Иһинээҕитигэр көс

Өй көтүүтэ (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ӨЙ КӨТҮҮТЭ. Дьокуускай 2018

Арыгыны аһара иһиини утары үйэтин тухары охсуспут, нэһилиэгэ сайдарын туһугар кыаҕа баарынан үлэлээбит аҕам Каженкин Иван Дмитрьевич сырдык кэриэһигэр аныыбын.

“Атаах оҕо арыгыһыт буолар” - диэн этэр сахалыы өс хоһооно.

АННОТАЦИЯ

Олох сайдан иһиитэ киһи өйүн-санаатын буккуйааччылары эмиэ сайыннарар, элбэтэр. Арыгыны наркотик кэлэн солбуйуута дьон өйдөрө-санаалара ордук тулуурдааҕын эрэйэр кэмэ кэлэн иһэр. Тулуурдаах, өһөс буолуу өйү-санааны харыстыырга көмөлөһөр. Арыгы дьон олоҕо сайдан иһиитигэр ылбыт оруолун табатык сыаналааһыҥҥа автор ааҕааччылар болҕомтолорун тардар.

Бары ааҕааччыларга ананар.

В старые добрые времена вино и водка распространились по миру совместно со знаниями и развитием. Сейчас это положение потихоньку меняется.

Книга рассчитана для широкого круга читателей.

ААН ТЫЛ

Сахалар олохторун үөрэҕэр “Өй көтүүтэ”, “Өй баайыллар” диэн этиилэр былыр-былыргыттан бааллар. Бу этиилэр киһи биир саамай кэбирэх сирэ ханна баарын биллэрэн сэрэхтээх, өйү-санааны ордук харыстыырга ыҥыраллар.

Өйү-санааны буккуйуу, өй көтүүтэ биһиэхэ арыгы иһиититтэн тарҕанна. Дьон-аймах сайдан иһиилэрэ элбэх саҥаны арыйан, олору туһаҕа таһааран, олоххо киллэрэн, туһанан иһэл¬лэриттэн тутулуктанар. Бука бары саҥаны айыахпытын төһө да баҕарбыппыт иһин үгүс элбэх олоххо кыайан киирбэтэх саҥаны айыылар туһата суох хаалан хаалалларын тэҥэ, сыыһа-халты буолан тахсаллара элбэҕиттэн куһаҕан быһыылары үксэтэллэр.

Арыгыны сатаан оҥостуу олох сайдыыта иннин диэки хамнаабытын, дьон өйө-санаата өссө сайдан үрдүкү таһымҥа тахсыбытын, экономика сайдыбытын бэлиэтиир. Ааспыт икки тыһыынча сыллар усталарыгар арыгыны оҥорууну баһылаабыт омуктар Европаттан саҕалаан билиини-көрүүнү, арыгыны тарҕатыыны баһылаан салайбыттара, Аан дойдуну баһылаабыттара.

Биһиги бу үлэбитигэр арыгы дьон олоҕор, ордук хотугу сир олохтоохторугар туох сыаллаах-соруктаах тарҕатыллыбытын уонна билигин ылар оруолун табатык быһаарарга кыһанныбыт.

Түөрт сүүсчэкэ сыллар усталарыгар нууччалар илдьэ кэлбит кытаанах арыгыларын, водкаларын иһэ үөрэнии кэнниттэн, билигин сахалар өйдөрүгэр-санааларыгар арыгы туһунан икки араас, өссө утарыта турар өйдөбүллэр, этиилэр бааллар. Ол этиилэр манныктар:

1. Арыгы олус куһаҕан, дьоҥҥо туох да туһаны аҕалбат, ол иһин арыгыны букатын иһимиэххэ диэн этэллэр. Арыгыны олох да суох оҥорбут киһи ордук буолуо этэ диэн арыгыны төрдүттэн суох оҥоро сатааччылар туруорсаллар.

2. Арыгы дьон олоҕуттан суох буолан хаалар кыаҕа суох диэччилэр эмиэ элбэхтэр. Арыгыны сөбүн көрөн сатаан иһэ үөрэнии киһи өйө-санаата сайдан, тулуура улааппытын бэлиэтиир сүрүн быһаарыы буоларынан киһи олоҕор хайаан да ситиһиэхтээх көрдөбүлүгэр киирсэр.

Дьон арыгы туһунан санаалара бу курдук икки аҥы арахсыыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн дьон аймах сайдыыларын сокуонугар уонна сир үрдүгэр туох баар барыта иккилии өрүттээх тутулуктаахтар диэн быһаарыыга сөп түбэһэр. Бу этиини өй-санаа өйдөбүллэринэн быһаардахха киһи оҥорор бары быһыылара икки аҥы хайысхалаахтарыгар; үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар диэннэргэ арахсалларыгар арыгы туһунан икки өрүттээх быһаарыы баара эмиэ сөп түбэһэр.

Биһиэхэ билигин үөскээбит арыгы туһунан өйдөбүллэр эмиэ икки өрүттээхтэр; олортон биир түргэнник, улахан эрэйэ суох толоруохха сөптөөх өттүн үчүгэй диэн ааттаан бараммыт, атынын куһаҕан диэммит букатын туората, суох оҥоро сатыыбыт. Хайа эмэ өрүт аҥардастыы баһыйара дьон олохторун суолун ханньары тардан, сыыһа-халты хамнааһыннары үөскэтэрин өй-санаа, сахалыы таҥара үөрэҕин тутуспаппытыттан аахсыбаппыт. Ол иһин арыгыны кытта билигин тапсыбакка, сыһыаммытын охсуһууга кубулутан сылдьабыт.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэ этэринэн бу икки өрүттээх өйдөбүллэр хайаан даҕаны бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон, чугасаһан биэрдэхтэринэ, икки ардыларынан, ол аата ортолорунан сөп түбэһэр быһаарыыны ылыннахпытына эрэ табылларын таба өйдүөхпүт этэ. Ол аата дьон арыгы баарын утарбакка, суох оҥоро сатаабакка эрэ арыгыны аһара испэт туһугар бары кыахтарын уурдахтарына эрэ өй-санаа сайдыытын, тулуура улаатыытын ситиһэр кыахтаналларын билиниэ этилэр.

Өйү-санааны буккуйуу диэн киһи бэйэтэ тулуура, өсөһө кыратыттан араас суол өйү-санааны буккуйааччылары туһанан өйүн-санаатын уларыта сатааһына ааттанар. Киһи өйүн-санаатын күүһүнэн, тулуурунан, өһөс санаатынан, олоххо ситиһэ сатыыр сыалын ситиһиигэ дьулуурунан арыгыны аһара иһэртэн, наркотиктары боруобалааһынтан туттунарын үөскэтиннэҕинэ эрэ олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.

Биһиги бу үлэбитигэр арыгы бары көрүҥнэрэ киһи аһыыр аһылыктарын салгыы сайдыыларыттан, тупсууларыттан оҥоруллал-лар диэн дакаастыыбыт уонна арыгыһыт буолуу диэн өй-санаа мөлтөҕүттэн, ситэ сайдыбатаҕыттан, тулуура суоҕуттан, өһөс санаата тиийбэтиттэн ордук улахан тутулуктааҕын быһааран дьоҥҥо тириэрдэ сатыыбыт.

Сахалар үрүҥ астан оҥоруллар арыгыны “Kөөнньөрүүлээх кымыс” диэн ааттаан олус былыргы кэмнэртэн ыла туһаммыттар. Кымыс кыра да буоллар эмиэ арыгылаах, былыр итирэллэрэ биллэр. Арыгыны адьас иһимиэххэ диэн этээччилэр бэйэлэрэ кымыс иһэртэн аккаастамматтар. Бу быһаарыы бастакы өрүтү тутуһааччылар сымыйалыы, албынныы сылдьалларын биллэрэр.

Арыгыны мээрэйин билэн, кээмэйдээн испэккэ аһара иһэн кэбиһэн итирэр киһи хаалыылаах өйдөөх-санаалаах, бэйэтин быстах баҕа санаатын кыайан туттуммат киһинэн аатырыан аатырар. Дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан, күүһүрэн, тулуурдара, өһөстөрө эбиллэн иһэрин арыгыны сөбүлээн, мээрэйин билэн иһэргэ үөрэниилэрэ биллэрэрин олоххо туһана сылдьыахпыт этэ.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьон өйдөрүн-санааларын сайыннарар, тулуурдарын күүһүрдэр оннугар, аҥардастыы арыгыны бобуу, суох оҥоруу суолун тутуһан, эдэр ыччаттарбытын арыгыны булууга, ону оҥорууга бары кыахтарын ууралларыгар умсары анньан биэрии оҥоруллара. Арыгы дьон олоҕор ылар оруолун табатык сыаналаабат кэм үөскээн эдэрдэр өйдөрүн-санааларын арыгыттан босхолуур, тэйитэр оннугар арыгыны бобо сатаан, нэһиилэ, күүскэ көрдөөтөххө, буллахха-таллахха көстөр күндү аска кубулутан, онон көөчүктээн, эдэрдэри ымсыырдан, кинилэри арыгыны булууга-талыыга, элбэҕи иһиигэ ыҥырыы, угуйуу оҥоруллара.

Kиһи олоҕун биир сүрүн сыалынан өйүн-санаатын сайыннарыы буолара “Киһи үйэтин тухары үөрэнэр” диэн сахалыы өс хоһоонунан этиллэр. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ киһи өйүн-санаатын лаппа сайыннаран, тулуурдаах, өһөс буолан, этин-сиинин араас баҕа санааларын уодьуганнаан, салайа үөрэннэҕинэ арыгыны элбэҕи иһэн арыгыһыт буолуо суоҕа диэн быһаарар. Ол аата арыгыны кэмнээн иһэр киһи өйө-санаата ордук күүскэ сайдыбытыттан, тулуура күүһүрбүтүттэн этин-сиинин аһыыр, иһэр баҕатын баһыйан, хам тутан тохтотор кыахтанар.

Олох сайдан истэҕинэ араас абылаҥнара ордук элбээн иһэллэр. Арыгы диэн аһылык өйү-санааны уонна эти-сиини холбуу ылан сыыйа буккуйар, онтон билигин тэнийэн иһэр наркотик өйү-санааны ордук түргэнник уонна күүскэ буккуйар, көтүтэр кыахтаах. Дьон аймах өссө күүстээх тулуурдаах, өссө өһөстөрө эбилиннэҕинэ эрэ, өйдөрө-санаалара наркотиктан буккуллубат, туруктаах буоларын ситиһэр кыахтаахтар. Ол иһин дьон аймах сахалар өс хоһооннорун: “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс”,- диэни кытаанахтык, халбаҥнаабакка эрэ тутуһарга үөрэннэхтэринэ эрэ кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрө-санаалара туруктаах, тулуурдара улаатарын ситиһиэхтэрин сөп.

Kэлэн иһэр үйэҕэ дьон-аймахха олус ыарахан кэмнэр кэлэн иһэр курдуктар. Ол курдук наркотиктар аһара тарҕаныылара дьон өйдөрө-санаалара туруга суоҕун үөскэтэн, араас сыыһа-халты туттунууларга киирэн биэриилэрин элбэтиэхтэрин сөп.

Биһиги, бу билигин олорор көлүөнэ дьон бары бэйэмсэх, бэйэ иннин эрэ көрүнүү, чэпчэкитик олоҕу олоруу өйүгэр-санаатыгар оҕустаран, кэлэр көлүөнэбит өйүн-санаатын туһугар кыһаммат, аҥардастыы аһатыынан уонна олоххо туһата суох оонньотуунан дьарыктаан бараммыт, аны аһара маанылаан, атаахтатан кэбиһэбит. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн сахалыы өс хоһоонун олоххо, кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ, үөрэтиигэ хайаан да туттуллуохтааҕын умнан, хаалларан сылдьабыт. Оҕо төрөппүттэриттэн бары хаачыстыбалара ордук, өссө үлэһит, өссө тулуурдаах, дьулуурдаах, ол аата өссө өһөс буола улааттаҕына эрэ, тугу эмэ ордугу ситиһэр кыахтанарын букатын да умнан сылдьабыт.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрин баһылааһын уонна ону олоххо, кэлэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ киэҥник туһаныы эрэ дьон-аймаҕы өйү-санааны буккуйууттан харыстыыр кыахтааҕын таба өйдөөн, хойутаабакка эрэ туһаныа этибит.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыга киһи өйө-санаата эмиэ сөп түбэһэн икки аҥы буоларын былыргы сахалар билэннэр олохторугар тутталлара. Ол иһин айыы диэн өйү-санааны быһаарар тылбыт икки өрүттээх өйдөбүллээх. Ол курдук куһаҕаны, дьон олоҕор сөп түбэспэт быһыылары оҥоруу – куһаҕан, хара айыы, онтон үчүгэйи дьоҥҥо туһалааҕы оҥоруу - үчүгэй, үрүҥ айыы диэн ааттанарын хайаан да тутустахпытына, тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыттан босхолоннохпутуна эрэ, өйбүт-санаабыт туруктаахтык, икки өрүтүн тутуһан сайдар кыахтанар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэйи, үрүҥ айыыны элбэхтик оҥорорго үөрэн¬нэҕинэ, олору үгэс оҥостон иҥэриннэҕинэ, ийэ кута иитилиннэҕинэ эрэ, дьоҥҥо туһалааҕы, үйэлээҕи оҥороро элбиир.

Сахалыы кут-сүр үөрэҕин баһылаабыт, этин-сиинин араас баҕа санааларын баһыйа тутан салайар кыахтаах, өһөс, туруктаах өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэрдэнэргитигэр баҕарабыт.

АҺЫЙБЫТ ҮРҮҤ АС

Саха дьонун тылларыгар-өстөтүгэр киһи өйүн-санаатын буккуйан итирдэр утахтар, арыгы тустарынан тыллар былыр-былыргыттан олохсуйан, билигин да туттулла сылдьаллар. Дьон дьиэ сүөһүтүн ииттэн үрүҥ аһы аһыыр кэмнэриттэн ыла бу тыллар үөскээн туһаныллыбытынан барбыттарыгар сөп. Тымныы, кытаанах айылҕалаах хоту сир олохтоохто¬ро олох түргэнник сайдан иһиититтэн ыраах хаалан хаалбыттарын кытаанах арыгыны, водканы нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ оҥостубат эбиттэрэ туоһулуур.

Биһиги нууччалар кэлиилэригэр саха дьоно улаханнык сэриилэһэн утарыласпатахтарын биир сүрүн биричиинэтинэн кэлии дьон кытаанах арыгынан олохтоохтору үөрэ-көтө хатаҕалаабыттарын, элбэхтик иһэрдибиттэрин, арыгыга үөрэппиттэрин ааҕабыт.

Сахалар кытаанах арыгыны, водканы нууччалар кэлиэхтэриттэн ыла иһэргэ үөрэнэн барбыттара биллэр. Кэлии дьону, нууччалары кытта хайдах эйэлээхтик бил¬сиспиттэрин туһунан суруйбаттар эрээри, нуучча норуотун былыр¬гыттан олохсуйбут үгэһинэн ыалдьыты арыгынан күндүлээһин улаханнык бочуоттанар этэ. Кытаанах арыгыны үйэлэригэр испэтэх хоту дойду дьонун кэлиилэр арыгынан дэ¬лэччи күндүлээһиннэрин, хатаҕалааһыннарын кэнниттэн түүлээхтэрин, бары сыаналаахтарын бэйэлэрэ сөбүлэһэн арыгыга атастаһыыларыттан эйэлээхтик холбоһуу саҕаламмыта сөп. Арыгы иһиитин, холуочуйуу кэнниттэн кэлиилэри чахчы сөбүлээн, этэр тылларыгар кииринэн, түүлээхтэрин, сыаналаахтарын барытын арыгыга атастаһан барбыттар. Ол аата арыгыны иһэрдии, арыгынан күндүлээһин олох сайдыытын таһымыттан ыраах хаалан хаалбыт хотугу сир олохтоохторун сайдыыны ситиспит, арыгыны бэйэлэрэ оҥорон туһанар кыахтаммыт кэлии дьон баһылыылларыгар ураты күүскэ көмөлөспүт. Оччотооҕу кэмтэн, уонунан көлүөнэ дьон үөскээн уларыйыахтарыттан ыла олохтоох дьонтон арыгыны иһэри син кыанан, тулуйарга үөрэммит, сөптөөхтүк көрөн иһэр өттүлэрэ эрэ ордон, олох ыараханын тулуйан, баччаҕа тиийэ кэлэн, салгыы сайдар кыахтаммыттар.

Арыгы ол кэмтэн ыла кэлии тойоттор кыра, олохтоох дьону араас сыаллаах-соруктаах арыгылатар, маанылыыр күндү астарыгар кубулуйан хаалбыта. Кэлин, киһи барыта тэҥ ааттаммыт сэбиэскэй былаас кэмигэр бу өйдөбүлү ордук кэҥэтэн, дьон бары күндүгэ, мааныга, бырааһынньыкка туттар астары¬гар кубулутан кэбиспиттэрэ. Билигин Россия дьонугар арыгы итинник өйдөбүлэ үгүстэр санааларыгар үгэскэ кубулуйан иҥэн хаалбыт. Ону хайдах да гынан соҕотохто, ким эрэ эппитэ диэн, дьон бары умна, быраҕа охсон кэбиһэллэрэ кыаллар кыаҕа суох. Ол курдук арыгы дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥмитин таба сыаналаан, төһө эмэ уһун кэм, хас эмэ көлүөнэлэр олохторун устата, үгүс дьон өйдөрүн-санааларын арыгыны бэрээдэктээхтик иһэр туһунан үөрэххэ үөрэттэххэ эрэ, арыгыны элбэҕи иһии аҕыйаан барыа этэ.

Былаас күүһүн туһанан арыгыны суох оҥоруу эбэтэр бобуу кыаттарбатын “Перестройка” кэмин иннинээҕи бобуу, суох оҥоро сатааһын холобура үгүстэри итэҕэппитэ. Үгүс дьон арыгыны суох оҥорууну, элбэх киһи быраабын күөмчүлүүрүн быһыытынан, табыгаһа суоҕунан ааҕаллар.

Сылгыны уонна ынах сүөһүнү сахалар былыр-былыргыттан иитэн туһаналлар. Аһыыр астара барыта бу дьиэ сүөһүлэ¬риттэн тахсар уонна булт аһылыктар этилэр. Урукку кэмҥэ саха дьоно аһыйбыт үрүҥ аһы ордук элбэхтик аһыыр эбиттэр. Ол эбэтэр сылы быһа суораты, ымдааны, тары, быыппаҕы уонна кымыһы куруук аһыы, иһэ сылдьаллара. Бу астартан ордук тэнийбит уонна элбэхтик аһаныллар астарынан суорат, ымдаан уонна тар эбиттэр. Уһун үйэлэр тухары саха дьонун истэрэ-үөстэрэ, эттэрэ-хааннара аһыйбыт үрүҥ аска үөрэнэн хаалбыттар, ону баара бу кэнники кэмҥэ аанньа ахтыбаттан, дьон аһыыр аһылыгын тосту уларытыы түмүгэр араас ис-үөс, язва уонна рак ыарыылара олус тэнийдилэр. Ордук бу ыарыыларга отой арыгы диэни биирдэ эмэтэ амсайар уонна аһыйбыт үрүҥ аһы аһаабат куорат эҥэр олохсуйбут үтүө дьон ыллараллар. Аһыйбыт үрүҥ аһы дьон аанньа аһаабаттарыгар сэбиэскэй кэмнээҕи суруйааччылар көмөлөрүнэн киллэриллибит өйдөбүл; бу суорат уонна тар диэн быстыбыт саха дьадаҥытын аһыыр аһа диэн этии ордук күүскэ көмөлөстө. Бу сымыйа этиини итэҕэйэн саха дьоно суораты уонна тары сэбиэскэй былаас кэмигэр сиэбэт буола сылдьыбыттара.

Медицинэ науката аһыйбыт үрүҥ аска, суоракка эмиэ, кыра кээмэйдээх арыгы баар диэн уонна киһи иһэ, куртаҕа араас суол туһалаах астары үчүгэйдик тус-туспа араартаан, аһытан туһаҕа таһаарарыгар аҕыйах кээмэйдээх арыгы хайаан даҕаны наада диэн дакаастаа¬быта өр буолла. Кэнники кэмҥэ куоракка олорооччулар элбээннэр саха дьонун аһыыр астара биллэрдик уларыйан, аһыйбыт үрүҥ аһы соччо аһаабаттар. Ол иһин кыра кээмэйдээхтик чэпчэки арыгыны иһии киһиэхэ аһыйбыт үрүҥ ас дьайыы¬тын солбуйуон сөп диэн этиини тутуһуохха сөп.

Онон, саха дьоно ис, куртах ыарыыларыгар ылларыыларын биир сүрүн биричиинэтинэн аһылыгы уларытыы, доруобуйаҕа туһалаах аҕыйах кээмэйдээх арыгыны көннөрү бурдук астан, аҥардас эттэн куртахтара кыайан арааран ылбаттарын ааҕабыт. Саха дьонун истэрэ-үөстэрэ үчүгэйдик үлэлииригэр аһыйбыт үрүҥ ас биллэр көмөнү оҥорорун умнубуппут. Ол иһин арыгы диэни отой испэт бар дьоммутугар аһыйбыт үрүҥ аһы кыра эрдэххититтэн, быраҕан кэбиспэккэ, кыаххыт баарынан аһыы сылдьыҥ диэн этиэ этибит.

Биһиги дойдубутугар үрдүкү салайар үлэһиттэр ыйыыларынан сирдэтиллэр арыгыны утары сыыһа хайысхалаахтык охсуһуу, ол аата куруук арыгы куһаҕан эрэ өттүн хостооһун уонна бобуу-хаайыы ыытыллар. Кинилэр арыгы дьон доруобуйаларыгар туһалаах өттүнэн эмиэ дьайарын уруккуларын курдук, кыра үлэһит дьонтон кистээн кэбиһэр санаалаахтар. Билигин бэ¬чээт үлэтэ сэргэхсийэн арыгы куһаҕанын уонна үчүгэйин туһунан дьон бары билиилэрэ кэҥээн, ону кытта атыыга арыгы арааһа элбээн, көҥүллүк атыыланан истэҕин аайы дьон арыгыга сыһыаннара сыыйа уларыйан, бэйэлэрэ сөптөөҕүн көрөн иһэргэ үөрэнэргэ кыһаналлар.

Сир үрдүгэр оҥоруллар арыгы арааһа олус элбэх. Араас сиргэ үүнэр отоннортон оҥоруллубут арыгы элбэх битэмииннээх, үгүс калорийдаах, истэххэ түргэнник киһи санаатын көтөҕөр, үөрдэр-көтүтэр, сылайбытын таһаарар көөнньөрүллүбүт, иҥэмтэлээх ас буолар. (1,244). Арыгы туохтан уонна хайдах оҥорулларын быһааран, ырытан көрдөххө: аһыыр аһылык сайдан, тупсан, күүһүрэн иһиитин түмүгэр оҥо¬руллар эбит. Ол курдук кыһыл арыгыны элбэхтик оҥорор отонноро - виноград, киһи этигэр-сиинигэр, доруобуйатыгар туох туһалааҕын ааҕан биэриэхпит. Биир киилэ виноград отонугар 700-800 калорий эньиэргийэ баар. Бу эньиэргийэ киһи этин-сиинин күннээҕи ороскуотун 30 бырыһыаныгар диэри ылар. Итини таһынан элбэх туһалаах эттиктэр; тимир, калий, кальций, фосфор, йод уонна да атыттар, олору тэҥэ глюкоза, фруктоза, сахароза, араас битэмииннэр бааллар. Ол иһин кыһыл арыгы дьон доруобуйаларыгар туһата уонна иҥэмтэтэ эмиэ элбэх.

Арыгылары туохтан уонна хайдах оҥоруллалларыттан көрөн маннык үс бөлөххө араарыахха сөп:

1. Кыра кыраадыстаах аһыыр аһылыктан оҥоруллубут кымыстар, пиибэлэр уонна араас суол кыһыл арыгылар.

2. Сиргэ үүнэр элбэх битэмииннээх отоннортон көөнньөрөн оҥоруллубут үрдүк кыраадыстаах кыһыл арыгылар.

3. Наука көмөтүнэн оҥоруллар испииртэн ылыллар үрдүк кыраадыстаах үрүҥ арыгылар.

Ити курдук төһө даҕаны куһаҕаннардааҕын иһин арыгы диэн дьон аһыыр үчүгэй астарыттан оҥоруллар ордук иҥэмтэлээх ас буолар эбит диэн билинэрбит уонна бу астан ханна да куотан быыһаммаппытын эбэтэр күрүөлэнэн хааччахтаммаппытын билэн тураммыт, мантан ыла бу арыгы диэн аһы хайдах сатаан таба туһанаммыт, салгыы тапсан олорорбутун саҥалыы быһаарыннахпытына сатаныа этэ.

АРЫГЫНЫ АҺАРА ИСПЭТ БУОЛУУГА ҮӨРЭНИИ

Урут коммунистар аҥардастыы баһылаан, салайан олорбут кэмнэригэр, кыра, үлэһит дьон бэйэлэрэ төһө арыгыны иһэллэрин букатын билбэттэр диэн ыйыынан салайтараннар, арыгыны бо¬бон, суох оҥорон кэбистэхпитинэ, кинилэр арыгылыахтара суоҕа дии санаабыттара, хата төттөрү буолан тахсан, перестройка хамсааһыныгар кубулуйбута. Перестройка кыайыытын түмүгэр арыгыга көҥүл ырыынак кырдьык баар буолбута. Ол иһин билиҥҥи бириэмэҕэ арыгыны бобуу туох да туһаны аҕалбатын билэммит, аны мантан инньэ арыгыны хайдах сөбүгэр иһэргэ, ол аата аһара элбэҕи испэт буола үөрэнэргэ эрэ тиийэрбитин билиниэхпит этэ.

Онон өйү-санааны бөҕөргөтүү, күүһүрдүү, тулууру сайыннарыы, быһалыы эттэххэ өһөс буолуу киһиэхэ арыгыны кэмнээн иһэр кыаҕы биэрэрин таба туһаныы эрэйиллэр.

Атын суол суох. Kиһи ханнык баҕарар үөрэҕи ылынар дьоҕура үрдүгүнэн арыгыны да иһэ үөрэниини кыайар кыахтаах. Үгүс арҕааҥҥы дойдулар олохтоохторо арыгыны кэмнээн иһэргэ үөрэммиттэрэ ыраатта. Арыгыны кээмэйин билэн иһэр үөрэҕи ситиһэргэ маннык сүрүннүүр ньымалары туһаныа этибит:

1. Аһыйбыт үрүҥ астары, кымыһы, пиибэни, кыра уонна үрдүк кыраадыстаах кыһыл арыгылары дэлэтии.

2. Испииртэн оҥоруллар үрдүк кыраадыстаах арыгылары хаачыстыбаларынан көрөн хааччахтааһыны олохтооһун.

3. Арыгы эмиэ ас буоларын билинэн, аһы ас курдук киһилии, кээмэйин билинэн аһыырга үөрэнии.

4. Аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэлэри тэрийии.

5. Дьону барыларын өйдөрүн-санааларын сайыннарыы, олохторун уонна үлэлэрин-хамнастарын тупсарыыга эрэллэрин хаач¬чыйыы.

6. Аһара иһэр дьону үөрэтии уонна эмтэтии.

Мантан салгыы ити ньымалары төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүтэлиирбит туһалаах:

1. Урукку кэмҥэ кымыс уонна быыппах саха дьонун куруук аһыыр, төрөөбүт астара этэ. Оччолорго хас дьиэ аайы баар эмээх¬ситтэр син ону-маны булкуйан, аһытан оҥороннор дьону аһа¬таллара. Билигин даҕаны, хас киһи бэйэтин айаҕа амтаны эмиэ билэр, араарар диэн өйдөбүлүнэн туһанан уонна үрүҥ ас биир туһалаах өрүтүн, төһөнөн аһыйан иһэр даҕаны оччонон тупсан, туһата эбиллэн иһэр диэни эмиэ билэн, бу астарынан дьарыктаныан баҕалаахтары олус хааччахтаабакка, ол оннугар өйөөтөххө, көмөлөстөххө сотору кэминэн аһыйбыт үрүҥ аһы дэлэтиэ этилэр.

Үүттэн оҥоруллар астары: суораты уонна иэдьэгэйи тупсаран нууччалыы аатынан кэфир уонна творог дииллэр, итилэри кытта сүөгэйи уонна арыыны билигин син оҥороллор, ол гынан баран бу астар сорохторун, аһыйбыт үрүҥ астары оҥорорго аналлаах чаастарын, иэдьэгэй, сүөгэй ууларын туох да туһаҕа туруорбаттар. Ити хаалан хаалар астартан үтүө бэйэлээх ымдааны, ытыйан аһы уонна быыппаҕы оҥоруу кыһаннахха кыалларрын саха эмээхситтэрэ бэркэ билэллэр, туһаналлар этэ.

Онон, төһө элбэх киһи дьону аһатыынан дьарыктанар даҕаны, оччонон ас хаачыстыбата тупсан иһиэхтээх диэн ырыынак тутаах сокуонунан туһанан эрэ аһыйбыт үрүҥ аспытын дэлэтиэхпитин сөп. Бу туһалаах ырыынак сокуона бэйэбит оҥорон таһаарар пиибэбитигэр эмиэ сыһыаннаах, ол курдук пиибэни үчүгэй өттүттэн кыратык эмэ рекламалыахха да син этэ. Араас суол кыһыл арыгылар куруук атыыга баалларын хааччыйыы уонна итилэр сыаналара аһара үрдээбэтин ситиһии үөһээҥҥи салайааччылартан улахан тутулуктаах, маны ситиһэргэ эргиэн тэрилтэлэригэр таһаҕаһы тиэйэн аҕалыыга сөптөөх көмөнү киллэриэххэ сөп этэ.

2. Үрдүк кыраадыстаах испииртэн ылыллар арыгылар, доруобуйаҕа туһалаах битэмииннэрэ суох эрээри, аҥардас калорий, ол эбэтэр күүс-уох, эньиэргийэ саппааһа мунньуллубут күүстээх аһылыктара. Киһи иһэ-үөһэ, куртаҕа испиири уларытан күүһү-уоҕу, эньиэргийэни оҥорон таһаарар, онтон бу оҥоруллубут эньиэргийэни үлэлээн-хамсаан, сүүрэн-көтөн кыайан ороскуоттаабатаҕына салгыы уларытан, сыаҕа-хаһаҕа кубулутан хаһаанан иһэр эмиэ оҥоһуулаах.

Үрдүк кыраадыстаах үрүҥ арыгыны элбэхтик истэххэ, олус түргэн¬ник уонна күүстээхтик киһи өйүгэр-санаатыгар дьайар, этигэр-хааны¬гар иҥэр. Үрүҥ арыгыны элбэхтик иһэн итирии кэнниттэн элбэх эньиэргийэ киирбититтэн киһи күүһүмсүйэр, бэрдин былдьаһар санаата улаатарыттан содуому оҥорор кыаҕа эмиэ улаатар. Ити иһин үрүҥ арыгыны аһара испэккэ үөрэнэр олус уустук. Үчүгэй хаачыстыбата, ыраастаныыта суох арыгы састаабыгар киһи доруобуйатыгар буортулаах холбоһуктар элбэхтэр. Маннык арыгыны элбэхтик иһии киһи өйүн-санаатын олус түргэнник мөлтөтөн, арыгыттан тутулуктанарын түргэтэтиэн сөп.

Билиҥҥи ырыынак бириэмэтигэр арыгы сыаната үрдүгүнэн уонна атыыга барымтыатынан туһанан, түргэнник элбэх барыһы ыла охсоорулар араас сирдэртэн тиэйэн аҕалан соччо хаачыстыбата суох арыгыны эбэтэр доруобуйаҕа буортулаах да убаҕастары атыылыылларын бопсуохха, ону тэҥэ хаачыстыбаларын куруук бэрэбиэркэлээһини олохтуохха сөп этэ.

3. Биһиги олохпут усулуобуйатыгар оҕолор арыгыны хайдах иһэргэ төрөппүттэрэ хайдах иһэллэрин, тутталларын-хапталларын кыра эрдэхтэриттэн көрөн дьиэлэригэр үөрэнэллэр, ол иһин кинилэр арыгыга сыһыаннара төрөп¬пүттэрэ тугу көрдөрбүттэриттэн уонна хайдах үөрэппиттэриттэн тутулуктанан үгэс буолан олохсуйан хаалар. Онон, бу уустук боппуруоһу, эдэр киһи арыгыга сыһыанын, төрөппүттэр эрэ быһаччы быһаарар кыахтаахтар. Кинилэр дьиэлэригэр арыгыны элбэхтик испэт, бырааһынньыкка эрэ кэмнээн истэхтэринэ, оҕолоро эмиэ оннук быһыыланарга үөрэнэн хаалар. Төрөппүттэр үөрэхтэригэр эбэн оскуола үрдүкү кылаастарыгар арыгы туһунан аҕыйах чаастаах үөрэҕи предмет быһыытынан киллэрэн үөрэтии эдэр дьон арыгыга сыһыаннарын лаппа бэрээдэктиэн, үчүгэй үгэстэри үөскэтиэн сөп. Оскуолаҕа арыгы туһунан үөрэҕи маннык былааннаахтык ыытыахха сөп:

- Арыгы туохтан уонна хайдах оҥорулларын үөрэтии.

- Арыгы доруобуйаҕа уонна өйгө-санааҕа дьайыытын билсиһии.

- Арыгыны сөбүлээн көрөн, нэмин билэн иһэргэ үөрэнии.

Ити курдук үөрэнэн, улаатан эрэр оҕо сааһын ситиитигэр арыгы туһунан барытын үөрэппит, арыгы киһи өйүгэр-санаатыгар хайдах дьа¬йарын, элбэхтик истэххэ киһи итирэрин, хайдах арыгыһыт буолан хааларын туһунан барытын үөрэтэн билбит уонна арыгыны хаһан, төһөнү иһэрин кээмэйдээн билэрэ ордук этэ. Маннык арыгы туһунан үөрэтии, улаатан иһэр оҕолор саҥаны айыыны оҥорор санаалара элбэҕиттэн ордук ситэ билбэттэрин, солуну, туох эмэ кистэлэҥнээҕи, уратыны ханна эмэ кистээн, боруобалаан көрөн үөрэнэллэриттэн эрдэттэн сэрэтэн ыытыллара ордук тиийимтиэ уонна туһалаах.

Биһиги билэр литературабытыгар арыгы туһунан элбэхтик суруйаллар эрээри бука бары арыгыны куһаҕан эрэ өттүн кэпсээн тахсаллар уонна үгүс биллэр дьон, салайааччылар бэркэ диэн иһэ-аһыы, бэйэлэринэн холобур көрдөрө сырыттахтарына: “Эн букатын иһимэ”,- диэн эдэр киһини бобон, хаайан үөрэтэ сатыыллар. Маннык үөрэтии туһаны аҕаларынааҕар, оҕону хата төттөрүгэ үөрэтэр күүстээх. Улаатан иһэр оҕо бэйэтин санаатыгар итинник бобууну, кинини сэнээн, кыраҕын диэн атаҕастаан бобууга киллэрэр, онно холуур, ол иһин сөбүлээбэт, тутуспат. Ити бобуу дьайыытыттан улаатан иһэр оҕолор арыгыны улахан дьонтон кистээн, уоран иһэн, боруобалаан көрөн эрэ хайдах иһэргэ үөрэнэллэригэр тиийэллэр. Маннык үөрэнии олус уһун уонна “эрэйдээх” соҕус үөрэх буолар. Ханна эмэ сылдьан биирдэ арыгы иһэн боруобалаан көрөөрү аһара иһэн кэбиһэн, итирэн хаалан, онно-манна түбэспит эдэр дьон элбээн иһэллэр. Ити иһин арыгыны иһиэх иннинэ маннык туһалаах сүбэлэри билии арыгыны иһэ үөрүйэҕэ суох эдэр киһини сыыһа туттунарыттан харыстыа, көмүскүө:

а. Бэйэ ыйааһыныттан көрөн, медицина нуорматынан, ортотунан төһө арыгыны доруобуйаҕа уларыйыыны киллэрбэт гына иһиэххэ сөбүн суоттаан билиэххэ уонна куруук ону туһана сылдьыахха. Манна иһиллибит арыгы испиирэ ханна да барбакка киһи хааныгар киирэрин таба учуоттуур ордук туһалыа этэ.

б. Бэйэ туругуттан көрөн кыратык бу нуормаҕа көннөрүүлэри хас арыгыны истэх аайы киллэрэн биэрэн иһиэххэ: ол курдук аһара үөрбүт-көппүт киһи кыра арыгыттан, онтон сылайбыт, аччык киһи өссө кыраттан түргэнник холуочуйар уонна итирэн хаалыан сөп.

в. Тымныыга уулуссаҕа, онно-манна сылдьан үрдүк кыраадыстаах арыгыны элбэхтик иһитэлээн кэбистэххэ итии дьиэҕэ киирэн сотору буккуллан, итирэн барыы буолар.

г. Үчүгэй сокууската суох үрдүк кыраадыстаах арыгыны улахан иһиттэн түргэнник, элбэҕи истэххэ өй көтүүтэ, итирии эмиэ эмискэ тиийэн кэлэрэ улахан охсуулаах.

д. Үрдүк кыраадыстаах арыгыны кыра үрүүмкэттэн аһыы-аһыы тиэтэйбэккэ эрэ истэххэ киһи бэйэтин хонтуруолланыытын, өйүн-санаатын соһуччу сүтэрбэт.

е. Арыгыны истэххэ, бэйэни хонтуруолланан көрөргө үөрэниэххэ, онно арыгы испит киһи майгына маннык уларыйан барыытынан сирдэтиэххэ:

- кыра холуочук - кэпсээнэ кыратык эбиллибит уонна туттара-хаптара боччумурбут.

- орто холуочук - саҥата улааппыт, кэпсээнэ элбээбит уонна туттара-хаптара түргэтээбит.

- улахан холуочук – хараҕа олоҕо суох, дьон саҥатын өйдөөн истибэт, барыны-бары кыайар-хотор кэпсээнэ элбээбит, күүһэ-уоҕа киирбит.

- итирик - хараҕа иччитэ суох, мэндээрбит, өйө көппүт, тыла бөлүөстүбүт, тугу гынарын, кэпсиирин соччо билбэт, тиэрэ-маары хамсанар, тэмтээкэйдиир.

- охто итирбит - саҥата нэһиилэ тахсар, арыычча хамсыыр, охто сылдьар уонна тугу гынарын билбэт буолбут.

ж. Бэйэ туругуттан көрөн сөптөөх орто холуочуйуу кэнниттэн арыгыны иһэн бүтүөххэ. Ол аата киһи бэйэтин бэрээдэгин бэйэтэ хонтуруолланыытын аһара түһэр гына, өй-санаа мөлтүүр кэмигэр диэри иһимиэххэ, туттунан тохтуохха. Дьэ бу тохтуурга, арыгыны иһэн бүтэргэ киһиэхэ улахан тулуур, өһөс санаа баара ирдэнэр.

Бииргэ арыгы иһэргэ саамай куһаҕан дьаллыгынан бары баар дьон биир тэҥҥэ үрүүмкэлэргэ эбэтэр ыстакааннарга кутта - кутта, охсуһуннара-охсуһуннара иһэр үгэстэрэ баара буолар. Бу курдук ары¬гыны иһии түмүгэр арыгы иһэ үөрүйэҕэ аҕыйах, кыра ыйааһыннаах киһилэрэ урут итирэн хаалаахтыыр. Арыгы дьайыыта киһиэхэ хайдах тиийэрин ситэ билбэтиттэн, атын элбэх уопуттаах, арыгыны иһэргэ этэ-сиинэ үөрүйэх, арыгыһыт улахан дьонтон хаалсымаары эдэр киһи элбэхтик иһэн кэбиһэн, итирэн араас быстах түбэлтэлэргэ түбэһэн ночоотурара биллэр.

Онон, арыгыны бу курдук охсуһуннара-охсуһуннара биир тэҥник иһэн иһии үгэһин хайаан даҕаны быраҕыы элбэх дьону арыгыны аһары иһэн кэбиһииттэн быыһыа этэ. Ол курдук арыгыны иһии маннык үгэһэ былыргы кэмҥэ арыгыны иһэ үөрүйэҕэ суох уонна кыра ыйааһыннаах киһини урут итирдэн кэбиһэргэ туһуламмыт быһыы буолан, билигин дьон өйө-санаата сайдыбыт кэмигэр урукку суолтата сүтүөн, киһи бэйэтэ да соруйан, элбэҕи иһэрдэн итирдиигэ киирэн биэрбэккэ үөрэниэн сөп этэ. Былыргы кэмнэргэ олохтоох булчуттары кэлии дьон арыгыны итинник иһэрдэн итирдэ охсон баран, бары түүлээхтэрин албыннаан ылар ньымаларыгар билигин да эдэрдэр киирэн биэрэ тураллара ордук хомолтолоох.

4. Биһиги куораппытыгар, улуустарбыт кииннэригэр уонна улахан бөһүөлэктэргэ даҕаны, дьон кыратык олоро түһэн аһыы эбэтэр кыратык арыгы да иһэ түһэр дьиэлэрэ суохтар. Үгүс көрсүһэ түспүт дьон барылара онно-манна таһырдьа, үлэлиир сирдэригэр, ол-буордар кэннилэригэр, дьон олорор дьиэлэрин киирэр сирдэригэр уонна массыыналар истэригэр арыгы иһэллэр. Туох да сокууската суох, табаахтыы-табаахтыы пиибэни, үрдүк кыраадыстаах арыгыны элбэҕи уонна түргэнник иһэллэр. Маннык ыарахан усулуобуйаҕа эмискэ аһаммыт күүстээх ас хаһан даҕаны киһилии иҥмэт, хата төттөрү баран итирии, мөҕүллүү, содуом барыта арыгыны итинник иһииттэн элбэхтик саҕаланар.

Киһи барыта биирдэ арыгы иһэригэр биирдии бытыылка арыгыны ылан соҕотохто иһэн кэбиспэт. Ол иһин сорох киһи биир эмэ үрүүмкэ арыгыны иһиэн баҕардаҕына, бытыылканы атыылаһарыгар атын дьону эмиэ көҕүлээтэҕинэ эрэ та¬быллар эбэтэр кими эмэ ыҥыран арыгылата илдьэригэр тиийэр. Норуот ол иһин “үс буолан кыттыһан иһиэххэ”, диэн этиини биир бытыылканы ылан иһээри үөскэппит эбит. Ити аата маҕаһыынтан атыылаһыллар биир бытыылка арыгы элбэх дьон арыгылыырын саҕалыыр. Арыгыны аҥардас бытыылкаларынан эрэ атыылааһын үгүс киһи арыгыны иһэллэригэр тириэрдэр. Маннык элбэх киһи кыттыһан арыгылыырын суох оҥорор туһугар арыгыны үрүүмкэнэн кутан биэрэн атыылыыр сирдэри элбэхтик тэрийии олус туһалааҕа быһаарыллар.

Элбэх аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэлэри тэрийии ордук улаатан иһэр эдэр дьоҥҥо улаханнык көмөлөһүө. Ол курдук ары¬гыны иһэ үөрэммэтэхтэриттэн, мээрэйдэрин билбэккэлэр сыыһа тут¬таннар, ол аата бытыылкаттан аһара элбэҕи иһэн кэбиһэннэр, ордук үгүстүк араас быстах суолга түбэһэллэр, охтон хаалан тымныыга тоҥон өлөллөр. Кинилэр киһилии үчүгэй усулуобу¬йаҕа олорон эрэ, улахан дьон курдук, бэрээдэктээхтик аһыырга, иһэргэ сотору кэминэн үөрэниэхтэрэ этэ. Ордук доҕотторун кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, кыратык аһыы-аһыы сөбүн көрөн арыгыны кыра үрүүмкэттэн иһэргэ үөрэнэллэрэ улахан туһалаах.

Биһиэхэ статистика кэпсииринэн “бытовой” диэн ааттыыр, дьиэҕэ-уокка арыгылааһыннар олус элбээн тураллар. Атын арыгы иһэр сир суоҕуттан дьон бары дьиэлэригэр мунньуста түһэн, иккиэ эбэтэр үһүө иһэллэр. Маннык арыгылааһын бу дьиэ кэргэни хаһаайкатыттан саҕалаан кыра оҕолоругар диэри сордуур, обургу оҕолору аҕаларын курдук, арыгылыыр үгэскэ үөрэтэр. Итинтэн салгыы бу дьиэ кэргэн барылара арыгылааһыннарыгар кытта тириэрдэрэ элбээн иһэр.

Тоҕо, маннык арыгы иһиэн баҕарбыт биир киһи аналлаах, чугас турар аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэҕэ киирэн сөп буолуор диэри бэйэтэ испэтий? Тоҕо, бу киһи атын арыгы испэт дьону: кэргэттэрин уонна кыра оҕолору эрэйдиэхтээҕий, арыгы иһиитигэр үөрэтиэхтээҕий, угуйуохтааҕый? Ханна баарый, биһиги арбаммыт кыра оҕолору уонна дьахталлары көмүскүүр абыраллаах политикабыт?

Бука бары оҕолорбутугар: “Үчүгэй дьон буолуҥ, арыгыны иһимэҥ”,- диибит уонна дьиэбитигэр арыгылаан, үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан кинилэри арыгылыыр үгэскэ үөрэтэ сыл¬дьабыт уонна куһаҕаны оҥоробут дии санаабаппыт. Суос-соҕотох бу боппуруостары быһаараары эрэ туспа турар аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэлэри элбэҕи тэрийтэлиэххэ сөп этэ.

Арыгы иһиитигэр үөрэ-көтө, тото аһааһын хайдах курдук дьон өйүгэр-санаатыгар сабыдыаллыырын үчүгэйдик тэриллэн ыытыллар сыбаайбалар уонна үбүлүөйдэр хайдах барыылара туоһулууллар. Ыллыы-туойа, минньигэс аһылыгы тото-хана аһыы-аһыы кыралаан арыгы иһэ олордоҕуна киһи хаһан да өйүн сүтэрэр гына итирэн хаалбат. Алҕас итирдэҕинэ даҕаны хаһан баҕарар тот киһи, тот киһи курдук өйө-санаата сайаҕас, майгына сымнаҕас, дьэллэм, үтүө тылы истимтиэ буолар.

Баҕалаах дьоҥҥо сөптөөх чэпчэтиилэри оҥорон, арыгыны атыылыырга көҥүлү биэрэн аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэлэри дьон мустар сирдэригэр барыларыгар астаран үлэлэтии эдэр дьон уулуссаҕа уонна общественнай миэстэлэргэ пиибэ, арыгы иһэллэрин тохтотуо этэ. Арыгы иһиитин дьыалатыгар культуралара лаппа үрдээбит арҕааҥҥы омуктар уоппуттарыттан ылыннахха, маннык, арыгы иһэр дьиэлэр хас хардыылаа¬тах аайы турар элбэхтэр уонна олору биирдии дьиэ кэргэн көрөн-истэн үлэлэтэрэ ордук табыгастаах быһыылаах. Маннык дьиэлэргэ бэрээдэги көрөргө уонна аһары иһээччилэри хонтуруоллуурга да судургу буолуо этэ.

Аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэлэри араас хайысхалаахтык үлэлиир гына эмиэ тэрийиэххэ сөп. Ол курдук ыалдьыттары сынньата таарыйа бильярд, хаарты, саахымат уонна дуобат оонньотор гына эмиэ дьаһаныахха. Дьон сынньанар, аһыыр кэмнэрин бу курдук тэрийии бириэмэни ордук туһалаахтык атааралларыгар олук буолуон сөп. Биир идэлээх, интэриэстээх дьон муһуннахтарына уопсай тылы булуналлара, санааларын атастаһаллара элбээһинэ олох хаамыытын инники диэки сыҕарыталларын түргэтэтиэн сөп.

Итини тэҥэ маннык дьиэлэргэ сахалыы астары дэлэччи баар оҥоруу аһааһын хаачыстыбата тупсарыгар тириэрдиэҕэ. Атын сайдыылаах дойдуларга дьону, ыалдьыттары көрөн-истэн аһатыы бэйэтэ туспа дохуоту күүскэ киллэрэр салаа буолар. Биһиэхэ даҕаны арыгыга сыһыан үчүгэй өттүгэр уларыйдаҕына дьон эмиэ кинилэртэн итэҕэһэ суохтук тэриниэ, дьону кыайа-хото аһатыа этилэр.

Дьэ бу буолуо этэ, дьиҥнээхтик дьон туһугар кыһамньы диэн, кинилэр мэлдьи киһилии, үчүгэй усулуобуйаҕа олорон аһыылларын хааччыйыы. Ити гынан баран маннык тэрээһин үчүгэйдик үлэлиирин туһугар, аһыыр дьиэлэр ахсааннара элбэҕэ уонна хас сир аайы тутуллаллара наада. Тоҕо диэтэххэ, дьону кыһанан аһатарга, аһы боруобалаан көрүү ньымата хаһан баҕарар сыысхала суох дьайар. Ол талан ылыы ньымата ас хаачыстыбатыгар уонна аһатыыны тэрийиигэ даҕаны, олус туһалааҕа биллэр. Ким үчүгэй тэрээһиннээх, минньигэс аһылыктаах ол сайдан иһиэ этэ.

Арыгы иһиитин дьыалатыгар бу курдук уустуктар баалларын атын сайдыылаах дойдулар хайдах быһаардылар? Арыгы иһиитин дьыалатын биһигиннээҕэр элбэх уоппуттаах, тыһыынчанан сыллар усталара арыгы оҥоруутунан дьарыктаммыт норуоттар маны быһаарбыттара өр буолла. Кини¬лэр куруук арыгыны иһэллэр эрээри, арыгыһыттара аҕыйах эбиттэр. Кинилэргэ хас хардыы аайы, олоро түһэн, кы¬ратык аһыы-аһыы арыгы иһэр дьиэлэр элбэхтэр. Ким арыгы иһиэн баҕарбыт оннук дьиэлэргэ киирэн, сөбүн көрөн иһэ түһэн тахсыан сөп. Биһиги эмиэ кинилэр уһун үйэлэр тухары үөрэтэн мунньуммут уопуттарыттан сөптөөҕүн көрөн туһаннахпытына эрэ арыгы дьайыытын кыайыахпытын сөп.

Арыгыны иһэр дьиэлэри элбэҕи тэрийии кэнниттэн, дьон быраап-тарын күөмчүлээбэккэ эрэ, былаас күүһүн туһанан уулуссаҕа, общес¬твеннай миэстэлэргэ арыгыны, пиибэни иһэ сылдьааччылары бэрээдэккэ ыҥырыахха дьэ сөп буолар. Арыгыны аналлаах дьиэҕэ эрэ иһэр кыаҕы дьоҥҥо биэрии, кинилэр сөбүлээн көрөн иһэ үөрэнэллэригэр биллэрдик көмөлөһүө этэ.

Маннык дьиэлэри тэрийии биир биллэр туһатынан, ити дьиэлэр соччо үчүгэйэ суох сурахтара уонна киһилии киһи батыспат холобурдара киэҥник тарҕаннахтарына биирдэ биллэн барыаҕа. Куһаҕан сурахтаах ити дьиэлэри элбэх арыгы испэт дьон тумна сырыттахтарына, оҕолоро ити дьиэлэри эмиэ тумна сылдьарга үөрэниэхтэрэ. Ити быһыы салҕанан бардаҕына, кэлэр көлүөнэ эдэрдэр арыгыттан тэйэн барыыларыгар олук ууруллуон сөп. Ол аата, арыгыны аһара испэт дьон сыыйа элбээн, дьэ дьиҥнээхтик, өйдөрө-санаалара сайдан, арыгыттан арахсан, тэйэн иһиэхтэрэ этэ.

Уулуссаҕа уонна общественнай миэстэлэргэ эдэр дьон арыгы иһэллэрэ кыра, саҥа улаатан эрэр оҕолорго олус куһаҕан холобурунан буолар. Оҕолор бэйэлэрин бараллаалара улахан, бастаан иһээччилэ¬рин холобурдарын көрөннөр, улааттылар даҕаны үтүктүбүтүнэн бараллара отой саарбаҕа суох. Кыра оҕолор улаата түһэн, бэйэлэрин толкуйдуур, ырытар өйдөрө-санаалара сайдан, бөҕөргүөр диэри арыгыһыттары соччо көрбөтөхтөрүнэ даҕаны бэйэлэригэр үчүгэй.

Туспа турар арыгы иһэр дьиэлэри элбэхтик тэрийэн, арыгы иһиитин арыгы испэт дьонтон туспа араарыыны оҥордоххо саҥа улаатан иһэр оҕолорго уулуссаҕа уонна общественнай миэстэлэргэ арыгы иһэн куһаҕан холобуру көрдөрүү тохтуур. Кыра эрдэхтэриттэн арыгыны иһэр үгэскэ үөрэммэтэх кэлэр көлүөнэ эдэр ыччаттар арыгы иһиититтэн сыыйа тэйэн барыахтара. Итини тэҥэ манна ордук улахан туһаны, ити арыгы иһэр дьиэлэр соччо үчүгэйэ суох сурахтара оҥоруоҕа. Ол курдук куһаҕан сурахтар уонна холобурдар бэрээдэктээх дьону ордук түргэнник ол сирдэртэн тэйитиэ этилэр. Төрөппүттэрин уонна арыгы испэт дьон көмөлөрүнэн улаатан иһэр оҕолор итинник, соччо үчүгэйэ суох миэстэлэртэн тэйиччи туттуна сылдьарга кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэн хаалыахтара.

Биһиэхэ арыгы иһээччилэр саһан олорон иһэр сирдэринэн баар-суох олорор дьиэлэрэ буолар. Дьиэтигэр арыгылыыр аҕа уол оҕото, аҕатын үтүктэн, кини курдук эмиэ арыгыны иһэргэ үөрэнэн, оннук үгэстэнэн хаалыан сөп. Ити курдук арыгыны иһии көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн салгыы баран иһэрэ олохсуйан хаалбыт үгэскэ кубулуйан сылдьар. Арыгыны улахан дьон туспа турар дьиэлэргэ истэхтэринэ ити үгэс салгыы баран, эдэр көлүөнэлэргэ бэриллэр сибээһин быһыа этэ, сыыйа-баайа арыгыһыттар аҕыйаан барыыларыгар олук ууруллуута саҕалыан сөп.

Бу курдук туспа турар аналлаах арыгы, пиибэ иһэр дьиэлэри тэрийэн арыгы иһээччилэри, атын арыгы испэт дьонтон тэйитэн, сыыйа-баайа, ыган-хаайан тиэтэппэккэ эрэ кэлэн иһэр көлүөнэлэр арыгыттан арахсан баралларын ситиһиэхпит. Арыгыны иһиини утары охсуһууга итинтэн атын киһилии быһыылаах суол суох. Арыгыны тэйитэргэ эйэлээх ньыманы эрэ туттан, арыгыһыттар аҕыйаан баралларыгар олук ууруохха сөп.

5. Киһи өйө-санаата олус түргэнник сайдар. Ол иһин кыра оҕо улаатыар диэри, дьон-норуот үйэлэр тухары сайдан, үөрэтэн билбиттэрин барытын кэриэтэ баһылыыр уонна бэйэтин олоҕор туһаммытынан барар.

Хоту дойду олохтоохторо үрдүк кыраадыстаах арыгыны урукку кэмҥэ элбэхтик иһэ үөрэммэтэхтэриттэн арыгы ыарыытыгар түргэнник ыллараллар диэн сорох үөрэхтээхтэр этэллэр. Бу этиини үчүгэйдик толкуйдаан, ырытан көрдөххө: хоту дойду дьонун өйдөрүн-санааларын намтатар, бу дьон өйдөрүн сайдыыта соҕурууҥҥу дьон өйдөрүгэр биир өрүтүнэн тиийбэт эбит диэн батталлаах өйдөбүлтэн тахсар этии диэххэ сөп. Маннык быһыы дьон санааларын ордук түһэрэр, омугу омугунан атаҕастыыр уонна мөлтөтөр, арыгыны аһары иһимиэххэ диэн үөрэтэр оннугар хата төттөрү, түргэнник арыгыга ылларыыга үтүрүйэр быһыы буолар.

Куруук аһара түһүүлээх обществоҕа олорорбутуттан үчүгэйи оҥорор аатыран хата төттөрүтүн оҥоробут, ол курдук: “Арыгыны иһимэҥ”,- диэн виноградниктары да кэрдэбит, онтон өссө аһара баран, арыгыны букатын бобон, суох оҥорон, аны наркоманнары уонна токсикоманнары дэлэччи үөскэтэбит. Кэнники бириэмэҕэ бэчээт үлэтэ сэргэхсийэн, баар чахчылары кырдьыгынан суруйалларыттан арыгыны кытта сатаан табан охсуспатах улахан салайааччылары даҕаны син биллибит. Дьон бары элбэхтик арыгылааһыннара социальнай, экономическай төрүттээх уонна государство, республика салалтата төһө дьоҥҥо-сэр¬гэҕэ чугас турарын уонна ылынар ыйаахтара төһө дьоҥҥо сыаналанарын, толоруллалларын көрдөрөр бэлиэ буолар.

Ааспыт “социализм” кэмигэр дьону барыларын тэҥнээн уонна комму¬низмтан атын идеологиялар бары сыыһалар диэн өйдөбүлүнэн туһанан Сир үрдүгэр буола турар быһыыны-майгыны атыннык сыаналыыр дьону туоратыы уонна эккирэтии түмүгэр, бэйэлэрин элбэх саҥа толкуйдарын олоххо киллэрээри үгүс салайааччылар тоҥкуруун сыһыаннарын кыайбакка, үгүстэр олоххо сыаллара суоҕуттан арыгыга ылларыылара үксээбитэ. Дьон-норуот баҕарар баҕаларын, үлэлээбит үлэлэрин түмүгүн, дохуоттарын, бэйэлэрэ бас билэн дьаһайалларын коммунистар былдьаан ыланнар, үлэһиттэр олохторо тупсарыгар бэйэлэрэ букатын кыһамматтара үөскээбитэ. Көннөрү үлэһиттэр уһун кэм устата үрдүкү салайааччылар тугу этэллэрин кэтэһэ, үтүктэ уонна олору то¬лоро үөрэнэн хааланнар, партия саҥа идеялара аҕыйаабыттарыгар өйдөрө-санаалара иллэҥсийэн, кураанахсыйан хаалбыта. Онуоха эбии оччотооҕу сокуоннар киһиэхэ бэйэтигэр туһалааҕы тугу эмэ оҥосторун төгүрүччү өттүттэн боболлоруттан сорохтор араас тууйуллубут санаала¬рын аһарына сатааннар элбэхтик арыгы иһэллэр этэ.

Дьон өйдөрүгэр-санааларыгар тулалыыр эйгэлэрэ уонна үлэлэрэ¬хамнастара ордук күүскэ сабыдыаллыыллар. Үгүс элбэх арыгыһыт биир сиргэ баара, кинилэр олохторун таһыма аллараа түспүтүн, үлэлэрэ-хамнастара сатарыйбытын уонна ону бэйэлэрин күүстэринэн көннөрөр кыахтара суоҕун илэ көрдөрөр бэлиэ буолар.

Дьон арыгыны аһара испэттэрэ араас үөһээҥҥи салайааччылар ыйаахтарынан буолбакка, дьон өйдөрө-санаалара, арыгыга сыһыаннара уларыйдаҕына, бэйэлэрин олохторугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар, оҕолоругар эрэллэрэ үөскээтэҕинэ бэйэтэ да кэлиэн сөп. Дьон бары арыгыһыт буолар аналлара суох. Арыгыны тула айдаан намыраатаҕына, ол аата арыгы маҕаһыыҥҥа биирдэ баар буолан ыла-ыла сүппэтэҕинэ, кэлэр көлүөнэ эдэр дьон өйдөрө-санаалара арыгыттан тэйэн барыаҕа. Билигин даҕаны биһиги ортобутугар арыгыны сөбүгэр иһэр, арыгыһыт буолан барбат дьон ордук элбэхтэр. Бу арыгыһыт буолбат дьон өйдөрүн-санааларын уонна үлэлэрин-хамнастарын кытта билсиһэ түһүөхпүтүн сөп:

а. Сөбүлүүр үлэтигэр үчүгэйдик, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар, бэйэтигэр сөп буолар хамнастаах уонна олоҕун тупсарарга эбии атын дьарыктардаах киһи арыгыга ылларбат.

б. Олоххо ситиһэ сатыыр элбэх баҕа санаалардаах уонна ол санаа¬ларын ситиһэригэр бары күүһүн-кыаҕын уонна өйүн-санаатын ууран туран үлэлии-хамсыы сылдьар үлэһит киһи арыгыһыт буолбат.

в. Бэйэтин чугас, сөбүлүүр, ытыктыыр дьоно, оҕолоро киһилии олоруохтарын ис сүрэҕиттэн дьиҥнээхтик баҕарар уонна оҕолоро улаатан үтүө дьон буола сайдалларын хааччыйыан толкуйдуур киһи хаһан даҕаны арыгыга ылларыа суоҕа. Бэйэтэ арыгылаан, чэпчээн, дэбдэйэн сылдьарынааҕар чугас дьоно, оҕолоро үчүгэйдик олороллорун ситиһэр, олохторо тупсарыгар кыһанар киһи хаһан да арыгылыы сылдьыбат.

г. Үлэлээн-хамсаан бэйэтигэр сөптөөх дуоһунаска ыттыбыт киһи көрүүлээх аһы элбэхтик аһыы-аһыы арыгыны син иһэр даҕаны арыгыһыт буолан барбат.

Онон, арыгыны аһара испэт буолуу саамай кылаабынай усулуобуйаларынан; бу киһи тус бэйэтин өйө-санаата кытаанаҕа, тулуурдааҕа, үлэлиир үлэтэ, олорор олоҕо бэйэтин көрдөбүлүгэр сөп түбэһиитэ уонна олоҕор туруоруммут сыалын-соругун ситиһэргэ дьулуура буолар. Итини тэҥэ бу усулуобуйалар туолууларыгар кинини тулалыыр дьон олохторо уонна үлэлэрэ-хамнастара эмиэ быһаарар оруолу ылаллар.

Дойдубут айылҕатын усулуобуйата ыараханыттан аҥардастыы тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олорор дьон нэһиилэ бэйэлэрин эрэ көрүнэллэр. Аҥардас ынах, сылгы уонна таба көрүүтүнэн дьарыктанан олорор омук сайдыыта, иннин диэки барыыта бытааныттан, атын, түргэнник сайдан иһэр промышленноһынан дьарыктанар омуктартан хаалан, кинилэри аһа¬тааччыга эрэ кубулуйар. Ол иһин омук атыттартан хаалан хаалбакка сайдан, иннин диэки үүнэн иһэрин туһугар экономикаҕа сайдыыны, барыһы биэрэр тутаах хайысхалары хайаан даҕаны баһылыахтаах. Ити иһин республика иһигэр промышленнай тэрилтэлэргэ тахсар үлэ миэстэлэрин үллэриини республика салалтата илиитигэр ылан олохтоох тыа сирин дьонун аан бастаан үлэнэн хааччыйыыны, үлэ биржатын көмөтүнэн ситиһиэн сөп этэ.

Аан дойду үрдүнэн биир бастакынан промышленноһы сайыннаран, тимири уһаарары уонна уһанары баһылаабыт, бүтүн Сибиир илин өттүн сайыннарбыт улуу саха омук уустарын удьуордара буоларбытын санаан туран, бары эдэр ыччаттарбыт республикабыт сайдан эрэр промышленноһыгар күүскэ кыттыһаргытыгар ыҥырабыт. Элбэх билиигитин-көрүүгүтүн уонна эрчимҥитин-кыаххытын саҥа идэлэри баһылыырга ууран, кыайа-хото үлэлээн-хамсаан инники олоххутун оҥостуҥ, оччоҕуна олоххутугар тупсарыыны киллэриэххит, кыайыыга-хотууга эрэлгит, дьулуургут эбиллиэ, отой да арыгыга ылларыаххыт суоҕа.

6. Хас биирдии киһи этигэр-хааныгар уонна өйүгэр-санаатыгар арыгы тус-туһунаннык дьайар, ол дьайыыта төһө элбэҕи уонна төһө чаастатык иһэриттэн ордук улахан тутулуктаах. Арыгы дьайыытын, киһи өйүгэр-санаатыгар уонна этигэр-хааныгар төһө дириҥник иҥэн эрэриттэн, майгыта-сигилитэ төһө уларыйыытыттан көрөн түөрт аллараа диэки түһэн иһэр үктэллэргэ араарыахха сөп:

а. Арыгыны иһэ үөрэнэ илик, биирдэ эмэтэ иһэр киһи. Бу киһи ханнык балаһыанньаҕа төһөнү иһиэххэ сөбүн билбэт, сорох түбэлтэҕэ араас хампаанньаҕа кыттыһан аһара элбэҕи иһэн кэбиһиэн эмиэ сөп. Итирдэҕинэ сүгүн буолбат, барар-кэлэр, хотуолуур, онтон өйдөннөҕүнэ, аһара улаханнык ыалдьар уонна өр кэмҥэ арыгы иһэрин быраҕар.

б. Арыгыны түбэһэ түстэр эрэ иһэр киһи. Иһэ үөрэнэн төһө арыгыны иһэрин билэриттэн ортотук холуочуйуор эрэ диэри иһэр. Аһы ас курдук нэмин билэн аһыыр, сарсыарда абырахтанан салгыы иһэн бара турбат.

в. Арыгыны куруук кэриэтэ иһэ сылдьар киһи. Кини үчүгэйдик аһыы-аһыы элбэҕи иһэр, этэ-хаана арыгыга үөрэммит, сөп буола-буола арыгы иһиэн баҕаран кэлэр, үгүстүк аһара иһэн кэбиһэн итирэр. Итирдэҕинэ үксүгэр содуомнаабат, охтон хаалан утуйар, онтон өйдөнө быһыытыйдаҕына абырахтанан баран салгыы иһэн бара туруон сөп.

г. Арыгыны испэтэҕинэ сатаан сылдьыбат, арыгыта суох туга эрэ табыллыбат буолбут киһи. Манныкка тиийэ испит киһи куруук арыгы булан истэҕинэ эрэ санаата табыллар, кыратык да эбиннэҕинэ холуочуйар, илиитэ салҕалас уонна куруук итирик курдук туруктаах сылдьар киһи.

Биһиги арыгыны иһэр дьону маннык түөрт аллараа диэки түһэн иһэр үктэллэргэ туруортааһыммыт, арыгыны төһө элбэхтик иһэҕин даҕаны оччонон аллараа, арыгыһыт буолуу диэки түһэн иһиини көрдөрөр уонна бэйэ туругуттан көрөн сотору-сотору бэрэбиэркэлэнэ сылдьарга аналлаах. Ол курдук икки хас ый арыгы испэккэ сырыттахха киһи этэ-сиинэ бэйэтэ ыраастанарыттан биирдии үктэли өрө тахсан биэрэн иһиэххэ сөп, онтон абырахтана-абырахтана иһэн бара турдахха, бүтэһик үктэлгэ түһүү олох чугаһаан эрэр буолуон сөп, оччоҕуна бэйэ бары кыаҕын түмүнэн арыгыны иһэртэн туттунарга кыһаныы ордук буолуо этэ.

Бүтэһик төрдүс үктэлгэ тиийэ испит дьон бэйэлэрин кыахтарын билиммэттэриттэн туспа көмө хайаан даҕаны наада. Бу дьоҥҥо маҥнайгы көмөнөн өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтүү, тулуурдаах, өһөс буолууга үөрэтии, эрчийии, олоххо сыалларын сүтэрбиттэрин булалларыгар көмөлөһүү, эмтэтии туһалыа этэ.

Онон, арыгыһыт буолбат туһугар киһи өйө-санаата тулуурдаах, дьулуурдаах, ол аата өһөс майгылаах уонна олоҕор туох эмэ ситиһэргэ аналлаах сыаллардааҕа эрэйиллэр. Остуолга турар үрүүмкэлээх арыгыны күөйэ тутан ылан, айахха тириэрдэн иһэн кэбиһиини киһи өйө-санаата баһылаан салайарыттан, испэккэ төттөрү ууран кэбиһэр кыаҕа хаһан да хаалан хаалбат. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн өйүн-санаатын, тулуурун, өсөһүн күүһүрдэри, дьарыктыыры төрөппүттэр эрэ оҥорор кыахтаахтарын таба өйдөөн олоххо туһаныахтара этэ.

АРЫГЫ - АЙЫЛҔА ТАЛАН ЫЛААЧЧЫТА

Арыгы хайа айыллыаҕыттан, икки тыһыынча сыллардаахтан ыла дьон санааларын көтөҕөр, үөрдэр-көтүтэр, сылайбыттарын таһаарар ас буолан өйдөрүгэр-санааларыгар, эттэригэр-сииннэригэр олус дириҥник иҥмит.

Дьон тоҕо арыгыны иһэллэрин быһаарарга сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ ордук көмөлөһүөн сөп. Ол курдук киһи арыгы иһиитин саҕалыыра, кыра эрдэҕиттэн ханнык баҕа санаа үөскээн олохсуйарыттан, иҥэриттэн улахан тутулуктаах. Баҕа санаатын туолуутугар арыгы дьайыыта сөп түбэстэҕинэ элбэхтик арыгылаан түргэнник арыгыга ылларыан сөп. Ол аата барыга-бары киһиргэтэ үөрэтиллибит оҕо улаатан баран арыгы истэҕинэ киһиргиирэ эбиллэриттэн элбэхтик арыгылыан, арыгыга ылларыан сөп.

Оҕо төрүөҕүттэн ыла арыгыһыт буолбат, кыра эрдэҕинэ ким да арыгынан аһаппат. Кыра эрдэҕинэ арыгы иһэр үгэс үөскээбэтэҕинэ арыгыга букатын кыһаммакка, итэҕэстийбэккэ эрэ сылдьыан, улаатыан сөп. Эдэр уолаттар аан маҥнай арыгы иһэллэригэр киһиргээһин, уратыны, саҥаны айыыны оҥоруу, бэйэни улахан киһи курдук көрдөрүү, атын, улахан дьону үтүктүү, кинилэр курдук буола сатааһын баҕа санаата баһылыыра олук буолар. Эдэрдэр атын, тулалыыр дьону үтүктэр, кинилэр курдук буола охсор, саҥаны айыыны оҥорор санааларыгар киирэн биэрэн арыгы иһиитин саҕалыылларын бары билэбит. Бу быһаарыы “айыы үөрэҕэ” оҕону иитиигэ олус улахан сыыһатын дакаастыыр.

Киһилии майгыга-сигилигэ иитиллибит, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиллибит, тулуурдаах, дьулуурдаах, олоҕор элбэх оҥорор, ситиһэ сатыыр сыаллаах-соруктаах эдэр киһини төрөппүттэрэ кыра эрдэҕиттэн иитэн, үөрэтэн улаатыннараллар. Кинилэр оҕолоро кыра эрдэҕинэ, ийэ кута үөскүүр кэмигэр арыгыга сыһыанын үөскэтэн, олохсутан кэбиһэллэрин билиэ этилэр. Ол иһин оҕо өйө-санаата сайдыытын, куттара үөскээһиннэрин, арыгы киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыытын туһунан хас биирдии төрөппүт дириҥник билэрэ, олоҕор туһанара уонна оҕолорун үөрэтэрэ эрэйиллэр.

Элбэхтэ арыгы иһэн киһи этэ-сиинэ онно үөрэнэн хааллаҕына, арыгы иһиитэ этин-сиинин көрдөбүлэ буола уларыйара баҕа санаатын уларытан арыгыны иһии диэки салаллыан сөп. Бу кэм уһаан-тэнийэн бардаҕына киһи бэйэтин туттунар кыаҕа өссө кыччыыр, быстах баҕа санаата, эт-сиин арыгы иһэргэ көрдөбүлэ толкуйдуур өйүн-санаатын, салгын кутун баһыйдаҕына, арыгыһыт буолуу диэн ааттанар кэм кэлиэн сөп. Ол аата, бэйэлэрин быстах баҕа санааларын, эттэрин-сииннэрин көрдөбүлүн, өйдөрүн-санааларын көмөтүнэн, салгын куттарынан кыайан салайыммат, арыгы иһэр баҕаларын тулуйан тохтотуммат дьон арыгыны элбэхтик иһэннэр арыгыһыт диэн ааттаналлар.

Онон, эдэр дьон арыгыны иһэллэрэ өйдөрө-санаалара кыра эрдэхтэриттэн ханнык көрдөбүлгэ сөп түбэһиннэриллэн иитиллибититтэн, үөрэтиллибититтэн тутулуга ордук улахан. Ол курдук бэйэтэ оҥоро-тута үөрэммит, эппиэтинэскэ иитиллибит оҕо бэйэбэр эрэ үчүгэй буоллун диэн арыгылыы сылдьыбат.

Төһө даҕаны хомойбуппут иһин, айылҕа тутаах сокуоннарын дьон¬-аймах кыайан уларытар күүстэрэ суох быһыылаах. Айылҕа бары тыынар¬-тыыннаах кыылларыгар, көтөрдөрүгэр күүстээхтэн-күүстээх баһылаан үөскүүрү-сайдыыны тэнитэн иһэр диэн сокуон баар. Бу сокуон араас кыыллар айылҕа ыарахан усулуобуйатыгар уһун үйэлэргэ мөлтөөбөккө сайдан уонна күүһүрэн иһэллэрин хааччыйар. Онтон дьон-аймах эмп-том күүһүн күүскэ сайыннаран уонна сэбиэскэй былаас дьон барыта тэҥнэр диэн сыыһа өйдөбүлүнэн туһанан күүстээҕи, доруобайы, өйдөөҕү таба талан ылар кыахтарын сүтэрэн сылдьаллар.

Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, арыгы ол күүстээҕи талан ылыы сокуонугар сөп түбэһэриттэн, аан маҥнай санаалара түспүт, үлэни-хамнаһы кыайбат уонна майгылара-сигили¬лэрэ мөлтөх, олоххо көрсөр ыарахаттары тулуйарга үөрэтиллибэтэх дьон арыгыга ыллараллар. Ол аата, кыра эрдэҕит¬тэн атаахтык иитиллибит, бэйэмсэх, киһиргэс майгылаах киһи атыттартан урутаан арыгыһыт буолар. Бэйэмсэх, мин туспар, бэйэбэр эрэ үчүгэй буоллун диэн санаата баһыйар киһи элбэхтик арыгылыыр, бэйэтигэр эрэ үчүгэй буоларын, санаата көнөрүн арыгы иһэн ситиһэ сатыыр. Кини чугас дьонун, кэргэттэрин бэйэтинээҕэр аанньа ахтыбатыттан, кини¬лэргэ куруук итирэн көрдөрүөн сөп. “Атаах оҕо арыгыһыт буолар” диэн этии бу быһаарыыттан үөскээбит.

Күүстээх санаалаах, кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах, дьулуурдаах гына үөрэтиллибит, өһөс майгылаах, бэйэтин, чугас дьонун олохторун тупсарарга араас сыаллардаах уонна соруктардаах, ол сыалларын толорорго бары кыаҕын ууран дьулуһар, үлэлиир-хамсыыр киһи хаһан даҕаны арыгыга кыаттаран, элбэхтик арыгылаан арыгыһыт буолбат.

Онон, арыгы киһи өйүгэр-санаатыгар дьайар күүс буолан, дьоҥҥо күүстээҕи, кыахтааҕы талан ылыыга улахан оруолу ылар. Ол курдук арыгыһыт буолбатах киһи өйө-санаата туруктааҕыттан кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ-үөрэтиигэ ыллыктаах суолу тутуһара дьоҥҥо барыларыгар биллэриттэн эдэрдэр саҥа ыалы тэрийэллэригэр арыгыһыта суох аймахтары кытта холбоһоллор.

Билигин дьоҥҥо өссө күүстээх талан ылааччы - наркотик киэҥник тарҕанан соҕурууттан кэлэн иһэр. Ити наркотик күүскэ тарҕанар биир биричиинэ¬тинэн арыгы сыанатын аһара үрдэтии уонна арыгыны бобуу буоларын кэнники бириэмэҕэ, арыгыны улаханнык бобо сылдьыы кэнниттэн эрэ биллибит. Сити кэмтэн ылата биһиэхэ наркоманнар уонна токсикоманнар үөскээннэр эбиллэн бардылар. Ити курдук бары быһаарыыларбытын түмнэхпитинэ арыгыны кытта охсуһуу диэн, улахан алдьатыылаах сэриитэ суох, дьон-норуот бэйэлэрэ олох иһин охсуһан, өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥорон, тулуурдарын улаатыннаран, бөҕөргөтөн ин¬ники диэки сайдан иһиилэрин лаппа сымнаабыт көрүҥэ буолар.

Дьон арыгыны аһара испэккэ, аһы ас курдук киһилии аһааһыннара, бу омук уһун үйэлээх омук буолар кэскиллээҕин уонна олох сайдан иһэр таһымыттан хаалсан хаалбакка инники диэки барсан иһэрин бэлиэтэ буолар. Ол аата, арыгыны аһара испэт буолуу киһи өйө-санаата сайдан өссө үрдүк таһымҥа тахсыбытын бэлиэтэ буоларын билиниэхпит этэ. Киһи өйө-санаата, салгын кута сайдан истэҕинэ этин-сиинин көрдөбүлүн, арыгы иһиэн баҕатын кыана туттара, тулуура күүһүрүөхтээҕэ быһаарыллар.

АРЫГЫНЫ БОБУУ АРЫГЫҺЫТТАРЫ ЭЛБЭТЭР

Дьон-аймах уһун үйэлэр тухары арыгыны кытта охсуһан тахсалларын бэчээттэн ааҕан билэбит. Үгүс сайдыылаах омуктар арыгыны бэйэлэрэ сатаан оҥороллоро быданнаабытыттан, кэмнээн иһэргэ үөрэммиттэрэ ырааппыт, онтон сорохторго, хоту диэки олохтоохторго биирдэ эмэтэ тиэллэн кэлэр арыгы саҥа тэнийэн, тарҕанан эрэрэ уустуктары үөскэтэр. Ол курдук арыгы өр кэмҥэ суох буолан баран биирдэ баар, элбээн хаалара дьон үгүстүк иһэллэрин көҕүлүүрүттэн арыгыны кытта охсуһуу уустугурар. Билиҥҥи кэмҥэ хотугу сиргэ олорор дьон арыгыга ылларан хаалыылара олус үксээтэ. Дьон-норуот үтүө санаалаах өттүлэрэ арыгыны хайдах кыайар туһунан толкуйдаабыттара ыраатта. Биһиги санаабытыгар арыгыны кытта охсуһуу дьыалатыгар элбэх уопуттаах, арыгынан былыр-былыргыттан дьарыктанар, оҥостор омуктар үөрэхтэрин быһаччы ылыныы ордук туһалыа этэ. Ол аата, төһөнөн арыгы арааһа элбиир даҕаны, арыгыны сөбүн көрөн, кэмнээн иһэр, аһара испэт дьон эмиэ элбээн иһэллэрин холобурун туһаныа этибит. Арай арыгыны аһара испэккэ үөрэнии олус бытааннык, хас да киһи үйэтин устата барарыттан биир киһи үйэтигэр кыаллыбат курдук көстүөн сөбүн таба сыаналыахха.

Биһиги, Россия дьоно дойдубут айылҕата кытаанаҕыттан олохпутугар сайдыыны ситиһиигэ куруук хаалан иһэрбититтэн мэлдьи тиэтэйэ, бастаан иһээччилэри эккирэтэ, ситэ, үтүктэ сатыыбыт. Ол иһин олус түргэнник, кыра эрдэхпитинэ дьоммут кэпсиир аптаах, сымыйа остуоруйаларыгар кэпсэнэр курдук, олохпутун соһуччу тупсара охсоору, барыны-бары соҕотохто, аптаабыт курдук, оҥоро, уларыта сатыыр санаалаахпыт. Kуруук аптаах остуоруйалары истэ үөрэммит оҕолор улааппыттара олоҕу, ол остуоруйаларга курдук түргэнник, “Этэн баран эҕирийиэх иннинэ” уларыта, тупсара охсуохтарын чахчы баҕараллар. Арыгыны аһара барбакка культурнайдык, бэрээдэктээхтик иһэ үөрэнии Россия дьонун санааларыгар бытаана бэрдиттэн сөп түбэспэт курдук. Ол иһин дьону олус түргэнник, субу киэһэттэн ыла арыгыны испэт оҥоро охсоору, салайар былаас өттүттэн арыгыны бобо, суох оҥоро сатыыллара төттөрү өттүгэр эргийэн тахсар.

Билигин Россия дьонун үгүс өттүлэрэ дьахталлар. Дьахталлартан дьиэ-уот көрүүтэ, ыал олоҕо быһаччы тутулуктаах. Оҕо көрө таарыйа дьиэни-уоту көрөллөр, ас астыыллар. Эр киһи көрүүтэ-истиитэ эмиэ кинилэргэ сүктэриллэр.

Үлэлээн кэлэн баран оһоҕун аттыгар ас астыы турар дьахтар туох баҕа санаалардааҕыттан олох тутаах боппуруостара эмиэ тутулуктанар курдуктар. Ол курдук элбэх ахсааннаах дьахталлар санаалара быһаарыыны ылынар куоластааһыҥҥа дьайыылара улаатта. Эрэ эбэтэр улахан оҕолоро үлэлэриттэн эбэтэр хантан эмэ итирэн кэлиилэрэ ийэ өйүн-санаатын аймыылларыттан хайдах быыһана охсуохха сөбүй?

Эр киһи дьахтарга туох сабыдыаллааҕын киһи барыта билэр суола. Ас буһаран баран дьахтар тугу кэтэһэ саныырый? Дьонун тото-хана аһатыа, сынньатыа этэ, эрэ бу киэһэ итирбэккэ кэллэҕинэ дьахтар бары баҕа санаалара туолар кыахтаналлар. Эр киһи бу киэһэ итирбэккэ кэлэрин туһугар арыгы суох буола охсоро ордук табыллар курдук. Арыгыһыт буолбут эр дьонноох дьахталлар бары арыгыны бобо охсуу, суох оҥоруу иһин туруналлара итинтэн тутулуктаах.

Арыгыны бобуу, суох оҥоро сатааһын быстах, бу киэһээҥҥи эрэ санаа. Бу санаа субу киэһэ үчүгэй буоларын саныыр дьахталларга бастакы миэстэни ыларыттан бобо охсон кэбиһээччилэр элбэхтэр. Маннык быстах өй-санаа государство политикатыгар киириитэ былааһы дьахталлар, кырдьык да, кухааркалар ылбыттарын көстүүтэ буолар. Ханнык да омук олох сайдыытын кэрдиис кэмнэрин ааһа көтөн, “үөһээнэн” барбыта суох диирбитигэр чахчы тиийэн эрэбит. Урут “социализм” кэмин саҕана кыра сайдыылаах Россия омуктара түргэнник сайда, үөрэнэ охсон, капитализмы аһара көтөн, быһалыы баран социализмҥа тиийдибит диэн этэ сылдьыбыттара улахан сыыһата биллэн таҕыста.

Ол аата билигин кэлэн билбиппит, капитализмы кыайан аһара көппөтөх эбиппит. Арай саҥа капитализмҥа киирэ сатыырбытын дьэ биллибит. Сайдыылаах социализм кэмин олорон ааспыппыт диэбиппит, ханнык эрэ байыаннай коммунизмҥа олус уһуннук олорбуппут. Итинник ыарахан олоххо олоро сылдьыбыппыт сүрүн туоһутунан уонна барыта бобууга-хаайыыга үөрэнэн хаалбыппыт бэлиэтинэн демократия олоҕо кыратык кэлбитигэр, дьэ көҥүл босхо барбыт курдук сананарбытыттан, арыгы иһэрбит уонна араас буруйу-сэмэни оҥорорбут элбээн таҕыста.

Арыгыны иһии үөрэҕин кыайан баһылаабакка эрэ сайдыыны ситиһиэхпит диэн этии букатын оруна суох. Эмиэ олох хаамыытын көтөн, үөһээнэн барыахпыт диэн ыҥырыыга тэҥнэһэр. Ол курдук сайдыылаах киһи арыгыны аһара испэт кыахтаах буоллаҕына, биһиги аһара иһэн итирэ-кутура сылдьарбыт кырдьык да өйбүт-санаабыт ыраах хаалан иһэрин көрдөрөрө чахчы.

Биһиги аҕыйах ахсааннаах омукпут. Арыгыһыт буолар дьылҕалаах оҕолору иитэн улаатыннардахпытына, сотору эстэр суолга кырдьык киирэбит. Оҕону кыра эрдэҕинэ кытаанахтык, чиҥник, тулуурдаах, өһөс буолууга кыайан ииппэтэхпитинэ, үөрэппэтэхпитинэ аан маҥнай биир эмэ оҕолоох аймахтар эстэн, суох буолан барыахтара, онтон салгыы омукпут эстэр, симэлийэр турукка киириэн сөп. Арыгыһыт кэргэттэрдээх дьон ордук туруулаһан туран арыгыны бопторо, суох оҥотторо сатыыллара эмиэ өйдөнөр курдук. Кинилэр бу күннээҕи быстах санааларыгар арыгы суох буоллаҕына, кэргэннэрэ арыгылыа суоҕун курдук санааҕа оҕустараллар. Ол иһин түргэнник, бу киэһэттэн саҕалаан арыгыны испэттэрин туһугар арыгыны суох оҥотторо сатыыллар. Ити быһыы субу кэмигэр төһө да үчүгэй курдугун, биир эмэ киһи арыгылыырын суох оҥорорун иһин дьоҥҥо барыларыгар сөп түбэспэт, ордук эдэрдэргэ төттөрү дьайыыны оҥорорун таба өйдүөхпүт этэ.

Арыгыһыт кэргэннээх дьахтар арыгыны сөбүлээн көрөн, кыратык иһиэххэ диэн этиини өйдүүрэ эмиэ уустук. Кини кэргэнэ бу бүгүн киэһэ итирбэккэ кэллэр, бары баҕата туолбут курдук буоларыттан арыгыны букатын бобо охсуу диэки санаата салаллар. Кини санаатыгар арыгы суох буоллаҕына кэргэнэ да итирбэт, оҕото да арыгыга кыһаммат кэмэ, үтүө кэмэ бу киэһээттэн ыла кэлэ охсуо этэ.

Маннык бобо охсон кэбиһии киһи олоҕо биир дьиэнэн бүтэрэ эбитэ буоллар баҕар үчүгэй түмүктэрдэниэн сөп этэ. Ону баара улаатан иһэр оҕо баҕа санаата ханна бобуулаах баарын булуу диэки уруттаан салаллара ордук улахан уустуктары үөскэтэрин эмиэ аахсыахха. Арыгыны бобуу, суох оҥоруу улаатан эрэр оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар халыйыыны, арыгыны көрдөөһүнү, булууну, иһиини үөскэтэр. Арыгыны бобуохха диир дьахтар улаатан эрэр оҕолорбор арыгыны бобуу ордук улахан охсууну оҥорор дии санаабат. Кини арыгыны бобуу оҕолорун өйдөрүн-санааларын ордук улаханнык буорту оҥорорун биллэҕинэ, наркотигы туһаныы диэки салайарын итэҕэйдэҕинэ эрэ, арыгыны бобор кырдьык куһаҕан эбит диэн өйгө-санааҕа дьэ киириэн сөп.

Биһиги бу үлэбитинэн арыгыны бобуу улаатан эрэр оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар оҥорор охсуута биир эмэ улахан киһи арыгы испитинээҕэр ордук улахан куһаҕаны оҥорор диэн быһаарабыт. Билигин арыгыны кытта охсуһуу хайдах баран иһэриттэн быһаардахпытына, саха дьонун өйдөрө-санаалара өссө да ситэ сайда илигэ быһаарыллар. Ити сайда илигин үгүстэр арыгыны бобуу диэки санаалара халыйара чуолкайдык быһаарар.

Арыгыны оҥоруу олохторун сыала, ас-таҥас булунар үлэлэрэ-хамнастара буолбут, былыр-былыргыттан арыгы оҥоруутунан дьарыктанар омуктар арыгыны сөбүн көрөн иһэргэ олус өр кэмҥэ сыыйа үөрэммиттэр. Атын ханнык да ньыма, бобуу даҕаны, арыгыны сөбүн көрөн иһэргэ үөрэппэт. Дьон-аймах элбэхтик истэхтэринэ, эттэрэ-хааннара арыгыга үөрэннэхтэринэ, онтон өйдөрө-санаалара, тулуурдара, өһөстөрө улааттаҕына эрэ арыгыны аһара испэт кыахтаналлар.

Бу этиигэ тирэҕирэн арыгыны сөбүн көрөн иһэргэ оҕолору улаатан истэхтэринэ үөрэтиэххэ диэн биһиги этэбит.

Тоталитарнай салайыылаах дойдуга олорорбутуттан арыгыны элбэхтик иһэри утары охсуһар аатыран, олус түргэнник, аптаабыт курдук, арыгыһыттары суох оҥоро охсоору, арыгыны букатын бобор санааларын салайааччылар кыайан бырахпаттар. Кинилэр быһаччы, көнө санааларыгар арыгыны суох гыннахха арыгыһыттар эмиэ сүтүөхтэрэ диэн быстах өйдөбүл билигин даҕаны күүскэ иҥэн сыл¬дьар. Итинник быһаччы өйдөбүлү салайар былаас бобууну-хаайыыны элбэхтик туттар эрдэҕиттэн үгүс дьоҥҥо иҥэрэн кэбиспит. Ити гынан баран арыгыһыт буолуу киһиттэн бэйэтиттэн уонна кинини кыра эрдэҕинэ хайдах үөрэппиттэриттэн ордук улахан тутулуктаах дии са¬нааччылар билигин эмиэ элбээн эрэллэр. Б.Н.Ельцин ”Исповедь на заданную тему” диэн үлэтигэр арыгыны бобуу кэнниттэн үөскээн тахсыбыт содуллар дьоҥҥо ордук ыардык дьайбыттарын бэлиэтиир уонна арыгыны бобуу-хаайыы туох да туһаны аҕалбатаҕын билинэр.

Оҕо улаатан өйө-санаата сайдан иһиитэ төрөппүттэрэ хайдах үөрэтэллэриттэн улахан тутулуктаах диэни киһи барыта билэр. Саха дьоно оҕону иитиигэ төрөппүттэр ордук улахан сабыдыаллаахтарын Октябрьскай революция иннинэ ордук күүскэ туһаналлара, бэйэлэрин төрүттэрин ыраахха диэри билэллэрэ уонна оҕолорун үөрэтэллэригэр кинилэр үтүө холобурдарынан туһаналлара.

Оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата төрөппүттэрин үтүктэрин уонна өссө сайдарын норуот өһүн хоһооно: “Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа”,- диэн этэрэ ордук тоһоҕолоон бэлиэтиир. Бу өс хоһооно, биһиги иннибитигэр олорон ааспыт үгүс көлүөнэ дьон баһылаабыт үөрэхтэрэ, аҕыйах тылынан бэриллэн, кэнэҕэски көлүөнэлэртэн көлүөнэлэргэ үөрэх буолан бэриллэн иһиэхтээҕин көрдөрөр. Оҕону үөрэтиигэ төрөппүттэр ураты улахан сабыдыаллара баарын киһи улаатан истэҕинэ сыыйа билэн иһэр. Кыра оҕо өйүгэр төрөппүттэрин этиилэрэ барыта баар кырдьык курдук ылыллар, хайдах баарынан көнөтүк өйдөнүллэр уонна кэнники атын өйдөбүл киирэн уларытыар диэри төрүт уларыйбакка өйдөнө, дьайа сылдьаллар.

Уустук, улахан өйдөбүллэр оҕо өйүгэр дириҥник хатаналларыгар хайаан даҕаны хатылааһыннаах, тэптэрэн, чинэтэн биэриллэллэрэ эрэйиллэр. Маны туоһулуурунан, туох эмэ туһунан ийэ уонна аҕа иккиэн биир өйдөбүллээх, көрдөбүллээх буоллахтарына уонна оҕолорун иккиэн биирдик этэн үөрэттэхтэринэ эбэтэр эбэ эппитин ийэтэ чиҥэтэн биэрдэҕинэ, бу өйдөбүл оҕо санаатыгар халбаҥнаабат кытаанах өйдөбүлүнэн ааҕыллар уонна соннук толоруллар. Ол аата, оҕо ханнык баҕарар үөрэҕи ылынарыгар аҕата туох эмэ диэн этэн үөрэппитин ийэтэ бу сөп диэн эбэтэр ийэтэ эппитин аҕата бигэргэтэрэ хайаан да ирдэнэр.

Ийэ уонна аҕа оҕону үөрэтэр көрдөбүллэрэ иккиэн тус-туспа, биирдэрэ боппутун атына көҥүллээн истэҕинэ оҕолоро хайалара да эппиттэрин истибэккэ уонна толорбокко үөрэнэр. Оҕо өйүн-санаатын бу сайдыытын уратытын сахалар билэллэрин “Тэҥнээҕин булунуу”, “Тулаайах оҕо” диэн өйдөбүллэр бааллара бигэргэтэр.

Кыра эрдэҕинэ олус атаахтатан, аһара мааныланан иитиллибит оҕо өйө-санаата барыта бэлэмҥэ үөрэнии диэки салаллыылаах буолар. Бу курдук иитиилээх оҕо олоҕор ыарахаттары көрүстэҕинэ бэйэтигэр чэп¬чэки өттүнээҕи суолун батыһарыгар тиийэр. Ол иһин арыгыга ылларыылара, олохторугар табыллыбаттара, араас очурдарга оҕустарыылара элбээн тахсар. Эдэр киһи итинник, чэпчэки суолу тутуһуутун суруйааччылар бэйэлэрин айымньыларыгар элбэхтик бэлиэтииллэр. (2,83).

