Иһинээҕитигэр көс

Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/II чааһа Үйэлэр кирбиилэрэ/Бандьыыт саҕана

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бандьыыт саҕана

[уларыт]

Бандьыыттар сэриилэрин саҕана мин дьонум Чүүт алаас хотугулуу арҕаа атаҕынааҕы «Быыгыр» диэн туона күөллээх, кыра алааска Кииччэлээҕи кытта дьукаах олорбуттар. «Быыгыр» хоту баһыгар бииргэ хотонноох, туруорбах дьиэлээх, тиэргэнигэр ампаардаах Өлүөскэ Ылдьаатын аах дьиэлэрэ баара. Өлүөскэ Ылдьаатын кэргэнэ Ааныска аҕам улахан балта, Кииччэ-Кирилл Потапов кэргэнэ аҕам иккис балта Хобороонньуйа диэн. Бу олордохторуна, саас бандьыыттар кэлбиттэр. Куорамыкыга олохсуйан ыстааптанан олорон чугастааҕы алаастар ыалларын аттарын тутуталаан, бэйэлэрин баандаларыгар киллэрэ сатаан муҥнарын муҥнаабыттар. Ол курдук нэһилиэк олохтоохторун ыҥыран ылан мунньахтаабыттар. Бандьыыт тойоно Конон Никифоров кыһыллары кыайан-хотон эрэллэрин туһунан тыл эппит уонна бандьыыттар этэрээттэригэр холбоһорго ыҥырбыт. Олохтоохтортон ким да суруттарбатах, бары араас биричиинэнэн куотуна сатаабыттар. Аҕыйах биир эмэ киһини күүстэринэн суруйбуттар. Бандьыыттар абаларыгар миинэн киирбит аттарын ылан хаалбыттар. Олохтоохтор төһө да үөрэҕэ суохтарын иһин, бандьыыттар быстах оҕо тура сылдьар дьоннорун, сэбиэскэй былааһы кыайбаттарын өйдүүллэр эбит. Мин дьоммор сэбиэскэй былааһы тэрийсибит, ити бириэмэҕэ партизанныы сылдьар Герасим Яковлев кэлэ-бара дьиэлэнэр эбит. Кини кыһыллары кытта барарыгар «бандьыыттар аҕыйах бириэмэлээх быстах симиэртэр, кинилэр албыннарыгар киирэр эрэ буолаайаҕыт» диэн өйдөтөн барбыта үһү.

Саас, хаар алах-булах буолуута аҕыйах сүөһүлэрин ойуур саҕатыгар от ууран аһаталлара, элбэх аттаах дьонтон үргэн бэйдиэ сырсан хаалаллар эбит. Ол сүөһү аһаабыт отун тобоҕун көрө-көрө бандьыыттар «оччо кыһыл атын аһатан ааспыт» диэн доппуруостаан муҥнууллар эбит. Сороҕор кыһыллары тоһуйан хонон-өрөөн ааһаллар эбит, дьиэ үрдүгэр харабыл туруоран баран кими да ханна да ыыппакка муҥнууллара, куттанар да этибит диэн ийэм кэпсиир буолара.

Саас от-мас көҕөрөн силигилии сиппитин кэннэ, биир сарсыарда ыал туруута Халбаакы диэки олохтоох, бандьыыттар күүстэринэн илдьэ сылдьыбыт киһилэрэ Дьоодьо Лыыбаҕа киирэн кэлбит уонна кэпсээбит: «Туох сэптэрэ буолла, кыраасынайдар борохуотунан кэлэн Тумулукаан аартыгынан ытыалаабыттарыгар сир-дойду өрө титирэстии түһэрин кытта, ыстааппыт олбуора сууллан барда да биһиги атахха биллэрдибит», — диэн. Ити кыһыллар этэрээттэрэ борохуотунан кэлэн пулеметунан ытыалаабыттарыттан бандьыыттар үрүө-тараа көспүттэр.

Мин дьонум, ийэм төрөппүттэригэр Сэтэкэм Боотулуутугар көспүттэр. Боотулууга тиийэн дьэ нам-нум олорон эрдэхтэринэ аны биир күрүөйэх бандьыыт булбут. Күрүүрүгэр ат көрдөөн муҥнаабытын эһэлээх-аҕам тутан кэлгийэн Куорамыкыга олохтоох былаастарга киллэрэн туттарбыттара үһү.

К.Г. Саввинов кэпсээнин И. Давыдов суруйуута 1975 сыл