайга-талымҥа, туох барыта дэлэйигэр үөскээбит киһи өйө-санаата мөлтөх, барыта бэлэмҥэ үөрэммит атаах буолан хаалара, кэлэр көлүөнэлэрин иитэн-үөрэтэн улаатыннарарыгар өссө мөлтөтөн биэрэринэн уратыланар. Ол аата бэйэлэрэ атаах, кыра эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ хайдах көрбүттэрин-истибиттэрин билбэт дьон, өссө атаах оҕону иитэн улаатын¬наран иһэллэрэ быһаарыллар. Кэлэр көлүөнэ дьон аһара атаахтык иитиллиилэриттэн, тулуура суох буола улааталларыттан арыгыга ылларыылара элбиир. Кэлин олох сайдан истэҕинэ аны наркоман буолан барыы мөлтөх майгылаах, тулуура суох дьоҥҥо ордук күүскэ суоһуур кэмэ кэлэн иһэр. Ол иһин туруга суох өйдөөх-санаалаах, атаахтык иитиллибит эдэрдэр сотору эстэр суолга киириэхтэрин сөп.
Үлэһит дьон оҕолоро кыра эрдэҕиттэн, бэйэтэ төһө кыайар буолуоҕуттан айылҕа итиитин, тымныытын тулуйа, үлэлии үөрэнэр. Үлэ киһи өйүн-санаатын, этин-сиинин эрчийэр, ол иһин тулуурдаах, дьулуурдаах буола улаатар. Үлэһит киһи бэйэтин солбуйуохтаах оҕотун бэйэтэ батыһыннара сылдьан, хайдах үлэлии үөрэммитин курдук үөрэттэҕинэ кэлэр көлүөнэтигэр эрэллээх буолар, олоҕо кэлэр көлүөнэтигэр бэриллэн салгыы сайдан барар кыахтанар.
Үлэ-хамнас итиини, тымныыны тулуйарга эдэр киһини эрчийэр. Айылҕаҕа куруук сылдьарыттан бырдахха, үөҥҥэ-көйүүргэ сиэтэрэ элбээн доруобуйата, өйүн-санаатын туруга бөҕөргүүр. Быстах быһыыларга түбэстэҕинэ тулуурдаах буолан, олох араас ыарахаттарыгар сөптөөх быһаарыныылары ылынар кыахтанар. Өй-санаа айылҕа биэрбит ыарахаттарын тулуйарга үөрэнэн сайдыыта туруктаах өй-санаа диэн ааттанар.
Дьулуурдаах буолуу, ылыммыт сыалы ситиһии киһи биир үчүгэй хаачыстыбатынан ааҕыллар. Олох ыарахаттарын тулуйа үөрэнии киһи ити хаачыстыбаларын сайыннарар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ оҥорон кыайарга, сатыырга үөрэннэҕинэ, бэйэтин олоҕор элбэх кыайыыны ситиһэр кыахтанар. «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһооно оҕо төрөппүтүнээҕэр бары хаачыстыбаларынан барытынан ордук буола улаатыахтааҕын быһаарар. Тулуурдаах, дьулуурдаах, күүстээх санаалаах буолуу өһөс диэн ааттанар. Онтон ити олус туһалаах хаачыстыбалары киһи куруук эрчилиннэҕинэ, дьарыктаннаҕына эрэ ситиһэрин ким барыта билэр суола эрээри «социализм» сымнаҕас олоҕор үөрэнэммит бары умнан сылдьабыт. Итини тэҥэ бу өс хоһооно кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын олус бөҕөргөтөрүн, күүһүрдэрин иһин сахалары мөлтөтө, симэлитэ сатааччылар сөбүлээбэттэр.
«Үлэһит киһи оҕото – үлэһит буолар» диэн сахалар этэллэр. Бу саха дьоно уһун үйэлэргэ үөрэппит олохторун үөрэҕэ. Киһини билиэх-тэрин баҕардахтарына төрөппүттэрин туһунан ыйыталаһаллара, төрөппүттэрин өйдөрө-санаалара оҕо кыра эрдэҕинэ бэриллэн ийэ кутугар иҥэн хааларын былыргыттан билэллэрин биллэрэр этии буолар.
Киһини билээри гыннахха «Төрүт уус киһи оҕото» диэн этии кэнниттэн өссө атын быһаарыы соччо көрдөммөт буолуон сөп. Уус диэн улахан үлэһит, олус сатабыллаах тутуулаах, тугу барытын сатыыр киһи аата. Саха дьоно – тимир уустарыттан үөскээн, тэнийэн тахсыбыттарын бу уус диэн тыл эмиэ быһаарар.
Үлэһит киһи тугу даҕаны аһара туттубат. Барытын кэмнээн, сөп буоларынан эрэ тутта сатыыр уонна онно оҕотун үөрэтэр. Айылҕаттан ылара да кэллэҕинэ аһара баран олус элбэҕи ылбат, булду аһара бултаабат. Сөп буоларын эрэ ылар. Туохха барытыгар аһара туттубат буолуу үлэһит дьон киһилии майгыга үөрэхтэрэ буолар. Кыыһырдахха – «Аһара кыыһырыма», «Уһуннук кыыһырыма», ытаатахха – «Чэ, сөп буолуо. Аһара ытаама», үөрдэххэ – «Аһара үөрүмэ, алларастаан күлүмэ, сотору ытыырыҥ кэлиэҕэ» диэн үөрэхтэр барылара хаһан да аһара барбат буолууга үөрэтэллэр.
Саха үлэһит дьонун олохторо айылҕаттан олус күүстээх тутулуктааҕа оҕолорун Айылҕаны таптыырга, харыстыырга үөрэтэллэригэр күһэйэр, Айылҕа дириҥ күүстэригэр, иччилэргэ итэҕэли иҥэрэллэр. Көтөрдөрү уонна кыыллары, тыыннаах харамайдары харыстыырга оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэллэр.
Онон, үлэһит дьон оҕолоро улаатан бэйэлэрэ хайдах үөрэммиттэрин курдук кэлэр көлүөнэлэрин салгыы үөрэтэн истэхтэринэ аймахтара салгыы сайдан иһэр кыахтаналларын ситиһэллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ, ол аата 5 сааһыгар диэри, иитиитэ чиҥ, кытаанах буолуохтаах.
Тугу сатыырын барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэнэн, оннук үгэстэри үөскэтинэн ийэ кута иитиллэн иһэрэ наада.
Оҕо улаатан бэйэтин өйүнэн-санаатынан салаллан олоҕун оҥостон ба¬рыытыгар кыра эрдэҕинэ бэрээдэхтээх буолууга чиҥник үөрэммитэ олус туһалыыр. Киһи итирэн өйө көттөҕүнэ ийэ кутун өйүнэн-санаатынан салаллар диэн «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт. Билигин эдэрдэр арыгы иһэн итирэн баран оҥорор ыар буруйдара, куһаҕан быһыылара барылара кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара киһилии быһыыга иитиллибэтэхтэрин туоһулуур.
Олоххо көрсөр ыарахаттары тулуйа үөрэнэргэ «Үөрэх ыарахан буоллаҕына олорорго чэп¬чэки буолар» диэн этиинэн салайтарыахха сөп. Үлэһит киһи оҕотугар туох да улахан баайа-мала суох киһиэхэ, үлэлии-хамсыы, тута-оҥоро үөрэммитэ эрэ кини баар-суох баайа буолар. Үлэлии үөрэммит киһи бэйэтин кыаҕынан үлэ¬лээн-хамсаан хамнас ылар, олоҕун оҥостор, элбэх ситиһиини оҥорор, салгыы сайдар кыахтанар.
Ол аата үлэлии үөрэнии диэн оҕо үлэһит төрөппүттэриттэн ылар баайын биир тутаах көрүҥэ буолар. Бэйэтэ элбэх баайа-мала суох киһи оҕотун үчүгэйдик үлэлииргэ-хамсыырга, оҥорорго-тутарга үөрэттэҕинэ, оҕото улааттаҕына бэйэтин кыаҕынан уонна дьулуурунан барыны-бары ситиһэригэр кыах биэрэр. Төрөппүт оҕотун кыра эрдэҕиттэн үлэлииргэ үөрэппэккэ хааллаҕына лаппа улааппытын да кэннэ бэйэтэ көрө-истэ сылдьарыгар тиийэрэ киһи барыта үлэлии-хамсыы үөрэнэрэ хайаан да наадалааҕын биллэрэр.
ӨЙ - САНАА АРАХСЫЫТА
Коммунизм үөрэҕэ уһун кэмҥэ сабардаан, хас киһи, оҕо барыта үчүгэй эрэ буолар диэн өйдөбүлү дьоҥҥо иҥэрэн кэбистилэр. Бэйэтэ «төрүөҕүттэн үчүгэй» оҕону хайдах да куһаҕан быһыылары оҥоруо диэн төрөппүттэр санааларыгар да оҕустаран көрбөт буолуохтарыгар диэри өйдөрүн-санааларын буккуйдулар. Төрөппүттэр ол иһин оҕолорун куһаҕан быһыылары оҥорбот буоларга үөрэппэт, куһаҕан быһыылар баалларын туһунан букатын кэпсээбэт буолан хаалбыттар. Кинилэр көнө санааларыгар оҕо куһаҕан быһыылары билбэт буоллаҕына, оҥоруо суохтааҕын курдук кэрэгэй өйдөбүл иҥэн сылдьар. Сайдыылаах социализм эстэн эрэр кэмигэр үөскээбит кэнники көлүөнэ эдэр дьон майгылара мөлтөх буола улаатыылара ити үөрэх быһаччы сабыдыала буолар.
Ийэ оҕото үчүгэйэ бэрдиттэн, куһаҕан быһыылары оҥорботун диэн санаатыттан ханнык куһаҕан быһыылар баалларын оҕотугар кэп-сээбэтэ, билиһиннэрбэтэ, ханнык да куһаҕан быһыылары оҥорботугар үөрэппэтэ оҕо кыра, ийэ кута иитиллэр, үөскүүр кэмигэр туһалыыр, ол кэмҥэ аналлаах. Ол курдук кыра оҕо ийэ кута субу оҥорор быһыыларыттан, олор хос-хос хатыланыыларыттан үөскүүр. Бу кэмҥэ оҕо үчүгэй эрэ быһыылары оҥоро үөрэннэҕинэ үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар.
Оҕо улаатан бэйэтин өйө-санаата сайдар кэмигэр, ол аата 5 эбэтэр 6 сааһыттан ыла үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ уонна олоҕор туһана үөрэнэрэ хайаан да наада.
Ийэ оҕотугар куһаҕан быһыылары арааран билэргэ уонна олору оҥорбот буоларга үөрэппэтэҕинэ оҕото ол быһыылары үчүгэйдэртэн арааран билбэккэ, аны бэйэтэ оҥорон кэбиһэр кыахтанарын биһиги ийэлэрбит билигин да өйдүү иликтэр. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн үөрэппэтэхтэриттэн ханнык быһыылар куһаҕан буолалларын арааран билбэттэриттэн, куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбээтэ. Ол аата «Yчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэт дьон» үөскээтилэр. Ол курдук арыгыны элбэхтик иһэ сырыттахха сотору арыгыһыт, ыарыһах буолан хаалыыга киһи тиийэрин үөрэ-көтө, ыллыы-туойа иһэ-аһыы сылдьар эдэр киһи бэйэтэ арыгыһыт буолуор диэри арааран билбэт.
