Иһинээҕитигэр көс

Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/1 чааһа Үөдүгэй былыргыта/Утарсыы

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Утарсыы

[уларыт]

Саха сирин улуустарыгар биирдиилээн киһи батталы утары охсуспута аҕыйаҕа суох. Оттон ийэ-аҕа уустара, нэһилиэк дьоно эмиэ итинник холобурдара кытта баар. Оттон улуус нэһилиэктэрэ бүтүннүү холбоһон, былаас дьаһалын утарыылара, сокуонунан киирсиилэрэ аһары элбэҕэ суох. Оннук сэдэх холобуртан биирдэстэринэн Үөһээ Бүлүү улууһун ааттыахха сөп.

Үөһээ Бүлүү улууһун 12 нэһилиэгин баһылыктара Максим Николаев (Боотулуу), Иван Титов (Мэйик), Василий Дмитриев (Күүлэт), Николай Донской (1-кы Үөдүгэй), Василий Кардашевскай (Нам), Афанасий Петров (Өргүөт), Николай Михайлов (Чуукаар), Семен Егоров (Чочу), Алексей Константинов (Халбаакы) 1895 сыллаахха тохсунньу 11 күнүгэр улуус суруксутунан Митрофан Гаврильевич Неустроевы талбыттара. Оччотооҕу улуус баһылыга Дмитрий Николаев, баһылыкка кандидат Ларион Поскачин, суруксут көмөлөһөөччүтэ Е. Потапов маныаха быһаччы кыттыбыттара (Ф.22 «и», оп.1, д.1844, л.21.).

Митрофан Гаврильевич сылтан ордук суруксуттаан баран, аны Свято-Троицкай храмы тутууга ктиторынан (төрүттээччинэн) анаммыта. Кини бу храмы тутарга нэһилиэнньэттэн харчы хомуурун саҕалаабыта. Онтукайын Синод 1896 сыллаахха ыам ыйын 23 күнүнээҕи 2470 нүөмэрдээх ыйааҕар олоҕуран оҥорбута. Храмҥа харчы хомуура күһэйии бэрээдэгинэн барбыта. Нэһилиэнньэ маны соччо-бачча сөбүлээбэтэҕэ эрээри, нолуогу сокуон быһыытынан төлүү сатыырга күһэллибитэ. Ол да үрдүнэн хомуур былаана туолбатаҕа.

1897 сыллаахха от ыйын 10 күнүгэр епископ Никодимҥа харчы хомуура мөлтөҕүн туһунан ктитор иһитиннэрэр. М. Неустроев иһитиннэриитин кэнниттэн, епископ Никодим Дьокуускайдааҕы епархияҕа атырдьах ыйын 2 күнүгэр Синод таһаарбыт ыйааҕын толорор булгуччулааҕын хос санатар.

Ити эрээри ктитор М.Г. Неустроев манан уоскуйбат. Бүлүү уокуругун исправнигар Котляровскайга духовнай консистория 3620-с нүөмэрдээх бланкатын толорон, улахан үҥсүү түһэрэр. Үҥсүүгэ государственнай сыылынай Михаил Иванович Ромась уонна казак Иван прокопьев харчы хомуурун атахтыыллара, Чап уонна Отставной уустарыгар куһаҕанных сабыдыаллыыллара ыйыллар. Сыылынай М.И. Ромась Бүлүү уокуругар исправник Котляровскайга суруксуттуура. Кини Дьокуускай Павловскайыгар дьиэ көскө олорбута. Ити эрээри тоҕо эрэ суруксутунан Бүлүү уокуругар тиксэн хаалбыт.

Ханна да буоларын курдук, тута кэриэтэ үҥсүү ис хоһоонун быһаарар сорук турбута. Исправник Котляровскай Үөһээ Бүлүү 2-с Үөдүгэйин инородческай управатыттан отчуот ирдиир. Отчуоту Афанасий Тобохов иккитэ оҥорор. А. Тобохов 31-с №-дээх бастакы отчуотун ити сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр Бүлүүгэ ыытар. Отчуоттан көстөрүнэн, 1895 сыллаахха 206 киһиттэн 244 солкуобай хомуллубут эбит. 1896 сыллаахха 164 солкуобай буолбут. 1897 сыллаахха 204 киһиттэн 246 солкуобай хомуллуохтааҕыттан 100 солкуобай эрэ хааһынаҕа киирбит.

