Өбүгэ өһө
(Эллэй Боотур кэс тыла)
Туоҕа да суох буолларбын –
Дуоҕабын[1] ыһыктыбатаҕым,
Тобукпар диэри
Толук буолбут уҥуохтары кэһэн
Торуттуу толоонун
Туораабытым,
Тулуйбутум уонна уйбутум…
Хаанын тохторбокко эрэ өлбүт
Хааным[2],
Халаанныы нимси үктээн киирэн
Харах ыларын тухары тэлгэммит
Хадаар сэрии
Хара сис нөҥүө
Хараллыбакка хаалбыттара…
Үтүмэннэр[3] үөрэҕэстэнэн бүппүт,
Үгүстэр
Үрүҥ тыыннара быстыбыт,
Үөрдэр эрэ
Үөр-сүүрүк тардыһар
Дьулаан дойдуларыттан
Дьулурҕатык чугуйбутум…
Туоҕа да суох хаалбыт
Тутук[4] боотур –
Киһиттэн – киибэскэ кубулуйан
Кириэстэри туруорбутум,
Кэпсэммэт
Кэриэс кэһиини
Хоонньубар уктан
Хобо куйаардарын[5]
уҥуордаабытым…
Дуоҕалаах уонна
Туоҕа да суох
Турар бэйэм
Тусаһабар эргиллэн
Өспүт холумтаннардаах
Өлбүт өтөхтөргө
Өссө өнөр кутаалары
Күлүбүрэччи умаппытым,
Күн эргиирин салҕаабытым…
…Эрэйи-буруйу
Эҥэринэн тэлбит
Эр соҕотох Эллэй Боотур диэн,
Эһиги, сүрэхтээбит эһэҕит
Эргэ, хаан өппүт дуоҕабын
Эркиммэр тиирэ тардыбытым:
«Эр уонна Эл, ол аата –
Эрэл!..» диэн кэриэс хаалларбытым!