Наркотик эдэрдэргэ дьайыыта арыгытааҕар ордук кутталлаах, аҕыйахтык боруобалыы сылдьан ыллара охсон хаалыахтарын сөп.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата олохсуйуутугар тугу эмэни оҥор-доҕуна «Бу үчүгэй» диэн төрөппүттэрэ этэр уонна хайдах оҥордоххо үчүгэй буоларын быһааран биэрэн иһэллэрэ наада. Ханнык баҕарар дьыаланы «Маннык оҥор», оччоҕуна үчүгэй диэн көрдөрөн биэ-риилэрэ, онтон атыннык оҥордоххо куһаҕан буолар диэн тохтотуулара оҕо өйүгэр-санаатыгар үчүгэй быһыылар ордук хото иҥэн иһэллэрин төрүттүүр. Оҕоҕо үчүгэй диэн туох уратылааҕын биллэриигэ уонна тугу оҥордоххо үчүгэй оҥорулларын төрөппүтэ бэйэтэ хайдах оҥорон көрдөрөрө улахан оруолу ылар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүтэ тугу оҥорорун кэтээн көрө сылдьар. Төрөппүт этиитэ уонна бэйэтэ оҥорон көрдөрөн биэриитэ сөп түбэһэр эрэ буоллахтарына, оҕо¬то кини үөрэҕин халбаҥнаабакка эрэ ылынар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ улахан киһи үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтиитэ ийэ кутун иитии диэн ааттанар. Ол аата үгүстүк биир быһыыны оҥоро үөрэниититтэн үгэстэр үөскээннэр өйүгэр-санаатыгар ууруллан, иҥэн иһэллэр.
Ийэ уонна аҕа этэр тылларын оҕолоро истэр, соннук толорор буоллаҕына, кинилэр курдук, киһи быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар. Саҥаны оҥоруу, айыыны оҥоруу ийэ уонна аҕа эппиттэриттэн атыннык, туспатык эбэтэр тугу эппиттэрин сыыһа оҥорууттан үөскээн тахсар. Бэйэлэрэ олоххо уопуту мунньунан, киһи быһыылаах буолууну ситиспит төрөппүттэр этиилэриттэн атыннык оҥоруу айыыны, ол аата куһаҕаны, киһи быһыытыгар сөп түбэспэт быһыыны оҥоруу буоларын арааран билэр кыах баар.
Оҕо төрөппүттэрэ этэллэрин толорор буолуута кинилэр өйдөрө-санаалара, тугу үчүгэй дииллэрэ оҕолоругар бэриллэн, иҥэн иһэллэрин бигэргэтэр. Ол курдук улахан баай, элбэх харчылаах дьон үчүгэй диэн санаалара бэйэлэригэр, баай дьоҥҥо эрэ сөп түбэһэр. Баай дьон бэйэлэрин тэҥнээхтэригэр холобур туттар ураты бэлиэлэрдээх буолан үлэһиттэртэн, дьадаҥылартан арахсан, туспа баран иһэллэр. Билигин Россия улахан баай дьоно Испанияҕа дуу, Америкаҕа дуу коттедж атыыластахтарына, уоппускаларыгар Багамскай арыыларга сынньаннахтарына, сыаналаах омук массыынатынан айаннаатахтарына эрэ үчүгэй буоллубут диэн санаалара туолар кэмэ кэлэн турар.
Аһара баай дьон санаалара көннөрү үлэһит дьон санааларыгар былыргы, Өктөөп революциятын иннинээҕи кэмнэргэ букатын сөп түбэспэттэр этэ. Билигин даҕаны сөп түбэһэр чинчилэрэ суох. Дьон-аймах бу икки араҥаларын олохторугар көрдөбүллэрэ Сир уонна Халлаан сөп түбэспэттэрин курдук ыраахтар. Биһиги дьадаҥы государствобытыгар аһара баай дьон элбээбиттэриттэн дьадаҥылар, тиийиммэттэр, үлэһиттэр маннык балаһыанньа туохтан үөскүүрүн быһаара сатыыллара элбээтэ.
Дьадаҥы, үлэһит дьон өйдөрө-санаалара олохторуттан, олоххо сыһыаннарыттан тирэҕирэн үөскүүллэр. Саха дьонун үлэлээн иитиллээччилэрин үгүстэрэ тыа сиригэр олорон Айылҕаттан ас-таҥас булуналлар, Айылҕаны ордук сыаналыыллар, куруук Айылҕаҕа сылдьаннар ордук чугастык ылыналлар, киһини ытыктыыр, Айылҕа кыылларын, көтөрдөрүн уонна үүнээйилэрин харыстыыр өйдөбүллэрэ дириҥник иҥмиттэр.
Дьадаҥы, үлэһит дьон үчүгэй диэн өйдөбүллэрэ бэйэлэрин олохто-руттан үөскээн тахсар. Туох баары барытын сөбүлээн көрөн, кээмэй-дээн, аһара барбат гына туттуу, бу дьон сүрүн уратылара буолар. Айылҕаҕа бары барыта олус күүстээх тэҥнэһии сокуонугар олоҕуран тутуллан туралларын үлэһит дьон билэллэр уонна олохторугар туһаналлар. Бу тэҥнэһии сокуона хайа да өттүгэр аһара барыма диэни дьоҥҥо өйдөтө сатыыр. Айылҕаҕа былыр-былыргыттан үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньата хайа да өрүт, үчүгэй да, куһаҕан да, үтүө да, мөкү да хайалара даҕаны аһара барбаттарыттан тутулуктаах. Дьадаҥы, үлэһит дьон олохторун сиэрэ, ханнык да балаһыанньаҕа аһара барбаттара Айылҕа сүрүн көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр. Ол иһин үлэһит дьон уһун үйэлээхтэр, кинилэр аймахтара хаһан да эстэн, симэлийэн, быстан хаалбаттар. Оҕолорун иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ эмиэ аһара туттума, аһара барыма диэн өйдөбүлгэ олоҕурарыттан, бэрээдэктээх, үлэни-хамнаһы, олоҕу сыаналыыр, тулуурдаах, дьулуурдаах көлүөнэлэри улаатыннараллар, эдэр көлүөнэлэрэ элбээн, байан-тайан иһэллэрин ситиһэллэриттэн аймахтара тэнийэн, кэҥээн, киэҥ сирдэри баһылыыллар.
Баай дьон туох баары барытын дэлэччи, ыһа-тоҕо, тэпсэ сылдьан туттарга кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэллэр. Баайдар ахсааннара аҕыйаҕыттан өйдөрө-санаалара буорту буолан эстэн-быстан да хаалыылара элбэх ахсааннаах үлэһит дьону соччо санаарҕаппат. Баай киһи олохтон туораан биэрэн, хата иллэҥ миэстэ көстөн таҕыстаҕына, алларааттан, ортоку баайыылаах дьонтон үөһээ, байыы диэки тахсан биэрэн иһии салҕанан баран иһэр.
Баай уонна дьадаҥы дьону биир өйгө-санааҕа киллэрии кинилэр баайдарын тэҥнээтэххэ эрэ ситиһиллиэн сөп курдук этэ да, дьон бары кыайан тэҥнэспэттэриттэн кыаллыбата билиннэ. Сайдыылаах государство¬ларга үлэһит дьон ылар хамнастара үрдүгүттэн элбэх ахсааннаах орто баайдары үөскэтэллэр. Элбэх ахсааннаах орто баай дьон бааллара, аһара баай уонна дьадаҥы, бу икки утарыта турааччылары тэҥнээн биэрэр өрүтүнэн кырдьык да буолуохтарын сөп. Арай биһиги олус хаалыылаах дойдубутугар, бу саҥа араҥа, орто баай дьон үөскээн, биллэр-көстөр миэстэни ылыылара олус уһун кэми ылыан сөп.
Үчүгэй буолуу өйө-санаата элбэх дьоҥҥо маарыннаатаҕына бу дьон биир санааланыылара үөскүүр. Элбэх ахсааннаах үлэһит дьон санаалара биир буолуута, холбоһуута Улуу Өктөөп революциятын оҥорорго тириэрдибитэ. Үлэһит дьон бэйэлэрин партияларын салайыытынан уһун үйэлэр тухары баттаабыт-атаҕастаабыт аһара баай дьону барыларын туораппыттара. Ол алдьархайдаах революция саҕаланыытыгар ыраахтааҕы курдук аһара байбыт дьон элбэх ахсааннаах үлэһиттэр сөп¬төөх көрдөбүллэрин ылымматтара, киһинэн да аахпаттара, үлэлэригэр сөптөөх чэпчэтиилэри оҥорботторо тириэрдибитин остуоруйа үөрэҕэ бигэргэтэрин билигин кэлэн умуннара сатааһынтан Россияҕа дьон олоҕо туруга суох буолла.
Киһи барыта үчүгэй буолууга, баҕа санаата туолуутугар дьулуһар. Ситиһэ сатыыр үчүгэйгэ ыҥырар сыаллара чугас, кыаҕын иһинэн баар буоллахтарына, олору ситиһэн иһэриттэн киһи дьулуура өссө эбиллэр, сыалын сиппититтэн дьоллонор.
Элбэх дьон өйдөрүгэр-санааларыгар үчүгэй буолуу өйүн-санаатын киллэрэн биэрии баһылаан иһээччилэртэн ирдэнэр биир сүрүн көрдөбүл буолар. Бу үчүгэй буолуу өйдөбүлэ дьон элбэх араҥаларын хаптаҕына, өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэстэҕинэ итэҕэл буолан тарҕанан барыыта үөскүөхтээх. Төһө элбэх киһи итэҕэйэр даҕаны соччонон итэҕэл күүһэ улаатан биэрэр.
Үлэ-хамнас сайдыыта уонна олохторо тупсуута дьон өйдөрүн-санааларын салгыы сайыннаран 2,5 тыһыынча сыллаахтан ыла дьон үчүгэй киһи буолар баҕа санааны өйдөрүгэр-санааларыгар үөскэтинэр, кинини үтүктэр буолуохтарыттан ыла үчүгэй киһи таҥараҕа кубулуйбут. Ол курдук аан маҥнай улахан киһи буолуу баҕа санаатыттан улахан киһи, Будда, онтон үчүгэй киһи буолар санааттан Христос таҥара үөскээбиттэр.
Санаатыгар оҥорон көрөр эбэтэр кими эмэ үтүктэн үчүгэй буолуутун ситиһиигэ хас киһи барыта кыһанар. Ол иһин киһи бэйэтин олоҕор тугу ситистэҕинэ үчүгэй буоларын эрдэттэн билэрэ наада. Киһиэхэ бу билиитэ олохсуйан баҕа санаатыгар кубулуйдаҕына, ол сыалын ситиһэригэр дьулуура түмүллэр. Ким ол сыалын хайдах гынан ситиһэрэ бэйэтин дьыалата. Ол эрээри кини ити сыалын хайдах ситиһэригэр ыйан, үөрэтэн, көмөлөһөн биэрии эрэйиллэр. Сыалын билэр киһи, ону ситиһэригэр толору кыахтаах буолан тахсара быһаарыллар.