Ити эрээри А. Тобохов балаҕан ыйын 28 күнүгэр 38 №-дээх иккис отчуоту ыытар. Онно кэккэ көннөрүүлэри оҥорор. Бу иккис отчуот түмүгүнэн нэһилиэк дьоно нолуогу ситэ төлүү илигэ арыллан тахсар. Онон 2-с Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо, чуолаан Чап уонна Отставной уустара Свято-Троицкай храм тутуллуутун харгыстаабыт курдук көстөн тахсыбыттара. Оччолорго, бу биллэн турар, бэрт куһаҕан содуллаах буолуон сөбө. Дьэ ити иһин 2-с Үөдүгэй дьоно балаҕан ыйын бүтүүтэ мунньахтыыллар уонна уопсай сүбэнэн М.Г. Неустроевы нэһилиэктэн үүрэргэ быһаарыныы ылаллар.

Бу быһаарыныыларын Саха уобалаһын губернаторыгар В. Скрипицыҥҥа тиэрдэргэ нэһилиэк аатыттан Адам Тимофеевы уонна Алексей Потаповы соруйаллар. Губернатор В. Скрипицыҥҥа суруксут М.Г. Неустроев нэһилиэктэн көҥүлэ суох уопсай сири босхо туһанарын, дьон бурдуктаах бааһынатыгар сүөһүтүн босхо ыытан тэбистэрэрин тохтотору модьуйаллар. Маны таһынан 1897 сыл алтынньы 31 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун 14 нэһилиэгин баһылыктара бүтүннүү мустан мунньахтыыллар. Мунньахха Максим Николаев (Боотулуу), Иван Устинов (1-ку Күүлэт), Алексей Васильев (2-с Күүлэт), Иван Винокуров (Мэйик), Николай Донской (1-кы Үөдүгэй), Егор Гаврилов (3-с Үөдүгэй), Василий Егоров (Хоро), Николай Михайлов (Чуукаар), Афанасий Тобохов (2-с Үөдүгэй), Афанасий Петров (Өргүөт), Прокопий Дмитриев (нам), Семен Егоров (1-кы Чочу), Дмитрий Иванов (Халбаакы), Дмитрий Николаев (2-с Чочу) уонна улуус баһылыга Давыд Поскачин, быыбарынай Иван Антонов, быыбарынайга кандидат Н. Иванов кытталлар. Мунньах түмүгүнэн М.Г. Неустроевы суруксуттуурун тохтотоллор. Кини оннугар суруксутунан Егор Потаповы талаллар. Дьэ ити иһин сэтинньи 1 күнүгэр 1897 сыллаахха Митрофан Гаврильевич Бүлүү уокуругун исправнигар 582-с №-дээх үҥсүү ыытар. Кини суруксуттуурун тохтоппуттарын, нэһилиэк дьоно саҥа суруксуту талбыттарын туһунан. Суруксуту исправниктан, уобаластааҕы ис дьыала министерствотыттан көҥүлэ суох ким да ууратар бырааба суоҕа. Ону М. Неустроев бэркэ билэрэ. Ону ол диэбэккэ, улуус уонна нэһилиэктэр ол кэмнээҕи баһылыктара бүүс бүтүннүү утарбыттар. 1897 сыл итинник сытыы киирсиинэн түмүктэнэр.