Төрөппүттэр дьиэлэригэр арыгыга хайдах сыһыаннаһаллар даҕаны оҕолоро эмиэ кинилэри көрөн, үтүктэн үүт-үкчү оннук сыһыаннаһарга улаатан иһэн үөрэнэ сылдьар. Арыгыны кэмнээн, сөбүлээн көрөн бырааһынньыктарга эрэ иһэр дьон оҕолоро арыгыны эмиэ оннук иһэргэ кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэн хаалаллар. Kэлин бу үөрэх оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар үгэс буолан умнуллубаттык ууруллар. Онон, оҕо улаатан, сайдан иһиитигэр арыгы хайдах өйдөбүллээх кини өйүгэр аан маҥнай киирэн хатанарыттан уонна киниэхэ улаатан истэҕинэ улахан дьон ханнык холобуру биэрэллэриттэн арыгыга сыһыана үөскүүр. Бу сыһыан өр кэмҥэ уларыйбатаҕына сыыйа олохсуйан, үгэскэ кубулуйан хаалар. Кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ үөрэппиттэрин курдук арыгыга сыһыаннаһыы, атын туораттан баттааһын, ыгыы тахсыбата эбитэ буоллар оҕо улааппытын да кэннэ салгыы баран иһиэн сөп этэ.

Ону баара туораттан соһуччу уларыйыы киириитэ, ол аата үөһээттэн быһа дьаһайан арыгыны бобуу эмискэ кэлэн, арыгы суолтатын тосту уларытар. Бу бобуу салайар үлэһиттэртэн быһа тахсар уонна атын, үлэһит дьону барыларын аанньа ахтыбат быһыыга олоҕуран оҥоруллар. Ити аанньа ахтыбат, бэйэлэригэр тэҥнээбэт быһыыларын “Эһиги доруобуйаҕытыгар үчүгэйи оҥоробут”,- диэн, туһалааҕы оҥорор сыалынан сабыналларыттан дьон билигин да арааран билэ иликтэр. Маннык бобуу кэнниттэн арыгы туһунан өйдөбүл дьон өйдөрүгэр-санааларыгар тосту уларыйыылары киллэртиир. Ол уларыйыылары маннык араартаан наардыахха сөп:

1. Арыгыны бобуу дьон барыларын өйдөрүн-санааларын арыгыга умсары анньар.

2. Дьон сиэрдэрин-майгыларын алдьатар.

3. Улахан арыгыһыттары элбэтэр.

Бу ааттаммыт уларыйыылар туохтан уонна хайдах үөскээн тахсалларын төһө кыайарбытынан дириҥник хасыһан быһаара сатыахпыт:

1. Арыгы арааһа дьон олохторугар адьас ыксары киирбитэ киһиэхэ барыларыгар биллэр. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, арыгыны кыра кыралаан да буоллар киһи үксэ иһэр. Үөрүү-көтүү үксүүрүгэр арыгы ордук көмөлөһөр буолан, дьон сынньалаҥнара, араас көрсүһүүлэрэ, бырааһынньыктара, арыгыта суох букатын табыллыбат буолан тураллар. Арыгы дьон өйдөрүгэр-санааларыгар бочуокка, убаастабылга туттуллар “мааны” ас буолбута эмиэ ыраатта, ону тэҥэ бочуоттаах ыал¬дьыттары күндүлүүргэ уонна ытыктыыр дьонугар кэһии быһыытынан туттарга эмиэ аналланар. Уопсайынан ылан эттэххэ, аныгы дьон олохторугар биир наадалаах, бочуоттанар аска киирсэр. Ол иһин дьон өйүгэр-санаатыгар арыгы биирдэ баар эбэтэр биирдэ суох буолан хаалыыта олус күүскэ дьайар биричиинэ буолар.

Маннык олус суолталаах аһы бобуу, суох оҥоруу дьон үксүлэрэ, аны ити аһы көрдүүллэрин, булалларын-талалларын үөскэтэр, саамай күннээҕи туһалаах солуннарынан, бу арыгыны хантан эрэ, чэпчэкитик булуу буолар. Элбэҕи, арыгы араас көрүҥүн онтон-мантан булбут киһи, ура¬ты киһи, ыарахан мэһэйдэри туоратар кыахтаах “оһуобай киһи” буолар. Оннук суолталаах кыайыылары ситиспит киһи улаатан эрэр, бэйэлэрэ туох эмэ уратылааҕы, айыыны оҥоруохтарын саныыр эдэрдэр санааларыгар букатын “герой” аатырар. Бу киһи хайҕанар, “убаастабыллаах” киһиэхэ тэҥнэнэр. Итини тэҥэ “өҥнөөх” дьон хантан эрэ арыгы булбуттара, элбэҕи испиттэрэ, аһаабыттара кэпсээҥҥэ сылдьар солуҥҥа кубулуйар.

Бу курдук улахан дьон олус түбүгүрүүлэрэ оҕолору да быһа ааспат. Улахан дьон санааларын, кинилэр тугу көрдүүллэрин оҕоло-руттан кистиир кыахтара суох, ол иһин оҕолоро эмиэ улааттахтарына кыайыыларын-хотууларын, ситиһиилэрин бэлиэтинэн эмиэ бу арыгыны булуу уонна элбэхтик иһии буоларыгар тиийэр. Бу быһаарыы ордук дьэҥкэтик улаатан иһэр уол оҕолорго дьайара биллэр. Оскуолаҕа кыргыттары кытта бииргэ үөрэнэр уонна эт-хаан өттүнэн сайдыылара хойутаан иһэр уолаттар түргэнник улаата охсубуттарын биллэрээрилэр хайаан да табаахтыыллар уонна арыгы булан иһэллэр. Бу кэмҥэ арыгыны бобуу кэлэн хаалыыта кинилэр булуу-талыы өттүгэр төһө дьоҕурдаахтарын барытын арыгыны булууга уонна иһиигэ аныылларыгар күһэйэр. Арыгыны хантан эрэ булан-талан аҕалбыт уол оҕото хайҕанар, кэпсээҥҥэ киирэр, кэрэхсэнэр киһи буолар. Ити курдук кинилэр саҥаны айыыны оҥорон арыгы иһиитигэр үөрэнэн хаалыылара саҕаланар. Бу быһаарыы “айыы үчүгэй” диэн этэн оҕолору үөрэтии олус улахан сыыһатын арыйан таһаарар.

Арыгыны бобуу, суох оҥоруу үгүс дьон оҕолордуун, кыратык уонна элбэхтик иһэр дьоннуун бука барыларын өйдөрө-санаалара арыгыга умсары анньылларын итинник үөскэтэр.

2. Саха киһитэ арыгыны кыайан испэт, куруук аһара иһэн кэбиһэр, итирдэр эрэ киһиргиир уонна киэптиир диэн өйдөбүлү киин бэчээккэ тарҕаталлар. Ити гынан баран итирик киһи маннык быһыылара, өйүн-санаатын уларыйыылара арыгыны бобууттан үөскээн тахсаллара ордук элбэх. Ол курдук арыгыны уһуннук бобуу кэнниттэн ким эрэ арыгы буллаҕына түр¬гэнник уонна элбэҕи иһэ охсуохха диэн санааттан туох да сокууската суох үгүһү иһэргэ күһэллэр. Кытаанах арыгыны маннык эмискэ иһэн кэбиһии хайа да киһиэхэ үчүгэйи аҕалбатын бары билэбит. Итирии, айдаан барыта эмискэ, элбэҕи иһииттэн төрүттэнэн тахсара элбэх.

Итини тэҥэ улаатан эрэр оҕолор өйдөбүллэригэр арыгы суолтата тосту уларыйар, көннөрү бырааһынньыкка, санааны көтөҕөөрү үөрэ-көтө иһиллэр астан, букатын ураты, төттөрү суолталанар. Арыгыны бобуулаах бириэмэтигэр хайдах эрэ, хантан эрэ булан-талан испит киһи, атын дьон кыайбатахтарын кыайбыт, туох эрэ уратылаах, “оһуобай” кыайыыны ситиспит “герой” киһиэхэ тэҥнэнэр буолан тахсар. Оҕолор баар суох баҕа санаалара ити киһи курдук буола улаатыы диэки салалларыгар тиийэр. Аны туран маннык “герой”, арыгыны ити курдук эрэйдэнэн, кыайан-хотон, булан-талан иһиитин кэнниттэн хайдах да өҥнүбэтэҕинэ, киэптээбэтэҕинэ уонна содуомнаабатаҕына букатын да табыллыбат балаһыанньата үөскээн тахсар.

Ити курдук үгүс дьон майгылара-сигилилэрэ алдьаныыта, арыгыны киһилии испэт буолуулара барыта арыгыны бобууттан төрүөттэнэн тахсара быһаарыллар.

Кыра эрдэхтэриттэн аһара бобууга, көрүүгэ-истиигэ үөрэммит оҕолор улаатан да баран олохтоох өйдөрүн кыайан булбаттар, куруук көрө-истэ сырыттахха эрэ табыллаллар. Ол иһин аһара бобууга сылдьыбыт оҕолор бу бобууттан босхолонор курдук санаан уонна кыайыыны-хотууну мин да оҥоруохпун сөп эбит диэннэр арыгыны элбэхтик иһэннэр, аны арыгыга ыллараллара түргэтиир. Аһара бобон үөрэтии оҕо өйүн-санаатын хааччахтыыр, бэйэтэ төбөтүнэн толкуйдуурун уонна сөптөөх быһаарыыны ылынарын кыайан сайыннарбат. Ити иһин, бу киһи улаатан да баран бэйэтэ тугу да кыайан быһаарбат, атын киһи этэрин ураты истэ, үтүктэ сылдьарга үөрэнэн хаалар. Маннык үөрэппит киһилэрэ улаатан баран төрөппүттэрин кытта сөпсөспөтө үгүс уонна дөбөҥнүк арыгыга ылларымтыа буолар.

3. Арыгы суох буолуута дьон үксэ атын арыгыны солбуйааччылары: бырааганы, сомогуону араас ас саппааһыттан барытыттан: хортуоппуйтан, бурдуктан, саахартан уонна да атыттартан оҥороллоругар тириэрдэр. Аныгы үөрэҕи-билиини, тиэхиникэни баһылаабыт дьону, аны арыгыны суох оҥорон кыайан хааччахтыыр кыах суох. Бу бэйэ оҥорор арыгылара соччо үчүгэй хаачыстыба¬лара суоҕуттан иһэр дьон доруобуйаларыгар улахан буортуну оҥороллор, ол аата, аны маннык арыгылары элбэхтик иһии түргэнник арыгыһыт буолууга тириэрдэрэ эмиэ билиннэ.

Арыгыны бобуу ордук эдэр дьон өйдөрүгэр-санааларыгар арыгы туһунан төттөрү өйдөбүлү үөскэтэр. Кинилэр эдэр эрчимнэрин, өйдөрүн-санааларын, кыахтарын аны арыгыны солбуйааччылары, наркотиктары булар туһугар уурдахтарына олору ситиһиэхтэрин сөп. Атын дьоҥҥо туһалаах үлэнэн-хамнаһынан дьарыктаналларын оннугар араас арыгыны солбуйааччылары оҥостоллор уонна туһаммытынан, эргиммитинэн барыахтарын сөп. Ити иһин бу ааспыт арыгыны утары охсуһуу, бобуу күүстээх хам¬паанньатын кэнниттэн бүтүн Россия үрдүнэн араас суол токсикоман¬нар уонна наркоманнар олус элбээбиттэрэ бэлиэтэнэр. Медицина нау¬ката бигэргэтэринэн бу дьаллыктар киһи доруобуйатыгар арыгытааҕар хас эмэ төгүлүнэн куһаҕаннык дьайаллар.

Психолог Рон Хаббард дьон өйдөрүн-санааларын өр кэмнэ үөрэтиитин түмүгэр оҥорбут быһаарыытынан элбэхтик өйдөрө көтүөр диэри арыгылыыр дьон сотору кэминэн өйдөрө-санаалара уларыйан барар. Элбэхтик итирэр киһи өйө-санаата уларыйан иһиитэ кини өйө суох буолан ылар кэмигэр атын тулалыыр дьон хайдах сыһыаннаһалларыттан уонна тугу саҥаралларыттан улахан тутулуктааҕын дакаастыыр. Ити сыһыаннаһыылартан уонна дьон саҥатыттан итирэн өйө көтөн сылдьар киһи салгыы олоҕор, тутта сылдьар быһыытыгар, туох быһаарыныыны салгыы ылынарыгар улахан уларыйыылар киирэллэрин бэлиэтиир.

Онон, куһаҕан хаачыстыбалаах арыгыны солбуйааччылары иһии эбэтэр үгүстүк итириэххэ диэри арыгылааһын дьон өйдөрө-санаалара уларыйан, мөлтөөн, түргэнник арыгыга ылларан баралларыгар тириэр¬дэр.

Ханнык баҕарар киһи бэйэтин олоҕор сыаллаах-соруктаах, бу олоҕун хайдах эмэ гынан тупсарар иһин кыһанар уонна төһө кыалларынан уһуннук, дьоллоохтук олоруон баҕарар. Олохтоох дьон үгүстэрэ арыгыга ылларыылара, кинилэр өйдөрө-санаалара мөлтөөбүтүн уонна үлэлэрэ-хамнастара сатарахсыйан сөптөөх дохуоту биэрбэтиттэн олорор олохторун тупсарар, көннөрөр кыахтара суох буолбутун көрдөрөр. Кинилэр бэйэлэрин олохторун сыалын, үчүгэйдик, дьоһуннаахтык олоҕу олорууларын ситиһэллэригэр бэйэлэрэ кыайан көннөрбөт мэһэйдэрэ баалларын туоһулуур бэлиэнэн элбэхтэр арыгылааһыннара буолар.

Мантан ыла арыгыны элбэхтик иһиини кытта охсуһууну, арыгыны бэйэтин кытта буолбакка, арыгыны элбэхтик иһии биричиинэлэрин суох оҥорорго анаан ыытар ордук этэ. Тоҕо, туохтан сылтаан дьон арыгыны элбэхтик иһэллэрин быһааран, олору суох оҥортооһун, дьэ бу буолуо этэ арыгыһыттары утары сөптөөхтүк охсуһуу диэн.

Аан маҥнайгынан арыгыны утары охсуһууга олус туһалаах ньыманан, арыгы тула тахсар бары айдааны намыратыы буолуо этэ. Ол аата, дьон арыгыны көрдүүллэрин, хантан эрэ булан улаханнык үөрэллэрин суох оҥорон, арыгы арааһа мэлдьи маҕаһыыннарга баарын хааччыйыы уонна сыаналара аһара үрдээбэтин ситиһии буолар. Арыгы иһиэн баҕарбыт биир эмэ киһи биир¬гэ олорор дьонун барыларын аймаабакка, кыра оҕолорун ымсыырдан, көөчүктээн, үтүгүннэрбэккэ эрэ туспа турар арыгы иһэр аналлаах дьиэҕэ сылдьар буоллаҕына, арыгы туһунан айдаан сыыйа намыраан иһиэ этэ.

Бу курдук, биирдиилээн да буоллар арыгыга ылларыы биричиинэлэрин булаттаан суох оҥорон истэхпитинэ сотору кэминэн, көлүөнэлэр солбуйсан истэхтэринэ, арыгыһыттар симэлийэн, аҕыйаан барыахтара. Оттон төһө элбэхтик арыгы туһунан кэпсээн, айдаан үөскүүр даҕаны дьон, ордук эдэр өттүлэрэ, соччонон арыгыга интэриэстэрэ улаатан уонна күүһүрэн барар. Ол иһин соччо наадата суох арыгы туһунан кэпсэтиилэртэн эдэр ыччаттарбытын араҥаччылыахха, арыгыны бобон кинилэр интэриэстэрин көбүтүмүөххэ. Итини тэҥэ дьон бэйэлэрэ үчүгэй хаачыстыбалаах арыгыны сөптөөхтүк, кэмнээн көрөн иһэргэ үөрэнэллэрин туһугар арыгы арааһа маҕаһыыннарга куруук баарын ситиһиэххэ. Билиҥҥиттэн бу курдук дьаһаныы кэлэн иһэр көлүөнэлэри арыгы дьайыытыттан араҥаччылааһын, кинилэр өйдөрүн-санааларын арыгыны булууга уонна иһиигэ үтүрүйбэккэ, атын туһалаах дьыалалары оҥорууга салайыы буолуо этэ.

ӨЙ КӨТҮҮТЭ

Сахалар олохторун үөрэҕэр “Өй көтүүтэ”, “Өй баайыллар” диэн этиилэр былыр-былыргыттан бааллар. (3,45). Бу этиилэр киһи биир саамай кэбирэх сирэ ханна баарын биллэрэн сэрэхтээх, өйү-санааны харыстыырга ыҥыраллар.

Өйү-санааны буккуйуу, өй көтүүтэ биһиэхэ арыгы иһиититтэн ордук тарҕанна. Төһө да хомолтолооҕун иһин эдэр киһи биирдэ эмэтэ ханнык эрэ хампаанньаҕа кыттыһан арыгыны элбэхтик иһэн итирэн хаалар түбэлтэтэ баар буолар. Биһиги олохпутугар арыгы иһиитэ куруук баарыттан итирбит киһи майгына уларыйыытын, өйө-санаата буккуллуутун киһи барыта билэра, олоҕор туһанара хайаан да наада.

Итирии диэн сахалар киһи тугу эрэ иһэн дуу, хайаан дуу өйө, салгын кута көтүүтүн ааттыыллар. Итирбит киһи тугу саҥарбытын, оҥорбутун өйдөөбөт турукка киирэн хаалыыта кинини салгын кутуттан атын өйө-санаата, ийэ кута быһаччы салайарын чуолкайдык быһаарар. Киһи өйө-санаата уларыйыыларын биһиги “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэбитигэр ырыппыппыт. (3,46).

Кэлин кэмҥэ итирии, өй көтүүтэ үгүстүк арыгыттан үөскүүрүттэн, арыгыны аһара иһии быһаччы итирии диэн өйдөбүллэммит. Итирэр туһунан өйдөбүл сахаларга былыргыттан баар. Арыгы диэни сахалар былыр түүрдэр арахсан туспа барыахтарын инниттэн ыла билэллэрин тыллара маарынныыллара быһаарар.

Саха дьоно сылгыны иитэр кэмнэриттэн ыла кымыс диэн итирик-тээх утаҕы оҥостон иһэр эбиттэр. Итини тэҥэ ойууннар араас үүнээйилэртэн хомуйан өй-санаа уларыйар, буккуллар кэмигэр киллэрэр утахтары оҥорор эбиттэрин кэлин кэмҥэ арыйан эрэллэр. Билигин дьон бары кэриэтэ арыгыттан итирэллэриттэн, биһиги итириини үөрэтиибит эмиэ арыгыны кытта сибээстээх. Арыгыны элбэхтик иһии киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар тус-туспа дьайыылары оҥорор. Ити дьайыылартан биһиги үөрэтиибит киһи “Өйө көтөн”, буккуллан хааларын кытта сибээстэһэр.

Итирииттэн киһи өйө уларыйыыта маннык араастардаах:

1. Сорох киһи элбэх да арыгыны истэҕинэ итирэн өйө көтөн хаалбат. Төһө да суулла сылдьар, нэһиилэ саҥарар буолуор диэри истэҕинэ өйө-санаата көтөн хаалбат, мөлтөөтөр да син-биир толкуйдуур өйө арахсан барбат. Арыгы испит кэмигэр тугу оҥорбутун барытын кэриэтэ билэр-көрөр уонна тугу гыммытын, саҥарбытын сүнньүнэн умнубакка өйдүү сылдьар кыахтаах.

Үөрэхтээхтэр арыгы испит киһи маннык быһыытын этэ-сиинэ арыгыга үөрэниитинэн быһаараллар. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ ити быһаарыыга толору сөбүлэһэр. Эт-сиин ханнык аһылык киирэригэр олус түргэнник үөрэнэр. Медицинэ науката билэринэн киһи этин-сиинин хас биирдии килиэткэлэрэ кэмэ кэллэҕинэ саҥаларынан солбуллан иһэллэр. Ол иһин куруук арыгынан аһыыр киһи этэ-сиинэ арыгыттан тутулуктанар, тулуйумтуота улаатар.

2. Дьон сорохторо элбэх арыгыны истэхтэринэ өйдөрө көтөн, буккуллан, итирэн хаалаллар. Өссө сорохтор өйдөрө көппүтүн букатын да билбэккэ ханна баҕарар сылдьаллар. Оннооҕор олус уһуннук суоппардаабыт киһи массыынанан сылдьа үөрэммит сирдэринэн ханна баҕарар тиийэн хаалыан сөп. Көннөрү холуочук дуу диэбиттэрэ киһилэрэ кэлин тугу да билбэт, өйдөөбөт эбитэ биллэн хаалар түбэлтэлэрэ бааллар.

Биһиги бу үлэбитин итирэн өйө көтөн хаалбыт киһи быһыытын ырытыыга аныахпыт. Өйө көтөн итирэн хаалбыт киһи ханнык өйүнэн-санаатынан салаллан сылдьара биһигини, дьону барытын интэриэһиргэтэр. Итирбит да киһи син-биир сылдьар ээ. Бу кэмҥэ сорохтор син бэрээдэктээхтик дьон тэҥинэн сылдьаллар, онтон атыттар, аһара бара сылдьаллара, сыыһа-халты тутталлара, дьону кытта тапсыбаттара, бу кэмҥэ дьэ эбиллэн киирэр.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарыытынан киһи үс куттара тус-туһунан өйдөртөн-санаалартан үөскүүллэр. Өйө көтөн хаалбыт ити-рик киһи ийэ кутун салайыытынан сылдьар. Ол аата, кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр үөрэммит, үгэс буолбут хамсаныыларын, быһыыларын оҥорор кэмэ кэлэр. Бэйэтэ, салгын кутун өйө-санаата арахсан, көтөн хаалбыт буолан, тугу да билбэт, өйдөөбөт. Итирбитэ ааһан өйдөннөҕүнэ ханна сырыттым, тугу гынным буолла диэн олус санааргыыр, мунчаарар, онон-манан быстах өйдөбүллэр баар курдуктарын өйдөөн ыла сатыыр да, ханан да сибээстэспэт, быстах-быстах быһыылар эрэ буолан хаалаллар.

Итирбит киһи тутта сылдьар майгынын үөрэтии кини кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр хайдах көрүллэн, иитиллэн улааппытын быһаарар. Холуочуйдар эрэ киһиргиир, элбэхтик үлүннэрэн кэпсэнэр киһини кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ дэлби киһиргэтэн, атаахтатан үөрэппиттэрэ биллэн тахсар.

Киһи итирбит, өйө көппүт кэмигэр бэйэтэ өйдөөбөтүттэн, тугу баҕарар оҥорон кэбиһиэн сөптөөх киһиэхэ ку¬булуйар диэн сөпкө этэллэр. Kыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибит, үтүө үгэстэргэ, бэрээдэккэ үөрэтиллибэтэх, өйө-санаата туруга суох эдэр киһи биирдэ алҕас туттаран итирдэҕинэ олус куһаҕан, сиэри таһынан быһыылары оҥорон кэбиһиэн сөбө биллэр буолла. Эдэрдэр атаахтык иитиллэллэрэ үксээн арыгы иһэн баран бэрээдэги кэһээччилэр, аһара туттааччылар билигин элбээтилэр.

Итирии да араастаах. Сорохтор итирдэхтэринэ дьэ сымнаан, санаалара арыллан, майгылара көнөн, үөрэн-көтөн бараллар.

Итирдэллэр даҕаны куһаҕан, дьон сиэригэр сөп түбэспэт быһыылары оҥорбот дьон эмиэ бааллар уонна элбэхтэр. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарыытынан кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибит, үтүө үгэстэргэ үөрэммит киһи эбэтэр кыра эрдэҕинэ чиҥник, чиэһинэйдик бэрээдэккэ үөрэтиллибит киһи итирдэҕинэ даҕаны аһара туттубат, сиэри таһынан хаһан да быһыыламмат.

Киһи итирэн өйө, салгын кута көттөҕүнэ ийэ кутун салайар кэмигэр киирэр. Бу кэмҥэ кини уруккута үгэс буолбут өйдөбүллэринэн салаллан сылдьарын “Кут-сүр үөрэҕэ” үлэбитигэр дириҥник ырыппыппыт. Бу үлэбитигэр өссө биир дакаастабылы эбии киллэрэн кыра уҥуохтаах киһи итирдэҕинэ өйө-санаата уларыйан ылыытын ырытыахпыт.

Кыра уҥуохтаах оҕо улахан уҥуохтаах оҕолортон арыычча атаҕастаммыт, баттанар, туоратыллар курдук санаата ийэ кутугар үгэс буолан олохсуйарыттан итирэн өйө, салгын кута көттөҕүнэ дьэ күүһүмсүйэр, киэптэһэр, үтүрүссэр, мин эмиэ хаалсыбаппын диэн бэрт былдьаһар санаата улаатар. Улахан уҥуохтаахтар үтүрүйэр быһыыларыгар утарылаһар, кыаттарбат өйө-санаата үөскээн олохсуйбута ийэ кутугар иҥмитэ итирдэҕинэ тахсан биллэн хаалар.

Кыра уҥуохтаах, бэйэтэ өйүнэн-санаатынан үгүс улахаттары баһыйар киһи итирдэҕинэ, бэрт былдьаһара, өссө күүһүнэн өртөйөрө киирэн охсуһуу, этиһии төрүөтэ буолар кыахтанар. Ол иһин кыра киһи итирдэҕинэ бэрт былдьаһыылаах, айдааннаах буолар. Бу итирбит кэмигэр киһини уруккуттан олохсуйбут ийэ кута салайара итинник эмиэ быһаарыллыан сөп.

Улахан уҥуохтаах киһи холку, киэҥ көҕүстэнэрэ элбэх. Ол киэҥ көҕүстээҕэ, санаата холкута арыгы иһэн итирдэҕинэ ордук биллэр. Улахан киһи итирдэҕинэ өссө холкутугар түһэр, айдаарбат, дьону кытта иирсибэт, этиспэт, охсуспат, бэрт былдьаһар, күүһүмсүйэр санаата аҕыйах буолар.

Арыгы киһи өйүгэр дьайыыта ити курдук икки өрүттээҕин сахалар билэн араараллар. Итирбит киһини “Өйө көппүт” диэн уопсай быһаарыыны тэҥэ кыайан хамсаабат буола итирэр киһини арыгыта “Сүһүөҕэр киирэр” диэн этэллэр. Сүһүөҕэр киирэр гына итирэр киһи хаһан даҕаны өйө көтөн хаалбат, тугу гыммытын, ханна сылдьыбытын барытын билэ сылдьар. Арай элбэх арыгыны истэҕинэ хамсанара бытаарар, бокоорор, онтон салҕаатаҕына букатын да сытынан кэбиһиэн сөп.

Арыгы иһиитигэр эти-сиини эрчийэн биэрии, арыгыга үөрэтии олус туһалааҕын ити быһаарыы дакаастыыр. Арыгыны бэйэлэрэ оҥостоллоруттан кыра эрдэхтэриттэн сөбүлээн көрөн иһэ үөрэммит омуктар арыгыһыт буолан эрэйдэммэттэр. Кинилэр эттэрэ-сииннэрэ арыгыга үөрэнэн, элбэх арыгыны да истэхтэринэ өйдөрө олус түргэнник көтөрө кырдьык суох.

Арыгыны бэйэлэрэ оҥостубат кыра омук дьоно арыгыны сатаан иһэргэ түргэнник үөрэниэхтэрин сөп. Бу үөрэх ситиһиллиитэ маннык араастардаах буолуон сөп:

1. Kыра омук дьоно эттэ¬рин-сииннэрин арыгыны тулуйар омуктуун холбоон, кинилэртэн быһа арыгыга тулуурдаах буолууну ылыныахтарын сөп. Саха дьоно түөрт сүүсчэкэ сыллар усталарыгар нуучча уонна атын арҕаа омуктардыын бииргэ олороннор булкуспут хааннаахтар, бааһынайдар билигин элбэхтэр.

2. Kиһи өйө-санаата тулуурдааҕыттан, дьулуурдааҕыттан бэйэтэ билинэн арыгыны иһэ үөрэниитэ, ол аата өйүнэн-санаатынан салайтаран аһара испэтэ буолар. “Айаххар тугу угаргын дуу, кутаргын дуу бэйэҥ билэҕин”,- диэн этии киһи аһылыкка сыһыаннаах хас биирдии хамсаныытын өйүнэн-санаатынан салайарын быһаарар. Ол аата арыгы иһиитигэр өй-санаа туруга быһаарар күүһэ ордук улаханын билинэрбитигэр тиийэбит.

Өй-санаа тулуурдаах буолуутун ситиһэн, аһара элбэх арыгыны испэккэ, кэмигэр тохтуурга үөрэнии хас биирдии киһиттэн ирдэнэр олох кытаанах көрдөбүлэ буолар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах, дьулуурдаах, өһөс буолууга эрчийии, кини арыгы иһиэн баҕатын кыана туттунарын үөскэтэр. Тулуурдаах буо¬лууга үөрэммит оҕо арыгыга ылларбат, өйө-санаата күүстээҕиттэн, кытаанаҕыттан этин-сиинин баҕатын тулуйан арыгыны аһара испэт, өйүн-санаатын харыстыыр кыахтанар.

Арыгы киһиэхэ хайдах быһыылаахтык дьайарын элбэхтик боруобалаан эрэ көрөн билэргэ тиийиллэрэ улахан эрэйдээх. Үчүгэйдик тиийимтиэ гына суруллубут кинигэлэри аахпат эдэрдэр улаатан иһэннэр арыгыны биирдэ эмэтэ аһара иһэн кэбиһэр кыахтара улахан. Итирбит кэмнэригэр кыра эрдэхтэринэ туохха, ханнык өйгө-санааҕа үөрэтиллибиттэринэн, ийэ куттарын салайыытынан сылдьар кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Бу кэмҥэ хайдах быһыыланан, бэрээдэктэнэн сылдьаллара, тугу оҥороллоро кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарыгар ханнык өй-санаа иҥэриллибититтэн, хайдах иитиллибиттэриттэн эрэ быһаччы тутулуктанар.

Кыра эрдэхтэринэ атаахтаан, барыга бары көҥүллүк, талбытынан бара үөрэммит оҕо аһара баран, сыыһа-халты туттунан ыар быһыылары оҥорон кэбиһэр кыаҕа итирбит кэмигэр улаатан хаалар. Итирбит кэмнэригэр ханнык быһыыны оҥороллоро барыта хайдах хампаанньаҕа түбэһэллэриттэн, ханнык сабыдыал баарыттан эрэ тутулуктанар кэмэ кэлэр. Билигин эдэрдэр арыгы иһэн баран буруйу-сэмэни оҥоруулара элбээбитэ барыта кэриэтэ итинтэн, оҕону кыра эрдэҕинэ атаахтык иитииттэн тутулуктааҕын кут-сүр үөрэҕин туһаммаппытыттан аахайбакка сылдьабыт. Маанылана, хайҕана, киһиргэтиллэ үөрэммит оҕо тулуура аҕыйаҕыттан арыгыһыт буолан хаалар кыаҕа улаатарын билиэхпит этэ.

Саха дьоно бөлүһүөк, инникини-кэнникини дириҥник анааран ыраахха диэри ырытар үгэстээхтэр. Кэлин кэмҥэ кырдьаҕастар бөлөһүөктүүллэрин, үөрэҕэ суох оҕонньор этиитэ диэн кыра үөрэхтэммит, арҕааҥҥы омуктардыы аҕыйах тылы саҥарар, биир эмэ кинигэни үрдүнэн-аннынан аахпыт дьон аахайан истибэттэр. Иһиттэхтэринэ даҕаны ханнык даҕаны суолтаны биэрбэттэр. Сахалыы олох үөрэҕин арҕааттан кэлэр үөрэхтээһин, нууччалар үөрэхтэрэ баһыйарыттан хаалларан сылдьабыт. Ол курдук “Атаах оҕо – арыгыһыт буолар” диэн өс хоһоонун сэбиэскэй былаас оҕолору барыларын атаахтатар кэмигэр умнубуппутун оннугар түһэрэн оҕону иитиигэ быһаччы туһаныа этибит.

Биһиги санаабытыгар олох үөрэҕэ уонна үөрэхтээһин тус-туспалар. Балары булкуйумуохха сөп этэ. Балар тус-туспаларын быһаарарга кырдьаҕас дьон этиилэрин болҕойон иһиттэххэ олус сөптөөх этиилэри булан ылаттыах¬ха сөп. Баттахтара маҥхайыар диэри уһуннук олорон, үлэлээн-хамсаан элбэх сиэннэрин улаатыннаран, өссө хос сиэннэрин үөрэтэ сылдьар дьон, олох, өй-санаа туһунан билиилэрэ ордук элбэх буолара ханан даҕаны саарбахтаммат. Киһи бэйэтин олоҕуттан үөрэнэн үөрүйэх буолар, хамсаныылары оҥороруттан буор кута сайдан иһэр.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ боруобалаан көрөн үөрэнэр үөрэҕэ олох үөрэҕэ диэн ааттанар. “Саха киһитэ тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ астынар”,- диэн этии баара олох үөрэҕин тутаах көрдөбүлэ буолар. Үгүс кырдьаҕастар бэйэлэрин олохторун уопутун киһилии кэпсээн, киэргэппэккэ, киһиргээбэккэ эрэ эдэр дьоҥҥо тириэрдэллэрэ буоллар ордук улахан туһаны оҥоруо этилэр.

Арыгы испит киһи өйө-санаата уларыйыытын олоххо уопутурбут дьон ордук билэллэрин эбэм Лөкүө үөрэҕэ дакаастыыр. Ол курдук урукку кэмҥэ, арыгы аҕыйаҕар дэриэбинэҕэ итирбит киһи ыаллары кэрийэн арыгы көрдөөн эбинэ сатыыр буолара. Хаһан да хатаммат тыа ыалыгар итирик, “бытыга умайбыт” киһи киирэн баран тахсыбата, олус өр ону-маны лабаҥхалыы, киэһээҥҥи аһылыгы кэтэһэ олороро баар буолааччы. Итирик киһини кытта кэпсэтиигэ хаһан баҕарар өйдөөн, өйөөн, кини этэригэр туга да буоллар сөбүлэһэри биллэрии, кэпсэтии эйэлээхтик барарыгар олук буолар уонна итирик киһи өйө-санаата кыра оҕотугар түһэрин, бэйэтин туһугар ордук кыһанарын дакаастыыр. Итини тэҥэ эбэбит хантан эрэ муннуктан кыра тобохтоох бытыылканы булан үрүүмкэҕэ кута охсон биэрдэҕинэ, ыалдьыкка, соҕотохто үтүө эбэ буола түһэрэ. Санаата көммүт киһи хаһан баҕарар үтүө быһыылары оҥороруттан, үөрэ-көтө дьиэтин диэки айанныыр кыахтанара.

Биһиги үлэһит дьоммутун ханнык эрэ, ыарахан илии үлэлэрин букатын даҕаны билбэт, саастарыгар үлэлээбэтэх тыл үөрэхтээхтэрин уонна артыыстар этиилэригэр үөрэтэ сатыырбыт төрдүттэн сыыһа. Эдэр дьон бэйэлэрин аттыларыгар сылдьар, биир олохтоох дьон билиилэрин ордук билиэхтэрин баҕараллар. Эдэрдэргэ кырдьаҕастар, үлэлээн-хамсаан көрдөрө сылдьар дьон олох туһунан үөрэхтэрэ ордук туһалаах буолар. “Үчүгэй кырдьаҕастар суох сирдэригэр эдэрдэр халы-мааргы буолаллар”,- диэн Kавказ омуктарыгар баар этии итини бигэргэтэр.

Kырдьаҕастар уһуну-киэҥи санаан, кэлэр көлүөнэлэрбит өйдөрө-санаалара, саҥарар тыллара ханнык суолунан сайдан барара билигин быһаарылларынан, сөптөөх суолу булалларыгар көмөлөһүөхтэрэ этэ. Урукку, сэбиэскэй былаас кэмигэр оҕону иитиини уонна үөрэтиини детсадтар, оскуолалар, ол аата государство ылара, билигин, ырыынак кэмигэр ыаллар, төрөппүттэр бэйэлэрэ эрэ барытын салайаллар. Бу кэмҥэ аймах-хаан, буор кут оруола улаатан, үрдээн биэрэр. Ыаллар, ол аата аймахтар кэлэр көлүөнэлэрин иитиигэ уонна үөрэтиигэ дьэ дьиҥнээхтик кут-сүр үөрэҕин туһанан кытаанахтык, чиҥник ылсыстаххытына аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ туруктаах өйдөөх-санаалаах, тулуурдаах буола улааттахтарына арыгыга кыаттаран, арыгыга ылларыахтара суоҕа, кэлэр көлүөнэлэрэ салгыы сайдан иһэр кыахтаныахтара.

ИТИРДИИ

Арыгы дьон олоҕор киирбитин кэннэ өй-санаа үөрэҕэ ордук сайдыбыта. Үгүстэр илэ өйдөрүнэн сырыттахтарына ханнык; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу санаалаахтара ханнык быһыылары оҥороллоруттан арыллан тахсара уһун кэми ылара. Онтон арыгыны элбэхтик испит, итирбит киһи олохсуйбут үчүгэй эбэтэр куһаҕан санаалардааҕа, ханнык үгэстэрдээҕэ түргэнник быһаарыллар кыахтаммыта.

Үгэс буолбут куһаҕан санаалаахтары арыгыны аһара иһэрдэн түргэнник арыйан билэллэриттэн дьон бары үчүгэй санаалардаах буола сатааһыннара үөскээбититтэн үчүгэй киһи таҥара Христос үөскээн Европа дьонугар киэҥник тарҕаммыта.

Арыгы өйгө-санааҕа дьайар уратытын дьон киһи өйүн-санаатын кистэлэҥин билэргэ былыргыттан туһаналлар. Киһи өйүн-санаатын уратылара арыгыны аһара истэҕинэ биллэн тахсалларын туһанан өй-санаа туругун итирбитин кэннэ быһаараллар этэ.

Арыгыны аһара иһэн кэбиһии киһи салгын кута көтөрүгэр, итирэригэр тириэрдэрэ ийэ кутугар ханнык өй-санаа иҥэн сылдьарын быһаарарга туһалыыр. Итирии диэн киһи өйө, салгын кута көппүтүн, ийэ кутун салайыытыгар киирбитин быһааран этиллэр. Итирии кэнниттэн киһи ийэ кутугар ханнык үгэстэр иҥэн сылдьаллара оҥорор быһыыларыттан, тугу саҥарарыттан быһаарыллар кыахтанар. Итирии эмиэ араастаах. Арыгыны аһара иһии киһи оҥорор быһыыта буоларынан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки аҥы арахсар:

1. Бэйэтин көҥүлүнэн арыгыны элбэхтик иһэн итирдэҕинэ итирбит диэн этэллэр. Бэйэтэ иһэн итирбитэ быһаарыллар.

2. Атыттар тугунан эмэ дьайан арыгыны элбэхтик иһэрдэн итиртэхтэринэ итирдии үөскээн тахсар. Атын дьон көмөлөрүнэн аһара иһэн кэбистэххэ итирдии буолар.

Дьон бары биир тэҥ үчүгэй, үчүгэйи эрэ баҕарар буолбатахтар, араас кистэлэҥ санаалара, сыаллара элбэх. Итирдиини туһанан бэйэлэригэр туһалаах араас сыалы ситиһэ сатыахтарын сөп:

А /. Киһи өйүн-санаатын уратыларын билии.

Б /. Баай-мал өттүнэн туһаны таһаарыныы.

В /. Киһи араас кистэлэҥнэрин билии.

Арыгы иһэргэ уопута суох эдэр киһи итирдиигэ бэйэтэ, арыгы киһиэхэ хайдах дьайарын билбэтиттэн киирэн биэрэрэ элбээн хаалыан сөп. Ыстакааннарга биир тэҥник кутан баран охсуһуннара-охсуһуннара иһэн иһэргэ күһэйии уопута суох, аҕыйаҕы иһэр эдэр киһини итирдиигэ аналланар. Тоҕо диэтэххэ арыгыны биирдэ эмэтэ иһэр эдэр, үөрүйэҕэ суох киһи кыра арыгыттан итирэрин уопуттаах дьон билэннэр итинник, бэйэлэрин кытта тэҥҥэ иһэрдэн, итирдэн ис санаатын билэллэр.

Арыгыны иһэ үөрүйэҕэ суох, биирдэ эмэтэ иһэр эдэр киһини итирдии араас көрүҥнээх буолуон сөп:

а. Киһиргэтэн баран элбэҕи кутан биэрэн иһэрдии.

б. Арыгыны иһэ үөрэммит киһи биир тэҥҥэ үрүүмкэҕэ кута-кута, охсуһуннара-охсуһуннара иһэрдиитэ.

в. “Ыстараап” диэн ааттаан элбэҕи түргэнник иһэрдии.

Арыгы иһиитигэр итинник уратылар баалларын уопуттаах дьон туһаналларын эдэрдэр билэн эрдэттэн сэрэнэ сылдьыа этилэр. Ол иһин оҕолору оскуоланы бүтэрэллэригэр арыгыны сатаан иһиигэ үөрэтии эрэйиллэр. Өйү-санааны үөрэтээччилэр киһини итирдэн көрөн өйүн-санаатын туругун быһаарыыны арыгы дэлэйбитин кэннэ киэҥник туһанар кыахтаммыттара.

Итирдии былыргыттан туттуллар. Былыргыны кэпсиир кэпсээннэрбитигэр кэлии нууччалар арыгы иһэрдэн итирдэн баран булчуттар түүлээхтэрин босхону эрэ үрдүнэн хомуйан ылаллара элбэхтик суруллубуттар.

Биир киһи өйө-санаата үчүгэйтэн куһаҕаҥҥа уларыйарын түргэнник быһаарыыга арыгы туһалаабыта чахчы. Ол курдук арыгы испэтэх кэмигэр үтүөкэн майгылаах үлэһит киһи итирдэҕинэ куһаҕаннык быһыыланара элбиирэ онно төрүөт буолбута сөп.

Итирбит киһи куһаҕаннык, киһиттэн таһынан быһыыланара киһи өйө-санаата тус-туспаларын быһаарыыга туһалаабыта чахчы. Өйдөөх эрдэҕинэ олус үчүгэй киһи итирдэҕинэ өйө көтөн, куһаҕан киһиэхэ кубулуйара тиийэн кэлэрэ биир киһи өйө-санаата икки аҥы арахсарын, үчүгэй уонна куһаҕан буолан ылар кэмнээхтэрин арааран билиигэ туһалаабыт.

Итирбит киһи салгын кута көтөн туттунар күүһэ мөлтөөн хааларыттан уонна ийэ кутунан салаллан сылдьарыттан кини оҥорор быһыыларыттан, саҥарар саҥатыттан ис санаатын, ийэ кутун өйүн-санаатын быһааран билэргэ туһалыыр.

Урукку кэмнэргэ арыгы дэлэй эрдэҕинэ арыгыны испэт дьон улаатан эрэр оҕолорун арыгы иһэрдэ, итирдэ сатааһын баар буолара. “Бэйэтэ арыгы испэппин” диир эрээри, уола арыгыны иһэ сылдьар диэн этээччилэр бааллара. Онон арыгынан мэҥиэлээһини, иһэрдэ сатааһыны эдэр киһи тулуйар кыахтаныа этэ.

Киһи тас көрүҥүттэн туох санаалааҕа, тугу саныы сылдьара биллибэт. Сахалар “Киһи эриэнэ иһигэр, ынах эриэнэ таһыгар” диэн этиилэрэ итини бигэргэтэр. Бу этии киһи ийэ кута хайдах иитиллибититтэн улахан тутулуктааҕыттан үөскээн тахсыбыт. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээбит ийэ кутун дьайыыта киһиэхэ бэйэтигэр биллибэт курдугун да иһин улааппытын да кэннэ син-биир дьайа сылдьар. Киһи тугу эмэ оҥороору гыннаҕына ийэ кута көҥүллээтэҕинэ эрэ сыыдамнык, иҥнигэһэ суохтук оҥорор. Урут оҥорон көрө илик быһыытын оҥороругар киһи улаханнык моһуогурарын, тутан көрө-көрө уурарын кэтээн көрүү бигэргэтэр.

Киһи тас көрүҥүттэн ханнык ис санаалардааҕа биллибэт. Кини ис, кистэлэҥ санаатын билиэхтэрин баҕалаахтар хаһан баҕарар бааллар. Үчүгэй эбэтэр куһаҕан санаалардаах киһини быһааран билиигэ итирдии туттуллар этэ. Ол курдук итирбит киһи ис, кистэлэҥ санаатын бэйэтэ да билбэтинэн кэпсээн, биллэрэн кэбиһиэн сөбүттэн урукку кэмнэргэ киһини билиэхтэрин баҕардахтарына итирдиини анаан-минээн туһаналлар эбит.

Олох сайдан, арыгы уонна наркотик дэлэйэн истэхтэринэ дьон тулуурдара, өһөстөрө элбээн, арыгыны аһара испэт, наркотигы аһара туттубат кэмнэрэ үөскээтэҕинэ эрэ араас абылаҥнара эбиллэн иһэр олоҕу салгыы олорор кыахтаналарын билиэ этилэр. Бу быһаарыы сахалар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооннорунан толору этиллэр. Кэлэр көлүөнэлэр тулуурдара, өһөстөрө эбиллэн биэрдэҕинэ эрэ сайдар, арыгылара, наркотиктара, араас абылаҥнара эбиллэн иһэр олоҕу киһи быһыылаахтык олорор кыахтаныахтарын сөп. Мөлтөхтөр, өйдөрө-санаалара туруга суохтар арыгыһыт, наркоман буолан олохтон эрдэлээн туораан иһиэхтэрэ. Ол аата дьон тулуурдаахтара, өһөстөрө, олох ыараханын, эрэйин тулуйааччылара эрэ ордон хаалан олоҕу салгыы олорор кыахтаныахтара.

“Туох барыта үһүстээх” диэн үөрэх хаһан үөскээбитэ биллибэт эрээри, дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбиттэриттэн ыла, өй-санаа үс дойдуга арахсыыта үөскээбититтэн ыла сайдан барбыта быһаарыллар. Бу быһаарыы үөскээһинигэр арыгы испит киһи куһаҕаннык быһыыланара улахан оруолу ылбытыгар сөп. Дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билиилэрэ, өй-санаа салгыы сайдыытын, тупсуутун, улахан, үчүгэй киһи таҥаралар үөскээһиннэрин саҕалаабыта.

Онон итирбит киһи ийэ кутун өйүнэн-санаатынан салаллан сылдьарынан бэйэтигэр туһалаах өттүн урутаан оҥоро сатыырыттан сыыһа-халты туттунара үксүүр. Итирэртэн, итирдэллэриттэн киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн сэрэннэҕинэ, харыстаннаҕына эрэ олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын билиэ этэ.