Хас киһи барыта бэйэтин олоҕун таһымыттан көрөн ханнык сыаллары ситиһэрэ улахан уратылардаах. Быстар дьадаҥы киһи үчүгэй буоларын туһугар тото аһыаҕын уонна ханна эрэ сытыаҕын наада. Дьадаҥы соҕус киһи көрдөбүлэ итинтэн арыыччанан элбээн, улаатан биэрэн иһэр. Бэйэтин кыанар орто баайдаах киһи өссө үрдүк, элбэх көрдөбүллэрдээх. Орто баай киһиэхэ бары барыта наада. Элбэҕи ситиһиэн, булуон-талыан баҕата муҥура суоҕун баайа ситэ тиийбэтэ эрэ мэһэйдиир. Аһара баай дьон баҕалара ханан да муҥурдаммат, санаалара төһө тиийэринэн киэҥник хабарыттан билигин космоска күүлэйдээн киирэр буоллулар.
Билигин Аан дойдуга үөскээбит демократия үөрэҕин көрдөбүллэрэ дьон ити үчүгэйгэ, олохторун тупсарыыга баҕарар санааларын толоро сатааһыннарын соччо боппотторуттан барыларыгар кэриэтэ сөп түбэһэллэр. Ол иһин үөрэх-билии тарҕанан истэҕин аайы дьон-норуот демократия диэки тардыһыылара бил¬лэрдик эбиллэр.
«Үчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһан сылдьаллар» уонна «Үчүгэй куһаҕана суох буолбат» диэн этиилэр үчүгэй уонна куһаҕан чахчы бииргэ сылдьалларын, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаахтарын, кэмэ кэллэҕинэ эргийэн, уларыйан биэрэллэрин туоһулууллар. Ити этиилэр үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар киһи оҥорор дьыалаларыттан хаһан да арахсыспаттарын, үөскээн тахсар төрүттэрэ биирдэрин, киһи өйө-санаата буоларын бигэргэтэллэр. Киһи хаһан баҕарар үчүгэйи оҥоробун диэн аһара туттан кэбистэҕинэ, хайа эрэ өттүнэн куһаҕан буолан тахсар уонна «аһара барыы» диэн сахалыы ааттанар. Ол иһин киһи ханнык баҕарар быһыыта, тугу оҥороро хаһан да ханнык эрэ кээмэйи, сиэри, аһара барыа суохтаахтар.
Үчүгэйи оҥоруу куһаҕаҥҥа тириэрдэр биир холобурун арыгы иһии-титтэн булуохха сөп. Сылдьыбатаҕа өр буолбут ыалдьыты арыгынан үөрэ-көтө күндүлээһин саҕаланан баран, бары бүттүүн итирии-лэринэн түмүктэнэн хаалыыта, үчүгэй куһаҕаҥҥа кубулуйуутугар биллэр холобур буолуон сөп. Манна ары¬гылааһын саҕаланан куһаҕан быһыы үөскээһинигэр үчүгэй ыалдьыт кэлиитэ төрүөт буолара ордук хомолтолоох. Бу холобур салгыытынан арыгы испэт киһиэхэ үчүгэй, үөрүүлээх бырааһынньыгынан сылтанан арыгыны сыҥалааһын, үрүүмкэлэри толоро-толоро охсуһуннаран иһии үчүгэйи куһаҕаҥҥа кубулутуу холобурунан эмиэ буолуон сөп.
Саха дьоно былыр-былыргыттан үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр бэйэ-бэйэлэриттэн олус чугас сылдьалларын, сорох кэмҥэ бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан биэрэллэрин билэннэр «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этэллэр. Ол билиилэрэ барыта «Ай» диэн өйү-санааны быһаарар тылбыт икки өрүттээҕэр, үчүгэйдээҕэр уонна куһаҕаннааҕар иҥэн сылдьар. Ол иһин үтүө санаалаах төрөппүттэр улаатан иһэр оҕолоро киһи оҥорор куһаҕан дуу, үчүгэй дуу быһыыларын барытын арааран билэллэрин ирдииллэр. Оҕолорун үөрэтэллэригэр ити билиилэрин өс хоһооно оҥорон туһаналлар. Субу туһааннаах кэмҥэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билии уонна олоххо таба туһаныы диэн хас киһи барыта билэр хайаан да тутуһуохтаах көрдөбүлэ буолар.
«Ытыыр уонна күлэр аҕас балыстыылар», «Аһары күлэн алларастаама, аны ытыырыҥ кэлиэҕэ», «Сырдык уонна хараҥа сиэттиспитинэн сылдьаллар» диэн өс хоһоонноро аһара барыы кэнниттэн эбэтэр үчүгэй буолуу кэмэ аастаҕына куһаҕан тиийэн кэлэрин эбэтэр куһаҕан буолуу кэнниттэн үчүгэй эмиэ кэлэрин чопчу бэлиэтииллэр.
Хара куһаҕан, дьон-аймах өйдөрүгэр-санааларыгар хара дьүһүн куһаҕан өйдөбүллээх. Ол курдук түүн хараҥарыыта киһи санаатын баттатыытын, туох да көстүбэт буолуутун үөскэтэр. Түүн хараҥа, куһаҕан, кутталлаах. Түүн хараҥатын, кутталлааҕын Айылҕаҕа бэйэтигэр сылдьар киһи ордук арааран өйдүүр. Хара тыа быыһыгар ыас хараҥаҕа түүн дьайыыта киһиэхэ ордук биллэр, бу кэмҥэ Айылҕа киһиэхэ дьайыыта күүһүрэр.
Үгүс дьон олоҕун сиэригэр сөп түбэспэт быһыылары куһаҕан быһыылар диэн ааттыыллар. Үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр хас киһи аайы тус-туспаларын тэҥэ хас биирдии омуктарга эмиэ тус-туспа өйдөбүллээхтэр. Үөрэх-билии тарҕаныыта дьон өйдөрө-санаалара, тугу үчүгэй эбэтэр куһаҕан дииллэрэ биир буолан барыытыгар тириэрдэр. Европаттан тарҕаммыт үөрэх-билии, онно оҥоруллубут арыгыны кытта тэҥҥэ тарҕанан барбыта. Арыгыны былыргы кэмнэртэн ыла оҥорон туһанарга үөрэммит омуктарга билигин кэлэн чахчы мааныга, үчүгэйгэ туттуллар ас буолбута ыраатта. Онтон хаалыылаах, бэйэлэрэ арыгыны оҥостубат омуктарга арыгы өссө да куһаҕан өйдөбүлүн кыайан быраҕа илик. Ол аата арыгыны бэйэлэрэ оҥостон, уһун үйэлэргэ сөбүлээн көрөн иһэргэ үөрэнэ илик омуктарга арыгыһыттар аҕыйыыллара өссө да ыраах.
Аһара баай уонна быстар дьадаҥы дьон үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэрэ тус-туспаларын ааһан үгүс утарыта турар өрүттэр-дээхтэр. Аһара баайдар харчылара элбэҕиттэн ханнык баҕарар баҕа санааларын толорор кыахтаахтар. Бу дьон бары баҕаларын толорор кыахтаахтара, оҕолорун, эдэр көлүөнэлэрин иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыларыгар улахан уустуктары оҥороллор. Ол курдук оҕолоро улаатан иһэннэр ханнык баҕарар баҕаларын, ол иһигэр аан бастаан быстах баҕа санааларын толорорго үөрэниилэрэ, өйдөрө-санаалара үлэһит дьон оҕолоруттан букатын уратыланарыгар тириэрдэр. Баай дьон оҕолорун өйдөрө-санаалара быс¬тах баҕа санааларын, бэйэлэрин эттэрин-сииннэрин баҕаларын урут-бастаан толоруу диэки салаллар. Ити быһыы тэнийэн иһэрин бэлиэтинэн билигин сай-дыылаах дэнэр дойдуларбытыгар баай дьон эдэр ыччаттара наркотиктары элбэхтик туһаналларыгар уонна секскэ убаныыларыгар тириэрдэн эрэр. Баай эдэр дьон туһалааҕынан дьарыктамматтарыттан иллэҥ кэмнэрэ, харчылара элбэҕиттэн, наркотиктары элбэхтик булан туһанар уонна быстах баҕаларын ханнарар кыахтаахтар. Ол иһин сотору үөрэнэн, ылларан хаалан наркоман буолан бараллара элбээтэ. Итини тэҥэ элбэх харчылаах дьон наркотиктары туһаналларыттан атыыланар сыаналара куруук үрдээн иһэллэр.
Дьадаҥы дьон баҕа санаалара эмиэ туспа. Кинилэргэ аһы-таҥаһы булуу үлэтэ бастакы миэстэҕэ турар. Кыра хамнастаах өттүлэрэ ол иннигэр эрэ сылдьар курдуктар. Тугу барытын экономиялаан, харыстаан, кэмнээн тутта үөрүйэхтэриттэн, ыарахан сыаналаах наркотиктары ылан туһаналлара быдан сэдэх, аҕыйах. «Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэн этиини бигэргэтэн наркотиктар сыаналара ыарахана дьадаҥы дьон олус элбэх¬тик туһаналларын биллэрдик хааччахтыыр.
Дьадаҥы дьон оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үөрэннэхтэринэ, айылҕа итиитигэр буһан, тымныытыгар тоҥон эрчилиннэхтэринэ бэйэлэрин быстах баҕаларын кыана туттар тулуурдаах уонна дьулуурдаах, өһөс майгылаах, бөҕө доруобуйалаах дьон буола улааталлар. Бэйэлэрин быстах баҕаларын кыана туттар кыахтаах, тулуурдаах дьон арыгыга да ылларбаттар, наркоман да буолумуохтарын сөп.
Сайдыылаах дойдуларга наркоманнар үксүлэрэ баай, салайар дьон оҕолоро. Кинилэр атаахтык иитиллибиттэрэ дьайан бэйэлэрин быстах баҕа санааларын кыайан кыана туттубаттар, онно эбии харчылара элбэҕинэн туһанан төһө баҕарар сыаналаах наркотиктары ылан туһа-наллар. Бу быһыы урукку кэмҥэ атаах, баай дьон оҕолоро урут арыгыһыт буолан хаалалларынан өссө чуолкайдык быһаарыллар.
Дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны биирдик өйдөөн араарыылара, биир санааланыыларыгар тириэрдэр. Биир санаалаах дьон биир сыалы ситиһэргэ туруналларыгар, бары кыахтарын ууран түмсэллэригэр толору кыахтаахтар. Кинилэр бары бииргэ түмсэннэр куһаҕан быһыылары оҥорбокко, үчүгэйи элбэхтик оҥорон бардахтарына Сир үрдүгэр үтүө, үрүҥ, үчүгэй санаа баһыйан, баһылаан барыан сөп. Киһини санаата салайар. Киһи тугу оҥоруохтааҕын аан маҥнай санаатыгар оҥорон көрөр, сыаналыыр. Аан маҥнай саныыр, быһаарынар, өйүгэр боруобалаан көрөр, онтон оҥорор. Куһаҕан санаалары элбэхтик санаан үгэс оҥоһуннаҕына, куһаҕан быһыылар иҥэн, олохсуйан хаалыахтарын сөп. Куһаҕан санаа, хара санаа олохсуйан, иҥэн хаалыыта киһи куһаҕан быһыылары өйө-санаата уларыйар кэмигэр оҥорон кэбиһэригэр тириэрдиэн сөп.