Саҥа 1898 сыл үүнэр. Давыд Поскачин баһылыктаан бүтэр. Чинчийээччи П. Докторов суруйарынан «губернатор кэлэ сылдьан, дьонун-сэргэтин олоҕор кыһаммат эбит диэн үлэтиттэн ууратан кэбиспит». Ити эрээри, 1898 сыллаахха кулун тутар 4 күнүнээҕи 1484 нүөмэрдээх дьаһалынан түөскэ кэтиллэр Станиславскай аатынан үрүҥ көмүс мэтээли ыытар. «Кыһамньытын» иһин диэн ааттаах мэтээли. Оттон улуус саҥа баһылыгынан Дмитрий Лебедев буолар. Кини дьэ саҥардыы үлэлээн эрдэҕинэ, олунньуга Саха уобалаһын губернатора Скрипицын Үөһээ Бүлүүгэ илэ бэйэтинэн тиийэн кэлэр. Онуоха А. Тимофеев, Е. Потапов үөдүгэйдэр туруорсууларын губернаторга тиэрдэллэр. Туруорсуу 3841 №-н регистрацияҕа ылыллар. Онон нэһилиэнньэ эрэх-турах сананар. Саҥа баһылык Д. Лебедев алтынньы 10 күнүгэр Бүлүү исправнигар 1131 №-дээх көрдөһүүнү киллэрэр. Көрдөһүүгэ Е. Потаповы 1899 сыл тохсунньутугар диэри суруксут быһыытынан хаалларарга. Ити ый 31 күнүгэр дьаһалта чилиэнэ, быыбарынай Марк Тобохов эмиэ итинник туруорсууну оҥорор. Бу барыта улуус суруксутун М.Г. Неустроевы кытта киирсии салҕана турбутун туоһулуур чахчы буолар. Оттон көрүллүөхтээх дьыала хамнаабакка турбута. Арай ахсынньы 7 күнүгэр эрэ губернатор В. Скрипицын 3841 нүөмэрдээх дьыаланы быһаарыҥ диэн анал резолюция таһаарар.

Нэһилиэнньэ былааһы кытта киирсиитэ үһүс сылыгар барар. 1899 сыл кулун тутар ыйга губернатор Үөһээ Бүлүүгэ иккистээн кэлэр. Бу кэлэн, дьыала көрүллүүтэ уһаабыт биричиинэтин, исправник Котляровскай үлэтиттэн уурайыытынан быһаарар. Дьыала мировой судьуйа Вишневскай көрүүтүгэр киирбитэ диэн дьону уҕарытар. Бы сыл сайыныгар, бэс ыйын 2 күнүгэр «Билиилээх» диэн сир чугаһыгар Федот Егоров бурдугун Митрофан Неустрове сүөһүтэ үлтү кэһэр. Дьэ ити иһин хоромньулаах киһи салалтаны ыҥыран акт суруттарар. Онуоха Афанасий Тобохов, Иван Федоров, Василий Ильин кэлэн, акт суруйан бараллар. Акт быһыытынан Неустроевка дьыала оҥоһуллар.

Оттон балаҕан ыйын 13 күнүгэр Саха уобалаһын Ис дьыалаҕа министерство управлениятын 1-кы отделын 3-с остуола Бүлүү уокуругун саҥа исправнигар Ващенкоҕа ирдэбил ыытар. Губернатор В. Скрипицын былырыын ахсынньыга таһаарбыт резолюциятын ханна тиэрдигит диэн. Ирдэбили исправник Ващенко алтынньы 14 күнүгэр тутар. Ващенко маны тутаат да, сири быһаарар бастакы учаастак салайааччытыгар аадырыстаан 675-с нүөмэрдээх дьаһалы суруйар. Эппиэти булгу бэлэмнииргэ соруйан. Онон саҥа исправник Ващенко 1897 сылтан саҕаламмыт дьыаланы хаттаан саҥалыы көтөхтөрөр. Нэһилиэк уопсай мунньаҕын боротокуолун, бириигэбэрин куопуйата наада буолар. Бастаан оҥоһуллубут докумуон сүппүт аатырар. Нэһилиэк дьоно инньэ гынан докумуоннары саҥалыы хомуйсарга күһэллэллэр. Быһатын эттэххэ, былаас остуолугар киирбит нэһилиэнньэ туруорсуута сураҕа-садьыга суох симэлийбит буолан хаалар. Ити эрээри үөдүгэйдэр киирсиини өссө эбии сытыырҕаталлар уонна урукку бириигэбэри маннык ис хоһоонноон иккистээн суруйаллар: «1897 года сентября 29 дня. Мы ниже подписавшиеся инородцы 2-го Удигейского наслега Верхневилюйского улуса Вилюйского округа Якутской области бывь сего числа собраны, где между собою обсудили о том, что образных учиненных действиях письмоводителя Верхневилюйской инородной управы дворянина Митрофана Гавриловича Неустроева, так как самое и здание управы, стоит в самом центре наших обывателей, а также в окружности этой управы имеются и тут хлебопахотные наши земли и вообще разные коренные огородьбы и постройки, которые все занимаемые эти наши земли каждогодно испорчиваются, потаптываются и также истравляются скотом данного Неустроева, одним словом сказать, как богатого его положения, он Неустроев привел для нас обывателей большего вреда и убытки; так как он сам Неустроев не принадлежит к нашему обществу, а сам является вовсе посторонним, по таким примером он не имеет в наш наслег никакого либо классной земли, и даже он не имеет никакой уступленной обществом земли, т.е. под вида владения на 40 лет, хотя он служил несколько лет к улусу письмоводителем, а только это явление как служил он по от обязанности на ближним своим жителям и даже кроме нас показывает своего самовластного действия к всему улусу, а ближним его жителям пуще, что дальним оказывает своего дурного характера побоями и увечьями и тому разными. Тем более он Неустроев совершенно во всех наших общественных и хозяйственных делах поступает по своему желанию, как он себе чего думает и тем поступит.

