Иһинээҕитигэр көс

Үөрэх ыҥырыыта (Эллэй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Үөрэх ыҥырыыта


Ыыт эрэ эн миигин, ийэккээм,
Ыыт эрэ — үөрэххэ барыахпын,
Үөрүүлээх эдэркээн үйэккэм
Килбиэннээх суолунан көтүөхпүн!..

 
Мин бүгүн комсомол Маайаттан
Бэрт элбэх сонуну иһиттим,
Долгуйар Дьокуускай куоракка
Дьоллонор сир баарын мин биллим...

Ол онно... бу халыҥ күөх тыабыт
Хараҥа маардарын аастахха,
Көрүөхтэн күндэлэс күн тыкпыт
Долгуйар Дьокуускай куоракка.

Ол онно... эр дьоннуун, дьахтардыын
Үтүөҕэ үөрэнэ сылдьаллар,
Кыыс күнүн хараардар сор халыым
Сууллары дайбыырын билбэттзр...

Ыыт онно эн миигин, ийэккээм!
Ыыт онно үөрэххэ киириэхпин...
Ыанньыга элбэх баай күтүөккэ
Ымсыырар баҕаҕын сирэбин.

Ол күтүр хотонун күлүгэр
Саах күрдьэх дьаарыгар тумнастан,
Эн курдук сэлликкэ эмтэрэн,
Эдэрим кэхтэрэ куһаҕан...

Мин мантан куотаахтыыр санааккам
Сүрэҕим хааннарын кыынньарар,
Долгуйар Дьокуускай куоракка
Күннэри, түүннэри ыҥырар...

Эн миигин аһыммат буолларгын —
Хараҥа ыыспаҕар хаалларыаҥ!
Кыыс оҕоҥ инники дьылҕатын
Хамсаабат түүнүнэн хаххалыаҥ!

Мин онно үөрэниэм, үөрэниэм...
Оччоҕо, хараҥа, быраһаай!
Күн уота — Маайаккам, сэгэриэм,
Куотума, илдьэ бар, абыраа!..

Ыыт эрэ эн миигин, ийэккээм,
Ыыт миигин сырдыкка, куоракка!
Ат иһэр... Комсомол дьүөгэккэм,
Үөрдэхпиэн — эн илдьэр буолбуккар.


1930