Киһи өйүттэн куһаҕан санааларын ылан бырахтаҕына эрэ үчүгэй санаалары саныыр кыахтанар. Ол иһин ханнык баҕарар таҥара үөрэхтэрэ итэҕэйэр дьону куһаҕан санааларыттан ыраастана, олору умнан, хааллара сылдьалларын ирдииллэр. Куһаҕан санаалартан ыраастаныы куһаҕан быһыылары аҕыйатар кыаҕын дьон бары туһаналлара хайаан да наада.
«Ыар санааҕа баттатыы» диэн кыайан ыраастаммат, мунньуллубут куһаҕан санаалары этэллэр. Киһи үчүгэй санаалары элбэхтик санаатаҕына, үгэс гынан иҥэриннэҕинэ эрэ куһаҕан санааларыттан ыраастанан үчүгэйи оҥорор кыахтанар. Ол иһин үчүгэй дьыалалары, быһыылары оҥорорун наадатыгар санаата үчүгэй буолуохтааҕа быһаарыллар. Оҕону кыра эрдэҕинэ куһаҕаны оҥорботугар үөрэтэн, үчүгэй санаалары өйүгэр-санаатыгар иҥэрэн, киллэрэн биэрии бары үөрэтээччилэртэн ирдэниллэр сүрүн көрдөбүлгэ кубулуйдаҕына эрэ оҕо киһилии майгылаах буола улаатыан сөп. Ол аата оҕо ханнык үгэстэри иҥэринэр даҕаны майгына соннук буола улаатар.
Төрөппүттэр, үөрэтээччилэр бэйэлэрэ тугу үчүгэй, тугу куһаҕан дииллэригэр батыһааччыларын үөрэтэ сылдьаллар. Ол иһин ордук суолталааҕынан оҕону, киһини үөрэтээччи майгына улахан оруолу ылара быһаарыллар.
Киһи олоҕор биллэр дьонун холобурдара быһаччы дьайаллар. Эһэтэ, эбэтэ, аҕата, ийэтэ оҕоҕо холобур буолан, бэйэлэринэн көрдөрөн биэрэн истэхтэринэ оҕолоро кинилэри үтүктэн, көрөн үөрэнэн иһэр. Быраас оҕото быраас, тутааччы оҕото тутааччы буолуута үтүктэн үөрэнии биир тутаах холобура буолар. Төрөппүттэрэ көрдөрөр холобурдара оҕо кыра эрдэҕинэ өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар уурулланнар олох туһунан өйдөбүлүн үөскэтэллэр. Ол аата бу дьон оҕолорун олох туһунан өй¬дөбүлэ холобур оҥостор дьонун олохторун үтүктэн, ол курдук буолан барара быһаарыллар.
Былыргы сахалар үчүгэй ааттаах-суоллаах аймахтарын, төрүттэрин кутун-сүрүн түүктүйэҕэ хаайаннар, илдьэ сылдьан таҥара оҥостор эбиттэр. Ол аата, кинилэр аатырбыт төрүттэрин олоҕун холобур оҥостор, кэлэр көлүөнэлэригэр кэпсээн гынар, үөрэх ылынар быһыылара буолар. Аҕа баһын тосту олорбут, бэйэтин олоҕор биллэр үтүө дьыалалары оҥортообут, элбэх кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннартаабыт киһи бэйэтин кута күүһүрэр, кыаҕырар. Кини бэйэтин олоҕун үөрэҕинэн, уопутунан кэлэр көлүөнэлэрин араҥаччылыы, көрө-истэ сылдьарын былыргы сахалар билэннэр кэлэр көлүөнэлэрин үөрэтиигэ туһаналлар. Бу быһаарыы сахалар кут-сүр үөрэхтэрин буор кут диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр. Ол курдук биир хаан аймахтар буор куттара барыларыгар биир буолара аймахтар сибээстэрин, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын үөскэтэр.
Эдэр киһини олоххо уопуттаах, бу баар киһи холобурунан көрдөрөн үөрэтии ордук тиийимтиэ, өйдөнүмтүө. Бу үөрэҕи быһаччы быһаардахха, оҕоҕо мин курдук киһи буол, миигин үтүгүн диэн үөрэтии буолар. Арай холобур оҥостор киһи олус улахан үтүөлээҕэ, аата-суола улахана ордук тиийимтиэ буолара эмиэ аахсыллар. Ол иһин бары таҥара үөрэхтэрэ оҕону үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэргэ аналлаахтар.
Төрөппүтүн оҕото хаһан баҕарар үтүктэр, батыһар. «Яблоко от яблони надалеко падает» диэн этии итини быһаарар. Төрөппүтэ түһэн биэрбэтэҕинэ оҕото бэйэтэ да батыһа сылдьар, кини курдук буолар баҕа санааны үөскэтинэр. Төрөппүтэ үтүө, үлэһит киһи буоллаҕына, оҕото кинини батыһар, үтүктэр таҥаратыгар кубулутар, кини курдук буолуон баҕаран, баҕа санаатын ситиһэр кыаҕа улаатар. Ол кини баҕара саныыр санаата кинини сирдиир, ыҥырар. Оҕо улаатан иһэн ити сыалын ситиһэн төрөппүтүн курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатар.
Ол аата оҕону үөрэтии аан маҥнай төрөппүт өйүттэн-санаатыттан, кини туохха уонна хайдах үөрэммититтэн быһаччы тутулуктаах. Оҕотун киһилии майгыга, үлэни-хамнаһы кыайарга-хоторго үөрэтиэн баҕарар киһи, аан маҥнай бэйэтэ үлэлээн-хамсаан көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэн иһэрэ хайаан да ирдэнэр тутаах көрдөбүл буоларын таба сыаналаан туһаныахха наада.
Онон баай уонна дьадаҥы, үлэһит дьон өйдөрө-санаалара олохторо тус-туспаларын курдук тус-туспалар. Аһара баай уонна быстар дьадаҥы дьон өйдөрө-санаалара букатын да утарыта турар өйдөбүллэрэ элбэхтэр. Yлэһиттэр аһара баай дьон этиилэрин, үөрэхтэрин лаппа үчүгэйдик сиидэлээн, ырытан баран бэйэлэригэр туһалаах өрүттэрин эрэ ылыналларыгар сүбэлиибит.
ХАМНАС
Сахалар «Yлэ-хамнас» диэн холбуу этиини куруук тутталлар. Yлэлээтэххэ, элбэхтик хамнаннахха, тугу эмэ туһалааҕы оҥордоххо хамнас диэн ааттанар, үлэлэммит үлэ иһин төлөбүр кэлэрин иһин итинник эппиттэр, аналлаах тыллары үөскэппиттэр. Yлэ уонна хамнас аргыстаһан сылдьаллар. Yлэ уонна хамнас диэн сахалыы тыллар үлэ, хамнас сыһыаннара сахаларга олус былыргы кэмнэртэн, саха тыла саҥа үөскүөҕүттэн ыла сайдыбыттарын быһаарар. «Хамнастаах үлэ» диэн этии оҥоруллубут үлэттэн кэлэр хамнас үлэлэммит үлэҕэ сөп түбэһэрин, өссө арыычча ордорун, олоҕу тупсарарын биллэрэр.
Сахалар хамнаска үлэлиир киһини хамначчыт диэн ааттыыллар, үлэ¬лээтэҕинэ, хамнаатаҕына, ким эрэ эппитин толордоҕуна төлөбүр, хамнас ыларын иһин итинник ааты иҥэрбиттэр. Үлэһит, хамначчыт киһи бэйэтин олоҕун ылар хамнаһыгар тэҥнээн оҥостунар. Хамнаһа олус кыччаатаҕына быстар дьадаҥылар кэккэлэригэр киирсэн хаалара, олоҕо ылар хамнаһыттан улахан тутулуктааҕын быһаарар. Сөбүгэр соҕус, айаҕыттан, араас түһээннэриттэн, нолуоктарыттан туох эмэ ордор хамнастаннаҕына орто киһи, сэниэ ыал ахсааныгар киирсэн барыан эмиэ сөп.
Үлэһит дьон ылар хамнастарыгар государство тутула ордук улахан сабыдыаллаах. Дьон олоҕо тупсарын туһугар урут-бастаан кыһанар государствоҕа үлэһиттэр ылар хамнастара үрдүк буолар. Тоҕо диэтэххэ үлэһиттэр ылар хамнастара үлэлэммит үлэттэн государство бэйэтин туһугар нолуоктаан, быһа тутан ылбытын кэнниттэн биирдэ ааҕыллан кэлэр. Ол иһин олус элбэх ахсааннаах бюрократ чиновниктардаах, аһара элбэх армиялаах государствоҕа нолуок элбэҕиттэн үлэһиттэр ылар хамнастара аҕыйыыр.
Государствоҕа оҥорон таһаарыы сайыннаҕына хамнас улаатан биэрэн иһэр. Европа сайдыылаах дойдуларыгар уонна АХШ-ка үлэһит киһиэхэ бэриллиэхтээх хамнас алын кээмэйэ диэн баар. Бу сокуонунан ылыныл¬лыбыт нуорма харчы буолар. Хайа да киһи үлэ чааһыгар үлэлээтэҕинэ ылыахтаах харчытын саамай кыра кээмэйэ итинник ааттанар. Үлэлии сылдьар киһи итиччэ харчыны илиитигэр ыллаҕына эрэ аһын-үөлүн, дьиэтин-уотун, таҥаһын-сабын хааччынан, көрүнэн, сөптөөхтүк сынньанан салгыы үлэлиир кыахтанарын ааҕаннар ити нуорманы оҥорбуттар.
Биһиги сайдан иһэр диэн ааттаах государствобыт эмиэ итинник, хамнас алын кээмэйин ылыммыта буолбута. Ол эрээри бу нуорма харчы киһи олоххо туһанар саамай кыра нуорматыгар ханан да тиийбэт уонна өтөр тиийэр кыаҕа суоҕа үлэһиттэри санаарҕатар.
Аһары баай дьон оҥорон таһаарар производствоны бас биллэхтэринэ элбэх үлэһиттэри салайаллар. Биһиги дьадаҥы дойдубуту¬гар оҥорон таһаарыы мөлтөҕүттэн үлэһиттэр бары кэриэтэ дьадаҥылар, бэйэлэрин эрэ кыайан көрүнэллэр, ол аата хамнастара аһыыр аһылыктарыгар уонна таҥнар таҥастарыгар эрэ тиийэр. Үлэ миэстэтэ аҕыйааһыныттан кинилэр үлэ биэрэр, хамнас төлүүр киһиттэн олус улахан тутулуктанан хааллылар. Олорор олохторо барыта үлэлиир үлэлэриттэн, ылар хамнастарыттан быһаччы тутулуктанара үлэ усулуобуйатын уонна хамнас эбиллэрин туруорсалларын суох оҥордо.
