Иһинээҕитигэр көс

Үөхсүү (Амма Аччыгыйа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

“Б” автобуска ыга симсэн иһэбит. Каляев уулуссатыгар сүүнэ улахан уочаракка кэллибит. Кондуктор дьахтар икки эрэ киһини киллэрээт, ааны сабан эрдэҕинэ, бокуойа суох тэлэйэ баттаан, ыга симиллибит эргэ бартыбыалы кыбыммытынан, хатыҥыр, кубаҕай, уһун киһи ойон киирдэ. Кондуктор: “Миэстэ суох, төттөрү таҕыс”, – диэн айманна. “Олус тиэтэйэн иһэбин, Кыһыл воротаҕа дылы билиэттэ!..” – дии-дии анарааҥҥыта харчы уунна. “Таҕыс диибин эбээт”, – диэбитинэн кондуктор билиэт биэрдэ. “Олус тиэтэйэн иһэбин. Ону таҕыс диэн ыххайаҕыт. Сатаммат. Ити акаары быһыы буолар!” – Хатыҥыр киһи холкутук билиэтин ылла, үөһэ тыынна, мичээрдээтэ, хортууһун устан, былаатынан сүүһүн сотунна. Мин аттыбар олорор кыһыл сирэйдээх, аҕамсыйан эрэр суон киһи иккитэ-үстэ көхсүн этиттэ, күөмэйин оҥоһунна уонна эттэ: – Табаарыс, эн олус куруубай киһи эбиккин, быһыыта. Кондукторы, советскай дьахтары, тоҕо “акаарынан” үөҕэҕин? – Мин кинини акаары диэбэтим. “Акаары быһыы” диэтим... Кинилэр мөккүһэн бардылар. Сотору соҕуһунан, иһиллэспэккэ, иккиэн тэҥҥэ саҥарар буоллулар. Онтон дьоммут этиһэн киирэн бардылар. Көннөрү мөккүөр эрдэҕинэ атын дьон – сорох суон диэки, сорох хатыҥыр диэки буолан – эмиэ кыттан испиттэрэ, этиһии буолан барбытыгар, бары уурайан, этиһээччилэри дөрүн-дөрүн буойа олордулар. Суон киһи омунугар турда, хатыҥыр буоллаҕына олордо, “акаары”, “хулиган”, “осел”, “сибиинньэ” араас дэһии буолан барда. – Маннык тыллаах киһи – эн үспүкүлээн буолуоҥ! – Суон киһи таҥнары өҥөйөн туран хаһыытаата. – Сыаҕыттан көрдөххө, эн үспүкүлээн буолуоххар сөп! – Хатыҥыр өрө хантайан хардарда. Саҥа, ордук хотуулаах, тылы булаары гыммыттыы, иккиэн ах баран турдулар. Остуол ньуурун курдук килэркэй асфальт таас уулусса устун автобус сырылаан истэ. – Эйигин автобустан таһааран кэбиһэргэ сөп. Автобус иһигэр айдааны тардаҕын... – Хатыҥыр, уоскуйан эрэр быһыынан, этиһиилээҕин диэки эйэлээх соҕустук көрөн кэбистэ. – Таһаар ээ, тоҕо олороҕун? – Тохтообокко майаачылыы истэххинэ, таһаарыам даҕаны. – Фашистарга бар. Дьону санаабычча соһоттуур киһи онно наадалаах буолуо... Итини истээт, хатыҥыр киһи харахтара тохтуу түстүлэр, бэйэтэ чонос гынна, онтон нөрүс гынан, суон киһи диэки дьүккүйбүтүнэн, көтөөрү олорор элиэ курдук тутунна: – Туох даа?! – “Фашистарга бар” диэтим. Манна киһини санаабычча соһоттооботтор! – Суон киһи, дьэ холкутугар түһэн, орун булунан олорунна, түннүгүнэн ону-маны көрүөлээтэ. Дьоннор кэлэйбиттии, сөхпүттүү санныларын ыгдаҥнаттылар. Хатыҥыр киһи суону өргө диэри тонолуппакка одуулаһан олордо, онтон дьону барытын эргиччи көрдө уонна, тугу этиэн булбакка, ытыстарын нэлэҥнэттэ. – Бу акаары тылын истиҥ!.. Итинтэн ордугу булан эппэтэ дии! – Ойон турда, бокуойа суох автобус аанын диэки дьулуста, онтон эргичис гынна: – Итинник тыллааҕы кытта мин бииргэ айанныахпын да баҕарбаппын... – “Кыһыл воротаттан” икки тохтобул хаалбытын кэннэ, “тиэтэйэн иһэн” ситэ тиийбэккэ, автобустан түһэн хаалла. Киһитэ тахсарын кытта, суон тэһийбэтэх курдук буолла, кэтэҕин тарбанна, саҥата суох туохха эрэ илгистэн кэбистэ, таҥнары көрөн, соҥуоран олордо. Ханнык эрэ дьахтар уоһун кытта: – Олус куһаҕаннык үөхсэр киһи, – диэтэ. Дьон бары, ол эрэ саҥаны кэтэһэн испит курдук, соҕотохто айдаара түстүлэр. “Советскай киһини ити курдук үөҕэр сатаммат” дэһэллэр. Бачча тухары этиһиигэ, мөккүөргэ кыһамматахтыы, уутктаабыт курдук төбөтүн төҥкөччү туттан испит эмээхсин көхсүн көннөрөн, мыччырыттыбыт сирэйинэн суон киһи диэки хайысха: – Үөхсүү тыла баранан, эн ити курдук куһаҕаннык үөхсэҕин дуо? Фашистар дьон быһыылаах дьоннор үһү дуо? “Акаары” диэххин, “осел” диэххин, ээ? – диэн тииһэ суох айаҕынан булдьурҕаан баран, эппиэт эрэйбиттии көрөн олордо. Суон киһи: “Абата бэрт ээ”, – диэн көрдө, кондуктор диэки эргилиннэ: – Эйигин “акаары” диэтэ буолбат дуо кини? – Диэбит да буоллаҕына, фашиһынан үөҕэр быраабыҥ суох... – кондуктор киэр хайыһан кэбистэ. – “Акаары” диэҥ этэ, – диэтэ эмээхсин эмиэ. – Үөхсүү үгүс ахан! “Фашист” буола-буола... – Кырдьык, бостуой даҕаны... – диэн буруйдаммыттыы-кэмсиммиттии туттан баран, суон киһи көхсүн этиттэ, дьонтон көрдөһөрдүү эргиччи көрүөлээн кэбистэ. – Кыыһырбычча этэн кэбистим дии оттон ити... бостуой...

1937 с. Амма Аччыгыйа

Сүрүн сирэйгэ