Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/II чааһа Үйэлэр кирбиилэрэ/Боотулуулар, Кудулар
Боотулуулар, Кудулар
[уларыт]Харааччыннар.
[уларыт]Биэстээх-алталаах эрдэхпинэ эдһиийим Хобороон оҕолоругар Маайалаах Дьөгүөрүскэҕэ миигин доҕор гынаары Арҕаа Боотулууттан Кудуга киллэрэ сылдьыбыттара. Арааһа онно биир ый кэриҥэ буолбутум. Эдьиийим Хобороон кэргэнинээн Мааркаптыын Тиит Харааччыннаах хотоннорун дьиэтигэр олорон кинилэргэ хамнаска үлэлииллэр. Хобороон Мааркап балта Суоппуйалыын Харааччыннар хотонноругар саах күрдьэллэр.
Биһиги Харааччыннар оҕолоругар тахсан оонньуубут. Тиит Харааччыннаах бэйэлэрэ үс оҕолоохтор: Куоста, Мууса, Дьөгүөрүскэ. Уонна биир кыыһы ииттэллэр. Күнү быһа Куоста минньик ыарҕата талаҕын сөмүйэ саҕа бысталыырынан ону ат-сылгы гынан оонньуубут — мин Куосталыын «ийэ-аҕа» буоларбытын өйдүүбүн. Оҕолор аҕаларын «тээтэ», ийэлэрин «маама» дииллэр. Мууса оччотооҕуга быраабаҕа үөрэнэр эбит.
— Эн хантан кэлэҕиний бу? — диэн ыйыттахпына: «Быраабаттан кэллим, оскуолаҕа үөрэнэбин ээ» — диэн дьоһуннаах баҕайытык кэпсиир буолара. Харааччыннар миигин тоҕо эрэ «Аана» диэн ааттыыр этилэр.
Тиит Харааччын оччотооҕу дьиэтэ оройуоҥҥа киирэн ити билиҥҥи Куду оскуолата буолан турар. Кудуга эрдэҕинэ киирэ түһээтин улахан баҕайы көмүлүөк оһох турар. Нуучча оһоҕо атын хосторугар баар. Саалаҕа биһигини киллэрбэттэр. Хатыылаах буолар, ону аһан эрэ көрдөрөллөр. Биирдэ сарсыарда киирбитим Дьөгүөрүскэ оһох иинигэр олоппоско сыбыс-сыгынньаҕын олорор:
— Аана, бүгүн чыычаах уйа туттубат таҥарата. Ол иһин саала иһэ аһаҕас, — диир. Ону мин итэҕэйбэппин:
— Чэ, эрэ сааланы эргийэ сүүрэн кэл эрэ, — диэтэхпинэ уолум сааланы эргийэ сүүрэн эймэкэччитэн кэлэр. Тиит ойоҕунаан уолаттарын бастарыгар илдьэ сыталлар. Били икки кыыс дьиэни дьаһайар Такыа кыыһа Татииналыын туспа хоско утуйаллар. Бу Татиина, дьэ, Харааччыннар ылгын кыыстара.
Биирдэ Харааччын ойоҕо Өлөөнө оҕолорго саахар түҥэттэ уонна миэхэ эмиэ бэристэ. Ол саахар минньигэһин эриэхсит!