Баай киһи үлэһиттэригэр аҕыйах хамнаһы төлөөтөҕүнэ баайа, барыһа эбиллэн иһэрэ хос быһаарыыга наадыйбат. Төһө аҕыйах хамнаһы уонна араас көмөлөрү үлэһиттэригэр төлүүр даҕаны соччонон бэйэтин баайа эбиллэн иһэрин сыысхала суох ааҕына сылдьар кыахтаах. Элбэх үлэһит дьон олохторо биир киһиттэн тутулуктанан хаалыытын таба быһаарарга аналлаах сокуон баара наада. Үлэһит киһи үлэлээбитигэр сөптөөх хамнаһы ааҕыстаҕына эрэ киһилии олороро кыаллар. Ол иһин киһи тыыннаах буолан олоҕу олороругар сөп түбэһэр аһылык нуорматыттан ааҕыллан таһаарыллыбыт хамнас алын кээмэйэ диэн баара ордук. Киһи ыйы быһа үлэлээн баран ол нуорматтан кырата суох хамнаһы ааҕыстаҕына эрэ ыран-быстан, охтон хаалбакка салгыы уһуннук үлэлиэн сөп.
Аһары баай дьон былыр-былыргыттан дьадаҥылары үлэлэтэн баран хамнастарын төлөөбөттөрө, ситэ биэрбэттэрэ биллэр суол. Билигин да байан эрээччилэр ахсааны үчүгэйдик билэллэр, бэйэлэрин тустарыгар хата барыстаахтык ааҕалларын умнубаттар.
Россияҕа Өктөөп революциятын кыайыытын биир сүрүн төрүөтүнэн аһара баай дьон үлэһиттэригэр, хамначчыттарыгар хамнастарын ситэ биэрбэттэрэ, олус уһуннук, 11,5 чаас устата ыарахан үлэҕэ үлэлэтэллэрэ, бэйэлэрин киһинэн да аахпаттара буолбутун билигин умнан эрэллэр. Ыраахтааҕы православнай таҥара дьиэтин кытта кыттыһан үлэһит дьону оннооҕор саллааттарынан ытыалатара. 1905 сыллаахха Гапон баачыка үлэһиттэри сирдээн аҕалан ытыалаппыта. 1912 сыллаахха Бодойбо көмүстээх бириискэтин үлэһиттэрин саллааттар ытыалаан икки сүүстэн тахса киһини биир сиргэ охторбуттара. Ыраахтааҕы былааһын үлэһиттэргэ сыһыана саа буулдьатынан быһаарыллар кэмнэргэ тиийбитэ революция саҕаланыытыгар олук буолбутун ким да саарбахтаабат.
Аһара баайдар, ол иһигэр ыраахтааҕы үлэһит дьону олус күүскэ баттааһыннара, атаҕастааһыннара кэмэ кэллэҕинэ бэйэлэригэр төттөрү эргийэн кэлиэн сөбүн итэҕэйбэттэр этэ. Оччотооҕу кэмҥэ үлэ чааһа олус уһун буолуута, үлэһиттэр олус элбэхтик үлэлээн баран нэһиилэ айахтарыгар эрэ тиийэр-тиийбэт хамнаһы аахсыылара революция олус түргэнник, киэҥник тэнийиитигэр уонна эрэллээхтик кыайыытыгар тириэрдибитэ. Дьадаҥылар, үлэһиттэр саа-сэп күүһүнэн, элбэх хааннарын тоҕон туран былааһы ылан бараннар үгүс үйэлэргэ мунньуллубут иэстэрин, эрэйдэммиттэрин, муҥнаммыттарын, харахтарын уутун иэстэһэн баайдар, христианскай таҥара үлэһиттэрин баайдарын-малларын тутан, былдьаан ылбыттара, салайар былаастан туораппыттара, саа-сэп тутан утарылаһар өртүлэрин харса суох кыдыйбыттара.
Революция кэнниттэн үлэһиттэр былааһы ылан бараннар аан маҥнай үлэһиттэргэ, хамначчыттарга хамнастарын толору биэрэллэрин ситиспиттэрэ. «Киһиэхэ киһилии сыһыаннас» диэн сахалар этэллэр. Социализм кэмигэр үлэһиттэргэ бэриллэр хамнас алын кээмэйэ хайа баҕарар киһи оччотооҕу көрдөбүлгэ сөп түбэһэр олохтоох буолуутун толору хааччыйара. Үлэһиттэр бу сүрүн көрдөбүллэрэ, үлэлээбит үлэлэрин иһин сөптөөх хамнаһы аахсан ылыылара баар-суох баҕа санааларыгар сөп түбэһэрэ. Ити иһин үлэһиттэр, хамнаска үлэлээччи хамначчыттар бэйэлэрин былаастарын, улахан сыыһалардаах да буоллар сөбүлүүллэр этэ.
К.Маркс үөрэҕинэн дьону үлэлэтэн, туһалааҕы оҥотторон баран хамнастарын ситэ төлөөбөттөн эбиискэ барыс үөскээн тахсар. Бу үөскээбит барыһы барытын аһара баай дьон бэйэлэрин тустарыгар туһаныыларыттан өссө байан иһэллэр. Государство олус элбэх нолуогу түһэриититтэн тэрилтэлэр хамнас төлүүр кыахтара аҕыйыыр. Үлэһиттэргэ сөптөөх хамнаһы төлөөһүн государствоттан тутулуга ордук улахан.
Сайдыылаах дойдуларга билигин туттулла сылдьар хамнас алын кээмэйэ диэн сокуон государстволар сайдыыны ситиһэллэригэр, баай уонна дьадаҥы дьон икки ардыларыгар сөбүлэһэр сыһыаны олохтуулларыгар улаханнык көмөлөспүт буолуон сөп. Ол аата, ханнык баҕарар киһиэхэ үлэ биэрэн үлэлэтэр буоллахха, хойутаппакка эрэ хамнас алын кээмэйинэн хайаан да төлөнөн иһэрэ ордук. Хамнас төлөөһүн кыаллыбатаҕына, дьону наймылаһан үлэлэтии суох буоларын бу сокуон хонтуруоллуур.
Маннык сокуон хас биирдии үлэһит киһи бэйэтин үлэтинэн айаҕын ииттинэрин хааччыйар. Итини тэҥэ бу сокуон үлэ биэрэр киһи уонна үлэһит бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын быһаарарга ордук туһалыыр. Үлэлэтэн баран хамнас биэрбэт буолуу эбэтэр олох аҕыйаҕы төлөөһүн биһиэхэ олус дэлэйдэ. Дьон бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннарыгар үөс¬кээн эрэр ити куһаҕан майгыны маннык сокуон суох оҥорор кыахтаах. Саҥа үйэ саҕаланыытыгар Россия ырыынак сокуоннарынан олорор государствоҕа кубулуйан иһиитэ салгыы баран иһэр. Ол хамсааһын биир холобурунан Госдума хамнас алын кээмэйин уонна хайдах төлөнөрүн быһаарар сокуону ылыммыта буолар. Бары үлэһиттэргэ бу сокуон хайаан да улахан туһаны аҕалыан сөп.
Ырыынак усулуобуйатыгар үлэһиттэр бырааптарын көмүскүөхтээх тэрилтэлэринэн профсоюзтара буолар. Бу тэрилтэлэр аан бастаан элбэх ахсааннаах үлэһит-хамначчыт дьон көрдөбүллэрин толорор сыалга үлэлээһиннэрэ государство олоҕо туруктаах буолуутугар тириэрдиэн сөп.
Бары үлэһиттэр бэйэлэрин бырааптарын көмүскүүр сокуоннары ылынарга туруннахтарына кыайыахтарын сөп. Демократия сокуоннарын туһанан кинилэр государствоны салайыыга депутаттарын нөҥүө быһаччы кыттыһалларын туһаныахтарын сөп этэ. Элбэх ахсааннаах үлэһиттэр бэйэлэрэ куоластаан талбыт депутаттарын нөҥүө туһалаах сокуоннары ылынан иһэллэрэ буоллар үлэ-хамнас өссө тупсуутун ситиһиэхтэрин сөп.
ЧЭПЧЭКИ ҮЛЭ
Киһи диэн киһи буоллаҕа дии. «Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар» диэн сахалар этэллэр. Күүстээх үлэ кэнниттэн эт-сиин сөптөөх сынньаныыга наадыйарын ити этии быһаарар. Уһун үйэлэрин тухары куруук, өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлии-хамсыы сылдьар саха дьонугар сынньалаҥ, сынньалаҥы тэрийии туһунан этиилэр ыһыахтартан, уруулартан, олоҥхону, былыргы кэпсээннэри истииттэн уонна ойуун кыырыытыттан ураты олох да суох курдуктар. Урукку кэмҥэ бултааһын аһылыгы булунууну кытта быһаччы сибээстээҕинэн ордук эрэйдээх уонна ыарахан, киһи эрэ барыта кыайбат уустуктардаах үлэтигэр киирсэрэ.
Эт-сиин, киһи айылҕаттан тутулуктаах сүрүн чааһа, хаһан баҕарар сынньалаҥнык, бэйэтигэр үчүгэйи оҥостунан сылдьарын ордорор. Эт-сиин күүстээх хамсаныылартан сылайарыттан киһиэхэ чэпчэки үлэни үлэлиир баҕа санаа, өссө тугу да үлэлээбэккэ эрэ элбэх харчыны булар-талар баҕа баар буолара саарбаҕа суох суол. Былыргыттан быйылгы да кэмнэргэ киһи «Кыһалҕа кыһайарыттан» ыарахан үлэни үлэлииргэ күһэллэрэ уларыйа илик, кэлин даҕаны уларыйар да кыаҕа суох.
Чэпчэки үлэни үлэлииргэ уонна ол-бу араас баҕа санаалары халлаантан түспүт курдук ситиһэргэ төрөппүт¬тэр элбэх сымыйа, аптаах дэнэр остуоруйалары кэпсээннэр оҕолоро кыра эр¬дэҕинэ өйүгэр-санаатыгар иҥэрэн кэбиһэллэрэ кэнники кэмҥэ ордук элбээтэ. Ол курдук хантан эрэ халлаантан түһэн кэлэр баайы-малы, төрөппүттэрин муҥура-суох итэҕэйэр оҕо, кыра эрдэҕиттэн кэтэһэ сылдьарга үөрэнэр. Ол иһин үлэлээбэккэ-хамсаабакка, эрэйдэммэккэ эрэ босхо кэлэр баайы-малы ордук сөбүлүүр буола улаатара өйүгэр-санаатыгар халыйыыны, буортуну оҥорорун аныгы төрөппүттэр аахсыбакка сылдьаллара хомолтолоох.