АБЫРАХ

“Һуу, айыы-айа. Бу ханна баарбыный? Баһым хампы бараары гынна”,- диэн бэҕэһээ улаханнык ары¬гы иһэн кэбиспит киһи, сарсыарда уһуктан баран айманар, санааргыыр, хайдах манныкка тиийэн хааллым диэн кэмсинэр, кэлэнэр. Тамаҕа куура хаппытыттан уу иһэн абыранаары, арай тураары гыммыта мэйиитэ эргийэриттэн, кыайан турбакка орон баһыттан тутуста, салҕалыы-салҕалыы туран хаама сатаата. Иҥнэри бара сылдьарыттан кыайан хаампакка онтон-мантан тутуста. Бэрт эрэйинэн, олоппоһу түҥнэри көтөн уу баар сиригэр, куукунаҕа тиийэн кыраантан куруускаҕа куттаары гыммыта, илиитэ истибэккэ, быһа салҕалаан иһитин да таба куппата.

Төбөтүнэн таҥнары түһэн кыраантан бэйэтиттэн ыймахтаата, “һуу”, -диэн өрүтэ уһуурбахтаан ылан баран, өссө омурдуталаата, арыычча уоскуйа быһыытыйда. Аны баһын дьэгдьитээри тымныы ууну оройугар куппута соччо туһалаабатыт¬тан туох эмэ тиийимтиэ соҕус баара буоллар диэн санааҕа ылларда.

Тымныы уу куттан, баһа арыычча дьэгдьйэн дьыбаан аттыгар хаалларбыт бытыылкатыгар биир үрүүмкэ курдук арыгы тобоҕо ордубутун өйдөөн кэллэ. Тиэтэйэ-саарайа харбыалаһан тиийэн бытыылканы булан ылан ыстакааҥҥа куттан иһээт, сотору хараҕа сырдаан, баһын ыарыыта ааһа быһыытыйан, аны букатын көнөтүк хаамар киһи буола оҕуста.

“Һуу, хата бэркэ даҕаны, бу арыгы тобоҕун, абырах сыыһын ордорон хаалларбыт эбиппин. Абырахтана охсоммун син бэттэх кэллим дии”,- диэн абыраммыт, дьэгдьийбит киһи үөрдэҕэ үһү.

Арыгыны аһара иһииттэн бас алдьаммытын, ыалдьыбытын түргэн үлүгэрдик суох оҥорон, эмтии охсору биллэрэр “абырах” диэн тыл сахаларга хантан кэлэн баар буолан хаалла. Эчи сөп түбэһэрэ да бэрт. Түргэн үлүгэр¬дик таҥас алдьаммытын хам анньан дуу, хам баайа охсон дуу абырахтаан кэбиспит курдук. Үрүүмкэ курдук арыгыны ылан иһэн кэбистэххэ, төбө ыарыыта мүлүрүйэ түһэр буоллаҕа үһү. Көр, төбө ыарыыта итинник түргэнник ааһарын олус былыргыттан үчүгэйдик билэннэр “абырах” диэн ааттаатахтара дии. Абырал буоларын өбүгэлэрбит чахчы билэллэр эбит.

Арыгы иһэн баран ыарыйдахха, өлөртөрдөххө кыра эмэ, биир да үрүүмкэ арыгыны хантан эмэ булан истэххэ, “абырахтана” охсон, салҕалаабыта ааһан, төбөтө дьэгдьийэн, киһи үчүгэй буолан хаалара биллэр суол. Олус ыарахан ыарыы кэнниттэн бу курдук, олус түргэнник үчүгэй буолан хаалыы, төбө ыарыыта ааһан хаалара үчүгэйэ, дөбөҥө, үөрүүтэ, тулуура аҕыйах, атаахтык иитиллибит киһини арыгыны элбэхтик иһиигэ үтүрүйэр күүһэ аһара улахан.

Сымнаҕас майгылаах, атаах, ыараханы, ыарыыны тулуйа үөрүйэҕэ, өсөһө суох эдэр киһи төбөтүн ыарыыта ааһара дөбөҥүттэн, үчүгэйиттэн, хас арыгыны аһара истэҕин аайы абырахтанан иһэриттэн, онно түргэнник үөрэнэн хааларыттан арыгыһыт буолара түргэтээн хаалар. Бу быһаарыыттан тирэх ылан “Атаах киһи арыгыһыт буолар” диэн этии үөскээбитэ чахчы.

Арыгыны бэйэтэ иһэн, итирэн боруобалаабатах киһи арыгы хайдах дьайарын ситэ билбэт, кини арыгыны иһимэҥ диэн үөрэтэрэ ханнык эрэ кинигэни аахпытыттан эбэтэр истибититтэн эрэ буолуон сөп. Маннык үөрэх атыттарга, боруобалаан көрүүтэ суоҕуттан тиийимтиэтэ кыра. Ол иһин бэйэтэ арыгыттан эрэйдэммит, куһаҕанын чахчы билбит уонна бэйэтин кыана туттунан арыгыны иһэрин бырахпыт киһи үөрэтэрэ олохтоох, дьоҥҥо тиийимтиэ.

Аан маҥнай итирэн өйдөммүт киһи олус санааргыыр, сыыһаны оҥорбутуттан, куһаҕаннык быһыыламмытыттан кэмсинэр. Бу кэмҥэ киниэхэ киһилии сыһыаннаһыы, өйдөөн көмөлөһүү итирии, сыыһа туттуу өссө хатыланара тохтууругар олук буолуон сөп.

Оскуоланы бүтэрэн саҥа үлэһит буола сылдьан табаарыһым төрөөбүт күнүгэр үөрүүбүттэн аһара иһэн кэбиһэн итирэн хаалбыт этим. Айдаан-куйдаан бөҕө үһү, дьиэбэр тутан аҕалбыттар. Сарсыарда ынырык төбө ыарыыта. Нэһиилэ туран салбыҥнааһын. Эбэм арыгы иһэн баран ыарыйдаххына “Абырахтаммат эрэ буол” диэн этэн, үөрэтэ-үөрэтэ балык буһара охсон итии миини тото иһэрдэн киһи-хара оҥорбутун букатын умнубаппын.

Алҕас иһэн кэбиһиллибит элбэх арыгы киһи этиттэн-сииниттэн ыраастанан сотору тахсан хаалар. Медицинэ үөрэҕэ этэринэн 6 эбэтэр 8 хонугунан киһи биирдэ испит арыгытыттан ыраастанар. Сити кэнниттэн арыгы иһэри бырахтаҕына киһи этигэр-сиинигэр улахан уларыйыы тахсыбакка ааһан хаалыан сөп. Ол аата биирдэ эмэтэ итириэр да диэри иһэн кэбиһэр киһи арыгыһыт буолбатах, ханнык эрэ атын биричиинэттэн аһара иһэн кэбиһиэн сөп.

Эдэр киһи сыыһа туттаран элбэх арыгыны иһэн кэбистэҕинэ нөҥүө күнүгэр төбөтө ыалдьан нэһиилэ сыыгынаан сылдьар. Бу аата кини этигэр-сиинигэр соһуччу элбэх арыгыны испитэ дьааты испит курдук дьайыытын түмүгэ буолар. Итирбитин этэҥҥэ аһаран, арыгыттан ыалдьыбыта аастаҕына эдэр киһи эмиэ үчүгэй буолан, доруобуйата тупсан санаата табыллан сылдьар. Ол аата, алҕас туттаран биирдэ элбэх арыгыны иһэн кэбиһии, киһиэхэ дьааты испит кэриэтэ дьайара уонна ааһан хаалара кырдьык.

Биһиги улаатан истэхпитинэ арыгы дэлэйэн испитэ. Эбэбит Лөкүө эмээхсин: “Арыгыны биирдэ эмэ аһара истэххитинэ даҕаны, хаһан да абырахтанымаҥ, оччоҕуна арыгыга ылларыаххыт суоҕа”,- диэн үөрэтиитэ олус табатын билигин кэлэн, сааһыран баран, дьэ биллибит. Ол иһин бу таба үөрэҕи тарҕата сатыыбыт. Бу эбэбит үөрэҕин олохпут устата кытаанахтык тутуһа сылдьыбыппыт арыгыга ылларыыттан чахчы харыстаата.

Эбэбит бу этиитэ саха кырдьаҕастара урут даҕаны арыгыһыт буолбат иһин охсуһалларын уонна арыгы дьайыытын дириҥник үөрэппиттэрин бэлиэтиир. Арыгы маҕаһыын аайы дэлэччи анньыллан турдаҕына, ким да арыгы көрдүү, ону булары “проблема” оҥосто сылдьыбат. Итини тэҥэ иҥэмтэлээх аһылыгы аһыы-аһыы арыгыны истэххэ киһи эмискэ итирэн хаалбат диэн эбэбит этэрэ арыгы дьайыытын кыччатыыга олус туһалаах.

Сэттэ, аҕыс уонус сыллардаахха арыгы өссө элбээбитэ. Биирдэ эмэ ханнык эрэ хампаанньаҕа кыттыһан эдэр киһи арыгыны аһара иһэн кэбиһэрэ баар буолар этэ. Нөҥүө күнүгэр өйдөнөн-төйдөнөн баран эбэм эппитин өйдөөн кэлэн туох баар тулуурбун барытын мунньунан тулуйан, хаһан да абырахтаммакка эрэ аһаан, миин иһэн арыгыны аһарынар этим.

Билигин сааһыран олорон санаан көрдөххө кырдьаҕас эбэбит арыгы туһунан билиитэ олус киэҥ, дириҥ эбит. “Арыгы испит, итирбит киһини мөхпөт, кыйахалаабат баҕайы” диэн куруук этэрэ.

Бу кэмҥэ өй-санаа үөрэҕин дириҥник хасыһаммын эбэм ити этиитэ олус табатын бигэргэтэр кыахтанным. Ол курдук киһи итирэн өйө, салгын кута көппүтүн кэннэ ийэ кута кинини быһаччы салайар. Бу кэмҥэ киһи бэйэтин иннин көрүнэр, этин-сиинин баҕатын урутаан толорор кэмэ кэлэр. Ол иһин куһаҕаннык, сөбүлээбэтин этиттэрдэҕинэ, өһүргэнэрэ түргэниттэн сыыһа-халты туттунара киирэн кэлиэн сөп. Манна кэлэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута хайдах иитиллибититтэн итирдэҕинэ оҥорор быһыылара быһаччы тутулуктаахтара дакаастанар. Өй-санаа туругун дириҥник үөрэппит кырдьаҕастар этиилэрэ олох салҕанан истэҕинэ ити курдук дакаастанан иһэллэр.

Онон арыгы диэн туһалаах аһы киһи быһыылаахтык, аһара барбакка эрэ аһыырга үөрэнии киһиттэн ирдэнэр олох биир тутаах көрдөбүлэ буолар. Киһи бары кыаҕын, тулуурун киллэрэн арыгыны кэмнээн иһэргэ эбэтэр төрүт испэккэ эрэ олоҕун олороро өйүттэн-санаатыттан ордук улахан тутулуктаах, ол иһин төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн өйүн-санаатын бөҕөргөтөн, өсөһүн, тулуурун урут бастаан сайыннараллара ирдэнэр.

АРЫГЫ ЭДЭР КИҺИ ӨЙҮГЭР - САНААТЫГАР ДЬАЙЫЫТА

Кэнники кэмҥэ учуонайдар киһи мэйиитин дириҥник үөрэтэннэр, өйө-санаата хайдах үлэлиирин кытта быһаарар кыахтаннылар. Атын сай¬дыылаах норуоттар өй-санаа, таҥара үөрэҕин дириҥник баһылааннар, бэйэлэрин олохторугар киэҥник туһаммыттара ыраатта. Онтон итинник үөрэхтэр баалларын Россия олохтоохторун үгүстэрэ “перестройка” кэнниттэн эрэ биллилэр.

Психолог Рон Хаббард үөрэтиитинэн киһи Айылҕаттан айыллыаҕыт¬тан икки тус-туһунан өйдөөх-санаалаах. Бу икки өй-санаа киһи олоҕун араас кэмнэригэр ханнык балаһыанньаҕа түбэспититтэн көрөн бэйэ-бэйэлэрин хардарыта солбуйсан биэрэллэр. Бу курдук икки тус-туһунан өй-санаа баара киһи олоҕун сиэригэр ордук сөп түбэһэр уонна ити өйдөр-санаалар бэйэ-бэйэлэриттэн маннык уратылардаахтар:

1. Толкуйдуур өй-санаа. Бу киһиэхэ олус наадалаах үөрэҕи-билиини ылынан, онон салайтарар өй-санаа буолар. Маннык өй-санаа киһи улаатан, үөрэнэн истэҕинэ бэйэтин кытта сайдан-үүнэн, тупсан, уларыйан биэрэн иһэр. Ол курдук төрөппүттэр, учууталлар ыйыылара уонна тулалыыр дьону кытта бииргэ сылдьыы үөрэхтэрэ киһиэхэ сыыйа-баайа иҥэннэр, үгэскэ кубулуйан олохсуйан иһэллэр. Оҕо ханнык балаһыанньаҕа хайдах туттарга-хаптарга, дьону кытта хайдах кэпсэтэргэ төрөппүттэрин уонна учууталларын көрөн, үтүктэн үөрэнэр. Ханнык баҕарар үөрэх киһи мэйиитигэр толкуйдуур өй-санаа саппааһыгар мунньуллан, киһи билиитэ-көрүүтэ сыыйа эбиллэн, дириҥээн иһэр. Үөрэҕи баһылаан сайдыыны ситиспит киһи салгыы бэйэтин олоҕор куруук кэриэтэ толкуйдуур өйүнэн-санаатынан салайтарар.

2. Быһаччы быһаарар өй-санаа. Бу өйү-санааны наукаҕа инстинкт диэн ааттыыллар. Ити аата, айылҕа киһини харыстаан, олоҕор буолан ылар сорох ыксаллаах түгэннэргэ быһаччы харыстанар хамсаныылары олус түргэнник оҥороругар кыаҕы биэрэр быһыыта буолар. Ол курдук соһуччу тарбаҕы итиигэ хаарыйдахха, соҕотохто сулбу тардан ылыы тугу да толкуйдуу сатыы турбакка эрэ оҥоруллар. Итинниккэ маарынныыр киһи олоҕор, тыыныгар суоһуур араас түгэннэртэн быыһанарыгар анаан киһиэхэ харыстанарыгар аналлаах өй-санаа айылҕаттан быһалыы бэриллэр эбит. (4,57-63).

Киһи мэйиитэ эмиэ айылҕаттан харыстанар оҥоһуулаах. Ол иһин олус элбэх арыгыны иһэн киһи хаанын састааба уларыйдаҕына эбэтэр улаханнык төбөтө доргуйдаҕына, мэйии бэйэтин харыстанан толкуйдуур өттө арахсан хаалар. Оннук кэм тиийэн кэллэҕинэ киһи быһаччы быһаарар өйүнэн салаллан сылдьарга күһэллэр. Маннык балаһыанньа сахалыы “Өйө көппүт” диэн этиинэн толору бэриллэр. Бу этии киһи толкуйдуур өйө арахсан хаалбытын бэлиэтиир этии буолар. Манныкка тиийбит дьон тугу гыммыттарын, кэпсэппиттэрин, ханна сылдьыбыттарын букатын өйдөөбөттөр. Ити кэмҥэ кинилэр быһаччы быһаарар өй-санаа урук¬ку уопуттарыттан мунньуллубут араас толкуйдаабакка эрэ быһаччы быһаарыылар уонна араас хамсаныылар саппаастарынан туһананнар салайтаран сылдьаллара быһаарыллар.

Онон, оҕо улаатан, араас балаһыанньаларга түбэһэн хас мэйиитин доргутан, өйүн сүтэрэн истэҕин аайытын кини быһаччы быһаарар өйүн-санаатын саппааһа эмиэ эбиллэн уонна мунньуллан иһэр уратылаах.

Билигин биһиги, саха дьоно, арыгыһыт буолбат иһин охсуһууну ыытабыт. Итиэннэ бу охсуһуубутугар туттар баар-суох ньымабытынан “улахан убайбыт” үөрэппит, боростуойдук “бобон” кэбиһэр ньыматын киэҥник тутта сылдьыбыппыт. Итини тэҥэ саха киһитэ арыгыны сатаан испэт, итирдэр эрэ айдаарар уонна содуомнуур дииллэр. Онтон итинник быһыыны, билиҥҥи психология, өй-санаа үөрэҕинэн быһаардахпытына, биһиги бэйэбит арыгы испит киһи быһаччы быһаарар өйүгэр охсуһар-этиһэр өйү-санааны киллэрэн, олохсутан биэрэр эбиппит.

Аан маҥнай арыгы иһэн итирбит эдэр киһи быһаччы быһаарар өйүнэн салайтаран сылдьар кэмигэр охсуһар, этиһэр туһунан өйдөбүлэ суох буолар. Урут маннык балаһыанньаҕа түбэспэтэх буолан кини быһаччы быһаарар өйүн саппааһыгар итинник өйдөбүллэр суохтар, ол иһин кини тугу оҥороро атын тулалыыр дьон хайдах быһыыланалларыттан көрөн уларыйан биэрэр. Бу кэмҥэ этиһии-охсуһуу тахсан этэ ыарыйдаҕына, туох кыаҕа баарынан бэйэтин көмүскэммитинэн барар. Итинэн эдэр киһи аан маҥнай итирэн өйүн сүтэрбит кэмэ, инники олоҕор саамай быһаарыылаах түгэн буолара биллэн тахсар. Манна балаһыанньа икки аҥы өттүгэр улаханнык халбаҥныан сөп. Ол курдук, бу киһи итирбит кэмигэр, атын киһи киниэхэ хайдах сыһыаннаһара ордук арылхайдык арыллан биэрэр. Итирбит киһи үчүгэйдик, киһилии сыһыаннаһар киһитин этиитин хаһан баҕарар ылынымтыа уонна толорумтуо буолар уратылааҕын тэҥэ, сөбүлээбэт киһитигэр хайдах санаалааҕын сонно биллэриэн сөбүттэн араас иирсээннэр тахсаллар.

Эдэр киһи аан маҥнай арыгы иһэн, итирэн өйүн сүтэрдэҕинэ, дьиэтин иһигэр эбэтэр ханна эмэ кыыһырсыы-абарсыы, ыһыы-хаһыы, этиһии, онтон аны охсуһуу саҕаланнаҕына, бу балаһыанньа кини быһаччы быһаарар өйүгэр суруллан, умнуллубат гына өйдөнөн хаалан иһэр. Маннык быһыы кэнниттэн эдэр киһи өссө итирдэҕинэ, кини быһаччы быһаарар өйүгэр хайдах гынан ол буолбут балаһыанньаҕа бэйэтин көмүскэнэр туһунан эрдэттэн быһаарыммыт өйдөбүллээх сылдьар. Бу өйдөбүллэр киһи хас итирдэҕин аайытын эбиллэн, мунньуллан иһэллэрэ өйүн-санаатын сыыйа, этиһэр, охсуһар өттүгэр уларыталлар.

Ити курдук арыгыһыт киһи өйө-санаата икки аҥы арахсан барыыта саҕаланар. Кини өйдөөх-санаалаах сылдьар итирбэтэх кэмигэр майгылаах бастыҥа киһи, биирдэ эмэтэ итирэн хааллаҕына, урукку кэмҥэ быһаччы быһаарар өйүгэр олохсуйан хаалбыт куһаҕан, охсуһар, этиһэр өйдөбүллэринэн салайтаран, араас сыыһа-халты быһыылары оҥоруон сөп буолан тахсар.

Психолог Рон Хаббард үөрэтэринэн аны итирэн дуу, хайаан дуу өйүн сүтэрбит киһини аһара аһынан, айдааран айманыы кини быһаччы быһаарар өйүгэр киирэн, кини өйүгэр-санаатыгар туормас буолан хаа¬лар. Ол курдук итирбит киһини аһара аһыныы, кинини мөлтөххүн диэн этии киһиэхэ кырдьык мөлтөхпүн эбит диэн өйдөбүлү киллэрэн иҥэрэр. Итинник өйүн сүтэрбит киһиэхэ атын киһи саҥата икки өрүттээхтик дьайарынан сибээстээн, өйүн сүтэрбит киһи быһаччы быһаарар өйө-санаата син-биир үлэлии, истэ сылдьарынан, маннык балаһыанньаҕа түбэстэххэ тугу даҕаны саҥарбат ордук диэн психолог үөрэтэр. Ол иһин сыыһа туттаран, алҕаска өйүн сүтэрбит киһиэхэ бары өттүнэн харыстабыллаахтык сыһыан¬настахха, кини салгыы олоҕор уонна өйүгэр-санаатыгар атын, куһаҕан өттүгэр уларыйыылары киллэрбэккэ эрэ ааһан хаалыан сөп.

Араас хампаанньаларга сылдьаннар эдэр дьон сыыһа туттаннар арыгыны аһара иһэн кэбиһэр түбэлтэлэрэ баар буолар. Алҕас итирэн хаалбыт эдэр киһини тута сатаан күүһүлээһин хайаан даҕаны утарсыыы таһаарар. Төрөппүттэр айманан, мөҕүүлэрэ-этиилэрэ өйө көппүт киһини ордук кыйахалаан, майгынын алдьаталлар. Ол иһин, бу кэмҥэ улахан дьонтон уонна ордук төрөппүттэртэн, сыыһа туттуммут эдэр киһиэхэ ураты болҕомтолоохтук сыһыаннаһыы эрэйиллэр. Эһиги ки¬ниэхэ, итирбитин кэннэ хайдах сыһыаннаһаргытыттан тутулуктанан, кини салгыы олоҕор эрэйэ суох кыайан көннөрүллүбэт уларыйыылар киирэн хаалыахтарын сөбүн таба сыаналыахха наада.

Итирбит киһи өйө-санаата уларыйарын кырдьаҕас эбэбит Лөкүө билэр буолан: “Итирбит киһини кытта аахсыбат баҕайы, хата киһиргэтэн, дэбдэтэн биэрдэххэ ордук буолааччы”, - диэн үөрэтэрэ оруннаах эбит. Ол курдук киһи быһаччы быһаарар өйүнэн, ол аата ийэ кутунан салалла сылдьар кэмигэр бэйэтигэр, этигэр-сиинигэр үчүгэй кэлэрин иһин ордук кыһаллар. Бэйэтигэр үчүгэй кэлиитэ кинини уоскутар быһыыга киирсэр.

Айылҕаттан айыллыбытын быһыытынан киһи быһаччы быһаарар өйө-са¬наата киһини бэйэтин харыстыырга аналлаах. Өй-санаа үөрэҕин маннык быһаарыыта биһиги арыгы испит дьоммут оҥорор дьыалаларыгар хайа да өттүнэн сөп түбэспэт курдук. Араас ыарахан буруйдары дьон итирик кэмнэригэр оҥороллоро биллэр. Киһи итирэн “Өйө көтөн” сырыттаҕына быһаччы быһаарар өйө-санаата урукку мунньуллубут саппаастарынан туһанан салайтарарыттан, урут хаһан эрэ буолан ааспыт түгэннэргэ маарынныыр быһыылартан өйдөөн кэлэн, алҕаһаан, сыыһа туттан, атыннык оҥорон кэбиһиэн эмиэ сөп. Ол иһин элбэхтэ итирээччилэр, итирик сылдьан араас буруйу оҥортууллара үгүс буолар.

Рон Хаббард үөрэппит толкуйдуур өйө-санаата сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн салгын кут өйүгэр-санаатыгар, онтон быһаччы быһаарар өйө-санаата сахалар ийэ уонна буор кут диэн өй-санаа мунньустар куттарыгар сөп түбэһэр. Сахалар ийэ кут диэн өйдөбүллэрэ, өйдөрө-санаалара киһи бары оҥорор быһыыларын барыларын хонтуруоллуу сылдьарын уонна оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ үөскээн олохсуйарын биһиги “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт.

Онон, алҕас итирэн хаалбыт эдэр киһиэхэ ураты болҕомтолоохтук сыһыаннаһыы кини салгыы олоҕо киһилии суолунан барарыгар олус улахан оруоллаах. Киһи мэйиитин оҥоһуутун бу курдук уратыларын хас биир¬дии төрөппүт билэрэ уонна бэйэтин олоҕор, оҕолорун иитиигэ туһаныыта, эдэр үүнэн иһэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара ырааһырарыгар тиэрдиэн сөп.

АРЫГЫНЫ ИҺЭР ҮГЭҺИ СУОХ ОҤОРУОХХА

Саха сирин Москва княжествотыгар холбооһуҥҥа арыгы олус улахан оруолу ылбытын билигин ким да ахтыбат. Ол кэмҥэ саха дьоно кытаанах арыгыны, водканы, испиири букатын билбэттэрэ, кинилэри арыгынан төһө баҕарар албынныырга, көөчүктүүргэ олус улахан кыаҕы биэрбит диэн биһиги ааҕабыт. Kэлии дьону кытта маҥнайгы көрсүһүүлэр улаханнык арыгылааһыннарынан түмүктэммиттэрин кэннилэриттэн олохтоохтор, булчуттар кэлии нууччалары ордук сөбүлээбиттэригэр сөп. Күндүлүүр, маанылыыр ыалдьыттарга ытыктабыллаахтык сыһыаннаһа үөрэммит саха дьоно арыгыны иһии, итирии кэнниттэн туох баар бары сыаналаахтарын туран биэрбиттэрэ ити быһаарыыга ордук сөп түбэһэр.

Арыгыны оҥорон таһаарыыны аҥардастыы государство бас билиитэ арыгы атыыта аҕыйыырыгар, арыгыны испэт дьон элбээн барыыларыгар көмөлөспөт. Арыгы эргиэниттэн киирэр улахан барыстан тииһинэриттэн государство бэйэтэ арыгы иһэр дьон аҕыйаабаттарыгар уонна арыгы куруук баарыгар интэриэһэ улаатар. Салайааччылар араас көрсүһүүлэрэ, презентациялара барылара арыгы иһиитинэн доҕуһуолланаллар. Салайар былаас, государство дьонун итинник быһыылара биһигини үтүктэн, биһиги курдук, бары көрсүһүүлэргитигэр, үөрүүгүтүгэр арыгыта иһэр буолуҥ диэн илэ көрдөрөн дьону барыларын үөрэтэ сылдьаллар.

Биһиги, үлэһит дьон арыгыны аһара испэккэ үөрэнэ сатыыбыт. Бэйэбит быһаарынар өйбүт-санаабыт суоҕуттан, үөһээ диэки көрө, тойоттортон, Москваттан туох ыйыы кэлэрин кэтэһэ олорорго үөрэммиппит. Онту¬бут баара анараа дьоммут арыгыны иһээччилэр аҕыйыахтарын баҕарбаттар. Хата арыгыттан киирэр барыс элбиирин үөскэтэ сатыыллар, арыгыны кытта олохтоох дьон табан, сөптөөхтүк охсуһууну ыыталларын сөбүлээбэттэр, анаан-минээн боппута буола сатаан буккууру киллэрэллэр.

Кинилэр ыйыыларынан ыытыллар арыгыны бобон кэбиһэр быһыы, эдэрдэр бастаан иһэр, саҥаны элбэхтик оҥоро сатыыр өттүлэригэр арыгыны булууга-талыыга интэриэстэрин күөдьүтэн, күүркэтэн биэрэринэн, төттөрү хамсааһыны үөскэтэн, үүнэн иһэр эрчимнэрин, кыайар-хотор баҕа санааларын арыгыны булуу уонна элбэҕи иһии диэки салайар. Онтон салгыы бу быһыы эдэрдэр бастаан иһэр өттүлэрин аны бары үтүктэн, арыгыны була-тала, иһэ сылдьалларын көҕүлүүр, элбэтэр.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ оҕо ийэ кутугар ордук үөрбүт-көппүт майгы иҥэн, өйдөнөн хааларын бэлиэтиир. Ол иһин дьиэҕэ арыгы иһэн үөрүүнү-көтүүнү тэрийии кыра оҕону арыгылыыр үгэскэ үөрэтэрэ ордук күүстээх. Ол курдук араас үөрбүт-көппүт сирэйдэр, ырыа-тойук, хурустаал үрүүмкэлэр лыҥкынас тыастара, кураанах бытыылкалар муостаҕа төкүнүйүүлэрэ барылара кыра оҕо ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар хаһан да умнуллубат гына өйдөнөн хаалаллар. Бу оҕо атын доҕотторун кытта оонньууругар үрүүмкэлэри охсуһуннара оонньооһун, бытыылкалары төкүнүтүү сүрүн бэлиэ буолан иҥэн хаалар кыахтанар.

Дьахталлар үгүстэрэ арыгыны иһиини утараллар. Дьиэҕэ-уокка арыгыны испэт буолуу кыра оҕолорго арыгы иһиитэ үгэс буолан ийэ куттарыгар иҥэн, олохсуйан хаалыытын суох оҥоруо этэ. Кыра эрдэҕиттэн арыгы иһэр үгэскэ үөрэммэтэх оҕо, улаатан баран арыгы иһиитин бэйэтин толкуйдуур өйүнэн-санаатынан, салгын кутунан салайдаҕына аһара испэт, кэмнээн иһэр, бэйэтин арыгы иһэр баҕатын туттунан тулуйа үөрэнэригэр олук ууруллар. Ол аата оҕо улаатан тугу оҥорорун барытын бэйэтэ быһаарар кыахтаммытын кэнниттэн арыгы иһэригэр, сөбүн көрөн, мээрэйин билэн туттунарыгар кыра эрдэҕинэ үөскээбит үгэһэ олук буолар кыахтаах.

Дьон олорор дьиэлэриттэн туспа турар аналлаах аһыыр, арыгы иһэр дьиэлэри тэрийии эр дьон дьиэҕэ хааттаран олорон кыра оҕолоругар көрдөрө-көрдөрө арыгы иһэллэрин тохтотуон сөп. Биир интэриэстээх, сөбүлүүр дьарыктаах эр дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта көрсүһэр, кэпсэтэр, санааларын атастаһар дьиэлэннэхтэринэ олох таһымыттан хаалан хаалбакка, тэҥҥэ барсан иһэллэригэр, аҥардастыы арыгы иһиитин диэки салаллыбаттарыгар көмөлөһүө этэ. Итини тэҥэ аныгы, кыра оҕолоох ийэлэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн арыгы иһэр үгэскэ үөрэппэт сыалтан, арыгылыыр киһини туспа турар арыгы иһэр дьиэҕэ баран арыгылыырын ситиһиэхтэрин сөп этэ.

Аһыыр, арыгы иһэр дьиэлэр аан маҥнай аһыллалларыгар, билсибэт дьон бииргэ түмсэн аһыылларыгар, арыгы иһиитигэр ситэ үөрэнэ илик биһиги дьоммут сүгүннээбэттэрэ биллэр. Дьону бэрээдэккэ үөрэтии төһө эмэ уһун кэми ылара буолуо. Ол курдук саҥа көлүөнэлэр улаатан, инникилэри солбуйан иһиилэриттэн өй-санаа уларыйыыта үөскүүрүн уонна олоххо киирэрэ ситиһиллэрин “Кут-сүр үөрэҕэ” быһаарарын тутуһан, бу дьыалаҕа аһара тиэтэйэн, ыгааһыны тохтотуо этибит.

Билиҥҥи телефон, массыына үйэтигэр аһыыр дьиэ иһигэр бэрээдэги олохтуур аһара улахан уустугу оҥоруомуон сөп. Сотору кэминэн сылдьар дьон үксүлэрэ үчүгэй бэрээдэктээх, үчүгэй астаах дьиэлэр диэки барар буола үөрэниэхтэрэ этэ.

Арыгы иһэр дьиэлэргэ итириктэр айдааннара, охсуһуулара бу дьиэлэр куһаҕан сурахтара тарҕаныытын таһаарыаҕа. Бу дьиэлэр куһаҕан сурахтара төһө киэҥник тарҕаныыта арыгы куһаҕанын эмиэ дакаастыаҕа. Ол аата, арыгы туһунан куһаҕан сурахтар тарҕаныылара арыгыны испэт буолууга туһаны аҕалыахтаахтар. Арыгы иһэр дьиэлэргэ үөскээн тахсар куһаҕан сурахтар төрөппүттэр истиилэригэр тиийдэхтэринэ, кинилэр кыра оҕолорун арыгы иһэр куһаҕан диэн үөрэтэннэр, этэннэр, оҕолоро бу дьиэлэри тумна сылдьаллара үөскүө этэ. Оҕо хаһан баҕарар төрөппүтүн ылыннарыылаах этиитин сэҥээрэр, үгүстүк толорор. Ол аата, бу арыгы иһэр дьиэлэр куһаҕан сурахтара кыра оҕолору арыгы иһэр үгэскэ үөрэтиини тохтоторго улаханнык туһалыахтаах.

Биһиги быһаарыыбытынан арыгы иһэр дьиэлэр дьон өйдөрүгэр-санааларыгар икки өрүттээхтик дьайаллар:

Бастакытынан, эр дьон мустаннар арыгы иһэллэр, кэпсэтэллэр, араас оонньуулары оонньууллар, сынньаналлар, араас санааларын атастаһаллар. Бу дьиэлэр кинилэргэ өйдөрүн-санааларын сынньаталларыгар олус туһалаахтар. Эдэр дьоҥҥо ордук улаханнык туһалыахтарын сөп. Элбэх арыгыны испэт киһи биир эмэ үрүүмкэни иһэригэр маннык дьиэлэр өссө улахан туһаны оҥоруохтара. Биир эмэ үрүүмкэни иһээри сыалай бытыылканы атыылаһан баран, бу киһи барытын иһэн итирэригэр эрэ тиийэр эбэтэр кыттыгастары булунан атыттары эмиэ арыгылатар. Дьоно, кыттыгастара кэлбэккэ хааланнар бэйэтэ эрэ биир бытыылканы барытын иһэ охсон итирэн хаалбыт киһини хата, анекдот оҥостон күлэ сылдьарбыт эмиэ баар.

Арай бу дьиэлэр арыгыны отой испэт дьон санааларыгар арыгыны иһэргэ агитациялыыр кииннэр курдук көстөннөр, маннык дьиэлэри тэрийиини олус күүскэ утарсаллар. Бу дьон арыгы эдэр дьоҥҥо дьайыытын ситэ өйдөөбөттөрүттэн, тиэтэйэн, бары Россия дьонун курдук быһалыы бара сатаан, дөбөҥсүтэн, арыгыны бобон кэбиһии иһин туруналлар.

Иккиһинэн, бу дьиэлэртэн тарҕанар куһаҕан сурахтар кыра оҕолору арыгыттан тэйитэллэр. Бу дьиэҕэ үөскүүр куһаҕан сурахтарынан төрөппүттэр кыра оҕолорун сэрэттэхтэринэ, куттаатахтарына, оҕолор бу дьиэлэри сөбүлээбэт, абааһы көрүүлэрин үөскэтиэхтэрин сөп. Кыра эрдэҕиттэн арыгыны сөбүлээбэккэ ийэ кута иитиллибит оҕо улааттаҕына даҕаны, өйө-санаата улаханнык уларыйбат. Итини тэҥэ эр киһи арыгытын ол дьиэҕэ эрэ истэҕинэ, кыра оҕо арыгы иһэн үөрэри-көтөрү көрбөтөҕүнэ, арыгы иһиитэ өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥэн хаалбат. Ол иһин кини улаатан баран, бэйэтин толкуйдуур өйө, салгын кута сайдыбытын, тулуура улааппытын кэннэ, арыгыны истэҕинэ даҕаны арыгыга баһыттаран, арыгыһыт буолан хаалымыан сөп.

Бу кэмҥэ биһиги арыгыны утары охсуһууга сөптөөх быһаарыныыны ылына иликпит. Арыгыны аһара испэт буолууга дьон өйүн-санаатын уһун кэмҥэ дьаныардаахтык үөрэтиини саҕалыахха, оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн арыгыны иһии үгэс буолан иҥэрин суох оҥоруохха наада. Биһиги бу кэмҥэ диэри “улахан убайбыт” сүбэтинэн, ыйыытынан наар бобон уонна арыгыны суох оҥорон охсуһа сатыыбыт. Инньэ гынан хайа сахха арыгыһыт буо¬лан бүппүт дуу эбэтэр улаханнык ылларбыт дьону ордук харыһыйан көрөн-истэн, бүөбэйдээн тахсабыт. Ол аата арыгыга улаханнык ылларан соччо туһаны да аҕалбат дьону олус аһынабыт, өссө харыстыы, уһун кэмҥэ көрө-истэ, үйэлэрин уһата сатыыбыт.

Көмүскүү, харыстыы сатыыр арыгыһыт буолбут дьоммутун кыра уонна улаатан иһэр оҕолорбутунааҕар ордук саныыр курдукпут. Арыгыһыттарбытын үчүгэйдик көрөрбүтүн-истэрбитин, харыстыырбытын оҕолорбут көрөн-истэн улааталлар, оннук баҕа санааланан хаалыахтарын сөп. Оҕолорбут өйдөрүн-санааларын арыгыттан, арыгы иһэр үгэстэн аан бастакынан харыстыырбыт эбитэ буоллар, эдэр көлүөнэлэрбит арыгыттан ыраас, тэйиччи өйдөөх-санаалаах дьон буола улаатыа этилэр.

Арыгыһыт киһи бэйэтэ кыра оҕолорго холобур буолан көстө сылдьар. Кини итирэн баран үөрэрэ-көтөрө, мөҕөрө-этэрэ барыта кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук хатанар. Арыгыһыт дьону аһара харыстааммыт оҕолорбутун арыгы иһэр “үчүгэй” диэн өйдөбүл киириитигэр үөрэтэбит. Бу арыгыны иһэр үгэс кыра оҕобутугар иҥэн хааллаҕына, кини улаатан баран эмиэ арыгыга кыаттаран, арыгыһыт буоларыгар олук ууран биэрэбит.

Эдэр, үүнэн иһэр көлүөнэлэр арыгыга хайдах сыһыаннаах дьон буола улааталларын хааччыйыы төрөппүттэр ытык иэстэрэ буолуо этэ. Арыгыһыт оҕолордоох аймахтар эстэр, симэлийэр дьылҕаланалларын оҕо кыра эрдэҕиттэн билиэхтэрэ этэ. Ыаллар бэйэлэрин олохторун салҕааччыларын ханнык үгэстэргэ үөрэтэллэрэ бэйэлэрин тустаах дьыалалара эрээри, общество, аймахтар, омук хас биирдии киһитигэр эппиэтинэһи эмиэ сүгэллэр.

Төрөппүттэр оҕолорун олох кыра эрдэхтэриттэн арыгы иһэр үгэскэ үөрэппэтэхтэринэ эрэ, киһи быһыылаах “туйах хатарааччыны” улаатыннаралларын билэллэрэ ордук этэ. Кыра эрдэҕиттэн арыгы иһэр үгэстэнэн, арыгылыырга аналламмыт “туйах хатарааччы” кимиэхэ наада буолуой?

“Эстэн, бүтэн эрэр аймахтарга арыгыһыт дьон үөскүүллэр”,- диэн этии баара, төрөппүттэр оҕолорун өйүн-санаатын сайдыытыгар ылар оруоллара лаппа үрдүгүн өссө чуолкайдаан биэрэр. Ол курдук үгүс өттүгэр аһара көрүллэн-истиллэн атаахтык иитиллибит оҕо арыгыһыт буолан хаалара ордук хомолтолоох.

Билигин арыгы туһунан кэпсэтиигэ бу боппуруоһу чуолкайдык арааран быһаарыахха сөп буолла. Ол курдук аны государство арыгыһыттар аҕыйаан барыыларыгар кыһамматын быһаарбыппыт быһыытынан, оҕолорун туһугар төрөппүттэр ордук кыһаныахтара этэ. Төрөппүттэр оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар арыгыны испэт буолуу үгэстэрин иҥэрдэхтэринэ, арыгыга сыһыана соннук үөскээн олохсуйуо уонна үйэтин тухары араҥаччылыы сылдьыаҕа диэн этиибитин сыыйа-баайа ылыныахтара дии саныыбыт.

Биһиги олохпутун бу баарын курдук ыытан иһии, кэлэр көлүөнэ эдэр дьоммут өйдөрө-санаалара арыгы диэки охтуутун, салаллыытын кыайан көннөрбөт. Арыгы кыра оҕолорго хайдах дьайарын аахайбакка, өйдөрүгэр-санааларыгар, ийэ куттарыгар ханнык үгэс иҥэн, ууруллан хааларыгар төрүт кыһаммаппытын көрдөрөбүт. Мантан инньэ арыгыны утары охсуһууга хайысханы тосту уларытан оҕолор өйдөрүн-санааларын ордук харыстыырга, көмүскүүргэ туһаайар кыах баар буолла.

Оҕо өйө-санаата кыра эрдэҕиттэн арыгыны аһара испэт буолуу үгэстэригэр иитилиннэҕинэ, улаатан баран арыгыны иһэртэн туттунарыгар күүстээх буолуоҕа. Ол курдук кини ийэ кутугар олохсуйан, иҥэн хаалбыт, арыгы куһаҕанын туһунан өйдөбүл, үгэс кинини тохтото, туормастыы, арыгыттан тэйитэ сылдьара арыгыга ылларбатыгар туһалыаҕа.

Онон, арыгыны утары охсуһууга аан маҥнай кыра оҕолору арыгы иһэр үгэскэ үөрэппэт буолууну тутуһарбыт ордук этэ. Төрөппүттэр элбэхтик дьиэҕитигэр арыгылаан кыра оҕолору арыгыны иһэр үгэскэ үөрэппэккэ кыһаныахтара этэ. Оччоҕуна эрэ кэлэр көлүөнэ эдэр дьоммут арыгыны абааһы көрөр, эккирэтэн испэт дьон буола улааталларын ситиһиэхпит.

Биһиги сахалар төрүөхпүтүттэн күүстээх санаалаах дьоммут. Ол күүспүтүн биһиэхэ тымныы дойдубут биэрэр. Хантан да халлаантан түһэр күүс курдук санаабаккытыгар көрдөһөбүт. Арай тымныы сиргэ олохтоох буоламмыт кыра эрдэхпититтэн улахан тымныыны тулуйар буола үөрэнииттэн, тулуурдаах буолуу, өһөс санаа сайдан, үөскээн тахсара өйү-санааны күүһүрдэр. Кыахтаах киһиэхэ өһөс санаата киирдэҕинэ бэйэтэ да арыгыны аһара испэти ситиһиэн сөптөөх. Хас биирдии киһи санаатын күүһүртэҕинэ, туруннаҕына, биир санааны ылыннаҕына арыгыттан тутулуктаах буолууну кыайар кыахтаах.

КӨӨЧҮКТЭЭҺИН

Сахаларга оҕону иитиигэ олус дириҥ суолталаах көөчүк диэн тыл баар. Бу тыл оҕону, киһини угуйар дьайыылаах. Өй-санаа ыйтан улахан тутулуктаах уонна ый туолбут кэмигэр олус күүһүрэр. Ону маннык былыргы үгэс баара бигэргэтэр.

Киһи сирэйигэр, илиитигэр үөн тахсара олус куһаҕан. Илиигэ таҕыстаҕына хайыта баран, хаанныран эрэйдиир. Бу үөнү туолбут ыйга көөчүктээн көрдөрөн баран “Көөчүк, көөчүк, эйиэхэ маннык суох” диэн эттэххэ, төһө эмэ кэминэн үөн суох буолан хаалыан сөп.

Улаатан эрэр оҕо дьоно дьиэлэригэр арыгыны таас үрүүмкэҕэ кутта-кутта, лыҥкыр гына охсуһуннаран тыаһата-тыаһата истэхтэринэ, үөрдэхтэринэ-көттөхтөрүнэ, ыллаатахтарына-туойдахтарына оҕо онно ымсыырар, арыгы исиһиэн баҕара саныыр, хаһан улаатарын кэтэһэрэ аһара күүһүрэр. Оҕо көөчүк дьайыытыттан ордук түргэнник куһаҕан, арыгыны иһэр үгэскэ үөрэнэ охсон хаалыан сөп. Көөчүк диэн киһиэхэ, оҕоҕо урут билбэтин, көрбөтөҕүн көрдөрөн ымсыырдыы, үтүгүннэрии майгына буоларыттан көҕүтэр дьайыыта ордук улахан.

Оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата, ийэ кута саҥаны билэриттэн, көрөрүттэн, олору иҥэринэн иһэриттэн сайдар, эбиллэн, мунньуллан иһэр. Оҕо аан маҥнай көрбүтүн, билбитин ураты кытаанахтык өйдөөн хаалар, умнубат. Хаҥас илиитинэн ньуосканы урутаан тута үөрэнэн хааллаҕына уҥа илиитинэн тутарыгар үөрэтии уустугурар, хойутаан хаалар, кыаллыбат да кыахтанар.

Оҕоҕо арыгынан көөчүктээн, арыгы иһэр баҕа санааны үөскэтэн кэбиһиини билигин биһиги төрөппүттэрбит бэйэлэрэ да билбэттэринэн куруук оҥороллор. Туспа турар аналлаах арыгы иһэр, аһыыр дьиэлэр суохтарыттан билигин дьон дьиэлэригэр эрэ арыгыны иһэргэ күһэллибиттэрэ кыра оҕолоро кинилэри көрөн, үтүктэн арыгы иһэр үгэһи үөскэтинэн кэбиһэллэригэр тириэрдэн, эдэр арыгыһыттар сылтан-сыл аайы элбээн иһэллэрин үөскэтэллэр.

Оҕо ымсыыран, арыгы иһэр баҕа санааны үөскэтинэн кэбиһэрин киниэхэ анаан кыратык бэрсэр буолуу суох оҥорор. Ол курдук арыгы амтана куһаҕаныттан оҕо амсайа да барбат, “Бу ас куһаҕан эбит” диэн өйө-санаата олохсуйан ымсыырар санаатын баһыйан үөскэппэт.

Былыргы сахалар оҕолоругар арыгы кутан бэрсэн, санаатын дуйдаан биэрэн, улааттаҕына арыгы иһэргэ үгэһэ суох буоларын үөскэтэллэр этэ. Билигин арыгыһыттары төрөппүттэрэ дьиэлэригэр иитэн, үөрэтэн улаатыннаран бараннар, хантан кэлэн эдэрдэр бары арыгыһыт буолан хаалаллар диэн билбэтэх курдук тутталлар.

Кыра оҕоҕо тугу эмэ көрбөтөҕүн, билбэтин, саҥаны көрдөрөн баран биэрбэт буолуу көөчүктээһин диэн ааттанар. “Оҕоҕо биэрбэт аата көөчүктээмэ” диэн кырдьаҕас Лөкүө эбэбит этэрэ. Тугу эмэ солуну, билбэтин, саҥаны көрдөрдөххө оҕо ону ылар, көрөр санаата аһара улаатар, былдьаһан, ытаан барыан сөп.

Көөчүктээһин оҕоҕо, улахан да дьоҥҥо тугу эмэ билбэттэрин, саҥаны көрдөрөн, ону булууга баҕа санааны үөскэтэн биэриигэ аналланар. Улахан да дьон көөчүктээһиҥҥэ киирэн биэрэллэр. Аныгы араас рекламалар бары көөчүктээһин лаппа тупсубут көрүҥнэрэ буолаллар. Дьон саҥаны, солуну көрөн-истэн, билэн баран олору булунууга туруналларын үөскэтэринэн реклама сайдыыны ситиһиигэ олус улахан туһалаах.