Это для нас является совершенно обидной, – одним словом сказать кроме его Неустроева нет в наслеге и даже к улусу никакой власти, хотя и бывают в наслеге староста и старшина, которые все слушают его Неустроева как ребенок. Таковые действии Неустроева хотя признаны в разных местах и даже запечатывались на «Восточных обозрениях» каковые поступки Неустроева ни кем не обращается на то внимание и не защищается ни кем наших интересов. А потому приговорили и нашли удобным, что Неустроева от нашего наслега и улуса переселить со своим имуществом в другое место. А если названный Неустроев далее этого времени будет жить в нашей управе со своим имуществом, тогда как враждующего в нашей стороне он может дальше злоупотреблять для всех наших обывателей. А по этому поводу мы как вынужденные нашлись пред высшим начальством ходатайствовать о выселении Неустроева с нашей местной управы в другое место, а для этой цели качество достоверного из среды своей избираем нашего наслега Адама Тимофеева и Михаила Семенова, которые лица права могут искать для нас по этому приговору законной защиты, так как они права могут от имени себя подать прошение и выслушать решение и распоряжение резолюции Суда. Жалование, а не даром. Кроме всего вышеизложенного он – Неустроев для наших обывателей властями на нашей стороны; таким путем Неустроев Приговор этот представить по принадлежности после заверения нашего родового управления в чем спорить и прекословит не должны. В том и подписываются инородцы 2-го Удегейского наслега:...»

Ол курдук 1899 сыл «Восточное обозрение» 262-с нүөмэригэр бу кыайан быһаарыллыбатах дьыала туһунан бэчээттэммит корреспонденцияны эбии кыбытан ахталлар. Маныаха 182 киһи илии баттыыр. Илии баттааһыннары старшина Василий Прокопьевич Васильев, Николай Потапович Николаев, Потап Ильин бигэргэтэллэр.

Бу үөһэ ахтыллар корреспонденция кырдьык «Восточное обозрение» хаһыат 262-с нүөмэригэр бэчээттэммитэ. Онно бу курдук диэбиттэр эбит: «.. Другое не менее интересное дело – это дело о Неустроеве. Неустроев где-то раньше служил, имеет чин и поэтому именует себя дворянином. он еще недавно в качестве писмьоводителя Верхневилюйском улусе и в конце концов попал в суд. Вопреки воле инородцев и нарушив 37 статью Положения об инородцев он продожает жить в 2 Удигейском наслеге, имеет около 300 шт. скота и сеет хлеб на землях инородцев. Инородцы в сентябре 97 года составили приговор о его выселении из их наслега, как проживающего в их наслеге вопреки их воле. Приговор этот подали губернатору на основании отзыва бывшего исправника Кочаровского оставил приговор без последствия и переслал его Мировой судье для руководства при производстве следствия Неустроева. В июне 99 года якуты 2 Удигейского наслега дали приговор Алексею Потапову и Адаму Тимофееву и предоставили им право ходатайствовать пред высшими властями о выдворении Неустроева, который как говорится в этом новом приговоре живет вопреки 37 статьи Положения об инородцев, держит 300 голов скота, пользуется покосными местами без согласия инородцев, сеет хлеб на их земле и за земли ничего не платит, скот его травит хлеба и покосы инородцев. Этими покосными местами и хлебопахотными землями, говорят инородцы, мы бы могли и сами пользоваться. Кажется желание инородцев вполне законное. Существует 37 статья Положения об инородцев, которая воспрещает жить посторонним лицам в пределах инородческих земель без согласия инородцев. Но почему то это законное желание инородцев вот уже два года остается без удовлетворения. Областное правление и местная администрация в настоящее время хлопочет об уравнительном распределении покосных мест. Причину неурожаев они видят в этом неравномерном распределении покосов в захвате тойонами покосов, посылаются улусным властям грозные приказы смотреть, чтобы тойоны не захватывали земель бедных инородцев и в том же время законная просьба о выдворении такого тойона из земель инородцев остается без удовлетворения. Прежде всего, если действительно желают пользы инородцам, следовало бы удовлетворять их законные просьбы. Если администрации удается парализовать действия Неустроевых от этого выиграют инородцы».

