Иһинээҕитигэр көс

Өбүгэм кэриэһэ (Моисей Ефимов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Өбүгэм кэриэһэ


Мин өбүгэм кириэппэһи,
Храмы туттубатах,
Үлтүрүйбэт таас кэриэһи
Кэннигэр хаалларбатах.

Хата айылҕа бэйэтэ
Кинини арчылаабыт,
Ааспыт суолун үйэтитэн
Өйдөбүнньүк айталаабыт.

Көрүҥ эрэ улуу Лена
Чочумаас очуостарын.
Санаабаккыт дуо, дьэ манна
Саха бухатыырдарын?

Былыр бастаан кэлэн аараан
Олорбут дьон аатыгар
Туймаадаҕа Чочур Мураан
Обелиск курдук турар.

Хоту тиийбит хоһуун киһи
Мууска-чэҥҥэ суол аһан.
Онно ытык памятник —
Дьааҥы хаардаах арҕаһа.

Үөлээннээҕиэм!
           Бэйэҕиттэн,
Айылҕаттан буолбатах,
Эйиигин: "өбүгэм", — диэхтээх
Кэлэр үйэ киһитэ
Улуу кэмҥин үйэтитэр
Өйдөбүнньүгү көһүтэр.