Иһинээҕитигэр көс

Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/II чааһа Үйэлэр кирбиилэрэ/Чүөккэ уолаттара

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Чүөккэ уолаттара

[уларыт]

Үөһээ Бүлүү улууһун 2-с Үөдүгэй нэһилиэгэр Павлов Федор — Чүөккэ оҕонньор Куорамыкыга Сэбиэскэй былаас иннинэ олорбут. Кини сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ өлбүт. Бу Чүөккэ оҕонньор биир соҕотох төрөппүт уоллаах эбит — Павлов Гаврил Федорович диэн. Ол уолугар ханыы үс уолу ииттибит: мин аҕабын Павлов Герасим Федоровиһы — Баллаа Дьарааһыны, Павлов Федор Федоровиһы — Болтуону уонна Павлов Дмитрий Федоровиһы — Мииккэни.

Мин аҕам бу уолаттартан саамай аҕалара эбит. Төһө да бииргэ иитилиннэллэр аҕам бу Чүөккэҕэ, улаатан баран хамначчыт быһыытынан сылдьыбыт. Павлов Хабырыыл (Хабырыыска) уонна Павлов Федор (Болтуо) гражданскай сэрии кэмигэр Үөһээ Бүлүүгэ бандьыыттары утары кыһыл партизаннар этилэр. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ Хабырыыска атыы-эргиэн тэрилтэтигэр агеннаан наар ыраах Өлүөхүмэнэн, атын да сирдэринэн айаҥҥа сылдьыбыт. Сааһыран баран, икки хараҕынан көрбөт буолан өлбүтэ.

Онтон Болтуо туох эрэ боломуочунайынан үлэлээбитэ. Эмиэ икки хараҕа суох буолан өр эрэйдэнэн өлбүт үһү. Хабырыыска мин өйдүүрбүнэн үс оҕолоох. Кыыһа Павлова Анна Гаврильевна этэ, икки оҕолоох. Улахан уола Павлов Иван Гаврильевич (Соһор Уйбаан) Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, элбэх оҕолоох. 2004 сыл сааһыары өлбүтэ. Кыра уол Павлов Николай Гаврильевич үрдүк үөрэхтээх учуутал, хас да оҕолоох. Билигин Дьокуускай куоракка пенсияҕа олорор. Онтон Болтуо икки уоллааҕа. Улахан уола Софрон Федорович Павлов улаатан иһэн ыалдьан өлбүтэ. Кыра уола Павлов Николай Федорович Ойуунускай аатынан Саха драмтеатырын артыыһа, эдэр сааһыгар ыалдьан орто дойдуттан барбыта. Икки кыыс оҕолоох.

Мииккэ Павлов Аҕа дойду Улуу сэриитин активнай кыттыылааҕа. Сэрииттэн илиитин тарбахтарын таптаран инбэлиит буолан кэлбитэ. Кырдьан, эмиэ хараҕа-көһө олус мөлтөөн, аҕыйах сыллааҕыта өлбүтэ. Биир уоллааҕа билигин суох. Икки кыыстаах. Улахана Марыына Дьокуускайга олорор, ыал кыра кыыһа Мария манна Үөһээ Бүлүүгэ олорор, биир уоллаах, сиэннэрдээх.

Аҕам иккис кэргэниттэн уола Павлов Гаврил Герасимович бастакы комсомолецтартан биирдэстэрэ этэ. «Күҥкү» колхуоһу тэрийсибитэ. «Күҥкү» кэлин «Карл Маркс» холкуос, онтон «Үөдүгэй» совхоз буолбута. Өрүс уҥуор эмиэ хас да холкуоһу тэрийсибит.

Убайым Гаврил Герасимович (Байбааскы) Дьүөгэ Ааныстыырап «Кыһылбын уонна оскуолаҕа үөрэнним» диэн кэпсээнин геройа. Кини Москватааҕы Тимирязев аатынан академияны бүтэрбит. Элбэх сыл оскуола директорынан, райком I, II-с секретарынан Бүлүүгэ үлэлээбит. Кэлин Төҥүлүгэ райком I-кы секретарынан үлэлии олорон 1941 сыл кыһыныгар өлбүт.

Павлов Алексей Герасимович – Омолуй.

2004 сыл.