Иһинээҕитигэр көс

Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/II чааһа Үйэлэр кирбиилэрэ/Испиилээх

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Испиилээх

[уларыт]

Испии ойоҕо ыыра хатан хаалбыт баҕайы эмээхсин. Испии бэйэтэ байахтаах, дадайбыт улахан оҕонньор этэ.

Испиилээх дьиэлэрэ: үс хостоох саалаҕа аан дьиэнэн — хамначчыттар олорор дьиэлэринэн ааһаҕын. Аан дьиэҕэ Ньолбо Саабата, Испии ииппит Хараҕа суох Уоһуга, мин баарбыт. Уоһуктаах ыаллар, оҕолоохтор. Уоһук Испиилээххэ сылдьан хараҕа суох буолбут. Кини таҥас сууйар, маһы мастыыр. Аан дьиэҕэ көмүлүөк оһох турар, оттон саала дьиэҕэ нуучча оһоҕо уонна онно эбии дьиэ тымныйар диэн саха оһоҕо бааллар. Онон үс оһох маһын Уоһук мастыыр. Ойоҕо сүөһүгэ улэлиир. Хотону кытта холбуу эмиэ хамначчыттар дьиэлэрэ баар. Онно Татаар олорор. Испии сүөһү көрдөрөөрү Тылгыныттан аҕалбыт Эрдьэҥээ диэн тоҥуһа эмиэ онно олорор.

Испиилээх дьиэлэрэ Кулун өлбүккэ ити Хаппарааллыыр аартыкка турбута.

Биһиги, хамначчыттар, баһылыыр аспыт суорат икки тар хааһы. Онтубутун холбоон булкуйан-булкуйан баран ыстаан кээһэбит. Хотуммут Испии ойоҕо ый баһыгар-атаҕар ис үөрэтин быраҕан биэрэр. Тойоммут аах киэһэ аайы эт сииллэр да, тооромос эт да биһиэхэ тиксибэт. Кинилэр аһыы олорор буоллахтарына өҥөйөр да сатаммат.

Иһиттэрин мин хомуйабын. Онон: «Балбаара, остуолу тарт! Балбаара, иһити хомуй!»— диэн хаһыы буолла да саалаҕа киирэбин. Көр, онно саараама биирдэ да ол астарыттан бэрсибэттэр.

Карадчина Варвара Тимофеевна сэһэнэ