Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/1 чааһа Үөдүгэй былыргыта/II Үөдүгэй кинээстэрэ
II Үөдүгэй кинээстэрэ
[уларыт]II Үөдүгэй кинээстэрин, чаччыыналарын туһунан сылларынан ырылыччы суруйар билигин толору кыаллыбат сорук. Ол гынан баран дьон ахтыыларынан, архыып докумуоннарынан сороҕотун ыйдаҥардар кыах баар буолла.
Бырдьааҕай Өнүкээсэп. Республика национальнай архыыбын ыспыраапката туоһулуурунан 1771 сыл олунньу 2 күнүгэр Үөһээ Бүлүү 24 саха волостарын уонна тоҥус кинээстэрэ алтан бэчээт ылбыттар, ол иһигэр икки Үөдүгэй кинээстэрэ Быранагай Унюгесев уонна Батак Бекчекев бааллар. Егор Кычкин 1776-1777 сыллардаахха волостар кыраныыссаларын быспыт биэдэмэһигэр суруллубутунан Бырдьааҕай Өнүкээсэп дьаһайар сирэ Улгумда, Тахтанда, Чуолҕаны эбиттэр. Л. Николаев суруйарынан Күҥкүттэн Өнүкэс, Өнүкэстэн Бырдьааҕай төрүүллэр. Онон бу – былыргы киһи.
Петр Лебедкин. Саха уобалаһын управляющайа Бүлүү уокуругун исправнигар 1825 сыл балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи суругар ыйылларынан II Үөдүгэй волость старостатынан Петр Лебедкин, чаччыыналарынан Зосим Рожины, Еремей Яковлевы бигэргэппит.
Степан Жирков Батаков. Г.П. Башарин оҥорбут таблицатынан Үөдүгэй волоһын кинээһэ Степан Батаакап ааттаммыт. Хаһыс Үөдүгэйэ ыйыллыбатах. Сылла – Григорьев Егор. Бырдьааҕайтан Киргиэлэй, Киргиэлэйтэн Сылла төрүүллэр. Сылла олорбут сирэ Күрдьэҕэлээх.
Кырдьыбыт – Гаврильев Иван. Халбаакыттан Быычыр, Быычыртан Кырдьаҥаа, Кырдьаҥааттан Багдарыын, Багдарыынтан Кырдьыбыт төрүүр. Онон Кырдьыбыт Куду төрүт-уус киһитэ буолар (Л. Николаев матырыйаала).
Бытыа – Егоров Гаврил. Сылла уола.
Быһыр Батаакап. Николаева Ф.Д. ахтыытынан Быһыр Батаакап Дьэкиимкэ убайа. Дьэкиимкэ уола – Баай Батаакап.
Карадчин Николай Данилович. Кырдьыбыттан Тайыла. Тайылаттан Ньукулай төрүүллэр, онон бу киһи Кырдьыбыт сиэнэ.
Тобохов Афанасий. Улахан Күүлэҕэ олорбут. Дабыл ыстатыйатыгар көстөрүнэн 1897 сыллаахха кинээстээн олорбут.
Ньукууса – Николаев Николай. К.К. Оросутцев ахтыытынан Орто күөлгэ олорбут.
Дьобук – Тимофеев Адам. Эмиэ К.К. Оросутцев ахтыытынан уһуннук, хас да ыраахтааҕыны кинээстээбит. Билиҥҥи Доҕордуураптар тиэргэннэрэ кини уһаайбата эбитэ үһү.
Чүөккэ – Павлов Федор. Бу хойукку киһи. Бука II Үөдүгэй тиһэх кинээһэ буолуон сөп.