Иһинээҕитигэр көс

Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/II чааһа Үйэлэр кирбиилэрэ/Харааччыннар олохторун туһунан

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Харааччыннар олохторун туһунан

[уларыт]

Карадчина Екатерина Григорьевна сэһэнэ

[уларыт]

Биһиги Эбэҕэ олорбуппут. Эбэни бэйэтин Тиит Харааччыннар оттууллар. Биһиэхэ этэрбэс тумсун курдугу биэрэ түспүттэрин оттуубут. Уонна өтөҕү, толоону, үрэххэ киирэн сөкүнү оттуубут. Хорбокучааҥҥа Дабыыдап Охонооһойдоох, Хачыат Миитэрэйдээх икки ыал олороллор. Кинилэр биһигиттэн тэйэллэр. Кыһыҥҥы таҥараларга, Баһылайапка уонна Киристиэнньэҕэ эҥин, Охонооһойопторго эбэтэр, Хачыаттарга оонньуу барабыт. Киэһэ аһылыкпытын аһаан баран барабыт, ол гынан баран сарсыарда биирдэ кэлэбит. Ол курдук түүнү быһа оонньуубут. Харах симсэбит, хааһах хостоһобут, мас тардыһабыт. Ороһооспоҕо уонна Баһылайапка улахаттар эмиэ утуйбаттар. Киэһэттэн сарсыардааҥҥа дылы алаадьы буһар. Хачыаттаах дьиэлэрэ киэҥ баҕайы, остуолларын сыҕарытан кээһэн баран тыытыкылаах кус буола оонньуубут.

Охонооһой уола Саабаны кытта арааһа сааспытынан иэл-тиэл этибит. Кэлин Батаакап итэҕэллээх ылгын уола буолан сылдьыбыта. Эмиэ Батаакаптар хамначчыттара Одьо кыыһа Маарыйаны ойох ыла сылдьан биир сайын олорон баран арахсыбыттара. Кубаҕай Байбал кыыһынаан өр олорбуттара. Хачыаттар бука бары өлбүттэрэ. Дабыыдаптар эмиэ бары эстибиттэрэ. Дабыыдаптар аймахтара киһи өлбүтүн кэннэ дьиэтин Киирик ойуун ылаары гыммытын Дабыыдап оҕонньор үҥсэн дуу, хайаан дуу ылбытын иһин Киирик өһүрэн сиэбитэ диэччилэр.

Ийэм өлбүтүн, аҕам саҥа ойох ылбытын кэннэ 13-тээх кыыһа Өлөөнө, Тиит Харааччын ойоҕо, биир сыл оҕо көрдөрүөх буолан көрдөөн ылбыта. Онно устунан Харааччыннарга 8 сыл буолбутум. Аҕам Бырдака кыыһын ойох ылбытыттан кыыстаах уол төрөөбүттэрэ. Уол Бырдакалары батан улахан, куустээх-уохтаах киһи буолбута. Сэбиэккэ суруксуттуу сылдьан сэриигэ баран өлбүтэ. Ыһыахха тустан булгунньахтаһарын өйдүүбүн. Тииттээх Тойтоон уола Дьаакыбы уонна Тойтоон кыыһа Ылдьаананы ииттэллэр.

Тииттээх 80-ча сүөһүлээхтэриттэн 30-та ыанар ынах. Ону мин, Ылдьаана уонна Адаарыс кыыһа Маарыйа буолан ыыбыт. Ынахтарын үс аҥы араараллар: эмээхсин, Харааччыннар уонна Ылдьаана киэнэ диэн.

Тойтоон уола Дьаакып уонна Дэпсэй — сылгыһыттар. Сылгылара төһөтүн билбэппин.

Улахан баҕайы хотоҥҥо бэйэтэ дьиэлээх. Онно саах күрдьээччи Кутас диэн эмээхсин олорор. Эмээхсин өлбүтүн кэннэ Харааччыннар дьаһайбыттара. Нууса, ол «эмээхсин өлбүтүгэр эбэм хотон дьиэтин сууйбута» дии-дии күлэр этэ. Мин уонна Хобороон буолан саах күрдьүһэбит. Дьиэ ис-тас үлэтигэр барытытар үлэлэһэбин.

Биирдэ Ньукуолаҕа алаадьылаары сылдьан арыыбытын тоҕон кээстибит. Хотуммутуттан куттанан Кулуһуннаахха баран Самаакы ойоҕо Өрүүнэттэн арыы куттаран ыллым. Уйбаан муҥнаах ийэтэ өлбүтүгэр «ийэм биһикки күөрчэхтээн сии-сиибит кэпсэтэн бөҕө буоларбыт» дии-дии ытаабыта диэн кэпсии-кэпсии күлээччилэр. Самаакаптар Кулуһуннаах хоту өттүгэр, киһи уҥуохтаах өттүгэр Ньолболору кытта ыаллыы олорбуттара.

Харааччыннар Хопто Төрүүрү оттууллар. Манна икки-үс ынаҕы илдьэ киирэбит. Мин бурдук тардан лэппиэскэлиибин, ынаҕы ыыбын, сүөгэйдиибин, күөрчэхтиибин. Оҥхучахтаахпыт. Суорунабытын илдьэ сылдьабыт. Хантан даардалаах-үөдэннээх буолуохпутуй, хаппыт ынах тириитин тиэрэ бырахтым да ол үрдүгэр ууран тардаҕын. Уолаттар тиргэлииллэр, мундуга туулууллар. Кустуургун-бултуургун кэпсэл гыммаккын — бу дьон оттообокко бултуу сылдьыбыттар диэн мөҕүөхтэрэ диэн.

