Иһинээҕитигэр көс

***Онон-манан эрийэ-буруйа(Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Онон-манан эрийэ-буруйа
Суолам үрэҕэ устар.
Кини кэрэ айлыҕата
Мин иннибэр арыллар.
Халы² систэри быhыталаан,
Сыhыылары, толооннору туораталаан
Суолам үрэҕэ устар,
Улуу Ленаҕа түhэр.
Yрэҕим икки өртүнэн
Нарын хаты²чааннар,
Yгүс үөмэх үөттэр,
Ли²кинэс үөмэх масс
Арыаллыы кэккэлииллэр.
Саас үрэҕим кытыыта
Нарын сибэкки ойууланар,
Чээлэй күөх көбүөрүнэн
Тэниччи тэлгэнэр.