Уулуссаҕа, общественнай миэстэлэргэ арыгы, пиибэ иһиитэ билигин бобуллан турар. Бу бобуу кыра оҕолор арыгы иһиитин көрөн үтүктэллэрин суох оҥорорунан туһата улахан. Арай элбэх аһыыр уонна арыгы иһэр туспа турар дьиэлэри тэрийэр эбитэ буоллар дьиэҕэ арыгылааһыннар тохтуулларыттан оҕолору арыгы иһэр үгэскэ үөрэтии уурайыа этэ. Арыгыны утары охсуһуу оҕолору арыгы иһэр үгэскэ үөрэппэттэн саҕаланнаҕына туһата улаатар.

Көөчүктээһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттээх дьайыылаах:

1. Үчүгэйи, олоххо туһалааҕы оҥорууну үтүктүү, батыһыы.

2. Олоххо туһата суоҕу, буортулааҕы, куһаҕаны үтүктүү, тарҕатыы.

”Көөчүк, көөчүк” диэн баран тугу эмэ билбэтин, көрбөтөҕүн, саҥаны көрдөрдөххө оҕо ымсыырар, оннук эмиэ киниэхэ баар буолуон баҕарар, ону булар-талар баҕа санааны үөскэтинэр. Бу көөчүк үчүгэйгэ, тупсууга ыҥырдаҕына, үчүгэй быһыы буолар, үчүгэйгэ тардыһыннарар, ону ситиһэр баҕа санааны үөскэтиэн сөп. Онтон оҕо көрөрүгэр арыгы иһиитэ, үөрүүтэ-көтүүтэ, курустаал таас үрүүмкэлэри охсуһуннарыы лыҥкынас тыаһа куһаҕаны, арыгы иһэр үгэһи көөчүктээн үөскэтии буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн арыгы иһэргэ баҕа санааланан хааллаҕына улаатан баран элбэхтик арыгы иһэн арыгыһыт буолан хаалыан сөбүн төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.

Оҕо өйө-санаата сайдарынан үчүгэйи уонна куһаҕаны кыра эрдэҕиттэн таба арааран туһанарга иитиллиэ, үөрэтиллиэ этэ. Төрөппүттэр сүрүн сыалларынан оҕо улаатан истэҕинэ төһө кыайалларынан үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэригэр иитиэ, үөрэтиэ этилэр. Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билии, олоххо туһаныы киһи буолууну ситиһиигэ тириэрдэр. Киһи буолуу диэн оҕо улаатан иһэн хайаан да ситиһиэхтээх кирбиитэ, үрдэлэ ааттанар. Үчүгэйи, туһалааҕы оҥорууну, сайдыыны аҕалары үтүктэрбит элбээн биэрдэҕинэ эрэ сайдыыны ситиһэр кыахтанарбытын бары билэбит.

Урукку, өй-санаа үөрэҕэ буккулла илик кэмигэр, ол аата сэбиэскэй былаас иннигэр, сахалар оҕону кыра эрдэҕинэ туохтан да матарбакка, боппокко, хаайбакка иитэллэр, үөрэтэллэр этэ. Оҕону боптоххо, ол бобуулааҕы булууга баҕа санааланан хааллаҕына бэйэтигэр куһаҕан буолуон сөп. Бу быһыыны сахалар билэллэрэ, оҕоҕо кыра эрдэҕинэ арыгы истэхтэринэ матарбакка, кыра иһиккэ кутан суолтатыгар да буоллар бэрсэллэрэ, табааҕы эмиэ таттараллара.

Билигин төрөппүттэр оҕолоро кыра эрдэҕинэ арыгыны, табааҕы бобон иитэллэр. Бэйэлэрэ кыра оҕо баарыгар арыгы иһэллэр, курустаал үрүүмкэлэри охсуһуннаран лыҥкынаталлар, үөрэллэр-көтөллөр, ыллыыллар. Итилэргэ барыларыгар оҕо олус диэн ымсыырар, кыттыһа сатыыр, ону боболлор, үүрэллэр. Үчүгэйдэрэ киирдэҕинэ “улааттаххына иһээр” диэн этэн уоскуппут курдук сананаллар. Онтулара баара төттөрү буолан улаатан баран арыгыны иһэригэр үгэһи үөскэтиниэн сөп.

Кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар арыгы, табаах куһаҕанын билбэтиттэн, миигин туораталлар, бэрсибэттэр диэн куһаҕан санаа үөскээн, элбэхтэ арыгы истэхтэринэ уонна бэрсибэтэхтэринэ, үгэскэ кубулуйан олохсуйан хаалыан сөп. Оҕо улааттахпына бэйэм да булан иһиэм диэн баҕа санааны үөскэтинэн улааттаҕына кырдьык арыгыһыт буолара түргэтиэн сөп.

Оҕо бобууну сөбүлээбэт. Бары үөрэ-көтө иһэр арыгыларыгар ымсыыра саныыра кыччаабат. Ол санаата үгэс буолан хааллаҕына хаһан да умнуллумуон сөп. Кыра эрдэҕинэ үөскээн үгэс буолан хаалбыт баҕа санаатын оҕо улаатан баран толорор кыахтаннаҕына аһара иһэриттэн түргэнник арыгыга ылларар кыахтанар.

Бобуу оҕону арыгыһыт оҥоруон сөп. Сорох улахан дьон бырааһынньык аайы арыгы иһэллэр уонна улаатан эрэр оҕолоругар арыгыга үөрэммэтин диэн ааттаан арыгы бэрсибэттэр. Оҕо улахан дьон үөрэ-көтө иһэр астарыттан матан, улаатан баран иһиэм диэн баҕа санаалаах улааттаҕына, кырдьык улаатан баран арыгыны элбэхтик иһэн арыгыһыт буолуон сөп.

Кыратык амсатыыттан оҕо арыгыны куһаҕан амтаннаах диэн сөбүлээбэт майгына үөскүөн сөп. Арыгы амтана аһыытыттан оҕо сөбүлээбэт, абааһы көрөр аһа эбититтэн ымсыырар, элбэхтик иһэр туһунан санаата амсайдаҕына суох буолар, бэрээдэктээхтик иһэргэ үөрэнэр кыаҕа улаатар.

Төрөппүттэр бырааһынньыкка иһэр, үөрэр-көтөр аскытыттан оҕоҕутун матарымаҥ, була сатаан бобо-хаайа сатаамаҥ. Бэйэҕит холобургутун көрдөрөн арыгыны кэмнээн, биирдэ эмэтэ истэххитинэ оҕоҕут эһигини үтүктэн үөрэнэн аһара элбэҕи испэт буолуоҕа, бэрээдэктээхтик аһыырга үөрэниэ.

Арыгыны утары охсуһууну аан маҥнай кыра, улаатан иһэр оҕолорго арыгы иһэр үгэһи иҥэрбэт буолуу саҕалыыр. Төрөппүттэр оҕолоро улаатан баран арыгыһыт буолуон баҕарбатахтарына оҕо баарыгар дьиэлэригэр арыгы иһиитин, үөрүүтүн-көтүүтүн элбэхтик тэрийиэ суоҕа этилэр. Арыгыны аналлаах аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэлэргэ эрэ истэхтэринэ кыра оҕолорго арыгы иһэр үгэһи иҥэрбэттэриттэн арыгыны иһиини утарыы күүһүрүө этэ.

Онон оҕо баарыгар дьиэҕэ арыгыны иһии оҕоҕо куһаҕан үгэһи, арыгы иһиитин үгэһин иҥэрэр. Бу быһаарыы арыгыны испэт эбэтэр биирдэ эмэ бырааһынньыктарга кыратык иһэр төрөппүттэр оҕолоро арыгыһыт буолуулара аҕыйаҕар олоҕурар.

АРЫГЫНЫ ИСПЭТ БУОЛУУГА ГОСУДАРСТВО КЫҺАММАТ

Москва княжествота сайдан, үүнэн иһиитэ кытаанах арыгы, испиир арыллыытын, туһаҕа киириитин кытта быһаччы сибээстээх. Москваҕа аан маҥнай үрүҥ арыгыны 1386 сыллаахха генуэлэр посольстволара Литваҕа ааһан иһэн Улуу ки¬нээс олбуоругар араас омук сирдэрин дьиктилэрин кытта, “Олох уута” диэн ааттаан эмп курдук көрдөрбүттэр.

Уон бэһис үйэ 20-с сылларыттан саҕалаан православнай таҥара дьиэтэ дьон бэйэлэрэ оҥостон, итирэр пиибэлэрин утары охсуһууну саҕалаабыт эбит. Киһи иһэригэр аналлаах водка арыгыны аан маҥнай Москва манастыырыгар уон бэһис үйэ 40-с сылларыгар оҥорбуттар. Ол курдук аан маҥнай водка арыгыны оҥорон атыылааһыны православнай таҥара дьиэтэ саҕалаабыт. Бу арыгыны дьон бэйэлэрэ оҥостон иһэр пиибэлэрин үтүрүйэн туоратаары киэҥник тарҕаппыттар. (5,7). Онон Россияҕа водка арыгыны оҥорон атыылааччынан уонна киэҥник тарҕатааччынан православнай таҥара дьиэтэ буолбут эбит.

1472-1478 сыллардаахха Улуу кинээс Иоанн III арыгыттан государ¬ствоҕа улахан барыс киирэрин өтө көрөн испиири оҥорууну уонна атыылааһыны государство бэйэтин бас билиитигэр ылбыт. Ити курдук нуучча сиригэр Улуу Москва княжествотыгар уон бэһис үйэ 70-с сыл¬ларыттан ыла арыгыны государство монополия оҥостон туһаныыта саҕаламмыт. Уон алтыс үйэ бүтүүтүгэр Европа бары государство-ларыгар арыгы иһиитэ киэҥник тарҕаммыт.

Москва государствота атын сирдэри бэйэтигэр холбоноругар арыгы олус улахан оруолу ылбытын билигин ахтыахтарын баҕарбаттар. Ол гы¬нан баран арыгы диэни билбэт кыра омук дьонун арыгынан мэҥиэлээһин, иһэрдии ханнык да сэриитээҕэр ордук ылыннарыылаах эбитэ дакаастанар. Арыгыны аан маҥнай итириэхтэригэр диэри испит кыра омук дьоно өссө иһээри, бары түүлээхтэрин, сыаналаахтарын ууран биэрэллэрин бары уруккуну суруйааччылар бэлиэтээн, ахтыыларыгар киллэрбиттэр.

Россия хоту сирдэрин уонна Сибиири нууччалар баһылыылларыгар олохтоох омуктары кэмэ суох арыгылаталларын чинчийээччилэр эмиэ бэлиэтииллэр. Араас атыыһыттар, эргиэмсиктэр арыгы иһэрдэн баран албынныыллар уонна иһэрдэн баран бэйэлэрин диэки тардаллар эбит. (6,19).

1871 сыллаахха Якутскай бюджетыгар балачча элбэх үп акцизнай сбор быһыытынан арыгы атыытыттан киирбит эбит. Хас сыл аайы арыгы атыы¬та элбээн испит. Холобур, аҥардас биир сылга 40 кыраадыс¬таах арыгы 68690, намыһах кыраадыстаах арыгы 7312, барыта 76002 биэдэрэ атыыламмыт.

Билигин Улуу Октябрьскай революция тоҕо, туохтан төрүттэнэн саҕаламмытын туһунан өйдөбүллэр сыыйа-баайа уларыйан барыах курдук¬тар. Ол курдук аһара баай дьону, ыраахтааҕыны арбааһын киэҥник тэ¬нийэн эрэр. Аһара баай дьон дьадаҥылары сиэрэ суох баттыыллара элбээн, эбиллэн иһиитэ революция саҕаланыытыгар уонна кыайыытыгар тириэрдибитин, дьа¬даҥылар былааһы бэйэлэрин илиилэригэр ылыылара хайдахтаах сиэрти-бэлэринэн ситиһиллибитин умнан кэбиһии соччо кыаллыбат быһыы буо¬луо. Оччотооҕу кэмҥэ тыа сирин олохтоох сахаларын үгүс өттүлэрэ олус дьадаҥытык олорбуттара. Кинилэр бэйэлэрин олохторун көннөрөр, хайдах эмэ тупсарар кыахтара суоҕа элбэхтик арыгыны иһэллэригэр уонна хаартылыылларыгар тириэрдэрэ.

Сахалар арыгыга наһаа ылларалларын туһунан бэлиэтээн суруйбуттара элбэх. Саха эрэ буолуо дуо, хоту олохтоох омуктар бары даҕаны арыгы¬га олус ылларан барбыттар. Саха маҥнайгы суруйааччылара арыгы иһиитин туһунан бэйэлэрин айымньыларыгар киллэрбиттэрэ. Ким ум¬нуой? Өксөкүлээх Өлөксөй “Итирик буржуй ырыата”, “Арыгы” диэн хоһоонорун, Алампа “Дьадаҥы Дьаакып” диэн пьесатыгар баар Ньукулай диэн оҕо киһи итирэн баран суланыытын. Дьон-аймах бастаан иһэр өй¬дөрүн-санааларын сурукка киллэрээччилэр, суруйааччылар, бу арыгы тыа дьонун олус буоратан эрэрин бэлиэтии көрөннөр бэйэлэрин айым-ньыларыгар арыгы буортутун арыйа, дьон билиилэригэр таһаара сатаа¬быттар.

Арыгы иһэн, итирэн ыарахан олохторун кылгас да кэмҥэ умнан ылар баҕаттан арыгы иһиэн баҕарар дьон элбээн испиттэр. 1893 сыллаахха Саха сирин уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ тайҕатыгар, туундаратыгар атыыһыттар тиэйэн илдьэн атыылыыр саамай дохуоттаах табаар¬дарынан арыгы буолбут.

Арыгыга ылларбыт дьон ыраахтааҕыларын суолун кыайан төлөөбөккө быстаралларын иһин, өссө 1892 сыллаахха улуустарга арыгы атыытын боборго диэн губернатор уурааҕа тахсыбыт даҕаны атыыһыттар арыгыны кистээн атыылыылларын тохтоппотохтор.

Дьон байан истэхтэринэ оҕолорун иитэллэрэ сымнаан, туох баар бары көрдөбүллэрэ намтаан, суох да буолан иһэр. Оҕо тугу көрдөөбүтэ барыта баар буолан иһэрин хааччыйыы баай киһи оҕотун иитиитигэр биллэр уратытыгар киирсэр. Кини оҕотун итинник хааччыйыыта атын дьонтон ордук курдук сананыытын үрдэппитэ оҕотугар дьайан, үгэс буолан бэриллэн иһэр. Итини тэҥэ Сир үрдүгэр туох кэрэ, сыаналаах баарын булан аҕалан оҕотун маанылыыр, атаахтатар идэтэ, оҕотун мин уратыбын, атыттартан ордукпун диэн санаатын улаатыннарар. “Баай дьон оҕолоро атаах буолар”,- диэн былыргы сахалар этэллэрэ орун¬нааҕа бу дьон салгыы олохторунан дакаастанар.

Арыгыны батыспыт оҕолоох баай дьон баайдара эстэн хаалар эбит. Тыһыынча сүөһүлээх Таатта аатырбыт баайа Охонооһой Бөтүрүөп өлөрүгэр соҕотох уолугар Ефимҥэ 300 сүөһүнү хаалларбыт. Арыгыһыт буолан хаалбыт уола Ефим 300 сүөһүнү 3 сылга тириэрдибэтэҕэ үһү. Хоту дойдуга куһаҕан дьаллык, арыгы иһиитэ ол кэмҥэ наһаа дэлэйбит.

Атыыһыттар табаардарын иэс биэрэн, олохтоохтору хабалаҕа ылал¬лара элбэх эбит. Арыгыта суох биир да атыы, кэпсэтии ыытыллыбат үгэһэ үөскээбит. Атыыһыт дьиэлээх хаһаайыны итирдэн баран, түүлээҕин босхону эрэ үрдүнэн атыылаһан, сирэйэ-хараҕа суох албынныыр эбит. (7,20-62).

Арыгы иһэр кабаактартан олохтоохтор ордук эрэйи көрсүбүттэр. Ол курдук арыгы иһиэхтэрин баҕарбыттар онно сыанаҕа туруох-тарын сөптөөх туохтарын барыларын таһар эбиттэр. Дьахталлар бэр¬гэһэлэрин, ытарҕаларын, биһилэхтэрин таһынан сиир арыыларын кытта уоран илдьэр эбиттэр. Сахалар ортолоругар халааһыннар уонна өлөрсүүлэр тарҕанан барбыттарыттан ыраахтааҕы правительствота уон тохсус үйэ 30-с сылларыгар кабаактары сабарга дьаһайбыт. Ити да кэнниттэн олохтоохтору арыгылатыы уонна халааһын курдук эргинии син-биир салҕанан бара турбут. (8,129).

Биир бытыылка арыгы сыаната Дьокуускай куоракка 1 солк. 20 хар¬чыга турар эбит буоллаҕына, Верхоянскайга - 5 солк, онтон Халымаҕа уонна Усть-Янскайга 15-20 солк. тиийэ ыарыыр. Икки хотугу уокурукка арыгы атыылааһына бобуллан айан трассатыгар полиция надзор туруоран харабыллатан, арыгыны атыылааччылары тута сатыыллар. Ол эрээри арыгыны атыыһыттар, казактар, почтальоннар уонна православнай таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ, аҕабыыттар син биир таһалларын тохтоппотохтор. (9,4). Ити курдук сахалары, олохтоох дьону бары кэлии, салайар үлэһиттэр арыгы иһэллэригэр үтүрүйэллэрэ, арыгыны булан-талан аҕалан арыгыла¬таллара элбээбит.

Ыраахтааҕы былааһын салайар дьоно, ол иһигэр исправник тойон бэйэтинэн улуус мунньаҕар сахалары ыҥыран аҕалан арыгылатар эбит. Үчүгэйдик арыгылаабыт дьон исправникка “кэһии” биэрэн махтаныах¬таахтар. Туох эмэ дьыаланы оҥоттордоххо хайаан да тугу эмэ биэр¬дэххэ эрэ табыллар. Исправник санаата көннөҕүнэ арыгылаах бытыыл¬каны хардары биэрэр эбит. (10,84).

Воевода Ф.И.Жадовскай бэйэтэ байарыгар сахалар кэһии бэрсэр үгэстэрин сатаан туһаммыт. Силиэстийэлиир хамыыһыйа хайдах байбы¬тын быһаараары ыйыппытыгар: “Сахалар уонна кэлии атыыһыттар бы¬рааһынньыктарга, бэйэм, оҕолорум төрөөбүт күннэригэр бэйэлэрэ аҕалан биэрэллэр этэ”,- диэн эппиэттээбит. (11,69). Воевода бырааһынньыктары дэлэччи тэрийэн, олохтоохтору ыҥыран аһатан, атын дьон ордугургуур элбэх баайын мунньуммут.

Полковник Штевинг коменданныы олорон сахалар тойотторун ыҥыран аҕалан тото-хана аһатар уонна арыгылатар эбит. Хас биирдии ыҥырыылаах ыалдьыт дьиэлээх хаһаайыҥҥа кэһиитин уоннуу хара кииһи аҕалан бэйэтин аһыыр өлүүтүн эрдэттэн төлүүр эбит. (12,16). Ити курдук ыраахтааҕы былааһын салайар үлэһиттэрэ олохтоохтору арыгылатан элбэх баайы-малы мунньуммуттар.

Дьон үлэлэрэ, хамнастара суоҕуттан олохторо ыарааһына санаа¬ларын түһэрэр, тугу оҥороллорун ситэ сыаналаабаттарыгар тириэрдэр. Бэйэлэрин күүстэринэн олохторун хайдах да уларытар кыахтара суоҕуттан дьадаҥылар баҕар, сүүйүү таба түһүө диэн хаарты оон¬ньууллара, бэйэлэрин ыарахан олохторун умнан ылаары арыгылыыллара элбээбит. (13,251).

Арыгыны испэт буолууга салайар былаас өттүттэн көмө билигин да аҕыйах. Хата араас элбэх көрсүһүүлэр, презентациялар, үлэҕэ киллэриилэр бары арыгыта, аһа суох ыытыллыбаттар. Элбэх дьону мунньан арыгылатыы¬лары, ким бырааһынньыгар төһө элбэх киһини ыҥырарыгар күрэхтэһии¬лэри суох оҥордоххо арыгы иһиитэ лаппа аҕыйаан барыа этэ. Арыгы иһэр үгэстэри суох оҥоруу, арыгы иһэр дьону норуот сөбүлээбэтигэр тириэрдии, арыгы иһээччилэри аҕыйатыа этэ. (6,58).

Москва государствота уонна нуучча православнай таҥаратын дьиэтэ арыгыны иһиини көҕүлээччилэргэ уонна тарҕатааччыларга киирсэллэр. Саха дьоно уонна атын кыра омуктар бары арыгыны элбэхтик истэхтэринэ Москва государствотыгар элбэх барыс киириэҕэ диэн былыргы ыраах¬тааҕы былааһын саҕана толкуйдууллара. Олохтоох омуктар элбэх арыгыны истэхтэринэ тойон былааһыгар утарыласпаттар, бары¬тын сөбүлээн иһэллэр, итини тэҥэ арыгы кинилэртэн араас түүлээхтэрин, баайдарын-малларын итирдии көмөтүнэн албыннаан, босхо кэриэтэ хомуйан ыларга олус туһалаабыт.

Билигин да маннык балаһыанньа былыргытыттан улаханнык уларыйа илигин арыгыны иһээччилэр аҕыйаабаттара уонна салайар үрдүкү бы¬лаас улаханнык уларыйбакка Москваттан быһа дьаһайан олороро дакаастыыр. Арыгы билигин даҕаны былыргытын курдук кыра омуктары баһылыыр, дьаһайар сыалга туттулларын арыгыны государство аҥардастыы бас билэрэ быһаарар. Бу быһыы ордук арыгы сыанатын үрдэтиигэ, государствоҕа барыс киириитэ элбээһинигэр олук буолар.

Арыгыһыттар аҕыйаабаттарыгар салайааччылар быһа дьаһайан арыгыны бобон, суох оҥорон кэбиһэллэрэ ордук көмөлөһөр. Дьон арыгыны иһэллэрин бобууга быһаччы кыттыспыт Б.Н.Ельцин суруйуутуттан быһа тардан аҕаллахпытына, арыгыны бобуу содуллара дьону ханна тириэрдэллэрэ арылхайдык арыллар: “... совершенно ясно, что кавалерийским наскоком с пьянством, этим многовековым злом, не справиться. И действительно, скоро всюду начали пить все, что было жидким. Стали нюхать всякую гадость, резко возросло число самогонщиков, наркоманов. (14,101).

Арыгы иһиитигэр былыргыттан баар уустуктар билигин да аҕыйаабаттар. Алта сыл устата водка сыаната 89 солкуобайтан 190 диэри үрдээбит. Биир киһи баһыгар 6,6 литр алкоголу 2015 сыллаахха Россияҕа испиттэр.

Дьон чэпчэки сыаналаах “Боярышник” суурадаһынын иһэллэрэ биллэрдик элбээбит. Аналлаах автоматтар атыылыыр буолбуттар. Иркутскай куоракка 76 киһи “Боярышник” суурадаһынын иһэн сүһүрэн өллө. Этиловай испиир оннугар метиловай испиири куппуттар. Онон, бары быһаарыыларбытын түмнэхпитинэ биһиги государствобыт арыгыһыттар аҕыйаан барыыларыгар көмөлөспөт. Төһө элбэх киһи арыгыны иһэр даҕаны элбэх барыс государствоҕа киирэрэ үчүгэйи оҥорор, барыһы улаатыннарар. Ол иһин төрөппүттэр, аймахтар, бэйэбит эрэ оҕолорбутун арыгыһыт буолбат гына үөрэттэхпитинэ олохпут салгыы сайдан, кэлэр көлүөнэлэрбит туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улааталларын ситиһиэхпитин сөп. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн арыгы иһэр үгэстэргэ үөрэппэт буолуу эрэ, арыгыны испэт саҥа көлүөнэ дьон улаатан тахсалларын үөскэтиэ, арыгыны иһээччилэр аҕыйаан барыыларыгар көмөлөһүө этэ.

РОССИЯҔА АРЫГЫНЫ УТАРЫ ОХСУҺУУ

Россия сайдан иһиитигэр арыгыны утары охсуһуу дьон өйө-санаата сайдан, үөрэҕи-билиини баһылаан иһэрин тэҥэ, эмиэ сайдан, күүһүрэн испитэ. Арыгыны иһии сайдыыны, үөрэҕи-билиини баһылааһыны кытта тэҥҥэ кэлбитэ. Ол иһин Россияҕа арыгыны иһии саҕаланыыта сайдыыга, үүнүүгэ тардыһыы курдук өйдөбүллээҕэ уонна сыыйа-баайа эбиллэн испитэ.

Төһө эмэ ыраахтааҕы правительствота арыгыны утары охсуһууга туһааннаах дьаһаллары ылбатаҕын үрдүнэн дьон, үлэһиттэр үтүө баҕаларынан уонна сырдатааччылар ыстатыйаларынан өйөнөн арыгы иһиитэ аҕыйыыр кэмнэрдээҕэ. Ол курдук, өскөтүн 1863-1866 сылларга ыраас испиири нэһилиэнньэ дууһатын баһыгар сыл аайы ортотунан 4,55 литри испит, 10 сыл буолан баран -4,18, өссө 10 сыл буолан баран -3,32, 1893 сылга -2,46 литри испит. (15,25). Онон, төһө эмэ бобуу-хаайыы государство өттүттэн суоҕун үрдүнэн дьон өйүн-санаатын сайыннарыы, арыгы киһиэхэ оҥорор куһаҕан сабыдыалын билиилэрэ уонна олохторугар туһаныылара арыгы иһиитин лаппа аҕыйатар кыахтааҕа бу сылларга биллэн тахсыбыт.

19-с үйэ бүтүүтүгэр ыраахтааҕы правительствота арыгы-утах оҥоһуктарын оҥорон таһаарыыны уонна атыылааһыны бэйэтин илиитигэр ылан монополияны, аҥардастыы государство бас билиитин олохтообут. Правительство ити реформата арыгыны дууһа баһыгар иһиини тута элбэппит. 10-12 сыл устатыгар 1894 сылтан 1906 сылга диэри арыгыны иһии 2,98-тан 3,41 литргэ диэри, онтон 1913 сылга 4,7 литргэ диэри элбээбит.

1914 сыллаахха ыраахтааҕы правительствота арыгыны букатын бобор туһунан уурааҕы ылыммыт. Бу уураах олоххо киирбитин кэннэ арыгыны иһээччилэр чахчы аҕыйаабыттар. (15,30-39). Арыгыны государство бобуутун кэнниттэн үлэһиттэр өйдөрө-санаалара чөллөрүйэн Улуу Октябрьскай революция ситиһиилэнэр кыаҕа улааппыт. Петроградка арыгылаах бадыбааллары халааһыны сатабыллаахтык салайыыттан уонна салгыы ыытыыттан ыраахтааҕы былааһа сууллубута. Кэмэ кэлэ илигинэ хараҥа, үөрэҕэ суох дьону эмискэ сырдыкка, үчүгэйгэ, күүс өттүнэн таһаара сатаабыт ыраахтааҕы былааһа эстибитэ. Ол аата, өй-санаа төрүттэрин билбэт, таба сыаналаабат буолуу араас улахан хамсааһыннарга, өрө турууларга тириэрдэр кыахтаах эбитин ыраахтааҕы билбэтэ, өрө туруу кыайыытыгар тириэрдибитэ. Бу ыраахтааҕы сыыһатын 70 сыл буолан баран Сэбиэскэй былаас эмиэ хатылаабыта, арыгыны бобууну олохтообута, аны “перестройка” хамсааһыныгар сыыйа кубулуйан Сэбиэскэй Сойуус үрэллиитигэр тириэрдибитэ.

Россияҕа дууһа баһыгар итирдэр утахтары иһии 1906-1910 сылларга 3,41 литр этэ. 1915 сылтан 1924 сылга диэри арыгыны бобуу кэмигэр суох буола сыспыта. Арыгыттан сылтаан ыарыылар, араас оһоллор хас эмэ бүк аҕыйаабыттара.

1925 сыллаахха кураанах сокуону көтүрбүт уонна арыгыны, итиэннэ атын да итирдэр утахтары атыылааһыҥҥа государственнай монополияны киллэрбит кэннэ, олору дууһа баһыгар иһии 0,88 литр буолбута. Сэбиэскэй былаас хайыы-үйэ 1926 сыллаахха РСФСР НКС “О ближайщих мероприятиях по борьбе с алкоголизмом” диэн уураах таһаарбыта. 1927 сыллаахха кулун тутарга “О мерах ограничения продажи спиртных напитков” диэн уурааҕы ылыммыта, онуоха арыгыны аҕыйах саастаах дьоҥҥо уонна итирик туруктаах сылдьааччыларга, ону тэҥэ буфеттарга итиэннэ культурнай-сырдатар тэрилтэлэргэ атыылыыры бобор туһунан этиллэрэ.

1932 сыллаахха, арыгы монополиятын киллэрбит кэннэ 7 сыл буолан баран, дойдуга итирдэр утахтары дууһа баһыгар иһии таһыма 1,04 литргэ тэҥнэһэрэ, 1950 сыллаахха, кураанах сокуону көтүрбүт кэннэ 25 сыл буолан баран, 1,85 литр кэриҥэ буолбута, биитэр 1913 сыллааҕар икки аҥар төгүл намыһах этэ. (15,42-49).

Арыгыны утары хайдах охсуһуохха сөбүн бары автордар билэр, таба суруйар курдуктар. Өй-санаа туруктаах, тулуурдаах, өһөс буолуута арыгыны аһара испэккэ олус туһалаах көрдөбүл буолара былыргыттан биллэр курдук эрээри, салайар былааспыт тосту уларыйыылары киллэрэриттэн буккуллан ылабыт.

Хас биирдии киһи бэйэтин олоҕун, хайдах олоруохтааҕын туһунан толкуйдаан көрүөхтээх дии саныыбыт. Хас биирдии киһи бэйэтин туһунан, бэйэтин чугас дьонун, оҕолорун, аймахтарын туһунан кыһаныах уонна бу дьулаан алдьархайга “испэппин” диэн кытаанахтык этиниэх тустаах.

Арыгылыыр, арыгыны элбэхтик иһэр төрөппүттэр оҕолорун оҕо уонна эдэр саастарын, билииттэн итиэннэ арыйыыттан үөрүүлэрин, толору үчүгэй олохтон дьоллоноллорун сарбыйаллар. Оҕолору арыгыны утары олох кыра саастарыттан иитиэххэ наада. (15,132). Киһи арыгыга тардыстыытын биричиинэтэ арыгы киһини өрө көтөҕөр курдук дьайарыгар саһан сылдьар. Арыгыны испит киһи ордук хорсун буолбут курдук сананар, кини бары ыарахаттары уонна олох кыһалҕатын чэпчэкитик туоруох курдук саныыр. Итинник туругу мөлтөх уонна күүстээх санаата суох дьон ордук сөбүлүүллэр.

Соччо тэрээһинэ суох, аймалҕаны биитэр күүрүүнү кыайан тулуйбат дьон арыгыны иһэллэр дииллэр учуонайдар. Онуоха ким төһө намыһах таһымнааҕый да бэйэтин туругун итирдэр утахтары иһии көмөтүнэн чэпчэтэргэ ордук наадыйар. Ону-маны чэпчэкитик ылынар, хоргус, олоххо табыла суох, оҕо курдук, баар чахчыттан туоруур баҕалаах, олох кыһалҕаларыгар кыайан турууласпат, олору кыайан тулуйбат дьон арыгыны иһиэхтэрин сөп. (15,177).

Дьон олохторо көнөн, ылар хамнастара улаатан истэҕинэ оҕолорун маанылыыр, атаахтатар санаалара эмиэ улаатар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр киэҥник туттуллубут “Барыта оҕо туһугар” диэн ыҥырыы атаах, барыта бэлэмҥэ үөрэммит оҕону улаатыннарарын билигин да арааран билэ иликпит, өссө да туһана сылдьабыт. Оҕону иитиини маанылааһын, атаахтатыы өттүгэр халытыы өйдөрө-санаалара туруга, тулуура суох эдэрдэри улаатыннарыыга тириэрдэрин билигин да төрөппүттэр билэ иликтэрэ хомолтолоох.

Сэбиэскэй былаас кулуттуу өйдөөх-санаалаах, салайааччылар эппиттэрин “тук” курдук толорон иһэр дьону иитэн, үөрэтэн улаатыннарар этэ. Бу иитии барыта оҕо кыра эрдэҕинэ биир халыып детсадтарга, оскуолаларга аҥардас дьахталлар көрүүлэринэн-истиилэринэн ситиһиллэрэ. Ол иһин уолаттар өйдөрө-санаалара туруга суох, атаах, бэлэмҥэ үөрэммит дьон буола улааталлара уонна олоххо интэриэстэрин сүтэрэн арыгыга ыллараллара элбээбитин оччолорго таба сыаналаабат этилэр.

Оҕо өйө-санаата, ийэ кута кыра эрдэҕинэ үөскээн олохсуйарын өй-санаа үөрэҕин суох оҥорбут коммунистар табан сыаналаабаттара. Атаахтык иитиллибит оҕо тулуура, өсөһө тиийбэтиттэн арыгыга ылларара элбиирин аахсыбаттар этэ. Сэбиэскэй былаас кэмигэр арыгыны утары охсуһуу дьон олохторун, үлэлэрин барытын хабан киэҥник ыытылларын үрдүнэн арыгы иһээччилэр элбээн иһэллэрэ эдэрдэр атаахтык иитиллэллэриттэн тутулуктааҕа.

Арай сэбиэскэй психологтар улахан киһи өйүн-санаатын, арыгыга туохтан ылларарын табан сыаналыыр этилэр эрээри салайар былаас өттүттэн аҥардастыы бобууну-хаайыыны туһаналлара эдэрдэр өйдөрүгэр-санааларыгар төттөрү охсууну оҥорорун аахсыбаттара.

Алкоголизм ыарыытыгар ылларбыт дьоннору билгэлиир үс бэлиэлэр манныктар:

1. Арыгыга тардыстыы күүһүрүүтэ, куруутун кыра-кыра да буоллар иһиэҕи баҕарыы.

2. Арыгы иһиигэ бэйэ хонтуруола сүтүүтэ, бэйэни кыайан туттуммакка элбэх арыгыны иһэн итирэн хаалыыга тиийии элбээһинэ.

3. Итириктээһин кэнниттэн нөҥүө күнүгэр “абырахтаннахха” эрэ сатанар курдук буолуу.

Бу барыта киһи арыгы кулута буолбутун туоһулуур чинчилэринэн көстөллөр. (16,9). Бу биричиинэлэр барылара өйө-санаата туруга суох, өһөстөрө, тулуурдара тиийбэт дьон арыгыга ылларалларын быһаараллар. Оҕону өсөһөргө, тулуурга үөрэтии сэбиэскэй кэмҥэ суох буолбута, оннооҕор өһөс диэн тылы куһаҕан өйдөбүллээх диэн туттубат буола сылдьыбыттара, олус былыргы кэмнэртэн ыла баар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун букатын да иһиллибэт оҥоро, бу өс хоһооно кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ-үөрэтиигэ төрүт буоларын умуннара сатаабыттара.

Сэмэй киһи арыгыһыт буолбат, кини хас биирдии хаамыытын сыаналыыр. (16,47). Бу этии киһи өйүн-санаатын күүһүнэн бары оҥорор быһыытын кыайа-хото салайынар кыахтаннаҕына арыгыһыт буолбатын быһаарара олус сөп.

Аҕа дойду сэриитин уонна улахан курааннар кэннилэриттэн дьон олоҕо сыыйа көнөн, ылар дохуоттара улаатан барбыта. Хомойуох иһин олох тупсуутун бэлиэтинэн арыгы дэлэйэн испитэ уонна сайдыыттан хаалсыбакка улаатан барбыта.

Иллэҥ кэмнэрин хайдах туһалаахтык атааралларын билбэт, олоххо тугу эмэ ситиһиигэ, үлэлэригэр-хамнастарыгар, оҕолорун иитиигэ кыһаммат дьон көрү-күүлэйи батыһаннар арыгыһыттарга кубулуйаллар. (17,26). Маннык өйдөөх-санаалаах дьон кыра эрдэхтэринэ хайдах иитиллибиттэрин, көрүллүбүттэрин сэбиэскэй кэм саҕана чинчийэн үөрэппэттэр этэ.

1983 сыллаахха сылга биир киһиэхэ тиксэр алкоголь Россияҕа 20 лиитэрэҕэ тиийбитэ. Арыгы иһиитэ аһара баран дьон өйө-санаата, доруобуйата кэхтиитигэр тириэрдэр кэмэ кэлбитэ биллибитэ. 1985 сыллаахха ыам ыйыгар ССКП КК “О мерах по преодолению пьянства и алкоголизма” диэн постановленията тахсыбыта. (17,9).

Сэбиэскэй былаас кэмигэр арыгылааһыны утары бары бүттүүн охсуһа сатыыллара атын, сыыһа хайысханан барар этэ. Ол курдук арыгы атыылааһынын хааччахтааһын, күүһүлээн аҕыйатыы, талону олохтооһун, сыанатын аһара үрдэтии үспүкүлээннээһини уонна самогону оҥостууну үөскэппитэ, дьон дьиэлэригэр саһан сылдьан арыгылааһыннара дэлэйбитэ. Дьиэлэригэр арыгылааччылар кыра оҕолорун арыгы иһэр үгэскэ үөрэтэллэрин, үтүктэргэ холобур буолан көстөллөрүн, ол кэмҥэ аахсыбаттар этэ. Арыгы иһээччилэри күүһүлээн туран ЛТП-га ыытан хаайыы арыгыны испэт буолууга үөрэтэр күүһэ кырата.

Бу сэбиэскэй кэмнээҕи автордар кэнники кэмҥэ арыгылааһыны утары охсуһуу биллэр туһаны аҕалбатаҕын бэлиэтээбиттэрэ. Кинилэр санааларыгар арыгылааһыны утары охсуһууну тосту уларытыы эрэйиллэр уонна маннык хайысхаларынан бардаҕына туһаны аҕалара элбиэ этэ диэн этэллэр:

1. Дьон олохторун тупсарыы, культураларын үрдэтии.

2. Кытаанах, үрдүк кыраадыстаах арыгылары аҕыйатыы, мөлтөх, кыра кыраадыстаах арыгылары, пиибэни дэлэтии уонна арыгы иһэр сирдэри элбэҕи арыйыы.

3. Оҕолорго арыгыны утарар үөрэҕи киллэрии. (18,59).

Сэбиэскэй былаас сыыһа олоҕор үөрэммит кырдьаҕас көлүөнэ дьон билигин даҕаны арыгыны аҥардастыы бобон эрэ кыайыахха сөп диэн быһаччы санааларын өссө да уларыта иликтэр. Ол эрээри сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиилэригэр арыгыны кытта охсуһуу эмиэ сөп түбэһэрин билиниэхпит этэ. Ол иһин арыгыны кытта охсуһууга бобууну-хаайыыны кэмнээн туһанан туран, оҕолору кыра эрдэхтэриттэн арыгы куһаҕанын биллэрэн, үөрэтэн, өйдөрүн-санааларын туруктаах, тулуурдаах, ол аата өһөс, кытаанах майгылаах буола улааталларын ситиһии буолуо этэ.

Россияҕа арыгыны кытта охсуһуу билигин даҕаны баран иһэр. Сэбиэскэй кэмтэн уратыта диэн бобуу, хаайыы арыыйда аҕыйаан, арыгы ханна баҕарар көҥүл атыыланара элбээн турар. Арай туспа турар аналлаах арыгы иһэр дьиэлэри тэрийэн дьон дьиэҕэ-уокка арыгылааһыннарын, кыра оҕолорун арыгы иһэр куһаҕан үгэскэ үөрэтэллэрин суох оҥоруу өссө да кыалла илик.

Билигин Россияҕа арыгыны иһии сылга биир киһиэхэ 18 лиитэрэҕэ тиийэн турар. (19,6). Бу олус элбэх, киһи доруобуйата нэһиилэ тулуйар нуормата буолар. Арыгыһыт дьон оҕолоро өйдөрө-санаалара мөлтөх буола төрүүллэрэ дакаастаммыт чахчы. Ол иһин Россия дьоно эстэр, симэлийэр суолга бэйэлэрэ киирэн эрэллэрин билбэтэҕэ буола сылдьаллара хомолтолоох.

AРЫГЫНЫ ТЭЙИТИИ

Арыгыны тэйитии диэн олорор дьиэҕэ арыгыны испэт буолуу, кыра оҕолорго арыгы иһиитин үөрүүтүн көрдөрбөт, көөчүктээбэт, ол аата кыра эрдэхтэринэ арыгы иһэр үгэһи иҥэрбэт буолуу ааттанар. Бу быһаарыы арыгыны испэт эбэтэр биирдэ эмэтэ иһэр төрөппүттэр оҕолоро арыгыга ыллараллара лаппа аҕыйаҕар олоҕурар.

Арыгы иһэр туспа дьиэлэри тэрийии кыра оҕолор арыгы иһээччилэри кытта сылдьалларын, көрөллөрүн, үтүктэллэрин суох оҥорон оҕоҕо арыгы иһэргэ үгэс үөскүүрүн суох оҥоруо этэ.

Сахалар кытаанах арыгыны нууччалар кэлиэхтэриттэн ыла билэннэр иһэргэ үөрэнэн барбыттара биллэр. Нууччалары кытта хайдах эйэлээхтик билсиспиттэрин туһунан суруйбаттар эрээри, нуучча норуотун былыргыттан олохсуйбут үгэһинэн ыалдьыты арыгынан күндүлээһин буолар этэ. Кытаанах арыгыны үйэлэригэр испэтэх саха дьоно арыгынан дэлэччи хатаҕалааһыны хас эмэ үйэлэргэ син тулуйан, үөрэнэн бу кэмҥэ тиийэн кэллэхпит. Арыгы дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥмититтэн соҕотохто ылан быраҕа охсон кэбиһии хайдах да кыаттарбат. Былаас күүһүн туһанан арыгыны суох оҥоруу эбэтэр бобуу эмиэ кыаттарбатын “перестройка” кэмин иннинээҕи букатыннаахтык бобуу холобура үгүстэри итэҕэппитэ. Үгүс дьон арыгыны букатын суох оҥорууну, элбэх киһи быраабын күөмчүлүүрүн быһыытынан, табыгаһа суоҕунан ааҕаллар.

Арыгыны утары охсуһууга государство былаас күүһүн туһанан аһара эмискэ, кытаанах быһаарыныылары ылыныыта үгүстэргэ табатык өйдөммөт быһыы буолар. Ол иһин арыгыны бэйэтин суох оҥорбокко, аһара хааччахтааһыны киллэрбэккэ эрэ, арыгы иһээччилэри бэйэлэрин арыгы испэт дьонтон тэйитии ньыматын туттуохха сөбүн санатабыт.

Арыгы иһээччилэри арыгы испэт дьонтон тэйитиигэ, араарыыга туспа турар аналлаах аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэлэри тэрийтэлээн, арыгы иһиитин ол эрэ дьиэлэргэ көҥүллээһин туһалыыр кыахтаах. Арыгыны утары охсуһууну бу курдук тэрийии, арыгы иһиитин, арыгы испэт дьонтон, дьиэ хаһаайкаларыттан уонна кыра оҕолортон тэйитиэ этэ. Итини тэҥэ арыгы иһиитин аналлаах дьиэлэргэ эрэ көҥүллээһин, эдэрдэр онно-манна, уулуссаҕа уонна общественнай миэстэлэргэ арыгы уонна пиибэ иһэллэрин букатыннаахтык суох оҥоруон сөп.

Туспа турар аналлаах арыгы иһэр элбэх дьиэлэри тэрийии кэнниттэн, ити дьиэлэртэн атын сирдэргэ, общественнай миэстэлэргэ бэрээдэгэ суох арыгы иһээччилэри былаас күүһүн туһанан бэрээдэккэ ыҥырыахха дьэ сөп буолар. Итинник бобуу, хааччахтааһын баар буолуутун арыгы иһэр дьон бэйэлэрэ да өйдүөхтэрэ уонна тутуһа сатыахтара. Арыгы иһэр кэмҥэ элбэх астаах, бэрээдэктээх сиргэ олоро түһэн аһааһын итирбэккэ, аһара испэккэ улаханнык көмөлөһөрүн таһынан бэйэтэ үчүгэй майгыга ыҥырар холобурунан буоларын эмиэ туһаныахха сөп.

Уулуссаҕа уонна общественнай миэстэлэргэ эдэр дьон арыгы иһэллэрэ кыра, улаатан эрэр оҕолорго олус куһаҕан холобуру көрдөрөр. Оҕолор бэйэлэрин улааппыт, бастаан иһээччилэрин ити холобурдарын көрөннөр баҕа санааларын ону толоруу диэки салайдахтарына, улааттылар даҕаны үтүктүбүтүнэн бараллара ханнык да саарбаҕа суох буолар.

Кыра оҕолор улаата түһэн, бэйэлэрин толкуйдуур өйдөрө-санаалара сайдан, бөҕөргүөр, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныахтарыгар диэри арыгыһыттары, арыгыны элбэҕи иһиини, итириини көрбөтөхтөрүнэ даҕаны бэйэлэ¬ригэр ордук буолуо этэ. Арыгы испит киһи үөрэрэ-көтөрө, ыллыыра-туойара кыра оҕо өйүгэр олох маннык, арыгы иһиилээх буоллаҕына ордук үчүгэй эбит диэн өйдөбүлү иҥэрэр, оннук үгэһи үөскэтэринэн куһаҕана улаатар, куруук дьайа сылдьар сабыдыалланар.

Ол иһин арыгы иһиитин испэт дьонтон туспа араарыыны оҥордоххо саҥа улаатан иһэр оҕолорго уулуссаҕа уонна общественнай миэстэлэргэ арыгы иһэн куһаҕан холобуру көрдөрүү суох буолуо этэ. Кэлэр көлүөнэ эдэр ыччаттар арыгы иһиититтэн сыыйа тэйэн барыахтара. Итини тэҥэ манна ордук улахан туһаны, ити арыгы иһэр дьиэлэр соччо үчүгэйэ суох сурахтара оҥоруоҕа. Ол курдук куһаҕан сурахтар уонна холобурдар дьону ордук түргэнник ол сирдэртэн тэйитиэ этилэр. Төрөппүттэрин уонна арыгы испэт дьон көмөлөрүнэн улаатан иһэр оҕолор итинник, соччо үчүгэйэ суох миэстэлэртэн тэйиччи туттуна сылдьарга үөрэнэн хаалыахтара.

Маннык туспа турар аналлаах аһыыр, арыгы, пиибэ иһэр дьиэлэри тэрийэн арыгы иһээччилэри, атын арыгы испэт дьонтон уонна саҥа улаатан эрэр оҕолортон тэйитэн, арааран биэрдэхпитинэ сыыйа-баайа кэлэн иһэр көлүөнэлэр арыгыттан арахсан, тэйэн баралларын ситиһиэхпитин сөп. Арыгыны иһэри бэрээдэктииргэ эйэлээх ньыманы, арыгыны тэйитиини эрэ туттан, арыгыһыттар аҕыйаан баралларыгар оҥкул ууруохха сөп.

