Иһинээҕитигэр көс

Өй, аат суол, көнө быһыы

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аат-сурах ыраах барар.

Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа тахсыбат.

Ат ааттаах, суол сурахтаах.

Ат курдук ааттаах, суол курдук сурахтаах киһи/


Баҕарбыт маска ыттар.

Биир эрэ собо тыастаах.


Кырдьык арыы курдук дагдайар.

Кырдьык көмустээҕэр күндү.

Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат.

Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат.

Көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн.

Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук.


Онно суохха оннооҕор от хамнаабат.

Оҥоло мэйии.


Өйдөөх өйүнэн өлөртөн куотар.

Өйдөөх үтүөнү саныыр, акаары алдьархайы сатыыр.


Санаа сүрэҕи сиир, дьэбин тимири сиир.

Сатабыллаах саһыл саҕалаах.

Суох мастааҕар кытаанах.

Суох сирдээҕэр кытаанах, халлааннааҕар ыраах.

Суохтан суоран ылыаҥ суоҕа.

Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар.


Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.


Хоҥуруутугар да холообот.


Өс хоһоонноро