Иһинээҕитигэр көс

Өрүөл кэриэһэ (Ойуунускай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Өрүөл кэриэһэ


Будулҕан тумаҥҥа, чыгдааннаах дьыбарга
Буорахпыт буруота бурҕаҥнаан оргуйар;
Түүннэри-күннэри түрбүөтээн ытарга
Түннүктүүн, үөлэстиин барыта доргуйар....

Биэс тарбах доҕоро — бинтиэпкэ тиҥийэр,
Быысталы биэрбэккэ буулдьабыт ыйылыыр;
Бааһырбыт большевик өрүтэ мэҥийэр,
Баастарын көрдөрөр, хаанынан хардыргыыр.

«Командир! Хаан хааҥҥа! Кэннинэн кэхтимэ!
Хаатырга-хандалы хараҥа хаайыытын
Хайыта сынньартан харыастан биэримэ,
Капитал-хабала ханна даа хаалбатын!
 
Үлэһит былааһын көмүскүөх буоламмыт
Үҥүүнү-ыстыыгы тутаммыт турбуппут,
Өлөртөн куттаммат өрүөллэр буоламмыт
Өлөрсөр-охсуһар өргөһү туппуппут...

Адаардаах арҕастаах таас дьааҥы анныгар,
Аргыардаах Аммаҕа, мууһурбут буоругар
Хааннарым тохтоннор мин өлөн эрэбин,
Хараҕым сабыллан мин ииҥҥэ киирэбин...

Баандаҕа баспытын биэриэхпит кэриэтин
Харса суох санаабыт халлааны хамнатыа,
Умайар-эргийэр күлүмнүүр күн иитин
Халыйар хааннарбыт уулларан уматыа...

Бинтиэпкэ доҕордоох буойуттар этибит,—
Мин өллүм — мин эппин кириэппэс оҥоруҥ!
Кытара сандааран умайан тэтэрбит
Кытыастар былааҕы үрдүбэр туруоруҥ!

Өлбүппүт даҕаны өлөрсө сытыахтын —
Мин эппин таһааран хаххата оҥостуҥ!
Өллөрбүн даҕаны өстөөхпүт буулдьатын
Өттүкпэр-сүрэхпэр түһэрэн тохтотуҥ!»

Адаардаах арҕастаах таас дьааҥы анныгар,
Аргыардаах Аммаҕа, мууһурбут буоругар
Бааһырбыт большевик кэриэһин эппитэ,
Барыбыт бааһырбыт сүрэхпит тэппитэ...


1929, сэтинньи 7 күнэ. Хоро.