Бу саҥа тэриллэр арыгы иһэр уонна аһыыр дьиэлэри былыргы куһаҕан сурахтаммыт кабаахтары кытта тэҥнээһин улахан сыыһа. Ол курдук ханнык да буолбутун иһин биир үйэттэн ордук кэм аастаҕа, дьон-сэргэ өйө-санаата төһө эмэ сайыннаҕа, үөрэҕи-билиини баһылаатыбыт диибит дии, сибээс эмиэ күүһүрдэ. Билигин атын үйэ, ол былыргы кэмҥэ саха дьоно арыгы иһиитигэр саҥа үөрэнэ сатаабыт буоллахтарына, билигин уларыйан арыгыны аһара испэккэ үөрэнэр кэммит кэлэн турарын таба өйдүө этибит.

Биһиэхэ арыгы иһээччилэр саһан олорон иһэр сирдэрэ олорор дьиэлэрэ буолар. Дьиэтигэр арыгылыыр аҕа уол оҕото, аҕатын үтүктэн, кини курдук эмиэ арыгыны иһэргэ үөрэнэн, оннук үгэстэнэн хаалыан сөбө ордук куһаҕан. Ити курдук арыгыны иһии үгэһэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн салгыы баран уонна эбиллэн иһэрэ олохсуйан хаалбытын туспа турар аналлаах арыгы иһэр дьиэлэри тэрийэн суох оҥоруо этибит. Бу дьиэлэри тэрийии арыгыны иһэр буолуу салгыы баран, эдэр көлүөнэлэргэ бэриллэр сибээһин быһан, арыгыһыттар аҕыйаан барыыларыгар дьэ тириэрдиэн сөп.

Куорат уулуссаларыгар, араас дьоннор сынньанар общественнай миэстэлэригэр арыгыны, пиибэни иһии олус тэнийбитин үтүө санаалаах дьон бэлиэтииллэрэ элбээтэ. Ордук бырааһынньыктар кэмнэригэр общественнай миэстэлэргэ, кыра оҕолор оонньуур, сынньанар сирдэригэр эдэр ыччаттар арыгыны, пиибэни элбэхтик иһэллэрин бэлиэтииллэр. Ити курдук арыгы иһэргэ улахан проблемалар баалларын дьон үксэ билэ сылдьаллар.

Уулуссаҕа, общественнай миэстэлэргэ арыгыны иһиини тохтотуохха. Бу этиигэ бары сөбүлэһэбит. Кыра оҕолор арыгы иһэр дьону көрөн үтүктэллэрэ куһаҕан үгэһи иҥэринэн хаалалларыгар тириэрдэрин тохтотуо этибит. Арыгы иһэр дьоҥҥо элбэх ахсааннаах аналлаах дьиэлэри оҥордоххо эрэ, бу үтүө баҕа санаабыт олоххо киирэрэ кыаллыан сөп.

Киһи барыта биирдэ арыгы иһэригэр биирдии бытыылка арыгыны ылан соҕотохто иһэн кэбиспэт. Сорох киһи биир эмэ үрүүмкэ арыгыны иһиэн баҕардаҕына, атын дьону эмиэ көҕүлүүрүгэр тиийэрэ ол куһаҕаны өссө улаатыннарар. Норуот ол иһин “үс буолан кыттыһан иһиэххэ”, диэн этиини үөскэппит эбит. Ити аата биир бытыылка арыгы элбэх дьон арыгылыырын саҕалыыр, онтон арыгыны аҥардас бытыылкаларынан эрэ атыылааһын үгүс элбэх киһи арыгыны иһэллэригэр тириэрдэр. Маннык элбэх дьон кыттыһан арыгылыырын суох оҥорор туһугар арыгыны үрүүмкэнэн атыылыыр сирдэри, ол аата арыгы иһэр дьиэлэри элбэхтик тэрийэн үлэлэттэххэ, бу дьыала көнөр суолга киириэ этэ.

Арыгы иһиэн баҕарбыт биир киһи аналлаах, чугас турар аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэҕэ киирэн, атын дьону аймаабакка эрэ, сөп буолуор диэри бэйэтэ иһиэн сөп. Бу киһи ол аналлаах дьиэҕэ киирэн арыгы истэҕинэ атын арыгы испэт дьону: кэргэттэрин уонна кыра оҕолору эрэйдиирэ, арыгы иһэр куһаҕан үгэскэ оҕотун үөрэтэрэ букатын суох буолуо этэ.

Арыгыны кытта охсуһууга элбэх санаалар этиллэллэр. Ити санаалартан ордук баһыйар өттүн “былыргылыы”, коммунистардыы, күүс өттүнэн бобо охсон кэбиһэр санаа ылар. Көннөрү, көнөтүк толкуйдаатахха туох да олус үтүөкэн санаа курдук. Бобо охсон кэбиһии биһиги ортобутуттан арыгыны утары охсуһааччылар үгүс өттүлэрэ кырдьаҕастар уонна дьахталлар эбиттэрин бэлиэтиир. Ол эрээри ыл да, бобо охсон кэбиһии букатын табыллыбатын өйдүүр кэм син кэлэн эрэр. Сөп түбэспэт санаалаах дьону барыларын сүөһү курдук үүрэ-хаайа сылдьыы тохтуур кэмэ эмиэ кэллэҕэ. Арыгы суох буоллаҕына иһээччилэр, атын арыгыны солбуйааччылары буланнар уонна оҥостоннор син-биир испитинэн, итирбитинэн бараллара эмиэ даккаастанан турар чахчы буолар.

Итини тэҥэ биһиги кырдьаҕастарбыт уонна дьахталларбыт наркоманнар диэн дьон баалларын уонна сылтан сыл аайы элбээн иһэллэрин соччо билэ иликтэр быһыылаах. Бу арыгытааҕар ордук күүстээх эмп эдэрдэр өйдөрүн-санааларын кылгас кэмҥэ күүскэ буортулуур, буккуйар, көтүтэр кыахтаах. Арыгы суох буолуута эбэтэр сыаната үрдээһинэ эдэрдэри, аны ол, наркоманнар диэки үтүрүйэрэ эмиэ билиннэ, дакаастанна.

Арыгыны боппокко эрэ, өссө киэҥник атыылыы туран, дьон өйдөрүттэн-санааларыттан тэйитии эрэ туһалаах буолуо диэн биһиги этэбит. Ол аата кыра, саҥа улаатан эрэр оҕолору арыгыһыт буолуу үгэстэригэр үөрэтимиэххэ, арыгыһыттары кытта кыттыһынна-рымыахха, тус-туспа араартыахха, тус-туспа дьиэлэргэ сылдьалларыгар үөрэтиэххэ. Арыгыны кыра оҕолортон тэйитэр туһугар, туспа турар аналлаах арыгы иһэр дьиэлэри элбэхтик тэрийэн, арыгы иһээччилэри онно олохтуохха.

Маннык тэриннэххэ арыгы иһээччилэр бэйэлэрэ, атын арыгы испэт дьонтон тэйиччи, туспа дьиэҕэ барыа, кыра оҕолорго көстөллөрө аҕыйыа этилэр. Арыгы испэт дьон биһиэхэ эмиэ элбэхтэр. Кинилэр итириктэри көрбөтөхтөрүнэ даҕаны, бэйэлэригэр ордук буолуоҕа.

Арыгыны иһэр дьиэлэри элбэҕи тэрийии кэнниттэн, дьон бырааптарын күөмчүлээбэккэ эрэ, былаас күүһүн туһанан уулуссаҕа, общественнай миэстэлэргэ арыгыны, пиибэни иһэ сылдьааччылары бэрээдэккэ ыҥырыахха дьэ сөп буолар. Арыгыны аналлаах дьиэҕэ эрэ иһэр кыаҕы дьоҥҥо биэрии эдэрдэр сөбүлээн көрөн иһэ үөрэнэллэригэр көмөлөһөр кыаҕа улаханын туһаныа этибит.

Олох, наука сайдан истэҕинэ арыгыһыт буолууну суох оҥоро сатааһын эмиэ сайдан иһэр. Швеция Лангепинга университетын үлэһитэ Маркус Хайлиг киһиэхэ баар ген-белок PRDM2 киһи бэйэтин туттунар, хонтуруолланар кыаҕын быһаарарын арыйбыт.

Бу ген аҕыйаатаҕына киһи туттунар күүһэ мөлтүүрүттэн арыгы иһэр баҕатын кыайан тохтотуммата үөскүүр эбит. Арыгыны элбэхтик иһииттэн ген хонтуруолу оҥорор күүһүн сүтэрэр эбит. Ген үлэтин бэрэбиэркэлээри арааран кэбистэхтэринэ крыысалар арыгыга ыллараллара биллэрдик түргэтиир эбит.

Аныгы наука арыйыытын дьоҥҥо туһаннахха арыгыһыттар арыгыны батыһа сылдьан иһэллэрэ тохтуон сөп. Арыгыны өйдөрө-санаалара туруга, тулуура суох дьон элбэхтик аһара иһэннэр арыгыга ылларбыттарын билбэккэ хаалаллар. Саха дьонун олохторун үөрэҕэ “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонунан этэн киһи туттунар күүстэнэрэ, тулуурданара, өсөһүн сайыннарара арыгыны кэмнээн иһэригэр олус улахан көмөлөөх.

Ыал, кэргэн буолууга сахалар былыргыттан туһанар үгэстэрин олоххо киллэрии арыгыһыттары аҕыйатар кыахтаах. Былыргы курдук төрөппүттэр кыыстара ханнык өйдөөх-санаалаах киһиэхэ эргэ тахсаары сылдьарын эрдэттэн хонтуруоллууллара ирдэнэр.

Дьахталлар бэйэтэ арыгыһыт, арыгыһыт аймахтардаах киһиэхэ эргэ тахсалларын туттуналлара ордук этэ. Эдэр кыыс арыгыһыт киһиэхэ эргэ тахсыбатаҕына, арыгыһыт буолар дьылҕалаах оҕолору төрөтүө суоҕа этилэр. Бу быһаарыыны кытаанахтык тутуһуу арыгыһыттар эйэлээх ньыманан эстэн, симэлийэн хаалыыларыгар тириэрдэр кыахтаах.

Сэбиэскэй былаас дьахталлары үөрэхтиибит диэн ааттаан көҥүллэринэн ыытыыта, хас көрсүбүт эр киһилэрин аайы сытан биэрэн иһиилэригэр тириэрдибититтэн арыгыһыттар элбии тураллар. Кимтэн оҕоломмуттарын билбэт дьахталлар кытта бааллар. Сахалар былыргы олохторун үөрэҕэ дьон өйүн-санаатын харыстыырыттан олоххо киирэрэ уонна кытаанахтык тутуһуллара дьахталлартан ирдэнэр кэмэ кэллэ.

НАРКОТИК

Билигин Аан дойду үрдүнэн наркотиктары билбэт, истибэтэх киһи суох буолуо. Кэлин кэмҥэ эдэрдэр элбэхтик наркотигы туһаналлар уонна онно ылларан хаалаллара үксээтэ диэн бары хаһыаттарга суруйаллар, телевизорга көрдөрөллөр.

Наркотиктары хантан даҕаны аҕалыллыбатах, айылҕаҕа бэйэтигэр үүнэр үгүс элбэх үүнээйилэртэн араас ньымаларынан оҥороллор. Көлөпүнэ, маак сиргэ-дойдуларга барыларыгар дэлэччи үүнэр, тарҕаммыт үүнээйилэр. Бу үүнээйилэртэн боростуой ньыманан мөлтөх наркотигы быһаччы ылаллар, онтон күүстээҕи улахан лабораторияларга оҥороллор.

Киһи сайдан истэҕинэ билиитэ-көрүүтэ элбээн уонна дириҥээн иһэр, өйө-санаата, саҥаны айыыны оҥороро эбиллэр. Ол түмүгэр киһи барахсан сиргэ үүнэр үүнээйилэртэн аан маҥнай табааҕы булан тардыбыт. Табаах буруотун дьайыыта өйүн-санаатын букку-йан, дуоһуйууну, астыныыны киллэрэрин туһаммыта. Үрүҥ астары аһытан, көөнньөрөн, арыгыны оҥорон испитэ, аны өйүн-санаатын өссө күүскэ буккуйар наркотигы оҥостон боруобалыы сылдьар. Айылҕа үүнээйилэриттэн ылыллар өйү-санааны буккуйар наркотиктарга эбии наука оҥорон туһаҕа таһаарыылара өссө эбиллэн иһэллэр.

Төһөнөн киһи өйө-санаата сайдан истэҕинэ өйүн-санаатын буккуйааччылар эмиэ күүһүрэн иһиилэриттэн оҕо кыра эрдэҕиттэн олус тулуурдаах, өһөс буола үөрэннэҕинэ эрэ олоҕун киһилии, киһи быһыылаахтык олорор кыахтанарын билэн олохпутугар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун туһаныахпыт этэ. Киһи киһи буолан тыыннаах сылдьарын туһугар өйө-санаата буккуллубат, өйө көппөт буоллаҕына эрэ табыллар.

Өй көтүүтэ киһи иирэригэр, өлөрүгэр, киһи буолан бүтэригэр тириэрдэр. Олоҕу киһилии быһыылаахтык олорууга өй-санаа туруктаах буолуута киһиттэн хайаан да көрдөнөр биир сүрүн көрдөбүлгэ киирсэр. Ол иһин тулуурдаах, өһөс буолууга үөрэнии эрэ өйү-санааны харыстааһын, бөҕөргөтүү буолар.

Киһи өйө-санаата олус түргэнник күүстээх наркотик дьайыытыгар ылларар. Аҕыйахта боруобалаан көрө сылдьыбыт эдэр киһи бэйэтэ наркотига суох табыллыбат наркомаҥҥа кубулуйа охсубутун билбэккэ да хаалыан сөп. Эдэр дьон ити курдук бииртэн биир ылларан иһэллэриттэн Аан дойду үрдүнэн наркоманнар аҕыйыахтарынааҕар өссө эбиллэллэр. Биир наркоман киһи төһө эмэ эдэр дьону наркотик сабыдыалыгар киллэриэн сөп диэн ааҕан таһаарбыттара ыраатта. Ол иһин билбэти, саҥаны айыыны боруобалыы сатааһынтан эдэрдэр көмүскэллээхтэрэ хайаан да ирдэнэр. Сахалар “Айыыны оҥорума” диэн эдэрдэри харыстыыр, үөрэтэр үөрэхтэрэ эрэ ону-маны боруобалыы оонньуу сылдьан наркотикка ылларан хаалыыттан харыстыыр кыахтааҕын төрөппүттэр итэҕэйиэ, туһаныа этилэр. Билигин сахаларга тарҕана сатыыр “айыы үөрэҕэ” дьону айыыны оҥорууга ыҥырара, ону “үчүгэй” диэн хайгыыра эдэрдэри наркоман буолууга үтүрүйэр. Эдэрдэр саҥаны айыыны оҥоро сатыыр санаалара элбэҕиттэн араас наркотиктары боруобалаан көрө сылдьан наркоман буолан хаалаллара элбээтэ. “Айыы үчүгэй” диэн сымыйа үөрэҕи хаалларыахпыт, тарҕата сатааччылары булан эппиэккэ тардыахпыт этэ.

Бэйэлэрин быстах баҕа санааларын кыайа туттан салайбат, атаах, олоҕу оонньуур курдук саныыр, ол-бу саҥаны айыыны оҥоро сатыыр, ону-маны боруобалыы охсор санаалаах эдэрдэр урут-бастаан наркотик дьайыытыгар ылларыахтарын сөп. Киһи бэйэтин өйө-санаата төһө туруктааҕа, тулуурдааҕа, үлэлии-хамсыы үөрэммитэ, бэйэтин олоҕор ситиһэ сатыыр сыаллааҕа-соруктааҕа эрэ наркоман буолан хаалбатыгар көмөлөһөр кыахтаахтар.

Аныгы сайдыылаах диэн ааттанар, айылҕаттан тэйэн иһэр дьон араас ыарыыларга ыллараллара элбээн иһэр. Айылҕаттан тэйии, тымныынан куруук эрчиллибэт буолуу киһи ыарыылартан көмүскэнэр кыаҕын кыччатан иһэрин иммунитет аҕыйаан иһэр диэн билинэллэр.

Россияҕа 2016 сыллаахха балаҕан ыйыгар 1 мөл. 88 тыһ. киһи вич инфекциянэн сутулла сылдьар диэн аахпыттар. Бу ыалдьыбыт дьоннортон 233 тыһ. киһи өлбүт. Бу ыарыыга сутуллааччылартан 50,9 бырыһыаннарын наркоманнар ылаллар эбит.

Эдэр, иллэҥ, элбэх харчылаах дьон наркотикка үгүстүк ыллараллар. Баай дьон оҕолоро барыга бары бэлэмҥэ үөрэнэллэрэ, иллэҥнэрэ, атаахтык иитиллэллэрэ, харчылара элбэҕэ наркотикка элбэхтик ылларалларыгар тириэрдэр. Наркоман буолуу ыарыыга ылларыыга тэҥнэһэр. Ыалдьыбыт киһи эмэ суох табыллыбатын курдук наркоман аны наркотига суох сатаммат турукка тиийэр, кыайан тулуйбат ыарыытыгар ылларар.

Дьон-аймах өйдөрүн-санааларын иирдэр эмп, наркотик тэнийэн, тарҕанан иһэр. Наркотик эргиэнигэр көҥүл, кыыллыы ырыынах баара уонна эмиэ арыгыны кытта охсуһа сатаабыт курдук былдьаан ылыы, суох оҥоро, бобо сатааһын, бу дьыала салгыы баран эдэр дьону сутуйа турарыгар тириэрдэр.

Наркотигынан эргинии олус улахан барыстаах. Эргиэмсиктэргэ тыһыынча төгүл элбэх барыһы биэрэр диэн аахпыттар. Бу курдук элбэх барыһы биэрэр ханнык да үлэ-хамнас салаата сир-дойду үрдүнэн суох. Наркотиктары кытта аҥардастыы бобуунан эрэ охсуһуу кыаллар кыаҕа суоҕун аһара элбэх барыһы биэрэрэ уонна эдэрдэр айыыны оҥорор санаалара элбэҕиттэн боруобалаан көрө сылдьан, ылларан иһэллэринэн быһаарыллар. Ырыынакка, атыыга киирэр наркотиктары тутан ылан, уматан, аҕыйатан кэбистэхтэринэ эргиэмсиктэр сыаналарын төһө баҕарар үрдэтэн элбэх барыһы син-биир ылалларын кыччаппаттар, тоҕо диэтэххэ, наркоман буолбут атыылаһааччылар түргэнник эмтэнэр кыахтара суоҕуттан туһаналлара аҕыйаабат, онтон ахсааннара эбиллэ турар.

Арай бу уустук дьыаланы быһаарарга экономикаҕа ырыынак ырычаахтарын таба туттан охсуһууну салгыы ыытыы эрэ ыараабыт балаһыанньаттан тахсыыга тириэрдиэ этэ. Ол аата, наркотиктары оҥоруу уонна атыылааһын сорох өттүн государство бэйэтигэр эмиэ ылынан, атыыга таһааран сыанатын биллэрдик намтатара, туһанааччылары бэрээдэктиирэ, ырыынакка суох буолан хаалбатын хааччыйара ирдэнэр.

Дьон үөрээри, санааларын көтөҕөөрү, уоскуйаары табааҕы тардаллар, арыгыны иһэллэр, наркотиктары туһаналлар. Эдэрдэр саҥаны айыыны оҥорор санаалара аһара барарыттан итилэри барыларын боруобалаан көрдөхтөрүнэ эрэ табыллар. Арыгыны бобуу кэмигэр араас элбэх токсикоманнар үөскээбиттэрэ. Оҕолор бензининэн тыынан өйдөрүн сүтэрэллэрэ. Араас саҥаны, куһаҕан айыылары оҥорон саҥа, урут биллибэт дьайыылаах эттиктэри туһанан өйдөрүн-санааларын буккуйаллара эбиллэн иһэр.

Билигин 2018 сыллаахха эдэрдэр шарикка үрдэриллибит “закись азота” диэн гааһынан тыынаннар өй-санаа уларыйар кэмигэр киирэн сылдьары баһылаатылар. Бу гаас киһини элбэхтик үөрдэрин иһин “веселящий газ” диэн ааттаабыттар. Бу гаас дьайыытыттан киһи элбэхтик үөрэр, манньыйар санааҕа киирэн хаалара эдэрдэр элбэхтик туһаналларын үөскэттэ.

Барыс ылыахтарын баҕалаахтар бу бобуута суох гааһы шарикка үрдэрэн баран 100 солкуобайга эдэрдэр мустар сирдэригэр элбэхтик аатыылыыллар. Чаас аҥаарынан дьайыыта аастаҕына өссө кэлэн атыылаһан иһэллэр. Үтүө санаалаах дьон бу гааһы атыылыыры бопторор санаалара улаатан иһэр.

Онон, наркотик диэн дьон-аймах өйдөрүн-санааларын күүһүнэн араас баҕа санааларын тулуйарга, тохтоторго, албыҥҥа киирэн биэрбэккэ хайаан да үөрэниэхтээх күүстээх эмтэрэ буолар. Олох сайдан иһиитэ илэ-бааччы көрдөрөрүнэн дьон-аймах наркотиктары сатаан туһана үөрэммэтэхтэринэ эстии-быстыы, өй-санаа көтүүтүн кэмигэр тиийиэхтэрин сөбүн биллэрэр.

Билигин аан дойду сайдыыны ситиспит государстволара наркотиктары утары киэҥник хабан охсуһа сатыыллар. Ол эрээри бу дойдулар кыайан быһаарбат ыарахан суолларыгар ыллара сылдьаллар. Государство бэйэтэ бас билэн, дьаһайан, сөптөөх сыанатын быһан наркоман буолбут дьону наркотиктарынан эмтээһин курдук хааччыйыыны быһаардаҕына эрэ, бу дьыала табыллыан сөп диэн этээччилэр элбээн иһэллэр. Ол курдук Европа сайдыылаах дойдуларыгар кыра күүстээх наркотиктары атыылааһыны тэрийэн хонтуруоллааһын оҥоруллан эрэр.

Биһиги эмиэ сайдыылаах дойдулар туһалаах уопуттарын олоххо туһаныахпытын сөп.

НАРКОТИК ТАРҔАНЫЫТЫН УТАРЫ ОХСУҺУУ

Ааспыт 2-с тыһыынча сыллар саҕаланыыларын диэки оҥоруллубут кытаанах арыгыны кытта охсуһуу билигин даҕаны өй-санаа сайдыытын, тулуурдаах буолуутун ситиһэ илик омуктарга салгыы бара турар. Арыгыны бэйэлэрэ сатаан оҥосторго үөрэммит омуктар хас да үйэлэр усталарыгар арыгыны иһэ үөрэнэннэр билигин арыгыһыт буолуу кэмин ааһа сайыннылар. Арыгы тарҕанан барбытыттан ыла төһө эмэ уһун кэм аастар даҕаны, сорох хаалан иһэр сайдыылаах, арыгыны бэйэлэрэ оҥостубат дойдулар дьон¬норо кэмнээн иһэргэ саҥа үөрэнэ сатыы сылдьаллар.

Биһиэхэ сахаларга сайдыылаахтарынан өҥнөр нууччаларбыт арыгыны сатаан, кэмнээн иһэллэрин көрдөрөн үөрдэ иликтэр. Арай Кавказ омуктара арыгыга сыһыаннара уратытын куруук ахталлар, бэлиэтииллэр. Бу арыгыны бэйэлэрэ оҥостубуттара икки тыһыынча сылтан ордубут дойдуларга биллэр арыгыһыттар суохтар.

Арыгыны, өйү-санааны иирдэр аһы бэйэ оҥосторо дьон өйдөрүгэр-санааларыгар улахан уратыны киллэрэр. Ол курдук олору сатаан оҥостуу, күһэйэн да туран элбэх арыгы куруук баарыгар үөрэниини үөскэтэрэ, олох кытаанах көрдөбүлүгэр кубулуйар. Ким кыаҕа тиийбэтэх, этэ-сиинэ арыгыны тулуйарга үөрэммэтэх, өйө-санаата мөлтөх, киһиргэс, тулуура суох киһи арыгыһыт буолан олохтон эрдэ туораан биэрэн иһэр балаһыанньата арыгы куруук баарыттан, дэлэйиититтэн үөскээн тахсар. Айылҕаҕа маннык балаһыанньа үөскээһинин биһиги “Айылҕа талан ылыыта” диэн ааттыыбыт. Туруктаах өйдөөх-санаалаах, тулуурдаах, өһөс, бөҕө эттээх-сииннээх дьону талан ылыыга арыгы бары өттүнэн сөп түбэһэриттэн чулуулары талыыга туһалыыр. Ол курдук тулуура суох, атаах майгылаах дьон урутаан арыгыга ыллараллара, олохтон эрдэлээн туорууллара дакаастаммыт чахчы буолар.

Быданнааҕыта оҥоруллубут арыгыны кытта сорох хаалан иһэр сайдыылаах дойдуларга охсуһуу билигин да бара турар. Онтон сайдыылаах дойдулар арыгыны бобон эбэтэр суох оҥорон охсуһалларын бырахпыттара ыраатта. Бу омуктар билигин кэлэн наркотиктары кытта охсуһууларын саҕалаатылар. Ол эрээри бэйэлэрэ былыр арыгыны аан маҥнай оҥорон дэлэччи атыылаабыттарын, эргиммиттэрин, дьону арыгыны кэмнээн иһэргэ күһэйэн үөрэппиттэрин туһунан умнан кэбиспиттэр. Билигин кэлэн бэйэлэрэ аны наркотиктары туһаналларын бобо-хаайа сатыы сылдьаллар.

Бу кэмҥэ наркотиктары кытта Россия республиката охсуһуута өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэспэт, аҥардастыы бобуу, хаайыы өттүгэр салаллан хааллылар. Рынокка атыылана киирэн иһэр наркотиктары тутан ылан суох оҥоруу наркотиктар сыаналарын аһара үрдэтэн иһэрэ наркоманнар аҕыйыылларыгар тириэрдибэт.

Эдэрдэр туох суоҕу, көстө-көстө көстүбэти була-тала, саҥаны айыыны оҥоро сатыыр санаалара элбэҕиттэн сүтэн хаалар наркотиги көрдөөһүҥҥэ, туһаныыга кыахтара баарынан турунаннар наркоман буолууга үтүрүллэллэр. Аны буллахтарына аһара туттунаннар өлүүгэ кытта тиийэллэр.

Наркотиктары чэпчэки сыаналаан республика атыыга таһааран сыаната аһара үрдүүрүн суох оҥорон араас буруйу, халааһыннары оҥорууну биллэрдик аҕыйатыа этэ. Көҥүлэ суох атыылыы сатааччылартан тутан ылан республика чэпчэки сыанаҕа атыылыырын тэрийиэххэ сөп. Маннык тэринии рынокка наркотик куруук баарын ситиһиигэ туһалыа, ыалдьыбыт дьон өр кэмҥэ эмтэммэккэ эрэ көнөллөрө аһара уустугун таба өйдүүргэ тириэрдиэ.

Өй-санаа үөрэҕин баһылааһын өйгө-санааҕа дьайар абылаҥнары утары охсуһууга таба суолу тутуһууга көмөлөһөр. Олору кытта охсуһуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини хайаан да тутуһан ыытыллара эрэ табыллар. Өйгө-санааҕа дьайыыга икки өрүтү тутуһуу “Чыпчархай уонна манньа” эбэтэр нууччалыы “Кымньыы уонна бирээнньик” диэн этиилэринэн толору бэриллэр. Бастакытынан, бу кэмҥэ наркотиктары утары охсуһуу аҥардастыы кымньыыны эрэ туһанан ыган-хаайан ыытыллара халыйыыны, дьон сөбүлээбэттэрин үөскэтэр. Ол курдук бобуу, хаайыы кымньыы дьайыытыгар киирсэр.

Иккиһинэн, бирээнньик диэн этии манньаны быһаарар. Республика чэпчэки сыанаҕа наркоманнарга наркотиктары атыылааһына манньа, көмө курдук дьайыыланыа этэ. Арай бу көмөнү учуокка турбут наркоманнарга түҥэтии эмтэнэллэригэр улахан көмөнү оҥоруо этэ. Бу быһаарыыны сорох сайдыылаах дойдуларга туһанан эрэллэр.

Биир үйэ устата арыгыны аҥардастыы бобуу содулугар үөскээбит революцияларга Россия үрдүкү салайааччылара өйдөрө-санаалара тиийбэтиттэн икки төгүл улаханнык түбэстилэр.

Бастакытынан, 1914 сыллаахха ыраахтааҕы арыгыны букатыннаахтык бобуутун сабыдыалынан Олунньутааҕы революция саҕаламмыта уонна кыайбыта.

Иккиһинэн, 1985 сыллаахха Горбачев М.С. ыйыытынан арыгыны кытаанахтык бобуу, карточканан түҥэтии ыытыллыбыта. ССРС үгүстэр сөбүлээбэт салайар былаастаах дойдуга кубулуйбута. 1991 сыллаахха перестройка хамсааһына кыайбыта, ССРС үрэллибитэ. Аҥардастыы бобуунан эрэ арыгыны кытта охсуһа сатаабатахтара эбитэ буоллар баҕар ыраахтааҕы да оннугар олоруо, революциялар да буолуо суохтара, онтон ССРС үрэллиэ суоҕа этэ. Ол курдук дьон үксүлэрэ сөбүлээбэттэрэ таһынан баран маассабай хамсааһыҥҥа тиийиэ суоҕа этэ.

Арыгыны оҥорууну баһылаабыт уонна арыгы көмөтүнэн Аан дойдуга баһылыыр оруолу ылбыт Европа дойдулара кэлэр 3-с тыһыынча сылларга бастаан иһэр кыахтарын сүтэрэн эрэллэр. Ол курдук бу дойду дьоно наркотигы сатаан туһанарга үөрэнэллэрэ ураты уустуктары үөскэтэр. Салайааччы, баай дьон оҕолорун баайга-талымҥа, көҥүл-босхо барыыга, айыыны оҥорууга үөрэтэллэрэ өйдөрө-санаалара туруга, тулуура суох буолуутун үөскэтэриттэн боруобалыы оонньуу сылдьаннар үксүлэрэ наркотикка ыллараллар. Бэ¬йэлэрин быстах баҕа санааларын кыайан туттунан тохтотуммат, тулуура суох буола улааппыт эдэрдэр харчылара элбэҕиттэн, күүстээх наркотиктары өйдөрө көтүөр диэри элбэхтик туһанар кыахтаахтара уонна олор арыгытааҕар ураты күүстээх дьайыылаахтарыттан сөбүлээн көрөн туһана үөрэнэллэрин улаханнык уустугурдар.

Наркотиктары утары охсуһууга арыгыны аан маҥнай бэйэлэрэ оҥостубут дьон сатаан, кэмнээн иһэр буола үөрэммиттэрин умнан кэбиһэр табыллыбат. Ол охсуһууттан холобур ылыахха сөп этэ. Наркотик оҥоруллар үүнээйилэрэ дэлэччи үүнэр сирдэрин олохтоохторо атыыга-эргиэҥҥэ анаан оҥорон таһааралларыттан, олох кыра эрдэхтэриттэн ыла наркотиктары туһана сылдьарга тиийэллэр. Кинилэр эттэрэ-хааннара да үөрэнэн, өйдөрө-санаалара кыра эрдэхтэриттэн бөҕөргөөн, тулуурдара улаатан уонна ас-үөл таһаарынар үлэлэрэ-хамнастара буоларынан аһара туттан барбаттар. Бу быһаарыы сахалар “Кыһалҕа – кыһыл талах кымньыылаах” диэн этиилэрэ олус табатын билинэр. Бэйэлэригэр сөптөөҕүн көрөн туһанарга үөрэннэхтэринэ эрэ киһи-хара буолаллара олоҕу олороллоругар, аһара туттубаттарыгар күһэйэр.

Бу дойдулар дьонноро өйдөрүн-санааларын күүһүнэн баҕа санааларын кыана туттан элбэх наркотиктартан бэйэлэрин доруобуйаларын буорту оҥорботохторуна эрэ тыыннаах буолан сылдьаллара кыаллар. Бэйэлэрин баҕаларын кыаммакка наркотиктары хааланнахтарына бэрт сотору наркоман буоланнар олох суолуттан туораан биэрэн иһэллэр. Бу быһыы эмиэ, арыгы курдук “Айылҕа талан ылыыта” диэн ааттаныан сөп. Маннык ыарахан, кытаанах усулуобуйаҕа дьон бэртэрэ, тулуурдаахтара эрэ наркоман буолбакка ордон хаалан олоҕу салгыыр кыахтаналлар. Ол аата, дьоҥҥо тыыннаах буоларга дьулуһуу эрэ олоххо көрсөр ыарахаттары кыайалларыгар күүс биэрэрин хаһан да умнубатахпытына табыллар.

Наркотиктары дэлэччи оҥостон сатаан туһанарга үөрэнии Аан дойду государстволарын кыраныыссаларын хаттаан уларытыыга тириэрдиэн сөп. Ол курдук наркотиктары сатаан туһана үөрэммэт, аһара буойа-хаайа сатыыр, билиҥҥи сайдыылаахпыт дэнэр дойдулар дьонноро наркотиктар дьайыыларыттан улаханнык мөлтүөхтэрин сөп.

Афганистаҥҥа талибтар сүрүн дохуоттарын наркотиктары оҥорон атыылааһын ылар этэ. Героин, опий диэн наркотиктары ордук элбэҕи оҥороллоро. Барытын атын дойдуларга таһааран атыылыыллара.

2001 сыллаахха балаҕан ыйын 29 күнүгэр Россияҕа куттал суох буолуутун сэбиэтин мунньаҕар наркотиктар тарҕанан иһиилэрин туһунан кэпсэппиттэрэ. Кэнники кэмҥэ Россияҕа наркоманнар ахсааннара 10 төгүл элбээбит диэбиттэрэ. Президент Путин В.В. синтетическэй наркотиктар ордук кутталлаахтарын, киһи түргэнник тутулукка киирэн хааларын бэлиэтээн эппитэ. В.Рушайло Россияҕа кэлэр наркотиктар, ордук героин 80 бырыһыаннара Афганистантан кэлэрин кэпсээбитэ. Бу 21-с үйэҕэ аны нар¬котиктар тарҕаныыларын утары охсуһуу күүһүрэрин ыйбыттара.

Бары дойдулар наркотиктары атыылааһыны утары охсуһаллар. Элбэх наркотиктары тутан, былдьаан ылан уматан кэбиһэллэр. Атыыга барыахтаах наркотиктары аҕыйатан, суох оҥорон кэбиһэллэрин кыайыыны оҥорбут курдук ааҕыналлар. Ырыынакка киирэн атыыга барыахтаах чааһын тутан ылан суох оҥороллоруттан наркотиктар сыаналарын аһара үрдэтэллэрин салайааччылар аахсыбаттар. Маннык быһыылаахтык охсуһуу саҕаламмыта төһө эмэ өр буолла эрээри туох да туһаны аҕалара биллибэт. Биһиги бу курдук охсуһуу тоҕо сыыһатын, арыгыны утары охсуһуу буолан ааспыт холобурдарынан быһаара сатыахпыт.

Эдэр, иллэҥ, элбэх харчылаах дьон боруобалаан көрө сылдьан наркотикка ылларбыттарын билбэккэ да хаалаллар. Доруобуйаҕа дьайар күүһэ улахана бэрдиттэн уонна наркоман буолбут дьон өйдөрө-санаалара мөлтүүрүттэн кыайан быраҕа охсон кэ¬биспэттэр. Наркотик киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыта арыгы курдук буолан баран быдан күүстээх. Олус түргэнник өйү көтүтэр. Киһи бэйэтэ өйө көтөрүгэр үөрэнэ охсон хааларыттан сирдээҕи, көннөрү дьон олохторунан астымматын үөскэтэ охсор. Өй-санаа көҥүл көтө сылдьара, итинник өйдөбүлү иҥэрэн кэбиһэр. Итиннэ эбэн биэрдэххэ, аныгы баай дьон оҕолоро атаахтык иитиллэллэрэ элбээбититтэн кыра эмэ тулуурдаах буолуу диэн өйдөбүллэрэ суоҕа, ордук түргэнник наркотикка ылларалларыгар тириэрдэр. Кинилэргэ хаһан баҕарар наркотик наада буола турар. Ол иһин наркотик ырыынагар ахсаана аҕыйаатаҕына сыаната биллэрдик үрдээн барара быһаарыллар.

Ырыынакка героин сыаната үрдээн иһэриттэн наркоманнар эрэйдэрэ элбиир, көрдүү, була-тала сатыыллар, бэйэлэрэ оҥостоллор. Дьадаҥы өртүлэрэ харчылара тиийбэтиттэн араас халааһыннары, саба түһүүлэри оҥороллоро эмиэ эбиллэр.

Аан дойдуга наркотик эргиирэ ити курдук хаһан да аҕыйаабакка эбиллэн эрэ иһэр чинчилээх. Төһө күүскэ охсуһан, наркотигы суох оҥорон истэхтэрин аайы, сыаната өссө ыараан элбэх барыһы биэрэр. Ол аайы үгүс барыһы ылаарылар дьарыктанар дьон элбээн биэрэн иһэллэр. Наркотигы кытта аҥардастыы бобон-хаайан, суох оҥорон охсуһуу сабыдыала төттөрү өттүгэр охсоруттан, эдэрдэри күүскэ угуйарыттан балаһыанньа ордук уустугуран иһэр.

Билигин үгүс омуктар наркотиктары бобон уонна суох оҥорон дьон туһаналларын тохтотуохтарын баҕараллар. Ол эрээри туох бобуулаах, хааччахтаах баарын эдэрдэр хайаан да боруобалаан көрөр, булар-талар идэлэринэн аан маҥнай эдэр дьон наркоман буолан хаалан эрэйдэнэллэр.

Наркотиктары суох оҥорон, бобон охсуһуу наркотиктар сыаналарын олус үрдэтэр. Ол курдук наркотик ырыынагар тиийбэтэ үөскээһинэ көрдүүр дьон элбээн хаалыыларын таһаарар. Төһө элбэхтэр наркотигы көрдүүллэр даҕаны сыаната соччонон үрдээн биэрэн иһэр. Ити иһин наркотигы үүннэрэн уонна оҥорон атыыга таһаарааччылар хаһан даҕаны ночоотурбаттар. Куруук барыстанан тахсаллар. Эргиэмсиктэр наркотик киһиэхэ дьайыытын сатаан туһаналлар. Ол курдук хаста да күүстээх наркотик дьайыытыгар түбэстэҕинэ киһи бэйэтэ наркоман буолан хаалыан сөп. Онон, наркоманнар аҕыйаабакка ахсааннара эбиллэн эрэ иһэр.

Ырыынакка наркотигы суох оҥорон эбэтэр аҕыйатан охсуһуу букатын сыыһа суолу тутуһуу, халыйыы буолар. Ол курдук наркотик сыаната үрдээһинэ кыахтаах баай дьон оҕолоро аан маҥнай наркоман буолалларын үөскэтэр. Кинилэр харчылара элбэҕиттэн төһө баҕарар сыаналаах наркотиктары булан туһанар кыахтаахтарыттан наркоманнар элбииллэр.

Сайдыылаах омуктарбыт элбэх харчылаах дьонун оҕолоро урут бастаан наркоман буолуулара, бу дойдулар салайааччылара наркотиктары кытта сатаан охсуһар кыахтарын суох оҥорон кэбиһэр. Салайааччылар быстах, наркотиктары олус түргэнник суох оҥоро охсор санааларыгар оҕустараннар, түргэнник оҕолорун эмтии, көннөрө сатааннар наркотиктары суох оҥоруу, бобуу өттүгэр салаллан хааллылар. Онтон бобуу уонна хаайыы эдэр дьону үөрэтиигэ төттөрү өттүгэр охсууланан тахсарын билигин да ситэ арааран өйдүү иликтэр.

Афганистаҥҥа 90 тыһ. гектар сиргэ мак ыһаллар эбит. Ордук элбэхтик Герат диэн провинцияҕа үүннэрэллэр. Героины оҥорор 400 цех, лабораториялар бааллар эбит. Оҥорон таһаарар героиннарын биир килограмын сыаната 25 эрэ доллар эбит. Афганистаҥҥа оҥорор наркотиктарын Таджикистанынан, Киргизиянан, Россиянан Европаҕа атыылыы таһаараллар диэн Россия радиота солуннары кэпсиир.

21-с үйэ саҕаланыытыгар Америка Холбоһуктаах Штаттарын салайыыларынан НАТО государстволара Афганистан сайдыыта суох государствотын утары сэриини саҕалаан кыайыыны ситистилэр. Бу сэриини наркотиктары утары саҕаламмыт бастакы улахан сэриинэн ааттыахха сөп. Сайдыылаах дойдуларга Афганистан маагы дэлэччи үүннэрэн героин диэн күүстээх наркотигы оҥорон атыыга таһаарара олус буортулаах этэ диэн быһаараллар.

Онон, саҥа 3-с тыһыынча сыллар наркотиктары утары сэриини бил¬лэриинэн саҕаланнылар диэхпитин сөп. Хайалара кыайарын быһаара сатааһын букатын да наадата суох. Ол курдук киһи-аймах олоҕор, аһылыгар сайдыыны киллэрэр, өйүн-санаатын буккуйар наркотигы кытта охсуһуу олус уустугар ханнык да саарбаҕалааһын суох. Дьон өйө-санаата ордук бөҕөргөөн, тулуурдаах, өһөс буолан наркотик дьайыытыгар кыаттарбат кэмэ кэлэригэр олус уһун бириэмэ наада.

БОРУОБАЛААН КӨРҮҮ

Сахалар “Киһи тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ астынар” диэн оҕону үөрэтии хайдах барыахтааҕын быһаарар этиилээхтэр. Бу этии үөрэх барыта боруобаланан, киһи этин-сиинин хамсаттаҕына, хос-хос хатыланнаҕына эрэ оҕо өйүгэр-санаатыгар үгэһи үөскэтэн дириҥник, умнуллубат гына иҥэрин быһаарар.

Оҕоҕо тугу эмэни билбэтин эттэххэ, хайаан да боруобалаан, тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ астынар, чахчы сөп эбит диэн итэҕэйэр, оччоҕуна билинэр, ылынар, толорорго үөрэнэр.

Холобурга, кыһын тымныыга кыра оҕолорго таһырдьа оонньуу тахсалларыгар: “Муус кыырпаҕын айаххытыгар угумаҥ, уоскутун хам ылыаҕа, хаан тахсыаҕа”,- диэн анаан-минээн сэрэтэн этэҕин. Арай таһырдьа тахсаат даҕаны, көрбөт кэмҥэр түбэһиннэрэн бары ити этиини боруобалаан көрөн, тоҥ мууска уостарын хам ыллаттарбыттарын, муус куһуоччуктарын уостарыгар ыйаабыттарын босхолуургар эрэ тиийэҕин. “Айыкка”, “абытай” буолбутун, уостан хаан тахсыбытын кэнниттэн тымныы муустан сэрэнэр үөрэх дьэ өйдөрүгэр түһэн умнуллубат гына хатанар.

Оҕо бу оҥорор куһаҕан быһыыта аан маҥнай оҥорор саҥаны айыыта буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэр. Уоһа ыалдьыбытыттан кэһэйэн аны маннык куһаҕан айыыны оҥорбот кыахтанар.

Кыра оҕо алҕас хатыылаах кактус үүнээйини харбаан ыллаҕына “Айыкка”, “Айыы-айа” буолан кэһэйэн, аны ханнык да үүнээйиттэн эрдэттэн сэрэнэн тарбаҕын төбөтүнэн кэйиэлээн, бэрэбиэркэлээн көрбөккө эрэ тыытарга түргэнник үөрэнэр. Оҕо бу быһыытын сахалар былыр-былыргыттан үөрэтэн билэн итии тэриллэри тардыалаабатын туһугар тарбаҕын төбөтүн кыратык хаарыттаран үөрэтиини туһаналлар.

Боруобалаан көрүүттэн кэһэйдэххэ, эккэ-сииҥҥэ ыарыы үөскээтэҕинэ үөрэнии ордук дириҥник, умнуллубат гына иҥэр. Бу үөрэх ордук кыра оҕо итиини тыыппатын туһугар тарбаҕын төбөтүн итиинэн хаарыттаран, кэһэтэн үөрэтии баарыттан биллэр. Оҕону сэрэнэргэ үөрэтэргэ олус туһалаах ньыматын сахалар былыр-былыргыттан билэн оҕолорун сыыһа туттубатыгар иитиигэ билигин да туһана сылдьаллар.

Арыгыны элбэхтик иһэр куһаҕанын туһунан бары; учууталлар, төрөппүттэр, билэр дьон эмиэ этэллэр. Оҕо улаатан иһэн ханнык эмэ хампаанньаҕа кыттыһан син-биир биирдэ аһара иһэн кэбиһэр кыахтаах. Хайаан да боруобалыыр, саҥаны айыыны оҥорор санаата киниэхэ батан сылдьыбакка тахсарыгар эрэ тиийэр, арай аһара иһэн ыарыйдаҕына, кэһэйдэҕинэ, дьэ чахчы арыгы куһаҕанын билэн, кэһэйэр, итэҕэйэр. Бу боруоба кэнниттэн арыгыттан кэһэйэн куһаҕанын итэҕэйдэҕинэ испэт киһиэхэ кубулуйуон сөп.

Манна табаах тардыытын эмиэ киллэриэххэ сөп. Ким төһө элбэх бөппүрүөскэни умуруорбакка эрэ тардарыгар күрэхтэһэн уҥан хаалбыт уол табаахтан кэлин да улаханнык сэрэнэр этэ.

Иллэҥ, элбэх харчылаах эдэрдэр наркотигы боруобалаан көрө сылдьан ылларбыттарын билбэккэ да хаалыахтарын сөп. Киһи доруобуйатыгар, өйүгэр-санаатыгар дьайара күүһэ бэрдиттэн наркотикка ылларбыт дьон ыарыһахтарга кубулуйаллар, уһуннук эмтэммэккэ эрэ кыайан быраҕа охсон кэбиспэттэр.

Билигин тэнийэн, тарҕанан эрэр наркотиктары биирдэ эмэ боруобалыы оонньуу сылдьан ыллара охсон хаалыахха сөбө эдэрдэр аһара боруобалыыр, саҥаны айыыны, билбэттэрин оҥоро охсор санааларын кыана тутталларыгар, тулуурдарын, өһөстөрүн өссө күүһүрдэн биэрэллэригэр күһэйэр. Ол иһин олох сайдан, тупсан истэҕинэ “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн сахалар үөрэхтэрин сайдыыны ситиһиэҕин, үлэни-хамнаһы кыайыаҕын баҕарар омук дьоно хайаан да тутуһуохтаахтарын биллэрэбит.

