Иһинээҕитигэр көс

***CАНААБАР КӨРСYӨХПYН БАҔАРАБЫН(Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Санаабар көрсүөхпүн баҕарабын
Оҕо сааспын бу төрүт сирбэр
Түү мээчик тутуурдаах
Бүтүннүү төгүрүк уолчааны.
Көрсүөхпүн, көрүөхпүн баҕарабын
Кэрэттэн дьиктитик үөрэр
Ураты арылхай хараҕын,
Уйаҕас, аһаҕас дууһатын.

То5о эрэ ба5аран кэлэбин
О5о сааhым ыырынан сылдьыахпын,
Кыраттан даҕаны мичийэр
Кырачаан бэйэбин көрсүөхпүн.