Иһинээҕитигэр көс

Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/1 чааһа Үөдүгэй былыргыта/Балаҕат алаас туһунан

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕат алаас туһунан

[уларыт]

Олохтоох кырдьаҕастар бары Балаҕаты улахан кырдьаҕас сир диэн ахтааччылар, ол манныктан эбит: Бастакы көс дьон Дьокуускай диэкиттэн көһөн кэлэн Балаҕакка олорбуттар эбит. Ону Балаҕат алаас тулатынааҕы кып-кыра от-мас бүөлүү үүнэ кэбиспит өтөхтөр оннулара да кэрэһэлииллэр. Оннук өтөхтөр билигин да бааллар. Билиҥҥи 70-чалаах кырдьаҕастар оҕо сылдьан, үүнэн турар кырдьаҕас тииттэр икки ардыларыгар кыбытыллан араҥастаммыт дьон уҥуохтарын маҥаналарын көрөллөрө үһү. Оһон эрэр өтөхтөргө иккилии-үстүү уҥкучахтар оннулара бааллар эбит. Ол уҥкучахтары хаһан көрдөхтөрүнэ, тиит хатырыгын илэчитин ис диэки гына тутан ытыстыыллар эбит. Ол уҥкучахтарга балыгы кутан хаһааналлар эбит.

Биирдэ күһүн Болтуо Сүөдэр кынна уоллуун Уйбаанныын куобахтыы сылдьан оннук өтөхтөртөн биирдэстэригэр сүүнэ улахан туойтан оҥоһуллубут көһүйэ сиртэн үс илии курдук быган олорорун көрбүттэр. Көһүйэ иһин сыыс-буор, көтөҕө түһэн толорон кэбиспит. Маннык улахан көһүйэҕэ сүөһү атаҕа эти угуохха сөп курдуга үһү. Сэрэйдэххэ былыргы олохтоохтор балык буһаран сиир көһүйэлэрэ буолуон сөп.

Балаҕат алаас сиһигэр былыргы дьон хап-хара чардааттаах уҥуохтара эмэҕирэн сууллан, ыһылла сыталлар, ортолоруттан улахан тииттэр үүнэн тахсан туралларын билигин да көрүөххэ сөп.

Былыр, нуучча итэҕэлин ылыныы кэнниттэн, араҥастаммыт дьон уҥуохтарын хомуттаран аймахтарынан көмнөрөн уҥуох туттарбыттара үһү, ол уҥуохтар ити харааара сатаан баран, эмэҕирэн суулла сыталлара эбит.

Балаҕат алаас соҕуруулуу-илин өттүгэр «Дойду сэргэлэрэ» диэн былыр айыыһыкка киирбит 6 дуу 8 дуу сэргэлэрэ бааллара. Бу сэргэлэр быһаҕынан ойо быһан оҥоһуллубут киэргэтиилээх этилэр.

Былыр хараҥа үйэҕэ айылҕа күүстэрин араас көстүүлэрин утары оччотооҕу сахалар араас сэри-туому оҥороллоро биллэр. Ол сиэринэн оҥоһуллубут айыыһыкка киирбит «Дойду сэргэлэригэр» сыл аайы салама ыйаан, алгыы-алгыы айах туталлара үһү диэн буолар.

Бу сэргэлэртэн билигин биир сэргэ ордон, сири сырса иҥнэри түһэн турар. Атын икки сэргэ сэмнэхтэрэ ойуччу суол кытыытыгар быраҕылла сыталлар. Алаас арҕаа тумулугар силистэри сылдьар курҕаайы маска оҥоһуллубут сэргэ тииккэ өйөннөрүллэн турар буолара. Ол сэргэ билигин тумул оннугар, кэлин үөскээбит хонууга, чөҥөчөхтөр быыстарыгар аҥарыгар дылы буорга батары тимирэн сытар. Ол да сыттар сэргэ буолан, моонньонон оҥоһуллубут ойуута туох да буолбатах.

Айаахап Кирилэ — К.Г.Саввинов кэпсээнин И. Давыдов суруйуута, 1975 сыл