Yөрэхтээх киһи үрүҥ, чэпчэки, салайар үлэҕэ сылдьара хара үлэһит дьону ымсыырдар, угуйар, батыһа, үтүктэ сатыылларын күөртүүр. Советскай былаас кэмигэр ордук киэҥник тарҕаммыт: «Yрдүк үөрэхтээх эрэ буолуу»,- диэн ыҥырыы дьону аан маҥнай чэпчэки үлэни көрдөөһүҥҥэ уонна олору эрэ үлэлииргэ үөрэтэр эбитин билигин кэлэн эдэр үлэһиттэрбит чахчы аҕыйаабыттарын кэнниттэн эрэ биллибит.
Yөрэх-билии кырдьык наада. Ол эрээри барыта кэмнээх, кэрдиилээх буоллаҕына табыллар. Сайдыыта суох экономикалаах, үгүстүк илиинэн үлэлэнэр үлэлээх государствоҕа элбэх үрдүк үөрэхтээх киһи наадата суох. Бука бары үрдүк үөрэхтэннэхтэринэ, ол үөрэхтэригэр сөптөөх үлэни булан үлэлиир кыахтара суох буоларын аахсыбаттар. Хас үлэһиккэ барыларыгар элбэх хамнастаах, сымнаҕас, салайар үлэ кыайан тиийбэт. Итини тэҥэ салайааччылар элбээн хаалыылара үлэлээччилэри аҕыйатарынан үлэ оҥорон таһаарыытын намтатар.
Үлэ ырыынагар субу кэмҥэ ханнык үлэ наадатыттан көрөн үлэһиттэр ахсааннара уларыйан биэрэн иһэрэ сөп. Бу быһаарыы сөптөөҕө ырыынак кэмэ кэлбитигэр толору дакаастанна. Элбэх учууталлар, медиктэр үлэлэрин уларытаннар атыы-эргиэн дьыалатын билигин баһылаатылар.
Киһи Айылҕа биир тыынар-тыыннаах харамайа буолан аһыыр уонна утуйар, сынньнар кэмнэрин көтүппэтэҕинэ эрэ табыллар. Айылҕа киһини ити курдук айан кэбиһэн, киһи сынньалаҥнык, тото-хана аһыы сылдьыан, сылаастык утуйуон этэ-сиинэ олус баҕарар. Киһи этин-сиинин баар-суох баҕа санаатынан төрүт даҕаны минньигэстик аһыы-аһыы сытыахха уонна сынньалаҥнык, талбытынан быстах баҕа санаалары толоро сылдьыахха диэн буолара чахчы. Бу быһаарыы табата илиинэн көтөҕөн-сүгэн үлэлээһин, хамсааһын ыараханыттан, эрэйдээҕиттэн арыллан тахсар.
Дьон олохторун сайдан иһиитэ көрдөрөрүнэн ас-таҥас эрэ көстөрө эрэйдээҕиттэн киһи үлэни үлэлиирэ быһаарыллар. Ол курдук Айылҕа халлаана сөбүгэр соҕустук тымныйар сирдэригэр дьон-аймах сайдыыны, олохторо тупсуутун атыттартан уруттаан ситистилэр. Азия уонна Европа сөбүгэр тымныылаах сирдэригэр олохтоох омуктар олох сайдыытын баһылаан иһэллэрэ мөккүөрэ суох буолла. Киһи аһылыгын булунара уустугунан уонна тымныыттан көмүскэнээри, хаххаланаары күүскэ үлэлээн-хамсаан өйө-санаата сайдыыны ситиспитин билигин ким да саарбахтаабат.
Дьон-аймах Африкаҕа 3 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр сайдыбыта диэн учуонайдар дакаастаан тураллар. Ол эрээри бу дойдуга олоҕу олоруу чэпчэкитэ, ас-таҥас көстөрө судургута бэрдиттэн европеецтар кэлэн булуохтарыгар диэри олохтоох дьон сайдыыны, үлэни-хамнаһы ситиһиилэрэ маска ыттан кокос эриэхэтин түһэрэртэн эбэтэр бананы үргээн ылан сиэн кэбиһэртэн уонна там-тамы үҥкүүлүүртэн салгыы сайдыбакка хаалбыта кырдьык.
Онтон халлаан олус тымныйар Саха сиригэр дьон сайдыыны ситиһэллэрэ эмиэ аҕыйаан, үгүс үлэни-хамнаһы айылҕа тымныытын утары охсуһууга ыыппыттарын бары билэбит.
Айылҕа тымныытыгар тоҥумаары ону-маны була-тала сатааһын, ас-таҥас булунаары үлэни-хамнаһы сайыннарыы дьон өйдөрө-санаалара ордук түргэнник сайдыытын сөбүгэр тымныылаах сирдэргэ көҕүлээбитэ. Европа киинигэр олохтоох омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэстэһэн, күөн былдьаһан сайдыыларыгар ким урут саҥаны арыйбыт, туһаҕа таһаара охсубут киэҥ сирдэри баһылаан, салайыыны ситиһэр кыахтанара ордук тургэнник сайдалларыгар олук буолбута.
Yлэ – олох үөрэҕэ. Yлэлииртэн, хамсыыртан өй-санаа эбиллэн, эт-сиин үөрүйэх буола үөрэнэр, буор кут мунньуллар, өй-санаа сайдар. Yлэлиир, хамсанар киһиэхэ эрэ буор кут үөскээн, мунньуллан этин-сиинин салайыыга кыттыһар, кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн өй-санаа сайдыытын түргэтэтэр. Археологтар булан суоттаан таһаарыыларынан Африкаҕа уонна хоту, Саха сиригэр дьон биир кэмҥэ баар буолбут эбит буоллахтарына Европаҕа капитализмы тута сырыттахтарына Африка дьоно кокос эриэхэтин түһэрэртэн уонна сарайы сэбирдэхтэринэн оҥостортон атын үлэ-хамнас сайдыытын ситиспэтэхтэрэ.
Урукку, саҥа «социализм» тутуллар кэмигэр элбэхтик илиилэринэн күүскэ үлэлээбит кырдьаҕастар билиҥҥи эдэрдэр үлэҕэ хайдах сыһыаннаһалларын кытта тэҥнээн көрөр кыахтаахтар. Ыч¬чат чэпчэки үлэни, олоҕу эккирэтэр буолла диэн Саха сирин араадьы¬йата элбэхтик эппитэ, хаһыаттара үгүстүк суруйбуттара быданнаата. Кырдьаҕас, уопуттаах дьон эдэрдэр майгылара ити курдук уларыйан иһэрин бэлиэтии көрбүттэрэ хас да уонунан сыллар буола оҕустулар.
Кэнники кэмҥэ үөскээбит эдэрдэр майгылара туохтан тутулуктанан олох чэпчэки суолун тутуһуу диэки салаллан иһэллэрин биһиги үөрэхтээхтэр¬бит тоҕо эрэ дьаныһан үөрэппэттэр. Таах үрдүттэн саба быраҕан ити этиигэ саҥата суох сөбүлэһэллэр эрэ. Үөрэх, сайдыы эбиллэн истэҕин аайытын киһи илиитинэн үлэлиирэ аҕыйаан иһиэхтээх диэн этиини бары билбиппит өр буолла. Онтон ити этии сөп буоллаҕына үөрэхтээх, сайдыылаах дьон илии үлэтин үлэлээбэттэрэ чахчы.
Бу этиини салгыы сайыннардахпытына эдэр ыччат чэпчэки үлэни, олоҕу эккирэтэллэрэ аһары үөрэхтээһинтэн тахсара быһаарыл¬лар. Үөрэхтээх, эдэр үүнэн иһээччилэрбит үрүҥ, салайар үлэни кыахтара баарынан үлэлээри көрдүүллэрэ, атын да чэпчэки үлэни эккирэтэ сатыылларыгар тириэрдэр.
Ханнык баҕарар төрөппүт баар суох оҕотун харыстыы, көмүскүү сатыыр санаатыгар сылаастык, сынньалаҥнык сылдьыан баҕарара муҥура суох. Бу баҕа санаа төһө да үчүгэйин иһин оҕону сүрэҕэ суох уонна аһара сылааска, сымнаҕаска үөрэтэн, доруобуйатын мөлтөх оҥорор. Итини тэҥэ биһиги хаалыылаах экономикалаах, үгүс үлэлэрэ оннооҕор боростуой механизациялара да суох дойдубутугар чэпчэки, элбэх хамнастаах үлэни көрдөөһүн ыра санааҕа кубулуйара элбэх.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии иннинэ, аҥардастыы илиинэн үлэлиир кэмҥэ, үүрүллэ сылдьан олус ыарахан илии үлэлэрин үлэлээбит төрөппүттэр бэйэлэрин оҕолоро кинилэр курдук ыарахан үлэлэри үлэлиэхтэрин кырдьык баҕарбаттар. Онно эбии «социализм» кэмэ тиийэн кэлэн киһи барыта үөрэхтэнэн, үлэ барыта механизацияланан уонна автоматизацияланан чэп¬чэки буолан иһиэхтээҕин курдук кураанах өйдөбүллэр биһиги төрөппүттэрбитигэр иҥэн хаалбыттар.
Революция кэнниттэн саҥа сайдан эрэр государствоҕа үөрэхтээх дьон олус наадаларыттан тирэх ылан баран, бары бүттүүн үрдүк үөрэхтээһин билигин да салҕанан баран иһэр. Салайааччыларга, быыбарга кыттааччыларга үгүс дьон баҕа санааларыгар сөп түбэһэр ыҥырыы олус туһалаах. Ол иһин уруккуларын курдук киһини барытын үрдүк үөрэхтииргэ ыҥырыыларын тэҥэ, аны үөрэхтээх эрэ киһи сөп буолар хамнаһы ыларын курдук этэн таһаа¬рыыга кытта тиийдилэр. Ол эрээри үлэ уратыларын табан туһаннахха ханнык баҕарар үлэттэн сөптөөх оҥорон таһаарыыны уонна хамнаһы ситиһиэххэ сөбүн ырыынак тарҕаммыт дойдулара дакаастаан көрдөрөллөр. Ол курдук аҥардас хоруобуйа оҥорооччу маастар эбэтэр сигарета атыылааччы миллионер буолбута, куурусса иитээччи улахан эргиэмсиккэ кубулуйбута суруйуулартан биллэллэр. Биһиэхэ даҕаны ханна да үөрэммэккэ эрэ аҥардас бааһынайтан саҕалаан баран араас улахан тутуулары тутунууга диэри сайдыыны ситиспит дьон эмиэ элбээн эрэллэр.
«Бука бары үрдүк үөрэххэ» диэн ыҥырыыга олоҕуран төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн «Үрдүк үөрэхтээх эрэ киһи буол» диэн этэн үөрэтэллэр. Үрдүк үөрэҕэ суох киһи мөлтөх, куһаҕан, туга эрэ тиийбэт киһиэхэ кубулуйда. Кинилэр көнө санаа¬ларыгар үрдүк үөрэҕи ситиспит киһи хайаан даҕаны элбэх хамнастаах үлэҕэ үлэлиэхтээҕин курдук өйдөбүл, били «социализм» саҕанааҕы көрдөбүл, билигин да иҥэн хаалбытынан сылдьар. Оччотооҕу олоххо, барыта эрдэттэн оҥоруллубут, былаан быһыытынан сайдар дойдуга, хас биирдии үөрэх миэстэтэ барыта ахсааҥҥа сылдьар этэ. Ол иһин хас биирдии үөрэҕи бүтэрэр специалиска аналлаах үлэлиир миэстэтэ былаан быһыытынан кэтэһэн турар буолара.