Бу ыстатыйа Саха уобалаһын салалтатын уйатыгар ууну киллэрэр. Айдаан эбии күөдьүйэр. Ис дьыала министерствота ахсынньы 30 күнүгэр Бүлүү уокуругун исправнигар Ващенкоҕа 9059 №-дээх суһал ирдэбил түһэрэр. Икки нэдиэлэ иһигэр түргэнник хаһыакка бэчээттэммит сурук ис дьиҥин быһаар диэн. Исправник Ващенко бу ирдэбили тохсунньу 12 күнүгэр 1900 сыллаахха илиитигэр тутар. Оттон губернатор В. Скрипицын ахсынньы 31 күнүгэр 1899 сылга үөдүгэйдэр дьыалаларын бүтүннүүтүн көрдөтөн бэйэтэ анаан-минээн билсэр.

Бүлүү уокуругун исправнига Ващенко кулун тутар 15 күнүгэр Мировой судьуйаттан үөдүгэйдэр Неустроевы үүрэргэ быһаарбыт бириигэбэрдэрин куопуйатын ирдиир. Итиэннэ ыам ыйын 26 күнүгэр Саха уобалаһын Ис дьыалаҕа министерствотыгар 116 №-дээх донесение суруйар. Донесение суруллуута мөлтөх буолан, киһи баһын-атаҕын эрэ быһааран ааҕар. Ващенко быһаарарынан, Потапов уонна Тимофеев 1898 сыллаахха олунньуга губернатор Скрипицыҥҥа туох да кумааҕыны тиксэрбэтэхтэр. Көннөрү тылларынан эрэ эппиттэр. Онуоха губернатор Скрипицын кинилэргэ ити үҥсүүлэрин Бүлүү уокуругун Мировой судьуйатыгар киллэриҥ диэбит. Аны туран, Митрофан Неустроев олохтоохтор сирдэрин туһаныыга анаан 10 сыл анараа өттүгэр көҥүллэтиилээх эбит. Маны нэһилиэк дьоно мунньахха сөбүлэнэн көҥүллээбиттэр. Ол докумуонун Неустроев сүтэрэн кэбиспит. Докумуон куопуйата уустар да, инородецтар да дьаһалталарыгар кыайан көстүбэтэх. Инньэ диэн туран, Ващенко бу курдук түмүктүүр: «Если допустить инородцам право воспрещать «услуг на землях посторонним», то это было бы равносильно признать за ними право водворит земского заседателя, Мирового судью, врача, фельдшера и других лиц.. очевидно, имеют в виду именно запрещение русским именно селиться, т.е. строит на землях, отведенных во введение инородцев дома, заводы, фабрики и т.д. отнюдь не запрещающий русским жить на русской земле...» Мантан көстөрүнэн, олохтоохтор уонна кэлии дьон сири туһанар бырааптара оччотооҕу сокуонунан арыттаһар уонна тус-туһунан тыырыллар эбит. Исправник Ващенко эппитин курдук, олохтоохтор туһанар сирдэригэр дьиэ-уот, завод, фабрика о.д.а. тутар табыллыбат эбит. Үөдүгэйдэри М. Неустроев Свято-Троицкай храмы тутууга харчы биэрбэттэр диэн үҥсүүтүттэн саҕаламмыт киэҥ айдаан уһук бүтэһигэр итинник түмүктэммитэ. Оччотооҕуга уобаластааҕы уонна уокуруктааҕы былаас бэйэтин үлэһитин М. Неустроевы көмүскээбитэ. Оттон үөдүгэйдэр сокуон иһинэн эйэлээх киирсиилэрэ хотторуулаах буолан тахсыбыта.

А.Н. Павлов-Дабыл[1]

Быһаарыылар

[уларыт]
  1. Кинигэ бу түһүмэҕин А.Н. Павлов-Дабыл суруйбут