Иһинээҕитигэр көс

Үтүөлээх тойон Отто Ныкалайабыс! (Уваровскай А. Я.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Үтүөлээх тойон Отто Ныкалайабыс!

Эн эгин ааттаах омук тылын билиэх баҕаҕыттан ааспыт кулун тутар ыйга мин олорор дьиэбэр кэлэн кэпсиэбитиҥ эн бары Саха кэпсэтэр тылын сурукка уурары гынар санааҕын. Бу эрэйбэр көмөлөс диэн, эн мийигин көрдүөбүтүҥ.

Саха дойдута мин төрүөбүт сирим, Саха тыла мин төрүөбүт тылым: бу гэннэ эн үтүө туһалаах үлэҕэр мин көмөлөһүмнэ киэр диэм баара дуо?

Сэттис ый туолан эрэр эн Саха тылын төрүттүөбүт күҥҥүттэн, бу аҕыйах ыйга эн үлэҥ бүтэн эрэр. Эн өйүҥ эн Саха тылын төрдүн күүһүн аҕыйах ый икки ардыгар билбитиҥ сөҕүүлээх даҕаны үтүө даҕаны мэктиэһит эн эрэйдэммит эрэйиҥ бэрд туһаҕа туруоҕун.

Саха тыла суруга суоҕуттан өлбүт тылынан ааҕыллар, эн кинини тилиннэриэх кэмиҥ аҕыйах хаалла. Аҕыйах хаалла эн үрдүк да үөрэхтээх да дьон хайаҕалларыгар тийиэҥ Саха да омук уһуга суох махтаныытын ылыан. Төрүөбүт Саха ыччата эн айбыккынан толору туһаланыаҕа, эн ааккын үрдэтиэҕэ, ыраас сүрэҕиттэн эн тускар үрдүк айыыга таҥараҕа сүһүөҕүн сүгүтүөҕэ. Бу буолуоҕа киннэр төлөбүрдэрэ, бу буолуоҕа эн манньан.

Бу үлэбит икки ардыгар эн баҕарбытыҥ мин үөскээн төрүөн сылдьыбыт майгыбын Сахалы суруллубут суруктан билиэххин. Эн үтүөн туһуттан мин бу да туһугар эн баҕарбыккын күүһүм тириэриэҕинэн ситэрбэт буолуохпун түктэрии баара. Бу санаабыттан мин олоҕум майгытын суруйан баран ахтыы диэн ааттаан бу суругу гытта эйиэхэ биэрэбин.

Билэбин бу сурук туһата суоҕун: кинини холобур кэрэтэ эн эрэ ааҕыан, эйигиттэн атын киһи ким да ааҕыаҕа суоҕа. Оол да гыннар кинини суруйар балай эрэ эрэйдээх баара, оннук буолумуоҕуттан да түктэрии баара: урут Саха тылынан биир да сурук сурулла илигэ, кини сурукка киирэр тосхоло хуолута биллэ илигэ. Былыргы үйэттэн аныаха диэри көстөр Сахалы суруллубут арай биир Кэтихисис диэн танара суруга, бу да сурук Нучча кинигэтиттэн бэрд куһаҕаннык тылбаастаммыт. Бу туһуттан мин билигин үөрэбин таптыыр Сахам тылынан маҥнайгы суругу мин суруйбуппуттан.

Бу ахтыы сурукка соҕотох бэйэм туһун суруйуохпун мин аҕыйаҕынан аахпытым: киниэхэ сортон санарҕыылаах ахтыыттан ордук туох да суох. Бу туһуттан мин, бэрд да кылгастык буоллар, эбии суруйбутум Саха олорор майгытын хуолутун. Уһуннук суруйуохпун суругум киэбэ буойбута, оол гэннэ Саха олорор майгытынан бары дьонтон атын, санаата майгыта хас да үйэ устатыгар аҕыйах улларыйыылаах, хуолута көнүлэ ураты, олорор сирин устата кэмэ суох, тыалара бараммат күндүү кыылынан уулара ааттаах үтүө балыгынан байдар, сирин тымныыта итиитэ кэмэ суох күүстээх, ото маһа үүнэр күүһэ холобура суох. Бу маны барытын биирдии бичигили суруйдахха хас да халыҥ кинигэ сурук тахсыаҕа этэ. Маныаха эбиллиэх тустаах үйэттэн үйэҕэ ыччаттан ыччакка иһэр усках тыл: ким баарай кинилэр төрүт эһэлэрэ? туохтан кыһанан кинилэр кэмэ суох ыраах дойдуну булбуттарай? уруккуттан киннэр суругу билбэттэрэ ду, хойут суруктарын сүтэрбиттэрэ ду? Бу усках кэпсэнэр тыллартан киһи туох эмиэ туһалаах итэҕэллээх былыргыны таһаарыаҕа этэ. Бу барыта билигин этиллимнэ хаалар оол кэмҥэ диэри төһөҕө Саха эн төрүт үөрэххиттэн этэр тылынан суруйа үөрэниэҕэр диэри биэтэр көҥүл дьоллоох олохтоох көрсүө санаалаах Нучча оннук эрэйи бэйэтигэр ылыныаҕар диэри. Оол икки ардыгар төһө эрэ туһалаах буолар этэ, кинилэр тылларынан таҥара суруктарын аат-таах киһилэр олорбут майгыларын тылбаастаан суруйан киннэргэ ыытар буоллар! Кинилэр ону ба-рытын ааҕан өйдүөн саныырга үөрэххэ сыстыахтара этэ.

Сүрэхпиттэн баҕарабын төрүттүөбүт суолгун бүтэриэххин. Ыал-дьар сүтэр эйиэхэ кэргэҥҥэр даҕаны тийбэтин, өлүөх кэмнэр диэри ханнык да сор эйиэхэ сыстыбатын.

Эйигин мэлдьи ытыктааччы эйиэхэ үтүөнү баҕараччы Убарыскай.

Саха аахсыытынан сэттинньи ый аҕыс саната.

Уваровскай Афанасий Яковлевич