Тиити кытта бииргэ төрөөбүттэр — Испии, Ньукулай уонна Маарыйа. Маарыйа — баай Батаакап маҥнайгы ойоҕо. Онон Кудуну систээн олорбут бу Кырдаҥалар. Испии Тииттээҕэр өссө баай, өссө элбэх хамначчыттаах. Кудуга туспа ыал. Кыһыҥҥы олоҕо Кулун Өлбүккэ. Испии ойоҕун аата Эмэгэттиир Маарыйа. Испии уолаттара Буут, Лэбириэнтэй уонна Дьэниис. Буут оччотооҕуга учуутал — хаар, таналдьыйан уол оҕо. Оройуоҥҥа үлэлиир. Дьэниис диэн уол — маандакай. Бууппун диэн албыннаан уҥуоргуттан туох да аһара мааны ыал кыыһын ойох ылбыта. Эн аҕаҥ Мааппалыын олордохторуна, Дьэниис ол албыннаан ылбыт ойоҕо эриттэн араҕан, кинилэргэ олорбут. Дьэниис ыалга олорор дьахтары албастаан ыҥыран бэйэтин ампаарыгар быһаҕынан нырыылаан кээспит. Буут Кэтириинэ диэн туох да аһара кыраһыабай кыыһы ойох ылан олорбута онтукайа моҥнон өлбүтэ. Ол өрдөөҕү — Харааччыннар байан-тайан тыыллан-хабыллан олорор эрдэхтэринэ буолбута. Испии ойоҕо Эмэгэттиир Маарыйа эрийэ хатан хаалбыт хап-хара, кыра эмээхсин этэ. Дьадаҥы дьон бултарын дуомугар ымсыыран, сыарҕа атынан сылдьан, сохсо туһах куобаҕын ыалтан көрдөөн ылан, тиэйэн барар идэлээх этэ. Орто Боотулуунан инньэ Илин Боотулууга тиийэ барар. Бартын кэннэ дьонум күлсэр этилэр: «Эмэгэттиир Маарыйа эмиэ сохсотун-туһаҕын кэрийэ сылдьар», — диэн. Самаакылар бары да Харааччыннар хамначчыттара этилэр. Эн аҕаҥ Эмэгэттиир Маарыйаны «биһигини хамначчыттарын туой тар хааһыиан эрэ аһатар этэ» диэн бэркэ үөхсэр буолар этэ.
Орто Боотулууга.
[уларыт]Чүүччэххэ олорор эрдэхпитинэ бурдукпут баарын аҕабыт үөһэ ойуурга солообута. Киһи күннэспитэ буолуо. Бурдук ыһарбытыгар арыт үс ыал буолан кыттыҕан ыһабыт: эһэм аах, Мааркаптаах уонна биһиги. Бурдукпут эһэбит аахха. Эбэтэр араҥастаан кээһэбит. Ким ылыаҕай? Былыр оннук түөкүн суох ээ. Кылаастаах сирбит Орто Боотулууга буолан, саас буолла да, онно көһөн хаалабыт, эһэбит аахха. Эбэбит биһикки дьиэһит буолабыт, уоннааҕылар оттуу бараллар. Ыстаҥалаһыы диэн онно.
Устунан Орто Боотулууга олохсуйан хаалбыппыт. Уоммуттан сүүрбэччэбэр диэри. Аҕабыт өлбүтүн эрэ кэннэ Орто Боотулууттан олох көспүппүт. Бурдук үүммэтэх дьылыгар аччык-хоччук. Сыалаах эппитин тиэйэн Намнарга киллэрэн бурдукка атастаһабыт. Намҥа хайа да сыл бурдук үүнээччи. Буор сир бурдуга буолан харата бөҕө. Биһиэхэ үүннэҕинэ, кумах былаастаах сир буолан, үчүгэй ыраас бурдук үүнэр.
Сэрбэкэ Сөдүөт, Чолос Ньукулай — бырааттыылар. Орто Боотулууга, биһигиттэн чугас аҕыйах саһааннаах сиргэ олорбуттара. Ийэлэрэ — Чолос Ньукулай кэргэнэ Ылдьаана. Сэрбэкэ үйэтигэр кэргэннэммэккэ өлбүтэ. Сэрбэкэ икки Чолос туох да аһара эйэлээх бырааттыылар этэ.
Бу ыал бурдук олох ыһымматтар этэ. Ол гынан баран Ылдьаана оҕуһун сиэтэн Илин Боотулууга бардын, Арҕаа Боотулууга бардын — ыаллар хайаан да бурдук бэрсэллэр. Биһиэхэ кэллэҕинэ, эбэбит эһэбититтэн кистээн биэрэр. Онтон кэлин, саатырҕаан буолуо, бурдук ыһынар буолбуттара.
Сайын оҕонньоттор оргууй аҕай оттууллар, ону Чээчийэ икки Настаа мунньан элэҥнэтэллэр. Ылдьаана үйэтигэр олох оттооботоҕо. Сыл аайы оҕолонор, бэйэтэ да ыарыһаҕа бөҕө. Оттуу сылдьан оҕонньоттор туулууллар. (Чэ, кыһыннары-сайыннары чэҥкиччи балык дьаабыта). Отууларыгар онтуларын сии олорон, чээ, сэһэргэһэн тахсаллар! Киэһэнэн сөрүүн түстэҕинэ охсо түһэллэр. Муҥнаахтар аһара да эйэлээх этилэр.