Онон билигин эдэрдэргэ “Айыыны оҥорума” диэн этии, үөрэтии ордук туһалаах уонна табатык өйдөнөрө эрэйиллэр. Ол курдук саҥаны, билбэти, урут биллибэти оҥоруу саҥаны айыы буоларын бары билэбит эрээри оҕолорбут өйдөрүн-санааларын кыайан харыстыырга өссө да үөрэнэ иликпит. Сэбиэскэй былаас “айыы үчүгэй” диэн албынныы сылдьыбытын билигин да хаалларбакка салҕаан иһээччилэр, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, суруйааччылар бааллар. Оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан, үчүгэйи уонна куһаҕаны сатаан арааран билэн олоҕор туһанарга үөрэниэр, ол аата киһи буолууну ситиһиэр диэри “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи тутуһара хайаан да ирдэнэр. Бу үөрэх оҕону сыыһа-халты туттунарыттан, киһи быһыытын аһара барарыттан харыстыырынан туһата улаханын төрөппүттэр өйдүөхтэрэ этэ.

Оҕо өйө-санаата сайдыытын уратытынан туох баар билиитин барытын саҥаны арыйан оҥорор. Өйө-санаата саҥаны айыылартан, билиилэртэн хомуллан, мунньуллан ийэ кута үөскээн иһэр. Ол аата оҕо куруук саҥаны арыйар, айыыны оҥорон иһэр, улахан дьон бары билэр билиилэрэ киниэхэ аан маҥнай саҥаны айыы буолан ийэ кутун үөскэтэр. Туох баар билиитэ барыта киниэхэ саҥаны айыы буолан өйүгэр-санаатыгар оннук уларыйыылары киллэрэр. Саҥаны билэн иһэриттэн өйө-санаата сайдар, эбиллэр.

Хас биирдии саҥаны арыйыы барыта боруобаланан истэҕинэ эрэ табыллар, олоххо киирэр, өйгө-санааҕа дириҥник, хаһан да умнуллубат буола хатанар. Оҕону үөрэтээччилэр “Повторение – мать учения”, “Практическое занятие” диэн этиилэрэ барылара боруобалаан көрөн ылыммыт билиини чиҥэтиигэ аналлаахтар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбуттара. Ол быһыы содулунан билигин Россия дьонун өйдөрө-санаалара туруга суох буолууга киирэн сылдьар. Туруга суох өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо наркотик дьайыыта ордук күүһүрэр. Ол аата наркотик дьайыытыттан Россия дьоно атын омуктардааҕар ордук күүскэ оҕустарар, эрэйгэ тэбиллэр кыахтаахтар. Бу быһаарыы табатын Россия дьоно арыгыны элбэхтик иһэллэрэ, үгүстүк арыгыга ыллараллара биллэрэр.

Наркотикка ылларан эрэр эдэр киһи дьону кытта тапсыбат, кыраттан сылтаан кыыһыран-тымтан иһэр, куруук туга эрэ табыллыбата, тиийбэтэ үөскээн сайдан иһэр. Наркотига суох буоллаҕына “ломка” диэн улахан ыарыыга ылларар. Бу ыарыыны тулуйдаҕына эрэ наркотигы быраҕар кыахтанар.

Өйгө-санааҕа дьайар эмп наркотик диэн ааттанар. Эмп кыра дозата киһиэхэ туһаны оҥорор, эмтииргэ туттуллар. Элбэх дозата өйү көтүтэрин иһин наркоманнар туһаналлар. Эдэрдэр аһара барар санаалара элбэҕиттэн аһара туттунаннар өлүүгэ кытта тиийэллэр. Киһини наркотигы туһаныыга үтүрүйүү уголовнай ыстатыйаҕа сөп түбэһэр. Албыннаан, боруобалаан көрдөрөн наркотикка үөрэтэн кэбиһиини бэйэлэрэ наркоман буолбут дьон элбэхтик оҥороллор. Кинилэр эдэрдэри ордук саныыр санааларын иэстэһэн ситиһэ сатыылларыттан наркотигынан көөчүктээн, боруобалатан наркоман оҥорон кэбиһиэхтэрин сөп.

Эдэрдэри “айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн үөрэтии саҥаны, биллибэти оҥорор санааларын аһара күөртээн, наркотиктары боруобалаан көрөллөрүгэр тириэрдэр кыахтаах. Аҕыйахта боруобалаан көрө сылдьан наркотикка ылларан хаалар эдэрдэр элбэхтэр. Ол иһин эдэр наркоманнар куруук элбээн иһэллэр.

Сахалар “Айыыны оҥорума” диэн эдэрдэри үөрэтэллэрэ кинилэри сыыһа-халты тутталларыттан харыстыыр ураты аналлааҕын, билбэт суолларыгар киирэн биэрэллэрин суох оҥорорун төрөппүттэр билэн туһаныа этилэр.

Онон оҕо ханнык баҕарар билиитин барытын бэйэтэ боруобалаан, оҥорон көрөн, билэн иҥэриннэҕинэ эрэ табыллар. Кини бу быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын үксүгэр боруобалаан көрөн баран биирдэ билэрэ улахан уустуктары, эрэйи да үөскэтиэн сөп.

Уол оҕолор сүрүн уратыларынан барыны билбиттэрин боруобалыы охсорго урутаан дьулуһаллар. Ол иһин сыыһа-халты, аһара туттунууга киирэн биэриэхтэрин сөбө, кинилэри ордук көрөн-истэн харыстыырга, кэмэ кэлэн истэҕинэ үөрэтэн, такайан биэрэн иһиигэ аһара наадыйаллар.

Олоххо туттуллар барыны бары боруобалаан, оҥорон көрөн билии-көрүү дойдулар олохторугар кытта дьайар. Ыраахтааҕылаах Россия аһара баайдара, чиновниктар үлэһит дьону аанньа ахтыбаттара, элбэх барыһы ылаарылар хамнастарын ситэ төлөөбөттөрө, олус уһун кэмҥэ ыган үлэлэтэллэрэ. Аһара баайдар салайар дойдулара үлэһиттэр олохторун тупсарар иһин туох да туһалааҕы оҥорботоҕо, кыһамматаҕа, 8 чаастаах үлэ күнүн олохтооботоҕо, тыа сирин үлэһиттэригэр сири биэрбэтэҕэ, кэлин үлэһиттэри кытта кэпсэтиигэ биир тылы булбаттарыттан сааны-сэби туттан ытыалыырга, элбэх киһини бииргэ өлөртөөһүҥҥэ кытта тиийбитэ. Маннык ыар ыгааһын түмүгүнэн Улуу Октябрьскай революция саҕаламмыта уонна олус улахан кыайыыны ситиһэн үлэһиттэр бары баҕа санааларын толорбута. Сири - бааһынайдарга, собуоттары - оробуочайдарга биэрбит курдук буолбута. Yлэһит, хамначчыт дьон үлэлээн сөптөөх хамнаһы өлөрөн киһи быһыылаахтык олохторун оҥостон олорор кыахтаммыттара, аны бары барыта үчүгэйгэ кубулуйбута, Улуу сэриигэ улахан суолталаах кыайыы ситиһиллибитэ. Үчүгэй олох кэллэ диэн үөрүү-көтүү, най барыы сабыдыалыгар оҕустарыыларыттан олох таһыма сайдыбакка үлэ-хамнас хаалыыта саҕаламмыта.

74 сыл устата сэбиэскэй былааһы боруобалаан, кэһэйэн баран, билигин капитализмҥа төннүү кэмэ Россияҕа кэлэн турар. Бу боруобалааһын төһө да уһунун иһин үс көлүөнэ уларыйыытын кэнниттэн сэбиэскэй былаас сыыһаларын, дьэ арааран билэн, өйгө-санааҕа халыйыыны көннөрүү үлэтэ ыытылла сылдьар.

Атын сайдыылаах государстволар Улуу Октябрьскай революция кэнниттэн дьэ өй, үөрэх ыланнар, бары үлэһиттэригэр төһө эмэ чэпчэтиилэри оҥороннор, өрө туруулар салгыы сайдан иһиилэрин тохтоппуттара. Онтон ыраахтааҕы өрө туруу, бу үлэһиттэр саҥаны айыылара оннук кутталланыа диэн билбэтиттэн олорон биэрэн, былаҕайга былдьаммыта.

Билигин да саҥаны арыйыы, айыы дьайыыта уларыйбат. Туох саҥаны айыы барыта боруобаланан, туга-ханныга ситэ биллэ илигинэ сэрэхтээҕин, кутталлааҕын эрдэттэн билэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илик оҕолору, эдэрдэри харыстаан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэр сахалар таҥараларын үөрэҕин кытаанахтык тутуһуохпут этэ.

Ол аата саҥаны оҥоруу, айыы туох содуллааҕа, үчүгэйэ дуу, куһаҕана дуу боруобалаан, оҥорон көрдөххө эрэ, төһө эмэ кэминэн биллэр кыахтааҕа олоххо уустуктары үөскэтэр. Ол иһин саҥаны айартан, айыыны оҥоруох инниттэн сэрэнии хайаан да ирдэнэр. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэрэ өй-санаа ити уратытыттан тутулуктаах уонна эдэрдэри, ордук уолаттары сыыһаны-халтыны, аһара барыыны оҥорон кэбиһэллэриттэн харыстыырга аналланар.

ТУТТУНАР КҮҮС

Киһи уһун үйэтин тухары киһи быһыылаахтык, олохсуйбут бэрээдэги, сокуоннары тутуһан сылдьарын, олоҕу олорорун туһугар өйүгэр-санаатыгар элбэхтик киирэн ааһар быстах санааларын туттунар, тохтотунар күүстэннэҕинэ эрэ, аһара, сыыһа-халты туттубат кыахтанарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһааран итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр.

Туттунар күүс оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута сайдар кэмигэр “Кэтэс”, “Тохтуу түс”, “Мэниктээмэ”, “Тулуй” диэн үөрэхтэртэн саҕаланан үөскээн олохсуйар уонна оҕоҕо өйө-санаата сайдыытыттан, билиитэ кэҥээһиниттэн күүһүрэн иһэр. Сахалар үөрэхтэрэ киһи туттунар күүһүн санаа күүһэ диэн быһаарар уонна өһөс диэн ааттыыр. Ол аата өһөс киһи диэн күүстээх санаалаах, тулуурдаах уонна ол санаатын толорор кыахтаах киһи ааттанар.

Оҕо улаатан иһэн туттунар күүстэнэн, тулуурданан, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанан олоҕун сүрүн сыалын, киһи буолуу үөрэҕин ситиһэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн этин-сиинин, өйүн-санаатын эрчийдэҕинэ, дьарыктаатаҕына эрэ тулуура, улаатан ити сыалын ситиһэр. Ол аата оҕону анаан-минээн дьарыктаатахха, ыарахаттары тулуйарга элбэхтик эрчийдэххэ эрэ тулуура, өсөһө сайдан олоҕун сыалын ситиһэр кыахтанар.

Аныгы сайдыбыт, сымнаабыт диэн ааттыыр олохпутугар олох бу тутаах көрдөбүлүн хаалларын сылдьабыт. Ол иһин эдэрдэрбит бары тулуура, тохтотунар күүһэ суох буола улааталларыттан араас буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээбитин тэҥэ, сыыһа-халты туттунууларга киирэн биэрэллэрэ үксээтэ.

Этигэр-сиинигэр эмискэ ыарыы үөскээтэҕинэ быстан-ойдон, тымтан турбакка, ханнык эрэ сөптөөх быһаарыыны булунуу киһиттэн хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. “Аҥар иэдэскин оҕустахтарына, атыҥҥын тоһуйан биэр” диэн православнай таҥара үөрэҕин этиитэ аныгы, сайдыылаах дьоҥҥо таба өйдөммөтөҕүн да иһин, улахан тулуур баарын бэлиэтиир. Киһи киһини сирэйгэ охсуутун тулуйуу ураты тулуурданнахха эрэ кыаллар кыахтааҕын быһааран ити этии үөскэтэн таҥараны итэҕэйээччилэр туһаналлар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ эмиэ киһи киһини оҕустаҕына маҥнайгы охсууну хайаан да тулуйар туһалааҕын, ол кэнниттэн быһаарсыы дьэ саҕаланыахтааҕын биллэрэр.

Сиэрдээх быһаарсыы диэн икки өрүт сөбүлэһэр, ол аата ханнык эрэ өттүнэн иккиэннэригэр сөп түбэһэр көрдөбүлү туруоруу уонна ылыныы ааттанар. Икки өрүт көрдөбүллэрэ хаһан баҕарар икки аҥы барар хайысхалаахтарынан, бу икки өрүттэр сөбүлүүр быһаарыылара ханан эрэ ортотунан, икки ардыларынан түбэһэрэ табыллар. Ол аата бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэригэр хайаан да көмөлөсүһэн, туруорар көрдөбүллэрин аҕыйатан, кыччатан биэрдэхтэринэ эрэ сөбүлэһии табыллар, ситиһиллэр кыахтанар.

Туттунар күүс, тулуур баара киһи субу оҥороору бэлэмнэнэр быһыытын өссө төгүл ырытарыгар, бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсарын олохтоохтук быһаарыыга тириэрдэринэн олус туһалаах уонна киһиэхэ хайаан да баара ирдэнэр. Туттунар күүһэ суох эбэтэр бу күүһэ олус кыччаатаҕына, киһи тиэтэйэриттэн, ыксыырыттан, киһиргиириттэн элбэх сыыһа-халты туттунуулары оҥорор кыаҕа улаатан хааларыттан, араас оһолго түбэһэрэ элбиирэ уопсай түмүккэ куһаҕаҥҥа тириэрдэр.

Оҕо атаах, бэйэмсэх, барыга бары бэлэмҥэ үөрэннэҕинэ өйө-санаата туттунар күүһэ суох буола улаатар. Туга эмэ суоҕун эбэтэр тиийбэтин төрөппүттэринэн субу көрдөөн, булларан иһэр майгына тулуура суох буолуутугар тириэрдэрэ быстах быһыыга киирэн биэриитин үөскэтиэн сөп.

Оҕо улаатан иһэн үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары араартаан билэргэ үөрэнэрэ хайаан да ирдэнэр. Бу куһаҕан быһыы, маннык быһыыны оҥорбоппун диэн чуолкайдык биллэҕинэ эрэ оҕо оҥорор быһыытын хонтуруолланар кыаҕа үөскүүр. Куһаҕан быһыылары арааран билэргэ үөрэнии оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр ордук дириҥник уонна түргэнник иҥэрин төрөппүттэр билэллэрэ, туһаналлара ордук этэ. Ону тэҥэ оҕону кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорбот, бэрээдэктээх, тулуурдаах буолууга үөрэтэр кыах ордук улахан.

Туттунар күүс киһи олоҕор суолтата олус улахан. Туттунар күүһэ аҕыйаҕыттан, суоҕуттан киһи ордук саныыра эбиллэр, кыыһырара, өһүөннүүрэ киһиттэн таһынан барар, тугу барытын оҥороругар аһара туттунар кыаҕа улаатан хаалар.

Өй-санаа ханнык эрэ кэмҥэ босхо баран хааллаҕына киһи буруйу, куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөп диэн этиигэ бары сөбүлэһэбит. Эдэр киһи биирдэ эмэ арыгыны ааһа иһэн кэбиһэн өйө көтөн хааллаҕына туох эмэ куһаҕан быһыыны, ыар буруйу оҥоро охсон кэбиһэр түбэлтэтэ олус элбээтэ. Ол барыта арыгы дьайыытыттан туттунар күүс аҕыйааһына, суох буолуута кэлэрин таһынан, өссө киһибит кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэтиллибэтэҕин, ийэ кута иитиллибэтэҕин биллэрэр.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ этэринэн киһи өйө көппүт эбэтэр өйө баайыллыбыт кэмигэр ийэ кута, ол аата кыра эрдэҕинэ үөрэммит, иҥэриммит үгэстэрэ салайаллар. Кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибит оҕо, бу кэмҥэ атаахтыан, көрүллүөн-истиллиэн, тугу эмэ минньигэһи сиэн баҕарар санаата эбиллэр. Ону тэҥэ кэлин үөскээбит, олохсуйбут ис санааларын эмиэ толорон кэбиһэр кыахтанар.

Кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибит киһи итирдэҕинэ, өйө көттөҕүнэ даҕаны куһаҕан, сиэри таһынан барар быһыылары оҥорбот, үгэс буолан иҥэриллибит бэрээдэгин кэспэт, туттунан тохтуур кыаҕа улаханыттан сыыһа-халты быһыылары оҥороро аҕыйах буолар.

Айылҕа хааны сиир үөннэрэ сииллэрин тулуйа үөрэнии туттунар күүһү улаатыннарар. Ол курдук кыра оҥоойуттан уонна бырдахтартан саҕалаан улахан күлүмэҥҥэ уонна тигээйигэ тиийэ айылҕа үөннэрэ улаатан, бөдөҥөөн иһиилэрэ, ытыраллара ордук ыарыыланалларыгар тириэрдэр. Бу үөннэр ытыралларын, сииллэрин “мыр” да гыммакка тулуйуу улахан тулуурдаах киһи буолары быһаарара, ханнык да саарбаҕа суох. Хоту диэки бардахха бырдахтар элбээн иһиилэрэ хоту сир олохтоохторо тулуурдара, туттунар күүстэрэ улаханын биллэрэр.

Аһылыктан туттунуу оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн, киһи буолууну баһылаабытын кэнниттэн кэлэр, дьон үгүстэрэ эрэйдэнэр үөрэхтэрэ буолар. Ол курдук сымнаҕас үлэлээх, аҕыйахтык хамсанар олохтоохтор кэлин, сааһыран истэхтэринэ, аһылык тупсубутун табан сыаналаабаттарыттан эттэрэ-сииннэрэ эбиллэрэ элбээтэ. Аһылыктан туттунуу күүһүрдэҕинэ, киһи аһара элбэҕи аһаабакка, бэйэтин, этин-сиинин аһыыр-сиир баҕатын туттунан уойан барыыттан көмүскэллээх буолар кыахтанар. Бу аһылыктан туттунар күүс киһини арыгыны элбэхтик иһэн арыгыга ылларыыттан эмиэ харыстыыр кыахтаах. Ол иһин, киһи бу туттунар күүһүн күүһүрдэн биэрэ сылдьара эрэйиллэр.

Бу тутулугу былыр үйэҕэ быһаараннар бары улахан, христианскай, православнай, мусульманскай таҥара үөрэхтэрэ араас постары тутуһуннаран дьон аһара аһыылларын аҕыйата сатыыллар. Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ араас постарынан дьону албыннаабакка эрэ, киһи санаатын күүһүрдэн, өсөһүн улаатыннаран аһара аһаабаты, арыгыны аһара испэти ситиһэргэ ыҥырар.

Сахалар аһылыктарын үөрэҕинэн кыһыҥҥы тымныы кэмҥэ тоҥон хаалбат туһугар эти, сыаны элбэхтик сиири, онтон сайыҥҥы куйаас кэмҥэ үрүҥ аһынан уонна балыгынан аһыыры ирдиир. Сайын эти олох аҕыйахтык сииллэр.

Арыгыны аһара истэххэ үөскүүр төбө ыарыытын абырахтанан кэбиһии суох оҥороро, дөбөҥө туттунар, ыарыыны тулуйар күүһэ суох киһини арыгыһыт буолууга тириэрдэрэ элбэх. Арыгы ыарыытын тулуйар, абырахтаммат киһи арыгыһыт буолбат. Итини тэҥэ наркотиктарга үөрэнииттэн үөскүүр “ломка” диэн күүстээх ыарыыны бэйэлэрэ тулуйан, хайдах эмэ аһарынар кыахтаахтар наркотиктан эмтэнэр, быраҕар кыахтара улаатарын таба туһаныахтара этэ.

Тулуурдаах киһи өйө-санаата бөҕө, ыһылла сылдьыбат. Өһөс диэн өй-санаа күүстээх, тулуура улаханын быһаарар тылбыт. Өһөс киһи тулуура улахан буолар. Сэбиэскэй былаас сымнаҕас олоҕор оҕолорбутун атаахтык, маанылаан үөрэтэммит эдэрдэрбит бары тулуура, өсөһө суох буола улааталларыттан бэрээдэги кэһэллэрэ, сыыһа-халты туттуналлара, арыгыга ыллараллара биллэрдик үксээтэ. Төрөппүттэр биир эмэ оҕолорун аһара бэлэмҥэ үөрэтэллэриттэн, атаахтаталларыттан, этин-сиинин эрчийбэттэриттэн үлэни-хамнаһы кыайбаттар эмиэ элбээтилэр.

Сахалар оҕону үөрэтэр үөрэхтэригэр “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооно баар. Бу өс хоһооно оҕо төрөппүттэринээҕэр хайаан да ордук тулуурдаах, дьулуурдаах, өссө ыарахан үлэлэри кыайар, ол аата өһөс, күүстээх санааланнаҕына эрэ, аймахтар элбээннэр, үлэни-хамнаһы кыайаннар омук сайдан иһиини ситиһэр кыахтанарын биллэрэр. Ол иһин оҕону иитии төрдүттэн кытаатан биэрэрэ омук сайдыытыгар улахан туһаны аҕалар.

Биһиги сахалар бу өспүт хоһоонун бары төрөппүттэр ылынан оҕолорун үөрэтэргэ туруннахтарына сайдыы суолугар киирэр кыахтаныахпыт.

ТАБААҔЫ ТАРДЫЫНЫ УТАРЫ ОХСУҺУУ

Дьон табааҕы тардаллара олус ырааппыт буолуон сөп. Американы арыйыы кэнниттэн табааҕы 16-с үйэҕэ аҕалан тарҕаппыттар. Киһи өйүгэр-санаатыгар дьайар кыра күүстээх наркотик буоларынан олус киэҥник тарҕаммыт, элбэх дьон табаахха ылларбыттар. Үгүстэр санаалара түстэҕинэ, табыллыбатахтарына, тугу эмэ кыайбат кыахха киирдэхтэринэ табаах тардаллара киирэр. Табааҕы тардыы санааны аралдьытарын, уоскутарын туһаналлар.

Саҥа тарда сатыыр киһи табаах дьайыытын улаханын билэр, сөтөллөр, чачайар. Тарда үөрэммит, куруук тардар киһи табаах дьайыытын соччо билбэккэ эрэ сылдьар. Арай өр кэмҥэ табаахтаабакка сылдьан баран тартахха өйгө-санааҕа дьайыыта, мэйии кыралаан эргийэрэ биллэр.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдан, күүһүрэн истэҕинэ доруобуйаларын буортулуур араас абылаҥнартан бэйэлэрэ, өйдөрүн-санааларын күүһүнэн, тулуурдарын улаатыннаран туттуналлара эбиллэр. Россия саҥа сайдыы суолугар үктэнэ сатаан эрэр былыргы дойду. Саҥардыы байыаннай коммунизм олоҕуттан босхоломмуппут. Биһиги өйбүт-санаабыт сайдыылаах дойдулартан ырааҕынан хаалан иһэр, тугу үчүгэй эбэтэр куһаҕан диирбит кыайан сөп түбэспэттэр. Ол да буоллар сайдыылаах, демократия үөрэҕэ олохсуйбута хас да үйэ буолбут Европа дойдуларыттан, АХШ-тан хаалан хаалымаары табааҕы тардыыны утары кинилэри үтүктэн охсуһа сатаан эрэбит. Бу охсуһууну ыытарбытыгар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн өй-санаа үөрэҕин быһаарар этиини умна охсон кэбистибит. Ол аата киһи оҥорор быһыытын тупсарарга чыпчархайы уонна манньаны тэҥҥэ туттуохтаахпытын умуннубут. Ол курдук аҥардастыы бобуу, хаайыы, табаах сыанатын үрдэтии чыпчархай дьайыытыгар сөп түбэһэллэринэн дьон өйүгэр-санаатыгар утарсар санааны киллэрэллэр, салайар былааһы сөбүлээбэттэрэ үөскүүр.

Утарсар санаа үөскүүрүн тэҥнээн биэрэр туһугар манньа эмиэ баарын ситиһиэхпит этэ. Табаах тардыыны утары охсуһууга манньа дьайыытын булан туһаныахха сөп. Үчүгэй фильтрдаах табаахтары оҥорон таһааран чэпчэки сыанаҕа атыылааһын манньа курдук дьайыыланар. Ол аата чэпчэки сыаналаах, аҕыйах буортулаах табаах атыыга куруук куруук баара дьон доруобуйаларын харыстыырга аналланар.

Урукку кэмнэргэ табаах суох буола сылдьыбыт кэмнэрэ эмиэ бааллар этэ. Ол кэмҥэ дьон мохуорканы уонна бэйэлэрэ үүннэрэр сэбирдэх табаахтарын элбэхтик тарда сылдьыбыттар. Бэйэ үүннэрбит, оҥоруу табааҕа дьон доруобуйаларыгар ордук куһаҕаннык дьайара биллэр. Табааҕы утары охсуһуубут аҥардастыы бобууга кубулуйан дьон бэйэлэрэ үүннэрэр табаахтарын тарданнар доруобуйаларын буортулааһыҥҥа тиийэн хаалбаттарын туһугар чэпчэки сыаналаах, үчүгэй хаачыстыбалаах табаах атыыга куруук баарын ситиһиэхпит этэ.

Табаахсыттар эмиэ дьоннор. Кинилэр бырааптара эмиэ харыстаннаҕына эрэ табыллар. Үлэлиир сиргэ үчүгэй салгыны ыраастыырдаах, баһаартан көмүскэллээх аналлаах табаах тардар сирдэри тэрийии хайаан да ирдэнэр.

Уулуссаҕа табаах тардыыны бобор буоллахха, аналлаах табаах тардар сирдэр, туспа турар дьиэлэр бааллара табаахсыттары улаханнык эрэйдиэ, салайар былааһы абааһы көрөр, куһаҕан санаалара аһара барыа суоҕа этэ.

Элбэх дьон олорор дьиэлэригэр бэрээдэктээхтик, салгына элбэх подьезка табаахтыыллара улахан буортуну оҥорбот. Манна төттөрүтүн, иккис өрүтүн булан эттэххэ табаахсыта суохтар табаах тардыбат дьонноох дьиэлэргэ мунньустуох этилэр.

Бука бары чөл, чэбдик олоҕу тутуһа сатыыбыт. Табаахсыттары дьиэлэрин иһигэр эрэ табаахтыырга күһэйии кыра оҕолору чөл, чэбдик олоххо иитиигэ сөп түбэспэт. Ол курдук оҕо төрөппүтүн көрөн үтүктэр күүһэ олус улахан. Табаахсыт төрөппүттэрдээх оҕо тугу эмэ; харандаас тооромоһун, кумааҕыны эрийэн баран табаахтаабыта буолан үтүктэ оонньуура элбэх. Табаахтыыры үтүктэ оонньууруттан соннук үгэс үөскээн, улааттаҕына табаахсыт буолан хаалыан сөп. Биһиги кэлэр көлүөнэлэрбит табаахтаабаттарын туһугар ордук кыһаннахпытына дьиэҕэ табаахтааһыны, кыра оҕолорго көрдөрүүнү, көөчүктээн үтүгүннэриини аан бастаан суох оҥоруо этибит.

Дьиэҕэ табаах тардыыта кыра оҕолору табаах тардар үгэскэ үөрэтэр күүһэ олус улахан. Оҕо табаахтыы, буруолата сылдьар төрөппүтүн хайаан да үтүктэр, оннук үгэстэр үөскүүллэр. Улааттаҕына табаахсыт буолар кыаҕа улаатан хаалар.

“Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн оҕолору үөрэтии үчүгэйгэ үөрэтиигэ төттөрү дьайыытынан оҕолор улаатан иһэн табааҕы, арыгыны, наркотигы хайаан да боруобалыылларын, тардалларын үөскэтэн табаахсыттары, арыгыһыттары, наркоманнары элбэтэрин төрөппүттэр билэн эрдэттэн, оҕолоро кыра эрдэҕиттэн сэрэниэ, сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэрин тутуһуо этилэр.

Табааҕы Россия дьоно 40 бырыһыаннара тардар диэн этэллэр. Табааҕы бобууга аһара эрдэлээн, сыыһа киирсэн эрэбит. Бачча элбэх киһини үүрэн, түрүйэн сүгүн үлэлэппэт, аанньа аһаппат буолуу куһаҕан сабыдыала сыыйа улаатыаҕа. Баҕа санаалара туолбатах дьон араас хамсааһыннарга кыттыһалларын элбэтиэн сөп.

Табааҕы тардыыны бобо, хаайа сатааһын диэн салайар былаас өттүттэн күүһүлээн оҥоруллубут, үгүстэр сөбүлээбэт быһыылара буолар. Аһара бобор-хаайар былааһы үгүстэр сөбүлээбэттэрэ үөскүүрүгэр тириэрдиэн сөп.

Россия дьоно сайдыы диэки тардыһалларыттан, олохторугар уларыйыыны киллэрэр санааларыттан элбэх эньиэргийэни мунньунан сылдьаллар. Л.Н.Гумилев суруйбут пассионарнай, ол аата сахалыы бас-баттах иитиилээх эдэрдэрэ “маргиналлар”, “макбеттар” билигин Россияҕа элбээтилэр. Араас хамсааһыннар үгүс дьону, эдэрдэри хабар кыахтаахтар.

Элбэх дьону бииргэ түмэн кыйахалааһын, санааларын алдьатыы табааҕы утары сатаан охсуспаттан үөскүүр. Аҥардастыы бобуу, хаайыы диэки халыйыы, табаах сыанатын аһара үрдэтии элбэхтэр санааларын куһаҕан, былааска утарылаһар өттүгэр уларытар. Дьон бэйэлэрин өйдөрүн-санааларын сайыннаран, доруобуйала-рын туһугар бэйэлэрэ кыһаналларын үөскэтии, оҕону “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтии табааҕы утары сөптөөх охсуһуу буолуо этэ. Итини тэҥэ өй-санаа үөрэҕин дьайыытын уһунун, хас да көлүөнэ дьоҥҥо тиийэрин таба сыаналаан уларыйыылары киллэриигэ тиэтэйиэ, ыксыа суоҕа этибит. Дьон өйүгэр-санаатыгар биллэр уларыйыылары киллэриигэ биир киһи үйэтэ кылгас буоларын билинэн уһун үйэлэргэ тиийэр быһаарыылары ылыныахпыт этэ.

Онон табааҕы тардыыны утары охсуһууга аҥардастыы бобуу-хаайыы өттүгэр охтубакка, манньа, көмө өттүн эмиэ туһаныахха, табаах эмиэ сымнаҕас да курдук буоллар олус элбэх дьону хабар өйү-санааны буккуйааччытын умнумуохха, астына табаахтаабатахтарына дьон куһаҕан санаалара элбиир.

ААН ДОЙДУНУ ҮЛЛЭСТИИ

Биһиги остуоруйабыт науката норуоттар икки ардыларыгар буолар сэриилэр тоҕо, туохтан үөскүүллэрин ситэтэ суохтук сырдатар, буккуурдаахтык быһаарар. Былыргы кэмнэргэ буолан ааспыт сэриилэргэ аҥардастыы саба түһээччилэр эрэ буруйдаахтарын курдук көрдөрө сатааһын ыытыллар. Ол аата, ким сэриинэн саба түспүт, ол буруйдаах диэн быһаараллар.

Билигин олох сайдыбытын да кэннэ итинник быһаарыы олус сөп диэн ааҕаллар. Ол эрээри дьон өйө-санаата кыыл өйүттэн-санаатыттан сыыйа сайдан, тупсан испитин таба сыаналаан, арыыйда дириҥник толкуйдаан, ырытан көрдөххө уонна кыайбыт дьон өттүттэн ылан быһаардахха, былыргы кэмнэргэ сэриилээн кыайыы диэн саҥаны айыылары олоххо киллэрэн, киэҥ сирдэргэ тарҕатыы буолуон эмиэ сөп курдук. Оччотооҕу кэмнэргэ ким саҥаны арыйан олоххо урут киллэрбит аан маҥнай сэриитин сэ¬бин саҥалыы оҥостон аттыгар олорор омуктарга боруобалаан көрөн, кинилэр сирдэрин сэриилээн ылар, бэйэлэрин бас бэриннэрэр этэ.

Былыргы кэмнэргэ ким күүстээх, кыахтаах барытын баһылыыр кэмигэр үөскээбит “Кыайбыттары сууттаабаттар” диэн этии баар. Бу этии кыайбыт дьону атын ким да кэлэн кыайан сууттаабатын быһаарар. Сахалар былыргы кэмнэргэ элбэх кыайыылары оҥорбуттарын биллэрэр “Кыайбыт тойон”, “Кыайбыт көҥүлэ” диэн этиилэр бааллар. “Кыайбыт көҥүлэ” буолар кэмэ олус уһун кэмҥэ, олоххо демократия сокуоннара киириэхтэригэр диэри Аан дойдуга барытыгар бүрүүкээн олорбута.

Олох сайдан иһиитэ элбэх саҥаны айыылартан уонна олору олоххо киллэрэн туһаныыттан үөскүүрүн бары билэбит. Элбэх араас саҥаны айыылартан биир эмэ эрэ олоххо туһаны аҕалар. Биһиги бу үлэбитигэр экономикаҕа саҥаны айыылар былыргы кэмнэргэ элбэх сэриилэргэ тириэрдибиттэрин быһаара сатыахпыт.

Христос таҥара үөскүөҕүттэн Аан дойдуну үллэстии хас биирдии сүүс сыл аастаҕын аайы саҥалыы ыытыллан, омуктар кыраныыссалара тупсарыллан, уларыйан биэрэн иһэр. Сайдыыны ситиспит, ахсааннара эбиллэн күүһүрбүт омуктар бэйэлэрин күүстэригэр-кыахтарыгар сөптөөх сири-дойдуну баһылыахтарын баҕараллар. Олох сайдыытыгар улахан хамсааһыннары олус туһалаах саҥаны арыйыылар кэмиттэн кэмигэр оҥорон иһэллэр.

Саҥа үөскээбит омуктар бэйэлэрин туспа уратыларын билинэн күүһүрэн-уоҕуран тахсыылара олохторун ортоку кэмнэриттэн саҕаланар. Кинилэр бу кэмҥэ ахсааннара биллэрдик эбиллэн, атын мөлтөөбүт, ахсааннара аҕыйаабыт кырдьаҕас омуктарын үтүрүйтэлээн, үчүгэй сирдэрин баһылаан иһэллэр. Киэҥ сирдээх-уоттаах омуктар урукку, былыргы кэмнэргэ улаханнык күүһүрэ-кыаҕыра сылдьыбыт эбиттэрэ ити быһаарыынан чуолкайданар.

Югославия республикатын үрэллиитэ омуктар сайдыыны ситиһэннэр тус-туспа барар кыахтаммыттарыттан үөскээбитэ. Украинаҕа 2014 сыллаахха саҕаламмыт сэрии украинецтар бэйэлэрин республикалара күүһүрэрин иһин нууччалартан арахсар, туспа бара сатыыр сэриилэрэ буолар.

Ордук суолталаах, улахан саҥаны айыылар Аан дойду норуоттарыгар дьайыыларын ааҕан таһаардахпытына бу курдук хартыына арыллан тахсар.

Тимири уһаарары уонна уһанары баһылаабыт хуун омуктар Азияттан саҕалаан бүтүн Европаны барытын кэриэтэ хамсатан, омуктары барыла¬рын сыҕарытан, сирдэрин-дойдуларын уларытан, хаттаан оннуларын булунууларын үөскэппиттэрэ. Тимиртэн араас туттар тэриллэри оҥостуу салгыы сайдан иһиититтэн омуктар баһылыыр оруоллара эмиэ уларыйан биэрэн испитэ.

Христос таҥара үөскээбититтэн ыла бастакы тыһыынча сыл устата тимири сатаан уһааран, уһанары баһылаабыт омуктар Аан дойдуну үл¬лэстиини баһылаан-көһүлээн салайбыт эбиттэр. Тимири уһаарары уонна уһанары баһылаабыт омуктарга Христос таҥара, ол аата үчүгэй киһи буолууга ыҥырар баҕа санаа үөскээн сайдан барбыт. Бастакы тыһыынча сыллар саҕаланыыларыгар тимири уһаарары уонна уһанары баһылаабыт омуктар Аан дойдуну хаттаан үллэстибиттэр. Бу омуктар ити кыайыыларын кэнниттэн Христос таҥараларын атын омуктарга тарҕатыыны саҕалаабыттар.

Тимири хатарыыны баһылааһын сайдыыны өссө өрө таһаарбыта. Хатарыылаах тимири оҥорору баһылаабыт монголлар-татаардар бүтүн Азияны, Европа үгүс өттүн сэриилээн кыайан, өр кэмҥэ бас билэн олорбуттара.

Соторутааҕыта ааспыт 2 тыһыынча сыллары арыгы Аан дойду үрдүнэн тарҕаныытын сылларынан ааттыахха сөп. Бу сыллар усталарыгар арыгы Европаттан саҕалаан Аан дойдуга барытыгар тарҕанна. Дьон-аймах сайдыылаах өттүлэрэ бу уһун кэм устата арыгыны сатаан оҥосто уонна сөбүлээн көрөн иһэр буола үөрэннилэр. Арай сайдыыттан хаалан иһэр хоту, кырыы диэки олохтоох омуктар арыгыны сөбүлээн көрөн, кэмнээн иһэргэ саҥа үөрэнэ сатыыллар. Ол эрээри дьон-аймах сайдыыларын хамнааһына аҕыйах ахсааннаах хаалан иһэр омуктартан тутуллан тохтообот, салгыы барбытын курдук баран иһэр.

Аан дойдуну саҥалыы үллэстии арыгыны Европа дойдулара оҥорон туһаммыттарын кэннэ ордук тэнийбитэ. Үөрэх-билии уонна арыгы бииргэ тутуспутунан Европаттан тарҕаммыттара. Арыгыны бэйэлэрэ оҥостоннор тулуйан, кэмнээн иһэргэ үөрэммит Европа дойдулара сайдыыны-үүнүүнү баһылаабыттара, Азия, Африка, Хотугу уонна Латинскай Америка дойдуларын барыларын баһылаан кулут оҥостубуттара.

Москва княжествота үөскээһинэ уонна күүһүрүүтэ монголлар “Көмүс ордууларыттан” тутулуктаах. Монголлартан, татаардартан күүс ылан, ахсааннара эбиллэн уонна водка арыгы айыллыытын туһанан киэҥ сирдэри баһылаабыттара. Истиэп уонна Сибиир олохтоохторун бас бэриннэриигэ водка ылбыт оруола олус үрдүгүн билигин ким да ахтыбат эрээри, кэлии дьон олохтоохтору барыларын итирдэн кэбиһэллэрэ уонна түүлээхтэрин хомуйан ылаллара элбэх кэпсээннэргэ ахтыллаллар.

Дьон олоҕу олоруу диэки тардыһыылара хаһан баҕарар олус күүстээх. Арыгыны сатаан оҥостуу элбэх арыгы баарын үөскэтэр. Арыгы элбээтэҕинэ дьон бэртэрэ арыгыны аһара испэт иһин туруулаһаллар, тулуурдара уонна дьулуурдара күүһүрэр. Хас эмэ сүүһүнэн сыллар ааспыттарын кэннэ, билигин Европа сайдыылаах омуктарыгар арыгыны аһара иһэн кэбиһии, арыгыга ылларыы диэн проблема суоҕун кэриэтэ буолан турар.

Латинскай Америкаттан уонна Соҕуруу Азияттан саҕаланан эрэр наркотиктары туһаныы Аан дойду үрдүнэн тарҕанан иһэрэ сайдыылаах дойдулары санаарҕатар. Наркотиктаах үүнээйилэри үүннэрэр уонна оҥорор дойдулар олохтоохторо наркотиктары сатаан туһаныыга кыра эрдэхтэриттэн үөрэннэхтэринэ эрэ олохторун киһилии олороллоро кыаллар. Кинилэргэ ити көрдөбүл, олохторун кытаанах ирдэбилэ буолан, тыыннарын харыстаналларын үөскэтэр. Наркотиктар дэлэйдэриттэн, бэйэлэрэ оҥороллоруттан аһара туһанар туһунан быстах баҕа санааларын кыана туттуннахтарына эрэ наркоман буолан хаалбаттар. Бу дойдуларга дьон олохторо наркотиктары оҥорууттан уонна атыылааһынтан быһаччы тутулуктаах. Наркотиктары туһаныыга тулууру улаатыннаран, аһара туттуммакка үөрэниигэ кыра эрдэхтэриттэн эрчиллэллэр, ураты тулуурдаах буола улааталлар.

Олох сайдан иһиитин биир көрдөбүлүнэн наркотиктары сатаан туһанарга үөрэнии дьон-аймах олоҕун суолун биир ситиһиэхтээх кирбиитэ буолар. Бу кирбиини аһара түспүт омуктар салгыы сайдар кыахтаныахтара, атыттары баһылыахтара. Онтон наркотиктары сатаан, кыайан туһаммат дьон бары онно ыллараннар, өйдөрө көтөн кылгас үйэлэниэхтэрэ, быстах суолларга түбэһэллэрэ элбээн олох суолуттан туораан биэрэллэригэр тиийиэхтэрэ.

Билигин наркотиктары сатаан туһана үөрэммит омуктар Аан дойдуну баһылыыр кэмнэрэ кэлэн иһэр. Кыайан наркотиктары туһанарга үөрэммэтэх омуктар, эдэрдэрэ наркоман буоланнар эстэр, симэлийэр, атын кыахтаах омуктарга баһыттаран, үтүрүттэрэн туораан биэриигэ тиийиэхтэрин сөп.

Араас секталар киһи өйө көттөҕүнэ ордук үчүгэй, Үөһээ дойдуга тиийэр, өллөҕүнэ хат-хат төрөөн иһэр диэн үөрэхтэрэ наркоман буолууга, өлүүгэ-сүтүүгэ, өй-санаа көтүүтүгэр ыҥыраллар. Дьон-аймах өйдөрө-санаалара ордук күүһүрдэҕинэ, бэйэлэрин быстах баҕа санааларын баһыйа тутан салайдахтарына эрэ, наркотик алыбыгар киирэн биэрбэт кыахтананнар олоҕу салгыы сайыннарыахтара.

Бу кэлбит 3-с тыһыынча сыллар Аан дойдуга наркотиктар тарҕанар, олору кытта охсуһуу дириҥиир сылларынан буолаллара ханнык да саарбаҕа суох. Бу охсуһууга дьон кыаттарбаттарын туһугар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһуохтара уонна сахалар таҥараларын үөрэҕин билинэн оҕолору иитиигэ туһаннахтарына табыллар. Аҥардастыы бобуу, хаайыы, былдьааһын, суох оҥоруу кымньыы дьайыыта буоларынан, манньа дьайыытын булан эмиэ олоххо киллэрии ирдэнэр.

Билигин сайдыылаахпыт дэнэр омуктар саҥа, 3-с тыһыынча сылларга баһылыыр, салайар кыахтарын сүтэрэр туруктаахтар. Баай-талым олоххо үөрэнэн хааланнар Айылҕаҕа көрсүһэр ыарахаттарын кыайан тулуйбат, атаах эдэр көлүөнэлэри иитэн улаатыннараллара элбээтэ. Аһара көрүүгэ-истиигэ, эмтэниигэ үөрэнэн хааланнар оҕолорун доруобуйалара мөлтөөн, сүрэх уонна хаан ыарыылара олус дэлэйдилэр. Дьон-аймах сайдыытын таба сыаналааччылар киһи айылҕаҕа төнүннэҕинэ эрэ салгыы доруобуйата тупсуо диэн этэллэр уонна айылҕаҕа үүнэр астары эрэ аһаатаҕына, киһи этэ-сиинэ уларыйбакка, уруккутунан сылдьара хааччыллыа диэн үөрэҕи сыыйа киллэрэн эрэллэр.

Сайдыылаах омуктар наркотиктары кытта сатаан, табан охсуһар кыахтара суох курдук. Кинилэр салайар, баай дьоннорун оҕолоро аан маҥнай наркоман буолан хаалалларыттан сыыһа, бобор-хаайар суолу тутуһаллар. Бу оҕолор наркотикка ылларыылара элбэҕэ баай дьон оҕолорун иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр туспа уратылаахта¬рынан быһаарыллар. Кинилэр оҕолорун аһара маанылаан, атаахтатан, киһиргэтэн үөрэтэллэр. Барылара бары баарыттан, дэлэйиттэн бэйэлэрин быстах баҕа санааларын кыайан туттумматтарыттан эдэрдэр наркоман буолан хаалаллар.

Наркотик өйгө-санааҕа дьайыыта олус күүстээҕиттэн элбэхтик боруобалаан, ылларан кэбиспэт туһугар киһи ураты тулуурдаах буолара эрэйиллэр. Бэйэтин быстах баҕа санааларын кыра эрдэҕиттэн тулуйарга үөрэммит эрэ киһи ураты тулуурдааҕыттан арыгыһыт, наркоман буолумуон сөп. Ол курдук кыра эрдэҕинэ араас минньигэс астары сиирин кыайан туттунара, арыгыны аһара испэт буолар кыаҕын улаатыннарар. Этэ-сиинэ арыгы иһэр баҕа санаатын өйө-санаата кыайар, уодьуганныыр, баһыйа тутан, салайдаҕына арыгыны аһа¬ра испэт кыахтанар.

Арыгыны бэрээдэктээхтик, сөбүлээн көрөн иһэргэ үөрэммит киһи бэйэтин быстах баҕа санааларын кыана туттар киһи буолар. Ман-нык бөҕө санаалаах киһи салгыы баран наркотикка ылларымыан сөп. Киниэхэ бэйэтин быстах, этин-сиинин баҕа санаатын баһыйа тутар күүс үөскээн, өй-санаа алыбыгар киирэн биэрбэт кыаҕа улаатар.

Наркотиктары туһаныы дэлэйэн иһэриттэн билигин сайдыылаахпыт дэнэр омуктарга ыарахан балаһыанньалар ыган иһэллэр. Кэлэр көлүөнэлэри саҥа олох ыарахаттарын тулуйарга үөрэтии эрэйиллэр кэмэ кэллэ. Хас биирдии кыра оҕо айылҕа бары ыарахаттарын тулуйар, бэйэтин быстах баҕа санааларын кыана туттар буола үөрэн¬нэҕинэ эрэ, салгыы олоҕу олорорго кыахтанар.

Онон, 3-с тыһыынча сыллар дьон-аймахха наркотигы утары охсуһуу сылларынан ааҕыллаллар. Дьон барыта истэн билэр “Бэстилиэнэй тыһыынча” сыллара саҕаланнылар диэн ааҕыахпытын толору сөп буолар. Бу тыһыынча сыллар усталарыгар дьон эттэрин-сииннэрин уонна өйдөрүн-санааларын икки ардыларыгар охсуһуу өссө сытыырхайыан сөп. Өй-санаа наркотиктар дьайыыларыгар киирдэҕинэ, Үөһээ дойдуга көҥүл көтө сылдьар үчүгэй эбит диэн сыыһа өйгө-санааҕа оҕустардаҕына, өлүү суолун тутуһуон, этин-сиинин быраҕан, көҥүлүнэн көтөн хаалыан сөп. Ол курдук күүстээх сэрии сэптэрэ бэйэлэрин кыайан туттуммат наркотикка ылларбыт дьон илиилэригэр киирэриттэн сайдыылаах дойдулар сэрэнэ, харыстана сатаабыттара өр буолла.