Отуубут киэҥ баҕайы, ортотугар холумтаннаах. Ортото аһаҕас буолар. Холумтанын буруота онон тахсар. Дьахталлар хаҥас өттүгэр ордууланаллар. Туспа ордууланар-хайыыр суох.

Охсооччулар Дьаакып уонна Татаар. Мунньааччылар — мин, Адаарыс кыыһа Маарыйа, Ылдьаана буолабыт. Оччотооҕуга Дьаакып уонна Маарыйа холбоһо иликтэр.

Бастаан күүлэй тэрийэллэр, сүөһү өлөрөллөр, саламааттыыллар. Бастаан от мунньуута элбэх баҕайы буолар. Күүлэй буоллаҕына Өлөөнө бэйэтэ баран астыыр. Миигин күөсчүтүнэн илдьэ барар. Оттоһорбор бастаан асчыт-күөсчүт этим, онтон улаатан баран мунньуһар буолбутум. Кээһиитин күһүн оҕуһунан бэйэбит кээһэбит. Сыарҕа оҥорон, өтүү тэрийэн бэлэмнээбиттэрин кэннэ дьэ ону киллэрэбит. Оччотооҕуга эдэр-чэгиэн эрдэххэ туһугар эмиэ үчүгэй баҕайы буолар этэ.

Адаарыс кыыһа Маарыйа Тойтоонопко кэргэн тахсан баран биир сыл олороот төрөөрү өлөн хаалбыта. Адаарыстар Чуолҕаныга олороллоро, онно дьонугар кэлэн өлбүтэ. Дьаакып кэлин Самыыкка кыыһа Өксүүнү ыла сылдьыбыта. Ол дьахтар өлбүтүн кэннэ Өргүөккэ лааппыга үлэлии сылдьан, итээн хаайыыга баран өлбүтэ. Дьаакып Дэпсэйтэн балыс этэ. Сүрдээх үлэһит. Уонна үҥкүү тылын этээччи.

Аҕыс сыл кинилэри кытта олорорум тухары мөҕүллүбэтэҕим-сынньыллыбатаҕым. Хата Өлөөнө ол бу таҥаһы, былаат-ырбаахы кистээн биэрээччи. Кыргыттар эмиэ эрэйиэхтэрэ уонна күнүүлэһиэхтэрэ диэн ол биэрэрин кистэтэр, «дьонум ыыппыттара» диэр диир. Ол дьонум бэйэлэрэ кылгас эрэйдээхтэр туохтарын ыытыахтарай. Арай ийэм этэрбэс иһигэр алаадьы оҕото уган ыытарын ынах дьиэтигэр Кутас эмээхсини кытта ириэрэн сиирбитин өйдүүбүн. Өлөөнө миэхэ лааппыттан атыыласпыт турууччуктан учугэй баҕайы былаат тигэн биэрэр. Бэйэтин эргэ ырбаахытын биэрбитин кистэппэт.

Харааччыннарга түһүү бөҕө буолар. Өргүөттэн Лаха атыыһыт, Үстүүн атыыһыт сылдьаллар. Эҥиэччик диэн баай киһи түһээччи. Өлүөхүмэтгэн Кыһыллаай атыыһыт хонор.

Арааһы кэпсэтэллэрэ буолуо да, ону иһиллиэҥ баара дуо, аһаан бүттэхтэринэ, кинилэртэн куттанан, нэһиилэ кэлэн иһит хомуйаҕын.

Харааччыннар оҕо өлүүлээх этилэр. Биирдэ улахан дьиэлэригэр Киирик ойууну кыырдарбыттара. Оҕо абааһытын муннуктан чаачыгыраппытынан аҕаларын өйдүүбүн. Уонна оҕо абааһытын дьахтартан бохсуруйан ылар, оҕо уйатын аҕаллаҕым буолан алгыыр этэ.

Бүппүтүн кэннэ дүҥүрүн үрдүгэр эт миинин ууран биэрэллэрин иһэр. Онтон түөрэх кээһэр. Былаайаҕа олоро тустэҕинэ «Уруй!» буолар, түҥнэри түстэҕинэ түҥкү түөрэх диэн буолар.

Оччотооҕуга Кыталыктаахха дьуохар буолар. Хоту баска Ньэккэлэр олороллор. Онно мустан оонньуубут. Оҕонньордоох эмээхсин оонньууга сылдьарбытын сөбүлээбэттэр. Маарыйа, Ааныска, Ылдьаана уонна мин буолан чуулааҥҥа сытабыт. Оҕонньордоох эмээхсин биһигини манаан утуйаллар. Ону киэһэттэн түннүктэр тоһоҕордорун ылан кээһэн баран оһуокайга баран хаалабыт. Тиийбиппит уол-кыыс бөҕө мустубут буолар.

Дьуохар этээччилэр Мааркап, Тойтоон Дьаакыба эҥин буолаллар.

И. Шамаев суруйуута.