Нээлбиктэ.
[уларыт]Икки Нээлбиктэнэн икки ыал эрэ олорбута. Улахан Нээлбиктэҕэ эдьиийим Өрүүнэ, күтүөм Дэпсэй аах олорбуттара. Дэпсэйдээх Өрүүнэттэн билитин Кыыча эрэ баар. Тукаа диэн уол биэстээҕэр өлбүтэ.
Эдьиийим мин саҥа улаатан эрдэхпинэ өлбүтэ. Ол кэнниттэн күтүөм Кыычатынаан Кудуга ыалга олоро сылдьыбыттара. Эдьиийим эрэйдээх кэриэһин: «Баттахтаах эрэ буоллун, ылаар», — диэхтээбитэ.
Дэпсэй икки дьахтары ыла сылдьыбыта. Хаппараал Ууһугар үөскээбит Токуутап Сүөдэр кыыһын ылан аҕыйах эрэ ый курдук олорон баран үүрэн кээспитэ сирэн. Ол эдьиийим курдук дьахтары хантан булуой? Онтон Нам дьахтарын, быһа хата сытыйбыт, сытыы баҕайы дьахтары ыла сылдьыбыта. Ону кытары өлүөр дылы олорбута. Күтүөм сэрии саҕана, холодуопка дьыл, Дабыыдапка олорон өлбүтэ.
Кыра Нээлбиктэҕэ күтүөм Дэпсэй быраата Бүөтүр Ылдьаанатынаан олорбуттара. Ылдьаана диэн сүрдээх ыраас, сүрдээх дьиибэ-хообо дьахтар этэ. Төрдө Өргүөт, Ачаам кыыһа. Бүөтүрдээх оҕоломмотох буоланнар Маччас уола Барылааны уонна Туоскайдаах биир кыыстарын ииттибиттэрэ. Ылдьаана бырааппын Ньукулайы ииттээри ийэбиттэн көрдөөбүтэ. Ону эһэм олох боппута. Муҥар эһэбиттэн ыйыппыттар... Ылдьаана хотонугар ыйанан өлөөхтөөбүтэ. Бүөтүр ойоҕо өлүөҕүттэн ыалтан ыалга олоро сылдьыбыта.
Дэпсэйдээх да, Бүөтүрдээх да ити икки Нээлбиктэлэр икки ардыларыгар Оймоҕоско дьиэ туттан олорбуттара. Биһиги биир дьыл Дэпсэйдээххэ кыстаабыппыт, эдьиийим өлбүтэ хас да сыл буолбутун кэннэ. Онно Уйбаан, Өлөөнө, Түмэппий, Кыыча оскуолаҕа үөрэнэллэр.
Тээстиирдэр.
[уларыт]Биирдэ Тээстиирдэргэ тахсыбытым ийэм эмиэ баар эбит. Бары «бэс үөрэтэ» диэн аһылыгы сиэн ньамалаһа олороллор. Күлүү-салыы бөҕө. Миэхэ эмиэ кутан биэрдилэр. Ону дьэ үчүгэй баҕайытык истим. Бэһин кырбаабыттар, бурдугунан сэлиэнэйдээбиттэр, онтулара ис үөрэ курдук хойоҕос үчүгэй баҕайы. Ону миин курдук мас хамыйаҕынан иһэбит.
Иһэн баран сүрэхпин эрийтэрэн хотуолаан кэбистим. Тээстиирдэр куруук оннук аһыыр быһыылаах этилэр. Оччотооҕуга Тээстиир аҕата Кичи баар. Ыҥырар ата Сэмэн. Уһуун баҕайы оҕонньор. Тээстиирдэр олохторо туруорбах дьиэ, хотонноро киэҥэ-куоҥа. Кэлин, Тээстиир, ситэн баран, улахан ампаар дьиэ туттубута. Ол дьиэтин холкуостааһын саҕана Чүүккэ киллэрбитэ. Чүүккэ көһөрүн саҕана ийэлээх аҕата былыр үйэҕэ өлөн хаалбыттара. Кичи оҕонньору, биһиги Арҕаа Боотулуутааҕы дьиэбитигэр олордохпутуна, ыспааҥка ыарыыттан өллө диир буолаллара. Оччотооҕуга Окуун, Кичи уола, эдэр уол. Ол аата Окуун Тээстиир быраата буолар.