Биһиги Сахабыт сиригэр сайдыылаах, үрдүк механизациялаах тыа хаһаайыстыбатын даҕаны, хостуур, оҥорон таһаарар промышенноһы эмиэ оҥосто иликпит. Кэнники кэмҥэ хата сайдыыбыт төттөрү баран биһиэхэ аһы-үөлү оҥорон таһаарар тыабыт сирин үгүс үлэлэрэ барылара илии ыарахан үлэтигэр төттөрү түстүлэр. Тыа сирин ыарахан үлэлэригэр урукку кэмҥэ оҥоро сатаабыт механизациябыт да суох буолла. Хотон үлэтэ бэркэ улааттаҕына ат, оҕус көмөтүнэн туһанарга тиийдэ. Биһиги тыабыт дьонугар үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир кыахтаах үлэһиттэр олус наадалар. Кинилэр илии үлэтин кыайа-хото тутан үлэлии үөрэннэхтэринэ эрэ тыа сирин олоҕун кыайа тутан сайыннарыахтара этэ.
Эдэр дьон чэпчэки үлэни, олоҕу эккирэтиилэрэ ордук куорат сирдэргэ сайынна. Бэйэтэ сылаас дьиэҕэ олорон эрэ үлэлиир куорат мааны үлэһитэ оҕолоро үөрэҕи да кыайан ылбатаҕына, салгыы чэпчэки үлэни булан үлэлэтэр санаатын быраҕан кэбиспэт. Итини тэҥэ бэйэтэ кыайан үлэлээбэт, сатаабат үлэлэригэр оҕолорун үлэлэтиэн баҕарбат. Оннук үлэ кини санаатыгар ыарахан, куһаҕан, кыаттарбат үлэҕэ кубулуйар. Ол иһин оҕолорун ханнык эрэ иппэй-туппай үлэҕэ көмөлөһөөччүнэн да буоллар сырытын¬нара сатыыр.
Куорат үөрэхтээх сымнаҕас олохтоох дьонун оҕолоро кыайан үөрэҕи ылбатахтарына, илии ыарахан үлэтинэн уһуннук дьарыктанар кыахтара кырдьык кыра. Кинилэр кыра эрдэхтэриттэн илии үлэтин үлэлии үөрэм¬мэтэхтэрэ таайан, ити үлэлэри кыайбаттар, үлэлии үөрүйэхтэрэ суоҕа тардан, кыра аайы санаалара түһэн иһэриттэн ыарырҕаталлар. Кыра эрдэҕиттэн уһун кэмнээх ыарахан үлэни үлэлииргэ тулуурдаах буолуу, эти-сиини элбэхтик эрчийии, уһуннук үлэлии үөрэниэххэ наада. Төрөппүттэр бэйэлэрэ итинник ыарахан үлэлэринэн дьарыктаныылара эрэ оҕолорун ити үлэлэри дьаныардаахтык үлэлииргэ үөрэтэр кыахтаах.
Саха дьоно киһини билээри гыннахтарына төрөппүттэрин туһунан ыйыталаһаллара ити үөрэхтэн олук ылан сайдыбыт. Ол аата бэйэлэрэ үлэһит төрөппүттэр, оҕолорун кыра эрдэҕинэ үлэҕэ-хамнаска үөрэппиттэрэ, ийэ кутугар иҥэн хаалбыта кинини үйэтин тухары үлэһит киһи оҥорорун былыргыттан билэн туһаналлар эбит.
Биһиги республикабытыгар үөрэхтээх дьон үлэлиир миэстэлэрэ отой аҕыйах, үрдүттэн үлүннэрэннэр элбэх курдук ааҕаллар эрээри, үгүстэр ылар хамнастара кыра. Урукку «социализм» кэминээҕи үрдүк үөрэхтээх специалистар кимиэхэ да наадата суохтара биллэн, саҥа үлэлэри, ырыынагы баһылыы, эргиэҥҥэ үөрэнэ сатыыллар.
«Социализм» кэмин саҕана үөскээбит «Үөрэҕэ суох киһи хара үлэһит буолар» диэн өйдөбүл биһиэхэ өйбүтүгэр-санаабытыгар олус дириҥник иҥмит. Ол иһин үөрэҕи эрэ эккирэтии олус тарҕанан үлэһит дьон аҕыйаатылар. Кэлин кэмҥэ бу өйдөбүл өссө кэҥээн, эдэр дьон бары чэпчэки үлэни, оннук олоҕу эккирэтэ сатыылларын үөскэтэн кэбистэ. Тыа сириттэн эдэрдэр барыылара эмиэ ити биричиинэнэн толору быһаарыллар.
Биһиги тыабыт сиригэр уонна промышленность сайдан иһэр сирдэригэр техниканы баһылаабыт эдэр үлэһит киһи бэйэтин олоҕун кыайа-хото оҥостон олороругар билигин толору кыах бэриллэр буолла. Онон, олоҕу дьоһуннук олорууга кыра эрдэхтэн үлэлии үөрэнии эрэ эдэр киһиттэн ирдэнэр кэмэ кэллэ.
КЫҺАЛҔА КЫҺАЙАР
Оҕо улаатан өйө-санаата сайдан, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар кыахтанан, киһи буолууну ситиһэн элбэхтик үчүгэйи оҥорор буола үөрэнэрэ олус уустугун, уһун кэми ыларын саҥа билэн эрэбит. Атаахтатар, маанылыыр, барыга-бары бэлэмҥэ үөрэтэр оҕолорбут бэйэлэрин өйдөрүнэн-санааларынан салайтаран үлэлиир-хамсыыр кэмнэрэ кэлэригэр элбэх үчүгэйи, туһалааҕы оҥороллоро аҕыйаан иһэрин оҕолорбут улааппыттарын кэннэ дьэ билэн хомойобут. Ол аата кыһалҕата суох олох киһи туохха да кыһаммат, үлэлии-хамсыы сатаабат буолуутун үөскэтэрэ кэлин өйө-санаата мөлтүүрүгэр тириэрдэр эбит.
Ханнык эмэ үлэни кыайыы-хотуу, үөрэҕи ситиһии туох эмэ кыһалҕа кыһайар буоллаҕына ордук ситиһиилээх буоларын таба сыаналаабаппыт, аахайбаппыт. Уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕэр «Кыһалҕа кыһайар» диэн этии баар. Бу олус туһалаах олох үөрэҕэ буоларын умнан сылдьабыт. Олох киһини кыһайара кытаанах, тыыннаах буолуу иһин киһи оҥорботун да оҥотторор, кыайбатын да кыайарыгар тириэрдэр кыахтааҕын олохпут көнөн уонна тупсан умнан кэбистибит.
Дьон олоҕо сайдан иһиитин сокуонунан өй-санаа сайдыыта дьадаҥыттан байыы диэки хайысхаланан сайдарыттан кэмэ кэллэҕинэ баайдар дьадаҥыларынан солбуллан, уларыйан биэрэн иһэллэр. Баайдар кыһалҕата суох олохторуттан өйдөрө-санаалара туруга суох буолан мөлтүүрүттэн кэлэр көлүөнэлэрэ быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээн, эстэн симэлийэн иһэллэрин дьадаҥылар байан-тайан иһиилэрэ солбуйан биэрэллэр.
Ыарахан олохтоох дьадаҥы киһи оҕото үөрэҕи кыһанан, баарын-суоҕун барытын түмүнэн ситиһэрин былыргы кэпсээннэртэн билэбит. Үөрэҕи ылыы, ситиһии кини санаатыгар ыарахан, элбэх үлэлээх дьадаҥы олоҕуттан куотуу, байыыны-тайыыны ситиһиигэ олук буоларын иһин, бары кыаҕын барытын түмэн үөрэнэриттэн үөрэххэ ситиһиитэ эбиллэрэ, өйө-санаата түргэнник сайдар кыахтанара.
Былыргы кэмҥэ үлэһит, дьадаҥы киһи оҕото үөрэҕи ыларга олус кыһанара, үлэни-хамнаһы сатыыра, кыайара «Кыһалҕа кыһыл кымньыылаах» диэн этиигэ сөп түбэһэр буоллаҕына, баай киһи оҕото үөрэҕи аанньа ахтыбатын, мөлтөхтүк, кыһаммакка эрэ дьаалатынан үөрэнэрин, үлэни аанньа ахтыбатын урукку олоҕу суруйуулартан билэбит.
«Кыра киһи кыһалҕаны билэр» диэн этии үлэһит, дьадаҥы киһиэхэ куруук туга эмэтэ тиийбэтиттэн ону-маны туһалааҕы, олоҕу тупсарары оҥороро элбиирин, өйө-санаата сайдыыта киһилии, киһи быһыытын таһынан барбатын быһаарар.
Кыһалҕа кыһайан олоххо үөрэнии туһатын сүрүн дакаастабылынан Аҕа дойду улуу сэриитин ыарахан кэмин оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн үлэлии-хамсыы үөрэнэннэр бары кэриэтэ кырдьар саастарыгар диэри киһи быһыылаахтык үлэлииллэр, олохторун сиэри-туому тутуһан олороллор, бэрээдэги кэспэттэр, буруйу-сэмэни оҥороллоро отой сэдэх, биир эмэ эрэ. Бу ыарахан, ас-үөл аҕыйах кэмигэр аччыктыыры, ыарахан олоҕу билэн улааппыт дьон билигин даҕаны килиэп хаҕын да бырахпаттар, барытын туһаҕа таһааран иһэллэр, кыаммат-тиийиммэт дьону ордук аһынымтыалар, сымнаҕас майгылаахтар.
Кыһалҕаны билэн улааппыт дьон өйдөрө-санаалара киһи быһыылаах, харыстыыр, көмүскүүр санаалара элбэх, бэйэлэрэ бары үлэни-хамнаһы сатыыр, кыайар буолууга кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэллэр. Үлэһит дьон оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска үөрэттэхтэринэ оҕолоро бэйэтэ үлэлээн-хамсаан баайы-малы булунар кыаҕа улаатар. Үлэлии-хамныы үөрэнии, барыны-бары сатыыр буолуу бэйэтэ муҥура биллибэт баай буоларын билигин умнан туһаммакка сылдьабыт. Ол курдук үлэлии-хамсыы үөрэммит киһи хаһан баҕарар, ханнык баҕарар үлэҕэ ситиһиилэри оҥорор кыаҕа хаһан да хаалан хаалбат.
Ыгыы-хаайыы, түүрэйдээһин күүһүнэн үлэлээһин уонна кыһалҕа кыһайыытыттан эбэтэр үчүгэй манньа иһин үлэлээһин дьоҥҥо тус-туспатык өйдөнөллөр. Ол курдук кыһалҕаттан босхолоноору уонна үчүгэй манньаҕа тииһинээри киһи бары кыаҕын ууран үлэлиир буоллаҕына ыгыы, түүрэйдээһин күүһүттэн аатыгар эрэ, улахан суолтаны биэрбэккэ үлэлиэххэ сөп.
