***ХОМОЛТО ДУУҺАБАР ХАЛЫЙАР(Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хомолто дууhабар халыйар,
Эппинэн-хааммынан тарҕанар,
Хаhан да ohуо суох баас буолан,
Эрэйдээх сүрэхпин нүөлүтэр.

Саргы-дьаалы ортотугар мин
Санаам дьалбаа да эбит, олохпор
Соҕотох буолар ыар тыынын
Саңа биллим бу нүhэр чааспар.

Кимим кэлэн миэхэ билигин
Курус ыар санаабын үллэстиэй,
Эрэл уоттаах сырдык аартыгын
Этэн биэрэн онуоха сирдиэй?..