Туоскайдар.
[уларыт]Туоскайдар эмиэ чугас ыал. Элбэх оҕолоохтор, дьадаҥы баҕайылар. Тээстиирдээхтэн аһаан-салҕанан олорбуттара. Тээстиирдэр ынах бөҕө, Туоскайдар ынахтара үс эрэ. Оҕолорун туой дьон иитэ ылаллар.
Билигин Туоскай кыыһа Биэрэ диэн Өргүөккэ баарыттан ити тустуук Кылаабдьый Сахаарап баар. Айанньыт эмээхсинэ Кынаачайы ииппитэ Намҥа баар.
Балагыайа диэни Кыыча абаҕата, Дороппуун Бүөтүрэ ииппитэ.
Тээстиирдэр Барылаан диэн уолу ииппиттэрэ. Тээстиир «сыптарыҥа бэрт» диэн абааһы көрөр, Кэриэйин уонна Өкүлүүнэтин эрэ таптыыр. Кэриэйдээх Өкүлүүнэни Тээстиирдэр Муостаах уола Уйбаантан ылбыттара. Муостаах уола — Тээстиир ойоҕун Өкүлүүнэ аймаҕа.
Дьуохар.
[уларыт]Арҕаа Боотулууга, сайын, окко киириэх иннинэ дьуохардаан дьэ лаглалдьытыы, киэргэнэ-киэргэнэ. Үҥкүү этээччилэрэ — мин абаҕам, Тииһэ Суох Оҕонньор уола Тэриэн. Дьуохардара Ойбон Күөлгэ буолар. Онно улахан дьон сүүрбэччэ-отучча киһи мустар уонна биһиги оҕолор иһинэн-таһынан сүүрэбит. Оонньууга көҕө суохтар кэлбэттэр — оттуур сирдэрин дьаһаналлар-оҥостоллор. Холобур, Тээстиирдэр олох сылдьыбаттар — баайдара элбэҕэ бэрт. Сүөһү баай кинилэргэ буолунай — кымырдаҕас уйатын курдук.
Абаҕам Тэриэн оччоҕо эдэрчи. Дьэ, үҥкүү туппут киһитэ этэ. Эдэр эрдэҕинэ айантан эргийэн кэлэн иһэн эһэм аахха олоҥхолообута. Дьэ, уонна онно-манна сылдьарын тухары олоҥхолоон түөрт атын ыалга босхо аһатан хонон сылдьар эбитэ үһү.
Былыргы дьон билэлээх сарыы этэрбэстээх буолаллар. Дьахталлар эмиэ. Дьахталлар киэннэрэ кыһыл да боҕуускалаах буолар, күөх да боҕуускалаах буолар. Маннык этэрбэс өссө тумустаах буолар. Сарыыны туус маҥан гыналлар уонна тирэҥсэ диэн ааттаан кэтэллэр.
Такыалар.
[уларыт]Такыалар сайыҥҥы олохторо Чуут Бахымахтатыгар, аартыкка турар этэ. Үс хостоох үчүгэйкээн баҕайы дьиэҕэ олороллоругар сүүрбэччэлээхпэр сылдьыбытым. Аҕалара — Такыа Тайыла. Ийэлэрэ Огдооччуйа диэн лаһыгырайбыт эмээхсин этэ. Бу ыал икки уоллаахтара Онтуон уонна Ньукулай — иитийэхтэр. Биир иитийэх кыыс — Огдооччуйа. Аны туран бэйэлэрин кыыстара Татиина — Тиит Харааччыннаахха баар...
Онон Лааһар ойоҕо Огдооччуйа дьиҥнээх дьоно Дабыыдап оҕонньордоох.
Такыа кыыһа Татиина туох да аһара элбэх саҥалаах кыыс этэ. Кинини Тиит Харааччыннаах иитэн, устунан дьиэ көрөөччү оҥостубуттара. Үчүгэй баҕайытык ыллыыр этэ. Кэлин Ахталба ойох ыла сылдьан баран бырахпыта — күтүр дьахтар үрдүттэн дьахтар үрдүгэр сылдьар баҕайы этэ.
Николаева Агафия Терентьевна сэһэнин И. Шамаев суруйуута