Үлэлии үөрэнии оҕо кыра эрдэҕинэ ордук тиийимтиэ буоларын туһугар ханнык эрэ тэптэрэн биэриилээх буолара ордук. Манна ордук оҕо көмөлөһүөн баҕатын сатаан туһанан барыга бары көмөлөһүннэрэ үөрэтии суолтата улахан. Итини тэҥэ кыра кыыллары үөрэтээччилэр, дрессировщиктар туһалаах хамсаныылары оҥоруу кэнниттэн манньаны кыайа-хото туһаналлар тугу эмэ сиэтэн амтаһытан биэрэн иһэллэр. Манньаны кыра оҕону үөрэтиигэ, ийэ кутун иитиигэ эмиэ киэҥник туһаныллар. Манна араас кэмпиэттэр, «үчүгэй оҕо» хайҕааһыннар туттуллуохтарын сөп. Оҕо улааппытын кэннэ үөрэх ситиһиилээх буоллаҕына араас грамоталарынан, благодарностарынан наҕараадалааһын элбэхтик туттуллар. Үлэһит киһи аахсар хамнаһыгар эбии ылар бириэмийэтэ манньалааһын биир көрүҥэр эмиэ киирсэр.
Оҕо улаатыар диэри төрөппүттэрин кыра эрдэҕинээҕилэрин курдук көрүллэн уонна үлэлээн-хамсаан улааттаҕына кинилэр курдук үлэһит, сүрэхтээх, соннук өйдөөх-санаалаах киһи буолар кыахтанар. Төһө да бары үөрэхтэнэн ахсааны, буукубаны билэр буолбуппут иһин үөрэҕи хайдах ылынарбыт былыр-былыргыттан уларыйара, тупсара уустук. Ол курдук киһи үчүгэйи куһаҕаннааҕар ордук дөбөҥнүк умнара хаһан да уларыйбат. Куһаҕан ыар дьайыыта киһи этигэр-сиинигэр тиийэ дьайан ыарыыны үөскэттэҕинэ хаһан да умнуллубат гына өйдөнөн буор кутугар иҥэр.
Эрэйдээх, туга эмэ тиийиммэт олох оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник иҥэн хааларынан үөскэтэр баҕа санаата ордук күүстээх баҕа санаа буолар уратылаах. Ол иһин дьадаҥы оҕо улааттаҕына байыыны-тайыыны ситиһэргэ баҕа санаатын толорор кыаҕа төһө эмэ улаатар, күүһүрэр.
Оҕо улаатан баҕа санаата үөскүүр кэмигэр туга эмэ олус баҕара саныыра тиийбэт буолара ордук курдук. Арай бу баҕара саныырбыт олоххо туһалааҕы аҕалар, өйү-санааны тупсарарга туһуланар буолара наада. Туох эмэ тиийбэтиттэн, суоҕуттан оҕо ону булаары-талаары бэйэтигэр баҕа санааны үөскэтинэр, онто улаатан истэҕинэ сыыйа-баайа күүһүрэн иһэр. Байар-тайар баҕа санаатын ситиһэригэр үлэни-хамнаһы туһана үөрэннэҕинэ үлэһит киһи буола улаатар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска үөрэтии өйө-санаата киһилии суолунан сайдарын хааччыйар. Онтон баҕа санаатын ким эрэ толорон биэрэр буоллаҕына, онно үөрэнэн ким эрэ оҥорон биэрэрин кэтэһэргэ, бэлэмҥэ үөрэммит киһиэхэ кубулуйуон сөп.
Оҕо кыра эрдэҕинэ баҕа санаалар үөскээн иҥэллэр. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ бу баҕа санаалары ийэ кут өйө-санаата диэн быһаарар. Дьиэлэригэр арыгы иһэн үөрэр-көтөр, ыллыыр-туойар төрөппүттэр оҕолоругар арыгы иһэргэ баҕа санааны үөскэтэллэр. Бу баҕа санаа оҕо өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан ууруллан оҕо улааттаҕына арыгыһыт буолан хааларыгар тириэрдиэн сөп.
Дьон бэйэлэрин үтүө санааларынан салаллан бэрээдэктээх буолаллара олус уустугун, уһуннук кыаллыбатын Россияҕа суол быраабылаларын кэһии иһин ыстыраап улаатыыта бигэргэтэр. Тоталитарнай сэбиэскэй былаас уурайбытын кэнниттэн демократия үөрэҕин киллэрэ сатааһын сүүрбэччэ сыл устата барда эрээри көҥүлү ылбыт дьон бэрээдэги, сокуоннары бэйэлэрэ өйдөрүнэн-санааларынан салаллан тутуһаллара букатын эбиллибэтэ. Ол аата кэһэтэн биэрии эрэ дьон бэрээдэги, сокуоннары тутуһалларын хааччыйар кыахтааҕа чахчы дакаастанна.
Бэйэлэрэ эрэйи-кыһалҕаны эттэринэн-сииннэринэн билбит дьон атыттар кыһалҕаларын таба өйдүүр, көмөлөһөр кыахтаналлар, аһыныгас майгыланаллар. Ол аата, маннык кыһалҕа тирээн кэллэҕинэ бу курдук көмөлөстөххө туһалаах буоларын арааран билбит киһи көмөтө ордук тиийимтиэ буолар. Кыһалҕаны билбэтэх оҕо атыттар кыһалҕаларын табан өйдөөбөт, туохха кыһаналларыгар кыһаммат өйдөөх-санаалаах буола улаатар.
Кыһалҕа кыһайыытынан бэрээдэктээх буолуу кыаллар кыахтааҕа дьон өйдөрө-санаалара төһө да сайыннаҕына, үөрэҕи-билиини баһылаатахтарына олохторо көнөн, байан-тайан бардахтарына оҕолорун иитиилэрэ баайдардыы, ол аата атаахтатан, маанылаан иитиигэ кубулуйарыттан, бу олохторо тупсубут баайдар, омуктар эмиэ эстиигэ тиийиэхтэрин сөп.
Олох көнөн, баай-талым эбиллэн иһиититтэн өй-санаа сайдыыта уратыланара, сыыйа мөлтөөһүҥҥэ тиийэрэ дьон-аймах салгыы олохторугар улахан уустуктар баалларын биллэрэр. Ол аата дьон-аймах сайдыыны ситиһэн, оҥорор тиэхиникэлэрэ күүһүрэн, кыаҕыран истэхтэринэ «Туох барыта икки өрүттээх» буолуута эмиэ күүһүрэн, куһаҕаны оҥоруу эмиэ сатайан барара быһаарыллар.
Онон олоххо сайдыыны ситиһэн истэххэ дьон өйө-санаата аһара барарын тохтотуу, сиэр-майгы үөрэҕэ кытаатан биэриитэ хайаан да толоруллуохтаах ирдэбилгэ кубулуйдаҕына табыллар. Ол иһин оҕо улаатан иһэн дьон олохторугар көрсөр кыһалҕаларын этинэн-сиининэн билэн улааттаҕына атыттар кыһалҕаларын таба өйдүүр киһи буола улаатар.
Кыһалҕа кыһайыыта олох үөрэҕэр киирсэр. Былыргы кырыымчык кэмҥэ үлэһит дьону кыһалҕа кыһайан үтүө, үчүгэй майгыланаллара кыаллар эбит буоллаҕына, аныгы, үөрэҕи-билиини баһылаабыт кэмҥэ төрөппүт эрэ кыһайыыта оҕолор үтүө, үчүгэй майгыланалларын, үлэҕэ-хамнаска үөрэнэллэрин ситиһэргэ туһалыыр кыахтаах.
Хос быһаарыылар.
1. Н.Д.Архипов. Древние культуры Якутии. Якутск: Кн. изд-во, 1989.- 192 с.
2. А.П.Окладников. Исторический путь народов Якутии. Якутск: Якутское гос. изд-во, 1943.- 94 с.
3. Якутия. Хроника. Факты. События. 1632 - 1917 гг. Сост. А.А.Калашников. Якутск: «Бичик», 2000.- 480 с.
4. В.Л.Серошевский. Якуты. Опыт этнографического исследо-вания. 2-е изд., Москва, 1993.- 736 с.
5. А.А.Борисов. Якутские улусы в эпоху Тыгына. Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1997.- 160 с.
6. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. (Публикации 1928 - 1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма «Север- Юг», 1992.- 318 с.
7. К.Д.Уткин. Черная металлургия якутов второй половины 19-го -начала 20-го вв. Якутск: Кн. изд-во, 1992.- 88 с.
8. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац.кн. кыһата, 1993.- 56 с.
9. И.А.Худяков. Краткое описание Верхоянского округа. Ленинг¬рад: Изд-во «Наука», 1969.- 440 с.
10. Ф.Ф.Васильев. Военное дело якутов. Якутск: Нац.кн.изд-во «Бичик», 1995.- 224 с.
11. Нюргун Боотур Стремительный. Якутский героический эпос олонхо. Воссоздал на основе народных сказаний Платон Ойунский. Якутск: Кн. изд-во, 1975.- 432 с.
12. Г.В.Ксенофонтов. Ураангхай - сахалар. Том 1, 2-я книга. Якутск: Нац.кн.изд-во Респубики Саха (Якутия), 1992.- 320 с.
13. Багдарыын Сүлбэ. Аал уоту оттунан. Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1992.- 192 с.
14. Р.К.Маак. Вилюйский округ. 2-е изд., Москва: «Яна», 1994.- 592 с.
15. «Орто дойду сонуннара» хаһыат. Муус устар 27 күнэ 2006 сыл.
16. Гоголев А.И. Этническая история народов Якутии. (до начала 20-го века). Монография.-Якутск: Изд-во ЯГУ, 2004.- 104 с.
17. Константинов И.В. Ранний железный век Якутии.- Новосибирск: 1978.
18. Бравина Р.И. Киһи уонна дьылҕа. – Дьокуускай: Бичик, 2002. – 160 с.
19. Г.Е.Федоров, Н.Ф.Егоров. Сэргэ төрдүгэр сэһэн. Үһүйээннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 160 с.
20. А.Н.Дьячкова. Г.В.Ксенофонтов: ученый и обшественно-полити-ческий деятель. Якутск: Изд-во Якутского университета, 2000.- 203 с.
21. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьокуускай: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1994.- 352 с.
22. «Кыым» хаһыат. «Мнение. RU», 15 ноября 2001 г. N 10.
23. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.
24. «Кыым» хаһыат. 2008 сыл 33 №-рэ.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Хамсаа уонна хамнаа
Yлэ – олох үөрэҕэ
Сахалар төрүттэрэ тимир уустара
Энньэ уонна халыым
Тойон уонна хотун
Оҕону үлэҕэ үөрэтии уратылара
Туһа киһитэ
Үлэ икки араастаах
Баай уонна дьадаҥы
Байыы
Эмискэ байыы содула
Үлэһит киһи өйө-санаата
Өй-санаа арахсыыта
Хамнас
Чэпчэки үлэ
Кыһалҕа кыһайар
Хос быһаарыылар
Иһинээҕитэ