3-с тыһыынча сылларга дьон-аймах салгыы сайдыыларыгар наркотиктары көҥүл туһанарга үөрэммит өттүлэрэ Аан дойдуну баһылаан барыылара саарбаҕа суох суол буолар. Киһи этин-сиинин толору үөрэтэн, буор кутун кыахтаах-күүстээх гына эрчийэн, ийэ кутун кыра эрдэҕиттэн иитиэхтээн, салгын кутун сайыннаран сайдыы өссө үрдүк таһымнарын ситиһэрэ көрдөнөр үйэтэ кэлэн иһэр. Мөлтөх доруобуйалаахтар, эттэрин-сииннэрин кыайан эрчийбэтэхтэр, тулуура, дьулуура, өсөһө суохтар бэйэлэрэ олохтон туораан биэрэн иһэллэригэр тиийиэхтэрэ. Ол курдук наркотиктары сатаан, сөбүлээн көрөн туттубат дьон, өйдөрө-санаалара туруга суоҕуттан олох суолуттан эрдэ туораан биэриэхтэрин сөп.

Дьон-аймах бу арыгынан, наркотигынан мэҥиэлээн, ымсыырдан үөрэтиини кыайан тулуйбатахтарына, ол дьайыытыгар ыллараннар өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга сылдьара элбээн хаалыан сөп. Сиргэ олус элбэх ядернай сэрии сэбэ мунньуллубутун кэнниттэн дьон өйө-санаата туруга суоҕа ядернай сэрии төлө тардыллыытыгар тириэрдэр куттала ордук улаатар. Онтон ядернай сэрии кэнниттэн дьон-аймах айылҕа дьиҥнээх бэйэтин усулуобуйатыгар төннүүлэрэ кэлиэн сөбө быһаарыллыбыта ыраатта. Олох маннык төттөрү эргийиитэ дьон-аймах олохторун олус былыргы үйэттэн хаттаан саҕалыылларыгар тириэрдиэн сөп.

БЭСТИЛИЭНЭЙ ТЫҺЫЫНЧА

Олус былыргы кэмнэргэ, дьон-аймах суругу-бичиги айан ааспыт олохторун суруйан хаалларарга үөрэнэ иликтэринэ, бары олохто-рун үөрэхтэрин, туох баар билиилэрин-көрүүлэрин уус-уран айымньы¬ларга, өс хоһоонноругар кубулутаннар кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрүгэр хатаан, сүрэхтэригэр иҥэрэн хаалларан иһэллэр этэ. Ол курдук саха дьонун олоҥхолоро, остуоруйа кэпсээннэрэ олус былыргы ааспыт олохторун кэпсииллэрэ науканан билиниллэн эрэр.

Былыргы дьыллар мындааларыгар сиргэ кэлэн ааспыт олус ынырык, уорааннаах кэмнэр дьон-аймах өйдөрүгэр-санааларыгар ордук дириҥник иҥэн, өйдөрүгэр - санааларыгар хатанан хаалбыттара билигин да биллэллэр. Биир оннук өйдөбүлүнэн, төһө да олус быдан дьыллардааҕытын иһин, “Бэстилиэнэй тыһыынча” диэн баар буола сылдьыбыта дьоҥҥо биллэр. Бу өйдөбүлү көннөрү тылынан эрэ этэн кэбиспэккэ, өссө дьон олохторун былыргы суруйууларыгар “Библияҕа” кытта киллэрбиттэр.

Бэстилиэнэй тыһыынча диэн өйдөбүл дьоҥҥо хантан кэлэн баарын билигин кыайан быһаара иликтэр. Ол эрээри бу өйдөбүл хаһан эрэ, олус былыргы кэмнэргэ сиргэ туох эрэ олус уорааннаах, алдьархайдаах кэмнэр кэлэ сылдьыбыттарын бэлиэтиирэ чуолкай. Билигин кэлэн дьон бары, бу “Бэстилиэнэй тыһыынча” диэн олус ыар кэмнэр соһуччу, соҕотохто кэлиэхтэрин сөп курдук саныыллар, туох эрэ олус улахан алдьархай хантан эрэ атын сиртэн, таһыттан кэлиэхтээҕин курдук өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэринэн сылдьаллар.

Биһиги дьон өйө-санаата сайдыытын, мунньуллуутун, куттара үөскээһинин уратыларын үөрэтэммит, бу уустук өйдөбүлү быһаарыыга кыттыһар кыахтанныбыт.

Үһүс тыһыынча сыллар – бэстилиэнэй тыһыынча сыллара. Бэстилиэнэй тыһыынча эмискэ кэлбэт, тыһыынча сыллар усталара сиргэ сыыйа кэлэн иһэр ыар кэмнэр ааттаналлар. Дьон сирдээҕи олохторугар сайдыыны, үүнүүнү ситиһиилэрин түмүгэ, бүтүүтэ буолара быһаарыллар. Бу сыллар наркотиктары утары сэриилэринэн саҕаланнылар уонна кыаттарыынан, үгүс дьон өйө-санаата Үөһээ дойдуга көтүүтүнэн түмүктэниэхтэрин сөбө бэстилиэнэй тыһыынча диэн өйдөбүлү үөскэппит.

Өй-санаа Үөһээ дойду диэки таттарыылааҕа, көҥүл көтө-дайа сылдьар баҕа санаалааҕа, ол диэки дьулуһара дьоҥҥо былыргыттан биллэр. Бу баҕа санаа наркотиктары туһаныыттан өссө улаатара, күүһүрэрэ дьону кыаттарыыга, өйдөрө көтүүтүгэр, өлүүгэ тириэрдэр кыахтаах. Өй-санаа аһара сайдыыта этиттэн-сииниттэн тутулугуттан босхолонууга дьулуһарын үөскэтэрэ наркотик дьайыытыттан аһара күүһүрүөн, бэйэлэрэ тулуура суох буола иитиллибит дьон кыайан туттунумуохтарын, киһилии быһыыны быраҕыахтарын сөп.

Эт-сиин сайдыыта бытаан. Оҕо этэ-сиинэ сүүрбэччэ сыл улаатар, ситэр. Эт-сиин тугу барытын уһун сылларга үөрүйэххэ кубулутан эрэ иҥэринэн иһэр кыахтааҕа, сайдыыны, билиини-көрүүнү ситиһиигэ аһара түргэнник сайдар өйтөн-санааттан улаханнык хааларын үөскэтэр. Манна наркотик дьайыыта эбилиннэҕинэ өй-санаа көҥүлүнэн барар кыаҕа аһара улаатар кэмэ кэлиэн сөп.

Дьон өйө-санаата сайдыыта бүттэ. Киһи өйүгэр-санаатыгар төһө элбэх информацияны, билиини киллэрэр кыаҕыттан өйө-санаата сайдар. Бу кэм, дьон элбэх кинигэни ааҕар, билиини мунньунар, өйдөрүн-санааларын сайыннарар кэмнэрэ сүүрбэһис үйэҕэ кэлэн ааспытын билиниэхпит этэ. Аныгы дьон компьютер бэлэм билиитигэр сигэнэннэр өйдөрүн-санааларын сайыннараллара суох буолла. Өй-санаа бэлэм билиини ылан элбэхтик туһанарыттан сайдара, бэйэтэ толкуйдуура, ырытара кыччаан иһэр.

Аны мантан инньэ дьон өйө-санаата төннүү, кэхтии суолугар киирэн эрэр. Өй-санаа уустук үлэлэрин барытын компьютер салайар кэмэ кэлэн турар. Ол курдук дьон өйө-санаата сайдыытын, үлэтин быһаарар саахымат оонньуутугар компьютер баһылыыра ааспыт үйэҕэ биллибитэ. Саахымат оонньуутун чемпионнара компьютеры кыайар кыахтара суох, киһи өйө-санаата кыаттарда, сайдыытын муҥура кэлэн, төннүү суолугар эргилиннэ.

Дьон өйдөрүн-санааларын, куттарын, омуктар хайдах сайдан иһиилэрин, ахсааннара эбиллэрин кэтээн, үөрэтэн көрөн баран, бу “Бэстилиэнэй тыһыынча” туһунан бэйэбит санаабытын биһиги этэр кыахтанныбыт. Ол санаабытыгар бу этии “бэстилиэнэй” диэн тыла дьон-аймах олоҕор кырдьык тиһэх, бүтүү кэмэ кэлэрин бэлиэтиирэ оруннаах курдук. Бу тылы дьон бары эмиэ итинник өйдөбүллээх ылыналлар. Арай хантан уонна туохтан саҕаланан бу бэстилиэнэй быһыы тиийэн кэлэрэ дуу эбэтэр туохтан эрэ үөскүүрэ дуу ситэ биллэ, быһаарылла илик.

Бу “Бэстилиэнэй тыһыынча” диэн этииттэн “тыһыынча” диэн тылы туспа арааран ылан, бу тыл ахсааны, халандаар сылларын, тыһыынча сыллары көрдөрөр дии саныыбыт. Икки тыһыынча сыллар усталарыгар дьон сайдыыны, тупсууну ситиһэн бараннар, бу кэмтэн ыла тыһыынча сыллар усталарыгар мөлтөөн, ахсаан барыылара бэстилиэнэй тыһыынча диэн ааттанар. Биһиги бу курдук санааларга киирэрбитигэр кэнники 2 тыһыынча сыллар усталарыгар дьон олохторугар уонна өйдөрүгэр-санааларыгар киирбит ураты уларыйыылары холбуу туппуппут төрүөт буолла.

Дьон өйдөрүгэр-санааларыгар Христос таҥара үөскээһинин кэмэ, тимир сэби-сэбиргэли оҥостон олохторугар туһаммыт кэмнэригэр сөп түбэһэр. Тимири уһаарыы уонна уһаныы дьон-аймах олохторугар биир бэлиэ, чопчулаах кэм буолар. Бу бэлиэ кэм кэлиитэ Аан дойду омуктарын барыларын сайдыыларын олус улаханнык түргэтэппитэ, олохторугар инники диэки күүстээх хамсааһыннарын таһаарбыта. Омуктар бэйэлэрэ уһааран, оҥостор тимир сэрии сэптэрин көмөлөрүнэн бары олохторун, үлэлэрин саҥалыы оҥостубуттара, үгүстэр саҥа сирдэргэ үтүрүллэн, көһөргө күһэллибиттэрэ эмиэ биллэр.

Тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылаан сэрии сэбин саҥалыы оҥостубут хуун омуктар, сахалар аймахтара, Азияттан саҕалаан Европа омуктарын барыларын хамсатан, саҥа сирдэргэ көһөргө, олору баһылыырга күһэйбиттэрэ. Билигин ааттара эрэ ордон хаалбыт хуун омуктар өй-санаа үөрэҕин, таҥараны, баһылаабыт омуктарыгар иҥэрэн кэбиспиттэрин уонна ону Христос диэн аатынан элбэх омуктар ылыммыттарын наука саҥалыы дакаастаан дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэрэ эрэйиллэр кэмэ кэллэ. Хуун омуктар Аан дойдуну барытын хамсатар улуу арыйыыны, тимир сэрии сэбин оҥостон, киэҥ сирдэри баһылаан бараннар Сир үрдүгэр ханнык да суолу-ииһи хаалларбаккалар сүтэн, симэлийэн хаалбыттара хайдах да табыллыбат, туох эрэ итэҕэстээх курдук. Кинилэр сайдыыны ситиһэн элбэх кыайыылары ситиспит өбүгэлэрин итэҕэллэрэ, сахалыы “Кэриэстэс” эбэтэр “Кыайыы туһугар өлбүт дьоннорбут кэриэс этиилэрин толоруоҕуҥ!”- диэн ыҥырыыга кубулуйбута кэлин таҥара, итэҕэл аатыгар, “Христос” диэҥҥэ уларыйбыта сөп.

Биһиги бу быһаарыыга кэлэрбитигэр христианскай таҥара үөрэҕин төрүт тыллара сахалыы хос өйдөбүллээхтэригэр, саха тылынан табатык быһаарыылаахтарыгар олоҕурар уонна арыыйда кэҥэтэн ырытыыбытын “Таҥаралар үөскээһиннэрэ” диэн саҥа үлэбититтэн булуохха сөп.

Тимир сэрии сэбин оҥостон Аан дойдуну барытын кэриэтэ сэриилээн бас бэриннэрэ сылдьыбыт хуун омуктар арҕаа олохтоох омуктарга булкуһан, симэлийэн, ааттара сүтэн хаалбытын да иһин, арай итэҕэллэрэ ордон, дьон өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн хаалбытыгар сөп. Бу кэмҥэ хуун омуктар Европаны сэриилээн ылан төһө эмэ уһун кэмҥэ баһылаан, салайан олорбуттара остуоруйа наукатыгар эмиэ биллэр.

Бу бэлиэ, тимири уһааран, уһанан туһаҕа таһаарар кэмтэн саҕалаан дьон-аймах олохторун сайдыыта биллэрдик түргэтээбитэ. Омуктар экономикалара олус түргэнник сайдан барбыта. Европаҕа тимири уһаарыы уонна уһаныы түмүллүбүт сирдэринэн саҥа үөскээбит государстволар буолбуттара.

Дьон-аймах олохторун устатын тухары өйдөрүн-санааларын сайыннаран, экономикаларын күүһүрдэн сайдыыны ситиһэн, олорор олохторун тупсарар иһин кыһаналлар. Бу сайдыыны ситиһиилэригэр күрэхтэһии, илин былдьаһыы ураты оруолу ылан инники диэки хамсааһыны түргэтэтэр сүрүн күүһүнэн буолар. Европаҕа саҥа үөскээбит государстволар бэйэ-бэйэлэрин кытта күөнтэһэннэр, сэриилэһэннэр, Сир үрдүгэр олох сайдыытын саҥа сүрүн үктэлгэ өрө таһаарар дойдуларга кубулуйбуттара.

Дьон олоҕор үөскээбит бу бэлиэ кэми Христос таҥара төрөөбүт күнүнэн ааҕан кэбиһии, саҥа итэҕэл, тимири уһаарааччылар уонна уһанааччы¬лар итэҕэллэрэ, үчүгэй киһи таҥара үөскээһинэ диэн ураты арааран бэлиэтээн кэбиһиэххэ кырдьык сөп буолар. Ол аата дьон өйдөрө-санаалара өссө сайдан, тупсан үчүгэй быһыылары оҥорор үчүгэй киһи буолар баҕа санааны үөскэтинэллэрэ ситиһиллибитэ.

Христос таҥара төрөөбүт күнэ диэн саҥа халандаары төрүттээһин киһи-аймах олоҕор олус туһалаах, чопчу бэлиэ кэм буоларын бэлиэтиир. Ол курдук бу кэмтэн ыла чуолкайдык ааҕыллан дьон-аймах олохторугар ордук суостаах кэм “Бэстилиэнэй тыһыынча” кэлиитэ быһаарыллар кыахтанар.

Бу кэмтэн ыла саҕалаан дьон сайдан барыылара биир олук устун түбэһэн, ханна да халбаҥнаабакка иннин диэки баран иһэргэ күһэллэр. Тимири уһаарыы кыаллыбытын кэнниттэн салгыы промышленность, оҥорон таһаарыы сайдар. 2 тыһыынча сыллар усталарыгар дьон үлэни-хамнаһы тупсаран, өйдөрө-санаалара сайдыытын ситиһиилэрэ олус элбэх ядернай сэрии сэбин оҥостон мунньунууларынан түмүктэнэрэ олус былыргыттан биллэр эбит диирбитигэр тиийэбит. Омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта сэриинэн күөнтэһэн сайдыы суолун ситиһиигэ, илин былдьаһан баран иһэллэр. Ким күүстээх сэрии сэбин уруттаан оҥостубут атын омуктары баһылаан, салайан, бас бэриннэрэ сатааһына, сайдыы суолугар иннин диэки барарыгар олук ууран биэрэн иһэриттэн сайдыы биир суолунан баран иһэрэ ситиһиллэр.

Тимири уһаарыы уонна уһаныы технологиятын баһылааһын салгыы сайдан ядернай сэрии сэбин дэлэччи оҥосторго тириэрдибитин ким да саарбахтаабат. Сайдыыны ситиспит омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта күөнтэһэннэр, күрэхтэһэннэр олус элбэх күүстээх, ядернай сэрии сэбин мунньунан кэбиһиилэрэ эмиэ итинэн, сайдыыны ситиһэ сатааһынынан уонна омуктар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннарыгар тэҥнэһии балаһыанньатын олохтуу сатааһыннарынан толору быһаарыллар.

Дьон-аймах тимири уһаарыыны уонна уһаныыны тэҥэ, арыгыны арыйан, оҥорон туһаммыттара 2-с тыһыынча сылын түмүктээтэ. Бу кэм, 2-с тыһыынча сыллар усталарыгар дьон сайдыыны ситиспит өттүлэрэ арыгыны кытта охсуһан кыайдылар диэтэххэ сыыһа буолбат. Сайдыылаах дойдулар дьонноро арыгыны кэмнээн, сөбүн көрөн иһэргэ балачча үөрэннилэр. Билигин кинилэргэ дьон арыгыга ылла-рыылара диэн куттал арыыйда халбарыйбыт курдук.

Арыгы киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар холбуу бииргэ дьайарыттан дьон тулуурга, дьулуурга үөрэммит өттүлэрэ быстах, арыгы иһэр санааларын кыана туттан арыгыга ылларбаттар. Үгүс сайдыылаах омуктар олохторун үөрэттэххэ, кыра эрдэхтэриттэн арыгыны сөбүлээн көрөн иһэ үөрэммит дьон, арыгыһыт буолуулара букатын да суоҕун кэриэтэ эбитин итэҕэйиэххэ сөп. Бу этиини быһаарар холобурунан биһиэхэ, Россияҕа Kавказ омуктарын олохторо буолуон сөп. Kинилэргэ арыгыһыттар ахсааннара отой аҕыйах. Ол иһин дьон-аймах 2-с тыһыынча сыллар бүтүүлэригэр өйдөрө-санаалара сайдан уонна тулуурдара улаатан арыгыны кыайыыларынан түмүктэннэ диэн быһаарыыбытын бары ылыныахтара дии саныыбыт.

Аан дойду олоҕор 3-с тыһыынча сыллар наркотигы утары ньиргиэрдээх охсуһуунан саҕаланнылар. Афганистаҥҥа наркотигы оҥорон көҥүл атыылыы олорбут талибаннары сайдыылаах дойдулар көмөлөөн сэриилээн кыайан бэрээдэги олохтуу сатыыллар.

Наркотик киһи өйүгэр-санаатыгар арыгытааҕар ордук күүскэ, аһара уодаһыннаахтык дьайарыттан киһи куттара тус-туспа барыыларын, өйө көтүүтүн түргэтэтэр. Наркотик дьайыытыттан киһи салгын кута, үөрэх-билии көмөтүнэн билбитэ-көрбүтэ көтөн, туспа баран хаалар уонна сахалыы өйө көппүт диэн этиллэр. Kиһи куттарын бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулук¬тара суох буолар, куттар тус-туспа бараллар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута туруктаах өйгө-санааҕа иитиллэн, бэйэтэ олус тулуурдамматаҕына, наркотик дьайыытыгар олус түргэнник ылларыан сөп. Kэлин улаатан иһэн киһи бэйэтин салгын кута олус күүскэ сайдан ийэ кутугар туруктаах өйү-санааны үөскэттэҕинэ эрэ наркотик дьайыытыгар утарсар кыахтанан наркоман буолумуон сөп. Ол аата дьон өйдөрө-санаалара олус күүстээх, тулуурдаах, дьулуурдаах, өһөс буоллахтарына эрэ, өйү-санааны наркотигынан буккуйууттан босхолонор кыахтаныахтарын сөп.

Наркотик дьайыытыгар киирбит киһи өйө-санаата буккуллан, быстахтык быһаарынан тугу баҕарар, куһаҕаны да, үчүгэйи да оҥорон кэбиһиэн сөбө билигин да биллэр. Арҕаа, сайдыылаах дойдулар дьонноро байыаннайдар наркотигы туһаналларыттан эрдэттэн сэрэммиттэрэ ыраатта. Олус элбэх сэрии сэбэ, ядернай, термоядернай буомбалар оҥоруллан бараннар, ким эрэ кэлэн тоҕо ыытарга аналлаах кунуопканы баттыырын кэтэһэн тураллар. Ядернай сэрии сэбин баһылаабыт омуктартан хайа эмэ омук бэйэтин олус күүскэ көмүскэнэр өйгө, атыттартан ордукпун, туораталлар диэн санааҕа оҕустардаҕына уонна “После нас хоть потоп” эбэтэр сахалыы “Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй” диэн өлөрү эбэтэр тиллэри быһаарыыга тиийдэхтэринэ, ордук улахан куттал сиргэ, дойдуга суоһуура быһаарыллар. Маннык кэм үөскээтэҕинэ хайа эрэ наркоман, өйө-санаата Үөһээ дойдуга көтө сылдьар кэмигэр тиэрэ-маары, мэндээриччи көрө сылдьан, алдьатыылаах кунуопкатааҕар буолуох тугу баҕарар баттыалыан сөп кыахтанара кутталы ордук улаатыннарар.

Сайдыылаах омук дьоно итинник дьонтон уонна улахан буомбалартан олус куттаналлар, саллаллар. Бу дойдуларга олус элбэх эдэр наркоманнар бааллара, армияҕа, ядернай буомбалары көрүүгэ-истиигэ, сулууспаҕа ылыллыахтарын сөбө, ити куттал баарын бигэргэтэр уонна өссө улаатыннарар. Итини тэҥэ армия оруола мөлтөөн, киһилии өйдөөх-санаалаах эдэрдэр армияҕа сулууспалыахтарын баҕарбатахтарына, ити быһыы ордук күүһүрэр суолга киириэн сөп.

Дьон бэйэлэрин өйдөрүн-санааларын туругун, ис тутулугун ситэ билбэттэриттэн Аан дойдуга суоһуур кутталлар атын, тас эйгэттэн, Космостан тиийэн кэлиэхтэрэ диэн санааҕа ылларан сылдьаллар. Кырдьык даҕаны Космос куйаарыттан Сиргэ эмиэ кутталлар суоһуур курдуктар. Ол курдук араас улахан космос куйаарыгар көҥүл көтө сылдьар эттиктэр кэлэн түһүүлэрин эрдэттэн билгэлээн билии ситэ кыаттарбата сөп курдук. Ол эрээри кэлин кэмҥэ космос үөрэҕэ күүскэ сайдыытынан ыраахтан кэлэн түһэр эттиктэри ханан көтөн кэлиилэрин таба быһаарар кыах баар буолла. Арай олортон хайдах көмүскэнии эрэ кыайан биллэ илик.

Араас элбэх өй-санаа, секталар үөрэхтэрэ дьон өйдөрүн-санааларын таба быһаарбаттарыттан, буккуйууларыттан дьон бэйэлэрин олус үрдүктүк сананыылара күүһүрдэ. Ол курдук таҥара киһини үчүгэй эрэ өрүттээх гына айбыта уонна дьон өллөхтөрүнэ даҕаны төһө баҕарар хаттаан төрөөн үөскүүллэр диэн үөрэтии дьону өлүүгэ бэлэмнэнэллэригэр, өлүүттэн куттамматтарыгар тириэрдэр. Бу сырыыга өллөххө даҕаны, хаттаан төрүөҕүм диэн санаа баһыйа сайыннаҕына, дьон өлүүнү-алдьархайы бэйэлэрэ бэйэлэригэр аҕалынар кыахтаналлар. Дьон бары сахалар “Олох биирдэ бэриллэр” диэн этиилэрин таба өйдөөн тутуһаллара эрэ дьон киһи быһыылаахтык олохторун олороллорун хааччыйар кыахтаах.

Кэлин кэмҥэ, үөрэх-билии эбиллэн, дьон өйдөрө-санаалара сайдан улахан сэрии саҕаланар куттала арыыйда мөлтөөбүт курдук буолла. Дьон илэ өйдөрүнэн, салгын куттарынан салалла сылдьан улахан сэриини хайдах даҕаны саҕалыыр, өлүүнү-сүтүүнү бэйэлэригэр эмиэ аҕалынар кыахтара суох курдук. Үөрэх-билии сайдан, дьон бэйэ-бэйэлэрин син өйдөһөллөрө уонна атомнай сэрии бэйэлэрин эмиэ хаарыйар кыахтааҕа, кыра да кээмэйдээх атомнай сэрии саҕаланарын өр кэмҥэ тохтотон сылдьар.

Түүллэри үөрэтэн Үөһээ дойду үөрэҕин баһылааһын дьон олохторо урут, олус былыргы кэмнэргэ сайдан испит суолунан баран иһэр диэн быһаарыы оруннаах эбит дииргэ кыах биэрэр. Ол курдук бу, тимир сэрии сэбин оҥостуу кэмин Христос таҥара төрөөбүт күнүнэн ааҕан саҥа халандаары саҥалыы олохтооһун, ураты бэлиэ кэми чопчулаан бэлиэтээһин буолар. Бу кэмтэн саҕалаан дьон элбэх ядернай сэрии сэбин бэлэмнэнэр кыахтаналлара чопчу биллэр суолга киирэр.

Бу бэлиэ кэми бэлиэтээһини Үөһээ дойду үөрэҕиттэн түүл көмөтүнэн ылан былыргы дьон олохтообуттарыгар сөп. Манна биһиги Үөһээ дойду түүл дойдута диэн быһаарыыбыт сөп түбэһэр. Ол курдук Христос төрөөбүт күнүн тимир сэрии сэбэ оҥоруллубут кэмигэр сөп түбэһиннэрии түүл ыйан биэриитинэн оҥоруллубутугар биһиги саарбахтаабаппыт. Ол курдук элбэх научнай да, дьоҥҥо туһалаах да арыйыылары дьон түүллэригэр көрөн оҥорбуттара элбэхтик сурукка киирэннэр син биллэллэр.

Онон, биһиги быһаарыыбытынан дьон-аймах олоҕор үөскээбит маннык балаһыанньалар Сир үрдүгэр алдьархайдаах эстиини-быстыыны аҕалар “Бэстилиэнэй тыһыынча” кэлиитигэр олук буолуохтарын сөп:

1. Аан дойду үрдүнэн аһара элбэх ядернай, термоядернай сэрии сэптэрэ мунньуллуулара.

2. Омуктар тус-туспа, эйэлэспэт улахан бөлөхтөргө арахсыылара.

3. Сайдыылаах экономикалаах дойдуларга оҕону иитии, үөрэтии олус сымнааһына, оҕолор атаахтык иитиллиилэрэ өйдөрө-санаалара, ийэ куттара туруга суоҕун үөскэтэн наркотик дьайыытыгар түргэнник ылларыыларын элбэтэр.

4. Наркотиктары олус элбэхтик туһаныыттан дьон өйдөрө-санаалара уларыйыыта, өй көппүт кэмигэр дьон элбэхтик сылдьаллара тэнийиитэ.

5. Космос куйаарыттан көтөн кэлэн олус улахан кометалар түһүүлэрэ.

6. Айылҕа киртийиититтэн уонна уу элбээһиниттэн улахан уларыйыылар үөскээннэр дьон олохторо айгырааһына.

Биһиги санаабытыгар бу алта сүрүн биричиинэлэртэн “Бэстилиэнэй тыһыынча” кэлэригэр ордук улахан сабыдыалы түөрт бастакы биричиинэлэр көмөлөөн оҥоруохтарын сөптөөх. Онтон бэһис уонна алтыс биричиинэлэр хаһан баҕарар төрүөт буолан “Бэстилиэнэй тыһыынча” дьэ кэллэ диэн алҕас өйдөбүлү киллэрэн, мөлтөөбүт, буккуллубут өйдөөх-санаалаах дьон сыыһа-халты хамсаныыларын, улахан сэриини тоҕо тардан кэбиһэллэрин үөскэтиэхтэрин сөп. Ити быһаарыыларбытын маннык кэҥэтэн, арыйан биэриэхпитин сөп:

1. Билигин элбэх сайдыылаах дойдулар олус күүстээх ядернай, термоядернай сэрии сэптэрин оҥостон бас билэллэр. Урукку кэмҥэ социализм уонна капитализм утарыта турар эрдэхтэринэ бэйэ-бэйэлэрин сабырыйаары олус элбэҕи оҥостубуттара. Итини тэҥэ бу күүстээх сэрии сэптэрин тириэрдээччилэри сайыннараллар. Саҥа сайдан, экономикалара күүһүрэн иһэр дойдулар бэйэбитин көмүскэнэрбитигэр туһалаах диэн атомнай бомбалары эмиэ оҥосто сатыыллар. Улахан күүстээх сэрии сэбэ Сир үрдүгэр мунньулла турарын киһилии санаалаах дьон аҕыйатарга ыҥыра сатаабыттара ыраатта.

2. Дьон өйө-санаата икки аҥы арахсыыта аныгы үйэҕэ демократия уонна тоталитаризм диэн араарыллан ааттанар. Аһара күүскэ утарыта турбаталлар даҕаны хайдыһыыны үөскэтэллэр. Бу күүстээх сэрии сэптэрин бас билээччилэр, көрөөччүлэр-истээччилэр омуктарынан, итэҕэллэринэн арахсыылара күүһүрдэҕинэ, аһара бардаҕына, наркотик дьайыытыгар киирэн өйдөрө-санаалара буккуллан хааллахтарына, улахан сэриини тоҕо тардан “Бэстилиэнэй тыһыынчаны” аҕалар кыахтаныахтарын сөп.

3. Атаах оҕо өйө-санаата түктэритин саха дьоно бары билэллэр этэ. Кэлин сэбиэскэй былаас эстиитин саҕана оҕону иитии-үөрэтии таһыма уларыйан, “Барыта оҕо туһугар” диэн ыҥырыы тэнийэн, оҕолор бары аһара мааныланан, атаахтык иитиллибиттэрэ. Атаах оҕо ураты майгынынан ханнык баҕарар балаһыанньаҕа аһара бара, аһара тутта сылдьар уонна “Мин эрэ”, “Миэхэ эрэ” диэн өйдөбүлэ уруттаан иһэрэ улаатар. Ол иһин атаах оҕо туох эмэ уратылааҕы, бобуулааҕы булууга, олору туһаныыга, буолары-буолбаты, ол-буну, саҥаны айыыны оҥоро сатыырга өйө-санаата салаллан, тобуллан, аһара кыахтааҕын көрдөрө сатыыра элбиир. Сайдыылаах дойдуларга бобууга сылдьар наркотигы баай дьон атаах оҕолоро эбэтэр быстар дьадаҥылар хото тутталларын элбэх суруйуулартан билэбит.

Мөлтөх иитиилээх, атаах оҕо өйө-санаата туруга суоҕуттан, урут билбэтин, оҥорботун, айыыны оҥороору боруобалыырыттан аан маҥнай наркоман буолууга ылларар. Дьулуура, тулуура суоҕуттан наркотик сабыдыалыгар олус түргэнник киирэн хаалар кыахтанар. Бу быһаарыы табатын сайдыылаах дойдулар баай дьоннорун оҕолоро урут наркоман буолуулара чуолкайдык бигэргэтэр.

4. Наркотиктаах үүнээйилэр үүнэр сирдэрин олохтоохторо, олорунан дьарыктанааччылар кыра эрдэхтэриттэн эттэрэ-сииннэрэ үөрэнэн наркотик дьайыытыгар тулуурдара улаатар. Бу быһаарыы арыгыны оҥостор омуктар арыгыһыт буолуула¬ра отой аҕыйаҕар олоҕурар. Ол курдук бары омуктартан арыгыны дэлэччи оҥостор омуктар аан бастакынан арыгыны сөбүлээн көрөн иһэри баһылааннар арыгыга ылларыылара аҕыйыырын бу кэмҥэ ситистилэр.

Билигин сайдыылаах диир дойдуларбыт наркотиктар тэнийэн тарҕаныыларын утары табан охсуспаттар. Аһара бобуу, хаайыы өттүгэр салаллан хаалыыларыттан эдэр дьоҥҥо өссө тарҕанан барыытыгар көмөлөһөллөрүн кыайан билиммэккэ сылдьаллар. Саҥа үйэ саҕаланыытын аайы үөскүүр Аан дойдуну саҥалыы үллэстиигэ дьон наркотиктары төһө тулуйаллара ордук улахан оруолу ылара саарбаҕа суох суол буолла.

Наркотиктаах үүнээйилэр үүнэр сирдэрин олохтоохторо сайдыылаах дойдулар курдук күүстээх сэриилэрин сэптэрэ суох. Ол эрээри дьонноро олус тулуурдаах, кыайыыга дьулуурдаах буолуулара уонна ахсаан өттүнэн лаппа эбиллэн иһиилэрэ кинилэри кыайыыга-хотууга, сирдэрин кэҥэтиниигэ ыҥырар. Аны саҥа сайдан иһэр дойдулар бэйэлэрин кыахтарын көрдөрөр улахан сэрии сэптэрин оҥостоллорун сайдыыны урут ситиспит дойдулар боболлоро, ол бобууну туоратар иһин охсуһалларыгар күһэйэр.

Аан дойдуну үллэстиигэ күүстээх сэриилэрин сэбэ суох омуктар хайдах кыайыыны ситиһиэхтэрин сөбүй диэн ыйытыкка таба эппиэти булуу билигин улахан суолталанан турар. Кинилэр утарылаһааччыларын наркотик күүһүнэн, көмөтүнэн мөлтөтөн кэбистэхтэринэ, улахан эрэйэ суох кыайыыны ситиһиэхтэрин сөп эбэтэр балаһыанньа тэҥнэһиинэн түмүктэниитин ситиһэллэригэр толору кыахтаналлар. Итини тэҥэ ахсааннара биллэрдик эбиллэн иһэр омуктар ахсааннара аҕыйаан, кыайан эбиллибэт омуктары үтүрүйэн, симэлитэн барыылара салҕанан баран иһэр.

Ол курдук саҥа, үчүгэй киһи, Христос таҥара үөскээһинин кэнниттэн 3-с тыһыынча сыллар усталарыгар дьон-аймах өйдөрө көтүүтүн, ол аата наркотигы туһаныыны кытта охсуһууга кыаттарыахтарын сөбө, бу “Бэстилиэнэй тыһыынча” диэн өйдөбүлү үөскэппит. Дьон-аймах түргэнник сайдан-үүнэн, науканы, тиэхиникэни аһара сайыннаран баран өйү-санааны буккуйар наркотиктары оҥорууга уонна туһаныыга тиийбиттэрин кэнниттэн “Бэстилиэнэй тыһыынча” сыллара дьэ саҕаланнылар диэхпитин сөп буолар.

Онон бэстилиэнэй тыһыынча сыллара бу саҥа үйэттэн, 3-с тыһыынча сыллартан саҕаланан бардылар.

Дьон салгын куттарынан салалла сылдьан, илэ өйдөрүнэн, улахан, ядернай сэриини тоҕо тардан “Бэстилиэнэй тыһыынча” туолуутун аҕалаллара соччо биллибэт суол буолар. Ол курдук Аан дойду иккис сэриитэ бүтүүтүгэр Гитлер олус элбэх дьону сүһүрдэр дьааты мунньунан баран кыайан сэриигэ туттубатаҕа. Японецтар элбэх сыстыганнаах ыарыы бактерияларын үөскэтэн, бэлэмнэнэн бараннар эмиэ кыайан тарҕата ыспатахтара. Бу дойдулар салайааччылара төһө да сэриигэ хоттороннор эстэр-быстар суолга тиийбиттэрин да иһин, Аан дойдуну, Сири-уоту букатыннаахтык алдьатар дьааттары, бактериялары туттубатахтара.

Оччотооҕу кэмҥэ улааппыт дьон кыра эрдэхтэринэ өйдөрө-санаалара туруктаах буолууга үөрэтиллибит эбитэ, бу быһыыны быһаарыыга сөп түбэһэр. Саҥа үйэ дьоно өйдөрүн наркотикка сүүйтэрдэхтэринэ, уһуну-киэҥи быһаара сатыы турбат, быстах санааҕа бас бэринэллэрэ үөскүүр уонна улаатар. Ханнык эмэ кыра, олус улахан суолтата да суох суолга, аһара баран улахан сэриигэ да тиийэн хаалар кыахтаныахтарын сөп.

5. Дьон-аймах бэйэлэрэ улахан сэриини тоҕо тарданнар “Бэстилиэнэй тыһыынча” туолуутун кыайан таһаарбатахтарына Космос куйаара көмөлөһөн биэрэр кыахтаах. Ол курдук Космос куйаарыттан кэлэн Сиргэ түһэр ньыгыл эттиктэр олус улахан алдьатыыны оҥороннор улахан, күүстээх ядернай сэрии сэптэрэ аҥардас кунуопканы эрэ баттыыры кэтэһэн бэлэм туралларын күөдьүтэн элбэх дэлби тэбиилэри үөскэтэн кэбиһиэхтэрин сөп.

6. Дьон-аймах үгүс сыллаах үлэлэринэн-хамнастарынан, элбэхтик уоту, уматыыны туһаналларыттан уонна араас биллибэт гаастары оҥороллоруттан Сир атмосферата сылыйан иһэр. Ону тэҥэ сири бүрүйэн сылдьар озоновай бүрүөһүн алдьаныытыттан, онон-манан тэстиититтэн Сир эмиэ сылыйара күүһүрэр. Ол иһин хотугу уонна соҕуруу полюстарга мунньуллубут муустар ууллууларыттан айылҕаҕа уу эбиллэн билигин намыһах хонуу сирдэри ылан эрэр. (20,43). Бу хамсааһыннар тэнийэн иһиилэрэ дьон өйдөрүгэр-санааларыгар эстии-быстыы “Бэстилиэнэй тыһыынча” дьэ кэлбитин курдук өйдөбүлү үөскэтиэхтэрин, ол иһин тулуура суох дьону сыыһа-халты туттунууга үтүрүйүөхтэрин сөп.

Ити курдук бары быһаарыыларбытын чөмөхтөөтөхпүтүнэ Сир үрдүгэр дьон-аймах эстиилэрэ, “Бэстилиэнэй тыһыынча” оҕону иитии-үөрэтии олус сымнаан, сахалар өс хоһоонноругар: “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэҥҥэ сөп түбэспэтиттэн, оҕолор мааны, атаах, тулуура суох буола улаатыыларыттан кэлиэн сөп. Оҕолор бары аһара атаах буола улаатаннар, өйдөрө-санаалара сымнаҕас, туруга суоҕуттан наркотик дьайыытыгар олус күүскэ ылларыылара үөскээн тэнийэн тахсар кыахтаах. Оҕолор өйдөрө-санаалара туруга суоҕа улаатыытын элбэх дьону ытыалаан кэбиһээччилэр бу кэмҥэ элбээн иһэллэрэ биллэрэр.

Онон, бэстилиэнэй тыһыынча кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруга суоҕуттан уонна онно наркотик дьайыыта эбиллиититтэн тиийэн кэлиэн сөп. Дьон-аймах 3-с тыһыынча сылларга өйдөрүн-санааларын буккуйар, сүүйэр, көтүтэр наркотигы кытта охсуһууга кыаттарыахтарын сөбө улаатар, өй аҥардаахтар ядернай сэриини төлө тардар кутталлара сыыйа-баайа улаатан иһэр.

Олох сайдан, экономика күүһүрэн киһи саҥаны айар күүһэ улаатан истэҕин аайытын куһаҕаны оҥорон кэбиһэр кыаҕа эмиэ оччонон улаатан биэрэн иһэр. Ханнык эрэ куһаҕан санаалаах дьон бөлөхтөрө бэйэлэрин хаһан да туолбат ыра санааларын толоттороорулар улахан күүстээх сэрии сэптэрин былдьаан ылан туһаныахтарын сөп. Саҥаны айыы аһара барбыта, биир киһи сүгэ сылдьар атомнай буомбата айыллыбыта, кутталы өссө улаатыннарар. Манна эмиэ оҕо эрдэхтэриттэн аһара бара сылдьар майгылаах, атаахтык иитиллибит дьону кытта киһи быһыылаахтык быһаарсыы олус уустуга уонна эмиэ наркотик дьайан өйү-санааны уларытыыта улахан оруолу ылыан сөп.

Экономика күүһүрэн, сайдан иһиитэ сиргэ-дойдуга улахан алдьархай кэлэн хаалыан сөп курдук балаһыанньатын үөскэтэн иһэр. Экономика сайдыыта үөскэппит кутталлаах балаһыанньатын дьон өйдөрө-санаалара туруга суоҕа ордук күүһүрдэр. Ол курдук билиҥҥи кэмҥэ мунньуллубут олус күүстээх ядернай, термоядернай сэрии сэптэрэ биир эмэ киһи төлө тутарга хамаанда эрэ биэрэрин кэтэһэн тураллара итини бигэргэтэр.

Сайдан, үүнэн иһэр омуктар ахсаан өттүнэн эбиллэн иһиилэрэ кинилэри кыайыы, ситиһии диэки кынаттыыр. Итини тэҥэ былыргы сахалар: “Элбэх уол оҕолор төрөөтөхтөрүнэ, сэрии буолар” диэн этиилэрэ оруннааҕа быһаарыллар. Омукка элбэх уол оҕолор бааллара атын омуктары сабырыйарга, бэйэ омугар дьахталларын холбооттоон, симэлитэн суох оҥорорго кыах биэрэрэ омуктар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын уустугурдар.

Саха дьонун өйдөбүллэригэр “Конец света” диэн этиигэ маарынныыр “Күн туллуута”, “Күн өлүүтэ”, “Күһэҥэ быстыыта” диэн этиилэр бааллар. Сахаларга “Бэстилиэнэй тыһыынча” кэлиитэ Күн өлүүтүн кытта быһаччы сибээстээх, “Kүн хараарар” диэн этэллэр. Итини тэҥэ былыргы үһүйээн кэпсээннэргэ элбэхтик ахтыллар “Эрэйдээх-буруйдаах эр соҕотох” хантан да халлаантан түспэтэх, биһиги бэйэбит биир өбүгэбит буолара эмиэ биллэр. Kини олох дьалхааннаах, ыарахан кэмнэригэр суос-соҕотох ордон хаалан баран олус тулуурдаах, дьулуурдаах, өһөс буолан үгүс эрэйдэри, моһоллору этэҥҥэ туораан, элбэх кыһалҕаны көрсөн баран, ыал-уруу тэринэн үгүс аймахтанан, улуу улуустары үөскэтэн, саха омук саҥалыы сайдан, үүнэн тахсыытын саҕалыырын эмиэ өйдөөн кэлэрбитигэр тиийэбит.

Сахалар олохторун үөрэҕэр “Өлөн иһэн өйдөммүт”, “Буолар буолан бүппүтүн кэннэ” диэн өй-санаа дьоҥҥо оҥоро охсон кэбиһэр быһыыларыттан хойутаан киирэрин биллэрэр олус дириҥ суолталаах этиилэр бааллар. Бу этиилэр дьон төһө даҕаны үөрэҕи баһылааталлар, үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары тус-туспа араарыыга хаһан да биир тылы булумматтарын, ханнык эмэ олус куһаҕан быһыы субу буолаары да турдаҕына дьиксинэн тохтооботторун эмиэ бэлиэтииллэр.

Онон, туох да уларыйыы буолбутун иннигэр, дьон-аймах букатын быстан симэлийэн хаалар кутталлара суох. Төһө элбэх тулуурдаах, кыайыы иһин дьүккүөрдээх, өһөс дьон бааллара арыгы, наркотик дьайыытыгар баһыттарбаккалар, өйдөрүн-санааларын буккуйбаккалар олох иннин диэки, сайдыы диэки хамсаан биэрэн иһиитин ситиһэр кыахтаахтар. Саха дьонугар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн биллэр өс хоһоонугар сөп түбэһэр кытаанах, өһөс майгылаах, тулуурдаах, дьулуурдаах эдэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы эрэйиллэр кэмэ тиийэн кэлэн турар.

ХОС БЫҺААРЫЫЛАР.

1. Лазарев С.Н. Книга вторая. Чистая карма. – С.-Петербург: “Академия Парапсихологии”, 1995. – 352 с.

2. “Үргэл” эдэр суруйааччылар айымньыларын хомуурунньуга. Кэп¬сээннэр, хоһооннор. Дьокуускай: Бичик, 2001.- 320 с.

3. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

4. Рон Хаббард. Дианетика. Современная наука душевного здоровья: Учебник по дианетике. / Пер. с англ. под общей ред. М.И.Никитина.- Москва: Воскресенье, Нью Эра Пабликейшнс Груп (совместное издание). 1993.- 576 с.

5. Газета “Якутск вечерний”. 12.01.2001.

6. М.Н.Борисов. Малочисленные этносы Севера: вчера, сегодня, завтра. (социологические очерки): В 2-х частях / РГАТА.- Рыбинск, 1995.- 155 с.

7. Ф.Ф.Захаров. Ааспыт үйэни анаардахха. Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1994.- 72 с.

8. В.Ф.Трощанский. Наброски о якутах Якутского округа. Под ред. и с прим. Э.К.Пекарского. г. Казань. Типография Императорского Университета, 1911.- 144 с.

9. Газета “Якутск вечерний”. 4.8.2000.

10. И.А.Худяков. Краткое описание Верхоянского округа. Ленинград: Изд-во “Наука”, 1969.- 440 с.

11. В.Ф.Иванов. Русские письменные источники по истории Якутии 18 - начала 19 в. - Новосибирск: Наука.Сиб.отд-ние. 1991.- 213 с.

12. Газета “Якутск вечерний”. 11. 8.2000.

13. П.С.Троев. Влияние ссыльных народников на культурную жизнь Якутии. (60-90-е годы 19-го века). Якутск: ГУП “Полиграфист”, 1998.- 358 с.

14. Б.Н.Ельцин. Исповедь на заданную тему. Якутск: Кн. изд-во, 1990.- 208 с.

15. Углов Ф.Г. Өйү-төйү албыннатан үлүгэргэ түбэһии / Ф.П.Ефимов тылб.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1986. – 208 с.

16. Турнин Х.Х. Арыгы содула. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985. – 48 с.

17. Сергучев И.Е. Всем миром против пьянства. – Якутск: Кн. изд-во, 1987. – 48 с.

18. Пахомов А.К., Пахомова М.А. Тяжелые последствия и противостояние. – Якутск: Нац. кн. изд-во “Бичик”, 1993. – 64 с.

19. “Кыым” хаһыат. Атырдьах ыйын 20 күнэ 2009 с.

20. Каженкин И.И. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2008. – 78 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Аһыйбыт үрүҥ ас

Арыгыны аһара испэт буолууга үөрэнии

Арыгы – Айылҕа талан ылааччыта

Арыгыны бобуу арыгыһыттары элбэтэр

Өй көтүүтэ

Итирдии

Абырах

Арыгы эдэр киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыта

Арыгыны иһэр үгэһи суох оҥоруохха

Көөчүктээһин

Арыгыны испэт буолууга государство кыһаммат

Россияҕа арыгыны утары охсуһуу

Арыгыны тэйитии

Наркотик

Наркотик тарҕаныытын утары охсуһуу

Боруобалаан көрүү

Туттунар күүс

Табааҕы тардыыны утары охсуһуу

Аан дойдуну үллэстии

Бэстилиэнэй тыһыынча

Хос быһаарыылар

Иһинээҕитэ